ОЛИМПИЕЦТАР
Биһиги олимпиецтарбытын - үс чулуу уолаттарбытын Р.Дмитриевы, П.Пинигины уонна А.Ивановы бары билэр, кинилэринэн киэн туттар, үтүө холобур оҥостор буоллахпыт. “Триумф” спорткомплекс иннигэр наһаа үчүгэй өйдөбүнньүк турара ити санаабытын өссө дириҥэтэр. Араас сиртэн кэлэр спортсменнар кэрэхсии, сорохтор ордук саныы көрөн эрдэхтэрэ. Арай учууталларын, үөрэтэн киэҥ суолга атаарбыт тренердэрин Д.П.Коркин памятнига аттыларыгар баара буоллар бу көстүү өссө толору ис хоһооннонуох эбит диэн санаа киирэн ааһааччы...
Роман Дмитриев
Кини туһунан модун ССРС сборнай хамаандатыгар 18 сааһыгар киириэҕиттэн киин хаһыаттарга, ордук “Советский спорт” диэҥҥэ, элбэхтик суруллан барбыта. Тренердэр маннык уолга тиксэргэ төһөлөөх баҕатыйбыттара буолуой? Ол кэмнэргэ “не по возрасту смышленый” диэн суруйбуттарын уу харахпынан аахпыппын умнубаппын. Наһаа элбэҕи ааҕарын, музейдары көтүппэккэ сылдьарын, билиитэ-көрүүтэ үгүһүн, баайын туһунан суруйаллара. Олимпийскай оонньуулар кэннилэриттэн Москваҕа олимпиада геройдарыгар аналлаах тэрээһини телевизорынан көрдөрбүттэрэ. Ити 1972 сыл буоллаҕа. Москва биир уулуссатынан аһаҕас массыына үрдүгэр кинилэр – олимпийскай чемпионнар туран иһэллэрэ, ортолоругар Роман баара.
Сотору буолаат киэҥ баҕайы уораҕайы көрдөрдүлэр. Дьахтар чуор куолаһынан олимпиецтары биир-биир ыҥыртыыр, онно сыанаҕа тахсан олорон истилэр. “Чемпион олимпийских игр, Заслуженный мастер спорта СССР Роман Дмитриев!” – диэн саҥа иһиллэрин кытта Роман ыстанан тахсан чемпионнар аттыларыгар олорунан кэбистэ. Бэйэтигэр сөрү-сөп көстүүмнээх, кэрэ сэбэрэлээх уолу санаабар бары да кэрэхсии көрөллөр. Хап-хара, дип-дириҥи, ырааҕы одуулуур, өйдөөх да өйдөөх харахтарын ооккото! Ити тэрээһини хатылаан биэриини кэлин ханна да көрбөтөҕүм. Кэрэ көстүү этэ...
Ити кэмнэргэ көҥүл тустууга ССРС сборнай хамаандата араас дойдуларга тиийэн көрсүһүүлэри оҥорорун хаһыат сырдатара. Америкаҕа хас да куоракка сылдьан көрсүһүүлэригэр, биллэн турар, кыра ыйааһынтан саҕалыыллар. Күрэхтэһиини саҕалааччы - Роман. Хапсыһыы иннигэр хараҥардыллыбыт, эбиитин табаах буруотунан туолбут уораҕайга көбүөр уһугар турар уолу үс өттүттэн прожектордарынан тыктараллар эбит. Эдэркээн уол онно хаанын
хамсаппатын, холкутун, дьиппиэнин сөҕөн суруйбуттара баара. Олимпиецпыт соргулаах суола итинник саҕаламмыт.
