ДЬИҤ УОННА КЫРДЬЫК
( Саха былыргытын тууйар харгыстар)
«В действительности мир организуется не столько на Истине, сколько на лжи, признанной социально полезной».
Н.А.Бердяев
Историяны ханнык эрэ баһыйар догмаҕа биитэр моральнай идеалга хаайан сыаналааһын баһыйар. Итиниэхэ буолан ааспыт дьиҥ чахчыны биллиммэт буолуу эбэтэр түһэрэн намтата сатааһын мэлдьи кэриэтэ күүстээх. Бүгүҥҥү эмньик историябыт, чараас алаадьы тэҥэ историографиябыт маныаха чаҕылхай туоһу буолар. Бэйэ кэминээҕи геополитика, идеология ирдэбилигэр сөп түбэһэ, ол олугар олорсо сатыыртан обьективнай чахчыны субьективнайдык быһаарыы бэрт үгүс. Холобурун эттэххэ, сэбиэскэй кэмнэ Сибиир историографиятын тула сытыы мөккүөрү мүлүрүтүүгэ история прогрессивнай өттүн ордук чорбото тутуу быһаарыылаах оруолламмыта. Сайдан-силигилээн, туора тотон сылдьан, былыргы очуру-чочуру ааҕар, тарбахха баттыыр сатаммат диэн күөйэ-хаайа тутуу өрөгөйдөөбүтэ. Оннук тосхоллоох үлэнэн буолар - “Некоторые вопросы историографии вхождения Сибири в состав России” монография. Итинтэн ыла Саха сирин ХVII үйэтээҕи историятын “өйдөөһүн” бэрт судургутук быһаарыллан, чинчийэр үлэ билигин им-дьим баран сытар.
Дьиҥэр ыллахха, Саха сирин былыргы сорох историята син туһумурданар кыахтаах. Ону баара Киин Азия летопистарыгар VII үйэҕэ юэчжилэр ( сактар) , ХI үйэҕэ киданнар, салгыы монголлар, тунгус-маньчжурдар Өлүөнэҕэ кэлиилэрин туһунан суруйуулары көрүү-истии быстар кэмчи.Билбит да иһин “итинтэн ас тахсыбат” диэн кулгааҕы-хараҕы ыга бүөлэнии күүстээх.
Мин бүгүн итинэн кими да сирэй-харах анньа сатыыр буолбатахпын. Өйү-санааны тууйан сытар научнай харгыстары санатыы сиэринэн бэлиэтээн эрэ аһардым. Ону баалаамаҥ уонна өһүргэс оҥостумаҥ дуу, бука даа...
Бу суруйууга биһиги историктарбыт тумна көтөр, ньылбаарыта этэр чахчыларын саната түһэр баҕалаахпын. Өйү өһүлбүт, санааны сайҕаабыт ымдаан эркиннээх ырыаларын, туман дьайыҥнаах тойуктарын.
Чэ, һай-һат!!!
Головины сэрэтии
1638 сыллаахха Дьокуускай уеһын тэрийии туһунан атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи дьаһалга воевода П.П.Головины маннык сэрэппиттэр. 1631 сыллаахха казак Иван Галкин этэрээтэ тыгыны суулларбыта диэн. Тоҕо диэтэххэ, Головин ити дойдуга бастакы воеводанан ананар чиэстэммитэ.
Онон салайыахтаах уеһыгар урут туох быһыы-майгы үөскээбитин толору билиэхтээҕэ.
1638 сыллааҕы докумуону 1936 сыллаахха советскай историктар А.П.Алькор, Б.Д.Греков уонна И.М.Троцкай “Некоторые проблемы истории Якутии ХVII века” диэн научнай ыстатыйаҕа маннык санатан аһарбыттара:
«Действительно упоминание якутского “тайши” Тынина отложившегося 1631г., из-за грабежа Ивана Галкина, мы встречаем уже в наказе Головину». Кинилэр бу историческай чахчыны 1876 сыллаахха археографическай комиссия бэчээттээбит «Русская историческая библиотека» үһүс томуттан ылбыттар.
Бу историческай докумуоҥҥа ” сөмүйэтин уга сытан” баччааҥҥа диэри историк аймах ситэ-хото ырыта илик. Ити туох ааттааҕы инньэ нуучча үрдүкү былааһыгар сипсиспит, хардарыта сэрэтиспит эбиттэрий, Тайши уонна Тынин диэн ?
Тайши диэн тугуй ?
