Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Алтынньы » 14 » "Кут-Сүр" итэҕэл кыһата, "Айыы итэҕэлэ" тэрилтэ Покровскайга сахалары кыргыыны уруккуттан, 90-с сыллар иннилэриттэн кутурҕан күнүнэн анаан,
"Кут-Сүр" итэҕэл кыһата, "Айыы итэҕэлэ" тэрилтэ Покровскайга сахалары кыргыыны уруккуттан, 90-с сыллар иннилэриттэн кутурҕан күнүнэн анаан,
13:33
"Кут-Сүр" итэҕэл кыһата, "Айыы итэҕэлэ" тэрилтэ Покровскайга сахалары кыргыыны уруккуттан, 90-с сыллар иннилэриттэн кутурҕан күнүнэн анаан, сыллата сиригэр-уотугар тахсан уһун кэмнээх туомнары оҥортуур эбит.

Аан дойдуга биһирэммит Олоҥхобутугар үс кутунан иитиллибит, айыы сиэрдээх – майгылаах, сүдү күүстээх Айыы Боотурдара кэпсэнэ-сырдатылла сылдьаллар. Айыы Боотурдар өйдөбүллэрэ “Төлкө” түмсүү “Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии” бырайыагын сүрүн хайысхатынан буолар.

Улуу Ил

Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Дьаарбаҥ – Ытык сиринэн биллэр. Дьаҥхаады нэһилиэгин олохтоохторо ытык историческай миэстэлэрин Дьаарбаны харыстыыллар, үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыталлар.
Бу сиргэ 1633 – 1642 сылларга 2-с Ленскэй остуруок турбута. Дьаһаах хомуйуута, маҥнайгы бурдук ыһыыта, бастакы биэрэпис, Лаамы муоратын арыйан, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Верхоянскай, Зашиверскай куораттары төрүттээһин барыта Дьаарбаҥтан салаллыбытын историктар бигэргэтэллэр.Остуруок саҥа миэстэҕэ көспүтүн да иһин , Дьаарбаҥ быраҕыллан хаалбатаҕа. Бу сир үс үйэ тухары Мэҥэ, Уус Алдан, Амма, Чурапчы, Таатта – Илиҥ эҥэр дьоно Дьокуускайы кытта сибээстэһэр сирдэринэн, атыннык эттэххэ Өлүөнэ өрүһү туоруур бириистэҥнэрэ буолбута.

1689 сылтан Дьокуускай куораты Россия киинин кытта сибээстиир айан суола Иркутскай Дьокуускай трассатын бастакы дьаам суолунан Дьаарбан буолар. Дьаарбаҥтан Охотскай Аян трактарынан хорсун айанньыктар Чукотка, Магадан, Амур, Дьааҥы, Халыма, Индигир, Өймөкөөн сис хайаларын уҥуордаан, Охотскай муораҕа тиийэн, Россияны бөҕөргөппүттэрэ.

Кыраайы үөрэтээччилэр уонна историктар бу остуруок историятын чинчийэн, үөрэтэн кэллилэр. Архыып матырыйаалларын түмүгүнэн, үс үйэ анараа өттүгэр Айыы Боотурдара А5а ууһунан тэнийэн олорбуттара биллэр. Кут-Сүр түмсүүтэ Дьаарбаҥ сиригэр тыыннара быстыбыт 23 Айыы Боотурдар испиэһэктэрин булбута.

2006 с алтынньы ый 14 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэгин сынньалаҥ киинин, общественноһын, “Омурҕан” эр дьон вокальнай ансаамбылын туруорсууларынан, И.И Шамаев салайааччылаах “Саха омук” общественнай киин, Л.А. Афанасьев– Тэрис, А.Н. Павлов– Дабыл түсчуттэрдээх “Үс Кут” общественнай түмсүү өйөөһүннэринэн Дьаарбаҥҥа Айыы Боотурдар ааттарын үйэтитэр баҕаттан өйдөбүнньүк “Улуу Ил” Ытык сэргэ туруоруллубута.
Үрдүктэн Үрүҥ Айыы Тойон иннигэр алгыстаах санаанан биир тэҥ буоларбыт Улуу Ил диэн ааттанар.