Кэлин үгүс сылларга иккилии-үстүү күн салҕанар сыралаах күрэхтэһиигэ ыйааһыны тутуу сорун-муҥун тулуйбут эрэ буолбатах, хайаан да кыайан дойдутун үтүө аатын ааттаттаҕа. Уһун сылларга ыйааһыныгар хайа да омук ааттааҕын иннигэр түһэрбэтэҕэ.Тренердэр кэмниэ кэнэҕэс 52 киилэлээхтэргэ таһаарарга быһаарбыттара. Роман ол ыйааһыҥҥа тахсан 1973 сыллаахха ССРСка бастаан кэбиһэр. Тренердэр Романы үөһээ ыйааһыҥҥа таһаарарга быһаарыныыларын хаһыаттар араастаан суруйаллара: сорохтор сөптөөх, сорохтор эрдэ, Романы солбуйар киһи билигин суох диэн. Күрэхтэһээччилэрэ да дьаарханалларын, чаҕыйалларын эмиэ биллэрэллэр эбит этэ. Холобур, оччолорго ити ыйааһыҥҥа бастакынан сылдьар, балыс саастааҕа, биир дойдулааҕа А.Иванов: ”Убайым биһиги ыйааһыммытыгар таҕыстаҕына буккуйталыыра чуолкай”, - диэх курдук этиитэ бэчээккэ баара.
Роман Михайлович Дмитриевтэн Монреаллааҕы олимпиадаҕа кыһыл көмүс мэтээлин көрдөрөн туран балыйбыттара кырдьыктаах. Итиннэ майгынныыр быһыы казах Даулет Турлыханов Токио олимпиадатыгар финалга тустуутугар буолбут. Казахтар, балыйдылар диэн, уоллара эргиллэн кэлиитигэр кыһыл көмүс олимпийскай мэтээл куоппуйатын бэлэмнээн түөһүгэр ыйаабыт холобурдара баар. Биһиги оннугу толкуйдаабат дьон буолан биэрдэхпит. Романы 31 эрэ саастааҕар “кырытыннаран” Москва олимпиадатыгар киллэрбэтэхтэрэ. Тустаах специалистар, ССРС тренердэрэ кытта, Роман үс төгүл олимпиадаҕа бастыахтааҕын этэллэрин кубулуппаттар.
Павел Пинигин
Мин оччотооҕу бэчээти көтүппэккэ ааҕар киһи “Советскай спорт” хаһыакка Пинигин диэн фамилия ахтыллан барбытын өйдүүбүн. Маҥнай соччо аахайбат буоллаҕым, ааттаах-суоллаах тустуук элбэҕэр балыйтаран буолуо. Республикаҕа биллибэккэ барбыт буолан, уол саха буолара да үгүстэргэ биллибэт этэ. Эдэр уол аата улам үгүстүк ахтыллар, онтон хаһыат нүөмэрин көтүппэккэ да бэлиэтэнэр буолбута. Бэлиэтииргэ күһэллибиттэрэ диир ордуга дуу. Сахалар алын ыйааһыҥҥа тэҥҥэ аахсар кэмнэригэр орто аҥардаах ыйааһыҥҥа ааттаахтары кытта анньыһар уол баар буолбута улахан сонун этэ. Муҥар, урукку модун Сойуус ааттаахтарын кытта күөн көрсүһүүгэ кыайталыыр буоллаҕа, Арассыыйа кавказ омуктарын самнартаан эрэ ону ситиһэҕин. Туох да диэбит иһин Павел Сойуус улахан тустууктарын ханнык да мөккүөрэ суох баһыйталаан барбыта.
Чурапчы оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҕо сылдьан Сойууһу, аан дойдуну, бэйэлэрэ этэллэринии, “буккуйталаан”барбыт буоллахтарына, Павелга ситиһии хойутуу, сыралаах үлэ, дьулуур кэнниттэн кэлбитин билэбит. Кини ити хаачыстыбалара дойду тренердэрин эр киһилии ытыктабылларын ылбытын, саарбахтаппат саллыылаах модун санаатын итэҕэппитин билбиппит, биһиги тустууга ыалдьааччылар. Павелы улахан күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаҕа да буоллун, туох да мөккүөрэ суох ыыталлара көстөрө, ол эрэллэрин толортообутун эмиэ билэбит. Павел Павлович Пинигин үгүс-элбэх кыайыытын, ССРС гимнин хаста-хаста иһитиннэрбитин манна ааҕа барбаппын, итилэр үгүстүк сурулуннулар, кэпсэннилэр.
