News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Тохсунньу » 4 » БЫЛЫРГЫ БИТ-БИЛГЭ
БЫЛЫРГЫ БИТ-БИЛГЭ | 11:47 |
БЫЛЫРГЫ БИТ-БИЛГЭ
«Былыр бит-билгэ эгэлгэтэ элбэх буолара, билиҥҥи курдук буолуо баара дуо, — диэн Хара Хаппытыан кэпсээнин саҕалаабыта. — Аныгы дьон, сүрүннээн оҕо-дьахтар, сыбыс-сымыйанан бүлүүһэ сүүрдүбүтэ буолаахтыыллар. Онтон атын туох да суох. Ол диэхтээн... Суос-сымыйа буоллаҕа».
Уопсайынан, Хара Хаппытыан муҥура биллибэт киэҥ байҕал сэһэниттэн ойута тардан биккэ-билгэҕэ сыһыаннааҕы манныгы өйдөөн хаалбытым.
Остуол сүүрдүүтэ
Былыр оҕо сырыттахпына кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ дьон, күнү-дьылы ыыта сатаан, арааһы барытын билгэлииллэрэ. Уончалаах оҕо сылдьан хаста да остуолу сүүрдүбүттэрин көрбүттээҕим. Хараҥа балаҕаҥҥа сутуруо оһох барбах кылайар уотун сырдыгар арыынан оҕунуохтаммыт былыргы үс атахтаах остуол лаһыгыраччы сүүрэ сылдьара – дьулаан хартыына. Харба Атах диэн сиргэ олордохпутуна биирдэ дьоммут ичээн киһини ыҥыран аҕалан остуолу сүүртүлэр. Хайдах албастаан, тугу аптаан сүүрдүбүттэрин өйдөөбөтүм. Арай, остуол сирэйин-атаҕын арыынан оҕунуохтуу-оҕунуохтуу уокка сырайалларын, тугу эрэ көрдөһөн ботугуруулларын өйдүүбүн. Быһата, остуолбут сыыйа ынчыктаан, иҥиэттэн, хамсаан-имсээн барбыта. Сыыйа хонноҕо аһыллан лиһигирэччи сүүрдэ. Биһиги оҕолор тыыммат да буола куттанан, атахпытын кумунуохпутун кумунан ороҥҥо дьигиҥнэһэ олоробут. Остуолбут бу лиһигирээн кэлэр, ити лаһыгыраан ааһар. Букатын, барыах-кэлиэх сирин булбатах итирик киһи курдук тэлэкэчийэ сылдьар. Адьас, атахпытыттан харбаан ылан илдьэ барыах курдук. Хамсанара балабыайа, холуһа сүрдээх, хайдах ыһыллан хаалбатын сөҕөбүт. Хайдах, тугу билгэлэнэрин билбэппин, балай эмэ сүүрбэлээбитин кэннэ ичээммит тылынан ааттаан тохтото сатаата да, остуолбут тохтообото. Огдоос диэн ыалбыт эмээхсинэ киирэн олорорун сонордоһор курдук. Тиийэ-тиийэ кинини кэтиэлиир, тиийэ сатаан лаҕырҕайдыыр. Ити курдук Огдооһу кэтиэлээн лаһыгырыы туран атаҕа булгу баран тохтообута. Ол да сытан тура сатаан өндөҥөлөөн, көбүөхтээн дьиэлээхтэри улаханнык куттаан турар. Ити курдук сүүрэ сылдьан араастаан кычыгыраан-хачыгыраан барыны бары кэпсиир эбит этэ. Ону ичээн оҕонньор барытын өйдөөн хаалан баран дьиэлээхтэргэ кэпсээн биэрэр быһыылааҕа (ону мээнэ киһи истибэт). Огдоос эмээхсин дьылы туораабатаҕа.
Сэргэни иһиллээһин диэн баара.
Биһиги дойдубутугар биирдэ кыһын, бытарҕан тымныы түһэн турдаҕына Куоратчыт Кууһума диэн эдэрчи киһи сэргэ сүүрдэбин диэн улаханнык дэҥнэнэн турардаах. Сэргэни сүүрдүү олус судургу, ким баҕарар сатыыр. Куттанымыахха эрэ наада. Ол курдук, Кууһума кэннинэн хааман тиийэн сэргэни кууһан баран (көхсүгүнэн сыстан туран кэннигинэн илиигин күлүүстүү тутан кууһаҕын) «тойон дьаҕыл сэргэ, аман өскүн амалый, кэс тылгын кэпсээ...» эҥин диэн алҕаан баран тиҥилэхтээбитигэр сэргэтэ мөхсөн барбыт. Иирбит курдук кулахачыйан, салыҥнаах балык курдук ньылбырыҥнаан өрө мөхпүт. Сэргэни сүүрдэр киһи бэйэтин күүһүгэр-кыаҕыгар бигэ эрэллээх, кыанар киһи буолуохтааҕа уруккуттан биллэр, сэргэ кэпсиэн иннинэ киһини тургутан көрөр үгэстээх. Кууһума өрө-таҥнары ытылла, атахтара салгынынан тэлээрэ сылдьан холо тахсан (уруккуттан оннук ыарыылааҕа эбитэ үһү) биэс-алта миэтэрэ холобурдаах сиргэ кыырайан тиийэн күрдьүллүбүт тоҥ чигдигэ өрө лүһүгүрүү түспүт. Итиччэ ыраах сиргэ хаары таарыйбакка салгынынан көтөн барбытын кэлин дьон көрөн сөхпүт этэ. Сэргэ мөҕүстэҕинэ кытаанахтык мөхсөр дииллэрэ. «Сэргэни төлө туппут киһи өлөр» диэн буолааччы да, Кууһума өлбөтөҕө. Сиһин дэҥнээн хойукка диэри эрэйдэнэр этэ. «Кууһума диэн ааттаах эрээригин тоҕо кууспуккунуй?» диэн дьон дьээбэлииллэрин истэрим.
