Саатар баары сатаан, эрэллээхтик туһаныаҕыҥ
Промышленность Министерствота Газификация Программатын оҥороругар үөс газопровод (магистральнай газопровод – МГ) туругун уонна газификация (дьиэ-уот, гаражтар, котельнайдар) хаамыытын ырытан суруйаллар. Онно бастакы үөс газопровод Мастаах–Бэргэ–Якутскай (I ситим) элэйиитэ 100%, II ситим – 65% диэн ыйыллыбыта балай да буолла.
Үрдүк хаачыстыбалаахтык, бырайыактары кытаанахтык тутуһан оҥоһуллубут газопровод нефтепроводка тэҥнээтэххэ эрэллээх буолуохтаах. Газопровод иһигэр баттааһыҥҥа ыгыллар айылҕа гааһа убаҕас неби кытта тэҥнээтэххэ куттала кыра. Нефтепровод ноҕурууската элбэхтик уларыйа (циклическэй) турар буолан үлэлэтэргэ (эксплуатация) уустук. Биһиги газопроводпытын бөҕөтө (уонна өссө уйуга дэнэрэ дуу), нууччалаатахха коэффициент запаса прочности үрдүк дииллэр этэ ученайдар (холобур Хоту физико-техническэй проблемалар институттара – ИФТПС, Якутскай).
Турбаны, эбэтэр атын конструкциялары (көтөҕөр кырааннар, элбэх этээстээх дьиэлэргэ лифт тростара уо.д.а.) собуот усулуобуйатыгар ноҕуруускалаан бөҕөтүн, уйугун тургутан, бэрэбиэркэлээн көрөн суоттаммыт (расчетнай) ноҕуруускаттан үрдүк буоллаҕына коэффициент запаса прочности тахсан кэлиэхтээх. Ол төһөнөн үрдүк да конструкциялар эрэллээх буолаллар. Холобур, көтөҕөр кырааннар саппаастара 4-6, лифт тростарын саппаастара 10 тиийиэн сөп. Оҥорор собуот туһанар (эксплуатациялыыр) ыйбыт срогун (кэмин) аһарар кутталлаах. Холобур, магистральнай газопроводтар 25-35 сыл үлэлээтэхтэринэ, ити кэмин, эрэллээхтик үлэлиэххин баҕардаххына, аһарбат ордук. Биһиги МГ-быт 50 сыл үлэлээн кэллилэр. 80 сыллардаахха (ааспыт үйэ) “Якутгазпромҥа” Москватааҕы Бүтүн Союзтааҕы научнай, чинчийэр институт этэринэн МГ дьэбиннириитэ (коррозия), оннооҕор дьөлө сиир коррозията бытаан диэн турар. Онон сорох сиринэн саппаас баар курдук да кэмин аһара үлэлээбит газопроводка куттал баар. Советскай былаас саҕана олохтоох институттар: Институт физико-технических проблем Севера (Хоту физико-техническай проблемаларын института) уонна институт Мерзлотоведения (Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт) “Якутгазпром” МГ-гар анаан үлэ бөҕө оҥорбуттара.
Онон 70-80 сс. Москва ВНИИПромгаз диэн института Якутскай таһынан сир анныгар айылҕа гааһын хачайдаан кыһыҥҥы ыйдарга газопроводка ноҕуруусканы кыччатан гааһынан хааччыйыы эрэлин үрдэтэн биэрэргэ диэн этии киллэрэн үлэлэри оҥорбута “Якутгазпромҥа”.
Билигин Кыһыл Сыыр (Орто Бүлүү гаас уонна конденсат (бензин, солярка курдук убаҕас) хостонор сирэ, нууччалыыта Средневилюйское газоконденсатное месторождение диэн) – Мастаах (Кэбээйи) магистральнай газопровод, 80 тахса км уһуннаах бырайыага бэлэм. Ол тутуллара буоллар III МГ ситимэ толору үлэлээн киирэн барыа этэ. Оччоҕо арыый холкутуо этибит. Туруктарыттан көрөн I уонна II ситимнэри диагностика оҥорон (прибордарынан чинчийэн) салгыы тугу оҥорорго былааннанан өрөмүөннүүр үлэҕэ тиийэ тэринэн үлэ барара буолуо этэ уһаппакка-кэҥэппэккэ эрэ. Харчы суох диибит, уонна Сургутнефтегазтан, Газпромтан туһалаах сир баайын хостуурга нолуоктарын кыайан ылбаппыт. 2005 с. дуу (чуолкай сылын өйдөөбөппүн) “Метапроцесс” компания генеральнай директэрэ Кирилл Лятс “Россияҕа бэйэ-бэйэбитин мэһэйдэһэн, сиэһэн тахсабыт” диэн этэн турар. Улахан компаниялар хас киирбит регионнарыттан нолуокка уйгуота көрдүүллэр. Регионнар (Тюмень, Красноярскай, Иркутскай уобаластар, кыраайдар, Саха сирэ) экономически “кыаналлара бэрт” буолан “тиийбэт-түгэммэт дьадаҥы” компанияларга көмөлөһөллөр быһыылаах. Ол иһин туох да тендерэ (конкурса) суох сирбит баайын туран биэрэбит “кыаммат-түгэммэт” компанияларга.
