Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Тохсунньу » 4 » ТЭРИС: «Биһиги тыыннаах хаалар суолбут – бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү уонна айылҕаҕа сүгүрүйүү»
ТЭРИС: «Биһиги тыыннаах хаалар суолбут – бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү уонна айылҕаҕа сүгүрүйүү»
11:50

ТЭРИС: «Биһиги тыыннаах хаалар суолбут – бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү уонна айылҕаҕа сүгүрүйүү»

ТЭРИС: «Биһиги тыыннаах хаалар суолбут – бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү уонна айылҕаҕа сүгүрүйүү»
 
Автор: Борис ПАВЛОВ
20.12.2019

2017 сыл ахсынньы 29 күнүгэр саха төрүт сиэри-туомун үгүс сыллар тухары үөрэтэн Айыы үөрэҕин төрүттээбит, саха тылын сайдыытыгар улахан үтүөлээх учуонай Лазарь Андреевич Афанасьев-ТЭРИС орто дойду олоҕуттан туораабыта. Бүгүн саха өйө-санаата уһуктуутугар, омук быһыытынан сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах сүдү киһибит үрдүк аатын кэриэстээн, сырдык олоҕун сэгэтэн, кини ханна да тахсыбатах 2015 сыллааҕы интервьютун таһаарабыт:

Б.П. - Лазарь Андреевич, бэйэҥ тускунан, төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун-сэргэҕин сырдата түспэккин ээ?

- Дьиҥэр, мин төрөппүттэрим Үөһээ Бүлүү Өргүөтүттэн төрүттээхтэр. Ол гынан баран Бүлүү куоратыгар төрөөбүтүм. Иитиллибит сирим – Бүлүү түгэҕэ, Эдьигээн диэки өртө, Иккис Күүлэт диэн нэһилиэк. Сүрдээх бултаах-алтаах, баай-талым айылҕалаах дойду. Дьоннорум ыарахан баҕайы олохтоох дьон этилэр. Ийэм Балбаара түөрт-биэс кылаас үөрэхтээх, бэйэтин үөрэҕэ суохпун дэнэрэ, уон биир оҕону төрөппүтүттэн мин саамай улаханнарабын. Олохпут кырыымчык курдук этэ гынан баран, биирдэ да аччыктаабыппын өйдөөбөппүн, ас-үөл син баара. Аҕабыт наар үрэх баһыгар олорбут киһи. Балыктаан, бултаан-алтаан. Онтон колхозка киирэн үлэһит буолан биһигини иитэр. Ол сылдьан, оскуола тутуутугар үөһэттэн үлтү түһэн, инбэлиит буолан хаалбыта.

Аҕабыт биһиги үөрэхтэнэрбитигэр соччо кыһаммат, үөрэҕэ да суох киһи олоҕу олорор диэн өйдөбүллээҕэ. Ол иһин мин эмиэ үөрэх туһунан толкуйдаабат этим. Бүлүү куоратыгар кэлэн эрэ баран үөрэх суолтатын өйдөөбүтүм. Ол оннугар “үлэһит уол” диэн ааты ылбытым. Бу ыалга, онтон ити ыалга наар мин сүүрэбин-көтөбүн, көмөлөһөбүн. Мас хайытабын, от тиэйсэбин, уу баһабын. Харчы да, манньа да эрэйбэппин. Оннук сылдьыбытым буоллар, хара үлэҕэ баттатан эрдэ өлүөхтээх этим. Хата, Бүлүүгэ киирэн быыһаммытым. Онно наар библиотекаҕа сылдьабын, үөрэнэбин, билиигэ-көрүүгэ тардыһан киирэн барбытым. Тустуунан эмиэ дьарыгырбытым. Онон киһи-хара буолбут сирим Бүлүү куората.

Б.П. - Сахалар туох омук, хантан кэлбит дьон эбиппитий? Итиннэ эн туох көрүүлээххин?

