News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Тохсунньу » 30 » КЭРЭ ДА ДЬОН КЭЛЭН ААСПЫТТАР...
КЭРЭ ДА ДЬОН КЭЛЭН ААСПЫТТАР... | 18:02 |
КЭРЭ ДА ДЬОН КЭЛЭН ААСПЫТТАР...
Манчаары Баһылай туһунан суруйуулар таҕыстылар, телевизорга кытта кэпсэтии ыыттылар.
Бу кэлин сылга ордук күүһүрдэ, туохтан эрэ дьиксинии, куттаныы да баар курдук. Атыттары аахсыбатахха, улахан учуонайдар Е.Шишигин уонна Н.Неустроев, тугу да быраҕан туран, эмиэ Манчаары көмүскэлигэр турдулар. Хаһыс-хаһыс төгүлүн. Суруйааччы Н.Борисов-Ньукулай Уус, идэтийбит улахан юрист Манчаары туһунан анаан дьарыктанан сокуон хараҕынан көрөн “туочука” туруорбут курдуга да хантан эрэ күөрэйэн кэлэ турар дьон сүгүн олорботтор. 2013 сыллаахха наука доктордара Павел Казарян уонна Ульяна Винокурова Манчаарыны үөҕэн, түһэрэ сатаан көрбүттэрэ да улаханнык хотуппатахтара. Дьон көмүскээбитэ, ыксал тирээтэҕинэ саха түмсэр дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. Мин ити туһунан ыстатыйам ити сыл муус устар 4 күнүгэр Туймаадаҕа тахсыбыта. Уоскуйуу буолбут курдуга да, эмиэ Манчаарыны көмүскүүр айдаана.
Кинини хомуньуустар да, аныгы демократтар да, сыаллаах-соруктаах өрө туппатахтара, аатын анаан - минээн туһана сатаабатахтара. Манчаары Баһылай үтүө аатын норуот бэйэтэ кимтэн да ыйыппакка үс үйэ анараа өттүгэр көҥүлгэ, үтүөҕэ дьулуһуутугар былаах оҥостубута, ырыа гынан ыллаабыта, хоһооҥҥо холбообута.
- элбэҕи кэпсээтэ Даарыйа эмээхсин бу киэһэ. Бу киэһэ оһох уота өргө диэри күүдэпчилэнэ умайда, күллэ-салла, кыһыл чохторунан тамнааттанна. Уоттарын кытыытыгар бары үөрэ-көтө олордулар. Бүтэр уһугар Даарыйа эмээхсин Манчаары Баһылайы кэпсээтэ. Кини Манчаарыта хас кэпсээтэҕин аайы саҥа айыллар, үтүө майгыта, ньургун сырыыта саҥаттан саҥа арылла турар Манчаары. Мэлдьи сонун, мэлдьи эдэр, мэлдьи туйгун Манчаары Баһылай. Ол иһин соргу көтөҕүллүбүт уһулуччу үөрүүлээх бастыҥ “дьоро ” киэһэлэргэ эрэ айыллан кэпсэнэр”, - диэн суруллар Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романыгар.
-
- Ромаҥҥа Даарыйа эмээхсин кэпсээнин: “Тоҕустуу түптүрдээх түүнүктээх түрмэни төлүтэ көппүтү, аҕыстыы хаппахтаах хараҥа хаайыыны хайыта тэппити – Манчаары туйгуну билэҕиэт, доҕоттоор?”- диэнинэн саҕалыыр. “Күөх сирэм чэлгийэн Манчаары кэлээрэй, уруйдаан көрсүөҕүҥ! Манчаары Баһылай кэлиэҕэ дэһэллэр, Манчаары Баһылай кэлиэҕэ сэгэрдэр”, - диэнинэн Даарыйа эмээхсин кэпсээнин түмүктүүр. Тимофей Сметанин диэн саха биир кэрэ киһитэ кэлэн барбыта. Кэрэ киһи улуу талаана кэрэ Манчаары дьылҕатын тумнар туһа суох эбит, таптыыр, сүгүрүйэр геройун туһунан “хоһоонунан роман” суруйан хаалларбыт. Эйэҕэс майгыннаах эдэркээн Манчаары Эйээрэр куолаһа эймиирэ маардары. Эгэй дуо эгэйик, эгэй дуо эгэйик.
- ырыата – Манчаары күлүүтэ Кыргыттар куттарын долгутар да этэ. Эдэр саас, эдэр саас, эдэр саас уруйдан! Манна Манчаары эмньик оҕо сааһа, улаатан иһиитэ ахтыллар.
- Чоочо баай олбуора харааран кстөрө, Туус маҥан атынан Манчаары көтүтэр, Уол оҕо охтума, аккыттан сууллума! Манчаары хайыы-үйэ улааппыт, батталы-атаҕастабылы утары туус маҥан атынан көтүтэн эрэр. Мин санаабар абаҕатын Чоочону эрэ утары буолбакка, сокуон сымыйатын, тутуһуллубатын бырачыастыыр, кырдьыгын булбакка оччотооҕу систиэмэни утары аан бастаан батыйатын утары уунар.
