Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Сэтинньи » 19 » АЙЫЫ СУОЛА
АЙЫЫ СУОЛА
09:47

“Айыы суола” социальнай-психологическай анаарыыга олоҕу олоруу урукку, билиҥҥи парадигматын уонна саҥалыы толкуй туһунан кэпсэтэбит.

Онуоха төрүт өйү-санааны үүммүт ХХI үйэҕэ интеллектуальнай культура таһымыгар үрдэтии соруга турар. “Утуйа сытар” былыргы сакральнай өйдөбүллэри аныгылыы хараҕынан көрүү, бүгүҥҥү научнай билии кэриҥнэринэн ырытыы бардаҕына эрэ, ити сорук хамсыыр кыахтаах. Оччотугар киһи тыына уһуктан, ис кыаҕа арыллыа этэ.

АЙЫЫ СУОЛА

/Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы/

Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018. 33-с., 13.09.2018. 36-с, 25.10.2018. 42 №№-гэ көр.

Көстөр айылҕа таҥылла турар “голограмма” буолара Тантра –Тора – Таҥара дэммит. Ити даҕаны аҕыйах ахсааннаах айдарыылах дьон көмөтүнэн оҥоһуллубут. Оттон киэҥ маасса бэлэми үтүктүүтэ, батыһыыта туспа суолламмыт-иистэммит.

Көрөрбүт курдук, иудаизм тората (тойро, тэйрэ), индуизм, буддизм тантрата, саха таҥарата итинник майгыннаһар өрүттээхтэр. Ону болҕойуох тустаахпыт...

Жан-Поль Ру историяҕа туруорбут идеятын сайыннарыыга, тэнитиигэ казах интеллигенцията бастакынан туруммута. Ол курдук суруйааччы Олжас Сулейменов “Аз и Я” (1989, 1991), философия доктора Сабетказы Нуржакия Улы Акатай «Мировоззренческий синкретизм казахов» (1994—1995), академик Марат Барманкулов “Хрустальные мечты тюрков о квадронации” (1999) үлэлэрэ тахсыбыта. Манна ааптардар түүр тыллаах норуоттар историяларын уонна итэҕэллэрин киэҥник хабан суруйарга холоммуттара. Итиниэхэ казах норуотун миэстэтэ, суолтата эмиэ учуоттаммыта.

Азиатскай идеяны өйүүр тосхоллоох суруйууларынан Мурад Аджи “Великая степь” (1998), “Европа. Тюрки. Великая Степь” (1998), “Кипчаки. Древняя история тюрков и Великой Степи” (1999), “Азиатская Европа” (2006), “Полынь Половецкого поля” (2008), “Без Вечного Синего Неба” (2010) кинигэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Оттон тенгрианствоҕа быһаччы сыһыаннааҕынан Р.Н. Безертинов “Тенгрианство – религия тюрков и монголов” (2000), Н.Г. Аюпов. “Тенгрианство как открытое мировоззрение” (2012) уо.д.а көрүктэрин ааттыахха сөп. Бу көрүктэр сүрүн итэҕэстэрэ тантризмы, иудаизмы тумнуулара уонна Таҥараны суос-соҕотох үрдүкү сүдү күүс диэһиннэрэ буолар.

Тора, тантра, таҥара үрдүк күүс ыйыыта-кэрдиитэ, сокуона быһыытынан тохтоло суох салҕана турар. Эбиллэн иһэр. Ити иһин таҥара ахсаана элбэх, оттон айбыт Айыы соҕотох.

Таҥара былыргы өйдөбүлэ, көрөрбүт курдук, аһары уустук. Манна өссө буддизм иннинээҕи Яджурведатааҕы Тара (“Спасительница”) диэн санскрит терминын санатар тоҕоостоох. Индияҕа биһиги эрабыт иннинэ бастакы үйэҕэ үөскээбит өйдөбүлү.

Номоххо этиллэринэн, бодхисаттва Авалокитешвара аан дойдуну аһынан ытаабыт. Ол хараҕын уута лотос буолбут. Ити лотостан Тара хотун төрөөбүт. Кини итинтэн ыла дьоҥҥо-сэргэҕэ космос араас формата быһыытынан биллибит. Аныгылыы научнай кээмэйинэн энерго-информационнай голографическай матрица хабааннаахтык...

