Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 5 » Миграцияны хайдах хонтуруоллуулларый?
Миграцияны хайдах хонтуруоллуулларый?
09:27

00eebcfa aec0 4540 98d8 afe7563f4b23

2016 сыл муус устар 5 күнүгэр Владимир Путин уурааҕынан Федеральнай миграция сулууспата (ФМС) ИДьМ холбоһон миграция боппуруостарын управлениетыгар кубулуйбута. Кэнникинэн миграция кыһалҕата өссө сытыырхайда. Онон бүгүн биһиэхэ ИДьМ УВМ иммиграционнай хонтуруол отделын начаалынньыгын солбуйааччы Игорь Посельскай ыалдьыттыыр.

"Кус кэлиитин курдук"

-- “Нелегальный мигрант” диэн эриэйдэ буолан ааста. Түмүгэ хайдаҕый?

-- Сыл ахсын өссө ФМС саҕаттан сокуоннайа суох миграцияны бохсор инниттэн өрөспүүбүлүкэ быраабы араҥаччылыыр уорганнарын кытары, биир уопсай бирикээс таһааран, маннык эриэйдэлэри ыытабыт. Омуктар тоҕуоруһан кэлэр кэмнэрин тоһуйа маннык эриэйдэ сыл ахсын ыытыллар. Миграннар халлаан сылыйда да, кэлитэлээн бараллар. Кулун тутарга кэлии эмискэ элбиир, оттон алтынньыттан аччаабытынан барар. Онон бу бириэмэҕэ уопсайа атын “силовиктары” кытары холбоһон 6 улахан эпэрээссийэни ыытабыт. Бастакы уон хонуктаах эпэрээссийэ хаһан баҕарар кулун тутарга ыытыллар. Онон “улахан айдаан эрэ кэннэ хамсаннылар” диэн этэллэрэ сыыһа. Бэс, от, атырдьах ыйдарыгар уонна алтынньыга өссө улахан эриэйдэлэр ыытыллаллар. Маны таһынан Москуба ыйыытынан “Нелегал” диэн 20 хонуктаах эриэйдэлэри ыам, балаҕан ыйдарыгар эмиэ ыытабыт. Аны өрөспүүбүлүкэбитигэр сымыйа регистрация олус сытыытык турар. Дьон ону “эрэһиинэ дьиэ” эҥин диэн ааттыыллар. Ону утаран эмиэ ИДьМ иһинэн эпэрээссийэ ыытабыт.

Эриэйдэ түмүгүнэн 1950 миграны, 2345 эбийиэги бэрэбиэркэлээтибит, 230 административнай боротокуол оҥоһулунна.

-- Оттон ити кып-кыра кыбартыыраҕа 50-нуу киһини бэрэпиискэлииллэрэ, ама, пааспар остуолун үлэһиттэригэр сэрэҕи үөскэппэт дуо? Санаан да көрдөххө, хайдах батан олоруохтарай? Ону тоҕо регистрациялыы туралларый?

-- Кырдьык, омос көрдөххө, оннук. Ол эрээри сокуон ону утарар кыаҕа суох. Биһигини бэйэҕит тэнитэ олороҕут диэн уорбалыыллар. Бастатан туран, сокуоҥҥа тас дойду дьонун бэрэпиискэлээһин диэн суох, кинилэр кэлбит сирдэринэн, ханна хорҕойбуттарынан иһитиннэрии (уведомление) оҥоруохтаахтар. Кэлэн баран көрсөр, түһэрэр дьону булаллар. Холобур, кыбартыыра хаһаайыныгар кэлэллэр, оттон ол хаһаайын биһиэхэ кэлэн “бу омук гражданина миэхэ олорор” диэн иһитиннэрэр. Ону сокуонунан хайаан да ылыахтаахпыт, аккаастыыр кыахпыт суох. Бастаан тас дойду киһитэ манна кэлэн баран 7 хонук иһигэр олорор сирин булар, онуоха хаһаайын биһиэхэ иһитиннэрэр. Биһиги базаҕа киллэрэбит. Базаҕа барыта көстө сылдьар, өскөтүн олус элбэх киһи олороро ыйыллыбыт буоллаҕына, учаскыабай бэрэбиэркэлиир. Оттон кинилэр “сыттара” да суох буоллаҕына, дьыала тэриллэр. Быйыл 256 холуобунай дьыала тэрилиннэ.

