Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 26 » Олорор сиргин үчүгэйдик көр: радон сахаларга төһө кутталлааҕый?
Олорор сиргин үчүгэйдик көр: радон сахаларга төһө кутталлааҕый?
05:59
 Олорор сиргин үчүгэйдик көр: радон сахаларга төһө кутталлааҕый?

Пётр ИВАНОВ.Покровскай к.

Соторутааҕыта искэн ыарыыны утары охсуһуу күнэ буолан ааста. Телевизорынан, радионан, хаһыат нөҥүө кэпсэтии бөҕө буолла. Мин биир бэйэм бу уодаһыннаах ыарыыттан аймахтарбын, табаарыстарбын сүтэрбит киһи быһыытынан, бу ыарыы сайдыытын олус куттана-салла иһиттим, аахтым.

Аҕыйах нэһилиэнньэлээх Сахабыт сиригэр бу ыарыы, кэнники 20 сылга 3 төгүл улааппыт, хас 6 чаас аайы биир киһи өлөр, хас 3 чаас аайы саҥа ыарыһах булуллар. Бу дьоммут үгүстэрэ олохтоох, тыа сирин дьоно, киһи дьиксинэрэ искэн эдэр дьону, оҕолору хабара элбээбит.

Үөрэхтээхтэрбит, эмчиттэрбит ыарыы биричиинэтин экология мөлтөөһүнүнэн, аһыыр ас уларыйыытынан, табах, арыгы дьайыытынан быһаараллар. Баҕар буолуо эрээри, мин техническэй идэлээх киһи көрүүбүнэн ыарыы сорох көрүҥэ отой атын биричиинэттэн сайдар быһыылаах дии саныыбын. Ханнык даҕаны журналист талаана суоҕум иһин, тус бэйэм толкуйдарбын хаһыат нөҥүө боростуой ааҕааччыга тиэрпит киһи, баҕар, кимиэхэ эрэ бэрт кыра да буоллар туһаны аҕалыа диэн санааттан суруйарга сананным.

Бу төрөөбүт Аан ийэ дойдубутугар, космос түгэҕэ биллибэт далайыгар радиация диэн тыынар тыыннаахха, үүнээйигэ, ол эбэтэр үөрэхтээхтэр этэллэринэн биологически активнай эттиккэ өлөр өлүүнэн дьайар физическэй көстүү баар. Таҥара биһигини үөскээтиннэр диэн бу көстүүттэн көмүс ньээкэ уйабытын, Сири көмүскэллээх гына айбыт. Ол гынан баран радиация сорох көрүҥэ сир олохтоох харамайдарыгар син биир кыратык дьайар эбит, ол дьайыыта биһиги бэйэбит буруйбутунан сороҕор улаатан хаалар түгэннэрэ бааллар уонна киһи олоҕор, доруобуйатыгар кутталы оҥоруохтарын сөп.

Радиация ханнык көрүҥэ киһиэхэ дьайар эбитий диэтэххэ; сиртэн бэйэтиттэн тахсар, космостан кэлэр, киһи бэйэтин буруйуттан, техногеннай дэнэллэр, медицинскэй чинчийиилэртэн рентген, флюорография сардаҥалара буолаллар. Балартан саамай кутталлаахтара уонна күүстээхтэрэ сир почватыттан тахсар сардаҥалар буолаллар уонна киһи биир сылга ылар сардаҥатын 53% тиийэллэр. Киһи бу сардаҥаны радон диэн Менделеев таблицатыгар баар радиоактивнай газ нөҥүө ылар.

Радон газ соҕотох радиоактивнай газ буолар, салгынтан 7,5 төгүл ыарахан, ууга олус үчүгэйдик суураллар, сыта да өҥө да суох инертнай эттик. Бу газ айылҕаҕа хайдах үөскүүрүй, Сир үрдүгэр олус тэҥник тарҕана сытар уран диэн эттиктэн радий диэн эттик үөскүүр, радийтан радон газ үөскүүр. Радон сир үрдүгэр олорор болдьоҕо 3,5 суукка, ол эрээри уран элемент активноһа (полураспад) 4,5 миллиард сыл барар, онон радон үөскээһинин процеһа үйэлэр тухары тохтоло суох барар. Холобур 6 суотай иэннээх 1 миэтэрэ дириҥнээх уһаайба сирин объёмугар 2 киилэ уран баар бу 2 киилэ уран 4,5 миллиард сыл радону таһаара сытар.

