Бу ыстатыйаҕа Аан дойду I сэриитигэр сахалар туох кыттыылаахтарын архыып матырыйаалларыгар олоҕуран кылгастык сырдатыахпыт. Төһө кыалларынан...
Cэрии саҕаланыыта
Аан дойду I сэриитэ саҕаламмытын туһунан сурах киэҥ Арассыыйа импиэрийэтин устун аа-дьуо тарҕаммыта. Ону кытта, улахан куораттарга күн ыраахтааҕыны, Аҕа дойдуну көмүскүүр ис хоһоонноох улахан таҥара үҥүүлэрэ буолуталаабыттара.
Импиэрийэ биир ыраах муннугар, Саха сиригэр (ол саҕана Якутская область) мобилизация бэрт көхтөөхтүк уонна тэрээһиннээхтик саҕаламмыта. Даҕатан эттэххэ, ол саҕана аармыйаҕа Сибиир төрүт олохтоох норуоттарын ылбаттар этэ. Оттон ол саҕана Саха сиригэр олохтоох омуктар нэһилиэнньэ 86 %-нын ылаллара. Онон сэриигэ сөбүнэн соҕус ахсааннаах олохтоох нууччалар, татаардар, дьэбириэйдэр барар буолбуттара. Ол курдук, бастаан урут сэриилэһэ сылдьыбыт уопуттаах дьон, оттон сэрии 2-3-с сылларыгар урут сулууспалыы илик дьон ыҥырыллан барбыттара. Устуоруктар суоттуулларынан, Саха сириттэн бу сэриигэ уопсайа 800-тэн тахса киһи кыттыбыта сабаҕаланар.
Булчут буолбатах “охотниктар”
Оччотооҕу сокуоҥҥа этиллэринэн, Сибиир төрүт олохтоох норуоттара (инородецтар) биир эрэ түгэҥҥэ сэриигэ барар кыахтаахтара – бэйэлэрэ тылланан барар буоллахтарына. Бу курдук тылланан сэриигэ барар баҕалаах дьону оччолорго “охотниктар” диэн ааттыыллар эбит. “Булчут” диэн суолтаҕа буолбакка, “баҕаран барааччы” (“иметь охоту” диэнтэн) диэн суолтаҕа. Маннык баҕалаах “инородец” хайаан да эт-сиин өттүнэн чэгиэн, эдэр-сэнэх (18-43 саастаах), сууту-сокуону кэспэтэх уонна дойдуга, ыраахтааҕыга бэриниилээх буолуохтаах эбит. Ол иһин, “охотник” чөл доруобайалааҕын бигэргэтэр кумааҕылаах, хас сыллаахха төрөөбүтүн туоһулуур таҥара дьиэтиттэн "миэтирикэлээх" уонна олохтоох полицияттан урут сууттана сылдьыбатахтарын туоһулуур суруктаах уезд байыаннай начаалынньыгар тиийэн сайабылыанньа суруйуохтаах.
Кимнээх тылланан барбыттарай?
Биллэн турар, сахалартан сэриигэ бэйэтин баҕатынан тылланан элбэх киһи барбатах. Онуоха эбии, сорох тылламмыт дьоҥҥо аккаастыыллар эбит. Быһата, ити чааһыгар үөһэттэн бэриллибит инструкцияны төһө кыалларынан кыһамньылаахтык тутуһа сатаабыттар. Били “өлүү суолун нэтээгинэн бүөлээбит” диэбиккэ дылы, баҕалаах дьону барытын үөрэ-көтө ыытан испэтэхтэр. Сапожников диэн 17 саастаах уол сайабылыанньа суруйбутун, сокуоннай сааһын ситэ илигинэн, баппыттар. Хаайыыга уоран эбэтэр дьону албыннаан хаайыллан сытар дьон “сэриигэ ыытыҥ” диэн көрдөһө сатыылларын ылымматтар эбит. Бэлитиичэскэй сыылынайдар эмиэ барар кыахтара суоҕа. Өлүөхүмэҕэ биэлсэринэн ананан үлэлии сылдьар Иван Зедгенизев диэн киһи 1916 сылы быһа “сэриигэ барыахпын баҕарабын” диэн тыллана сатаан кэбиспит да – ылбатахтар. Бу киһи Дьокуускайдааҕы биэлсэрдэр куурустарын саҥа бүтэрэн баран, дуогабарын быһыытынан, хайаан да 4 сыл устата биэлсэрдиэхтээх эбит. Ол болдьоҕо бүппүтэ эбитэ дуу, бу Зедгенизев 1916 с. атырдьах ыйыгар көҥүл ылан, баҕалаах сэриитигэр дьэ барбыт.
