Кылабыыһалары бэрээдэктиир уолдьаста
Таҥара айбыт икки атахтааҕа күн сирин көрөн, улаатан, киһи-хара буолан, үлэлээн-хамнаан, ыал-күүс буолан, оҕо-уруу төрөтөн, сиэн-сыдьаан тардан тоҥхойо кырдьан, төннүбэт сиригэр букатыннаахтык барар. Этэргэ диэри, дьоллоох киһи кырдьар сааһыгар тиийэр диэн буолар. Оттон кэмин иннигэр суорума суолламмыт дьону хайыаҥ баарай, ыйааҕа оннук буоллаҕа диирбитигэр тиийэбит. Ити бартыа Таҥара биэрбит ыйааҕа, олох сокуона. Киһи барахсан өлөн баран суор-тураах курдук быраҕыллан хаалбакка, сиэр-туом быһыытынан тиһэх суолугар атаарыллан ииҥҥэ киирэн, ийэ буорга көмүллэр. Дьэ ол көмүллэрин сахалар “кистиибит” диэн харыс тылынан солбуйаллар. Ким ханнык халдьаайыга тахсарын быһаарсыы буолар, эбэтэр бокуонньук эрдэ, тыыннааҕар эппит кэриэһин толорон кини ыйбыт кылабыыһатыгар кистииллэр. Кылабыыһаҕа аймахтаһыы, түөлбэлэһии эмиэ тутуһуллар.
Билигин Дьокуускай куоракка хас да кылабыыһа баар, туох хайдах үлэлээн олороллорун, туох кыһалҕалаахтарын билсээри Дьокуускай куораттааҕы “Ритуал” диэн судаарыстыбаннай тэрилтэ дириэктэрин Илья Михайлович Фомины көрсөн кэпсэттим.
— Илья Михайлович, үтүө күнүнэн, тэрилтэҕитигэр хас киһи үлэлиирий уонна тугунан дьарыктанар тэрилтэ буолаҕытый?
— Дорообо, “Ритуал” диэн, биһиги ааппыт да этэрин курдук, куорат кылабыыһаларын ис туругун көрөр-истэр эбээһинэстээхпит. Куорат ис туруга, дьонун-сэргэтин майгыта-сигилитэ кылабыыһа хайдаҕыттан көстөр диэн мээнэҕэ этиллибэтэх буолуохтаах. 12-бит.
— Дьокуускай куоракка билиҥҥи туругунан хас кылабыыһа баарый?
— Билигин биһиги киин куораппытыгар түөрт кылабыыһа баар. Олортон саамай кырдьаҕастара “Вилюйскай кылабыыһа”. Ити быһа барыллаан эттэххэ, куораты кытта саастыы кылабыыһа буолар. Урут церковтар эҥин аттыларыгар көмөр буоллахтара. Ол иһин билигин куораппыт улаатан ити кылабыыһа куорат ортотугар буолан хаалла. Уопсай иэнэ 70 гектарга тэҥнэһэр. 2016 сыллаахтан сирэ тиийбэтинэн манна уопсай көмүү тохтотуллубута. Арай аймахтара харалла сытар дьоннору көмөбүт, ону да биирдиилээн.
Онтон 1980 сыллаахтан Маҕан трагар баар кылабыыһа үлэҕэ киирэн, билигин 100-тэн тахса гектар иэннээх сири хабар. Бу кылабыыһа билигин саамай сүрүммүт буолар. Ол да буоллар, кини сирэ-уота кыараан уопсай көмүүгэ аны икки-үс эрэ сыл туттуллара хаалла. Онтон эмиэ аймахтардаах эрэ дьон көмүллэллэр диэн хааччах киириэн сөп.
Үһүс кылабыыһа Птицефабрика оройуонун ойууругар баар, манна син миэстэ баар. Төрдүс кылабыыһа куорат пааркатын ыксатыгар “Мусульманскай” итэҕэллээхтэргэ анаан баар, чуолаан ити татаардарга, еврейдэргэ сыһыаннаах. Эмиэ сирэ суоҕунан биирдэ эмэ бэйэлэрин итэҕэллэринэн көмөллөр. Манна биһиги орооспоппут.
— Кырдьык, сир боппуруоһа суоҕа ыарахаттардаах буолуо. Ити эппит кылабыыһаларга биирдэ эмэ сырыттахха сыалай куораттар буолбуттар. Миэстэ тиийбэт буолан иһэрэ мэлдьэх буолбатах, сирбит бүтэн хааллаҕына бокуонньуктары ханна көмүөхпүтүй?
