Олоҥхо бэчээттэниитин 170 сыла
. Быйыл биир бэлиэ түгэн ааста. «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» олоҥхо сахалыы, немецтии бэчээттэниитин 170 сыла! Маны ситиспит Афанасий Яковлевич Уваровскай буолар.
Кини олоҕун кылгас торума:
Олунньу 20 күнэ 1814 сыл. Канцелярист көмөлөһөөччүтэ.
Олунньу 8 күнэ 1815 сыл. Канцелярист.
Ахсынньы 31 күнэ 1819 сыл. Коллежскай регистратор.
Ахсынньы 31 күнэ 1822 сыл. Губерниятааҕы сэкэрэтээр.
Ыам ыйын 18 күнэ 1823 сыл. Уобалас начальныгын Рудаков канцеляриятыгар остуоллаах салайааччынан ананар.
Атырдьах ыйын 12 күнэ 1824 сыл. Иркутскайдааҕы гражданскай губернатор махталын тутар.
Ахсынньы 31 күнэ 1825. Иркутскайга губерния дьаһалтатыгар ылаллар. Коллежскай сэкэрэтээр.
Ахсынньы 31 күнэ1828 сыл. Титулярнай сүбэһит.
Тохсунньу 1 күнэ 1830 сыл. Үлэтиттэн ууратарга дьаһал тахсар.
Тохсунньу 15 күнэ 1830 сыл. Сууттууллар. Сахалары кытта куомуннаһыыга буруйдаан. Түөрт ый хаайаллар. Маны таһынан 8 сыл устата кэтэбилгэ ылаллар.
Олунньу 27 күнэ 1830 сыл. Үлэтиттэн букатыннаахтык ууратыы туһунан аттестат биэрэллэр.
Бэс ыйын 19 күнэ 1836 сыл. Бас билэр сирин былдьаабыттара, ол оннугар суут харчы төлөөбүтэ.
Муус устар 12 күнэ 1839 сыл. Саха уобаластааҕы дьаһалтата Афанасий Яковлевич Уваровскайы буруйдааһынтан босхолуур. Уваровскай көһөн Санкт-Петербурга барар.
1840-1851 сыллар. Санкт-Петербурга олорор.
Кулун тутар 1 күнэ 1852 сыл. Россиятааҕы американскай хампаанньаҕа үлэлии киирэр. Охотскай муора кытыытыгар Аяҥҥа барар.
Тохсунньу 22 күнэ 1856 сыл. Огдообо дьахтары Мария Авксентьевна Соловьеваны кэргэн ылар.
Муус устар 1857 сыл. Дьокуускайдааҕы земскэй суут үлэһитэ.
Бэс ыйын 18 күнэ 1857 сыл. Дьокуускай уокуругун суутун үлэһитэ буолар.
Балаҕан ыйа, 1860 сыл. Ыарытыйар буолан үлэтиттэн уурайар.
Алтынньы 2 күнэ 1862 сыл. Баралыыстан өлбүтэ. Дьокуускай куорат Николаевскайдааҕы кылабыыһатыгар көмпүттэрэ.
САХАҺЫТ СЫДЬААНА
1. Уһун санааны тутуһан
Афанасий Яковлевич Уваровскай ийэтин өттө өһүк-хаан дьон. Ийэтэ Екатерина Егоровна Кисикеева (1744-1814) аатырбыт боярин Кисикей Сахалтин – Леонтий Львов хос сиэнэ .
Кисикей Сахалтин биир ытык киһи. Саха тойоно дииллэр эрээри, аата-суола мээнэ «ааттаммат». 1648-1649 сыллааҕы дьаһаах докумуонугар намнарга Кисикей Секучаев диэнинэн сылдьар. Биир төгүл хабыллыбыт. Уоннааҕы сылларга суох. Үс сүдү бараа күлүктээх киһи быһыылаах. Оннугу былыр «сахаһыт» диэн ааттыыллара. Нууччалыыта - духовник. Төрүт-уус дьону өйгө-санааҕа иитэр, билиигэ-көрүүгэ үөрэтэр, өрүү кинилэргэ чугас сылдьар сүбэһит. Ол иһин, Кисикэй биир биллэр аата Сахалкин. Тойоттору арыаллаан, нуучча ыраахтааҕытыгар Федор Алексеевичка барса сылдьыбыт уонна бастакы дипломатическай сыһыаны олохтоспут киһи буолар. Ол туһунан саас-сааһынан сэһэргээтэххэ бу курдук...