Арай тулхадыйбат модун санаа киниэхэ хайдах иитиэхтэммитэ, киминэн иҥэриллибитэ таабырын курдук. Бүтүн Сойууска кини саҕа күүстээх, баай техникалаах да баар аҕай курдуга эрээри, Павел син биир бастыыра. Кэлин өссө үрдүкү ыйааһыҥҥа да тахсан тулуталаабатаҕа. Характерынан, модун санаатынан баһыйталыыра, сүрдэрин тоһуталыыра дииллэрэ. Итинэн сиэттэрэн биир түбэлтэни өйдөөн - санаан кэллим. “Лена” гостиницаҕа Дагестан уолаттара сылдьалларын көрсүбүтүм.
Москваҕа ССРСка бастыыр күрэхтэһиини көрөн баран, манна хоту бырааттара аксакалтан ыйытыыта суох кэлбитин ирдии, төттөрү илдьэ бараары кэлбиттэр. Сойууска бастыыр күрэхтэһиигэ кыра айдаан буолбутун, Павел бастаабытын, Москва олимпиадатыгар кыттар быраабы ылбытын истэ сылдьарым. Уолаттартан ону ыйыталастым. Улахан эрийсиилээх күрэхтэһии буолбутун, Пинигинтэн сибээстээн айдаан буолбутун кэпсииллэр. Осетия тустуугун харахха аспытын туһунан: “Пинигин же великий борец, но зачем в глаз тыкать”, - дэһэллэр. Мин күлэн “уҥа” сытабын: “Это же мужской спорт, иногда могут же быть немного жесткие движения, вы, что кавказцы такие неженки?”, - диибин.
Испэр кавказтартан куттаммат, чаҕыйбат, өссө “атаҕастыыр” киһи син баар эбит ээ дии саныыбын. Уолаттар мөккүһэ хайыы барбатылар, хата хоту Баатаҕайга хайдах тиийэллэрин ыйан-кэрдэм биэрбитим, махтаныы бөҕөтө этилэр. Павелтан саллаллар да, кинини ытыктыыллар да эбит этэ. Украинаҕа тахсыбыт кинигэлээх этим, кэлин хайа эрэ атаһым уччуппута, төннөрбөтөҕө. Онно Павел туһунан Киев журналиһа суруйбут бэртээхэй уочарката баара. Хайгыыр, ытыктыыр тыллар элбэхтэрэ. Украиналар кинини спортсмен да, киһи да быһыытынан үрдүктүк туталлара көстөрө.
Павелга хотторор, кини кэнниттэн мэлдьи иккис нүөмэринэн сылдьар Н.Петренко тренердэрин Г.Бураков дьиэтигэр сарсыарда 6 чааска тиийэн ааны дарбыйан квартал дьонун барыларын уһугуннарар. Илиитигэр сүүнэ улахан букеттаах доп-доруобай уол: ”Пашка стал чемпионом!”, - диэн хаһыытыыр эбит. Ити Павел Монреаллааҕы олимпиадаҕа кыайбытын түүн араадьыйанан истээт
кэлэн тренерин үөрдэр быһыыта. Павел Павлович Пинигин үгүс суруллуутугар мин кыра эбэрим итинник.