-- Ол эбэтэр бэйэлээх бэйэбит дьоммут кистиир буоллахтара?

-- Оннук. Харчы туһугар ким тугу гымматаҕай?! Аны туран, манныгынан куруук дьарыктанар дьон баар. Ордук биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, уопсайынан, кыаммат араҥа. Биир элбэх оҕолоох ийэҕэ үсүһүн холуобунай дьыала тэрилиннэ. Ол да тухары бүтэр санаата суох, аһаҕастык “тохтообоппун” диир. Кинилэр биирдэ 90 хонукка туруоралларыгар биирдии киһиттэн 2,5-3 тыһ. солк. ылаллар.

-- Оттон ол омук дьонун эҥин “олордорбор” дьиэ төлөбүрүгэр охсубат дуо?

-- Кинилэр бэрэпиискэлэммэттэр, бу дьиэҕэ түстэ эрэ диэн бэлиэтэнэллэр (учуокка тураллар). Инньэ гынан хомунаалынай өҥөҕө туох да охсуута суох. Ол иһин сүүсчэ киһини кыбыталлар.

-- Гражданствоны биэрии хайдаҕый?

-- 2010-2011 сылларга Киргизия гражданнарыгар РФ гражданствотын ылыы судургутуйбута. Үс ый иһигэр гражданствоны ылар кыахтаммыттара. Дьэ, ити кэмҥэ элбэх кыргыыс РФ гражданина буолбута. Ити судургутутуу болдьоҕо бүппүтэ, инньэ гынан уопсай быраабыланан ылаллар. Онон 2013 сылтан гражданствоны ылыы аччаабыта.

-- Оттон соторутааҕыта Путин тиийэ сырыттаҕына, ити амньыыстыйаны хаттаан киллэрэр курдук туруорустулар дии...

-- Бэрэсидьиэн быһаардаҕына оннук буоларыгар тиийэр. Оччоҕо өссө элбиэхтэрэ турдаҕа...

-- Оттон ити Кыргызстан дьоно, баҕар, икки дойду гражданстволаахтара буолуо. Ону бэрэбиэркэлииллэр дуу?

-- 2 эрэ дойду дьоно икки гражданстволаныахтарын сөп – Таджикистан уонна Туркмения, атыттар РФ граждана буолар буоллахтарына, бэйэлэрин дойдуларыттан аккаастаналлар. Онуоха консульствоттан аккаастарын аҕалаллар. РФ пааспарын ыллылар да, уруккуларын илдьэн туттараллар.

-- Тас дойду дьахтара манна кэлэн төрөөтөҕүнэ, оҕото РФ гражданина буолар дуо?

-- Төрөөбүтүн туһунан туоһу сурук ылар, ол гынан баран гражданствоны ылбат. Төрөппүттэринэн барар. Оттон омуктар оҕолорун дьыссаакка, оскуолаҕа ылыы Төрүт сокуоҥҥа мэктиэлэнэр.

-- Төһө киһи РФ гражданина буолла?

-- 2017 сыллаахха - 931 киһи, оттон былырыын 990 киһи РФ гражданина буолбута. Сүрүннээн, Таджикистан, Украина, Кыргызстан дьоно.

inx960x640

Буруйу оҥоруу

-- Хайа дойду дьоно биһиэхэ ордук тоҕуоруһарый?

-- Кыргызстан, Таджикистан, Узбекистан, Азербайджан, Армения дьоно элбэхтэр. Кытайдар визанан киирэр буолан, олох аҕыйаатылар. Аны Саха сирин Бырабыыталыстыбата омук дьонугар квотаны сыл ахсын аччатан иһэр. 2012-2015 сс. тыһыынчанан квотаны биэрэр эбит буоллахтарына, билигин -- 200 эрэ. Кулун тутар туругунан миграция учуотугар Киргизия 10190 олохтооҕо турбута. Уопсайа 73279 киһи миграция учуотугар турар, олортон 39768 (былырыын 39768 этэ) киһи аан бастаан учуокка турда.

-- Омук дьоно буруйу оҥоруулара хайдаҕый? Кимнээх ордук буруйу оҥороллоруй?