“Богиня Тара – это очищенное самосознание, которое дает возможность постичь природу единой Сущности Абсолюта, лежащей в основе всего”.

Тара хотунтан этитиигэ киһи бэйэтэ бэйэтигэр дириҥиэхтээх. Дьиҥи бэйэҕэ билэ сатыахтаах. Платон, Декарт, Лейбниц “врожденная идея” диэннэрин арыйыы биир көрүҥэ диэхпитин сөп итинниги.

Американскай лингвист, философ Авраам Ноам Хомскай “Современные исследования по теории врожденных идей” дакылаатыгар “удьуордуур идеяны” өйүүр уонна “Опыт служит для того, чтобы выявить, а не сформировать, эти врожденные структуры”, диир. Киһи ахсын итинник удьуор утума баар. Ону буларга киһи өйө үлэлиэхтээх диир кини.

Саха саныырынан киһи аан дойду үс күлүгүттэн туттарыылаах – анараа, орто, үөһээ дойдулартан. Анараа дойду - өлүү төрдө, урукку кэм. Орто дойду – билиҥҥи кэм, иччи. Үөһээ дойду – кэлэр кэм, Айыы. Киһи бу үс күлүктэн хайатыгар эрэ ордук туттарыылаах. Ол туттарыытынан удьуор этитиитэ арыллар. Этитиинэн төһө эрэ энергоинформационнай голографическай матрицаны – Таҥараны билэр кыахтанар.

Өлүү төрдүттэн этитии үс: дууһаттан, үөртэн, абааһыттан. Иччиттэн этитии түөрт: уот, уу, буор, салгын иччилэриттэн. Айыыттан этитии: Айыы суола, Айыы тоҕус халлаана.

Саха удьуор утумугар буддизм былыргы хаттыктара баарын туоһута бэрт үгүс. Дэлэҕэ даҕаны нуучча православнай церкобын епискоба, архиепископ Нил (Николай Фёдорович Исаакович) 1843 сыллаахха Дьокуускайга сылдьан баран, 1858 с. үлэтигэр “...Буддизм, рассматриваемый в отношении к последователям его, обитающим в Сибири... более столетия господствует от Амура до Лены, над значительнейшею частью монголо-бурятского и тунгусского племени” диэ дуо?!

Өссө кини быдан иннинэ американец Джон Ледьярд 1787 с. “очень немногие из якутов приняли христианскую религию, и те, которые приняли – выполняют свои обряды с большим равнодушием”, диэн бэлиэтии көрбүттээх.

Епископ Нил бу сырыыта саха религиознай сүрүн канонун, постулатын православнай церковь ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрии тосхолун тутуһуннарбыта. Ол курдук, кини кэнниттэн Айыыны буолбакка, Аар диэни инники күөҥҥэ тутуу саҕаланар. Маныаха даҕатан эттэххэ, Аар

диэн эрдэтээҥи өттүгэр Арт буоларын А. Слепцов, В.Л. Приклонскай уонна протоиерей Д.Д. Попов бэлиэтээһиннэригэр баар. Арт диэн буддийскай архаты кылгатан ааттааһын сылдьар.

Онон сахаҕа религиознай реформация саҕаланыытын биир бэлиэ түгэнинэн архиепископ Нил кэлэ сылдьыытын ааттыахха сөп. Кини айаннаан тиийээт, 1843 сыл ахсынньы 31 күнүгэр “Кылгас Катехезиһы” сахалыы бэчээттииргэ Санкт-Петербургтааҕы синодальнай типографияҕа дьаһал биэрбитэ.

Православнай церковь епискоба Дьокуускайтан бараатын кытта, 1844 с. олунньу 18 күнүгэр, наука Петербургтааҕы академиятын экспедицията кэлэр. Салайааччыта академик А.Ф. Миддендорф бу религиознай реформация саҕаланыытыгар түбэспитэ уонна манныгы бэлиэтэммитэ: „Ар - Айыы тойон”. Ол аата Айыы тойон буолбакка, Аар өрө тутуллар туоһута этэ.

