Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Бэс ыйа » 12 » Тыа хаһаайыстыбатын туһунан
Тыа хаһаайыстыбатын туһунан
18:22
Тыа хаһаайыстыбатын туһунан

ТХМ үлэни көҕүлээһин сүрүн принцибын, хайа баҕарар төлөбүр, ол иһигэр бюджеттан субсидия быһыытынан өйөбүл харчытын тириэрдии үлэ бүтэһиктээх түмүгэр туһаайылыннаҕына эрэ туруоруллубут сыалы-соругу ситиһиигэ кодьүүстээх буолуохтааҕын, эмиэ, оччоттон-баччааҥҥа дылы, диирбитигэр тиийэбит, аахсыбакка, суолта биэрбэккэ кэллэ.
Атыннык эттэххэ бородууксуйаны оҥорууга тахсар бары ороскуоттар барыта түмүллэн, хомуллан (себестоимость) сыана саппат ирээтэ биир субсидия ставкатын быһыытынан төлөнүөхтээх, ол эбэтэр үүт буоллаҕына киилэ үүккэ, ынах, биэ төбөтүгэр буоллаҕына биир төбөҕө уонна үүнээйи көрүҥнэринэн биир гектар бааһынаҕа ставкатын кээмэйдэрэ быһаарыллыахтаах. Онтон ордук ханнык да атын ойогос төлөбүрдэр суох буолуохтаахтар. Билигин этэллэринэн сүүһүнэн араас субсидия көрүҥэ баар, дииллэр.

Ол аата, өйөбүл харчытын аһара бытарытыы суотугар ыытыллар үлэни-хамнаһы барытын биир сүрүн сыалга эти-үүтү, үүнээйи көрүҥнэрин элбэтэн онно олоҕуран үлэһиттэр дохуоттара үрдээһинин ситиһиигэ туһаайыыга, төлөбүр түмэр, көҕүлүүр күүһэ биллэ намтыыр. Атын үлэттэн ботуччу дохуоттанар кыах баар буоллаҕына ким баҕарар ону туһана сатыыра бааламмат. Ол гынан баран сүүһүнэн субсидия баарын, төлөнөр усулуобуйатын хас киһи барыта билэн, ону туһанар инниттэн  кэскиллээхтик ылсан, олохтоохтук дьаһанан үлэ-хамнас ыытарын саарбахтыыбын.  Биллэн турар ылааччылар, туһанааччылар хас биирдии субсидия көрүҥэр хайдах тиксиэххэ сөбүн үчүгэйдик билээччилэр баар бөҕө буоллахтара дии.

Ол эрээри, маннык балаһыанньа хас биирдии үлэһит көмө харчытыгар тиксэригэр барыларыгар биир тэҥ усулуобуйа үөскэтиллиэхтээх (равнодоступность) принцибэ төрдүттэн кэһиллиитэ таһаарыллар, онтон оннук сыһыан уопсай дьыала хаамыытыгар охсуута, күлүк өрүтэ эмиэ элбэх. Уопсайынан даҕаны биллэрин курдук, үбүлээһиҥҥэ харчы тиийбэт буолан сүрүн көрүҥнэргэ, ол иһигэр үүккэ сыаналар ырааҕынан ороскуоттарын саппаттар. Ол бириэмэҕэ араас быстах-остох ороскуоттары үбүлээһини таһынан өссө эбии элбэх сүүһүнэн мөлүйүөн үбү-харчыны  эрэйэр ханнык эрэ саарбах тэрээһиннэри былааннааһыны киһи өйдөөбөт. Ол аата дьыала харчы тиийбэтигэр буолбатах эбит, диэн сыана быһыахха эрэ сөп.

Маныаха ТХМ үлэлиир истиилигэр тохтоон ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, бу уһун сыллар усталарын тухары нэһилиэнньэ араас араҥатын өттүттэн бэчээт нөҥүө уонна мунньахтарынан төһөлөөх элбэх баар итэҕэстэргэ уонна олору туоратар дьаһалларга туһаайыллыбыт этиилэр оҥоһулуннулар. Кинилэр итэҕэстэри эрэ этэр буолбатахтар, ону туоратар суоллары-иистэри тобула, торумнуу сатыыллар. Салалта онуоха улаханнык долгуйбат, туруоруллубут проблемаларга бэйэтин санаатын, көрүүтүн иһитиннэрбэт. Т/х үлэтин дьарык оҥостубут нэһилиэнньэ киэҥ араҥата  дохуота быстар намтааһыныгар, ол түмүгэр  дьон үлэттэн тэйэ туттуутугар биллэрдик сабыдыаллаабыт улахан ороскуоттаах дьаһалларбыт хайдах, туох түмүктээх буолбуттарын билбэппит. Самолетунан тиэллэр омукпут ынахтара, ону таһынан атын уобаластартан булбут эҥинэ бэйэлээх боруода сүөһүлэрбит ханна тиийдилэр, аатырар «көмүс хотоннорбут»,  «дыбарыас переработкабыт сыахтара», биирдиилээн хаһаайыстыбаларга түҥэтиллибит элбэх мөлүйүөннээх араас граннарбыт уо.д.а. барбыт тутуулар, үлэлэр туох түмүктээх, көдьүүстээх буоллулар, эбии төһө элбэх үлэ миэстэтэ таҕыста, үлэһиттэр дохуоттара төһөнөн улаатта, эт-үүт эбиллиитэ хайдаҕын туһунан информация суох.

Бу боппуруостарга дьөрү үрдүкү салалта даҕаны отчуоттаппыта, сыана быспыта иһиллибэт. Хайа баҕарар дьыалаҕа хонтуруол, эппиэтинэс боппуруоһа турбат буоллаҕына бас баттах барыы, ханнык эрэ саарбах хамсаныылар, талбытынан дьаһаныы баар буолар уонна өссө дириҥээн, кэҥээн иһиэн сөп. Бүгүҥҥү күннээххэ оннук быһыы-майгы баара бэлиэтэнэр, көстөр, диэн быһаччы этиэхтээхпит. Онтон тыа сирин экономикатын туллар тутааҕа, тыын боппуруоһа атыылаһыллар сыаналары быһаарыыга саамай олоҕуруохтаах, төрүөт буолуохтаах, бородууксуйа бэйэҕэ турар ороскуота (себестоимость) бу сыллар тухары сэттэ бэчээттээх кистэлэҥҥэ кубулуйда.