Онтон биһиэхэ оннооҕор стратегическай суолталаах объектарга өрөмүөҥҥэ, капитальнай тутууларга харчы суох. Сургутнефтегаз Талакааннааҕы нефть сирин ыларыгар тендергэ биэрбит харчытын туһанан газификацияҕа (Программа сүнньүнэн), атын сылларга тэҥнээтэххэ, саамай элбэх үлэ оҥоһуллубута. Аны баар-суох базовай Орто Бүлүү (Бүлүү улууһун уҥа, хаҥас биэрэктэрин Кыһыл Сыыр тула тайаабыт месторождениета “Саха сиринээҕи оттук, энергетика тэрилтэтэ” буолан омуктар бас билиилэригэр саарбах баҕайытык киирдэ. Биһиэхэ төннөрө буоллар бэрт буолуо этэ. Сайынын үөс турба (МГ) 30% эрэ үлэлиир. Үөс турба (I, II ситим) туруга эрэлэ суох. Бастакы ситим (I) диагностическай чинчийии кэнниттэн, кытаанах хонтуруол баара, быраабылалар, сокуоннар үлэлииллэрэ буоллар сабыллыан да сөп курдук. Өскөтүн Орто Бүлүү гаастаах сирэ аҥардас Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Нам, Горнай, Хаҥалас, Илин Эҥэр уонна Якутскай куорат эрэ энергетическай кыһалҕатын хааччыйара буоллар икки кэнники ситим аһарар кыамтата сөп оҥоруо эбитэ буолуо. Якутскайтан Лена өрүһү туоруур газопроводтарга дылы өссө биир газопровод наада. Хайаан да, газификацияны да тохтотон, III ситими (Орто Бүлүү (Кыһыл Сыыртан) – Мастаах) тардан баран I ситимин тохтотон, ороон сиртэн 5-6 м бысталаан убаҕас пропан-бутан гааһы хаалаан резервуар курдук сытыары көмөн 1-2 ыалы (газопровод тиийбэт сиригэр) газификацияҕа туттуохха сөп эбит. 1995 с. “Ленагаз” (сии иликтэринэ) Амма
Сулгаччытыгар 40 м дириҥҥэ ирбэт тоҥу сайын уунан суурайан груша курдук формалаах резервуар оҥорон, убаҕас пропан-бутан сүөкээн ыраах сытар дэриэбинэлэри гааһынан хааччыйар технико-экономическэй суоттааһын оҥорон Правительстваҕа түһэрбиппит. Постановление (Уураах) 1997 с. тахсыбыта. Харчы суох аатырбыта. Оччотооҕу сыананан 5 мөл. солк. буолуохтаах этэ. Онон Илин Эҥэргэ газохимическэй комплекс тутуллара (сотору Орто Бүлүү кыайан хааччыйбат турукка киириэ) сыыһа.
Газохимическэй комплекска харчы көрдүөх кэриэтин, инфляция, кризис баран иһэринэн сибээстээн, чааһынай дьоннор, муниципальнай тэрилтэлэр тракторы, массыынаны ыгыллыбыт, убаҕас айылҕа гааһыгар көһөрөн балаһыанньаны чэпчэтэр буоллар, 1 литр бензин, дизтопливо 1-1,2 м3 айылҕа гааһыгар тэҥнэһэр. Сыаналарын тэҥнээн көрүҥ. РФ өртүттэн протоколлар, уураахтар бөҕө таҕыстылар. Олор этэллэринэн субсидия көрүллүөхтээх. Оннооҕор сайдыылаах государстваларга уйгуота бөҕө көрүллэр гааска көһөөччүлэргэ. 20 сыллааҕыта Аргентина 1 мөл. ордук массыынаны ыгыллыбыт гааска көһөрбүтэ. Сэниир Пакистаммыт 1 мөл. быдан тахса транспоры эмиэ ЫАГ көһөрдө.
Билигин Кытай аан дойдуга 5-6 государстваны куотан, бастаан иһэр. “Сахаметан” ЫАГ техниканы көһөрбүтэ 10 тахса сыл буолла. Чульман таһынааҕы электростанцияны УАГ Аллараа Бэстээхтэн таһан хааччыйбыта 2 сыл буолла. Дакаастанна. Өссө туох нааданый? Арай быыбар иннинэ “В России важен каждый” диэн агитационнай кумааҕыны дьиэ, автобус истиэнэтигэр сыһыараллар. Куттанарбыт оччо дуу? Чыҥыс Хаан этэн турар: Боишься – не начинай. Начал – не бойся. Онон хас да сүүс сыл олоро сылдьыбыт киһи эппитэ сөп курдук. Саҕалыахха наада. “Ленагаз” 2002, 2005 сс. убаҕас айылҕа гааһын (убаҕас метан) үлэлэри институту кытта кыттыһан үлэ оҥорбута. 2006 с.