Р.К.Маак 1854 сыллааҕы экспедиция түмүгүнэн, „...по понятиям якутов, верховный правитель мира и зиждитель жизни на земле есть Ар Тойон (или Ар – Айыы тойон)“ диэн эбии чиҥэтэн биэрбитэ. Бу икки чинчийээччи Аар уонна Айыы тойон диэннэри арааран бэлиэтээбиттэрэ.

Инньэ император Петр 1 саҕаттан барбыт церковнай реформа силигин дьэ сиппитэ. „Господь дал царям власть над народами, но над совестью людей властен один Христос ” диэһинэ туолбута.

Аар - Уол таҥара (Христос) итинтэн ыла Айыы тойону –Аҕа Таҥараны кыайбыта. Айыы тойон үтүрүллүбүтэ.

Тохсунньу 25 күнүгэр 1721 сыллаахха Петр 1 император Духовнай коллегияны бигэргэтэр манифеһа тахсар. Баһылыктыыр Ытык Синод тэриллэр...

Саха религиознай өйдөбүлүгэр киирбит уларыйыыга Бетлингк 1851 сыллаахха икки алҕаһы таһаарбыта. „Юбер ди Шпрахе дер Якутен” кинигэтигэр. Бастакытынан, саҥа религиознай символга лексиграфическай алҕаһы оҥоруу. Сурук бэлиэтин – дефиһы көтүтэр. Дефис көппүтүн түмүгэр „Ар айыы тойон” диэн неологизм үөскээбитэ.

Бетлингк, дьиҥэр, бу религиознай символы Миддендорф хомуйбут матырыйаалыттан ылбыт уонна итинник алҕаһаабыт. “... Когда Миддендорф возвратился в 1845 г. из Сибири, из своего наиплодотворнейшего во всех отношениях путешествия, я попросил его выбрать из своих дневников все сюда относящееся, дав ему обещание позаботиться о том, чтобы эти материалы были обработаны“.

Бетлингк иккис алҕаһа, бу сыыһа үөскээбит неологизмҥа Уваровскайы сигээһинэ. Уваровскай „Ахтыыларыгар” итинник ончу суох. „Эр Соҕотох олоҥхотугар” Аар диэһин биирдэ эрэ ахтыллар. Ону да Аар аҕа суолтаҕа. Бетлингк лексиграфическай алҕаһын Э.К.Пекарскай бэйэтин тылдьытыгар 1899, 1907 сылларга хос хатылаабыта. Инньэ дииригэр Бетлингтэн ураты кими да ыйбатаҕа. Ол аата Аар Айыы диэни атын ким

да эппэтэх. Оннук саҥарбат эбиттэр. Бэл, оннооҕор, таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ.

Айыы үөрэҕин, итэҕэлин көбүтүү барбытыгар таҥараны итэҕэйээччилэр Аар Айыы диэн ити сомоҕо домоҕу ороон таһаарбыттара. 2000 сыл чугаһыгар Пекарскай тылдьытыттан. Ол түмүгэр, сүүрбэччэни кыайбат сыл иһигэр, „куту-сүрү эмтиир“, таҥараны айыылартан „көмүскүүр“ Аар Айыы итэҕэлэ үөдүйдэ.

Бу көстүү саха 1664 сыллааҕы религиознай постулатыгар уонна 1825 сыллааҕы „Обычное право якутов“ бигэргэппит религиознай символларыгар ханан да сөп түбэспэт.

Иччи. Саха киһитэ иччини орто дойду хаһаайына, Айыы күлүгэ диэн ааттыыр. Иччи туһунан эрдэтээҥи сурук фелдьшер Прокопий Филиппович Порядин киэнэ. 1877 сыллаахха кини Нуучча географическай обществотыгар анаан „Якутско-русский словарь” бэлэмнээбитэ. Онно бу курдуку ахтыбыт: “итчи = ирчи, иччи – хозяин, владетель (животных, вещей); домовой или невидимый владетель пустыми зданиями, привидение”.

Бу тылы үс өрүттээн саҥарыы чопчу быһаарыллыбыт. Туохтааҕар да ордук суолталааҕа – ирчи. Дьиҥ былыргы төрдө.