- Сэбиэскэй история сахалары туох да сайдыыта, төрдө-ууһа суох аҕа ууһун эрэ курдук көрөрө. Сэбиэскэй былаас эрэ буолан саха норуота өрүттүбүтэ диэн өйдөбүл баара. Ити сыыһа. Биһиги түүр төрүттээхпит. Оттон кэлин кэмҥэ түүрдэр историяларын үөрэтии олус күүһүрдэ, үгүс ахсааннаах үлэлэр, кинигэлэр таҕыстылар, учуонайдар баар буоллулар. Мин саха норуотун үөскээһинин туһунан көрүүбэр бу дьоннор чахчыларыгар тирэҕирэбин. Кинилэр этэллэринэн, түүр омуктар диэн ааттанар дьон: монголлар, сахалар , тоҥустар, кэриэйдэр 2000-3000 сыл анараа өттүгэр Кытай таһыгар олорбуттар. Аар саарга аатырбыт Кытай истиэнэтэ диэн баар дии, ону биһиги наар өтөн киирэрбититтэн, онтон куттанан туппуттар. Онтон сыыйа биһигини үүрүү саҕаланар. Түүрдэри, монголлары, сахалары. Байкал күөл диэки үтүрүйэллэр. Биһиги Байкал таһыгар хаалан хаалабыт. Курыкан буолбуппут дуу, атын омук буолбуппут дуу, ол чуолкай биллибэт.

Атын түүрдэр - туроктар, азербайджаннар, татаардар, казахтар эҥин Орто Азиянан бараллар. Биһиги хаалан хаалабыт. Ол иннинэ былыр 2000 сылга диэри Сибииргэ уонна Орто Азияҕа наар нуучча курдук европа дьүһүннээх дьон олорбуттар. Азия курдук дьүһүннээх дьон ол кэлии кэнниттэн биирдэ көстөллөр. Онуоха диэри суох этилэр. Саха сиригэр биһиги өтөн киирэбит – азиат дьүһүннээх дьон, Орто Азияҕа үөһэ эппит омуктарым бараллар. Онно тиийэн буккуллан хаалаллар. Инньэ гынан, нууччатыҥы, европа, азия аҥардаах дьүһүннээх дьон көстөр буолан бараллар.

Онон биһиги былыргы төрүттэрбит чуолкай ыйылла сылдьаллар. Биһиги Кытайтан кэлбиппит, кытайдары кытта бииргэ олорбуппут. Ол саҕана элбэх үгэстэри, ол иһигэр таҥханы, сүллүкүүн оонньуутун эҥин кинилэртэн ылабыт. Манна кэлэн ону эбии сайыннарабыт. Итиннэ киһини саамай соһутар тенгрианство туһунан үөрэх биһиэхэ сылдьара буолар. Бу түҥ былыр 5000 сыллааҕыта үөскээбит, дьон аҕа ууһунан буолбакка, судаарыстыбанан олорор кэмнэригэр баар буолбут үөрэх. Ону биһиги Саха сиригэр илдьэ кэлбиппит. Инньэ гынан манна саха судаарыстыбата үөскүүр. Ону биһиги саха эйгэтэ диибит.

Быһа холуйан биир тыһыынча сыл анараа өттүгэр ону үөскэппит киһинэн Эллэй Боотур буолар уонна онтон салҕанан Дыгыҥҥа тиийэ бара турар. Бу судаарыстыба буолара туохтан көстөрүй? Бастакы нуучча атамаана Галкин манна кэлэн баран суруйбут суруга архыыпка баар. Онно хаҥаластар Саха сирин барытын бас билэллэр диэн этиллэр. Саамай күүстээх быһаарыы ити сылдьар. Амма буоллун, Нам буоллун, Бүлүү буоллун, Мэҥэ буоллун барытын баһылаан олорбуттар эбит. Дыгын тойон онно-манна сырыыларын Сэһэн Боло ааҕан көрбүтэ 40 кэриҥэ сырыыны оҥорбут эбит. Ол аата сыл аайы барар. Намҥа тиийэр, Тааттаҕа тиийэр, Уус Алдаҥҥа сылдьар. Бүлүүнэн, Кэбээйинэн эргийэр. Нолуок хомуйар буоллаҕа дии ол аата. Сүөһүнү, баайы-дуолу, үчүгэй дьахталларын, уолларын-кыыстарын былдьаан кэлэр. Ол аата судаарыстыба биир сүрүн бэлиэтэ – нолуок баар эбит. Кэлин Боло Уус Боотурускайдар сирдэрин үөрэтэ сылдьан бэчээттэрин булбута. Бэчээт биһилэххэ оҥоһуллар эбит, биһилэх бэчээт диэн. Ол эмиэ судаарыстыба баарын туоһулуур. Бу сиргэ баһылык кини буолар диэн бэчээт биэрэллэр эбит.

Б.П. - Саха майгытыгар-сигилитигэр кини көҥүл -дьаалы буолбакка биир тутулга, судаарыстыбаҕа олорбут бэлиэлэрэ бааллар дуо?