Дьиҥинэн, хас биирдии үлэ формаларынан бааһынай, түмсүүлээх, кэтэх хаһаайыстыбалар биир киилэ үүтү, эти оҥорууга биир төбө сүөһүнү, сылгыны көрүүгэ уонна үүнээйи культураларын араастарынан баар усулуобуйаҕа уонна туттулла турар технология быһыытынан олохтоммут нуормалаах (нормативнай себестоимость) ону тэҥинэн дьиҥнээх баар (фактическай) ороскуоттара, көрүллэр сүбсидия ставкатын кээмэйдэрэ быһаарыллан бэчээт нөҥүө бириэмэтигэр дьон билиитигэр-көрүүтүгэр тахсан иһэллэрэ эбитэ буоллар быдан итэҕэтиилээх, дьайыылаах буолуохтаах этэ. Билигин дьоннор туораттан бэйэлэрэ ааҕан көрөн үүт себестоимаһа төлөнөр сыанаттан икки бүк курдук ыараханын ыйаллар. Кырдьык оннук, эбэтэр сыыһа, диэн салалтабыт баар балаһыанньаны чуолкайдыырга наадыйбат. Дьиҥинэн сыана таһыма оҥоһуллар ороскуоту ырааҕынан толуйбата көстөн турар, ону биллэр биричиинэнэн салалтабыт аһаҕастык билиниэн баҕарбат.

Маны таһынан, тэрийэ, соҥнуу сатыыр түмсүүлээх хаһаайыстыбалар үлэлэрэ таһаарыылаах, көдьүүстээх диэн сыаналаан инники сайдыыны ону кытта ситимниир буоллахпытына, кинилэр сыллааҕы производственнай-финансовай үлэлэрин түмүгүн үчүгэйдик ырытан, эмиэ дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыллыахтаах. Дохуоттара, ороскуоттара хайдаҕын, төһө барыс аахсыбыттарын, бюджет биир ынахха тиксэр көмөтүн кээмэйин, хамнастарын таһымын о.д.а. сүрүн көрдөрүүлэринэн сыана быһан, баҕар кырдьык дьоннор бэйэлэрэ турунар, тэринэр өйгө кэлиэхтэрин сөп. Онтон биллибэтинэн, көстүбэтинэн бары өттүнэн өйөбүл оҥоро олорон үлүбээй кинилэр үлэлэрэ көдьүүстээҕин, үтүө көрдөрүүлэрдээҕин туһунан кэпсиир, дакылааттыыр буоллахха үрдүкү салалтаны, нэһилиэнньэни муннарыы, сыыһа суолга үктэтии буолар. Оннук буолар түбэлтэтигэр тыа сирин инники дьылҕатыгар  кыайан көммөт ыарахан охсуу оҥоһуллуон сөп. Маныаха барытыгар оҥоһуллар дьаһаллар, ыытыллар үлэлэр түмүктэрин эрдэттэн дириҥник ырытан, ааҕан-суоттаан, дьайыытын ыраахха дылы быһааран көрө үөрэтэ олоруохтаах, салалтаҕа хайдах баарынан тириэрдиэхтээх, этиилэрин киллэриэхтээх, быһатын эттэххэ арбитр оруолун толоруохтаах экономика министиэристибэтин оруола баара көстүбэт. Арааһата эмиэ, балаһыанньа наһаа куһаҕана суох, хаачыстыбаннай көрдөрүүлэр тупсууларын суотугар оҥоһуллар бородууксуйа кээмэйэ үүммүтүн уонна өссө да элбиир кыахтааҕын кумааҕыга уруһуйдаан, бигэргэтэн дакылааттыыр бадахтаах.

Үтүмэн элбэх үп кутуллан улуустарга тутуллубут улахан кыамталаах астыыр-таҥастыыр (переработка) сыахтар эт-үүт оҥорооччулар дохуоттара үрдээһинигэр киллэрэр кылааттара, сымнатан эттэххэ, сэмэй буолла. Маныаха эмиэ рынок ирдэбиллэрин аахсыбат буолуу, үөһээттэн олоҕо суох дьаһамсыйыы, биирдиилээн салайааччылар саарбах амбицияларынан салайтарыы сүрүн төрүөтүнэн буоллулар. Ол курдук, улуустарга соҕотох соҕотуопкаһыт, диэн ааттаан монополистары үөскэтии, ханнык да күрэстэһэр эйгэни төрдүттэн суох оҥоруу, төһө да кооператив аатын сүкпүттэрин иһин, кинилэр чилиэттэрин интэриэстэринэн салайтаран буолбакка төттөрүтүн  соҕотуопкалыыр тэрилтэ ханнык эрэ корпоративнай бэйэтин интэриэстэрин соҥноон кооператив атын чилиэттэрин үлэлэрин түмүгүн туһанан кэллэ.

Кинилэр тэриллибит саамай сүрүн соруктара соҕотуопкаламмыт аһы-үөлү астаан-таҥастаан рынокка сөптөөх сыанага батаран үүт, эт атыылаһыллар сыанатын үрдэтэн оҥорон таһаарааччылар дохуоттарын улаатыннарыыны ситиһии эбит буоллаҕына, ол боппуруоска төрдүттэн үлэ барбакка, кыаллыбакка кэллэ. Баччааҥҥа дылы ыаммытынан үүт атыылаһыллар сыанатын уонна рынокка батарыллар сыанатын икки ардыларынааҕы улахан араастаһыыта ханна иҥэрин-сүтэрин ким даҕаны олохтоохтук, киһини итэҕэтэр гына быһааран биэрэ илик. Эмиэ дьону муннарар сыалтан үүт туттараачыларга анаммыт бюджет көмө быһыытынан биэрэр субсидия харчытын бэйэтин төлүүр сыанатыгар эбии тутан холбоон, бу барыта мин төлүүр атыылаһар сыанам, диэн буккууру таһаараллар. Бу ханнык да финансовай, экономическай ирдэбиллэргэ сөп түбэспэт дьыаланы ким даҕаны тутуспат, көннөрбөт. Соҕотуопкаһыт үлэтигэр-хамнаһыгар сыана быһарга, кинилэр араас суол  быыстапкаларга, дьаармаркаларга кыттан кыайыылара-хотуулара эрэ буолбакка, саамай сүрүн соҕотох сыаналыыр критерий үүтү, эти хаһаайыстыбалартан, нэһилиэнньэттэн атыылаһар сыаналарын кээмэйэ, таһыма буолуохтааҕа умнууга хаалар.