1660 сыллаахха ыам ыйын 4 күнүгэр Мымах уолаттара Ньычыка (Ничко-Ника), Түһүк, Ойуунньай, Тимирэй, Тукунай, Хабарҕа буолан нуучча ыраахтааҕытыгар Алексей Михайловичка сурук суруйаллар. Воеводалары үҥсэн. Онуоха ыраахтааҕы ахсынньы 4 күнүгэр эппиэт ыыппыт. Маннааҕылар ону чып кистээбиттэр.
Биһиэттэрэ икки сыл эппиэти күүтэллэр да туох да сибики биллибэтэх. Ол иһин 1662 сыллаахха суругу иккистээн ыыталлар. Онуоха, дьэ, 14 сыл ааспытын кэннэ, 1676 сыл ыам ыйын 4 күнүгэр саҥа ыраахтааҕы Федор Алексеевич грамотата кэлэр. Миэхэ икки-үс киһини булгу тэрийэн ыытыҥ диэн. Воевода, хайыай, быстыа дуо, тэрийэн ыытарыгар тиийдэҕэ дии. Онон 1676 сыллаахха от ыйыгар барыта тоҕус саханы казактарынан арыаллатан, Максим Мухоплев тылбаасчыттаах айаҥҥа туруорбут.
Унньуктаах уһун суолга: Дьокуускай – Уус Кут – Уус Мука – Ленатааҕы волок – Илимскэй - Енисей острога - Маковскай остуруога - Кета остуруога – Обь – Нарым - Сургут – Иртыш – Тобольскай – Тюмень – Туринск – Үөһээ Туринск – Москва маршрутунан. Туһааннаах сиргэ тиийбиттэригэр, анал грамоталаах дьону ахсынньы 26 күнүгэр 1676 сыллаахха ыраахтааҕыга быһа аһарбыттар. Дьоммут туран 120 киис, үс хара
саһыл тириитэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирбиттэр. Онон үрдүк сололоох киэҥ уораҕайа тэлэччи арыллыбыт.
Ыраахтан кэлбит дьону ыраахтааҕы Федор Алексеевич сонургуу, ыйыта көрсүбүт. Саха историга Григорий Попов суруйарынан, ол маннык буолбут:
- Тугу аһыыгыт-сиигит?
- Эмис убаһа этин, арыыны, балыгы, - диэбиттэр Маһары уонна Тирэх. – Бэс субатын уонна сулугур уу, - диэбит Нохто.
- Тугу көлүнэҕит?
- Үчүгэй сылгыны уонна табаны, - дэспиттэр Маһарылаах. – Дүлүҥтэн оҥорбут хайыһарбытын уонна дүлүҥ тыыны, - диир Нохто.
- Кэлэр кэмҥэ дьаһааҕы тугунан төлүүгүт?
- Урукку курдук кииһинэн, саһылынан, буобуранан, кырсанан уонна саһылынан, - дэһии буолбут, Маһары, Тирэх икки.
Онуоха туран, Нохто сөбүлэммэтэх. Харчынан ылыҥ. Норуот кыанар кыаҕа суох. Дьаһааҕы төлүүр туһугар дьон-сэргэ бэйэ-бэйэтин харыстаспат буолла. Булду былдьаһан өлөрсүүгэ тиийдэ диэбит.
Кини дьонун кэннигэр туран эрэ хахсыйар, силлиир эбит. Онуоха ыраахтааҕы ыйыппыт, тоҕо силлиирин билээри. Бииргэһэ туран, наһаа утаттым диир. Ити иһин иһиккэ кыбаас аҕалбыттар. Нохто ону иһэн баран, иһити хоонньугар уктубут. Ыраахтааҕы соһуйбут аҕай. Иһитин көрдөппүт. Нохто туран, онуоха, бу иһиттэн улахан тойоттор аһыыллара табыгаһа суох диэбит. Кини аара суолга улаханнык ыалдьан тиийбит. Ону муҥур тойон өйдөөтөҕө буолуо, аһаппыт иһитин былдьаспатах.
Ол оннугар сүрэхтэнэҕит дуо, диэн ыйыттарбыт. Маһары уонна Тирэх аккаастаммыттар. Нохто Ньычыкын сөбүлэммит. Никон диэн ааты иҥэрбиттэр. Патриарх Никон аата буолуон сөп диир итини Григорий Попов.
Нохтону бэйэтин улууһугар тойон гына анаабыт. Ыраахтааҕы эбиитин кэһиилээбит. Сыл аайы саха олоҕун-дьаһаҕын миэхэ биллэрэ тур диэн соруйбут.