- Хаһан эрэ норуот психологиятыгар аналлаах кинигэ тахсыбыта. Онно сахалары Россияҕа саамай тэрээһиннээх, түмсүүлээх омук диэн ааттаабыттар. Хайа баҕарар омукка ону көрдөрөр майгы-сигили бэлиэтэ баар буолар, ол кини үйэ тухары олорбут үөрүйэҕиттэн тахсар. Холобур, кэпсэтэри сатаабат омук диэн баар буолар. Тута этиһэн-охсуһан, өлөрсөн кэбиһэллэр. Оттон биһиэхэ былыр-былыргыттан үҥсүү диэн баар. Саха былыр-былыргыттан үҥсүүгүнэн аатырар, Илин Сибиир үрдүнэн саамай үҥсүүк омук диэн буолабыт. Онтон государственнай дьыала 50 бырыһыана, үҥсүүттэн турар. Өйдөөх, культуралаах омугуҥ, мөккүөр үөскээтэҕинэ, барытын быһаарса, үҥсэн-харсан кырдьыгын була сатыыр. Оттон бас-баттах омугуҥ тута өлөрөн кэбиһэр.

Аны саханы албын, киитэрэй дьон диэн ааттыыллар. Ити эмиэ өйдөөх киһи бэлиэтэ. Сайдыбатах омуктар киһини икки өртүттэн көрөллөр. Миэхэ үчүгэй диэн уонна миэхэ куһаҕан диэн. Онтон саха киһитэ бары өртүнэн көрө сатыыр. Киһи ыал быһыытынан туругун. Туох дьоҕурдааҕын. Ханнык дьону кытта билсэрин. Сууту-сокуону төһө тутуһарын. Хайдах доруобуйалааҕар тиийэ. Холобур, Сэһэн Ардьакыабы кэпсииллэр дии. Кини ыал буолар дьону билгэлииригэр кэлэн сэргэҕэ тиийэн аттарын баайыахтарыгар эрэ диэри көрөр эбит. Ол аата икки-үс эрэ мүнүүтэ. Уонна дьиэтигэр киирэн куолулаан киирэн барар. Бачча сыл олорууһулар, бачча оҕолонууһулар, маннык дьылҕалаах буолаллар диэн. Барытын сөпкө кэпсиир эбит. Холобур, билигин киһи хараактарын быһаарарга сүүстэн тахса ыйытыктаах тестэр диэн бааллар. Онно эппиэт суруйдаххына тугуҥ-хайдаҕыҥ көстөн тахсар. Оруобуна оннук. Саха норуота бэрт элбэх кэм иһигэр итинниги ситиспит. Судаарыстыбаҕа олорбут эрэ киһи итинник буолар.

Б.П. - Оттон тылбыт хаһан, ханна үөскээбит буолуон сөбүй?

- Итиннэ биһиги бары профессор Н.К.Антонов этиитин тутуһабыт. Ол бигэргэтиини ылбыта. Кини этэринэн, биһиги монголлары кытта алтыһа, олоро сылдьыбыппыт. Инньэ гынан биһиэхэ элбэх баҕайы монгол тыла киирбитэ. Ол гынан баран Чыҥыс Хаан иннинэ. Онон Чыҥыс Хаан иннинээҕи тыллар киирбиттэрэ. Тылбыт икки аҥы арахсар. Ат сылгыны көрүү өртө барыта дьиҥнээх сахалыы – түүрдүү. Оттон сүөһү өртө, “ходуһа” диэн, “хотуур” диэн, “дал” диэн барыта монгол тыла. Ону кини быһаарар: “Сахалар төрүттэрэ хайа эрэ кэмҥэ монголлары баһылаан олорбуттар, үлэһит-хамначчыт дьонноро монголлар эбиттэр диэн. Биһиги Чыҥыс Хаан иннинэ көһөн кэлбиппит диэн. Француз учуонайдарын ыҥыран саха хаанын үөрэтэ сылдьыбыттара. Ону үөрэтэн баран Чыҥыс Хаан саҕанааҕы хаан биһиэхэ суоҕун дакаастаабыттара. Оттон Монголияҕа хас алтыс киьи Чыҥыс Хаантан тахсар. Ону таһынан Кытайга, Казахстаҥҥа, Узбекистаҥҥа эҥин отучча мөлүйүөн киһи бары Чыҥыс Хаантан хаан тардабыт дэнэллэр.

Б.П. - Айыы үөрэҕин сөргүтүүнү хайдах, хаһан саҕалаабыккытый?