Тайши монголлар, калмыктар биистэрин баһылыга. Хан (каган) аймахтарыгар нэһилиэстибэ быһыытынан тиксэр дуоһунас. Ойраттар устааптарынан тайши улахан баһылык ахсааныгар киирэр.
ХVII үйэҕэ тайши дуоһунаһа Иркутскай губернияҕа уонна Забайкальскай уобаласка монгол уустарыгар эрэ ордон хаалбыт. Инньэ диир чинчийээччи дьон.
Нуучча былааһын кэмигэр тайши солотун монголлуу буряттарга генерал-губернатор эрэ аныыра. Ити туһунан нуучча ориенталист юристара К.Ф.Голстунскай, Д.Я.Самоквасов, Ф.И.Леонтович үлэлэрэ туоһулуур.
Тайши монголларга эрэ баар диэһин тутах көрүү. Тунгус-маньчжур тыллаахтарга бу эмиэ олус үрдүк соло. Династияны салҕааччы, царевич, принц. Ону кинилэр тайци диэн ааттыыллар.
Тайджи, тайши, тайци – хантан кэлбит өйдөбүлүй? Халха-монголларга, буряттарга, калмыктарга уонна маньчжурдарга баар үрдүк соло. Удьуордаан бэриллэр эбэтэр аналынан тиксэр. Монголларга ити тайджи, кытайдарга тайци. Бастаан утаа Юань империяҕа хан уолаттарыгар иҥэриллэ сылдьыбыт.
Юань династията үрэллибитин кэннэ монголлар истиэп куйаарыгар тарҕаммыттара. Хан былааһа сыыйа сүтэн, Хубилай сыдьааннара эрэ “тайджи” дэнэр чиэстэммиттэрэ. Аны туран, сири баһылаан олорооччу Хубилай удьуордара хунтайджи дэммиттэрэ. Балар чингизиттэртэн үрдүк кэрдиистээхтэрэ. Ити иһин Борджигин ууһугар сыһыана суох баһылыкка тайши солото тиксэрэ.
Монгол ордуута уҕараабытыгар тунгус-маньчжур былааһа күүһүрбүтэ. Мантан ыла Цин империяҕа тайджи суолтата намтыыр. Тайджи дэнээччилэри түөрт суолга араарбыттара. Төрдүс рангалаах тайжди түөрт ыалы кулут-чаҕар оҥостор бырааптаммыта. Оттон киниттэн үрдүктэр киэннэрэ быдан элбэҕэ.
Дьадайбыт тайджилар үксүн норуот хамсааһыныгар холбоһон, маньчжур императорын утараллара. Ити иһин Улуу репрессия сылларыгар тайджилары лаппа кыргыбыттара. Ол үрдүнэн монгол тайджилара дьадаҥы, кыаммат араҥаны кытта хаан-уруу тардан кэлин тэнийбиттэр. Дьэ ити иһин, бу үүммүт ХХ1 үйэҕэ бэйэлэрин тайджи төрүттээҕинэн ааҕынааччыларга Борджигин диэн араспаанньаланыы 2000 сыллаахха Монголияҕа көҥүллэммитэ.
Тайджи, тайши, тайци былыргыта хан былааһын утумнуур удьуор соло. Монголларга, тунгусс-маньчжурдарга принц суолталаах титул. Ити - бастакы өйдөбүлэ.
ХVII үйэтээҕи нуучча докумуонугар сахаҕа эмиэ тайши баара ыйыллар. Ол аата оччотооҕу саха олоҕор монгол, тунгус-маньчжур сабыдыала, дьайыыта баарын туоһулуур. Ону бигэргэтэр чахчыбыт – биһиги саҥарар тылбыт баайа. Саха тылыгар монгол, тунгус-маньчжур тыла иҥмитэ син балайда аҕай. Бу туһунан Багдарыын Сүлбэ уонна да атыттар үлэлэрэ бэрт элбэҕи кэрэһилиир.
Маныаха саха тылын историческай грамматикатын, саха литературнай тылыгар историческай комментарийы, саха тылын историятыгар хрестоматияны бэлэмнээһиҥҥэ үгүс үлэ эрэйиллэр. Ол аата саха тылын историятын чинчийии наука таһымыгар эбии сайдан иһиэхтээх. Онон соруктаах киһи сурхамсыйара үчүгэй.
Махаяна - тайшин
Аны салгыы тайши иккис өйдөбүлүн ырытыах, тайшин диэни. Бу өйдөбүл кытайдарга киирии итэҕэл аата буолар.
