Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 9 » “Сунтаарцеолит” Устьеҕа пеноцеолит собуотун тутан дьэндэттэ
“Сунтаарцеолит” Устьеҕа пеноцеолит собуотун тутан дьэндэттэ
08:39

 

“Сунтаарцеолит” тэрилтэ сайдар кэскилэ сүҥкэн.Күн бүгүн Кэмпэндээйи үрэҕин баһыгар, Хоҥорууга сырье хостуур карьердаах, базалаах, массыына пааркалаах. Манна төрүт олохтоох дьонтон 70-ча киһи үлэлиир. Бу – бэртээхэй көрдөрүү.

Аны билигин сүрдээх эппиэттээх салааҕа – тутууга киирсэн собуот туппуттар. Пеноцеолит оҥоруутун бу сайынтан ылата кэмбиэйэргэ таһаарарга бэлэмнэнэллэр. Бу уонна да атын кэскиллээх тосхоллор тустарынан генеральнай дириэктэр Петр Михайлович Попов ирэ-хоро сэhэргиир.

Петр Михайлович, иитэр-аһатар “Хоҥоруу” карьергытар үлэ хаамыыта хайдаҕый?

– Цеолит саппааhа быһаарыллан турар. 40-ча сыл цеолит хостуур кыах баар. Хоҥорууга биир “Т-3501” (“Четра”) бульдозер, икки “Шаньтуй” погрузчиктар үлэлииллэр. Туох баар хостуур тиэхиньикэни түөрт киhилээх симиэнэ хааччыйар. Кыhын, саас биир күн устата Мииринэйтэн 20-чэ массыына кэлэн цеолит тиэнэн барар. Баахта дьонун олорор дьиэлэрэ, үс буоксалаах гараас, подсуобка, баанньык баар. Интэриниэт ситиминэн “Старт-Блайзер” спутник хааччыйар. “Wi-Fi”, араассыйа, төлөпүөн, спутнигынан “Орион-Экспресс” баар. Онон, үлэлиир да сынньанар да усулуобуйа баар.

Бастатан туран, “АЛРОСА” хампаанньаҕа цеолит тиэйиитин 2018-2019 сылларга турунуулаахтык ыыппыккытын билэбин. Былаан туолла дуо?

– Мииринэйгэ27 тыh туонна цеолиты тиэйии былаана туолла. Ити курдук, цеолиты Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр тиэйэбит. Балачча уһун кэм устата “АЛРОСАны” цеолитынан тиһигин быспакка хааччыйдыбыт. Цеолит булкадаһыктаах сиэмэнтэлээх матырыйаал шахта кирбиилэрин бөҕөргөтөргө туттуллар. Цеолит састааптаах суурадаһынынан шахта силлэстибит сирин (“Забой”) толорор матырыйаалы МХБК “Интернациональнай” шахтатыгар анаан бэлэмнииллэр.

Сакылаакка суурадаһына “Диабаз” карьерын бытархай тааhыттан, сиэмэнтэттэн уонна цеолиттан (30 %) турар. Соторутааҕыттан ылата Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт “Айхал” руднига цеолиппытын туһанан эрэр. Тоҕо диэтэххэ, цеолит тутуу матырыйаалын кытаатыннарар, бөҕөргөтөр күүhэ сүдү. Цеолит буккаастаах сакылаакка, эрэллээх буолара билиминэн тургутуллан бигэргэтиллибитэ. Удачнайга сылга үс мөлүйүөн туонна урууданы хостуур модун рудник үлэлээн эрэр. Биһиги “АЛРОСА” рудниктарыгар цеолиты биир туонналаах мөһөөччүктэринэн суол хаайбат кэмигэр хаһан баҕарар тириэрдэр кыахтаныахпыт.

Оччотугар цеолиты оҥорон таһаарыы далааһыннаныан, тиэхиньичэскэй хааччыллыыта эмиэ балысханнык сайдыан наада эбит дии.

– Оннук. Инновация технологияны дьаныардаахтык саҥардыы ирдэнэр. Тутуу матырыйаала соҕурууттан Мииринэйгэ сыаната сүрдээҕин ыараан кэлэр. Туонна цемент ортотунан 17 тыh солк. буолар. Манна сыһыаран эттэххэ, цеолит тутуу матырыйаалын күүстээх булкадаһыгын быһыытынан, сиэмэнтэни улаханнык кэмчилиир кыах биэрэр.

Петр Михайлович, Сунтаартан өрүс уҥуор Устье сэлиэнньэтигэр цеолит булкадаһыктаах тутуу матырыйаалларын оҥорор собуот тутуллан бүтэн эрэр. Бу туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

– Пеноцеолит оҥорор собуот тутабыт. Пеноцеолит көннөрү тутуу болуогуттан 5-6 төгүл чэпчэки матырыйаал. Үллэр, улаатар быһыылаах матырыйаал. Ыйааһына да олус чэпчэкитинэн, пеноцеолит табыгастаах. Онон, дьиэни маннык матырыйаалынан тутарга быдан барыстаах, судургу уонна эрэллээх.