Тыа сиригэр саха ыалын дьиэтэ үксүгэр сир үрдүгэр, хара муостата суох тутуллар, хортуоппуй уурар подваллаах буолар. Дьэ маннык усулуобуйаҕа бу газпыт мунньустара улаатар. Сорохтор ирбэт тоҥҥо радон концентрацията кыра буолар дииллэр, ол эрээри дьиэ аннынааҕы сир ириитэ, уу мунньустуута, эппиппит курдук радон ууга олус үчүгэйдик суураллар уонна ууну кытта ханна баҕарар тиийэр. Ордук ардахтаах дьылларга күһүн, саас тыа сиригэр, саха ыалын дьиэтигэр радон концентрацията нуорманы таһынан улаатара бэлиэтэнэр.

Радиация киһиэхэ буортутун туһунан төһө баҕарар суруйуохха сөп, аныгы киһи информационнай эйгэттэн төһө баҕарар билиини-көрүүнү ылыан сөп, АХШ, Канада, Скандинавия дойдуларын учуонайдара искэнинэн ыалдьыы биричиинэтин 20% радон газтан тутулуктаах дииллэр уонна онно сөптөөх анал программанан үлэни ыыталлар. Биһиги дойдубутугар 1996 сыллаахха бу кутталы өйдөөн, нэһилиэнньэ радиоактивнай куттала суох буолуутун туһунан сокуон ылыныллыбыта эрээри күн бүгүнүгэр диэри кыайан үлэлээбэккэ кэллэ. Тутууга олохтоммут нормативтар тутуһуллубаттар, нэһилиэнньэ олоҕун анаан үөрэтии ыытыллыбат, ол түмүгэ олус хобдох буолара көстөн таҕыста. Билигин кыһамматахха 20 сыл иһигэр 3 төгүл улааппыт искэн ыарыыта аны 20 сылынан хас буолуой.

Бу газ куттала үөскэтэр искэннэрэ газ салгыҥҥа ахсааныттан (концентрация) тутулуктаахтара буолар. Холобур 200 условнай (биир усл. единица = 1 беккерель/м3) лейкоз ыарыыны, 300 у.е. тыҥа искэнин үөскэтэллэр, холобур киһи табахтыыр буоллаҕына дьиэ иһигэр радон концентрацията үрдүк (300 у.е.) буоллаҕына көннөрү киһитээҕэр тыҥа искэнинэн ыалдьар куттала 15 төгүл үрдүк буолар.

Билигин олох сайдан сахалар түөлбэлээн олорор киин, Илин Эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустарыгар дьиэлэри газтааһын, киин ититиигэ холбооһун үлэтэ күүскэ ыытыллан эрэр. Олорор чааһынай дьиэлэр орто температураларын сууккатааҕы көрдөрүүлэрэ 20% тиийэ улаатар, ол түмүгэр дьиэлэр анныларыгар сир араҥатын ириитэ күүскэ барар. Дьиэлэр тимириилэрэ улаатар, ону кытта тэҥҥэ радон мунньустуута дьиэ иһигэр улаата турар. Бу газпыт дьиэ иһигэр водопровод уутун, айылҕа гаһын кытта дьиэ иһигэр эмиэ киирсэр эбит, ол түмүгэр газ концентрацията 5% тиийэ эбиллэр.

Искэн ханнык көрүҥнэрин үөскэтэрий диэтэххэ: 1. Тыынар органнар искэннэрэ. 2. Лейкоз. 3. Дьахтар түөһүн искэнэ. 4. Түөс былчархайын искэнэ (щитовидная железа). Аан дойдуга радоновай кутталы намтатыы экология боппуруоһугар кэнники 20 сылга маҥнайгы миэстэҕэ таҕыста, арай хаһан баҕарар буоларын курдук биһиги дойдуга бу боппуруоска туох да күттүөннээх үлэ ыытыллыбат. Бэл онколог эмчиттэрбит маннык проблема баарын билбэппит дииллэр. Үөрэхтээхтэрбит ортолоругар радон киһиэхэ туох да буортута суох, төттөрүтүн туһалаах дииллэр, “радоновай санаторийдар бааллар дии” дэһээхтииллэр.

Түмүкпэр саҥа дьиэ оҥостооччуларга маннык кыракый сүбэлэри биэриэм этэ. Дьиэҕитин сиртэн сибээһэ суох гына хара муостанан оҥостуҥ, эбэтэр кыаллыбат буоллаҕына салгыны аһарбат матырыйаалынан хаттыктаан, газовай котёлгутун дьиэттэн туспа тута сатааҥ. Өйдөөҥ, радиация дьайыыта 10-20 сылынан биирдэ биллэр, бу барыта эһиги оҕолоргутугар, ыччаттаргытыгар дьайан тахсыахтааҕын күүскэ өйдүөх кэриҥнээххит. Бу боппуруоска кэпсэтии олус киэҥ буолуохтааҕа өйдөнүллэр, онон хаһыат нөҥүө кэпсэтэргэ ыҥырабын.
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 1052 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 12
Ыалдьыттар (гостей): 12
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024