Дьиҥнээҕэ - махаяна. Индияҕа үөскээбит буддизм биир улахан туһаайыыта. Нууччалыы “Большая колесница” аатынан биллэр.
Махаяна ыраах Индияттан тарҕанан кытайдарга даи-шин (тайшин) дэммит. Итинник быһаарыыны тюрколог, профессор Арат Рашид Рахмати (Рахматуллин Габдерашид) наукаҕа 1936 сыллаахха киллэрбит. Онон тыл наукатыгар тайшин суолтата үчүгэйдик биллэр.
Буддизм бу салаатын итэҕэйэр кытай “тайши –старший наставник, учитель” дэнэр буолбут. 1969 сыллаахха «Проблемы востоковедения” сурунаал 3 №-гэр тюрколог, монголовед Эдхем Тенишев итинник быһааран турардаах. Оттон немецкэй тюркологтар Вили Банг-Кауп уонна Аннемари фон Габайн көрүүлэригэр тайшин “ знатный человек, именитый» эбит. Онон кытайга , маньчжурга, монголга тайши дэнии буддизм сабыдыала буолар.
Саха былыргы өйүгэр-санаатыгар буддизм дьайбыта саарбахтаммат. Ол курдук нуучча казактара кэлиилэригэр тайши Тынины кытта ситимнээх бахсы, дархан, тойон уустара диэн религиознай иерархия баара биллэр. Итиниэхэ ханыы ааттыахха сөп “Ньургун Боотур” , “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхолору. Бу эпическай айымньылар дьиҥ дьиҥэ буддизмынан тиксибит ураты дириҥ хоһоонноох үөрэх, итэҕэл биир уһулуччу көстүүлэрэ диибин.
Ниргуна Брахман (Ньургун Боотур) - индуизм философиятын көрүҥэ. Нууччалыы быһаарыыта «единая абсолютная сущность, чистое сознание”. Дхарма (Тойон Дьаҕарыма) - махаяна религия ураты салаата, Адьы Будьу (Ади Будда) концепциянан салаллар религиознай-философскай үөрэх.
Бу эрээри, олоҥхону түөрэтин саба быраҕан, биһиги итэҕэлбит дииртэн сэрэхэдийиэх баара. Тоҕо диэтэххэ, баар олоҥхо барыта апокриф буолбатах. Атыннык эттэххэ, олоҥхону түөрэтин религия норуодунай версията курдук сыаналыыр сыыһа. Саха апокрифическай памятниктарыгар киириэхтэрин сөп “Ньургун Боотур”, “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхолор. Балары буддизм норуодунай көрүҥэ курдук сыаналаан, итилэр религиознай-философскай төрүттэрин үөрэтиэх тустаахпыт. Наар эмэх маһы эргичиҥнэтэ тутар курдук буолары, мантан инньэ, тохтотуох баара.
Оттон итэҕэлгэ сыһыан тосту уларыйан, тупсуох тустааҕын киһи этэ да барбат.
“Тыгын оҕуһун тириитэ”
Өлүөнэ острогун воеводатын П.П.Головины сэрэтиигэ ахтыллар тайши Тынин көннөрү киһи буолбатах этэ. Головины сэрэтии мээнэ оҥоһуллубатах. Бу кэмҥэ Сибиир хотугулуу илин өттө Маньчжурия бас билиитин курдук көрүллэрэ. Ити иһин казактар бастаан өтөн киириилэригэр тайшилартан “оҕус тириитэ сири” үпкэ-харчыга атыылаһан ылаллара. Онтуларын сыыйа кэҥэттэн, остуруогунан бөҕөргөтөн, Нуучча судаарыстыбатын анклава оҥостубуттара. Анклав оҥостуу 50-ча сыл устата утумнаахтык барбыта. Ити сыллар тухары анклавка баар олохтоох азиатскай тутулу күүс өттүнэн суох гыммыттара. Ону 1634, 1642, 1682 сыллардааҕы норуот улахан хамсааһыннара бигэргэтэр.
Бу эрэ кэнниттэн атырдьах ыйын 27 (балаҕан ыйын 6-та) чыыһылатыгар 1689 сыллаахха Нерчинскэйдээҕи трактаты түһэрсиигэ, Нуучча судаарыстыбатын дьиҥ сыала-соруга дьэ арыллыбыта. Сибиир хотугулуу илин өттүн Киин Азияттан бүтэһиктээхтик арааран ылыы дуогабара түһэрсиллэр. Итинтэн ыла Саха сирэ бүүс бүтүннүү Нуучча судаарыстыбатын састаабыгар сокуоннайдык холбоммута. Бу историческай суолталаах түгэни 1900 сыллаахха В.П. Васильев “Открытие Китая” үлэтигэр үөрэ-көтө суруйбуттаах.
