Соторутааҕыта Карачаево-Черкесияҕа сырыым туһунан суруйбутум. Бүгүн бу өрөспүүбүлүкэ саамай элбэх ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарын – түүр тыллаах карачайдар – тустарынан тугу билбиппин-көрбүппүн билиһиннэриэм.
Арассыыйаҕа олорор карачайдар (кърачайлыла, таулулу («хайаҕа олохтоох») билигин 218,4 тыһ. ахсааннаахтар. Сүрүннээн, (194 тыһ.) дойдуларыгар Карачаево-Черкесияҕа олороллор. Маны таһынан, карачайдар Орто Азияҕа, Казахстаҥҥа, Турцияҕа, Сирияҕа, АХШка (20 тыһ. тахса) олохсуйбуттар. Итэҕэллэрэ – Ислам. Карачайдарга ислам 16-с үйэттэн саҕалаан киирэн барбыт, 19-с үйэҕэ бигэтик олохсуйбут. Онуоха диэри «язычниктар» эбит. Ол курдук, Тейри (Тенгри) итэҕэлиттэн хаалбыт сорох сиэр-туом, үгэс (күҥҥэ сүгүрүйүү, кэрэх мас уо.д.а.) билигин да тутуһуллар эбит. Карачайдар, сүрүннээн, сылгы-сүөһү, хой иитиитинэн, сири нүөлсүтүүнэн дьарыктаналлар, оҕуруот аһын (ордук кукуруза, хортуоппуй, бурдук) үүннэрэллэр. Кинилэр этногенезтэригэр түүр тыллаах хазардар, аланнар уонна Кавказ хайаларын биис уустара булкуспут. Инньэ гынан, бу норуоттар карачайдар култуураларыгар, төрүт үгэстэригэр бэйэлэрин суолларын хаалларбыттар.
Депортация
1939 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, ССРСка 75 763 карачай олорбут. Олортон Карачай уобалаһыгар – 70 301 киһи.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар (1942 сыл атырдьах ыйыттан 1943 сыл тохсунньутугар диэри) оччотооҕу Карачай автономнай уобалаһын ньиэмэстэр былдьаан ылбыттар. Ол «буруйдарыгар», «ньиэмэстэри кытта куомуннаһан Сэбиэскэй дойдуну таҥнардылар, Кавказ хайаларыгар баар кистэлэҥ суоллары ыйан биэрдилэр, оккупация кэнниттэн ньиэмэс ааҕыннарын саһыардылар» эҥин диэн сымыйанан балыйан, 1943 сыл алтынньы 14 күнүгэр карачайдары төрөөбүт дойдуларыттан Казахстаҥҥа уонна Киргизияҕа үүрэр туһунан ыйаах тахсыбыта. Инньэ гынан, 1943 с. сэтинньи 2 күнүгэр 70-ча тыһ. карачай киһитин аптамаатынан хомбуойдаан сүөһүнү таһар пуойастарга олордон, илин утаарбыттара.
Кинилэр 14 сыл депортацияҕа сылдьан баран, 1957 сыллаахха реабилитацияланан дойдуларыгар төннөллөрө көҥүллэммитэ. Депортация бу аҕыйах ахсааннаах норуокка улахан охсууну оҥорбута, духуобунай-матырыйаалынай култуураларыгар өрүттүбэт сүтүгү таһаарбыта. Ол иһин билигин карачайдар «грузиннар Сталин уонна Берия биһиги сирбитигэр грузиннары аҕалан олордоору, биһигини суох оҥороору хара балыырга түбэһиннэрбиттэрэ» дииллэр.
Уопсайынан эттэххэ, карачайдар улахан сэрииһиттэрин устуоруйалара бигэргэтэр. Чэ, билигин устуоруйаны улаханнык тыыппакка, бу күүстээх норуот олоҕун-дьаһаҕын туһунан билсиэххэ.
Биһиккэ сытыарыы
Уопсайынан, хайа баҕарар норуокка оҕо төрөөһүнүгэр, киһини харайыыга сыһыаннаах үгэстэр былыр-былыргыттан бааллар. Оттон аныгы үйэҕэ онтон сороҕо умнуллан эбэтэр уларыйан тиийэр. Бу сылдьан «Кавказ омуктара өбүгэлэриттэн утумнаан илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрин үчүгэйдик тутан сылдьаллар эбит» диэн санаа үөскээтэ. Ол курдук, эдэр да буоллун, саастаах да буоллун, «ити үгэс, абыычай туһунан кэпсээ эрэ» диэтэххэ, бары эндэппэккэ билэллэр. Карачайдар «биһиэхэ түҥ былыргы түүрдүү үгэс элбэх, онон Кавказ Ислам итэҕэллээх норуоттарыттан улахан уратылаахпыт» дэһэллэр.