Сылгылар кэпсэтэллэрэ
Сылгылар кэпсэтэллэрин истээри окко саһан баран сыҥааҕа ытыстан хаалбыт оҕонньор баарын билэбин. Сылгылар саһан истэ сытар киһини кыраан баран үгэннээн кэпсэтэн бардахтарына киһи сыҥааҕа бэйэҕиттэн тутулуга суох бабыгыраан, быччыҥа-иҥиирэ тардыалаан барар диэн кэпсииллэрэ. Аны туран, саһан сытаргын биллэриэ суохтааххын.
Кэйээриҥ
Кэйээриннээһин диэн ынырыктаах сиэр-туом баар буолар этэ. Билигин умнулунна. Уорсуу-халаһыы дэлэйбит кэмигэр чөлүгэр түһэрэн тилиннэриэххэ баар этэ. Баҕар, уоруу аҕыйыа, дьон тардыныа этилэр. Хайдахтаах да бэйэлээх улуу уоруйаҕы, адьас, тэһиппэккэ кэһэтэр этилэр.
Хондо үрэҕин таһыгар баар Араҥастаахха олордохпутуна, күһүн, биһигини кытта дьукаах олорор Сэмэнньэй оҕонньордоох икки сүөһүлэрин уоруйахтар сулуйан барбыттара. Ыанар ынаҕы уонна ити күһүн идэһэ буолуохтаах улахан кунан оҕуһу. Оҕонньор эрэйдээх оҕолорунуун хас да күнү быһа көрдөөн сордонон баран сүөһүлэрин сэмнэҕин эрэ булаахтаабыттара.
Оо, онно оҕонньор эрэйдээх ытаан, суланан-кэлэнэн биэрээхтээбитин көрүө-истиэ этигит. Оччотооҕу киһиэхэ сүөһүтэ суох хаалыы диэн киһи аатыттан ааһыы, хоргуйан өлүү суолугар үктэнии, иэдээн буоллаҕа. Сэмэнньэйбит наһаа ытаан-суланан устунан иирэн хаалара буолуо диэн куттаммыппыт кэннэ, биир сарсыарда киһибит муус холку туран соһуталаата. Дьэбин уоһуйбут, улахан дьыалаҕа быһаарыммыт дьүһүннээх. «Чугас олохтоох киһи дьаабыламмыт буолуохтаах, кини баҕас тугу булан ылыаҕай диэн сэнээн, атаҕастаан... Итинник нэгэйдик дьүһүлэнэр буоллахтарына аны кэлэн тугун харсай... Билигин кэлэн туохпун иитэ сатаан туохтан тардыныамый. Мэһэй-хааччах суох.
Кэйээринниибин» диэн кэпсээннээх буолла. Дьонум «кэбис, тугуҥ тылай. Сэтин-сэлээнин уйуоҥ суоҕа, онтуҥ тиийбэтэҕинэ бэйэҕэр төннөр дииллэр» эҥин диэн алы гына, ааттыы сатаатылар да, оҕонньор бэриммэтэ. Инньэ гынан, кэйээринниир буоллубут.
Сэмэнньэй оҕонньор ордон хаалбыт биир тарбыйаҕын манньа биэрэн Ордьоох Охонооһой диэн ойуун-ичээн аҥаардаах кырдьаҕас киһини ыҥыран аҕалла.
Сүөһүлэр уоруллубуттара бэһис-алтыс күнүгэр буолуо, бука. Балаҕаммыт иһэ сарсыардаттан үлэ-хамнас бөҕө буолан тигинээтэ. Ойууммут тыаттан эмэх мас киллэрэн олорордуу моһуоннаан киһи эмэгэтин оҥортордо. Бурдук соломотуттан эмиэ соччо кээмэйдээх, босхо сүһүөхтээх «от атах уол» диэни бэлэмнээтилэр. Мас бөҕөтүн чохтоотулар, түннүктэри бүөлээтилэр, бу түүн ким да иһирдьэ-таһырдьа быгыахтаабат диэн ууну-маһы тастылар. Кыра оҕолору ыалларга хонноро утаартаатылар, «бачча оҕо туох да буолуо суоҕа» диэн миигин, хата, ханна да ыыппатылар.
