Бу кыһын өрөспүүбүлүкэ социальнай ситимнэригэр туртас туһунан суруйуу да, устуу да хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэхтик тарҕанна. “Ханна эрэ ыран охтубут”, “ханна эрэ кэбиһиилээх оту киирэн сиэбит” диэн буолар. Сорох дьон, бэл, ырбыт кыылы сүүрэн ситэр видеоларын кытта көрдүбүт.
Ол аата тугуй? Туртаспыт аһара элбээтэ дуу, ол-бу төлөпүөн, сибээс сайдан, киһи эрэ барыта үчүгэй хаамыраланан хараҕар көрбүтүн барытын устар буолла дуу?
Ити уонна да атын ыйытыыларга СӨ Экологияҕа министиэристибэтин булт хаһаайыстыбатыгар уонна ураты харыстанар сирдэргэ департаменын салайааччыта Дьулустаан Дьяконов хоруйдуур.
– Дьулустаан Михайлович, быйыл социальнай ситимнэргэ туртас туһунан хаартыска-видео, суруйуу хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэхтик тарҕанна. Ахсаана оччо элбээтэ дуу, турар-турбат барыта үчүгэй төлөпүөннэннэ дуу? 2019 сыллааҕы ЗМУ (зимний маршрут учета – кыылы-сүөлү кыһыҥҥы суолунан көрөн ааҕыы – “Кыым”) түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ барыта төһө туртас баар этэй?
– 2019 сыллааҕы ЗМУ көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 36 924 кыыл баара. 2020 с. хартыына арыый уларыйбыт буолуон сөп. Быйылгы ЗМУ-ну саҥардыы саҕалаары олоробут. Кулун тутар ортотугар бүтэрэр былааннаахпыт.
– Күһүн төһө-хачча туйахтаах кыыл бултанара кыыл-сүөл суолун ааҕыыттан быһаччы тутулуктаах буоллаҕа?
– Онтон быһаччы тутулуктаах.
– 2019 с. барыта 36 924 туртас баара учуоттаммыта. Кэлиҥҥи сылларга онтубут ахсаана төһө уларыйда?
– Уларыйда, ахсаана эбилиннэ. Холобур, 2017, 2018 сс. Саха сиригэр 26 тыһыынчаттан тахса туртас баара. Онон биир сыл иһигэр 10-ча тыһыынча эбиллибит диэххэ сөп. Ол эрээри 2018 с. киин улуустарга саас олус элбэх кыыл ыран охтубута. Тоҕо диэтэххэ, уустук, тымныы кыһын ааспыта. Туртас онтон быстарбыта. Чуолаан, эдэр, саҥа төрөөбүт өттө.
– Соҕуруу дойдуга кыһын кыыл быстараары гыннаҕына, эбии аһатар үгэстээхтэр.
– Былырыын министиэристибэ оннук дьаһалы тэрийэн ыыппыта. Инньэ гынан туртаспыт улаханнык охтубатаҕа, онтун ааһан, эһиилгитигэр өссө элбээн, 37 тыһыынча кэриҥэ буолбута. Ону таһынан Ил Дархан Ыйааҕынан 2015 с. Аммаҕа, Горнайга, Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка уонна Дьокуускай куоракка уопсай бултанар сирдэргэ харыстанар түөлбэлэр диэн тэриллибиттэрэ. Онно туртаһы, уопсайынан, туйахтаах кыылы мэлдьи эбии аһаталлар. Ол кыыл-сүөл ахсаана эбиллиитигэр эмиэ улаханнык көмөлөстө.
– Биһиги туртаспыт хантан эрэ айаннаан кэлэр кыыл дуу, олохтоох дуу?
– Биһиэнэ Красноярскайтан дуу, Амыртан дуу көһөн кэлэр, айанныыр кыыл буолбатах. Бэйэбитигэр үөскүүр, олохтоох кыыл. Ону даҕаны туртаспыт киин Саха сиригэр эрэ баар буолар. Онтубут ити төттөрү-таары кэлэр-барар, хамсыыр.
Туртас элбиирэ-көҕүрүүрэ айылҕаттан улахан тутулуктаах. Холобур, учуонайдар этэллэринэн, хаар халыҥа 47-50 см буоллаҕына, дьылы туоруура лаппа уустугурар. Кыайан хаһан аһаабат, кэлбэт-барбат буолар.