Трактаты түһэрсии кэмигэр оччолорго маньчжурдар Сибиир хотугулуу илин өттө биһиги территориябыт, граница Өлүөнэ өрүһүнэн барыахтаах диэн улаханнык утарсыбыттара. Сэриилэһэр турук үөскээбитигэр Ф.А.Головин салайар посольствота бу дипломатическай оонньууга кыайыылаах тахсыбыта.
1689 сыллааҕы Нерчинскэй трактат кэнниттэн саха дьылҕата тосту уларыйбыта. Кини илиҥҥи цивилизацияттан араҕан, аны арҕааҥы цивилизация дьайыытыгар киирбитэ. Бэйэтин туох баар социальнай институтун (экономическай, политическай, байыаннай, религиознай, дьиэ кэргэн) арҕааҥы цивилизация тутулугар дьүөрэлээн саҥалыы оҥостор
УЛУУ кыһалҕа кыһайбыта. Урукку үөрэҕэ, суруга-бичигэ, культурата, итэҕэлэ, олоҕун тутула ити “хара күнтэн” ыла күдэҥҥэ көппүтэ. Саха киһитэ “тулаайах оҕо” кэбин кэтэн, муннугу-ханныгы кэйэр, кутуйах иинин кэҥэтэр муҥун үөскэппит дьулаан суолунан буолбута – Нерчинскэйдээҕи трактат! Маны сыаналыырга биһиги билиҥҥи историябыт мунна да тыбыырбат, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй - күн баччаҕа диэри. Бу барыта уһун кэмнээҕи регресс түмүгэ...
Цивилизациялар хардарыта сыһыаннарыгар аҕыйах ахсааннаах норуоту “кэрэх мас аһын” курдук хайа талбыт тутуу-хабыы үгүс. Ол – биһиги дьылҕабыт. Бу иһин хаһан, хантан кимиэхэ тиксэн хаалбыппытын муҥ саатар билэ-көрө сатыыр дьоҕурданарбыт буоллар дуу... ханнык? Хайа муҥун сыыры намыһаҕынан дабайдахпытый ?!
Тойон ууһа
Тойон ууһа диэни истибэтэх, арааһа, ахсааннаах ини. Саха кулгааҕын урут уруккаттан аалбыт аҕай тыл. Ити эрээри бу тыл төрдө-ууһа тугуй ?
“Давно известно, что словом “князец” русские переводили якутский термин “тойон”. Но что представляли собой якутские тойоны - “князцы” того времени? Родовых ли предводителей? Военно-рабовладельческую аристократию? Патриархально-феодальную знать или какую-то смешанную, либо переходную историческую группу?”, диэн мунаарбыта буолбут түгэннээхтэр, сэбиэскэй кэмнээҕи историктар. Дьиҥэ билбэттэрэ кэлиэ дуо, ону?! Билии бөҕөтө. Ол эрээри, атеизмтан ас таһаарынар кэмҥэ, “тумсуларын дулҕаҕа сотуннахтара” дии.
Оттон былыргы түүр тылыгар “тойун – буддийский монах”. Кытайдарга ити дао-син, тайцин дэнэрин курдук.
Биллиилээх тюрколог, лексикограф Махмуд Кашгарскай “Собрание тюркских языков” (“Диван лугат ат-турк”) тылдьытыгар, немец учуонайа Мю́ллер Фридрих Вильгельм Карл “Уйгурише Авадана Брухштюкке” үлэтигэр туһаммыт тыллара. Онон наукаҕа биллибэт диэн сэбиэскэй историктар этиилэрэ туос сымыйа!
Мантан көстөрүнэн, былыргы түүрдэр буддизмҥа эмиэ сыһыаннаах эбиттэр. Кытай, монгол эрэ үтүктүбүт буолбатах.
Аны туран тойон өйдөбүлэ былыргы нуучча тылыгар кытта кыбыллыбыт.
“Тиун - судья низшей ступени; приказчик, управитель” диир Владимир Даль. Атын чинчийээччи Макс Фасмер “тиун - управляющий, судья, казначей князя” диэһинэ эмиэ тылдьыкка суруллан сылдьар.
Тойоҥҥо сүгүрүйүү камчадалларга, чукчаларга, Алеутскай арыылар, Америка материгын хотугулуу арҕаа кытылын олохтоохторугар кытта тэнийбит.