Манчаары Баһылай тутуллан испитэ, Үөһэттэн таҥнары Ленатын көрбүтэ: “Алааһым бырастыы! Күн ийэм, бырастыы!” Көҥүлгэ дьулуһар, батталы утарар сиппит-хоппут Манчаары аан бастаан тутуллан түүнүктээх түрмэҕэ утаарылыннаҕа ити.
- ҥа хаайыыга нууччалар сыталлар. Манчаары сахалыы ырыатын таптыыллар. “Оо, дойдуом! Оо, дойдуом! Оо, дойдуом, ырааххын! Манчаары эрэйдээх-буруйдаах олоҕо саҕаламмыт. Туспа сир хаайыытыгар төһөлөөх атаҕастабылы, сору-муҥу көрбүтэ буолуой? Дойдутун, бар дьонун ахтарыан! Дойдубун, дьоммун хайаан да көрүөм, күрүөм, мин туохтан да чугуйуо суохтаахпын, миигин ханнык да моһол тохтоппот диэн модун санаа иһигэр иитиэхтэнэн эрэрэ көстөр.
- һуктаах остуолба тулалыыр түрмэни, Манчаары мохсоҕол, манчаары ыстанна. Мохсоҕол, мохсоҕол! Манчаары мохсоҕол! Дойдутун, күн ийэтин ахтара, көҥүлгэ дьулуура, ама, манна көстүбэт дуо? Маннык модун санаалаах, айыы дууһалаах киһи билигин биһиэхэ сахаларга төһө элбэҕий? Үс үйэ анараа өттүгэр баар эбит ээ...
- үрдүнэн сатарыыр оһуохай, Иһиллэр ол онно Манчаары куолаһа: “Эһиэкэй-оһуокай, эһиэкэй-оһуокай!” Манчаары Туймаадатын булбут, салгыы Арыылаах алааһыгар тэбиниэ турдаҕа. Таптыыр аарыма бэһигэр тиийэн кууһан туруо, иэйиэ-куойуо, сиргэ сытан сыллыа-ууруо, ахтылҕанын таһаарыа. Уйан да дууһалаах буолар эбит бу былааһы утары батыйатын утары ууммут саха ньургун уола!
-
- Тимофей Сметанин улуу да талаан! Бу сэттэ күппүлүөттээх хоһоонугар биир киһи олоҕун олоччу ойуулаабыт. Хайдах курдугуй!? Роман буолбакка, тугуй!? Поэт баара-суоҕа 28 сааһыгар өлбүтэ, өссө биир итиччэни олорбута буоллар ньии. Төһөлөөх суруйар, шедевры айар этэ. Уонна... Манчаарытын өйдөөн кэлэ-кэлэ кэнэйдии сатааччыларга сөптөөх хоруйу биэриэхтээҕэ. Оттон биир кэрэ киһи – Ольга Иванова маннык үтүө айымньыга матыып айбат, ырыа гынан ыллаабат туһа суох эбит. Соторутааҕыта телевизорга биэриигэ Манчаары уҥуоҕун хаһан көрөр санаа этилиннэ. Итиннэ ахтыллар Г.Федоровы мин билсэр этим, элбэхтик кэпсэппиппит.
-
- Сээркээн сэһэнньит Георгий Евгеньевич Манчаары уҥуоҕун хаһарга атын сири ыйан биэрбиттэрин ахтара. “Манчаары Малдьаҕарга тиийэригэр суутун туох баар дьыалата (суут уураахтара, доппуруостар эҥин буолуо) тирии баттыбыалыгар баарын уонна алааһын буорун сүөһү хабаҕар илдьэ сылдьарын иинигэр бэйэтин кытта хайаан да укпут буолуохтаахтар, киһи онон да сирдэтиэ этэ”- диирэ.
-
- Хасыһарга баҕалааҕа да ол оччотооҕуга туолбатаҕа. Оттон билигин хаһыы оҥоһуллуо дуо? Чуолкай ыйан биэрэр киһи аны суох, бастакы хаһыыга булбатахтарына салгыы көрдүөхтэрэ дуо? Арай иккискэ, үһүскэ булбатынар? Кылабыыһаны барытын сүргэйэр төһө сөптөөҕө буолла? Манчаары оннукка наадыйар дуо? Ыйытыы үөһэ ыйытыы. Манчаары онто да суох албан аата ахтыллара буолуо, ол үйэлэри уҥуордаан кэлбитэ, өссө да уҥуордуо, саха баарын тухары уос номоҕор хаала туруо. Ити өйдөбүл киниэхэ үйэлээх өйдөбүнньүгү боруонсаттан кутан туруордар өссө чиҥиэх, бөҕөргүөх этэ. Салават Юлаев ыраахтааҕыны утары барбыт ыар буруйдаах Е.Пугачевка көмөлөспүт киһи этэ. Башкирдар киһилэринэн киэн туттан киниэхэ үтүөкэн өйдөбүнньүгү туруорбуттара биллэр, биһиги курдук санаан кэлэ-кэлэ дьоруойдарын үөҕэ сатаабатахтар. Ити кинилэр биһигиттэн атыннара, өйдөрүн-санааларын уратыта буоллаҕа.
Иван БУРЦЕВ 26.01.2020 с.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 938 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 79 Ыалдьыттар (гостей): 79 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|