- Итэҕэлгэ көҥүлү биэрии бастаан 1917-1918 сылларга буолбута. Итэҕэллэр бары тэҥнэр диэн буолбута. Ол кэмҥэ биһиэхэ биир да үлэлиир, ылсар киһи суох этэ. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго итэҕэл туһунан матырыйаал аҕыйаҕа. Онтон биһиги кэммитигэр 1989 сыллаахтан иккис түгэн үөскүүр. Итэҕэли сөргүтэргэ, үөрэтэргэ, тэрийэргэ. Дьэ, онно биһиги саҕалаабыппыт. Ити кэмҥэ итэҕэли үөскэтэргэ матырыйаал толору баар этэ. Үлэлиирбитигэр сүрүннээн икки тенденцияҕа олоҕурбуппут. Холобур, Өксөкүлээх Өлөксөй саха итэҕэлин үөрэтэн баран эппитэ: бииринэн, итэҕэлбит техническэй өртүнэн сүрдээх сайдыылаах эбит диэн. Иккис өртүнэн бэлиэтээбитэ: биһиэхэ абааһы өртө баһыйан, абааһыга сүгүрүйүү улаатан эрэр эбит диэн. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ наһаа тыйыс усулуобуйалаах, норуот ыараханнык олорор, онон абааһы өртө баһыйан, айыы өртө мөлтөөн барбыт. Өксөкүлээх ити оччотооҕу таайыылара сөптөөх этилэр.

1990 с. “Айыы үөрэҕэ” диэни тэрийэбит, онно биһиги хара маҥнайгыттан айыы өртүн тутуһан барабыт . Ол былыр-былыргыттан баар эбит. Эллэй Боотур бастакы ыһыаҕы ыһарыгар Үрүҥ ойууттар – Айыы ойууттара баһылаабыттар. Биһиги ону салҕаан барбыппыт. Уопсай өйдөбүлэ итинник. Бастаан ылсарбар мин бэйэм да итэҕэйбэт этим - маннык дириҥ, сиппит-хоппут итэҕэллээхпит диэн. Матырыйааллары хомуйан, мунньан барбытым уонна саныырым: “Мантан бэркэ гыннаҕына энциклопедия оҥорорум дуу” диэн. Онтон ааҕан истэҕим ахсын дьиктиргээн, соһуйан киирэн бардым. Итэҕэл бары техниката үчүгэйдик ырытыллыбыт эбит. Холобур, киһиэхэ алгыс хайдах киирэрэ, ханан киирэрэ. Киһи духуобунай өртө – “кут” диэн ырытыллыбыт, “сүр” диэн эмиэ биллэр, барыта быһаарыллар. Уопсайынан, толору сиппит-хоппут, толору итэҕэл эбит.

Ол саҕана психотехника туһунан кинигэни аахпытым. Аан дойдуга 500-кэ кэриҥэ көрүҥ баар, онно итэҕэллэр бары, итэҕэлгэ маарынныыр өрүттэр эмиэ киирэллэр. Олортон биир саамай күүстээхтэрэ саха киэнэ эбит диэн итэҕэйбитим. Ол кэнниттэн итэҕэли сөргүтэн киирэн барбыппыт. Дьиҥнээх күүстээх итэҕэл эбит диэн.

Б.П. - Матырыйаалларын хантан ылбыккытый, ким үлэлэригэр тирэҕирбиккитий?

- Архыыпка сэттэ дуу, аҕыс дуу сыл үлэлээбитим. Онно былыргы кэпсээннэри, үһүйээннэри ааҕа сатаан баран ситэн кыайан бүтэрбэтэҕим. Наһаа элбэх матырыйаал баар. Маҥнай саныыр этим: тугу эрэ син биир көтүппүт, булан көрбөтөх, аахпатах буолуохтаахпын, онон суруйар бырааптаахын дуу, суох дуу диэн. Инньэ гынан отучча папкабын барытын иккиһин сыныйан көрбүтүм. Онно көрбүтүм итэҕэл боппуруостарыгар сыһыаннаҕы барытын таарыйбыт этим. Ол кэнниттэн эр санаа киирбитэ, суруйуохха сөп эбит диэн. Түмүгэр 99 кинигэ сурулунна. Барыта итэҕэлгэ сыһыаннаах.

