Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Сэтинньи » 15 » Идэлэһэммиччэ, астаныаххайыҥ...
Идэлэһэммиччэ, астаныаххайыҥ...
10:27

Сүбэ

Тымныы түһэн, тыа сирин дьоно барахсаттар сүөһүлэрин-сылгыларын өлөрөн идэһэлэнэр кэмнэрэ. Оттон куорат сорох дьоно тыаттан ыыттаран, ырыынактан атыылаһан, эмиэ кыһыҥҥы аспытын-үөлбүтүн булунар кэммит тосхойдо. Мантан инньэ хас ыал аайы хобордооххо сип-сибиэһэй эт сырдьыгыныыр, хоргуннаах эт миинэ күөстэнэр, сылгы сыалаах ойоҕоһо духуопкаҕа буһар үтүө да кэмэ. Маннык этэн туран, ааҕааччыларбытыттан бэйэлэриттэн ынах сүөһү, сылгы, сибиинньэ этиттэн туох сонун аһы астаналларын ыйыталаһыаххайыҥ.

 

Ньургуйаана уонна Дмитрий ГУРИНОВТАР, Дьокуускай куорат сайдам ыала:

– Кэргэммин кытары бэйэ аһыттан-үөлүттэн, бородууксуйатыттан сонун аһы астыырбытын олус сөбүлүүбүт. Ол курдук, биһиги мэлдьи астыыр дьиэтээҕи халбаһыбытын билиһиннэриэхпит.

gurinovtar

“Дьөһөгөй” – дьиэтээҕи халбаһы

Бу бүлүүдэни астыырга, убаһа синньигэс оһоҕоһо, этэ уонна сыата наада. Эти уонна сыаны кыра гына кырбыыбыт. Туустуубут, биэрэстиибит (баар буоллаҕына кэлии испиэссийэттэн базилик, тимьян, кориандр кутуохха сөп), чосунуок бытарытан кутабыт. Быһыллан бэлэмнэммит оһоҕосторбутугар эппитин кутабыт, икки кытыытын сабынан баайабыт. Сиикэй халбаһыларбытын бакаа халадыынньыкка хонноробут. Сарсыныгар улахан көстүрүүлэҕэ эбэтэр тааска 15 см курдук таһымнаах гына уу кутан оргутабыт. Оргуйбут уубутугар халбаһыларбытын угаттаан 40-50 мүнүүтэ буһарабыт.Үллэн тахсыбатын диэн, хаан курдук 5 см тэйиччи тэһэбит.

Буспутун кэннэ халбаһыларбытын ороон сойута уурабыт. Сылгы сыатын түөрт муннуктуу быһаттаан баран хобордооххо уулларабыт. Халбаһыбыт таһын ол арыынан сотобут уонна духуопкаҕа чаас аҥаара буһара (200-230 кыраадыс итиигэ) уурабыт. Таһа, хаҕа саһархай буолуор диэри эргитэн биэрэ сылдьабыт. Олус түбүктээхтик астанар бүлүүдэ эрээри, маҕаһыын саарбах халбаһытыгар тэҥнээх буолуо дуо... Бэйэ халбаһыта хаһан баҕарар күндү уонна сыттыын, амтанныын минньигэс буоллаҕа.

gueteexixalbahyy

Отонноох убаһа этэ

Бу бүлүүдэни астыырга бастаан отоммут сүмэһинин бэлэмниибит. Чосунуокпутун ыраастаан, бытарытан ордубут отону кытары булкуйабыт. Убаһа куҥ этин бөдөҥ гына ылабыт. Онно сытыы быһаҕынан дьөлөҕөс оҥортуубут. Онно, били, чосунуоктаах отоммутун кутабыт, биэрэстиибит. Эппит таһын отоммут сүмэһининэн сотон биэрэбит уонна хас даҕаны чаас устата онтун бүтүннүү бэйэтигэр иҥэриниэр диэри тымныы соҕус сиргэ уурабыт.

Духуопкабытын 200 кыраадыска диэри ититэбит. Эппитин итийбит оһоххо 10 мүнүүтэ буһара туруорабыт. Ол кэннэ оһохпутун 150 кыраадыска диэри намтатабыт уонна өссө чаас аҥаара буһарабыт.

 

Бу убаһа этиттэн оҥоһуллубут бүлүүдэни остуолга итиилии ууруллар эбэтэр тымныылыы сокууска быһыытынан сиэххэ эмиэ сөп. Бүлүүдэ олус судургутук оҥоһуллар, буһарыллар. Отон сүмэһинэ эккэ дьикти амтаны биэрэр. Саҥа дьыллааҕы остуолгутугар эриэккэс сонун бүлүүдэ буолуан киэргэтиэн сөп. Атын даҕаны күннэргэ буһаран боруобалыаххытын сөп.

Александр ТАРАСОВ, хаһыат суруналыыһа:

Бурдукка буспут убаһа этэ

– Сыалаах убаһа этин чараас гынан кырбыыбыт. Эппитин туустаабаппыт, ол оннугар биэрэс, чосунуок булкуйабыт. Атын иһиккэ үс сымыыты, биир ыстакаан үүтү уонна алаадьы тиэстэтиттэн убаҕас буоларын курдук, бурдук кутабыт. Мантыбытын туустуубут. Өссө атын иһиккэ көннөрү бурдук кутабыт. Эппитин тиэстэҕэ умньаан ылан баран тэриэлкэлээх бурдукка төкүнүтэн ылабыт уонна икки өттүттэн арыылаах хобордооххо сырдьыгынатабыт. Түргэнник буһар. Бу бүлүүдэни көннөрү да сиэххэ сөп эбэтэр хортуоппуйу, ирииһи, мокоруону да кытары мотуйуохха сөп.

Чохочу

coxocy

Бу бүлүүдэни астыырга сүөһү быара, сүөһү итир сыата, туус, испиэссийэ.

Быары чараас гынан быһабыт (араҥа гына), туустуубут, биэрэстиибит уонна хобордооххо сырдьыгынатан ылабыт. Бу чараас быарбытын сүөһү итирин кытары (ис сыатыгар) суулуу тутабыт уонна икки өттүттэн ыһаарылыыбыт. Эрийбиппитин шпашканан (тиис ыраастыыр маһынан) анньыахпытын сөп. Чохочуну хортуосканы кытары итиилии сиэниллэр.

Вероника ЛЬВОВА, Сунтаар улууһуттан элбэх оҕолоох ыал ийэтэ:

Эриллибит эттэн рулет

etteexrylet

– Бастаан омлет оҥоробут: биир майаныас (200-250 г) биэс сымыыт, 300-400 г сыр кутабыт. Бу маассаны булкуйан баран, духуопка лииһигэр кутан 15-20 мүнүүтэ буһарабыт. Онтон хостоон эрдэ бэлэмнэммит, тумаламмыт (туус, хара биэрэс, күөх луук кутуохха сөп) эриллибит эти ити омлеппыт үрдүгэр тарҕаччы кутабыт. Эппит туох баҕарар этэ буолуон сөп -- куурусса, сибиинньэ, убаһа этэ да барсар. Рулекка анал “коврик” баар буолар. Ону туһанан (суох буоллаҕына, салапаан да барсар) рулет курдук эрийэн кэбиһэбит уонна эмиэ духуопкаҕа уган 20-25 мүнүүтэ буһарабыт.

Туйаара Сергеева

Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1070 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 48
Ыалдьыттар (гостей): 48
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024