Оҕо төрөөбүтэ 40 хонугар икки өттүттэн уруулары мунньан билиһиннэрэллэр эбит. Кыһыл оҕону 40 хонугар диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр биһирэммэт. Төрөөбүт дьахтар эмиэ 40 хонугар диэри ас астаабат эбит. Аһы астаабыт да буоллаҕына, дьиэҕэ баар саастаах дьон ону сиргэнэн сиэбэттэр. «Ити кэмҥэ кини кирдээх, ыраастана сылдьар кэмэ» дииллэр. Оҕо 40 хонугар биһиккэ сытыарыы үгэһин оҥороллор. Онуоха кийиит дьоно анаан-минээн биһик (ону «бешик» диэн ааттыыллар) атыылаһаллар. Ол биһиктэрин арааһын «Холкуостаах ырыынагар» (биһиги Бааһынайбыт ырыынагын курдук) көрдүм. Дьэ, араас моһуоннаах, киэргэтиилээх буолар эбит. Сыаната 3 тыһ. солк. саҕалаан барар... Оттон дьиэ кэргэҥҥэ былыргы биһик баар буоллаҕына, ол ордук сыаналанар. Ону харахтарын харатын курдук харыстаан харайаллар эбит. Оҕону биһиккэ сытыарыы сиэрин-туомун оҕо аҕатын өттүттэн эбэтэ оҥорор. Кини оҕону биһиккэ сытыарыан иннинэ, ытыктабылын бэлиэтин, кийиит кыыс ийэтигэр «эн сытыар» диэн көрдөспүтэ буоларын анарааҥҥыта аккаастыахтаах эбит. Оттон эбэлэрэ суох буоллаҕына, ону дьиэ кэргэн саастаах дьахтара оҥорор. Аны туран, бу сиэргэ-туомҥа оҕо көтөҕөөччүнү (акушеры) ыҥыраллар. Маннык сиэр-туом толоруутугар акушер быыс булан аккаастаммакка кэлэ сатыыр үһү. Оҕону сытыарыахтарын иннинэ биһиккэ бастаан куосканы сытыараллар. Ити «хараҥа күүстэр оҕону илдьэ барбатыннар» диэн күрэтэр албастара эбит. Ол кэннэ биһик ырыатын ыллыы-ыллыы оҕону суулаан сытыараллар («Алтын бала сыстыбу» эҥин диэн тыллаах, эбэтэр «көмүс оҕобут утуй дуу» диэн). Төбөтүгэр, атаҕын анныгар уонна иһигэр төгүрүк лэппиэскэни (хычыны) уураллар. Лэппиэскэ күн курдук бэлиэлээх, «күн оҕону харыстыа» диэн суолталаах эбит. Ол лэппиэскэни биирин ийэ саҥата-иҥэтэ суох ылан сиир, биирин оҕо көтөҕөөччүгэ биэрэллэр, оттон үсүһү аҥаардаан баран муннуктарга уураллар (иччилэр сиэн үөрдүннэр диэн). Аны туран, оҕо үчүгэйдик утуйдун диэн сыттыгын анныгар бөрө тыҥыраҕын уураллар (ону хазардартан кэлбит үгэс дииллэр).
Биһиги, сахалар, оҕону биһиккэ сытыарыыны улахан суолталаах дьыала курдук көрбөт буоллахпытына, карачайдар, дьэ, ону улаханнык суолталыыллар эбит.
Төрүт оонньуулара
Карачайдар, уопсайынан, сынньанары, оонньууру олус сөбүлүүр дьон эбит. Дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыкка түмсэ түстүлэр эрэ, хайаан да өбүгэлэрин оонньуутун тэрийэллэр. Таас кинилэргэ улахан суолталаах. Үүт-үкчү биһиги хаамыскабытыгар майгынныыр оонньуулаахтар. Биэс кыра таас үлтүркэйин ылан оонньууллар. Маны таһынан, эр дьон арыылаах тириинэн оҥоһуллубут канатынан тахсарга күрэхтэһэллэр. Саамай сымса, быһый эр бэрдэ үөһэ ыйаммыт бирииһи ылар. Онтулара массыына күлүүһэ, саҥа айфон кытта буолуон сөп.
