“Туймаада” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Макар Макарович ЯКОВЛЕВ, Россия үтүөлээх юриһа, Бочуоттаах прокурора, ХИФУ профессора.
– Россия экономикатын сайдыыта хайдах баран иһиэн сөбүй?
– Ити боппуруоска киэҥ соҕустук эппиэттиэм этэ. Соторутааҕыта Россияҕа Төрүт сокуон ылыллыбыт күнүн бырааһынньыктаабыппыт. Уопсай политика быһыытынан Төрүт сокуон хайҕаныахтаах эрэ. Биһиги да республикабытыгар онтон хаалсыбатыбыт. Ол гынан баран кэлиҥҥи кэмҥэ улахан экономистар да, политиктар да төрүт сокуон омсолоругар аһаҕастык тохтуур буолан эрэллэр. Чуолаан төрүт сокуон «основатыгар», ол аата маҥнайгы сүрүн главатыгар тохтууллар. Ол гынан баран маҥнайгы главаҕа көннөрүүлэри киллэрэр хара маҥнайгыттан кыаллыбат гына оҥоһуллубут. Өскө көннөрүү киллэрэр буоллахха хаттаан конституционнай хамыыһыйа тэриллэн, Төрүт сокуону саҥаттан ылар курдук балаһыанньа үөскүүр. Атын главаларга, холобур, президент уонна парламент үлэлиир болдьохторугар көннөрүүлэр киллэриллэн тураллар.
Төрүт сокуон 9 ыстатыйатын 2 чааһыгар сиртэн хостонор баай чааһынай бас билиигэ бэриллэр диэн. Атын дойдуларга сиртэн хостонор баай чааһынай бас билиигэ бэриллибэт. Тоҕо диэтэххэ стратегическай уонна государственнай суолталаах буолар. Дьэ ити ыстатыйанан туһанан туох баар сиртэн хостонор баайбыт: нефть, газ, алмаз о.д.а. чааһынай бас билиигэ бардылар. Харах баайыытыгар сорохторо госкомпания диэн ааттаналлар. Ити сирдэрбит баайдарын бары Кремль былааһыгар чугас үлэлиир-хамсыыр дьон ыллылар. Иванов, Патрушев оҕолоругар тиийэ.
Холобур сылга 20 трлн. газ, нефть атыыланар эбит буоллаҕына Россия бюджетыгар 8 трлн эрэ киирэр! 2 трлн ханна барара биллибэт. Холобур Сечин ааспыт сылга дохуота 361 мөл., Миллер 700 мөл. 102 олигарх 411 млрд. доллар баайдаахтар. Ити барыта сокуон быһыытынан, онон коррупция суох диэн буолар. Экономикаҕа охсуута олус дьайыылаах. Президент В.В.Путин нэһилиэнньэҕэ быһаччы тахсыытыгар ити боппуруостары хаһан да таарыйбат. Бытархай, губернатор эбэтэр мэр быһаарар боппуруостарыгар тохтуур.
Төрүт сокуоммут быһыытынан судаарыстыба экономикаҕа буккуһара бобуллар. Барыта ырыынак бэйэтэ дьаһайар диэн буолар. Оннооҕор бензин сыаната үрдээһинин тохтотор кыахпыт суох дииллэр. Тоҕо эрэ Венесуэлаҕа 1 лиитэрэ бензин 60 кэппиэйкэ, бэл Казахстаҥҥа Россия бензинигэр олорор эрээри 1 лиитэрэ бензин 20 солк.. Туркменияны этэ да барбаппыт – үөрэх, дьиэ-уот барыта босхо.
– Биһигини, Россияны, омук сириттэн быһаччы салайаллар дииллэр. Ити төһө оруннааҕый?
– Төрүт сокуон 15, 16, 17 ыстатыйаларын быһыытынан международнай нормалар Россия правовой систематыгар быһаччы киирэллэр. Дьэ итиннэ олуйан МВФ уонна аан дойдутааҕы киин баан, аан дойдутааҕы федеральнай резервнэй система быһа дьаһайаллар. Долларга олуйан олороллор. Россия экономическай сайдыытын курса МВФ рекомендациятынан дьаһаллар эбит. Оннук дьаһалы Габриэль Ди Белла диэн МВФ Россияҕа миссиятын баһылыга ыытар.