Орто Бүлүү улууһуттан Петр Егорович Афанасьев диэн киһи сэриигэ барыан баҕаран кыһын Дьокуускайга кэлбитигэр, “сэриигэ хомуур саас өрүс турдаҕына эрэ саҕаланар” диэн төттөрү ыыппыттар. Байаҕантай улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх Петр Никитич Кондаков диэн Дьокуускайдааҕы 2 кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбыт 21 саастаах эр киһи, Дьокуускайы ааһа көтөн, “сэриигэ ыытыҥ” диэн Иркутскайга сурук ыыппыт. Ол суругар төгүрүк тулаайаҕын, сүтэрэрэ туох да суоҕун эппит. Аны, “сэриигэ көннөрү саллаатынан буолбакка, санитарынан ылыҥ” диэн чопчулаан суруйар киһи буолан биэрбит. Онно “санитарынан буолбакка, көннөрү саллаатынан бардын” диэн хоруй кэлбит. Кондаков сэриигэр барбыта-барбатаҕа биллибэт.
Байаҕантай улууһуттан Феодора Слепцова-Федорова диэн дьахтар эмиэ тылланан баран бастаан утаа сиэстэрэлээбит, онтон 1917 сыллаахха М.Бочкарева аатырбыт “дамскай батальонугар” киирэн сэриилэспит. Хомойуох иһин, бу дьикти дьылҕалаах дьахтар туһунан докумуон архыыптан көстө илик.
Биир түбэлтэ эмиэ киһи болҕомтотун тардар. 1915 сыл бүтүүтэ Халыма II Мээтис нэһилиэгиттэн икки киһи – Степан уонна Федор Татариновтар – уһуннук-киэҥник айаннаан Дьокуускайга тиийэн кэлбиттэр. Бу дьон биир араспаанньалаах эрээри ини-биилэр буолбатахтар, аймахтыы буолуохтарын сөп. Кинилэр "бу бачча ыксаллаах, быһаарыылаах кэмҥэ дойдубутугар бүгэн олорор кыахпыт суох – сэриигэ ыытыҥ" диэбиттэр да, былаастар ону сэҥээрбэтэхтэр. Бастатан туран, бу дьон уезд байыаннай начаалынньыгар буолбакка, тута уобалас бырабылыанньатыгар кэлбиттэр. Иккиһинэн, докумуоннара ситэтэ суох, эбэтэр олох да суох курдук эбит. Биллэн турар, кинилэри сэриигэ ылбатахтар. Онтон сылтаан букатын да айдаан тахсыбыт. Саха сирин губернатора Рудольф Витте Халыма уокуругун исправнигар сэмэлээн сурук суруйбут, Татариновтар төһө да баҕалаахтарын иһин, докумуона суох уонна атын сиргэ туруорса кэлбиттэрин эппит. Суругар өссө “бу Татариновтар итиччэ ыраах айаннаан кэлэн баран билигин, эһиги буруйгутунан, Дьокуускайга туох да харчыта суох сылдьаллар” диэн дьиксинэрин биллэрбит. 1916 сыл сааһыгар бу дьону баҕаларын хоту сэриигэ ыыппыт курдуктар...