Итэҕэлиҥ икки көрүҥнээх. Боростуой киһиэхэ диэн. Онно элбэх, үгүс өйдөбүл бэриллибэт. Киһи итэҕэйэрэ, ону туһанара наада. Оттон дьиҥнээхтик дьарыктанар дьон араас эгэлгэтин барытын билиэхтээхтэр. Итэҕэл диэн сүрдээх уустук үөрэх. Араас элбэх өйдөбүллээх. 1990 сылтан биһиги хаһыакка ый ахсын балаһа таһааран киирэн барбыппыт. Онно дьоҥҥо-норуокка итэҕэл, сиэр-туом араас өртүн сырдатан испиппит. 1996 сылга диэри итэҕэл көрүҥүн барытын таарыйбыппыт. Инньэ гынан итэҕэли билбэт дьон өйдөбүлүн ылбыттара. Боростуой саха дьоно урут тугу да билбэт эбит буоллахтарына, билигин балаһыанньа лаппа уларыйда. Ити саамай улахан ситиһиибит дии саныыбын. Ону тэҥэ биһиги хара бастакыттан “Айыы дьиэтэ” хайдах үлэлиэхтээҕий диэн толкуйдаабыппыт. Күн аайы туом оҥоһуллар. Туомнар киһи олоҕун барытын таарыйыахтаахтар. Төрүөҕүттэн күн сириттэн барыар диэри. Ону барытын ситтибит. 300-кэ туом оҥоһуллар буолла.

Б.П. - 90-с сылларга бастаан саҕалыыргытыгар кимнээх кыттыспыттарай, туох тэрээһиннэр буолбуттарай?

- Бастаан төрөөбүт норуоттарын туһугар ыалдьар, ону-маны толкуйдуур дьон: худуоһунньуктар, чочуйааччылар, учуонайдар, суруналыыстар мустан мунньахтаабыппыт. Ити 1989 сыл, саамай уларыйыы, мунуу-тэнии кэмэ этэ. Онно саха норуота мунан-тэнэн, буккуллан эрэр, онтон хайдах өрүһүйэбит, хайдах сүрүннүүбүт диэн боппуруос турбута. Тоҕо диэтэххэ, ол саҕана телевизорынан Кашпировскай тахсан сеанс биэрэр, Чумак тахсан тугу эрэ кэпсиир. Хас муннук ахсын экстрасенс, ону-маны туойааччы бөҕө элбээбитэ. Биһиги дьоммут ону көрөн олох мунан хаалбыттара. Мистиканан дьарыктанан киирэн барбыттара.

Ол мунньахха араас этиилэр киирбиттэрэ. Мөккүөр бөҕө буолбута. Онно мин син бэлэмнээх буоллаҕым дии, тураммын: “Саха бэйэтин итэҕэлин тилиннэриэххэ, оччоҕо эрэ дьоммут өйдөрүн-санааларын сааһылыахпыт,” - диэбитим. Уопсайа сүүсчэкэ киһи сырытта быһылаах этэ ол мунньахха, түмүгэр уураах ылыллыбыта.

Аҕыйах ый буолан баран суруналыыс, «Эдэр коммунист» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Уйбаан Ухханы көрсө түһэбин. Онно итэҕэл туһунан балаһа таһаарыахха баар этэ диэн кэпсэтэбит. Киһим хомсомуол обкомугар баран көҥүл ыллахпытына эрэ таһаарар кыахтаахпыт диэтэ. Хомуньуус партия баар кэмэ буоллаҕа дии. Тиийбиппит Афанасий Мигалкин олорор. Икки чааһы быһа кэпсэттибит. Биһиги итэҕэл наадатын этэбит. Киһибит эмиэ да сөбүлэһээри гынар, эмиэ да саарбахтыыр, бүтэһигэр сөбүлэстэ: ”Балаһата таһаарыҥ” - диэтэ. Инньэ гынан “Эдэр коммуниска” биир балаһаны ыллыбыт. Сүрүн бэлэмнээччи мин. Ый ахсын матырыйаал биэрэн киирэн бардым.

Онно биһиги киитэрэйдээбиппит, «Айыы үөрэҕэ» диэн ааттаабыппыт. Итэҕэл диэбиппит буоллар чугаһатыахтара суоҕа этэ. Инньэ гынан 1993 сылга диэри ким даҕаны биһигини утарбатаҕа. Оччолорго ким да улахаҥҥа уурбат этэ. Бу дьыала сотору бүтүө дии саныыллара. Биир киһи эппитэ:”Чэ, уонча сыл буоларгыт дуу, суоҕа дуу, тохтуургут буолуо” - диэн. Атыттар өссө эрдэ бүтүө дииллэрэ. Онтулара быйыл сүүрбэ алтыс сыла буолла, бүтүөхтээҕэр өссө кэҥээн, дириҥээн иһэр.

Бастаан үлэлээбит дьон сахаттан киинэ бастакы режиссера Алексей Романов, Хаҥаластан төрүттээх муосчут Роберт Петров уонна мин, үһүө буолан, Романов хоһугар мунньахтаан “Айыы үөрэҕин” тэрийэргэ санаммыппыт. Биһиэхэ кыттыһааччы уонча киһи баара, худуоһунньуктар, суруналыыстар, энтузиастар.