— Саҥа кылабыыһаны ханна оҥоруохха сөбүй диэн боппуруос турбута ыраатта. Мин манна төрдүс сылбын үлэлиир киһи быһыытанан этиэм этэ – сир боппуруоһа кытаанах. Сир көрдөөн үлэ бөҕө барда. Бүлүүлүүр, Покровскайдыыр трактарынан да сир көрөн көрдүбүт, Маҕан кылабыыһатын да сыымайдаатыбыт, ол гынан түмүккэ 2018 сыл күһүөрү-сайын Птицефабрика сиригэр баар кылаабыһаны улаатыннарыахха, суол икки өттүнэн ыытыахха диэн былааҥҥа тохтоотубут. Билигин баар иэнэ 12,5 гектар, ол онтон 3 гектар курдугар дьон көмүллэ сыталлар. Манна эбии 22 гектар сир суол нөҥүө бэриллэн, өссө да 20-25 сыл устата киһини көмөр кыах баар буолла.
— Оттон кылабыыһалар проблемаларын быһаарыыга судаарыстыба өттүттэн төһө көмө, болҕомто баарый?
— Сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн, кэлиҥҥи сүүрбэттэн тахса сылга кылабыыһалары бэрээдэктиир боппуруос былаас өттүттэн улаханнык көрүллүбэккэ турбута. Ол түмүгэр бу дьыаланы урбаанньыттар илиилэригэр ылан хайа түбэһиэх дьаһайан барбыттара. Бэл диэтэр, регистрацията эҥин да суох көмүү түбэлтэлэрэ тахсыталаабыттара. Кылабыыһа иһинээҕи суол-иис мөлтөөн, күрүө-хаһаа тутуллубакка ыһыллыы-тоҕуллуу харахха быраҕыллардык барбыта. Дьэ ол кыһалҕалар билигин кыралаан быһаарыллан эрэллэр, холобур, туалеттар баар буоллулар, санитарнай точкаларга бөх быраҕар тимир дьааһыктар уурулуннулар. Ол да буоллар материальнай база билигин да быстар мөлтөх. Маҕан кылабыыһатыгар администрацияларын дьиэлэрэ умуйан хаалбыта. Бүлүүлүүр переулокка вагончикка үлэлии олороллор. Ол иһин олохтоох былаас өттүттэн билигин баар 131-дээх (О местном самоуправлении), 8-таах (О похоронном деле) да сокуоннарга олоҕуран кылабыыһа иһинээҕи суолу-ииһи көннөрүүгэ, күрүөтүн хаһаатын да тутууга сөптөөх үлэ барыахтаах. Манна олохтоох бэйэни дьаһайыныы быһаччы оруолу ылыахтаах. Кини толоруохтаах сокуоннара буолаллар.
Аны туран, атын кыһалҕалартан этэр эбит буоллахха, Бүлүүтээҕи кылабыыһа сааскы уу ылар кыһалҕата актуальнай боппуруос быһыытынан турда. Хата, билигин куорат кыһыҥҥы хаарын тоҕуу полигона суох буолан уонна кэмигэр уу ыытар ханааба хаһаммыт, арҕаа өттүттэн кууран эрэр. Бүлүүлүүр суол өттүттэн хас да массыына сууйар тутуллан ол уута барыта кылабыыһаҕа суоһуур. Итини эмиэ олохтоох дьаһалталар көрөн туох эрэ быһаарыыны ылара наада.