Уопсайынан, 1916 сыл саҥатыгар диэри барыта 24 “охотник” бигэргэтиллибит. Ол да үрдүнэн, патриоттар кэлэ турбуттар.. Холобур, гражданскай сэрии саҕана үрүҥ этэрээтин аатырбыт хамандыыра буолбут Семен Канин (Хаҥалас улууһа) сэриигэ эмиэ бэйэтэ тылланан барбыт. Сэриигэ барбыттар кэккэлэригэр Татаринов, Хаютанов, Андросов, Гаврильев, Волков, Решетников, Птицын, Слепцов... уо.д.а. диэн “сахалыыга майгынныыр” араспаанньалаах дьон бааллар.
Балартан саамай биллибиттэрэ Иван Андросов.
Иван Андросов
Кини 1891 с. Байаҕантай (билиҥҥинэн Таатта) улууһугар төрөөбүт. Сэрии саҕаламмытын кини Дьокуускайга оспуоччугунан үлэлии сылдьан истибит. Сэрии иккис сылыгар Андросов бэйэтэ тылланан сэриигэ барарга быһаарыммыт. Анал хамыыһыйаҕа доруобайын, урут сууттамматаҕын бигэргэтэн баран, бэс ыйын 10 күнүгэр Дьокуускайдааҕы хомуйар пууҥҥа киирбит. Аҕыйах хоноот кинини Иркутскайга ыыппыттар.
Илин Сибиир биир кырдьаҕас куоратыгар Иркутскайга сэрии саҕаланыаҕыттан 2-с саппаас биригээдэ турбута биллэр. Саха сириттэн тиийэр саллааттар үксүлэрэ бу биригээдэ иһинэн баар түөрт батальоҥҥа (9-с, 10-с, 11-с, 12-с №-дээх) ананан тиийэллэр эбит. Бу саппаас батальоҥҥа кэлбит саллааттары биир-икки ый устата үөрэппитэ буолан баран, хамаандаларга тыыран тимир суолунан арҕаа ыыталлар. Ол курдук, Иван 1915 сыл бүтүүтэ анаммыт 44-с Сибирскэй пуолкатын булар. 44-с Сибирскэй пуолка 1915 сылтан Арҕаа фроҥҥа сэриилэһэ сылдьыбыта биллэр.
1916 сыл сайыныгар 44-с Сибирскэй пуолка 9-с ротатын байыаһа Иван Андросов от ыйын 14 күнүгэр Барановичи анныгар сэриилэһэ сылдьан снаряд дэлби тэптэриитигэр контузияланар. Кинини тимир суолунан Уфа куорат 15-с нүөмэрдээх лазаретыгар ыыппыттар. Ол эрээри, Иван лазаретын булбута биир эрэ хонон баран, тахсар. Контузията айан кэмигэр ааһан хаалбыт курдук. Докумуоннартан көстөрүнэн, лазареттан тахсаат сынньана таарыйа дойдутугар кэлэ сылдьыбыт курдук көстөр.
Ол кэннэ кини өссө иккистээн бааһырбыт уонна 4-с степеннээх Георгий кириэһинэн наҕараадаламмыт курдук. Маннык наҕараадалаах саллаат тута ефрейтор чыыннанар эбит.
1916 сыл сэтинньитигэр 44-с Сибирскэй пуолкаҕа икки пулеметчиктар хамаандаларын арыйаллар. Иван Андросов онно пулеметчигынан сылдьыбыт. 1917 сыл бэс ыйын 9-10-с күннэригэр Виленскэй күбүөрүнэҕэ баар Крево куорат аттынааҕы Кревлянка үрэҕи туоруурга, ньиэмэс балысхан уотун ортотунан Андросов пулеметун өстөөх ыксатыгар соһон киллэрэн, өстөөх пулеметчиктарын дьакыйталаабыт. Инньэ гынан, пуолка Кревлянка үрэҕи сүтүгэ суох кэриэтэ туораабыт. Бу кыргыһыыга Иван иккистээн бааһырбыт. Өстөөх буулдьата хаҥас илиитин ортоку тарбаҕын таарыйбыт. Ити курдук, иккистээн бааһыран Екатеринбург куорат лазаретыгар түбэһэр. Бу хорсун быһыытын иһин Иван 3-с истиэпэннээх Георгий кириэһин ылар (294354 ¹-дээх). 1917 сыл бүтүүтэ Иван дойдутун булар.
