News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2019 » Алтынньы » 14 » Саха дьахталларыттан бастакы учуонайдар
Саха дьахталларыттан бастакы учуонайдар
13:40
Саха дьахталларыттан бастакы учуонайдар
Бүгүн биһи сахалартан бастакынан науканан дьарыктаммыт икки дьахтар туһунан кэпсэтиэхпит. Ол Мария Николаевна Андросова-Ионова уонна кини төрөппүт кыыһа Ольга Всеволодовна Ионова буолаллар.
Быйыл 155 сааһын туолар, Таатта улууһуттан төрүттээх Мария Николаевна Андросова-Ионова - Бөҕө Маарыйа – олоҥхоһут, саха бастакы поэтесса уонна учуонай дьахтара. Кини үс хос батталга олорбут саха дьахталларыттан муҥура суох дьулуурунан, сырдыкка, үөрэххэ тардыһыытынан, сүҥкэн үлэһитинэн наука киэҥ эйгэтигэр бастакынан аан арыйан киирбит уратылаах. Бөҕө Маарыйа этнографияҕа, антропологияҕа ситиһиилээх чинчийэр үлэтин иһин, 1925 сыллаахха Нуучча географическай обществотын Кыра кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта, сурукка киирбит олоҥхолоро саха олоҥхото аан дойду материальнайа суох культуратын шедеврэ буоларыгар олук уурсубуттара.
Мария Николаевна туһунан эрдэтээҕи кэмин кылгастык сырдатар буоллахха маннык.
Мария Николаевна Андросова-Ионова 1864 сыл ахсынньы 14 күнүгэр Баайаҕантай улууһун II Игидэй нэһилиэгэр (билиҥҥитинэн Уолба) күн сирин көрбүтэ. Кыратыттан тулаайах хаалан эһэтигэр иитиллибит. Айылҕаттан күүстээх дьахтар буоларын иһин, эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, ыраах сирдэринэн таһаҕаһы таһыыга сылдьыһан, соҕотох бэйэтэ аты айааһыырын иһин Бөҕө Маарыйа диэн ааттаабыттар.
Мария Николаевна үөрэҕэ суох, саха норуота сылгы-сүөһү ииттинэн, алаастарынан, үрэх бастарынан ыһыллан олорор кэмигэр 12 сыллаах «кучу сукка», сэттэ сыллаах «тэлэгирээмэ сутугар» элбэх киһи хоргуйан өлбүтүн илэ хараҕынан көрбүтэ. Дьон, ордук оҕо-дьахтар, маассабайдык өлүүлэрин бастакынан чинчийбитэ. Кини дьадаҥы, кырыымчык олохтоох ыалларга, ордук төрүүр дьахталлар ортолоругар өлүү үгүстэ тахсарын бэлиэтиирэ. Оҕо өлүүтэ элбэх буолан, кыра оҕо ыалдьыбатын, тымныйбатын туһугар үрдүк атахтаах күрүөнү туһанарга ыҥырар уонна анал үөрэхтээх эмп үлэһиттэрэ олус наадаларын санатара. Дьонун-сэргэтин хоргуйууттан быыһыыр баҕалаах Бөҕө Маарыйа солооһуҥҥа бурдугу ыһарга, бурдугу ситэ буһарбакка эрэ үлүтэр эрдэтээҥҥи тоҥоруулары утары түптэни туһанарга, оҕуруот аһын үүннэриини баһылыырга, киһи сиир отторун, силистэрин туһунан, күөл балыгын хайдах хаһаанарга сүбэлиир анал үлэлэри суруйбута.
Архыып докумуона көрдөрөрүнэн, 1893 сыл кулун тутар 20 күнүгэр, Дьокуускай бырабылыанньатыгар суруксутунан суруйтарбыт үҥсүү суругар бэйэтин нэһилиэгин кинээһэ үбү-харчынын ороскуоттаабытын туһунан ыйбыт. Мантан көстөрүнэн, ол саҕана Маарыйа үөрэҕэ суох, суруксутунан суруйтарар эбит.
