Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ахсынньы » 14 » Тус хоту, тус хоту – мин дойдум...
Тус хоту, тус хоту – мин дойдум...
11:28

Тус хоту, тус хоту – мин дойдум...

Василий Дарбасов

Биллэрин курдук Арассыыйаҕа эрэгийиэннэри бөдөҥсүтүү бырайыага 2003 сылтан саҕаланан баран түмүктэнэр кэмэ-кэрдиитэ чугаһаан иһэрэ кими баҕарар долгутар. Бөдөҥсүтүү бастакы этааба ыытылларыгар кыра кээмэйдээх, дьоҕус экэниэмикэлээх, ыаллыы сытар уобаластарга автономнай уокуруктары кытта холбооһун соччо “тыаһа-ууһа” суох ыытыллыбыта. Чукоткаҕа коряктары холбообуттара. Балайда күүстээх утарсыыны бүрээттэр Уус Ордууну уонна Иркутскайга Агинскай-Бурятскай автономнай уокуругу Забайкалье кыраайыгар холбооһуну утары уопсастыба араас бэрэстэбиитэллэрэ пикиэттээн, Кириэмилгэ тиийэ суруйан көрбүттэрин, истибэккэ күүс өттүнэн кэриэтэ холбообуттара.

Билигин ол дойдулары холбообуттара уонтан тахса сыл ааспытын кэннэ “эрэннэрбит сайдыыгыт ситиһиллибэтэ” дииллэрин былаастар кумаардаан да көрбөт үһүлэр. Хата ол оннугар мөлүйүөнүнэн гектар сирдэрин Кытайга 49 сылга арендалаан алдьаттаран кээһэттэрэн эрэллэр. Холбоһууну хапкаас эрэгийиэнэ күүскэ утарар, сөбүлээбэт. Аны Украина, Крым кыһалҕалара, саансыйалар ити полиитикэттэн аралдьыталлар. Сэрии буолар куттала эмиэ суох буолбатах...

Арассыыйаҕа ити бэлиитикэни ыытарга сүнньүнэн икки дуу, үс дуу бырайыак баар курдук, бастакыта В. Жириновскай этиитинэн Арассыыйаны 30 эрэгийиэҥҥэ, биэстии мөлүйүөн киһилээх гына холботолуурга. Иккиһэ 14 макроэрэгийиэҥҥэ диэри дөксө бөдөҥсүтэргэ, онуоха сүрүн идиэйэнэн «Социально-экономическай сайдыытынан бөдөҥ, күүстээх эрэгийиэҥҥэ мөлтөхтөрү сыһыарарга” диэн буолар. Сураҕа онуоха “Хотугулуу-Илиҥҥи” макрорэрэгийиэҥҥэ Саха сирин Магаданы, Камчатканы, Чукотканы кытта холбуур соруктаахтар, эбэтэр Уһун Илин уон эрэгийиэҥҥэ киллэрэн төрүт симэлитэр былааннаахтар. Ол эбэтэр национальнай өрөспүүбүлүкэлэри суох оҥортууллар. Итинэн сибээстээн атыттарга аралдьыйбакка ити барыйаан саха сиригэр олохтонуута төһө оруннааҕый? Өрөспүүбүлүкэбит статуһун хайдах көмүскүүбүтүй? Биһиги култуурабытын, итэҕэлбитин, тылбытын-өспүтүн туох күүтэрий?

Кылгастык ааспыт устуоруйабытын ырытан көрдөххө “Хотугулуу-Илиҥҥи эрэгийиэн” үөскээһинэ дириҥ силистээх-мутуктаах. Ону 17-18 үйэлэргэ ыытыллыбыт научнай экэспэдииссийэлэр түмүктэрэ, маҥнайгы атыы-эргиэн үүнэн-сайдан иһиитэ, онтон саалаах-саадахтаах остуруоктары туруортуур казактар кэлиилэрэ дакаастыырын туһунан устуоруйа билимин дуоктара, акадьыамык В.Н. Иванов сиһилии үөрэппитэ. Ол курдук Саха Сирэ 1708 с. Сибиир губерниятыгар, 1764 с. Камчатканы кытта бииргэ Иркутскай губерниятыгар, онтон 1851 с. Охотскай кыраайа Дьокуускай уобалаһыгар киирсибитэ. Онон үс сүүсчэкэ сыл араас кэрдиистээх элбэх холбооһуннар, арахсыылар,