Б.П. - Туох үлэттэн, ханнык боппуруостартан саҕалаабыккытый?

- Маҥнай туруорбут сүрүн боппуруоспутунан ыһыах буолбута. Ону көҕүлээччи – Роберт Петров. Кини биир үтүө күн куорат дьаһалтатын культураҕа салаатын үлэһитин Ольга Харайбатованы кэпсэтэн ыҥыран аҕалла. Саха сүрүн бырааһынньыгын – ыһыаҕы киин куораппытыгар – Дьокуускайга ыытар хайаан да наадалаах диэн боппуруоһу көтөхпүт, кэпсэтиини ыыппыт. Ольга Михайловна сөбүлэһэн олоххо киллэрэргэ үлэни ыытыах буолан барбыта. Ол улахан ситиһиибит этэ.

Куорат бастакы ыһыаҕа тэриллиитигэр улахан мунньах буолбута. Милииссийэттэн киһи бөҕө кэлбитэ. Куорат курдук сиргэ бэрээдэги хайдах тутабыт диэн биир сүрүн сорук этэ. Бу иннинэ куоракка хаһан да ыһыах ыытыллыбат этэ. Хатас сиригэр ыытыллар эбит гынан баран, суолтатыгар. Инньэ гынан 1990 сылга ат сүүрдэр ипподромҥа аан маҥнайгы ыһыах ыытыллан турар. Ону биһиги маҥнайгы Улуу Ыһыах диэн ааттаабыппыт. Ол кэнниттэн күн бүгүҥҥэ диэри куорат ыһыаҕа Улуу ыһыах аатын сүгэр. Итиннэ улахан оруолу О.М. Харайбатова оонньообута. Биһиги ис хоһоонугар, хайысхаларыгар, сиэригэр – туомугар үлэлэспиппит. Мин Күнү көрсүү туомун ыытыыга, ыһыах уопсай оҥкулугар үлэлэспитим. «Дыгын оонньуута» диэни мин толкуйдаабытым. Мин ааттаабыт аатым “Олоҥхо оонньуута” диэн этэ. Ону уларытан билиҥҥэ диэри Дыгын оонньуута диэнинэн бара турар.

1990 сыллаахха “Үгэс эргиирэ” диэни оҥорбуппут. Саха үгэстэрин ый аайы сыһыараммыт. Ол Саха сирин культураларын дьиэлэригэр барыларыгар ыытыллар буолбута. Онон урукку сэбиэскэй культура сүтэн барбыта. Ол үгэс эргиирин биһиги ыһыахха эмиэ туттубуппут. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы таҥныы, кымыс иһии, оһуокай, саха оонньуута ол эргиир быһыытынан сайдан иһиэхтээх этэ. 1990 сылтан дьон анаан-минээн сахалыы таҥнар буолан барбыттара. Онтон ыһыах оонньуулара диэннэр киирэн бараллар. Ол гынан баран кэлин уопсай концепцияны уларытан кэбиспиттэрэ. Уруккулуу сэбиэскэйгэ майгылыыр оҥорбуттара. Билигин ыһыахтарга таҥаралары ааттааһын улам аччаан иһэр, ол оннугар дуоһунастаах дьону өрө туталлар. Биһиги онно этэбит: “Күннээҕи киһи төһө да улуу буолбутун иһин, син биир таҥара аатыгар тэҥнэспэт. Таҥара аата инники туруохтаах, оччоҕо норуот духуобунай сайдыыта эмиэ инники турар,” – диэн.

 

Б.П. - Сэбиэскэй кэмҥэ саха итэҕэлэ баара дуо, туруга хайдах этэй?

- Итиннэ икки сыһыан баара, бииринэн, коммунизмҥа итэҕэл диэн суох буолуохтаах диэн, ойууннааһыны утары охсуһууну биллэрэн, итэҕэли букатын суох оҥороллор. Иккиһинэн, 30-с сыл кэнниттэн саха үгэһэ сотору суох буолуо, онон тутуһан хомуйан, суруйан хаалыахха диэн күүстээх үлэ барбыта. Научнай интэриэс быһыытынан. Онон туһанан Эргис, Пухов, Сэһэн Боло, Саввинов курдук фольклорист учуонайдарбыт сүрдээх үчүгэй матырыйаалы хомуйбуттара. Сүүстэн тахса олоҥхону суруйаллар, саха араас үһүйээннэрин, үгэстэрин мунньаллар. Инньэ гынан киһи кыайан аахпат элбэх матырыйаала хомуллан хаалар.