Александр Иванов
Саша дойдуга, аан дойдуга биллиэн иннинэ төрөөбүт Туой Хайатыгар элбэх хараҥаччыны “бултаан” кэбиһэн “Бэлэм буол” хаһыакка суруллан республикаҕа аан бастаан “аатырбытын” туһунан номох баар. Ыстатыйа аата “Хараҥаччыһыттар” диэн эбитэ үһү. Чуона ыраас уутугар чомполоно сылдьан 6-7 саастаах атах сыгынньах уолаттар хайаларын үрдүк сырайын дабайаллара, онно уйа туттар тыһыынчанан хараҥаччы уйатын хаһа сылдьаллара харахпар көстөр курдук. Ыраас салгыны ыймахтыы, Чуона уутун дуоһуйа иһэ, үүт-сүөгэй, сибиэһэй эт-балык, сир аһын арааһын ис уйарынан аһылыктана сылдьар баранаактар эниэргийэлэрэ дэлэ буолуо дуо, таска тахсан эрдэҕэ.
Кини хайдах үөрэнэн, үрдэллэри дабайан, “улуу пехлеван” аатырбытын, Монреаллааҕы олимпиадаҕа кыттан үрүҥ көмүс мэтээли ылбытын туһунан аан дойду барыта билэн эрдэҕэ. Итиннэ эбэр да, итинтэн көҕүрэтэр да суох курдук. Арай Р.Дмитриев уонна П.Пинигин курдук батыһа сылдьар анал тренергэ түбэспэтэҕэ хомолтолоох. Ол үрдүнэн биирдэ Сойууска бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланыытыгар эмиэ “Советскай спорт” хаһыакка: “Алмаатинец Иванов нынче намерен решительно, ошибки своих соперников не прощает” – диэн суруйбуттарын өйдүүбүн.
Ити Александр күрэхтэһиини кыайыынан саҕалаабытын эттэхтэрэ. Оччотооҕу дойду бары ааттаахтарын анныгар баттаабыта, ССРС сборнай хамаандатыгар эрэллээхтик киирбитэ. Сойуус, Европа, Аан дойду, олимпийскай оонньуулар чемпионнара С.Белоглазовы хоторо.
Ханнык да күрэхтэһиигэ ыытталлар түһэн биэрбэтэ, булчут аҕата аар тайҕаттан өлгөм бултаах эргиллэрин курдук, хайаан да өттүк харалаах, илии тутуурдаах эргиллэрэ.
Александр соргулаах спортивнай олоҕу олордо. Мантан атын буолуо этэ дуо диэн ыйытыы туруоруохха сөп да хоруйу ким эмэ биэриэ дии санаабаппын. Кырдьаҕас тренер В.Корякин: ”Саша тренеригэр табыллыбатаҕа, саҥа тустан эрдэҕинэ Украина кылаабынай тренера Арам Ялтырян таба көрөн миигиттэн уолу тиксиһиннэрэригэр көрдөспүтэ, кэпсэтээри, баҕар ыҥыраары буолуо. Ону баара Саша, казах тренера урутаан кэбиһэн, Алма-Атаҕа барбыта. Украинаҕа барбыта буоллар баҕар атын буолуо этэ”, - диир. Владимир Прокопьевич этэрин специалистар туох дииллэрин билбэтим. Монреаль олимпиадатын иннигэр Александр көмүскэһэр, туруорсар тренера суох буолан хайдах эрэйдэммитин билэбит.
Арай Саха сирин постпредствотын салайааччыта И. Игнатьев көмүскэһэн олимпиадаҕа барбыта биллэр. Киһилии эрчиллэн үтүө туруктаах кыттыбыта буоллар өссө үрдүк ситиһиилэниэх эбит дииргэ эрэ тиийэбит. Хомойуох иһин, Александр Тбилиситээҕи турнирга Грузия аатырбыт тустуугун Шекриладзены көбүөр таһыгар куотарын соһон киллэрэ-киллэрэ тиэрэ баттыыра видеоҕа баар. Атын хапсыһыыларын көрөр кыахпыт суох. Тустуу аан дойдутааҕы президенэ Мелан Эрцеган Александр тустар уһулуччу техникатын хайҕаан “эталон” оҥосторго, үөрэтэргэ этэр.