уларыйыылар түмүктэригэр “Хотугулуу-Илин” диэн туспа уустук айылҕалаах-килиимэттээх, куһаҕан суоллаах-иистээх, тиэхиньикэ-технология сайдыбатах, аҕыйах киһилээх-сүөһүлээх туспа эрэгийиэн үөскээбитэ. Онуоха эбии сэбиэскэй былаас кэмигэр 1930 с. Корякскай уонна Чукотскай национальнай уокуруктар тэриллибиттэрэ. Аны 1953 с. туспа административнай территориялаах Магадан уобалаһа бу эрэгийиэҥҥэ киирбитэ. Сэрии кэнниттэн бу эрэгийиэҥҥэ дьону соҕурууттан бырамыысыланнаска угуйан аҕалыы түмүгэр социальной-экономическай сайдыы балайда күүһүрбүтэ.

Саха атыыһыттара П.А. Кушнарев, Г.В. Никииппэрэп, Н.Д. Эверстов, Т.И. Лепчиков, М.А. Баасап, Лааһараптар, Ф.В. Астараханцев, И.П. Антипин, Н.О. Кырбаһаанкын, Росторгуев курдуктар XVIII-XIX үйэлэргэ Магадан, Охуотскай уобаластарынан Камчатка, Чукуотка тумул арыыларыгар тиийэ этинэн, арыынан, көмүһүнэн, сэлии муоһунан, түүлээҕинэн эргиниини күүскэ сайыннарбыттара. Дөксө сорох сирдэринэн дьоҕус маҕаһыыннары, кустарнай лааппылары аспыттара. Кэлин тимир уһаарыытын баһылаан саха быһаҕын, ол-бу туттар сэби-сэбиргэли атыылааһыны саҕалаабыттара. Оччолорго Өлүөнэ Остуолбаларын чугаһыгар Буотамаҕа “Тамма” диэн тимири уһаарар собуот үлэлээбитэ, Дьааҥы хайаларыгар “Энгибал” диэн сибиньиэс хостуур собуот арыллан доруоп сааҕа буулдьа оҥоһуута тэриллибитэ. Ити собуоттар бородууксуйалара XVIII үйэҕэ Витус Беринг салайааччылаах бастакы уонна иккис Камчаткатааҕы экспэдииссийэни тэрийиигэ улахан тирэх, төһүү буолбуттара. Саха атыыһыттара Айаанынан Охуотскай муораҕа тахсан чэй, бурдук, табаах, туус, таҥас-сап, ол-бу киэргэл, саа-саадах атыылаһан кэлэллэрэ. Сылга иккитэ ыытыллар атыы-эргиэн дьаарбанкаларыгар актыыбынайдык кытталлара, онон эргиэҥҥэ, култуураҕа, экэниэмикэҕэ сибээс дириҥээн, сайдан испитэ. Кылгастык түмүк оҥордоххо устуоруйа кэпсииринэн ыаллыы хоту эрэгийиэннэрбитин кытта адьас биир дьылҕалаахпыт кыһалҕалаахпыт арыллар. Суолбут-ииспит сибээспит чугастара арылхайдык көстөр.

 

Эрэгийиэҥҥэ балаһыанньа хайдаҕый?