Ол иннинэ итэҕэл төрдүн Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбута. Г.В.Ксенофонтов, А.А.Попов ойууннары үөрэтэн элбэх үлэни ыыппыттара уонна П.А.Ойуунускай буоллаҕа дии, саха үгэһин анаан дириҥник үөрэппит киһи. Ити төрүт матырыйааллар буолаллар. Оттон өссө урукку өттүгэр Худяков, Серошевскай, Пекарскай суруйуулара бааллар. 1990-с сыллартан хас улуус аайы былыргыны билээччилэр баар буолбуттара. Инньэ гынан отучча кинигэ тахсыбыта, ол эмиэ биһиэхэ көмө буолар. Онон саха итэҕэлин үөрэтэргэ матырыйаал элбэх.

 

Б.П. - Айыы үөрэҕэ наука өттүнэн төһө тирэхтээҕий?

- Мин наукаҕа үөрэммит киһи буоллаҕым дии, өскөтө ханна эмэ суруллубатах буоллаҕына бэйэ толкуйдаан оҥороро сатаммат дии саныырым. Ону билигин да тутуһабын. Холобур, кут-сүр ханнык эрэ өйдөбүлэ ханна эрэ суруллубут эбэтэр ханна эрэ этиллибит буолуохтаах диэн. Оччоҕо эрэ научнай буолар диэн. Тоҕо диэтэххэ, норуот тыһыынчанан сылларга үгэһи тутуһар, ол аата кини туһалаах. Туһата суоҕун умнан кэбиһэр. Оттон билигин биһиги бэйэбит саҥаны айдахпытына ол туһалаах буолара, буолбата биллибэт. Итиннэ наукаҕа реконструкция диэн ньыма баар эбит. Ол аата былыргы итэҕэли саҥалыы өйдөөһүн. Ону франция учуонайа..... саҕалаабыта. Кини реконструкция оҥорор этэ. Ол аата сорох ситэ сайдыбатах өрүтүн былыргы балаһыанньатын уларыппакка эрэ бэйэ өртүттэн сайыннаран биэриэххэ сөп диэн эппитэ.

Биһиэхэ Айыылары үөрэтиигэ туох да улахан мунаахсыйыы суоҕа. Этнографтарбыт, фольклористарбыт барытын быһааран кэбиспиттэр. Ол эрээри биир Айыы тиийбэт этэ. Тоҕус Айыы баар буолуохтааҕын Улуу Суоруммут ханна да суох. Улуу Суорун баарын баар гынан баран иччи быһыытынан сылдьар. Идэни, дьоҕуру сайыннарарга суолталаах иччи. Ону биһиэттэрэ Айыы оҥорботохтор, иччи эрэ быһыытынан өйдөөбүттэр. Оннук баран хаалбыт. Биһиги онтон-мантан көрдүү сатаан баран тугу да булбатыбыт. Онтон олоҥхону хаһыстыбыт. Онно биир олоҥхоҕо Улуу Суорун киһиэхэ оҕону биэрбитин туһунан буллубут. Ол аата кини Айыыһыт оруолун толорбут. Ол кэнниттэн кинини идэ тэҥаратын Айыы быһыытынан ылбыппыт. Хотугу омуктар, Америка индеецтэрэ, чукчалартан юкагирдарга тиийэ суору өрө тутар этилэр. Кинилэргэ Суор аан дойдуну айааччы. Итинтэн эмиэ бигэргэтиини ылбыппыт.

Б.П. - Саха халандаарыгар, зодиак бэлиэлэригэр тугу туһаммыккытый?

- Зодиак систематыгар биир күүстээх мөккүөр барбыта. Мүһүлгэ диэн сахалыыта. Ити аат былыргыттан баар, Пекарскайга сурулла сылдьар. Дьэ онно бөлөх сулустары ааттааһын дьиктиргэппитэ. Элбэх бөлөх сулус бэйэлэрэ сахалыы ааттаахтар. Ону (?) Макаров, А.И. Гоголев суруйбуттара. Ол гынан баран аҥарын кэриҥэ суруллубатах этэ, ону бэйэбит тупсаран биэрбиппит. Онон зодиак сулустарыгар ааттары булбуппут, зодиак систематын барытын тилиннэрэн таһаарбыппыт. Онно мүһүлгэ уонна кутуйах ыйа диэн икки тылга тирэҕирбиппит. “Күммүт кутуйах хаамыытынан уһаан иһэр,” - диэн өйдөбүл былыргыттан баар. Атын түүрдэргэ барыларыгар ити аат баар. Былыргы мүһүлгэ ити сылдьар.