Бу быстах ырытыылартан көстөрүн курдук т/х маннык ыарахан турукка киириитигэр урукку өттүгэр салайыыга, тэрээһин боппуруостарыгар таһаарыллыбыт бөдөҥ итэҕэстэрэ  учуокка ылыллан олору туоратарга турунуу баара көстүбэт. Дьон өйүн-санаатын уһугуннарар, үлэҕэ тардыһыытын көҕүлүүр ураты дьаһаллар оҥоһуллубатылар. Онон тупсууну, сэргэхсийиини кэрэһэлиир хамсааһын тахсыах сибикитэ билигин да биллибэт. Төттөрүтүн кризиһы өссө дириҥэтэр, эстиини түргэтэтэр үлэ хайысхаларын тутуһуу баара бэлиэтэнэр.

Уопсай түмүк оҥорон эттэххэ т/х отучча сылы быһа тохтоло суох таҥнары түһүү суолунан айаннааһынын төрүөттэрэ барыта обьективнайдар, биһигиттэн улахан тутулуга суох рынок, эбэтэр урбанизация, глобализация  дьайыылара буолаллар, диэн этэргэ улахан төрүөт суох курдук. Биллэн турар, хайа эрэ чааһа баара чахчы, ол гынан баран, кинилэр быһаарыылаах оруоллаах буолбатахтара бу да суруйууттан көстөр курдук.

Мин санаабар манна этиллибит итэҕэстэр тыа сиригэр үлэ киһини тардар күүһэ (привлекательность) муҥутуур түһүүтүгэр тириэртилэр, онон дьон үлэттэн тэйиитэ, олох-дьаһах сатарыйыыта, мөлтөөһүнэ салҕанан бара турар. Онтон туох барыта үлэлээбэт, хамсаабат буоллаҕына сайдыбат, кэхтэр, эстэр эрэ аатыгар барара кимиэхэ барытыгар өйдөнөр суол, билиҥҥи да баар быһыы-майгы ону туоһулуур. Ол иһин, бастатан туран дьону-сэргэни уһугуннарар, күүстээх үлэҕэ өрө туруорар ураты дьаһаллар, механизмнар тобуллан уталыппакка олоххо киллэрэр тэрээһин үлэни ыытыы республика былааһын уоргаттарын бары таһымнарын бүгүҥҥү күннээх  бастакы уочараттаах соруктарынан буолуохтаах.

Билигин, биллэрин курдук туох баар көрүллүбүт үп ороскуотун ыстатыйаларын быһаарыы уонна кинилэр кээмэйдэрин, тириэрдиллэр механизмнарын чочуйууну барытын ТХМ оҥорор, дьаһайар. Онтон көстөрүн курдук, туох баар үбү-харчыны, баайы-дуолу дьаһайар боломуочуйалары барытын биир кииҥҥэ түмүү, сүрүннүү сатааһын көдьүүһэ суоҕун күн бүгүҥҥү, салаа ыарахан турукка киириитэ дакаастыыр. Этэллэрин курдук, ТХМ былыргы биир улахан сопхуос курдук үлэлээн кэллэ, эккирэтэ сылдьан бары быыһы-хайаҕаһы бүөлүү сатыыртан ордубат, быыс булбат, рынок ирдэбиллэригэр эппиэттээбэтин ааһан утарар дьаһаллар, сыыһа-халты үбүлээһин тахсыылара элбэхтэр.  Маннык быһыы-майгы көнөрүгэр, кинилэр үлэлэрин хонтуруоллаһын, отчуоттатыы, эппиэтинэс боппуруоһун туруорууга алларааттан сибээс, тутулуктаах буолуу ханнык да механизма суох. Ол иһин,  үөһээҥҥилэр тугу да аахсыбакка биир өттүттэн аҥардастыы айбардааһыннара бара турар уонна тохтуо да суоҕа.

Мин санаабар, баар балаһыанньаны көннөрөгө саамай суолталааҕынан уонна хамсатыылааҕынан тыа хаһаайыстыбатын республика бюджетыттан  өйөөһүҥҥэ көрүллэр үбү дьаһайыы бэрээдэгэ уонна төлөнөр усулуобуйалара төрдүттэн уларыйыыта буолуохтаах. Ол инниттэн т/х өйөөһүҥҥэ республика бюджетыгар көрүллүбүт тустаах подраздел үбүн дьаһайыы боломуочуйата улахан өттө нэһилиэктэр таһымнарыгар олохтоох бэйэни салайыы уоргаттарыгар бэриллиэхтээх. Ол аата хас биирдии нэһилиэккэ республика бигэргэппит нормативтарыгар олоҕуран бэйэлэрин ирээттэригэр тиксэр үбү туһаныы бэрээдэгин, механизмнарын бэйэлэрэ тобулан быһаарыналларыгар быраап бэриллиэхтээх.

Холобурун диэн эттэххэ, республика боломуочуйатыгар, ол эбэтэр ТХМ дьаһайыытыгар племенной дьыала, мелиорация, ветеринария, ыксаллаах быһыыттан, айылҕа содулуттан тахсыбыт ночооту туоратыыга ону таһынан федеральнай программалары кыттыһан үбүлээһиҥҥэ көрүллүбүт тустаах ороскуот ыстатыйалара эрэ хаалыахтаахтар. Биллэн турар, мин үбүлээһин бэрээдэгин принцибын эрэ этэбин, дьиҥнээҕэр ити этиллибиттэри таһынан ханнык эмэ республика эрэ дьаһайдаҕына табыллар ороскуоттара эмиэ баар буолан хаалыахтарын сөп. Маныаха ороскуоттар кээмэйдэрин быһаарыыга оҥоһуллар эт, үүт онтон да атын т/х бородууксуйатын үбүлээһиҥҥэ приоритет бэриллиэхтээх. Ол аата, тустаах үлэ көрүҥнэринэн үбүлээһин кээмэйин быһаарыыга бастакы уочарат ити этиллибит бородууксуйалар оҥоһуллар ороскуоттарын сабарын ааһан рентабельнаһын толору хааччыйарга эппиэттиир үп-харчы көрүллүөхтээх. Ол эрэ кэнниттэн бюджетка төһө үп ордоруттан көрөн атын ойоҕос ороскуоттар хас биирдиилэрин суолталарынан көрөн үбүлээһиннэрэ быһаарыллыахтаах эбэтэр тохтотуллуохтаах.