Кэлин, Всеволод Михайлович Ионов диэн көскө олорор сыылынай-народоволецка кэргэн тахсан, кинилиин бииргэ буоланнар, үөрэх, билии, чэбдик уонна ыраас олох эрэ дьону араас ыарыылартан, өлүүттэн быыһыыр кыахтаахтар диэн өйдөбүлүнэн сирдэтэннэр, дьиэтээҕи оскуолалары аһан оҕолору, улахан дьону да үөрэппиттэрэ. Ол дьонтон элбэҕэ кэлин улахан үөрэхтээх, норуокка туһаны аҕалар дьон буола үүммүттэрэ. Ионовтар ыалтан ыалга көһө сылдьан, араас сирдэринэн 40-тан тахса киһини үөрэппиттэрэ.
Мария Николаевна ХХ үйэ саҕаланыытыгар театральнай искусствоны төрүттэспитэ, олоҥхону сыанаҕа аан бастаан таһаарсыбыта. Биһи фотофондабытыгар «Бэриэт Бэргэн» олоҥхону сценаҕа туруорбуттарын саҕанааҕы, ол эбэтэр, 1906 сыллааҕы хаартыскаҕа Андросова-Ионова бэйэтэ, Күлүмнүүр-Никиипэрэп, Афанасьев, Егоров, Артамонов, Васильев уо.д.а. саха таҥаһын кэтэн тураллара көстөр.
Всеволод Михайлович оҥорбут оҕолору үөрэтэр кинигэтин уонна «Сахалыы букубаарын» 1917 сыллаахха бэчээттээн таһаараллар. Бу үлэлэр үс төгүл төхтөрүйэн бэчээттэнэммиттэрэ биллэр.
Архыыпка, 1921 сыллаахха суруллубут, Мария Николаевна «Дьыл кэлиитин ырыата» диэн наһаа үчүгэй, дьыл эргиирин барытын хабар, айылҕа уларыйарын ойуулуур айымньыта хараллан сытар.
Мария Николаевна чинчийэр үлэлэрин туһунан.
Быйыл Саха Сирин чинчийбит Сибиряковскай экспедиция 125 сыллаах үбүлүөйүн туолар. Мария Николаевна бу экспедиция кыттыылааҕа буолар.
Андросова-Ионова «Күл-Күл оҕонньор уонна Силлирикээн эмээхсин икки», «Үүт аас бэйэлээх үрүҥ айыы тойон ыччаттара» уонна «Орто дойдуга тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ баай Барыылаах» диэн олоҥхолору сурукка түһэрбитэ. Ити суруйуулара барыта Э.К. Пекарскай бэлэмнээнтаһаарбыт «Образцы народной литературы якутов» диэн үс туомнаах хомуурунньугар киирбиттэрэ. Ионовтар киин Россияҕа тиийэн баран, саха тылын тылдьытын оҥорорго үлэлэһэр Эдуард Пекарскайга улаханнык көмөлөспүттэрэ биллэр. Пекарскай Ионову мөҕөр эбит суруктарыгар, ойоххор көрдөрбөккөҕүн эрэ суруйан ыыппыккын диэн. Онуоха Всеволод Михайлович көрдөрбүтүм ээ, диэн куотунар эбит. Онон, бу тылдьыт Мария Николаевна көрүүтэ суох бэчээккэ барбата. Пекарскай кинини оннук улаханнык сыаналыыр, эрэнэр эбит. Саха дьахтарын дириҥ билиитин туһунан фольклорист Георгий Эргис 1939 сыллаахха: «Вы хранительница золотых фондов якутского языка и культуры, накопленных веками, должны все это передать нам – наследникам, в конкретных образах» – диэн турардаах.
Ити үөһэ этиллибитин курдук, саха бастакы чинчийээччи дьахтара Мария Ионова-Андросова бу сырдыгы, билиини тарҕатар үлэтэ сыаналанан «Саха кэскилэ» Саха сиринээҕи научнай обществотын бочуоттаах чилиэнэ оҥорбуттара. Ону сэргэ, ССРС Наукаларын академията тэрийбит Саха АССР сайдар кыаҕын, хайысхаларын торумнуур анал экспедициятын кыттыылааҕын быһыытынан Санкт-Петербутан кэлэн үлэлиир чиэскэ тиксибитэ. Кини бу экспедиция «Киһи» диэн хайысхатыгар үлэлэспитэ биллэр.