Урбаанньыттарга тохтоон аастахха, сүүрбэттэн тахса сыллааҕыттан кинилэр дьаһайан барбыттара. Биллэн туран, кинилэр барыска, уу харчыга үлэлиир дьон буоллахтара. Билигин сүүрбэччэ чааһынай тэрилтэ баарыттан биэһэ-алтата улахан тэрилтэлэр. Кэнники кэмҥэ бииргэ үлэлэһии түмүгэр уопсай быраабыла тутуһуллар буолла диэн үөрүөх кэриҥнээхпит. Бастакытынан, саамай сүрүн быраабылабытынан өлбүт киһини регистрациялааһын боппуруоһа буолар. Ол курдук, бу боппуруоһу үгүс өлбүттээх билбэт. Көмүлүннэ, ханна кистээбиппитин өйдөөн хааллыбыт да бүттэ диэх курдук өйдөбүллээхтэр. Дьиҥэр, бокуонньук анал регистрациялыыр кинигэҕэ киирэн ханна көмүллэ сытара чуолкай биллэр буолуохтаах. Холобура, көмүүгэ сылдьыбатах аймаҕа киһи кэлэн ити кинигэнэн сирдэтиниэн сөп. Мин манна үлэлии киирэрбэр, ити 2015 сыллаахха, регистрациялыыр кинигэҕэ киирбит бокуонньук ахсаана 800-900 буолар эбит этэ, оттон сыл устата өлөөччү киһи ахсаана 1700-1800 киһи буолара. Иккиһинэн, судаарыстыбаннай тэрилтэ буоламмыт сири биһиги тыыран биэриэхтээхпит. Ыллыҥ да бу аһаҕас сир баар эбит диэн көмүү барыа суохтаах.
— Былырыын регистрация быһыытынан хас киһи өлөн туораата диэн сурулунна?
— Ааспыт сылга, сурукка киирбитинэн, Дьокуускай куоракка 1832 киһи өлөн көмүлүннэ. Оттон ЗАГС нөҥүө куорат таһынааҕы бөһүөлэктэри ааҕан туран 2341 киһи өлбүт.
— Киһини көмүү сокуон хараҕын быһыытынан хайдах барыахтааҕый? Үгүс киһи судаарыстыба өттүттэн туох көмө оҥоһуллуохтааҕын билбэт. Онтон-мантан аймахтара эҥин көмөлөспүт харчытынан көмөллөр дии.
— Дьэ бу биһиги тыҥаан турар тыын боппуруоспут диэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, киһи өллөҕүнэ судаарыстыба босхо көмүөхтээх диэн өйдөбүл баар. 8-c нүөмэрдээх Федеральнай сокуон 9-с ыстатыйатыгар ити туһунан сурулла сылдьар. Онно олоҕуран “Дьокуускай куорат” уокуругун дьаһалтата сыллата гарантированнай испииһэк сууматыгар дьаһал таһаарар. Ол гынан баран, хомойуох иһин, биһиги куораппытыгар ити сокуон олоххо киирбэккэ турар. Биричиинэтэ харчы суох диэн буолар уонна үчүгэйдик бу улахан кыһалҕалаах социальнай кыһалҕа диэн өйдүү иликтэр. Дьиҥинэн, бу биир саамай улахан социальнай боппуруоһу былаас өттүттэн өйдүөхтээхтэр, өйүөхтээхтэр.
Гарантированнай испииһэк уопсай суумата 16180 солкуобайга тэҥнэһэр. Ити суума быһа холоон икки гына хайдар. Ол курдук, пенсионер өллөҕүнэ 8325 солкуобай 06 харчыны РФ Пенсионнай фонда Федеральнай сулууспата төлүөхтээх. Онтон хаалбыт сууманы, 7854 солкуобай 94 харчыны олохтоох бэйэни дьаһайыныы эбэтэр регион бэйэтэ төлүөхтээх. Суоттаан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы бюджетыттан уонча мөлүйүөн ороскуоттаныан сөп. Мин бу боппуруоһу Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өссө Дьокуускай баһылыга буолан олоруоҕуттан туруорсабын. Билиҥҥи мэр Сардаана Владимировна Авксеньева эмиэ билэр. Үлэ, сүбэлэһии бара турар.
— Чэ, баҕар, кэлин бу сокуон үлэҕэ киирдин. Оччотугар механизма хайдах буолуохтааҕый? Өлбүттээхтэр аан бастаан ханна баран сайабылыанньа эҥин түһэриэхтээхтэрий?
— Үгүс киһи итини билбэт диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо. Судургутук чааһынайдарга бараллар. Оччотугар ити сокуонунан бэриллиэхтээх харчы киниэхэ төлөммөт. Ол иһин биһиги анал (специализированнай) тэрилтэбитигэр кэлиэхтээхтэр. Биһиги кинилэргэ ити ыйыллыбыт сууманы биэрэбит, онтон барыта бүттэҕинэ олохтоох бэйэни салайыныы биһиэхэ төлүөхтээх. Ити барыта сокуоҥҥа сурулла сылдьар. Механизмын боппуруоһа быһаарылыннаҕына орун-оннугар түһүөхтээх.