Нохтолоох ыраахтааҕыттан тахсаат, тохсунньу 3 күнүгэр 1677 сыллаахха киэҥ ис хоһоонноох эбии көрдөһүү түһэрэллэр. Бу быһаарылларын күүтэ Киһикэй Сахаһыт хаалар. Нохто ыарыыта бэргээн, дьоно төттөрү дойдулуур. Историк С.А. Токарев 1940 сыллааҕы чинчийиитинэн, Нохто Нычыкын тохсунньу 8 чыыһылатыгар 1677 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Маһарылаах киһилэрин өлүгүн уоттууллар. Күлүн мөһөөччүккэ хаалаан, салгыы айанныыллар.
Киһикэй Сахаһыт соҕотоҕун Москваҕа хаалбыт. Былааһы кытта кини салгыы хайдах-туох кэпсэппитэ биллибэт. Олунньу 9 чыыһылатыгар Федор Алексеевич анал ыйааҕа тахсар. Чугастааҕы улуус тойотторун кытта Саха сирин воеводата ыкса сибээстээхтик үлэлиирин, ыраах улуустарга дьаһаах хомуйааччылар нэһилиэк баһылыктарын көмөҕө ылалларын модьуйар. Бу ыйаах тахсар кэмигэр Киһикэй Сахаһыт нуучча итэҕэлигэр сүрэхтэнэр, Леонтий Львов диэн аатынан. Эбиитин боярин солото сололонор. Манан сылыктаатахха, саха дьонун инники дьылҕатын быһаарар аан бастакы ыйаах тахсыыта, Нохто Ньычыкын, Киһикэй Сахаһыт православияны ылыныыларын кытта ситимнээх эбит. Кинилэр итинник гыныылара ыйаах тахсарын түргэтэппит буолуон сөп.
Бу да иһин саха дьоно мэлдьи даҕаны Киһикэй Сахаһыт ыччатыгар ураты истиҥ сыһыаннааҕа. Маны бэйэтин ахтыытыгар Афанасий Уваровскай ордук тоһоҕолоон этэр.
1705 сыллаахха боярин солото Киһикэй улахан уолугар Иваҥҥа ананар. Ити сылга Киһикэй Сахаһыт өлбүт буолуон сөп.
2. Ийэ таптала
Киһикэй иккис уола Михаил. Киниттэн төрөөбүт Егор Михайлович Кисикеев буолар. Егор үс кыыстаммыт - Екатерина, Парасковья, Матрена.
Балартан улаханнара Екатерина Егоровна Кисикеева (1744-1814) нуучча исправнигар, капитан Яков Михайлович Уваровскайга кэргэн тахсар.
Парасковья Егоровна Кисикеева эрин араспаанньатынан Старостина. Бу, арааһа, 1769-1771 сылларга воеводалыы сылдьыбыт саха дворянина Иван Степанович Старостин кэргэнэ буолуон сөп.
Оттон кыра кыыс Матрена, кэргэнинэн Попова. Таҥара дьиэтин үлэһитэ протоиерей Попов ойоҕо.
Екатерина Егоровна уонна Яков Михайлович Уваровскай (1732-1804) бастаан утаа Дьокуускайга олорбуттар. Ити былаһын тухары оҕо-уруу кыайан турбатах, төннөн испит. Яков Михайловиһы исправнигынан Эдьигээҥҥэ аныыллар. Онно тоҕус сыл дьиэтийэллэр. Оччотооҕу төрөөбүт оҕолортон Афанасий тыыннаах орпут. 13 ыччаттан суос-соҕотох кини.
1803 сыл бүтүүтэ, үҥсүү-хассыы түмүгэр, Яков Уваровскайы үлэтиттэн уураталлар. Дьиэ кэргэн төттөрү Дьокуускайдыыр - Тулагыга. Манна бэйэлэрин бас билэр сирдэрэ-уоттара, Екатерина Егоровна төрөппүттэрэ баара. Кэлэн саҥардыы олохсуйуохча гынан истэхтэринэ , ыал аҕата Яков Михайлович соһуччу өлөр. Тута тулаайахсыйа түһэллэр. Хаһаайыстыба бүүс-бүтүннүү Екатерина Егоровна моонньугар сүктэриллэр.
Биэс сыл устата чиккэччи тэбэн, сүтэ-оһо сыспыт сирин, сүөһүтүн чөлүгэр түһэрэр. Син бөҕөргүү быһыытыйаллар.