Төрүт сокуоммутун английскайтан тылбаастаан оҥорбуттарын туһунан Полторанин көрдөрүү биэрбит. Билигин даҕаны Россия чиновниктарын оннугар омук специалистара үлэлии олороллор. Ол курдук Минфиҥҥэ, Минэкономразвитиеҕа, Промышленность министерствотыгар, Транспорт министерствотыгар иккилии омук специалистара үлэлии олороллор.
Россияҕа долларовай спекуляннар баалларын АХШ накаастыах буолла. Дойду биллэр экономиһа уонна банковскай дьыалаларга специалист Касатонов быһаарарынан, дьиҥ иһэ Россия 35 солкуобайа 1 долларга тэҥнэһэр. Ону баара киин бааммыт 65 солк. гынан олорор эбит. Бааннар доллары 2-3% атыылаһаллар уонна дойду иһигэр 16-20 % атыылыыллар. Ол иһин ааспыт сыллааҕы байыылара 870 млрд. солкуобай буолла.
АХШ президенэ Обама бүтэһик сылыгар Конгресска тыл эппитин быһыытынан, өстөөхпүтүн Россияны кытта киирсиигэ элбэҕи ситистибит диэбит. Ол курдук Россияҕа коррупция сайдыытын анал оҥоһуллубут программа быһыытынан хаһааҥҥытааҕар да үрдүк таһымҥа тиэртибит. Чиновниктара уора-уора биһиэхэ кэлэн саһаллар. Оҕолоро барылара биһиэхэ үөрэнэллэр. Олору кытары анал программанан үлэлиибит. Бары недвижимостара, расчётнай счёттара биһиги дойдуларбытыгар бааллар. Биһиги көмөбүтүнэн Платон оплата киллэттэрдибит, ол иһин бородуукталара барыта ыараата. ЖКХ, мусорга тариф үрдээһинин ситистибит. Социальнай льготалары кылгаттардыбыт. Капремоҥҥа төлөбүр киллэттэрдибит. Бензин сыанатын ыараттардыбыт. Перспективнэй эдэр ыччаттарын ыҥыран ылабыт. Оскуолаларын уонна балыыһаларын аччаттардыбыт. Аны пенсионнай саастарын үрдэттэриэхпит диэн тыл эппит.
Россия Үөрэҕин министерствотыгар билигин даҕаны элбэх омук специалистара бааллар. Биллэрин курдук, ЕГЭ-ни кинилэр киллэттэрбиттэр. Интэриэһинэйэ диэн Россия историятын учебниктара АХШ граннарынан уонна специалистарынан оҥоһуллубуттар. Дэлэҕэ даҕаны иккис аҕа дойду сэриитэ бэрт кыратык ахтыллыа дуо. КНР Мао Цзэдун аатынан народнай университөтын профессора, КНР наукаҕа академиятын член-корреспондена Цзинь Сычжан Бауман МГТУ студеннарыгар тыл этэригэр ЕГЭ Россия үөрэҕин сайдыытыгар саамай кылаабынай куттал, ити арҕаа дойдулар саамай улуу диверсиялара буолар диэбит.
Ону ааһан үөрэх барыта ыарахан төлөбүрдээх буолла. Кэлиҥҥи 10 сылга 20 тыһыынча оскуола сарбылынна, үрдүк үөрэх заведениелара сарбылыннылар. Тоҕо эрэ Скандинавия дойдуларыгар үөрэх босхо ээ.
ССРС саҕана сайдыы тиэмпэтэ 30 сыл тухары ортотунан 16 % эбит буоллаҕына, билигин 1-1,5 %. Чубайс уонна Гайдар салайар кэмнэригэр 263 собуот суох буолла. Уоскутаары эбитэ дуу, биэс экономика иһигэр киириэхпит диэбиппит уонтан тахса сыл буолла. Бу 20 дойду түмсүүтүгэр В.В.Путин тоҕо эрэ экономика структуратын уларытыахха, МВФ реформалыаххха, уонна БРИКС дойдуларын иһинэн национальнай валюталарынан расчёттаһыахха диэбитин сөбүлүү иһиттим. Дьэ туох тахсар. Сергей Глазьев диэн олус күүстээх академик сүбэһиттээх, ону тоҕо истибэтин сөҕөбүн.
