News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Алтынньы » 22 » Тэрис таҥаралар тустарынан.
Тэрис таҥаралар тустарынан. | 10:14 |
Тэрис таҥаралар тустарынан.
...Үрүҥ Айыы Тойон – Үрдүкү таҥара. Кини кыргыттара, уолаттара эмиэ таҥаралар. Кинилэр ийэ куттаахтар, атын куттара суох, ол иһин таҥара буолбуттар. Үрүҥ Айыы Тойон уонна кини оҕолоро Айыы диэн ааттаахтар. Кинилэр айар, үөскэтэр айылҕалаах буолан Айыы буолбуттар.
...Үрүҥ Айыы Тойон алгыһын Эллэй Боотурга этэн биэрбит. Ол иһин Эллэй Боотуру Таҥара уола диир буолтар.
...Эҕэрдэлээх Илин халлаан хаҥас өттүгэр Ынахсыт таҥаралаах Хотугу халлаан үөскээбит.
...Саха айыылары билинэр. Ол гынан баран ол айыылар син биир таҥаралар. Таҥара диэн син биир тэҥри буолар. Билигин төрүт итэҕэлин (төһө да элбэх сабыдыалы ылбытын үрдүнэн) илдьэ сылдьарынан улахан соҕус норуоттартан саха эрэ норуота биллэр уонна бу итэҕэл алтай омугар баар. Ол гынан баран алтай омуга диэн тус-туспа төрүттээх дьон холбоспуттарыттан турар. Онон итэҕэллэрин туһайыыта араас. Ону таһынан кыра-кыра бөлөхтөртөн тураллар. Онон биир түмүллүбүт хартыынаны үөскэппэттэр.
Онон билигин Тэнгри итэгэлин ордук толору илдьэ сылдьарынан саха итэҕэлин билиниэхтээхпит. Атыннык эттэххэ, билиҥҥи тэнгризм саха итэҕэлэ диэн ааттанан баар.
...Айылҕа күүһүн көстүүтэ эмиэ уратылаах. Атын итэҕэллэр тустарынан кэпсээннэргэ киһиттэн туспа турар күүс. Кини бэйэтин күүһүн көрдөрөрүгэр киһини туһанар. Ол гынан баран кини киһиттэн ураты күүстээҕэ биллэр. Саха итэҕэлигэр эмиэ таҥара күүһүн көрдөрөрүгэр киһини туһанар. Ол гынан баран киһиттэн ураты туспа турбат. Кини буолбакка киһи ураты күүһү көрдөрөр курдук. Онон киһи дьайыыта сүрүн буолар. Онон таҥара уонна киһи холбоһон хаалаллар.
...Хас киһи барыта кырдьыктаах. Бэйэтинии кырдьык дии саныыр. Ол гынан баран ити ырытар көстүүбүт бэйэтэ үөскээбит дьиҥнээх. Ким дьиҥнээххэ чугаһаабыт кыайар, ким дьиҥнээхтэн ыраах сыыһар. Онтон дьиҥнээххэ чугаһааһын тугуй? Ким дьиҥнээх дьыаланан (быраактыканан) дьарыктанар ити дьарыктанар дьыалатын ордук билэр. «Ол иһин билэр киһиттэн ыйыт – диэн норуот этэр. Онтон өйүнэн дьарыктанар дьоҥҥо дьиҥнээх быраактыка диэн тугуй? Аркыып. Итиннэ былыргы дьон билиилэрэ сытар. Итинтэн эрэ билиини ылар кыахтаахпыт. Итини чуолкай өйдүөхтээхпит. Ол гынан баран аркыыпка бэриммэт кырдьык диэн эмиэ баар. Ону итэҕэйэбит.
... Халлаан 9 хартыгастаах буолар. Ол аата тыыннаах буолар туһунан санаабыт тоҕус бөлөхтөн турар. Бу киһи саныыр санаатын кытта сибээстээх. Бөлөсүөпүйэ көтөҕүөрүйэлэринэн өйдөбүл саамай улаханын курдук ылыналлар. Олоҕу бөлөхтөөн өйдөөһүн эмиэ итинник көтөҕүөрүйэҕэ тэҥнэһэр. Ол аата саха омук олоҕу өйдөөһүҥҥэ тоҕус көтөҕүөрүйэҕэ тиийбит эбит. Атын сайдыбыт омуктар да тоҕустан үөһэ тахсыбатахтара.
Киһи логическай сайдыыта диэн баар. Халлааны тоҕус таһымнаан өйдөөһүн логическай сайдыы уһугун көрдөрөр.
9 түһүм
Биһиги билигин тоҕус айыылары олох таһымыгар таһаардахпытына маннык:
-Үрүн Айыы Тойон—итэҕэл туһунан санаа.
-Одун, Чыҥыс—киһи туругун туһунан санаа.
-Билгэ, Таҥха, Дьылҕа—билии туһунан санаа.
-Аан Дьааһын—ыраастаныы туһунан санаа.
-Улуу Суорун—идэ туһунан санаа.
-Хотой Айыы—тэрээһин, сыһыан туһунан санаа.
-Дьөһөгөй—хаһаайытыба, улэ-хамнас туһунан санаа.
-Иэйэхсит—чэгиэн туһунан санаа.
-Айыыһыт—ыал туһунан санаа.
Маны көрдөххө, айыы халлааннарыгар баар санаалар диэммит олох туһунан санаалар эбит. Онтон атын буолбатах. Биһиги айыы халлааннарын бэйэбититтэн тэйитэ сатыыбыт. Билигин икки өй үөскүүр. Таҥараны итэҕэйбэт өттүбүт Айыы халлааннарын ылыммаппыт. Онтон таҥараны итэҕэйэр өттүбүт Айыы халлааннарын билинэр.
...Киһи таҥараны утарааччы да буоллаҕына, оннук сиэктэгэ киирэн таҥараны утарар. Бу эмиэ итэҕэл баарын туоһута буолар. Итэҕэлэ суох киһи суох. Бэл таҥараны утарыы итэҕэл ньыматынан ыытыллар.
Тэрис этиилэрэ сөрү-сөптөрө таска көстө сылдьар. Таҥара – дууһа суолун олохсуппут сырдык тыын буолар. Манна, таҥара диэн өйдөбүл дьон-аймах үҥэр-сүктэр “бог” уонна “божество” диэн өйдөбүллэрин тылбаастааһынтан сиэттэрэр, дьоҥҥо өйдөнүмтүө буоларын курдук. Дьиҥэ, таҥараны өйдүүр уустуктардаах. Киһи бүтүн олоҕун кэскилэ, Айыылартан тардыылаах, оттон, урукку үйэтийбит сырдыыр олоҕун үчүгэйэ – анараа дойду үөһээтиттэн, ол, эбэтэр, Таҥараттан, эбэтэр, көннөрү таҥара-бог диэн өйдөбүллээҕэр ордук дириҥ уонна уустук өйдөбүлтэн ситимнээх.
Онон, айыылар да иччилэр (Ынахсыт таҥаралаах Хотугу халлаан) туохха эмэ туһаайан ааттаналларыгар, ытыгыланар, төрдө-төбөтө буолар суолталаах түбэлтэлэригэр таҥаралара диэн буолаллар. Ол иһин Тэрис, быһааран биэрээри кэннигэр эбэр “Үрүҥ Айыы Тойон уонна кини оҕолоро Айыы диэн ааттаахтар”, диир...
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 898 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 82 Ыалдьыттар (гостей): 82 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|