“Стройсельгазификацияҕа” Саха сирин промышленноһын Министиэристибэтэ бырайыактыыр үлэни оҥоруҥ диэн сорудахтаабыта. Туох да суох. Ууга тааһы бырахпыт курдук мэлийдэ. УАГ гааһын газификацияҕа туттар буоллар нэһилиэнньэҕэ, тэрилтэҕэ гаас төлөбүрэ улаатыа суох этэ. Бу биһиги тугу сатыыр, кыайар дьоммутуй? Тоҕо сүрэй.
Биһиги көлүөнэ диэн буолара дуу, билигин үлэлии сылдьар эдэр дьоҥҥо мөлтөх газовай хаһаайыстыбаны хааллардыбыт. Туох эмэ авария дуу, уустук балаһыанньа дуу таҕыстаҕына, эдэр дьону түүрэйдээһин саҕаланыан сөп. Мин санаабар – түргэнник (оперативнайдык) үлэлиир буоллулар эдэрдэр. Правительство көмөтө наада. куораппыт таһыгар сир анныгар гааһы хаалыыр дьапталҕа баар буолуохтаах. Подземное хранилище газа (ПХГ) дэнэр. Саха сирин айылҕата аан дойдуга саамай
тыйыс. Гааһынан хааччыйыы эрэлэ үрдүөхтээх. Билигин сайынын үөс турба (газопровод) 30% эрэ ноҕуруускалаах. Ол экономическэй көрдөрүүгэ охсор.
Бэйэбит базовай хостуур (гааһы) сирдээх буолуохтаахпыт. III ситими түргэнник тутан I ситими эксплуатацияттан таһаарар сөп буолла. Якутскай таһыгар ПХГ тутуллара эмиэ наада. Ити барыта государственнай буолара ситиһиллиэхтээх. Оччоҕо эрэ кыһынын холкутук утуйар кыахтанабыт. Бу уустук дьыала. Элбэҕи суруйдахха эрэ дьон сороҕо өйдүүрэ буолуо. 2016 с. балаҕан ыйын 16 күнүгэр “Якутия” хаһыакка үс институт үлэһиттэрэ – Сильвестров Л.К. (Москва), Сивцев А.И. (Якутскай), Таран В.И. (Якутскай) уонна мин буолан ыстатыйа таһаарбыппыт. Ыстатыйабыт ис хоһооно – гааһынан хааччыйыы эрэлин үрдэтии, газопровод үлэтин тэҥниир, экономикатын көтөҕүү. Ону булан ааҕаргыт буоллар.
2008 с. 380 км уһуннаах газопровод российскай Газпром күүһүнэн Петропавловск-на-Камчатке диэн куоракка тардыллан турар. Сыанатын нэһилиэнньэҕэ бастаан 1000 м3 гааска 11400 солк. диэн турар. Онно нэһилиэнньэ айманан 4500 солк. дылы түһэрэн тураллар. Сыана киһилии буолуон сөп буолбатах дуо? Билигин Саха сирин соҕуруу өртүн (Алдан, Өлүөхүмэ, Ленскэй сороҕо) Газпром Кытайга ыытар газопроводуттан хааччыйыахпыт диэн баар. Сыананы туох диэн кэпсэппиттэрэ биллибэт.
Ол гаас Ленскэй оройуон Чаянда диэн сиртэн Кытайга барыахтаах. Ол иһин, суол-иис баара буоллар, ыраах сытар дэриэбинэлэри, куораттар котельнайдарын УАГ, өссө төгүл этэбин, сыана үүнэ-тэһиинэ суох өрө барыа суоҕа этэ. Суол-иис стратегическай суолталаах хайысха. Тоҕо суол мөлтөҕүй? Эбэтэр нуучча бөлүһүөгэ, суруйааччыта Радищев А.Н. (1749-1802 с.) эппитэ, суруйбута билигин даҕаны долоҕойбутугар киирэ илик дуу? Мин аҥардастыы бэйэм Республикам эрэ салалтата эрэ буруйдаах диэбэппин.
Бу бүтүн Россиябыт иннигэр турар боппуруос. Экстремист буолбатахпын, санаабын этэбин. Ол иһин 1995 с. ыла этэбин, убаҕас, ыгыллыбыт айылҕа гааһын туһанан газопровод уһуурун кылгата сатыаҕыҥ диэн. Газопровод сыл аайы уһаан иһэр, ол тарифка киирэн гаас сыаната ыарыыр. Тугу да гыммакка, ким эрэ ыйан, оҥорон биэриэ диэн кэтэһэ сырыттахпытына, охсуута өссө улахан буолуо.
Макаров Петр,
анал үөрэхтээх, идэтинэн үлэлээбит 75 саастаах ветеран
|