Хапсаҕайга майгынныыр тустуулаахтар, онтулара «тутуш» диэн. Хапсаҕайтан уратыта диэн, бөҕөстөр систэригэр быа бааналлар уонна онтон тутуһан баран тусталлар. Утарсааччытын өрө баһан ылан тиэрэ бырахпыт бөҕөс кыайыылаах тахсар. Саамай кырасыабай быраҕыылар тустарынан чааһы-чааһынан кэпсиэхтэрин сөп, уос номоҕо оҥостоллор. Былыр-былыргыттан үчүгэй бөҕөстөрү үрдүктүк тутар, сыаналыыр дьон эбит. Оннук күүстээх уолаттарга былыр да, быйыл да кыргыттар эргэ тахсарга дураһыйаллар.
Көк-бөрү диэн оонньууларыгар аты миинэ сылдьан козаны эбэтэр барааны былдьаһаллар.
«Обрезание» сиэрин-туомун уол оҕоҕо үһүгэр диэри оҥороллор. Урукку сылларга ону дьиэҕэ оҥорор эбит буоллахтарына, билигин хирурдар оҥороллор. Ону тулуурдаахтык, ытаабакка-соҥообокко ааспыт уол оҕоҕо аты бэлэхтиир үгэс баар эбит. «Дьиҥнээх джигит буолла» диэн.
«Отчуттары атаарыы» бырааһынньыга баар эбит. Аулунан мустан үҥкүү-битии, ырыа-тойук аргыстаах хайаҕа тахсан отчуттары алҕаан атаараллар. Аул баһылыга саамай эдэр, саҥа отчукка хотуур туттарар. Биир интэриэһинэйэ – бугулламмыт оту үөһэ хайаттан отунан быа өрөн, тула эргитэн баран аллара түһэрэллэр. Отчуттары күүстээх үлэ кэнниттэн эмиэ бүтүн аулунан көрсөллөр, дьэ, эмиэ ырыа-тойук бөҕө буолаллар, лезгинкалаан көтөллөр, ас бөҕөтүн тардаллар.
Уустар
Уустары ытыктаабат норуот диэн, арааһа, ханна да суоҕа буолуо. Биллэрин курдук, мээнэ киһи уус буолбат. Онуоха эбии, уус, ханна даҕаны, бөлүһүөк, муударай, ытыктанар киһи буолар. Тааһынан уһанар киһини карачайдар «байрамук» дииллэр. Карачайдар ол байрамугу, тимир ууһун, улаханнык ытыктыыллар. Тимир ууһа, төһө да сэрии сэбин оҥордор, эйэлээх олоххо туттуллар сэби-сэбиргэли эмиэ оҥорор. Кини оҥорбут кынчааллара, быһахтара хаһан да хатыламматтар, бары уратылар. «Хас биирдии Кавказ олохтооҕо кынчааллаах (кинжал), быһахтаах буолуохтаах» диэн өйдөбүл карачайдарга күүскэ сөҥмүт.
Уруу. Той
Мин Черкескэйгэ тохтообут көстүүнэйбэр банкеттыыр саала баара. Кэлиэхпиттэн барыахпар диэри, биир да күнү көтүппэккэ, бырааһынньык, ырыа-тойук, үҥкүү-битии. Субуота-өрөбүл эҥин буоларын күүппэккэ, хаһан баҕарар бырааһынньыктыыллар быһыылаах. Ол гынан баран, бырааһынньык да кэнниттэн биир да итирик киһини, си саараама, көрбөккүн. Көстүүнэйбэр биир да күн сынньаппакка лезгинкалаан тиҥийбит буоланнар, күн бүгүнүгэр диэри харахпын саптым да лезгинка көстөн кэлэр, муусукалара эмиэ кулгаахпар олорон хаалбыт.
Сыбаайба бөҕө буолла. Биир үтүө күн, тулуйа сатаан баран, тахсан көрөн турдум. Саха сирэйдээх киһи атын буоллаҕым. Тута харахтарыгар быраҕылынным. Тута бэлиэтии көрдүлэр уонна биир аарыма кырдьаҕас кэлэн киммин-туохпун ыйыталаста уонна тойго киллэрдэ. Ыҥырыыта суох ыалдьыт буолуохпун бэркиһээн турбахтаан баран, билэр-көрөр баҕа санаа баһыйан, киирдим.