– Эйигин коррупцияны утары охсуһууга специалист, элбэх лекцияны ааҕар дииллэр. Ити боппуруоска кылгастык санааҕын атастаһыаҥ дуо.
– Коррупция боппуруостарыгар 6500 киһиэхэ лекция аахтым. Икки учебнай-практическай пособие суруйдум. Теория эрэ быһыытынан буолбакка, практическайдык охсуспут киһи буоллаҕым дии. ИВК диэн баар – индекс восприятия коррупции, 10 шкала быһыытынан кээмэйдэнэр. Скандинавскай дойдуларга уонна Сингапурга ИВК 8-9-ка тиийэр эбит буоллаҕына, Россияҕа 2-кэ эрэ тиийэр. Дьэ ол да иһин дойду таһыгар 6 трлн. солк. баай тахсар буоллаҕа. Билигин да тахса турар. Уорууну кытта охсуһуу сокуона сымнаҕаһа бэрт, накаастабыла суоҕун кэриэтэ. Россияҕа эрэ конфискация суох.
Ити барыта эмиэ соруйан оҥоһуллубутун курдук. Холобур, Кытайга коррупцияны кытта охсуһуу кытаанахтык барар. 8 сылы быһа барбыт суут кэнниттэн 4082 акционер, ол иһигэр 1039 иностранецтар баайдара-дуоллара былдьанна уонна пожизненнайдык үлэ колониятыгар хаалыннылар. Ол иһигэр 590 иностранец. Ити курдук хаалыннылар 598 тыһ. чиновниктар, дойду баайын-дуолун атыылаабыттарын иһин. Өссө 15 тыһ. киһи сокуоннайа суох приватизацияҕа көмөлөспүттэрин иһин араас сроктарга хаалыннылар. 8 сыл иһигэр КНР фабрикалары, собуоттары 122 трлн. юань сыанаҕа төннөрдө. Сууттаммыт акционердартан 45 трлн. юаны кыраныысса таһыгар таһаарбыттарын төннөрдүлэр. КНР компартиятын председателэ «норуот ис санаатын, модьуйуута толорулунна» диэн эппит.
– Биһиэхэ хаһан оннук буолуой?
– Биһиэхэ кэлиҥҥи кэмҥэ кыра үлэ барыах курдук. Холобур Арашуков, Абызов, Ишаев силиэстийэҕэ сылдьаллар. Улюкаев олорор. Сорох криминологтар ити барыта кланнар киирсиилэрин түмүгэ буолуон сөп дииллэр. МВД полковнига Захарченкоҕа 12 млрд., ФСБ полковнига Чекалиҥҥа 14 млрд. солк. харчыны буллулар. Итини барытын соҕотоҕун оҥорботтор, сыалай система үлэтин түмүгэ буолар.
Россия чиновниктарын баайдарын этэ да барбаппыт, биир тылынан ити Навальнай дааннайдара барыта кырдьык. Кылгастык холобур аҕалар эбит буоллахха, 20 бизнесмен 8 мөлүйүөн га – 471 млрд. сыаналаах сири бас билэллэр. Урукку тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Ткачёв 649000 га – 655 млрд. сыаналаах сири, Владимир Евтушенков 412000 га – 47 млрд. сыаналаах сири бас билэллэр. Ону ааһан 2005 сыллаахха КНР-га Амур өрүскэ баар «Тарабаров», «Улахан Уссурийскай» арыылары, Читинскай уобаласка баар «Аргунь» арыыны – барыта 367 квадратнай километры буор-босхо биэрдибит. 40 тыһыынча квадратнай километр ойууру, биир квадратнай километры баара суоҕа 10 тыһ. солкуобайга быһан атыылаатыбыт. Бука сэрэйдэххэ Кытайга сыһыан олохтоһо сатаан. Арҕаа дойдулары кытта сыһыаммытын алдьатан, аны олор чугаһаппаттар.
Кытайдар ити бэриллибит ойууру кэрдэн бүтэрдилэр, сири-дойдуну алдьатан кыайдылар. Экология диэни тутуспат дьон буолан биэрдилэр. Дьэ ол иһин Амурскай уобалас, Хабаровскай кыраай, Приморскай кыраай олохтоохторо бэйэлэрэ сөпсөспөттөрүн быыбарга этэн көрдүлэр да, туһа суох. Оборона миниистирин солбуйааччы Тимур Иванов 600 мөлүйүөн сыаналаах особняктаах, ФСБ генераллара Алексей Дорофеев, Марат Медоев биирдиилэрэ 100 мөл. сыаналаах особняктаахтар.
Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ правоохранительнай органнар наһаалаан эрэллэр. Туох эрэ политиката барда быһыылаах диэн кэпсэтиилэр бааллар. Көмүскэһии миитиннэрэ эҥин баран эрэллэр. Айсен Сергеевич “буккуһумаҥ, правоохранительнай органнар, суут органнара быһаарсыахтара, кырдьыктаахтык быһаарыы баар буолуо” диирин саамай сөптөөх диибин.
Ордук бэрик дьыалаларыгар холуобунай дьыала көбүтүллүөн инниттэн уһун кэмҥэ кэтээн көрөр оперативнай үлэ барар. Биир киһи сайабылыанньатын хоту дьыала көбүтүллүбэт. Элбэх матырыйаалларынан бигэргэтиллибит эрэ буоллаҕына суукка хаарчахтыыр миэрэ ыллара киллэрэллэр. Өскө аллараа турар суут сыыһа-халты көрөр буоллаҕына, үөһээ турар суукка ааһыналлар. Силиэстийэттэн киирбит матырыйаалы прокурор кытта үөрэтэр. Онон ис-иһигэр киирдэххэ ымпыга-чымпыга сүрдээх элбэх буолар. Саамай бүтэһиккэ силиэстийэ бүппүтүн кэннэ дьыала прокурорга бигэргэтиигэ киирэр. Прокурор дьыаланы төрдүттэн төбөтүгэр диэри үөрэтэн, чахчы дакаастабыллар баар эрэ буоллахтарына эппиэтинэһи бэйэтигэр ылынан буруйдуур түмүгү бигэргэтэр уонна суукка буруйдуу барар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ муниципалитет, оройуон главалара элбэхтик түбэһэр буоллулар. Мин ааҕар лекцияларбар оройуон орто салайааччылара эрэ баар буолааччылар, онтон главалар суох буолаллар. Главалар сылдьалларын хааччыйыахха баар этэ. Тэрилтэлэргэ лекция ааҕар буоллахха, салайааччылар бэйэлэрэ хайаан да суох буолааччылар.
Ымсыыттан, обот санааттан коррупция үөскүүр. Онно эбии дойду, норуот менталитета олус сабыдыаллаах. Киһи иитиитэ, ис өйө-санаата улахан оруоллаах. Ону ааһан Россия да салайааччыларын таһымыгар, губернатордар да таһымнарыгар аһаҕастык сиэһин-аһааһын бара турар. Накаастабыла сымнаҕас, суоҕун кэриэтэ. Үрдүк сололоох дьон отой да дьиксиммэт буоллулар. Кырдьык диэн суох буолла. Уорбут, сиэбит-аһаабыт киһи байар, аатырар, оттон үлэлээн аһааччы өссө дьадайан иһэр.
Обществобыт сыаннаһа тосту уларыйан хаалла. Айаҕалыы сатаан АХШ биһиги чиновниктарбыт сиэбиттэрин-аһаабыттарын ыйан биэрэр буолла. Россия правительствотын 9 чилиэнэ омук гражданстволаахтар, бэл Лавров “вид на жительстволаах”. Уонтан тахса депутат омук гражданстволаахтар. Сиэн-аһаан баран куотан биэрэр туруктаахтар. 2003 сыллаах ООН коррупцияны утары конвенциятын 20-с ыстатыйатын быһыытынан уорбуттар баайдарын конфискацияланыахтаах, өскө чиновник ороскуота хамнаһыттан таһыччы ордор уонна онто тоҕо ордубутун кыайан быһаарбат буоллаҕына. Кини дьайыыта коррупция быһыытынан сыаналаныахтаах. Ону баара Россия ити балаһыанньалары ылыммакка, ратификациялаабакка олорор. Атын дойдулар модьуйалларын истибэт. Коррупцияны утары охсуһар сокуоммутун Брюссельскай конвенция кэнниттэн уһатан-уһатан, 9 сыл буолан баран ылбыппыт.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ
Александр ЯКОВЛЕВ
-Айсан,
“Туймаада” хаһыат
тэрийээччитэ,
кылаабынай редактора.