Былыргы саха сиэригэр-туомугар тойон оруола күүстээх. Холобур,
чаҕылҕан түһэн, киһини-сүөһүнү эчэттэҕинэ, халлааҥҥа “таҥара атаратын атаарыы” туома оҥоһуллар. Ол туому салайааччы - тойон. Биитэр саха
ойууна халлааҥҥа айанныыр сиэри-туому толорууга суол ыйар ортоку “былыкка” уонна “түспэт туруу маска” икки бастаах “тойон көтөрү” олордор үгэстээх.
Тойон – буддийскай манаах. Кини үлэлиир-хамныыр миэстэтэ хурул, хурал. Ол аата буддийскай храм. Монголлуу тыллаахтарга итинник.
Хаҥалас Покровскайын биир ытык түһүлгэтэ Хоруол тумуһа дэнэр. Маны араастык эридьиэстээн тылбаастааччы баһаам. Итиннэ мин тохтуу барымыым. Ол оннугар...
1682 сыллаахха диэри Покровскай былыргы олоҕо Манастар дэнэрэ. Түүрдүү тылбааһа – “Прости мои прегрешения”. Манна хурул турбута. Дьон-сэргэ араас сиртэн тоҕуоруһар, үҥэр-сүктэр түһүлгэтэ эбит. Итини казактар 1682 сыл алтынньыга тахсан урусхаллаабыттар. Хурул тиһэх тойонун Дьэнниги остуруокка аҕалан, тыыннаахтыы тириитин сүлэн өлөрбүттэр. Мантал ыла саханы сүрүннүүр религиознай институт үрдүкү буддийскай иерархията тойон, дархан, бахсы ууһа үрэллибитэ.
Мунньан тойон анараа дойдуга барбытын кэннэ кини ыччатын Тойон ууһа диир буолбуттар. Маны таһынан Мунньан уолаттарын Чаллаайы, Бөдьөкө бөҕөлөрү Тыгын уолаттара диэһин чиҥник олохсуйбут. Саха норуота итинэн оччотооҕу орой буурайдарга “сигэнэ оонньуур силиргэхтээх маһыҥ, аалына оонньуур арыҥах маһыҥ буолбатахпын” диирин биллэрбит бэлиэтэ этэ.
Тыгын
Бу тылы историктар күн баччаҕа диэри киһи аата курдук быһааран кэллилэр. Онуоха эбии Дыгын уонна Тыгын диэн икки аҥы суруйан, дьон-сэргэ ортотугар мараллаан, моргуор бөҕөтүн тоҕо тардыы. Айахтан күүгэн аллыар диэри мөккүһүннэрэн мөҥүрэтии.
ХХ үйэ саҕаланыытыгар Анемподист Софронов “Саха ырыата” аатынан ааттаабыт хоһооно гимн курдук ыллана сылдьыбытын да өйдүү түһүөх баара. Оннооҕор онтубут да түүлээх холбукабытыгар хатаммакка хаалбыт. Мэлигир.
“Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат ньыгыл дьылҕалаах
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан-үөскээн иһиэҕиҥ!”
Оттон былыргы түүр тылыгар “тегин - наследственный принц”. Оччотооҕу социальнай политическай институту сүрүннүүр дуоһунас.
Монголлар, кытайдар тайджиларын, тайциларын курдук үрдүк соло. Ити аата Мунньан эмиэ да тойон - буддийскай манаах, эмиэ да тегин-наследственный принц буолар. Кини 1634 сыллаахха өлбүтүгэр сахалар буддийскай ритуалынан 49 хонуктаах “дьааһык кэми” биллэрбиттэрэ. Ити иһин нуучча казактарын тохсунньу 9 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри
остуруоктан ханна да быччарыппатахтара. Биир сиргэ тутан, хаайан сыппыттара. Остуруогу төгүрүктээбит хас эмэ сүүһүнэн ахсааннаах саха сүрүн соруга казактары кыргыы буолбакка, кинилэри мээнэ хаамтарбат, барбат-кэлбэт буолууларын ситиһии этэ. Дьааһык кэмҥэ өлөрсүү-өһөрсүү, хааны тоҕуу улахан аньыы диэн өйдүүллэрэ. Маны сорох киһи туох диэн быһаарарый?
Саха тэрээһинэ, түмсүүтэ суоҕа бэрдиттэн аҕыйах ахсааннаах киһини кыайбакка дьиэтигэр куоппута диир эбээт. Бу булан этэрин сөҕүөҥ! Оттон эн бэйэҥ санаа эрэ, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар хайа эр киһи дьиэтин-уотун, оҕотун-уруутун быраҕан, ханна эрэ кый ыраах саа-саадах тутан барыай!