– Быйыл күһүн төһө туртаска көҥүл бэриллэрэ, эппитиҥ курдук, ЗМУ түмүгүттэн тутулуктаах. ЗМУ-ну кимнээх көрөллөрүй, ханна быһаарылларый?
– Хаһаайыстыбаларга, ураты харыстанар, уопсай бултанар сирдэргэ төһө кыыл баарын учуоттаан, ааҕан, онтон баччата бултаныан сөп диэн быһааран баран, биһиги түмүллүбүт дааннайы барытын Москубаҕа “Булт хаһаайыстыбатын сайдыытын федеральнай киинэ” диэн судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ ыытабыт. Кинилэр ону көрөн бигэргэтэллэр. Ол кэннэ биһиги маннык улууска, бу хаһаайыстыбаҕа бачча бултанар диэн квота быһабыт. Дааннайы ыллыҥ да, кумааҕыга тиһэн, ынаҕы ааҕар курдук испииһэктээбэккин. Анал ньымалардаах буолар.
– Холобур, ЗМУ түмүгүнэн Саха сиригэр 10 000 туртас баара билиннэҕинэ, онтон төһөтө бултаныан сөбүй?
– Онтон кырата 3 %-на бултаныан сөп. Ол гынан баран бырыһыаны таһаарыы бэйэтэ уратылардаах. Онно “плотность” диэн улахан оруоллаах. Холобур, 1000 гектарга 12 туртас баар буоллаҕына, 18 %-на да бултаныан сөп. Ол эрээри биһиэнэ оннук буолбат.
– Биһиэхэ 1000 гектарга төһө туртас тиксэрий?
– Сирбит-уоппут киэҥ буолан, үксүгэр 1-2 эрэ туртас буолар.
– ЗМУ-ну ааҕыы бэйэтэ уратылардаах, нууччалыы эттэххэ, “нюанстардаах” буолар уонна киһиттэн, кини сүрэҕиттэн-бэлэһиттэн, кыаҕыттан улахан тутулуктаах быһыылаах. Холобур, ким эрэ докумуону сатаан толорбот, ким эрэ уматыга суох буолан, сирин барытын кыайан көрбөт, учуоту толору ыыппат, о.д.а.
– Кырдьык, оннук баар буолааччы. Ол иһин былырыын элбэх карточка “быраактаммыта”. Онтон сылтаан “плотноспыт” тахсыбат, аҕыйах квота кэлэр.
– ЗМУ-ну солбуйар атын ньыма суох дуо?
– Билиҥҥитэ саамай чэпчэки уонна кыаллар ньыма – ити эрэ. Дьиҥэр, бөртөлүөтүнэн ааҕыахха сөп эрээри, хара тыа кыылын барытын ааҕар ороскуота бэрт буолан тахсар. Төһө да бэйэлээх харчы тук буолбат.
Аны туран, ЗМУ өссө биир “нюансын” этиим. Холобур, туртас, сүрүннээн, алааска үөскүүр, тайах – маарга-үрэххэ. Инньэ гынан кинилэри үөскүүр сирдэринэн ааҕаҕын. Атыҥҥа барбаккын. Сирбит киэҥэ бэрт буолан ол кыаллыбат да курдук. Ол курдук, былырыын киис биллэрдик аҕыйаабыта. Тоҕо диэтэххэ, биһиги дьоммут киис үөскүүр сиригэр, мэлдьи ааҕар сирдэригэр, хайа анныгар, аахпыттара. Ол гынан баран, ол дьыл хайаҕа болбукта үүнэн, кыылбыт үөһэ тахсан барбыт этэ. Инньэ гынан кыылбыт барыта учуоттаммакка хаалан, көрдөрүүбүт 20 тыһыынчанан түспүтэ. Түмүгэр быйыл квотабыт аҕыйаабыта.
– Оттон туртас тоҕо Бүлүү, Кэбээйи сүнньүгэр тиийэр буолла?
– Айылҕа сокуона. Ханнык да кыыл элбээтэҕинэ, ареала, үөскүүр, аһыыр сирэ кэҥээн биэрэр. Ол сиэринэн туртас ити эппит улуустаргар көстүтэлиир буолла.