Маны таһынан, тустаах ороскуот ИТ быһаарыытынан, эмиэ бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын курдук, көмүскэллээх (защищеннай)  ыстатыйа статуһун ылыахтаах. Ол эбэтэр, ханнык да түбэлтэҕэ кини кээмэйэ кыччатыллыа суохтаах уонна олохтоммут бэрээдэгинэн хойутааһына, тардылыга суох үбүлээһинэ хааччыллыахтаах. Бюджет харчытын нэһилиэктэринэн тыырыы биир төбө ынахха, биэҕэ, биир гектар ыһыы иэнигэр кинилэр нуорма быһыытынан ороскуоттарыгар (нормативнай себестоимость) олоҕуран быһаарыллыахтаах. Маныаха хаһаайыннааһын араас формаларынан кэтэх, бааһынай, түмсүүлээх, диэн араарбакка араас хааччахтыыр критерийдары олохтообокко барыларыгар биир тэҥ сыһыан, биир тэҥ сыаналар олохтонуохтаахтар. Онтон биирдии хаһаайыстыбанан, үлэһитинэн тиксиэхтээх механизмын хас нэһилиэк аайы 25 киһиттэн итэҕэһэ суох чилиэннээх туох даҕаны үбү-харчыны эргитэр бырааба суох общественнай төрүккэ олоҕурбут т/х сайдыытын сүрүннүүр Сэбиэт тэриллэн, кини быһаарыахтаах. Онтон Сэбиэт чилиэттэринэн нэһилиэк депутаттара, идэлээх специалистар, уһун сылларга үлэлээбит уопуттаах бааһынай, кэтэх уонна түмсүүлээх хаһаайыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ, биирдиилээн активистар  буолуохтарын сөп.

Салайааччынан талыллыбыт киһи дьаһалтаҕа т/х специалиһын дуоһунаһыгар ананар бэрээдэгэ олохтоноро уопсай үлэ хаамыытыгар көмөлөөх, көдьүүстээх буолуо этэ.  Ханнык даҕаны үүт, эт туттарыытын былаана тириэрдиллиэ суохтаах, хас биирдии Сэбиэт сүрүн төлөбүрү төбөҕө эбэтэр  бородууксуйаҕа оҥорорун, хайата кинилэр усулуобуйаларыгар табыгастааҕынан көрөн бэйэтэ көҥүллүк быһаарыныахтаах. Мин көрөрбүнэн сүөһү төбөтүн ахсаана быстар аҕыйаабытынан, ходуһа, мэччирэн сирдэри туһаныыны кэҥэтэр туһуттан уонна рынок усулуобуйатыгар сөп түбэһэринэн ынах, биэ төбөтүгэр субсидия ставката оҥоһуллан ону көҕүлүүр табыгастаах буолуон сөп этэ. Ол эрээри, эппитим курдук нэһилиэктэр биир улуус да иһигэр хаһан да эргиччи тэҥ балаһыанньалаах буолбаттар, онон халыып курдук биир тэҥ усулуобуйаны үөһээттэн соҥнуу, олохтуу сатаабакка быһаарыналларыгар бэйэлэригэр кыах биэрбит бары өттүнэн табыгастаах. Кэлин ханнык механизм ордуктааҕа, нэһилиэнньэ дохуоттарын таһыма хайдаҕыттан, нэһилиэктэр социальнай-экономическай сайдыыларын түмүктэриттэн көстөн, сөптөөх түмүктэри оҥостон иһиэхтэрэ. Маннык дьаһаллар бородууксуйа кээмэйэ билиҥҥи таһымытан түһүүтүгэр тириэрдиэхтэрэ суоҕа, төттөрүтүн сүөһү сылгы элбээһинэ биир оччонон эт, үүт эбиллиитигэр тириэрдэрэ чахчы, арай кумааҕыга отчуоттуурга уустуктардаах буолуон сөп.

Манна даҕатан эттэххэ, билигин көстөр төбө ахсаанын отчуоттарыгар тирэҕирэн үбүлээһин кээмэйэ быһаарыллар кыаҕа суох. Ол курдук, ааспыт сылларга араас ведомствалар отчуоттара араастаһыылара улахан этэ, салалтаҕа үчүгэй буолан көстөөрү элбэҕи эбэн-сабан суруйаллара биллибитэ. Билиҥҥи бириэмэҕэ учуот, отчуот боппуруостарыгар ирдэбил, эппиэтинэс быстар мөлтөҕүнэн балаһыанньа көммүтүгэр итэҕэйэргэ ханнык да төрүөт суох. Баһылык уларыйыытыгар хаһаайыстыбаны тутуһуу бэрээдэгинэн  чуолкайдааһын үлэтэ барыахтааҕа кыаллыбата.  Ол гынан баран республика таһымыгар үбүлээһин бэрээдэгэ уларыйыытын туһунан быһаарыы ылылыннаҕына, нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүнэн тустаах комиссиялары тэринэн бэрт түргэнник чуолкайдыыр кыахтаах.

Уопсайынан, үп-харчы, уопсай баай-дуол хамсааһыннарыгар, олору туһаныыга нэһилиэнньэ хонтуруола туохтааҕар да кытаанах, көдьүүстээх буолуоҕа. Уҥа-хаҥас хамсанар улаханнык уустугуруоҕа, норуот хараҕа кыраҕы, диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ааттаммыт сүрүн бородууксуйалары оҥорууну үбүлээһиниттэн ордор өттүн, эмиэ атын ороскуоттартан урутатан, оҥорон таһаарыыны кытта быһаччы сибээстээх үлэлэргэ туһаайыллыахтаах. Ол курдук ходуһа, бааһына сирдэрин тупсарыы, күрүөлээһин ол иһигэр өттөөһүнү тэрээһиннээхтик ыытыыга, бөһүөлэк тас өттүгэр үлэ базатын тэринээччилэргэ, т/х саҥа салааларын баһылааһыҥҥа көмө, куораттан, улуус кииннэриттэн көһөн тахсааччыларга өйөбүл о.д.а буолуохтарын сөп. Ходуһалаах дьоннору түмэн анал биригээдэлэри тэрийэн, үбүлээһин оҕотун көрөн ити уонна атын да хайысхаларынан төһө баҕарар үлэлэһиэххэ сөптөөх.