Хайдахтаах тэрээһиний, хайдахтаах тулууруй - 49 хонук хаарга хонон, НОРУОТ ЫАР КУТУРҔАНЫН кэмигэр туора урдустар сүпсүгүрдэ суксуруспаттарын хааччыйыы диэн.
Дьааһык кэм болдьоҕо бүтээтин кытта төгүрүктээһини уһулан, бу дьон суһаллык хомуллан, дойдутугар тарҕаспыта.
Мунньан Тыгын өлбүтүн кэннэ Бөдьөкө, Чаллаайы бөҕөлөр аҕаларын былааһын тутан хаалбыттар. Балар сахаҕа туох дьон этилэрий, диэҕиҥ аны.
Бөҕө - бек, бегли. Түүр тыллаахтарга дворянин, байыаннай сословие. Бу илиҥҥи тутул эмиэ биир социальнай института буолар. Чаллаайы, Бөдьөкө бөҕөлөр быһаччы салайыыларынан, 1634 сыллааҕы блокада тэриллибитэ. Ол төрүөтүн быһаардыбыт.
Аны 1642 сыллаахха тэрээһиннээх улахан утарсыы буолар. Бу төрүөтэ саҥа былаас нэһилиэнньэни бүтүннүү испиэһэктээн, дьаһаах институтун олохтуурга туруммутуттан күөдьүйбүтэ. Саха экономикатын, дьиэ кэргэнин социальнай институттара үрэллэр туруктаммыттара. Ону туруулаһар, көмүскүүр кыһалҕа тирээбитэ.
Бөҕөлөр кыргыллыбыттарын кэннэ саха өссө биир института - бөҕө (байыаннай) араҥа суох буолбута.
Бу да үрдүнэн саха урукку политическай-религиознай араҥата сүтэн-иҥэн хаалбатаҕа.
Мунньан Тыгын сиэнэ Маһары Бозеков уонна Нокто Никин, Трека Осюркаев буолан, 1676 сыллаахха от ыйыгар Москваҕа воеводалары үҥсэ бараллар, оттон 1680 сылга Маһары иккистээн Чюка Капчиковы, Чугун Бодоевы кытта тиийэр. Бу тиийэн эһэтэ сүгэн сылдьыбыт тыгын диэн үрдүк солону төттөрү бигэргэттэрэн эргиллэр. Онон урукку политическай институт тобоҕун чөлүгэр түһэрбитэ диэххэ сөп.
“… никто из искавших исторические следы Тыгына, не обратил внимания на то, что в одном документе Мазары Бозеков назван по имени не отца, а деда Мазары Тыгинин» дэнэр “Древние Акты исторические” докумуоҥҥа.
1638 сыллааҕы докумуоҥҥа эһэтэ тайши уонна тынин эбит буоллаҕына, Маһары 1680 сыллаахха тыгын солотун хос сүкпүт.
Онон тыгын солотун удьуордааччы Маһары буолбут. Сэбиэскэй кэмҥэ итини үгэ тамахтаахтык маннык дииллэрэ: “Норуот туһун буолбакка, Маһары бэйэтин үрдүк солотун быһаарса сылдьыбыта”.
Нерчинскэй трактат оҥоһуллуон иннинэ, саха дьоно тутуу баттаһа, тойон институтун саҥа үрдүкү былааска бигэргэттэрэ охсубута. Бу бэйэтин туһугар сүдү ситиһии диэх тустаахпыт. Нерчинскэйдээҕи сөбүлэҥ кэнниттэн барбыттара буоллар, бука, кыаллыа суоҕун сөбө. Воевода муҥура суох былааһын сүрүннэһэ сатыыр лаппа уустугуруо эбитэ буолуо.
Маһары династийнай үрдүкү солону төнүннэрээт, Балтуга Тимиреев айдаанын быһаарса инньэ Бүлүү түгэҕэр түспүтэ. Нууччалары кытта сахалар бултуур сири былдьаһыыларын эйэлээхтик быһаарыы табыллыбыта. Ити өссө төгүл кини тыгын буоларын илэ чахчы дакаастаабыта. Эллэй Боотур саҕаттан эстэн биэрбэт ыйаах баара сыыйа биллэн барбыта. Оһох төрдүнээҕи уот бэттэх кэлэрэ диэн бу буолар.