— Киһини көмүүгэ быһа холоон төһө харчы ороскуоттаныан сөбүй?
— Быһа холоон 25 тыһыынчалаах буоллаххына холкутук, наһаа ыктарбакка көмүөххэ сөп. Ити туох баар буорун хаһыытын, катафалкатын уонна да атыттары киллэрэн туран. Арай хоруоптарын сыаната араастаһыан сөп. Киһи барыта харчылаах буолбатах буоллаҕа, ону өйдөөн өлбүттээхтэргэ, бэйэлэрэ да ыар аһыыга сылдьар дьоҥҥо, арыый чэпчэтии буоллун диэн судаарыстыба өттүттэн көмө оҥоһуллар.
— Оттон сахалар “куһаҕаннык” өлбүт диэн суицидтаан өлбүт киһини үс эҥин хонугу тутуспакка бэрт түргэнник көмө охсон кэбиһэллэр. Итинник түбэлтэҕэ эһиэхэ кэлэн көмүү чааһыгар көмө көрдүөхтэрин сөп дуо?
— Бокуонньук хайдах өлбүтүттэн тутулуга суох син биир бу сокуон тутуһуллуохтаах. Судаарыстыба хаалбыт аймахтарга, бэйэтин гражданнарыгар көмө оҥоруохтаах буоллаҕа.
— Оттон крематорий боппуруоһа биһиги куораппытыгар сөп түбэһиэ дуо?
— Итиннэ дьон икки көрүүлээх буолуон сөп диэн сыаналыыбын. Онтуҥ итэҕэлгиттэн эҥин тутулуктаах буолуо. Саха дьоно ылыналлара ыарахан соҕус буолуон сөп. Биир өттүттэн ылан көрөр эбит буоллахха, экологическай өттүнэн үчүгэй дьаһал буолуо этэ. Ол гынан баран, крематорий баар куораттарыгар кыайан ситэри-хотору туттуллубакка кэккэ кыһалҕалаахтар. Холобур, Ижевк куоратыгар крематорий бэйэтин үлэлиир кыаҕыттан нэһилиэнньэ 5 эрэ бырыһыанын хабар эбит. Онон манна тиийиэхпит ыраах.
— 2019 с. саҥа Федеральнай сокуон таҕыстаҕына, медицинскэй тэрилтэлэргэ панихида буолуо суохтаах диэн суруллар дии? Биһиэхэ ити боппуруос хайдах балаһыанньаҕа турарый?
— Биһиги куораппытыгар сүнньүнэн медицина национальнай кииниттэн, уонна Стадухина уулуссаҕа баар өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа территорияттан таһаараллар. Ити эмиэ кэлэр кэккэ сылларга сабыллан олох саҥа туспа, аныгылыы хабааннаах “Похороннай дьиэ” диэн тутуллуохтаах. Онно хас да саалалаах, туох баар ритуалга туттуллар техникалар, мамыыҥка оҥорор, аһын буһарар остолобуойдаах, косметическай хостоох уонна да атын оборудованиелардаах, быһата улахан тэрилтэ баар буолуохтаах.
— Чааһынай ритуальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэрдиин хайдах үлэлэһэҕитий?
— Билигин балаһыанньа олох үчүгэй. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү бэрээдэгинэн барар. Кинилэр сокуон хараҕынан салайтаран туох баар өҥөнү барытын оҥороллор. Оннооҕор манна алҕас оһолго өлбүт омук киһитин кытта дьаһайан, самолетун кэпсэтэн ыытар дьон буоллахтара. Сайдан иһэллэр, урут УАЗ-ик катафалкалаах буоллахтарына, билигин “Форд”, “Мерседес” массыыналаахтар. Кинилэргэ махталлаахпыт.
— Түмүккэ, былаас өттүттэн оччоҕо көмө баар буолуох курдук дуо? Туруорсар боппуруостаргын өйүөхтэрэ дуо?
— Эрэл кыыма баар. Мин Саҥа дьыл иннигэр Дьокуускай баһылыга Сардаана Владимировналыын кэпсэтэ сылдьыбытым. Онно кини сүрдээх үчүгэйдик бэйэтин философскай санаатын, толкуйун: “По состоянию кладбища оценивают градоначальника”, – диэн эппитэ.
— Кэпсэлиҥ иһин махтал.
Кэпсэттэ Александр ЛУКИН.
|