Өскөтүн үбүлээһин сүөһү, сылгы төбөтүгэр оҥоһуллар түбэлтэтигэр дьон босхо, көҥүл барыыта тахсыаҕа, ол эбэтэр урут үүт туттарар кыһалҕата кинилэри бөһүөлэктэр истэригэр бааллан олороругар кыһайбыт буоллаҕына, бу түбэлтэнэн туһанан өлбүгэ сирдээхтэр алаастарыгар, үрэхтэригэр тахсан олохтоохтук оҥостон олохсуйуохтарын баҕалаахтар баар буолан иһиэхтэригэр биир бэйэм саарбахтаабаппын уонна норуот инники олоҕун сайдыытыгар туһалаах, үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыа этэ, дии саныыбын. Онон маннык суолу тутуһуохтарын баҕалаахтар баар буоллахтарына бары өттүнэн биһирэниэхтээҕин, өйөнүөхтээҕин ааһан, ону көҕүлүүр анал программа ылыныллан ол чэрчитинэн үлэ барара хамсааһын тахсарыгар улахан көмөлөөх буолуо этэ.

Бу боппуруоска тустаахтарга Уьук илин уонна Саха гектарынан көрүллүбүт көмө бэрээдэктэрэ толору туһаныллыахтаахтар. Биллэн туран, маннык дьаһаллар эти, үүтү оҥоруу кээмэйэ улааттар даҕаны государствоҕа, диэн ааттаан туттарыы аччааһынын таһаарыахтарын сөп. Ол эрээри субсидияны ынах төбөтүгэр оҥордоххо ким даҕаны бородууксуйа атыылыырга наадыйыа суоҕа, диэн өйдөбүл олоҕо суох. Киһи аймах туохха барытыгар ситиһиллибитинэн тохтоон, уоскуйан хаалбыта суох, оннооҕор уонунан миллиард доллар баайдаах олигархтар дуоһуйбаттар, тохтооботтор, өссө баайдарын хаҥатаары утуйар ууларын умналлар, тугу да оҥороллорун кэрэйбэттэр. Онтон биһиги тыабыт сирин дьоно күннээҕи да кыһалҕаларын толуммат балаһыанньаҕа сылдьан дохуот үрдэтиниэххэ айылаах туох эмэ быыс-хайаҕас тахсыах буоллаҕына кыһаммакка олорон биэриэхтэрэ, дии санаабаппын. Билигин  үөскээбит балаһыанньаҕа аһы-үөлү дэлэтии, бэйэни хааччыныы боппуруоһа оннук сытыырхайбыт бастакы уочараттаах сорук буолбатах, киһи ас суоҕуттан, тиийбэтиттэн аччыктыыр балаһыанньата суох, дьон дохуота, күннээҕи кыһалҕаларын толунар харчыта суоҕуттан быстарыы тахсар куттала баар.

Биирдиилээн хаһаайыстыбалар бары тус туһунан абына-табына сылдьан бэйэлэрэ дьаһанан атыынан дьарыктаналлара уустуктардаах. Ол иһин маны барытын сүрүннүүр, тэрийэр соҕотуопкалыыр, баҕар астыыр-таҥастыыр, батарар потребительскай кооператив тэриллэн үлэлиирэ ирдэнэр. Онон хас биирдии нэһилиэк сүбэлэрин холбоон бэйэлэрэ тэриннэхтэринэ, билиҥҥи үөһээттэн соҥнонуллубут, галочка ылаары тэриллибит сымыйа кооператив буолбакка бэйэтин ис хоһоонунан дьиҥнээх кооператив ирдэбиллэригэр эппиэттиир, көдьүүстээх үлэлээх тэрээһин буолуоҕа.

Дьиҥинэн, нэһилиэнньэҕэ ордорунар эттэрэ үүттэрэ татым, онон бэйэлэрэ тото-хана аһыылларыгар ону таһынан оҕолорун, аймахтарын  хааччыйдахтарына да туох да куһаҕана суох. Үүт ордуннаҕына даҕаны хайа баҕарар арыылаан билигин соҕотуопкаһыт кооперативтарга туттарарынааҕар үгүөрү сыанаҕа батарыахха сөп. Сүөһү ахсаанын элбэтэр инниттэн бастакы сылларга бэйэлэригэр туттартан  ураты ийэ буолар  сүөһүлэри ТХМ тыннаахтыы атыылаһар уонна баҕалаахтарга атыылыыр систиэмэтин тэрийиэхтээх. Бородууксуйаны батарыыга миэстэҕэ баар балаһыанньаттан сирдэтинэн нэһилиэнньэ уопсай сүбэнэн бэйэтэ суол-иис тобулунан иһиэҕэ. Онтон субсидия төлөбүрүн үүккэ оҥорууну талбыт нэһилиэктэргэ бородууксуйаны туттарыы, батарыы бэрээдэгэ уруккутунан барыан сөп.

Ол гынан баран нэһилиэктэр быһаарар оруолларын үрдэтэр уонна сыаналары быһаарыыга  хонтуруолу күүһүрдэр инниттэн кинилэр тэрийбит кооперативтара соҕотуопкаҕа сырьеларын давальческай торүккэ олоҕуран сыаналарын чопчулаан дуогабар түһэрсэн үлэлэһиилэрэ быдан көдьүүстээх буолуо этэ. Ол аата нэһилиэк кооператива туттарыллыбыт бородууксуйаттан оҥоһуллубут табаары бас билээччинэн буолар уонна ону батарыынан бэйэтэ дьарыктанар эбэтэр итэҕэйэр буоллаҕына соҕотуопкалыыр кооперативка ассортименын быһыытынан сыаналарын, киириэхтээх дохуотун ыйан туран дуогабар түһэрсиэхтээх. Биллэн турар, астааһыҥҥа-таҥастааһыҥҥа (переработка) тахсыбыт ороскуот бородууксуйа хас биирдии ассортименынан бигэргэтиллибит прейскуранын сыанатын быһыытынан төлөнүөхтээх. Сыаналарга, соҕотуопкалыыр, батарар үлэ тэрээһинигэр конкуренцияны үөскэтэр инниттэн, балаһыанньаттан көрөн сорох нэһилиэктэргэ тэттик переработка сыахтарын тутууларыгар көмө көрөр буоллар, тыа сирин үлэһиттэрэ дохуоттара үрдээһинин ситиһиигэ улахан көмөлөөх буолара саарбахтаммат.