Биллэн турар, билигин аныгы үйэ сиэринэн той (уруу) сиэрэ-туома уларыйбыт, дьобуруопалыы быһыыламмыт. Ол да буоллар, төрүт үгэс син биир тутуһуллуохтаах. Былыр ким кимниин ыал буоларын төрөппүттэрэ быһаарар эбит буоллахтарына, билигин эдэрдэр бэйэлэрэ билэллэр. Ол эрээри, тиһэх туочуканы син биир төрөппүт оҥорор. Аны туран, уол кэргэн ылыахтаах кыыһын туһунан төрөппүттэригэр бэйэтэ буолбакка, чугас табаарыһынан, уруутунан эттэрэр эбит. Уруу киэһэтин күнүгэр кийиит кыыс былаатын кэтэрдии сиэрэ-туома оҥоһуллар. Ол кэннэ дьиэтиттэн тахсарыгар бииргэ төрөөбүттэрин, төрөппүттэрин кытары бырастыылаһан тахсар.
Нитях – мечеккэ ыал буолууну бэлиэтэнии. Карачайдар үксүн мечеккэ бэлиэтэнэри биһирииллэр. Эдэрдэри имам саахсалыыр. Карачайдар сыбаайбаларын уратыта: сыбаайбалыыр кортежтара (онно эҥин араас «курутуой» массыына бөҕө буолар) көбүөрүнэн киэргэммит буолар. Нитях кэннэ кийиит рестораҥҥа тиийэр. Онно былааты устуу сиэрэ-туома ыытыллар (аҕа саастаах аймаҕа дьахтар устар), кийиит сүктэр малын сундуукка соһон киллэрэллэр. Сиэри-туому билбэт киһи «кийиит кыыс былаата эчи элбэҕин! Итини ханна гынар баҕайытай?» дии саныыр. Аны туран, кийиит дьоно күтүөт аймахтарыгар барыларыгар хайаан да кэһиилээх буолуохтаахтар, онтуларын «берне» диэн ааттыыллар. Кыыс былаатын устубуттарын кэннэ, ол «бернелэрин» биэрэллэр уонна кийиити туспа хоско илдьэллэр. Кийиит кыыс үөрэн мичилийэ сылдьарын көрбөтүм. Улахан кыһалаҥынан эргэ тахсан эрэр курдук дьүһүннээх. Оттон тула бары үөр да үөр буолаллар. Онтум баара, сиэр быһыытынан, кийиит кыыс аһара килбик, симик курдук көстүөхтээх эбит. Күлэн ырдьаҥныы, саһыгыраччы күлэ сылдьара көҥүллэммэт.
Аны туран, кийиит уонна күтүөт тус-туспа олорон сыбаайбалыыллар. Кийиит – дьүөгэлэрин, күтүөт туспа доҕор уолаттарын кытта олорон бырааһынньыктыыллар.
Кийиит кыыска тойоно «мин баарбар саҥарбаккын» диэтэ да бүтэр үһү. Кийиит кыыс тойоно көҥүллээтэҕинэ эрэ саҥарар бырааптаах. Холобур, сыбаайба кэмигэр икки дьахтар «тыл этэ» диэн тахсан баран, саҥата суох туран, тоҥхоҥноон баран төттөрү баран олорунан кэбистилэр. Ону «ити дьахталлар тойонноро (эрдэрин аҕалара) манна бааллар, ол иһин саҥарбатылар. Инники этиллибит эҕэрдэлэргэ кыттыһалларын биллэрэн тоҥхоҥноотулар» диэн быһаардылар. Аны, биир сөхпүтүм: карачайдар эбэлээх эһэ көрөн турдахтарына оҕолорун илиилэригэр ылбаттар, көтөхпөттөр эбит. Маны таһынан, «бу мин оҕом» диэбэттэр «мин аҕам оҕотун оҕото» дииллэр эбит. Ол туох ис хоһооннооҕун ситэ токкоолоспокко хааллым.
Оттон, уопсайынан, сыбаайбаларын-тойдорун элбэх үптээх-харчылаах эрэ киһи ыытар быһыылаах.
Карачайдар Карачаево-Черкесияҕа ахсаан өттүнэн барыларын баһыйар буоланнар (41 %), атыттардааҕар ордук балаһыанньалаах курдуктар. Ону киһи кинилэр тылларыттан-өстөрүттэн, тутта-хапта сылдьалларыттан бэлиэтии көрөр. Бэйэлэрин төрүт үгэстэрин, тылларын, итэҕэллэрин күүскэ тута сылдьар дьон эбит.
Дмитрий ИВАНОВ,
Дьокуускай-Карачаево-Черкесия.