Сулустарга аҥарын кэриҥэ урукку ааттарын туһаммыппыт. Холобур, Дэбдэҥэ диэн. Аны туран ийэм этиитигэр тирэҕирэбин. Ийэм уон биир оҕолоох киһи буоллаҕа дии, этэр этэ:”Кыһын төрөөбүт оҕо доруобай буолар, сайын төрөөбүт оҕо доруобуйата соччото суох” - диэн. Итини кини халлаантан ылан эппэт, былыр ийэтэ, эбэтэ кэпсииллэрэ эбитэ буолуо, оннук салҕанан баран истэҕэ дии. Ити курдук норуокка бэйэтигэр баар.

Б.П. - Мүһүлгэ Кытай зодиагар майгынныыр дуо?

- Кытай киэнигэр майгынныыр. Кытайдар маҥнайгы төрдүн илиҥҥи дойдулартан, Индияттан эҥин ылбыттар. Онно барыта кыыл аатынан. Оттон түүрдэр ылаллар. 1200 сыллар диэки. Дьэ онно мүһүлгэ өйдөбүлэ киирэр. Ити халандаар өйдөбүлэ биһиэхэ быстах-остох ордо сылдьар. Атын түүрдэргэ син ааттара бааллар. Биһиги кыыллар ааттарын ылбатахпыт, таҥаралар ааттарынан ааттаабыппыт. Онон Дьөһөгөй, Үрүҥ Айыы бары зодиак буолбуттара.

Б.П. - Биһиги итэҕэлбит атын түүр омуктар итэҕэллэригэр майгынныыр эбит дуо?

- Тенгризм диэн баар. Ол саамай сүрүн хайысхабыт биһиэхэ эрэ толору хаала сылдьар. Билиҥҥи Айыы үөрэҕин тенгризм салаата диэххэ сөп. Оттон атын түүрдэргэ барыларыгар суох буолбут. Былыргыларын хаһан көрдөхтөрүнэ бары билинэллэр, тенгристэр этибит диэн, ол эрээри кинилэргэ Ислам киирбитэ, Буддизм киирбитэ, барытын үтүрүйэн кэбиспит. Билигин түүрдэртэн тенгризм былыргы дьиҥнээх көрүҥүнэн сылдьар уонча эҥин араас омук баар, түүр тыллаах, ол эрээри ахсааннарынан аҕыйахтара бэрт буолан, толору итэҕэли үөскэтэр кыахтара суох. Уоннуу тыһыынча, сорохтор отуттуу тыһыынча нэһилиэнньэлээхтэр. Онно холоотоххо биһиги быдан улахан омук буоллахпыт дии, онон тенгризми аан дойдуга саамай толорутук илдьэ сылдьар омукпут диэн ааттаныахпытын сөп. Былырыын Улан-Баторга итэҕэлгэ аналлаах кинигэ тахсыбыта. Онно “дьиҥнээх тенгристэр биһиги сылдьабыт ” диэн суруйбутум.

Б.П. - Саха итэҕэлин уратыта туох эбитий?

- Саха итэҕэлин уратыта биир. Биһиги аан дойду биир саамай тыйыс муннугар олоробут. Манна, дьиҥэр, киһи олорор усулуобуйата суох. Онно тыыннаах хааларга, киһи буоларга туспа үгэстэрдээх эбиппит. Онтукайбыт холбоһон-холбоһон Айыы үөрэҕэ буолбут. Саамай кылаабынайа киһи бэйэ-бэйэтигэр көмөлөһүөхтээх диэн, айылҕатыгар сүгүрүйүөхтээх диэн. Оччоҕо эрэ тыыннаах хаалар кыахтаахпыт диэн. Ол былыр-былыргыттан кытаанахтык тутуһуллар үгэс эбит.

Б.П. - Дьэ, олус сэргэх кэпсэтии буолла, Тэрис, барҕа махтал! Чэгиэн, чиргэл туруктаах сырыт, билиигин-көрүүгүн өссө да бар дьоҥҥор тарҕата тур!

  • курдук Лазарь Афанасьевичтыын көрсөн бэрт уһуннук сэһэргэһэн турардаахпыт. Үлэһит санныгар сүүс киһи оҥорор үтүмэн үлэтин сүкпүт, өбүгэ үгэһин сирдьит сулус оҥостон тибиилээх суолу хорсуннук тэлбит саха боотурун чулуу аата хаһан да умнуллуо, өлбөөрүө суоҕа, кини төрүттээбит үөрэҕэ инникитин даҕаны киһини киһи саханы саха оҥоруо диэн эрэллээхпит.

 

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 996 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 77
Ыалдьыттар (гостей): 77
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024