Бу сыллар тухары араас бэйэлээх «Туймаадалар» т/х хааччыйар тэрилтэлэр, диэн аатыраннар бюджеттан үтүмэн элбэх үбү туһаннылар. Тыа сиригэр оҥорор өҥөлөрүгэр ол ылбыт көмөлөрүн тугунан толуйбуттара көстүбэт. Син биир оннук өҥөнү оҥорор атын  тэрилтэлэртэн улахан уратыта суох сыһыаннары тутуһан кэллилэр. Көннөрү тиксиһиннэрэр тэрилтэлэр оруолларын толордоллор да сотору-сотору солбуһа сылдьан монкурууттаан эрэр сурахтара иһиллэр, бюджет үбүн суотугар эмиэ чэбдигирдиигэ туруорсаллар. Менеджмент, салайыы итэҕэһиттэн, сыыһаларыттан итинник быһыы-майгы тахсара көстөн да турдар, эппиэтинэс туһунан боппуруос хаһан да турбат.

Онон бу оҥорон таһаарыыга улахан көмөтө суох тэрилтэлэртэн аккаастанар, т/х хаачыйар статустарын тохтотор кэм кэллэ. Тыа сиригэр тутаах салаабыт бүтэһиктээхтик эстэр турукка киирэн эрдэҕинэ бары ресурсалары, күүһү-уоҕу ону өрө тардарга түмэр оннугар куоракка агрохолдинг, диэн ааттаан биир эмиэ монстр тэрилтэни тэрээһин үлэтэ саҕаланна. Биллэн турар, ол тэрээһин боппуруоһугар хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөн көрүллүө, үлэлээн бардаҕына сыллата кини үлэтин хааччыйыыга, диэн ааттаан, эмиэ кырата суох харчы халыйыа. Барыта уруккуттан үлэлии олорор тэрилтэлэри биир салаллар кииҥҥэ киллэриэх, иэстэрин сабыах, үбү-харчыны түмүөх  уо.д.а элбэх көмө хайысхаларын толкуйдуох, быһаарыах буолаллар эбит.

Эмиэ урукку өттүгэр ааспыт суолбутугар төттөрү эргийии буолан тахсар. Бу сырыыга агрохолдинг да диэн ааттаннар, ФАПК “Туймаада” хара маҥнайгыттан урут эмиэ оннук тэриллибитэ, бары «Туймаадалар» кини аннынан киирбиттэрэ, барыта  биир киинтэн салаллар структура быһыытынан үлэлээн, үп-харчы бөҕөтүн матайдаан баран табыллыбатахтара, ыһыллыбыттара. Уопсайынан даҕаны, сүрүн оҥорон таһаарар эйгэ эстэн бүтэн симэлийэр кыахха киирэн эрдэҕинэ ону быһаарбакка үөһээ өттүн тупсара сатааһын уопсай дьыалаҕа туох да көдьүүһэ суох буолара көстөн турар. Акылаата эмэҕирбит дьиэни тас өттүн тупсаран, киэргэтэн оҥорон, ыйааһынын ыаратан дьиэ сууллуутун өссө түргэтэппиккэ тэҥнээх курдук балаһыанньа буолар. ФАПК “Туймаада”  билигин, этэллэрин курдук эбии үбү-харчыны булар финансовай хампаанньа эбэтэр фонда  быһыытынан эрэ төһө баҕарар үлэлиэн сөп. Ол гынан баран республика бюджетыттан кини ороскуоттарыгар ханнык да үп көрүллүө суохтаах.

Сүрүн үлэтэ федеральнай программаларга кыттыы, көрүллүбүт үбүлээһиннэргэ тиксии, атын бюджет таһынан үлэлиир эмиэ федеральнай таһымҥа баар  араас фондалары, инвестордары уонна республикабытыгар сир баайын хостооччу компаниялары кытары ыкса үлэлэһэн, эбии үп-харчы булан-талан аҕалан т/х көмөлөһүү буолуон сөп этэ. Онтон хааччыйар тэрилтэлэргэ бюджет суотугар иэстэрин сабар ханнык да “чэбдигирдии” ыытыллыа суохтаах, рынок, бизнес ирдэбиллэригэр эппиэттиир үлэни-хамнаһы сатаан тэриммэт буоллахтарына монкуруут да бардыннар. Кинилэр кыамматахтара, көмөҕө үөрэнэн, онно эрэнэн ыскайдаммыттара, тыа сирин буруйа буолбатах. Сыллата көрүллэр баан кредитын туһаныы иһин бырыһыан сабыытын харчытын барытын хаачыйар тэрилтэлэргэ биэриини тохтотон, хаһаайыстыбалар уонна соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр эрэ туһанар бэрээдэктэрэ олохтоноро буоллар хаһаайыстыбалар бэйэлэрин сайдыыларыгар, араас суол технологиялары олоххо киллэриилэригэр уонна үлэ-хамнас атын да тирээн турар кыһалҕаларын быһаарыналларыгар бырыһыана суох баан кредитын  оруола, көдьүүһэ биллэ күүһүрүөҕэ. Республика таһымыгар хааччыйабыт, көмөлөһөбүт, диир тэрилтэлэр, федеральнай бюджетка ол сыалга көрүллэр үптэн тиксиигэ төһө баҕарар үлэлэстиннэр.

Кэнники сылларга федеральнай кииммит үлэ дьонун кыһарыйар, үлэ хаамыытыгар мэһэй буолар араас сокуоннара, дьаһаллара элбээн иһэллэр. Ол курдук, “Меркурийтан” саҕалаан сүөһү, сылгы өлөрүүтэ, үүт ыаһына барыта механизацияламмыт буолуохтааҕын туһунан о.д.а ирдэбиллэр үлэ-хамнас барыытыгар улахан туормас, харгыс буолуохтара, буоллулар даҕаны. Маны туоратар, суох оҥорор кыаллыбатын кэриэтэ, дьиҥнээх правовой судаарыстыбаҕа олорорбут эбитэ буоллар, федеративнай дуогабарынан киирсэн сокуоннарга, дьаһалларга көннөттөрүү киллэттэрэргэ арыый судургу буолуо этэ. Оннук билигин көрүллэр кыаҕа суоҕа өйдөнөр. Аан дойдуга биһиги курдук тыйыс айылҕалаах сиргэ сүөһү, сылгы иитинэр биир да дойду, омук суох, диэн буолар. Онон республика үрдүкү салалтата, ИТ депутаттара уонна Госдума депутаттара, сенатордарбыт бары төбөлөрүн, күүстэрин холбоон  киин былаастары кытта биһиги региоммут ханна да суох уратыларын өйдөтүһэр, туруорсар онон сибээстээн сокуоннарга ханнык эрэ сымнатыылары, чэпчэтиилэри киллэриигэ үлэни ыыталлара буоллар тугу эмэ ситиһиэххэ сөп эбитэ буолуо.