Кини итинниги Иран, Турак, Дьоппуон тустууктарыгар анаабыта биллибэт. Соторутааҕыта Дмитрий Коркин бирииһигэр улуу тустуук С.Белоглазов кэлэн ыалдьыттаан барда. Кини 1985 сыллаахха Сойуус күрэхтэһиитигэр Дьокуускайга кэлэн Европа, Аан дойду икки төгүллээх чемпиона В.Алексеевы кытта үөһээ 62 киилэ ыйааһыҥҥа тахсан киирсибитэ. Киниэхэ соҕотох биир очконан баһыйтаран көбүөрү сутурҕалаабытын көрбүппүт. Кыайыахтаахпын мүччү туттум, Сойууска бастыахтааҕым хаалла диэтэҕэ. Соторутааҕыта Александр Николаевичтыын ити туһунан кэпсэппиппит, С.Белоглазовы ахтыбыппыт. Ити үлүгэрдээх киһини урут Романныын хайдах кыайаргыт эбитэй диэбитим. Онуоха: ”Оччолорга биһиги эмиэ “үлүгэрдээх” эбиппит буолуо буоллаҕа”, - диэн күлэн кэбиспитэ.
Түмүк оннугар
Мин 1964 сыллаахха Дьокуускайга көҥүл тустууга буолбут Арассыыйаҕа бастыыр күрэхтэһиини саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри биир да хапсыһыыны көтүппэккэ көрбүт тустуу ыалдьааччыта буолабын. Ол кэмтэн күн бүгүҥҥэ диэри былаһын тухары тустууну кэрэхсиибин. Инники ахтыбыт үс аатырбыт олимпиеһым ааспыт урукку, билиҥҥи уонна кэлэр дьылҕалара мэлдьи интэриэһиргэтэр.
Хомойуох иһин Роман Михайловиһы сүтэрдибит. Аны кини суох... Аан дойдуну баһылыах баҕалаах аныгы тустууктарга дьиҥнээх холобур буолар ити үс олимпиецпыт бэйэбит Сахабыт сиригэр күн сирин көрөн, иитиллэн тахсыбыттара. Кинилэр хантан да кэлбэтэхтэрэ, манна, бу сиргэ төрөөбүттэрэ. Ийэлэрин үүтүттэн саҕалаах төрөөбүт төрүт астарын аһаатахтара. Билигин тахса сатыыр оҕолорбут оччотооҕуттан чыҥха атын үтүө усулуобуйаҕа сылдьаллар. Арай аһылыктара? Убайдарын курдук кыра оҕо эрдэхтэринэ ийэлэрин үүтүн испиттэрэ дуо, күн ахсын үүт, сүөгэй, сибиэһэй эт аһылыктаахтар дуо? Итини ким эмэ тэрийэр дуо? 1985 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллар Сойуус күрэхтэһиитигэр хамаанданы Мэҥэ Төхтүрүгэр таһааран бэлэмнээбиттэр.
“Герой Ф.Попов” сопхуос дириэктэрэ, республика биир биллэр киһитэ, патриота М.Санников ас бөҕөтүн тэрийбит, сүөһү кытта өлөттөрөн сиэппит. Олимпиецтарбыт ол бэлэмнээһиҥҥэ быһаччы кыттыыны ылбыттар. Урукку Сойуус күрэхтэһиитэ билиҥҥи Арассыыйа күрэҕэ буолбатах, таһыма, ирдэбилэ таһыччы үрдүк буоллаҕа. Уолаттар баһыйрхайдык тустубуттара билигин номоххо кубулуйа сылдьар. Итини төрүт ас спортсмеҥҥа ураты суолталаах диэри аҕынным.