Иван Андросов сэриигэ чахчы хорсуннук сэриилэспит. Кини бэйэтэ кэпсииринэн, өстөөҕү кытта илиинэн тутуһан туран хапсыһыыга (рукопашнайга) инникиттэн 3-с киһинэн турар эбит. Өстөөҕү кытта илиинэн хапсыһыыга, биллэн турар, күүстээх-уохтаах, хорсун-хоодуот дьоннорун инники туруораллара өйдөнөр. Андросов, ефрейтор быһыытынан, отделениены салайар "отделеннай" чыыннаах сылдьыбыт.
Бу Иван Андросовы, ардыгар, “толору георгиевскай кавалер этэ (4 кириэстээх)” диэн суруйааччылар. 1918 сыл балаҕан ыйыгар Андросов Дьокуускайга олорон сэриигэ бааһырбыт киһи быһыытынан былаастан биэнсийэ туруорса сатаабыт да, “бааһырыыта халымыр” диэн ону батан кэбиспиттэр. Бу суругар кини бэйэтэ “георгиевскай кавалербын” диэн бэлиэтиир, “толору кавалербын” дэммэтэх.
- кинини кытта алтыспыт В.С Синеглазова, М.Г. Габышева-Потапова “3 кириэстээх этэ” диэн бигэргэтэллэр. Ол баччааҥҥа диэри дакаастана илик. Уопсайынан, Андросов 3 кириэһинэн наҕараадаламмыта саарбахтаммат (3-с кириэһин нүөмэрэ кытта биллэр).
Афанасий Птицын
- Андросов этэҥҥэ эргиллэн кэлбит буоллаҕына, сорохтор төннүбэттэр эбит. Ол курдук, билиҥҥи Мэҥэ Хаҥалас I Мэлдьэхсититтэн төрүттээх, 1893 с. ахсынньытын 10-с күнүгэр төрөөбүт Афанасий Петрович Птицын диэн киһи сэрии толоонуттан эргиллибэтэх. Кини 1916 с. бэс ыйын 22 күнүгэр 22 саастаах сылдьан бэйэтэ тылланан аармыйаҕа барбыт. Биир ыйынан Иркутскайга 10-с сибирскэй саппаас пуолка 3-с ротатыгар киирбит. Бэрт кылгастык үөрэнээт, атырдьах ыйын 4 күнүгэр тимир суолунан арҕаа барбыт. Алтынньы 7-с күнүгэр салгыы өссө 258 №-дээх саппаас пуолкаҕа үөрэнэ тиийбит. Икки нэдиэлэнэн, сыл бүтэһигэр, анаммыт чааһын, 311-с Кремневецкэй пуолканы булбут. Кини чааһа киирэр 78-с пехотнай дивизията 1917 сыл тохсунньутугар билиҥҥи Молдавия сиригэр сэриилэспитэ. Тохсунньу 31 күнүгэр Афанасий Птицын сураҕа суох сүппүт...
Дмитрий Волков
Орто Халыма III Мээтис нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Федотович Волков сэриигэ 1915 с. ыам ыйын 15 күнүгэр тылланан барбыт. 22-с Сибирскэй пуолка састаабыгар сэриилэһэ сылдьан, тиийбит сылын күһүнүгэр, тиф ыарыыга хаптаран хамыыһыйаланан хаалбыт. Туһугар элбэхтик эрэйдэммит. Холобур, Москуба куорат 1518 №-дээх Якиминскай госпиталыгар 4 ый эмтэнэн баран, дойдулаан иһэн аны Иркутскай байыаннай госпиталыгар киирбит. Ыарыыта аны кулгааҕын буулаабыта бэргээн, сулууспаттан букатын да босхоломмут.
Ити курдук, фронтан кый ыраах сытар Саха сирин түҥкэтэх улуустарыттан, нэһилиэктэриттэн бэйэлэрин баҕаларынан тылланан сэриигэ барар хорсун, патриот дьон эмиэ бааллара.
Прокопий Батюшкин, устуоруйа учуутала, Дьокуускай.