-- Былырыын уопсайа 206 буруйу тас дойду уонна гражданствота суох дьон оҥорбуттара. Сүрүннээн, Кыргызстан дьоно. Кинилэр буруйу оҥоруулара сыл ахсын эбиллэн иһэр: 2016 сыллаахха 26 буруйу оҥорбут эбит буоллахтарына, 2017 сылга – 43, оттон 2018 сылга – 55. Ордук уоруу, суол быраабылатын кэһии, сымыйа докумуону оҥоруу, бэрик биэрии уо.д.а. Ыар буруйу оҥоруу биир-икки син биир баар буолар. Кыргыыстар кэннэ Таджикистан дьоно – 41, Украина – 38, Узбекистан – 25, Армения – 22.

--Оттон наркотикка?

-- Наркотикка ордук Армения, Таджикистан дьоно тутуллаллар. Уопсайынан, миграннарга буруйу оҥоруу эмиэ ураты буолар. Холобур, узбектар халааһыҥҥа, уорууга ордук тутуллаллар.

-- Ааспыттааҕы айдааннаах быһылааны ылан көрүөх. Күүһүлээһиҥҥэ уонна киһи көҥүлүн быһыыга уорбаланар Кыргызстан гражданина манна 13 административнай эппиэккэ тардыллыбыт диэн буолбута. Оттон сокуон быһыытынан 2 дьыалаҕа эрилиннэ да, утаарыллар диэн дии. Ону тоҕо саба баттаан сытыардыгыт?

-- Кырдьык, сокуон быһыытынан иккиттэн элбэх сокуону кэһии таҕыста да, дойдуга киирэр быраабын 3 сылга сабырыйыллыан сөп диэн баар. Ол эрээри ити императивнай нуорма (“может быть принято” диэн). Кэргэнэ, оҕолоро РФ граждана буоллахтарына, Норуоттар икки ардыларынааҕы быраап быһыытынан, биһиги ыалы араарыа суохтаахпыт. Бириистэптэр бу киһиэхэ хааччах туруорбут буоллахтарына, ыытарбыт эмиэ табыллыбат. Уопсайынан, тас дойду киһитэ эппиэккэ тардыллыбыт кэннэ 30 күн иһигэр туох баар бэрэбиэркэни ааһан баран туһунан быһаарыы ылыллар. Оттон ити эн этэр уорбаланааччыҥ биһиги миграция базабытыгар иккитэ киирэ сылдьар, хантан 13-тэ тардыллыбыт диэн ылбыттарын билбэппин. Итэҕэйбэт буоллаххына, сибилигин да көрдөрүөхпүн сөп. Биһиги былырыын 900 омукка хааччахтыыр миэрэни ылбыпыт. Сороҕор суут “бу икки кэһиитэ баара-суоҕа куру баамматах уонна фара эрэ дии, уопсастыбаннай кутталы үөскэппэт, онон хааллын” диэн кэбиһэр уонна онон биһи быһаарыыбыт сорох ардыгар көтүллэр. Бүттэ. Онон ити ороскуоту эҥин барытын бэйэбит уйунабыт.

1349110

Тэҥ бырааптаахпыт

-- Тас дойду дьонун үлэҕэ ылыы кытаатан турар. Патент сыаната, квота аччааһына, араас хааччах...

-- ЕАЭС тэрилтэтигэр киирэр 4 тас дойду дьоно: Кыргызстан, Армения, Беларусь уонна Казахстан син биир эн биһикки курдук бырааптаахтар. Ханнык да хааччахтааһын кинилэргэ туттуллубат. Холобур, Ил Дархан сорох эйгэҕэ миграннар үлэлииллэрин бобор уурааҕа таҕыста дии. Ол ЕАЭС дьонугар сыһыана суох. Ити патеннаах эрэ миграннарга сыһыаннаах. Оттон кыргыыстарыҥ үлэ дуогабардаах буоллулар да, көҥүллүк сылдьаллар.

-- Оччотугар көрүнньүк эрэ уураах дуо?

-- Чэ, сүрүннээн, Украина, Молдова, Узбекистан, Таджикистан, Азербайджан дойдуларын хаарыйар.