Боппуруоһу ити өттүттэн көрдөххө, биһигиттэн Госдума депутаттара, Федеральнай Сэбиэт чилиэттэрэ бары республиканы салайан олорбут, федеральнай былаастары кытта өр сылларга иэхсибит, алтыспыт кинилэри кытта ыкса сыһыаны олохтоон баччааҥҥа дылы таһаарыылаахтык үлэлэһэ олорор, боппуруос ымпыгын-чымпыгын төрдүттэн билэр улахан уопуттаах дьон буолаллар. Онуоха ИД Москваны кытта үлэҕэ куһаҕана суох, балачча ситиһиилээх бигэ сыһыаны олохтоон эрэрин учуокка ыллахха, наһаа оннук үлүгэр кыаллыбат боппуруос курдук киһи санаабат. Ханныгын да иһин, атын регионнарга бородууксуйа таһааран ыһа-тоҕо атыылаан элбэх киһини сутуйар кыахпыт суох, күн бүгүн бэйэбит да наадыйыыбытын ырааҕынан толуйбатахпыт иһин, төрүт дьарыкпыт быһыытынан хайдах да тута сырыттахпытына, сайыннардахпытына эрэ сатанар буоллаҕа.

Дьиҥинэн, манна суруллар этиилэри, уларытыылары уруккулуу үөһээттэн дьаһал быһыытынан киллэрэн кэбиһиэххэ эмиэ сөп. Ол гынан баран этиллибит уларыйыылар  сүрүн сыаллара-соруктара тыа сиригэр төрүт салаабыт суолтатын үрдэтэн нэһилиэнньэни көхтөөх үлэҕэ өрө туруоран, нэһилиэктэрин иһинэн бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон, бэйэлэрин олохторун, үлэлэрин-хамнастарын иннигэр баар кыһалҕаларын, турар соруктарын бэйэлэрэ быһаарыналларыгар быраап уонна кыах биэрэн дьиҥнээх бэйэни салайыныы принциптэрин олоххо киллэрии буолар. Миэстэтигэр баар кыһалҕалары, итэҕэстэри үрдүттэн барытын көрө-билэ сылдьан ону туоратар дьаһаллары, инники сайдыыларын суолун-ииһин торумнааһыны кинилэртэн ордук ким да тобулуо, быһаарыа суоҕа. Хас биирдии киһи, уопсай нэһилиэк сайдыытын дьылҕатын быһаарыыга, олох-дьаһах, үлэ-хамнас тэрээһинин боппуруостарыгар барытыгар кини төһө баҕарар кыттар бырааптааҕын, онуоха кини өйө-санаата, этиилэрэ учуоттаныан сөптөөҕүн, тус бэйэтин, дьиэ кэргэнин инники олоҕо онтон эмиэ быһаччы тутулуктааҕын өйдөөтөҕүнэ дьиҥнээх уһуктуу, сытар киһи ыстанан турар сэргэхсийиитэ тахсыа этэ.

Оннук хамсааһын таҕыстаҕына, үлэ араас тэрээһиннэрэ, ол иһигэр оҥорон таһаарыы  эйгэтигэр араас хайысхалаах потребительскай кооперативтар, биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр эҥин бэйэлээх үлэ технологиялара, сайдыы саҥа суолларын тобулуу барыта баар буолуохтара. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар үлэ, олох социальнай боппуруостарын тэрээһиннэригэр доруобай күрэстэһии, үчүгэйи батысыһыы, үтүктүһүү барыаҕа, ол уопсай сайдыыны түргэтэтиэ. Нэһилиэнньэтин кытары өйдөспүт, уопсай тылы булбут, түмпүт, күүстээх үлэҕэ туруорбут, сайдыы таба суолун тутуспут баһылык салайар нэһилиэктэрэ атыттартан бары өттүнэн биллэ-көстө олохторо-дьаһахтара тупсан барыаҕа. Бу өттүгэр мөлтөөн биэрбит баһылыктар нэһилиэктэригэр олох-дьаһах хаачыстыбатын көрдөрүүлэрэ намтааһыннара тахсыаҕа. Онон нэһилиэк баһылыга ыытар тэрийэр-салайар үлэтин түмүктэрин иһин эппиэтинэһэ муҥутуур үрдүөҕэ, кини ыытар үлэтигэр сыана быһар көрдөрүүлэр биллэ кэҥиэхтэрэ, уларыйыахтара. Онон, үөһээттэн кабинетка олорон үлүбээй дьаһамсыйыы уонна миэстэҕэ олохтоохтор бэйэлэрэ дьаһаналларыгар  быраап эрэ буолбакка дьиҥнээхтии (реальнай) былаас боломуочуйатын биэрии дьайыылара уонна араастаһыылара улахан.

Реформа сыллара саҕаланыаҕыттан аныаха диэри республика т/х-р барар политиканы торуҥнааһыны уонна миэстэтигэр бары тэрийэр-салайар үлэни сүрүннээһини ТХМ ыытан кэллэ. Ол аата, саха омук сайдыытын инники дьылҕата, кэлэр кэскилэ уустук, ыарахан балаһыанньаҕа киириитигэр сүрүн эппиэтинэһи кини сүгүөхтээх уонна билигин даҕаны ону көннөрөргө сөп түбэһэр, эппиэттиир (адекватнай) дьон-сэргэ ылынар  дьаһалларын торуҥнаан, олоххо киллэриигэ туруна илигин учуоттаатахха итэҕэлтэн тахсыан да сөп кэмэ кэлбит курдук көрөбүн. Ол иһин, бэйэни салайыныы былааһын дьиҥнээхтии миэстэлэргэ биэрэн, унньуктаах уһун сылларга ыар баттык буолбут рынок дьайыыларыттан мүччү көтөллөрүгэр, бэйэлэрин көмүскэнэллэригэр, олохторун-дьаһахтарын кыһалҕатын быһаарыналларыгар, инники сайдыыларын суолларын тобуланалларыгар кыах биэрии, билиҥҥи уустук бириэмэ тирээн турар ирдэбилэ буолар.