Пекарскай кини кыһыл көмүс мэтээли ылбытыгар маннык диэбит: «...Ей присудили Золотую медаль в то время, когда одному иркутскому профессору — серебряную (биллэр археолог, этнограф Б.Э. Петри). Мария Николаевна уехала из Якутии простой якуткой, хотя женой почтенного педагога, а возвращается премированной ученой дамой».
1899-1910 годы Ионовтар Дьокуускайга олорбуттара, 1910-1917 сылларга – Петроградка, 1917-1922 годах – Киев куоратка. 1922-1930 гг. – Мария Николаевна ССРС наукатын академиятын антропологияҕа уонна этнографияҕа Мусуойугар, ол, эбэтэр, Кунсткамераҕа үлэлээбитэ. Шрейбер учуонай Нюрбатааҕы-Бүлүүтээҕи экспедициятыгар кыттыыны ылбыта да, ойоҕостотон кээһэн төннөрүгэр күһэллибитэ. Саха Сирин чинчийэр хамыыһыйатыгар үлэлэһэ сылдьан кэргэнэ суруйбут «Обряд в честь духа-хозяина леса» диэн суруйуутун сахалыыга тылбаастаабыта. Пекарскайдыын «Предопределение, назначение и судьба», «Устройство скотного двора», «Огородничество», «Заметки о беременности и родах у якуток» диэн үлэлэри суруйсарга төһүү күүс буолта.
1941 сыллаахха Ташкент куоратка эвакуацияҕа олорон, 77 саастааҕар күн сириттэн туораабыта.
Биир сахаттан чулуу, өркөн өйдөөх дьахтарбыт, Бөҕө Маарыйа туһунан кэпсээтибит. Оттон кини Ионовтыын хас оҕоломмуттарай уонна кинилэр саамай биллибит кыыстара Ольга Ионовна дьылҕатын туһунан туох биллэрий?
Ионовтыын кинилэр түөрт оҕоломмуттара биллэр. Бастакы икки оҕолоро уолаттар этэ. Олор эрдэ бараахтаабыттара. Оттон улахан кыыстара Людмила 1904 сыл төрүх кыыстара ыарахан дьылҕаламмыта. 1937 сыллаахх экономическай үөрэҕинэн Алма-Ата куоратка инспектор-статистиктыы сылдьан сэбиэскэй былааһы сууллараары оҥостубуккун диэн репрессиялаабыттара, ол сылга кини өлбүтэ. 1957 сыллаахха реабилитацияламмыта.
Оттон Ольга диэн кыыстара 1930 сылга Ленинградка орто оскуоланы бүтэрбитэ, 1930-1933 сылларга Ленинградтааҕы государственнай история уонна лингвистика институтун музейы уонна кыраайы үөрэтэр салаатыгар үөрэнэн этнограф идэтин ылбыта.
Ити курдук кини үс улахан мусуойга, үнүстүтүүттэргэ, университетка үлэлиир, Москватааҕы история, философия уонна литература государственнай институтугар аспирантура куурсун ааһар.
Дьиктитэ диэн, төрөөбүт эдьиийин репрессиялаабыттарын кэннэ биир эрэ сыл буолан баран, репрессия үгэнигэр, 1938 сыллаахха, отой сэрэхтээх «Сахалар XVII үйэҕэ көҥүл иһин охсуһуулара» («Борьба якутов за независимость в XVII веке») диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертацияны көмүскүүр.
Кэлин, 1943-1946 сыллардаахха ССРС наукаларын академиятын этнография институтун доктораана буолар. Доктор үлэтин тиэмэтэ "Саха материальнай култуурата" ("Материальная культура якутов").
Ольга Всеволодовна Ионова сүруннээн Өрөбүлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун үөрэппитэ-чинчийбитэ. Саха туттар тэрилин, иһитин-хомуһун, дьиэ, ампаар туттууларын уо. д. а. дириҥник үөрэппитэ. Ону таһынан билим таһымынан саха дьоруойун Манчаары Баһылайы бастакынан үөрэппит киһинэн биллэр. 1946 сыллаахха Манчаары Баһылай туһунан үлэтин түмүктүүр.
Category: История, философия |
Views: 1151 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 99
Ыалдьыттар (гостей): 99
Кыттааччылар (пользователей): 0