Киэһэ лаппа хараҥарбытын кэннэ сиэр-туом толоруута саҕаланна. Ойууммут, бастатан туран, хаста да төхтүрүйэн бу оҥоһуллан эрэр ыар дьыала Сэмэнньэй оҕонньор көҕүлээһининэн барарын, онон сэмэтэ-суҥхата, аньыыта-харата барыта киниэхэ тиксэрин хаста да лаппыйан эппитин, уоту алҕаабытын өйдүүбүн. Ойуун үөрэппитин быһыытынан, оҕонньорбут уот иннигэр тиийэн ытаан-соҥоон, суланан кыһалҕатын этиннэ, муҥур уһукка тиийэн маннык суолга баран эрэрин, эппит тыла энчирээбэтин биллэрдэ. Быһата, кэйээрин саҕаланна.
Тугу гыммыттарын чопчу бу диэн бэрээдэгинэн өйдөөбөппүн. Ол эрээри, судургутук быһаардахха, уоруйах киһи кутун ыҥыран ыланнар мас эмэгэккэ олохтуохтаахтар уонна ону “от атах уолунан” быһа кымньыылатыахтаахтар. Эмэгэттэр иккиэн утарыта “көрсөн” оһох иннигэр олороллор. Дьоммут олус өр букунастылар, “кэлэн быстыбат, кэтэнэр” эҥин дэһэр саҥалара иһиллэр. Уоруйах кута кэлэн сылаас-сымнаҕас эмэх эмэгэккэ киирэн хорҕойоругар, сынньанарыгар ыҥыраллар. Албыннаһан араастаан ааттыыллар, ньымааттыыллар. Ол гына-гына оһох холумтаныгар өрөһөлөнөн сытар чоҕу кэтииллэр. Түүн оройо буолбутун кэннэ, биһигинньик куһаҕан-иһэҕэн, атах-бытах дьон тулуйбакка утуйан эрдэхпитинэ, “кэллэ-ээ!” диэн буолла.
Уһуктан кэлэн көрдөхпүнэ эмэх эмэгэт кэннигэр чохчолоно сытар чохпут кыламнаан, уотунан илгистэн кэлбит. Ким эрэ соруйан анаан үрэрин курдук чаҕылыйар.
Ордьоох ойуун долгуйан туттуу-хаптыы, сабдыҥнааһын бөҕө. Илиитигэр туох эрэ тириитин тоһоҕоһун тута сылдьан соломо эмэгэккэ тугу эрэ сипсийэр, ыҥырар, туруора сатыыр курдук илиитин сарбаҥнатар. Аныгы дьон итэҕэйэригэр, бука, уустуга буолуо. Сымыйаргыахтара даҕаны. Ол гынан баран ону мин илэ харахпынан көрбүтүм. Соломо эмэгэт ойуун ыҥырарын хоту олус сылбырҕатык икки атаҕар ыстанан туран, байааттаҥныы-байааттаҥныы хааман тиийэн эмэх эмэгэти атаҕынан тэбэн охторон түһэрдэ. Дьиэлээхтэр уруйдуу түстүлэр. Сотору оһох оттуллан дьиэбит сандаара түстэ. Эмэгэттэри уоттаабыт буолуохтарын сөп, өйдөөбөппүн.
Сарсыныттан саҕалаан биһиги түөлбэҕэ “кэйээриннээн уоруйахтар истэрин тоҕо тэптэрбиттэр үһү” диэн сурах тарҕаммыта. Арааһата, анаан-минээн итинник сураҕы тарҕаппыттара быһыылааҕа. Кэйээрин сиэрин-туомун кэнниттэн биһигиттэн үс көстөөх сиргэ олохтоох Уоһукчаан диэн киһи иһинэн улаханнык таарымталанан ыарытыйбыт сураҕа иһиллибитэ. Аймахтара кэлэн Сэмэнньэй оҕонньортон “сүөһүнү сүөһүнэн төнүннэрэбит” эҥин диэн тугу эрэ көрдөһөн-ааттаһан муҥнаналлара быһыылааҕа. Сэмэнньэй туллаҥнаабатаҕа. Кырдьык, сүөһүлэрин сүтэрдэҕин утаа Уоһукчааннарга тиийэ сырыттаҕына үүрэн кэриэтэ таһаарбыттар этэ. Аны туран, оҥоһуллан бүппүт дьыаланы Сэмэнньэй да буолбутун иһин хайыаҕай. Аадырыһын булбут кырыыс төннүбэт. Сэрэйиллэрин да курдук, Уоһукчаан уһаабатаҕа. Оччолорго кырыыс-таныар барыта киһини иһинэн киирэн сиирэ. Бука, ис диэн киһиттэн эрэ саамай кыайтарымтыа кэбирэх миэстэ буолуон сөп дии саныыбын.
Хара Хаппытыан
|
Category: Дьикти. О невероятном |
Views: 1191 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 77 Ыалдьыттар (гостей): 77 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|