 

XX үйэҕэ “Хотугулуу-Илиҥҥи” эрэгийиэҥҥэ норуот хаһаайыстыбатын бары салаалар кэриэтэ сайдыы туругар тахсыбыттара. Ордук чуолан 60-с сылларга хайа бырамыысыланнаһа сайдан көмүс, хорҕолдьун, алмаас, чох, айылҕа гааһын хостооһуҥҥа Саха сирэ, Магадан уонна Чукотка дойдуга бастыҥнар ахсааннарыгар тахсыбыттара. Онуоха эбии Саха сирэ алмаас, сурьма, сүлүүдэ хостооһунугар сэбиэскэй сойуус киинигэр кубулуйбутара. Итини сэргэ эрэгийиэн электроэнергиэтикэҕэ күүһэ бөҕөргөөбүтэ. Ол курдук Аркагалинскайдааҕы, Нерюнгритааҕы, Дьокуускайдааҕы ГРЭС – тэр; Бүлүү уонна

Халыма Гэстэрэ; Магадан, Камчатка уонна Анадырь ТЭЦ-тэрэ о.д.а энэргиэтикэҕэ тутуулар эрэгийиэннэри бииргэ ситимнээбиттэрэ.

Хотугулуу-Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ билэрбит курдук үгэс буолбут салааларбыт, аҕыйах ахсааннаах норуоттарбыт, таба, булт уонна балык хаһаайыстыбаларын тэҥэ сахалар бэйэбит сайыннарбыт ынах, сылгы сүөһүбүтүн хоту эргимтэҕэ сир оҥоһуутун тэниппит өҥөлөөхпүт. Онон аан дойдуга ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарбыт сүҥкэн үтүөлээхпит. Ааспыт үйэ 70-с, 80-с сылларыттан саҕалаан таһаҕаһы тиэйэргэ суолу-ииһи, дьиэни-уоту тупсараары тутуу эйгэтэ балайда сайдыбыта. Өрүс уонна муора пуортара, тимир суол тутуута, салгынынан айаннааһыҥҥа хамсааһын барбыта, онон эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта ситимнэнэн барбыта. Ол биһиги былыргыттан быстыспат сибээспит туоһута этэ. Аны ырыынакка киириэх иннинэ нэһилиэнньэ ахсаана хайдах туруктааҕай? Оччолорго 1989 с. нэһилиэнньэ уопсай ахсаана 2161,5 тыһ. киһи, ол иһиттэн төрүт олохтооҕо 427,7 тыһ. киһи, (19,8%). Ол эбэтэр нуучча ахсаана 1360,2 тыһ. киһи (62,3%) украинецтар – 208,8 тыһ. киһи (9,6%). Территорияҕа киһи ахсаана 1 км² 0,45 киһи. Уопсай нэһилиэнньэ ахсааныттан эрэгийиэннэринэн ыллахха Саха сиригэр – 50,6%. Камчаткаҕа – 21,8%, Магадаҥҥа - 18,2%, Чукоткаҕа – 7,6%, Коряктарга – 1,8% тиксэрэ. Сыыппаралартан анаардааха Саха сирэ өрүү бастакы миэстэҕэ сылдьара көстөр. Онуоха эбии бырамыысыланнай бородууксуйаны оҥоруу, таһаҕаһы тиэйии-таһыы, сүрүн пуондалар кээмэйдэрэ, хапытаалы угууну инбэстииссийэлээһин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биһиги өрүү инники күөҥҥэ иһэрбит бэлиэтэнэр. Ол гынан баран бу Хотугулуу Илиҥҥи эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы үгүс көрүннэригэр, ордук дьон дьиэ-уот өттүнэн хааччыллыытыгар, олох-дьаһах уйгутун туругар, киһи үйэтин орто кээмэйин тэҥээһиҥҥэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн намыһах таһымҥа турара дьиксиннэрэр! Онон ити хайысхаларга түмсүүнү күүһүрдэн туруорсуулаах, дьүккүөрдээх, утумнаах үлэ ыытыллара эрэйиллэр.

 

Ханнык түмүгү оҥостобутуй?