Дьокуускайдааҕы тутууну чинчийэр, сүрүннүүр, бырайыактыыр институт (ЯПНИС) цеолиты сиэмэнтэни кытары холбоон тутуу матырыйаала оҥорууну биһирээн турар. АХШ, Кытай, Дьоппуон цеолиты тутуу матырыйаалын быһыытынан туттубуттара ыраатта. Пеноцеолит, бастакынан, сылааһы үчүгэйдик тутар. Иккиһинэн, уокка дьөрү хотторбот. Үсүһүнэн, бөҕө, дьиппэ гынан баран ыйааһына чэпчэки. Төрдүһүнэн, уу-хаар кээрэтиитигэр бэриммэт. Бэсиһинэн, пеноцеолит булкадаһыктаах таас болуоктарынан тутуллубут дьиэлэргэ олохсуйбут дьон доруобуйатыгар сөп түбэһэр (“экологичнай”).

Бу маннык бородууксуйаны кэмбиэйэргэ таһаарарга бэлэмниирбитигэр, Тюменнааҕы инновация тэрилтэтин технологиятын тутуһабыт. Собуоппут тутуутун түмүктүүр кэрдииһигэр чугаһаттыбыт. Былырыын Устье сэлиэнньэтигэр 800 кв.м иэннээх собуот дьиэтин туппуппут. Туох баар боппуруоска биһигини Сунтаар улууһун дьаһалтатын баһылыга Анатолий Григорьев сүрдээҕин өйөөтө. Соҕурууттан сүрүн тэриэбэбит 70 % кэлэн турар. Ыам ыйыттан ыла кэлбит тэриэбэбитин таҥан барыахпыт. Бэс ыйыгар тиэхиньикэбитин тургутууну ыытыахпыт. Дьэ уонна пеноцеолиппытын тигинэччи оҥорон, бородууксуйабытын утумнаахтык таһаарталаан барыахпыт.

Дьэ оччоҕо цеолит булкадаһыктаах болуоктарынан таас дьиэлэри тутуу тэнийиэ турдаҕа?

– Оннук. Сунтаар улууһугар сэлиэнньэлэр дьиэлэрэ самнайан, эргэрэн тураахтыыллара көрүөххэ соччото суох. Биһиги былааммыт судаарыстыбаннай хайысхалаах, хаарбах дьиэлэртэн саҥа тутууларга нэһилиэнньэни көһөрүүгэ ыкса үлэлэһии. Эргэ дьиэлэри күрдьүтэлээн таас, тупсаҕай быһыылаах тутуулары салгыы ыытыахпыт. Маны сэргэ чааһынай дьиэлэри, даачалары, гараастары, баанньыктары тутар былааннаахпыт. Тутааччыларбыт уоппуттаах дьон. Тиэхиньикэнэн да балачча хааччынныбыт.

Сунтаар улууһугар балачча эбийиэги дьэндэтэн турабыт. Сунтаартан Туойдаахха барар суолу туттубут. Ыраах Наахаранан Бүлүчээнниир сылы быһа айанныыр суол тутуутун түмүктээтибит. Улуус сэттэ нэһилиэгэр тутуу эбийиэктэрдээхпит. Кырыыба сирдэргэ - Уһун-Күөлгэ, Аллыҥаҕа социальнай эбийиэктэри тутууну күүһүртүбүт.

Эбэн эттэххэ, ыаллыы Мииринэй, Ленскэй улуустарыгар кытары тутууну ыытар санаалаахпыт. Олорго эргэ дьиэлэрэ үксээн, кыһалҕалара элбэх.

Петр Михайлович, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

– Биһиэхэ курдук сүүс бырыhыан саха дьоно үлэлиир, үгүс хайысхалаах промышленнай тэрилтэ Бүлүү умнаһыгар суох. “Сунтаарцеолит” сайдарыгар оройуоҥҥа үлэ миэстэтэ баар буоларыгар, Саха сирин бырабыыталыстыбата интэриэстээх буоларыгар эрэнэбит. Билиҥҥитэ бэйэбит кыахпытынан уонна Сунтаар улууһун саламтата өйүүр буолан эрэ олоробут. Дьиҥинэн, биһиэхэ эмиэ өйөбүл оҥоһуллара ирдэнэр.

Цеолит промышленноһыгар сиэрдээх, тустаах сыанабыл биэрэр уолдьаста. Биһиги олохтоох промышленноһы сайыннарабыт. Оттон тутууга ылсыһарбыт аныгы кэм-кэрдии ирдэбилэ.

Петр Михайлович соло булан кэпсэппиккэр махтал. Эһиги саҥа туһаайыыгытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

miirneige tuelluexteex

Мииринэйгэ тиэллиэхтээх цеолит сытар.

penoseolit mannyk byolar

Пеноцеолит маннык буолуохтаах.

penoseolit onoror cobyot

Пеноцеолит оҥорор собуот уустук тэриэбэтэ.

cobyot ihiger tytar yleler

Собуот иһигэр турар, таҥар үлэлэр ыытыллаллар.

 23762217

 155294469

 163902533

944632489

1363278927

1806774645

Станислав Алексеев, Мииринэй к., “Yakutiаmedia» саайтан Nedradv пеноцеолит хаартыскалара.

Category: Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги | Views: 1031 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 37
Ыалдьыттар (гостей): 37
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024