Оттон 1902 сыллаахха В.Ф.Трощанскай „Эволюция черной веры (шаманства)» үлэҕэ „всем иччи приносятся бескровные жертвы» диэһинэ эмиэ ураты суолталаах. Айыы тэҥэ сырдык күүс. Иччи хааннаах толукка наадыйбат.

Наука эйгэтигэр учуонайдар В. Миллер 1910 с., француз, буддолог Поль Пеллио 1914 с. иччини эмиэ ахтан аһарбыттар. Түүр тылын лексикологиятын, этимологиятын чинчийбит немец Вилли Банг-Кауп 1927 с. “Тюркологические письма” кинигэтигэр «иччи» этимологиятын ырыппыта. Ону профессор С.Е.Малов “Указатель собственных имен и предметный” ыстатыйаҕа киллэрэн турардаах.

Иччини инньэ Индияттан саҕалаан түүр, монгол, тоҥус-маньчжур тыллаахтар бука бары билинэ, киниэхэ сүгүрүйэ сылдьыбыттар. Саха историк востоковеда Егор Сидоров “иш, иша (санскрит) – властитель, владыка; иччи (якутск.) – хозяин, владелец, дух-хозяин; иди, изи (древнетюркское) – владыка, господин; эжэн (монгольск.) – владыка; эчжень (маньчжурское) – владелец, хозяин” диэннэри бэрт сиһилии тэҥнээн турардаах. Буддизм рши, риши диэн өйдөбүлэ илиҥҥи норуоттарга киэҥник тэнийбитин көрдөрөөрү.

“Риши считаются посредниками между людьми и богами”. Барыта сэттиэлэр. Брахма баһыгар олоро сылдьар сэттэ уот сардаҥа. Брахма өйүн сыдьаайа, муудараһы туоһулуур.

Бу сэттэ иччиттэн үрдүкүтэ Деви-Риши. Индуизмҥа дьахтар иччи. Ведическэй ритуалга уот иччитигэр арыынан айах тутуу “ишти”. Маны таһынан Шива кытта иша, ича. “Владыка” суолталаах. Рудраны эмиэ ишана ичана дииллэр. Брахма даҕаны «ишвара-могучий владыка». Аан дойду тоҕус ойбонуттан (чакра) сэттэтэ Брахма баһыгар олоро сылдьар. Бары хамсыыр

харамайга ити харах, кулгаах, мурун иккилии үүтэ уонна айах буолан оҥоһо сылдьар. Киһиэхэ даҕаны биир оннук.

Саха фольклорун чинчийбит С.В.Ястремскай “Айбыт Айыы аан дайдыга киһини аналлаах иччитэ буол диэн айбыт”, диир. Киһи орто дойдуга иччи буолуохтаах. Ол аата өйү-санааны баһылыахтаах. Ити иһин киһи тыла, истэр кулгааҕа, көрөр хараҕа хайаатар да иччилэниэхтээх. Атыннык эттэххэ, итилэргэ өй кыыма сыстыахтаах. Бу да иһин этэр эбээт, Сээркээн сэһэн: “өйдөөн-дьүүллээн саҥар, өйүлээн иһит, өйдөөн-төйдөөн көр”, - диэн.

Иччигэ өй сэттэ олоҕо баар: бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө. Бу барыта бииргэ түмүллэн кэби (киэби) үөскэтэр.

Сэттэ иччи киһи-аймах уопсай өбүгэтэ. Бу туһунан теософ Елена Блаватская үлэлэригэр син тэниччи этиллэр. Саха дьахтара М.Н.Андросова-Ионова “Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара” диэҥҥэ, Түөнэ Моҥол уонна Кус Хаҥыл орто дойдуга киирэн, хайдах аан маҥнай төрөөбүттэрин-ууһаабыттарын 1907 сыллаахха суруйан турар.

Үрүҥ Айыы тойон туһунан ХХ үйэ саҕаланыытыгар сахаҕа суос-соҕотох ордон хаалбыт ытык сэһэн буолар, М.Андросова-Ионова олоҥхото.

 

Салгыыта бэчээттэниэ.

 

Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ

Views: 728 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024