Егор Михайлович Кисикеев оҕонньор төһө да кырыйдар дьиэҕэ таах сыппат, сиэнэ уолу дьарыктыыр. Сахаһыт үгэһигэр үөрэтэр. Ааҕарга-суруйарга. Быһатын эттэххэ, муудараска. Инньэ гынан, Афанасий таҥара үөрэҕин кинигэтин иҥнигэһэ суох ааҕан барбыта. Ийэтэ итинтэн ыла, Афанасийы куоракка манастыыр оскуолатыгар үөрэттэрэри толкуйдуур. Тоҕо диэтэххэ, балтын Парасковья кэргэнэ протоиерей, церковь биир тутаах салайааччыта. Маны таһынан боярин ыччатын хайаатар да үөрэттэрии ирдэнэрэ, онон ити кыаллар кыахтааҕа.
Манастыыр оскуолата арыллыытыгар Тыгын сыдьаана, Хаҥалас улууһун кинээһэ Илья Шадрин өҥөтө сүҥкэн. Кини 1799 сыллаахха Санкт-Петербурга тиийэн ону туруорсубута. Ытык Синод өйөөн, император Павел 1 "Об учреждении семинарий в епархиях для священно и церковно служительских детей" диэн уурааҕар олоҕуран, көҥүллээбитэ.
1801 сыл тохсунньу 1 күнүгэр Спасскайдааҕы манастыыр иһигэр оскуола арыллыбыта.
Афанасий бу оскуолаҕа төһө өр үөрэммитин уонна биитэр үөрэммэтэҕин туһунан суруйуу суох. Кини бэйэтин ахтыытыгар үөрэҕи тохтоппутун туһунан этэн аһарар. Ол тохтоппут төрүөтэ - ийэтигэр көмөлөһөөрү.
Екатерина Егоровна оҕотун куоракка олохсутаары, Тулагыттан дьиэтин көһөртөрбүт. Быһа барыллаан 1810 сыл диэки. Афанасий итиниэхэ илии-атах буоллаҕа дии. Түбүктэрэ бүтэн, дьэ һуу гынан истэхтэринэ, Екатерина Егоровна 1812 сыллаахха улаханнык ыалдьар. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолан хаалар. Онон хайыай, Афоня үлэ көрдүүр аакка түһэр. Манна, биллэн турар, ийэтин балыстара дьайбыттара чахчы. Кинилэр көмөлөрүнэн, кэнсэлээрийэҕэ докумуону хос устар үлэҕэ киирэр. Итиниэхэ эһэтин үөрэҕэ олуһун абырыыр. Уолу сурукка тургутуу күүскэ барбыта. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри араас кумааҕыны хос-хос төттөрү-таары суруйуу сылаалаах этэ.
Сууккаҕа уон сэттэ чаас босхо кэриэтэ үлэлиир. Ыйдааҕы хамнаһын сыыһа сүүс алтан харчы. Биирдэ эмэ икки сүүһү дук гыннахтарына, таҥараҕа махтал! Аны түүн аайы ийэтин ыарыылыыр.
1814 сыл саҕаланыытыгар суруксут көмөлөһөөччүтэ буолбута. Кэнсэлээрийэҕэ ылаллар. Оччолорго уобалас салайааччыта Иван Григорьевич Кардашевскай 1800 сылга диэри кини Үөһээ Бүлүүтээҕи
комиссарствоҕа үлэлии сылдьыбыт киһи. Онон олохтоох дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннааҕа.
Екатерина Егоровна оҕотуттан олус үөрэр. Улаатан киһи буолла диэн.
Афанасий ийэтиттэн ордук күндү киһини күн сиригэр билбэтэх-көрбөтөх. Ити сыл күһүнүгэр 14 саастаах Афоня тоҕус суукка түүннэри - күннэри ийэтин ыарыылаан, тиһэх суолугар атаарбыта.
3. Дурда-хахха дьон
Тулаайах уолу нөҥүө сыл канцелярист оҥороллор. Уобалас начальнига Михаил Иванович Миницкэй кэмигэр солотун эбии үрдэтэллэр. Коллежскай регистраторга тиийэ. Суруксуттарга салайааччы быһыытынан, алта остуолланар.
1822 сыллаахха уобалас саҥа тойоно Дмитрий Яковлевич Рудаков кыһамньылаах үлэһити бэйэтин тус кэнсэлээрийэтигэр ылар, губерниятааҕы сэкэрэтээринэн. Итинтэн ыла Афанасийы аттыттан араарбатаҕа. Өлүөр диэри икки сыл устата, оҕотун курдук, көрө-харайа сылдьыбыта.