-- Тас дойдуттан кэлбит дьон биһиги уопсастыбабытыгар судургутук киирэллэригэр, үөрэнэллэригэр туох дьаһалы ылаҕытый?

-- Биһиги хонтуруоллуур, дьарайар эрэ эбээһинэстээхпит. Тас дойду дьонун адаптациялыырга, интеграцияҕа үлэни былаастар бэйэлэрэ ыытыахтаахтар. Урут ФМС эрдэҕинэ, биһигиттэн ирдииллэр этэ, онон диаспоралары эҥин кытары ыкса сибээстээх үлэллирбит, билигин оннук боломуочуйабыт суох.

-- Тас дойду дьоно манна киириилэригэр дактилоскопияны эҥин ааһаллар дуу?

-- Билиҥҥитэ суох. Ити — улахан кыһалҕа. Билигин СНГ дойдуларыгар кыраныысса олох аһаҕас. ФМС суох буолуутугар үлэһит 30 бырыһыанын устан кэбиспиттэрэ. Билигин ол дактилоскопия киирэр буоллаҕына, ону ким баран үлэлэтэрэ эмиэ уустук. Дьиҥэ, дактилоскопия наада, ону дьэ өйдөөн киллэрэ сатыыллар, мэхэньиисимин тобулаллар. Саха сиригэр миграция хонтуруола Дьокуускайга эрэ баар, оттон атыттарга судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорууга эрэ барбыттара. ФМС суох буолуутугар барыларын сарбыйбыттара. Судаарыстыбаннай өҥө 17 хайысхатын толоро олорор паспортист дьахтар соҕотоҕун хайдах тиийэн миграннары тутуоҕай, бэрэбиэркэлиэҕэй? Инньэ гынан улуустарга, учаскыабайдарга биэрдилэр, кинилэр көмөлөрө улахан. Оттон учаскыабай солото суоҕун бары бэркэ билэҕит.

1579213

-- Миграннары бэрэбиэркэлиигит, сокуону кэһээччилэри тутаҕыт, үүрэҕит... Ол гынан баран ити бэрэбиэркэҕэ бары хаарыллыбат буолуохтаахтар. Арай мин омук тоҕуоруһар эбийиэгин булан “манна сокуоннайа суох киирбит миграннар бааллар, ону бэрэбиэркэлээҥ” диэн этиэхпин сөп дуу?

-- Биллэн турар. Гражданскай позициялаах дьон этэллэр ээ. Биһиги иһитиннэрии киирдэ да, бэрэбиэркэни ыытабыт. Баҕар, ыаллыы омук олорор буолаҕына, дьиксинэн бэрэбиэркэлээҥ диэтэхтэринэ, тиийэн бэрэбиэркэлиибит.

-- Кытай ырыынагар бэрэбиэркэ буоларын истиһэн, бары үрүө-тараа ыһыллааччылар...

-- Докумуоннара итэҕэс миграннар куоталлара чахчы. Оттон сокуону кэспэккэ сылдьар киһиҥ тоҕо куота сатыаҕай? Кытайдар сүрдээх киитэрэйдэр. Кинилэр сокуон быһыытынан атыыһыттыыллара көҥүллэммэт. Онон докумуоннарыгар “атыы саалатын администратора” эҥин диэн оҥортороллор уонна “помогайка” ылан үлэлииллэр. Ырыынакка атыыһыттыыллара бобуллар.

Урут Сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит дьон кэлэр буолан, олохтоох уопсастыбаҕа быдан судургутук киирэллэрэ. Оттон билигин кэлэр эдэр дьон нууччалыы үчүгэйдик билбэттэр, маннааҕы сокуону, үгэстэри, быраабылалары удумаҕалаппаттар, бэйэлэригэр бүгэн сылдьаллар... Инньэ гынан араас өйдөспөт быһыы тахсар.

Уопсайынан, сокуоннайа суох миграцияны кытта хас биирдиибит охсуһуохтаах. Сымыйа (фиктивнэй) бэлиэтээһини оҥорон, үлэҕэ ылан уо.д.а. сокуону кэһэн миграннары иитэ олорорбут тухары балаһыанньа тупсан барыа суоҕа.

Дмитрий ИВАНОВ.

Category: Право, закон | Views: 1068 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024