 

Бастакытынан, “Хотугулуу-Илиҥҥи макроэрэгийиэн” туһунан нэһилиэнньэҕэ киэҥник, сөптөөхтүк ырытыллыбыт өйдөбүлү тиэрдэр наада. Онуоха интэллигиэнсийэ өттүттэн араас идэлээх исписэлиистэр, учуонайдар, дьокутааттар, кыраайы үөрэтээччилэр санааларын истиэххэ наада. Сорохтор билиҥҥиттэн “Ингуштар сирдэрин биэрбэккэ өрө турбуттар”, “Бүрээттэр холбоһоннор ночоотурбуттар” үһү диэн бэлиитикэни соҥнуулларын ырытан, ыйааһыннаан, ырыҥалаан көрүөхтээхпит. Түмүгэр национальнай

өрөспүүбүлүкэ буолан ойдом хаалабыт дуу, эбэтэр, атын ханнык эрэ эрэгийиэни кытта холбоһобут дуу? Ону биһиги хайдах ситиһэбит? Мин санаабар ити бэлиитикэни Саха норуотун кэнгириэһин бэлэмниир быыһык кэмҥэ ырытыһан, дьүүллэһэн биир түмүккэ кэлиэхтээхпит. Билигин Уһук Илин 2035 сылга диэри сайдыытыгар «улахан национальнай бырайыак» бэлэмнэниллэ сылдьар. Онно этиилэри хомуйаллар.

Иккиһинэн, эригийиэннэр кыахтарын ырытыыга көстөрүнэн Саха сирэ Магадан, Камчатка, Чукотка субъектарыттан нэһилиэнньэтин ахсаанынан, сирэ-уота киэҥинэн, хостонор баайа элбэҕинэн, араас салаалар дьүөрэһэн баалларынан инники күөҥҥэ сылдьар. Онон холбоһор түгэҥҥэ биһиги губернияҕа быһаарар, киин, сүрүнүүр оруолу ылыахпытын сөп. Аны баһылыгы талар дуу, аныыр дуу түгэҥҥэ билиҥҥи Ил Дархаммыт эриэйтиҥэ үрдүк, эдэр, кыахтаах, онон хайа баҕарар губернияны салайар кыахтаах. Түмүгэр киининэн бигэргэнэр консолидированнай бүдьүөт үбүлээһинингэр балайда обургутук өлүүлэһиэ этибит, үөрэхтээһиҥҥэ, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ социальнай сайдыыга лаппа кыаҕырыахпытын сөп.

Үсүһүнэн, омук быһыытынан симэлийбэт туһугар холбоспут эрэгийиэҥҥэ статуспутун, ааппытын-суолбутун хайдах хаалларабыт? Ол туһунан эрдэтинэ санаа атастаһыыта, киэҥ-куоҥ анаарыы наада. Онуоха устуоруктарбыт, тыл үөрэхтээхтэрэ, этнографтар, кыраайы үөрэтээччилэр кыттыһаллара сөп этэ. Сүнньүнэн сахалар бу чэҥ-муус, тымныы-тыйыс дойдуну баһылаабыппытыгар дьылҕа-хааммыт сирдээбитэ буолуо. Улуу Өксөкүлээх бэйэтэ “Интэллигиэнсийэҕэ суругар” ону тоһоҕолоон бэлиэтээн сэрэтэн турардаах: … «Мин саныырбар, туох-ханнык иннинэ хайаатар да интеллигеннэр съездтэрэ уонна биирдиилээн суруйсуулара наада. Онтон салгыы, биллэн турар, нэһилиэктэр, улуустар съезтэрэ, тойоттордуун кэпсэтиилэр, норуокка өйдөтүү-быһаарыы... ыытыллыахтаахтар». Ол ону ырыа тыллара да олус дьэҥкэтик кэрэһэлииллэр:

 

“... Тус хоту, тус хоту мин дойдум,

Тус хоту, тус хоту мин дьолум,

Мин дьолум, тапталым уйата,

Мин дьолум, тапталым иэйиитэ...”

 

Василий Дарбасов, РНА Дьокуускайдааҕы киинин

сүрүннүүр сотруднига, бэрэпиэссэр

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1167 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024