Эллэй Боотур
Үөһэ этиллибит илиҥҥи политическай, религиознай, байыаннай, экономическай институт хоту сиргэ хантан силистэнэн-мутуктанан үөскээбитэй диэн ыйытыы үөскүүр. Бастаан туохха тирэммитэй?
Итиниэхэ этиэх тустаахпыт, бу төрдүгэр турааччынан буолар - Эллэй Боотур.
Эллэй Боотуру мифическэй, культурнай герой диибит. Онтон ордугу эбэ да көҕүрэтэ да иликпит. Биири кэлиилии кэбэртэн атын туох да суоҕун тэҥэ.
Бу иһин Эллэй Боотур төрдүн-ууһун аны история киэбинэн кэриҥниэх. Билэрбит курдук Саха сирэ урут Киин Азия хонноҕо-быттыга этэ. Ол социальнай институттарын тыынынан тыынан, ол кэбин кэтэн олорбут дойду.
Кытай “Таншу” историятыгар киирбит юэчжилэр диэн илиҥҥии иран тылынан саҥарар индоиранскай норуот (протосактар) Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгэр VII үйэҕэ олорбуттара. Бу туһунан Н.В. Кюнер 1961 сыллааҕы үлэтин сиһилии чинчийдэрбит, хоту сиргэ кэлэн “тыал буолбут” хара саҕылылар таабырыннарын син туһумурдуур кыахтаныа этибит.
Учуонай, профессор А.И. Гоголев этэринэн, Арҕаа Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт археологическай хаһыылар Х-ХI үйэтээҕи монголлар көмүүлэригэр майгынныыр эбит. Монголлар ити кэмҥэ Байкал таһыгар, Өлүөнэ үөһэ өттүгэр олорбуттара диэн эмиэ бэлиэтиир.
Биллиилээх тюрколог, монголовед Владимир Михайлович Наделяев итиниэхэ икки суол датаны чопчу ыйар. Кини саха тылыгар монголизация саҕаланыытын икки этапка араарар. Бастакыта Х-ХI үйэҕэ Өлүөнэ орто сүүрүгэр кидан буддист миссионердара олохсуйууларынан. Иккиһэ,1125-1127 сылларга кидан байыаннай этэрээтэ кэлиитинэн.
Наделяев ахтар киданнара Киин Азияҕа олорбуттара. 907 сылтан 1125 диэри Ляо государство тэринэн мургуутуу сайдыбыттар. Былаастарын
үрдүкү солото - каган. Кини көмөлөһөөччүтэ - тиин (тыгын). Тиин диэни нуучча казактара ХУ11 үйэтээҕи докумуоҥҥа Тынин суруйбуттар. Онон итини киһи аата курдук сыыһа өйдөөһүн үөскээбит...
1124 сыллаахха чжурчженнэр уонна кытайдар көмөлөөн, бу империя династиятын Елюйдары суулларбыттар. Тиһэх каган Элюй Даши кыл мүччү куотар. Үс түүннээх күн Гоби истиэби туораан Орхон өрүскэ турар Хотунь кириэппэскэ тохтуур. Кини манна Хотугу Ляо империяны тэринэр. Ити түмүгэр 1125-1127 сылларга тантрическай итэҕэллээх улахан байыаннай экспедиция Өлүөнэ орто сүүрүгэр тахсыбыт. Ол тахсан, бу сири Хотугу Ляо каганат састаабыгар холбообут чинчилээх. Ити холбоһууну саха дьоно кэнэҕэски өттүгэр Улуу Ил диэбит. Байҕалга атаҕын илитэн дьолломмут киһи курдук .
ххх
1125-1127 сыллардаахха олохтоммут киданскай илиҥҥи цивилизация хоту сир олоҕун тутулугар үгүс уларытыыны аҕалбыт. Ол туоһутунан Эллэй Боотур туһунан саха былыргы сэһэнэ буолар. Кини уобараһынан оччотооҕу олох тутулун уларытыы хайдах барбыта ойууланар. Елюй династията хаһаайыстыбаҕа, итэҕэлгэ, Или-Эйэни тутан олорууга киллэрбит үтүөтэ умнуллубаттык норуот өйүгэр-санаатыгар хаалбыт. Кэлиҥҥи сүһүөх монгол, тунгус-маньчжур баһылыктааһына ити бигэргэммит илиҥҥи тутулу соччо күүскэ айгыраппатах. Төттөрүтүн дириҥэппит, эбии тэниппит буолуон сөп.