Үөһээ ахтыбыт 1964 сыллаахха чемпионнаабыт, бириистээх миэстэҕэ тиксибит уолаттарбыт төрүт аһы аһаан улааппыттара. Оччотооҕу тустууктар бары олохтоох бэйэбит аспытын аһылыктаналлара. Кэлии эт, бороһуок үүт, араас химиялаах ас суоҕа. Урукку аатырбыт тустуук М.Сибиряков билигин кэлии астарынан аһылыктанар эбит уонна улаханнык ыалдьарын суруйбута. Тыа сирэ эстибэтэ, төрүт ас мэлдьи баар буолара наада этэ, муҥ саатар спортсменнары итинэн хааччыйар буоллар. Чурапчы урукку спортивнай оскуолатыгар сылга 5-6 сүөһүнү өлөрөн аһаталлар эбит. Д.Коркин кэргэнэ Александра Семеновна барахсан уолаттар киирэн сиэхтэрэ диэн дьиэтигэр эт буһаран остуолга өрөһөлүү тардан баран үлэтигэр тахсарын суруйаллар.
Уолаттар ону эбии аһылык курдук мотуйан эрдэхтэрэ. Р.Дмитриев ханна да сырыттар төрүт аһыттан арахпатах, хатыыһын, тайаҕын этин дьоно, биир дойдулаахтара ыыта олорбуттар. П.Пинигин Киевкэ хас кафе, остолобуой ахсын эти тото сиирин ахтыбыттаах. Тренерэ Г.Бураков кэргэнэ Павел ыалдьыттыы кэлэригэр Паша сиэ диэн эттээх миини буһаран тоһуйар эбит. А.Иванов сүөһү, бараан этэ, үрүҥ ас дэлэй сиригэр Алма-Атаҕа олордоҕо.
Варята (билигин – Варвара Афанасьевна), ол саҕана төһө да эдэр буоллар, сахалыы-махалыы астаан-үөллээн дойдуларын аһын суохтаабатахтар. Мин төрөөбүт төрүт ас ыар ноҕуруускаҕа сылдьар киһиэхэ суолтатын быһаарбыта буола сатаатым. Тыабыт сирин аһа аччаан, ол иһин сыаната ыараан куруутун аһылыктанар уустуктанна, пенсионердарга кыаллыбат да буолла. Дэлэй, сыаната чэпчэки буолан, кэлии бородууктаны тутуһабыт, төһө охсуулааҕын билэ билэбит, атын суол суох. Тустууктарбыт, ордук хапсаҕайдьыттар, кыратыттан улаханыгар тиийэ хаһалара халыйа сылдьар.
Төрүөтэ туохханый? Кавказ омуктара сибиэһэй ас үрдүгэр сылдьаллар, ордук тустууктара бэрэбиэркэлэммит, химията суох аһылыгы сииллэр. Бэл ыарахан ыйааһыннаах тустууктара истээхтэрэ, сыалаахтара көстүбэт. Биһиги урукку тустууктарбыт да итинниктэр этэ. Олимпиецтарбыт итиннэ ураты миэстэҕэ тураллар. Кинилэри холобур оҥостор, уопуттарын туһанар ситэ кыаллыбат дуу диэхпин баҕарабын. Эдэрдэргэ кинилэр кыайыыларын - хотууларын эрэ санатар буолбакка, тугу аһаан-сиэн ноҕуруусканы тулуйан, сылааны аһарынан, чөлгө түһэн чыпчааллары дабайбыттарын үөрэтиэххэ баара.
Үрдүттэн кыайыыларын эридьиэстиибит, оттон төһөлөөх эчэйиини ылан, ону ардыгар кистээн, сороҕор оһорунан, сороҕор тулуйан сылдьыбыттарын туһунан эдэрдэргэ анаан кэпсээн суоҕун кэриэтэ. Эдэр көлүөнэ тустуук итини барытын билиэн, иҥэриниэн наада. Олимпиецтарбыт олорбут олохторо, сөҕүмэр ситиһиилэрэ хатыланара буоллар.
Иван БУРЦЕВ 17.11.2019 с.
|