Биллэн турар, бу этиилэри олоххо киллэрии судургу буолбатаҕа, ис-иһигэр киирдэххэ элбэх тэрээһин үлэни, өйдөтүһүүнү эрэйэрэ чахчы. Ол гынан баран былаас бары таһымнара ылынан турунар буоллахтарына нэһилиэнньэ утары барыа, өйүн-санаатын холбуо, онон улахан уустуктар тахсымыахтарын сөп этэ. Мин санаабар, ТХМ уонна сорох эппиэтинэстэн куттанар баһылыктар өттүлэриттэн, бэйэ олорор мутугун кэрдинии курдук сананыы баар буолуон сөп, оннук өйдөбүл уопсай дьыала хаамыытыгар мэһэй, бытаарыы тахсарыгар төрүөт эрэ буолуоҕа.

Маннык дьаһаныы саамай сүрүн сыала кэлэр көлүөнэ ыччаппытын үлэҕэ үөрэтэн, айылҕаны кытта алтыһыннаран олоххо бары өттүнэн бэлэмнээх, сахалыы тыыннаах, ыраас өйдөөх-санаалаах, омугун, дойдутун туһугар туруулаһар кыахтаах, өбүгэлэрбит сүтэн симэлийэн эрэр бары үтүө хаачыстыбаларын тилиннэрэр киһини иитэн таһаарар эйгэтин үөскэтии буолуохтаах. Билиҥҥи ыччат илии үлэтиттэн, айылҕаны кытта алтыьартан тэйбитэ ыраатта, ыччаппыт эрэ буолуо дуо тыа сирин олохтоохторо бары даҕаны ким төһө, хайдах кыахтааҕынан сүөһү, хонуу үлэлэриттэн куота, тэйэ сатаан эрдэхпит. Бэйэ тугу да гынара суох буолан баран ыччаккын төрүт дьарыкпыт мындырдарыгар такайар, үлэҕэ үөрэтэр, иитэр кыаҕын суох. Ол иһин бүтүн көлүөнэни бу саханы саха оҥорбут төрүт дьарыкпытыгар сатаан сыһыарбаккабыт, омукпут инники сайдыытыгар улахан охсууну ыллыбыт. Онтон бу дьарык уонна айылҕаны кытта алтыһыы киһи сайдыытыгар бары өттүнэн үтүө дьайыытын олорон ааспыт өбүгэлэрбит олохторун суола туоһулуур.

  Саха омук ис туруга, өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн таһыма, олоҕун уйгута барыта  т/х-н  туругун кытта быһаччы сибээстээх. Билигин тыа сиригэр, айдааннаах бюджет эйгэтигэр ороскуоту аччатыы, сарбыйыы дьаһаллара эмиэ т/х мөлтөөһүнүн кытта ситимнээх. Хара маҥнайгыттан даҕаны, бу эйгэ т/х бородууксуйатын оҥорор салаа үлэһиттэрин олохторун-дьаһахтарын хааччыйар инфраструктура быһыытынан тэриллибитэ. Онон бу өссө саҕалааһына эрэ буоллаҕа, т/х туруктаах сайдыы суолугар үктэнэ илигинэ, маннык тыа сирин атарахсытар, олоҕун-дьаһаҕын айгыратар хамсааһыннар, араас дьайыылар сыыйа-баайа, тохтоло суох баран иһиэхтэрэ. Онон туохха барытыгар, ол иһигэр ыытыллар ощественнай-политическай процесстарга кыттыыга, биһиги хамнастаахпыт, атын өттө биһигини долгуппат, диэбит курдук сыһыан буолуо суохтаах. Тыа сиригэр бастакы уочараттаах сүрүн сорук т/х өрө тардыы, туруктаах сайдыы суолугар үктэннэрии буолуохтааҕын, бюджет эйгэтэ ону кытта быһаччы ситимнээҕин  ханнык да түгэҥҥэ умнуо суохтаахпыт. Ол иһин хайа баҕарар боппуруоһу бэйэ толкуйдаан, ыраахха диэри анааран, т/х сайдыытын кытта сибээстээн, онтон тойотторбут итинник дииллэр дии, диэн кэтэҕи тарбанары тохтотон, кимтэн да тутулуга суох сөптөөх быһаарыныыны бэйэ ылынан, баар ыарахан балаһыанньа көнүүтүгэр хас биирдии киһи ханна үлэлиириттэн тутулуга суох кылаатын киллэриэхтээх.

Мин санаабар, билиҥҥи тыа сиригэр тирээбит уустук, ыарахан балаһыанньаҕа уонна уопсайынан даҕаны салалта иннигэр турар бастакы уочараттаах сорук киһи уонна кини олоҕун уйгутун тупсарыы буолуохтаах. Ол эбэтэр, саха киһитэ бэйэтин төрүт дьарыгын өрө тутан, көҥүллүк дьаһанан, көхтөөх күүстээх үлэҕэ турунан бэйэтин олоҕун сиэрдээхтик оҥосторугар, билигин элбэхтэ ахтыллар, киһи капиталын үөскэтэригэр уонна хаҥатынарыгар, сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, кыах үөскэтии салалта ыытар политикатын сүнньэ буолуохтаах.

Атыннык эттэххэ, т/х-р үлэлиир киһи муннуттан сиэтиллэрэ тохтоон, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах, бэйэтин наадыйыытын толору толунар, бас билэр баайдаах-дуоллаах, обществоҕа туһалаах, эргиччи сайдыылаах личность буолара ситиһиллиэхтээх. Оннук политика бардаҕына, хас биирдии киһи тус бэйэтэ туруннаҕына ас-үөл да дэлэйиэ, тыа сиригэр уопсай сэргэхсийии да барыаҕа, инникигэ эрэл күүһүрүө, ыччат дьоммут кэскиллээхтик сананан тыа сиригэр олохсуйуута саҕаланыа.
Тыа сирэ бэйэҕэ тардар күүһэ биллэ улаатыа, олох ыарахаттарыттан  куота сатаан туора сирдэргэ барбыттар атын харахтарынан көрүөхтэрэ, өйдөрө-санаалара уларыйан дойдуларыгар төннүү суолун тутуһуохтара. Омугун өрө тутар, күн-түүн күүһүрэ турар агрессивнай тас дьайыылартан көмүскүүр, норуотун салайар, сирдиир кыахтаах саха саарыннара, кэнэҕэһин даҕаны, хайдах буоларын курдук, тыа сириттэн тахсан иһиэхтэрэ.


В.И.Новгородов                    17.05.2019 с.    Дьоккуускай к.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1095 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024