Онон 1125 сылтан Нерчинскэйдээҕи трактакка (1689 с.) диэри Саха сирин дьылҕата Киин Азияттан тутулуктаммытын бигэргэтэр үгүс обьективнай историческай чахчыны салгыы көрдөөн иһиэх тустаахпыт. Ол аата 564 сыл усталаах историябыт төрдүн-төбөтүн быһаарар сорук турар.
Ол барыта үөрэтэр-чинчийэр киһи ычатыттан, тугу сыал-сорук гынан үлэлиириттэн тутулуктаах.
Өссө Пьер Бейль эппиттээх: “У нас столько историй, сколько историков» диэн. Ити оруннаах этии. Тоҕо диэтэххэ, чинчийээччи бэйэтин тус көрүүтүн аһары соҥноотоҕуна, сирэйин тириитэ халыҥыыр. Бу иһин дьиҥнээх историческай көстүүлэр ситимнэригэр, үөрэтиллэр чахчылар дьүөрэлэһиилэригэр улаханнык кыһаммат үгэстээх. Баҕар, биир киһи бэйэтэ итинник гыннын даҕаны.
Бу эрээри, саамай кутталлааҕа диэн чинчийээччи историк тус көрүүтүн ханнык эрэ баһыйар партийнай идеологиянан саптынара, онон куйахтанара буолар.
Француз психолога Камил Мелитан этэринии “...критики руководятся в оценке людей или их произведений только одним критерием, - принадлежит ли оцениваемый человек к их партии, или нет».
Нуучча филособа И.А. Ильин итинниги 1928 сыллаахха «Яд партийности» диэн ааттаабыттаах.
“...люди из честолюбия посягают на власть, ставя часть выше целого, создают атмосферу разлагающей нетерпимости, обращаются в борьбе к самым дурным средствам”.
“Партия дьаата” баһыйдаҕына норуот сымыйа санааҕа киэҥник сутуллар. Ол иһин даҕаны кэмиттэн кэмигэр былаас “сымыйа буруйдааһыны” ыраастаабыта буола түһэр үгэстээх. Ону даҕаны партия ханнык күүһэ кыайарыттан көрөн.
Биһиги ХХ үйэтээҕи олохпут айгыта итинник салаллыбыт буолан, өй-санаа сүһүрүүтэ улахан. Бу содула билигин да салҕана турар.
Сэбиэскэй кэмҥэ аат-суол оҥостуу, дуоһунаска-солоҕо тиксии идеология тылын төһө имигэстик баһылыыргыттан эмиэ тутулуктааҕа. Онон олох бары эйгэтигэр ким урут дорҕоонноохтук идеология, былаас тылынан эппит-тыыммыт ол ордук хотуулаах тахсара. Итинник быраабыланан салайтарыы куруук барыыстааҕа. Манныгы “сатааччылар” ардах тэллэйинии тохтоло суох үүнүүлэрэ норуот өйүн-санаатын мэлдьи тууйар уонна харгыстыыр.
Билигин даҕаны бэйэни албыннаныы, атыннык эттэххэ, “психология лжи” наһаа дириҥник көрдүгэннии сытар. Хаһан тохтуура биллибэт. Аһары ыарахан социальнай ыарыы быһыытынан салгыы дириҥиир кутталлаах. Арыгыга ылларбыт киһи арыгыһыт буолбатахпын дииринии, бу кыдьыкпыт баһа аһары саллайдаҕына, дьэбэр майгы оборчотугар олоруу салҕана туруо. .
Дьэ ити иһин, үөскээн иһэр проблеманы хайаатар да билиниэх тустаахпыт. Туоратар сыалы-соругу туруорунан үлэлиир уолдьаста дии саныыбын. Ордук чуолаан, интеллектуальнай-духовнай эйгэҕэ. Бу эйгэ толкуйдуур культурата, чопчулаан эттэххэ, өйүн-санаатын үлэтэ тохтоло суох тупса туруохтаах. Онуоха бэйэ ситиһиитин кэмиттэн кэмигэр саарбахтыы үөрэнэрэ, билбэтин эбии билэргэ дьулуһуута, ааттан-суолтан чаҕыйбакка, күдэн араҥа күүһүгэр сүр баттаппакка баары баардылыыра сайдыахтаах.
Оччотугар эрэ дьиҥ уонна кырдьык арыый да үрүҥ хараҕын өрө көрүө этэ. Онтон атын ньыма суох...
Ат көһүннэҕинэ - ыҥыырданыа, быһах көһүннэҕинэ - кыыннаныа. Кырдьыкпыт кылбайдын, чахчыбыт чаҕылыйдын !
А.Павлов.-Дабыл
uhhan.ru
|