Дмитрий Яковлевич Рудаков уонна куорат баһылыга Мордвинов бэйэлэрин кэмигэр эргэ остуруок маһынан кулууп туттарбыттара. Итиннэ 1824 сыллаахха А.О. Аблесимов пьесатынан «Мельник — колдун, обманщик и сват» диэн музыкальнай комедияны туруорбуттара.
Бу үөрүүлээх түгэн саҕана губернатор Рудаков алтынньыга өлөр. Дьэ ити иһин, нөнүө сыл Уваровскай дьиэтин атыылаан, Иркутскайга барар. Итиннэ губернатор кэнсэлээрийэтигэр сылтан ордук үлэлиир. Ол эрээри атын сиргэ көһөр былааннааҕа. Оннук саныы сырыттаҕына, Саха уобалаһыгар салайааччынан Николай Ивановия Мягков ананар. Иркутскайдааҕы кэнсэлээрийэҕэ саха киһитэ баарын истээт, Уваровскайы төттөрү Дьокуускайга аҕалар, коллежскай сэкэрэтээринэн.
Николай Иванович Мягков 1826 сылтан 1831 диэри уобалаһы наһаа табан салайбыта. Кини кэллэ кэлээт, Степной дума тэриллиитин көҕүлүүр. Быһатын эттэххэ, олохтоох бэйэни салайыныыны саҕалыыр. Маны нэһилиэнньэ түргэнник ылыммыта.
«... алта, сэттэ сылы олорбут... устатын саха дьолунан аахпыта», диэн Афанасий Яковлевич махтана ахтан турардаах.
Мягков салайар кэмигэр декабристары Саха сиригэр дьиэ көскө аҕалтаабыттара. Дьокуускай куоракка Кондратий Рылеев уонна Александр Пушкин доҕордорун, «Полярная звезда» альманаҕы бэчээттээбит Александр
Бестужев-Марлинскайы үөрэ көрсөллөр. Мягков тэрийбит биэчэригэр Афанасий Уваровскай дьиэ көскө кэлбит декабристыын билсэр.
4. Буруйданыы
Уобалас начальнигын Мягкову үлэтиттэн ууратар буолбуттара. Онон кини тулатынааҕы дьону барытын сэлиэстийэҕэ ылаллар. Афанасий Уваровскайы тутан хаайаллар. Былааска үлэлиир бырааба суутунан быһыллар.
5. Наукаҕа киллэрбит кылаата
Санкт-Петербурга тиийбитигэр, кинини айанньыт, учуонай Александр Миддендорф ирдээн булар. Миддендорф 1842-1845 сылларга Сибиирдээҕи экспедицияны салайбыта. Саха сиригэр эмиэ таарыйбыта. Онон хоту дойдуну билэр, Охотскайга элбэхтик айаннаабыт киһи баарын истээт, сэргиир. Экспедиция сорох матырыйаалларын чопчулуурга Уваровскайы көмөлөһүннэрээри. Ити курдук, Санкт-Петербурга саха киһитэ баарын учуонай эйгэ истэ охсор.
Отто Николаевич Бетлингк 1846 сыллаахха кулун тутарга Уваровскайга дьиэтигэр кэлбитэ, саха тылын үөрэтэрбэр көмөлөс диэн. Кинилэр сэттэ ый устата бииргэ үлэлииллэр. Уваровскай суруйбут ахтыытын, олоҥхотун, финскэй рунатын, таабырыннары Бетлингк бэчээккэ биэрэр. Бу барыта 1848 сыллааҕы «Сибиир хотугу уонна илиҥҥи өртүгэр айаннааһын» диэн немецтии тахсыбыт кинигэҕэ киирбитэ, Александр Миддендорф научнай үлэтигэр.
1861 сыллаахха «Новый журнал путешествий» диэн Парижка тахсар сурунаалга, ахтыылартан быһа тардыы, «Путешествие в страну якутов» диэн төбөлөөх французтуу бэчээттэммитэ.
Оттон О.Н.Бетлингк «О языке якутов» диэн үс томнаах научнай үлэни 1849-1851 сылларга бэчээтэппитэ.
Киһикэй Сахалкин сыдьаана, саха туһугар өйдүүн-сүрэхтиин быһаччы бэриниилээх Афанасий Яковлевич Уваровскай итинник чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта.
А.Павлов-Дабыл.
|