Улуу Ил – былыр былыргыттан күн аныаха диэри олус үрдүк сыал-сорук.

Улуу Ил өйдөбүлэ – олоҕу эйэлээхтик олоруу, олох тутула алгыстаах санаанан салалларыгар үлэ бара турар.
2012 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр “Дьаҥхаады нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Ф.И. Тимофеев, олохтоох нэһилиэк, улуус общественноһа, И.И.Шамаев, Л.А. Афанасьев– Тэрис, А.Н. Павлов– Дабыл, Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Н.Н. Макаров, П.М. краеведтар Ноговицын, А.П. Аржаков, журналист А.П.Андросов, “Төлкө” түмсүү кыттыылаах “Улуу Ил” семинар ыытыллыбыта.

2013 с. алтынньы 13 күнүгэр Төхтүр орто оскуолатыгар (директор А.А.Стручков) Дьокуускай “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинин үлэһиттэрин кыттыылаах “Дьаарбаҥ историческай суолтата” диэн төгүрүк остуол буолбута. 2014 с. алтынньы ый 10 күнүгэр Ытык бэлиэ, историческай Дьаарбаҥ миэстэтигэр Хотой Айыыга, Айыы Боотурдарыгар сүгүрүйүү туома Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта А.Н. Находкин, Дьаҥхаады нэһилиэгин, улуус общественноһын, үөрэнээччилэрин, “Төлкө”түмсүү кыттыылаах оҥоһуллубута.
Санаа атастаһыытыгар Л.А.Афанасьев – Тэрис, филологическай наука кандидата, “Кут Сүр” түмсүү бахсы тойоно, П.П.Петров, историческай наука кандидата, Г.Г. Андросов суруйааччы,журналист; Г.С. Попова – Санаайа ХИФУ профессора, “Үс Кут ”,”Хомуһун”, ”Улуус ыччаттара” ыччаттар түсмүүлэрэ.

Бу үлэ барыта кэлэр көлүөнэ ыччат өбүгэлэрин олоҕун өйдүүр – саныыр, дойдутун историятын билэр, үөрэтэр буоллун диэн ыытыллар.. П.М.Тихонов бу үлэҕэ хара маҥнайгыттан алгысчыт, үтүө сүбэһит быһыытынан үлэлэһэр. 2015 сылтан «Төлкө» орто сүһүөк кылаас уолаттарыгар анаан “Боотур омооно” күрэхтэһиини ыытар.

«Төлкө» түмсүү “Боотур омооно”уол оҕо күрэҕэ

Саха былыргы олоҕор-дьаһаҕар көҥүл санааны көмүскүүр аҕа ууһу тас күүстэртэн харыстыыр, сэрииһит үөрэҕин барбыт дьон үөскүү сылдьыбыттара. Ол күүстээх дьону боотурдар диэн ааттыыллара. Боотурдар аҕа ууһа ытык салайааччытын этиитинэн сылдьара. Боотурдар уһуйуллар үөрэхтэрин омоонун үөрэтиинэн “Төлкө” уһуйааҥҥа уол оҕону сүрүн күүһүрдэр үөрэҕин оҥорооччунан Майа орто оскуолатын төрүт култуура учуутала Дорхоон Дохсун буолар. Алтынньы – Хотой Айыы ый саҥатыгар сир-дойду иһийэн тоҥор – добдурҕа кэмигэр былыр эр дьон мустан сэһэргэһэллэр, күүстэрин холонон оонньууллар эбит. Өбүгэ үгэһин тутуһан бу күрэс куруук алтынньыга айылҕаҕа ыытыллар.

Онон, бу быһылааны, боотурдары бастакыннан "Кут-Сүр" кыһа дьоно көҕүлээһиннэринэн, кинилэр архыыпка сылы-сылынан олорон үлэлээбиттэриттэн сылтаан бэлиэтиир буолтар эбит.

Онно ханнык да "Аар Айыы" игин диэн ааттааһын суоҕа. Баччаларга диэри Үрүҥ Айыы Тойон аатынан туом бөҕөтө оҥоһуллан кэллэ, боотурдарбыт ону билэллэр.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 868 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024