– Социальнай ситимтэн көрдөххө, быйыл туртас бөҕөтө өллө. Ол туохтан оннугуй? Хаарбыт халыҥ дуо?
– Билигин биһиги “өлөн эрэр” диэн этэр кыахпыт суох. “Бассаапка” тарҕаммыт аҕыйах хаартыска-видео “маассабай өлүү” дэммэт. Ол эрээри улуустааҕы салааларбытыгар өлбүт кыыл көһүннэҕинэ, аакта оҥоруҥ диэн, ыйан-кэрдэн олоробут. Ол кыыллары Биолоҕия кыһалҕаларын институтугар ыытыахпыт. Туохтан өлбүттэрин кинилэр быһаарыахтара.
Дьиҥэр, туртас сыл аайы өлөр. Ол эрээри урут маннык аймалҕан буолбат этэ. Быйыл окко киирэн айдаан таҕыста.
– Тоҕо ала-чуо быйыл элбэхтик окко киирдэ?
– Бастатан туран, олус элбээтэ. Иккиһинэн, быйыл хаар түспүтүн кэннэ ардаан, хаһан аһыыра уустугуран киирэр. Бэлэм аска киирэр бөҕө буоллаҕа. Онон туртас үөскүүр, ыырданар сирдэригэр оттуур дьон күрүөлэрин үчүгэйдик оҥосто сатыахтаахтар.
– Эс, туртас хайдахтаах да кыра быыһынан киирэр буоллаҕа.
– Туртас киирбэтин диэн, дьон сыттаах тирээпкэни быраҕаллар, тыалга хамсыыр, кылабачыйар лиэнтэни иилэллэр, о.д.а гыналлар. Дьиҥэр, сокуон быһыытынан хаһаайын күрүөтүн кыыл киирбэт гына оҥоруохтаах эбэтэр отун эрдэ тиэйиэхтээх.
– Мин сайыны быһа оттоон сордоммут оппун бу кыһын туртастар кэрбээн, букатын тэллэй курдук оҥорон, дьаабылаабыттар этэ. Ол хоромньутун ким эмэ төлүүр дуу, суох дуу?
– Суох, төлөммөт. Биллэн турар, биһиги бэйэбит эмиэ тыаҕа төрөөбүт, оттоон-мастаан улааппыт дьон буоларбыт быһыытынан, хара көлөһүнтэн ытыс соттор, алдьаттарар диэн тугун олус үчүгэйдик өйдүүбүт, билэбит. Ол эрээри көҥүл, бэйэтин төрөөбүт тыатыгар олорор кыыл оту киирэн сиирин хайдах даҕаны хааччахтыыр, алаас отун барытын маныыр кыахпыт суох буоллаҕа. Ону таба өйдөөн, оттоох дьон бэйэлэрэ кыһалла сатыахтаахтар, күрүөлэрин үчүгэйдик оҥостуохтаахтар. Эппитим курдук, кыылы куттуур араас албас баар.
Аны туран, сокуон хараҕынан көрдөххө, хоромньу төлөммөтүн таһынан итиннэ киһи бэйэтэ буруйданыан сөп. Ол курдук, “О животном мире” сокуон 28-с ыстатыйатын быһыытынан, тыа хаһаайыстыбатын, о.д.а. үлэнэн дьарыктанар киһи кини үлэтин түмүгэр кыыл-сүөл эмсэҕэлээбэтин, өлбөтүн хааччыйыахтаах.
Иккиһинэн, 24.07.2009 с. 209-ФЗ №-дээх “Об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ” Федеральнай сокуоҥҥа ити туһунан эмиэ этиллэр. Үсүһүнэн, ол туһунан өссө “Об утверждении Требований по предотвращению гибели объектов животного мира при осуществлении производственных процессов, а также при эксплуатации транспортных магистралей, трубопроводов, линий связи и электропередачи” диэн РФ Бырабыыталыстыбатын 13.08.1996 с. уурааҕар суруллар.
– Ол аата туртас күрүөлээх оппор киирэн, “хара көлөһүммүн” сии туран, сааҕа хатан, оһоҕоһо бааллан өлөн хааллаҕына, мин буруйдаах буолабын дуо?
– Сокуон хараҕынан көрдөххө оннук буолан тахсар. Киһи үлэтэ-хамнаһа тыа кыылыгар куһаҕаны оҥоруо суохтаах диэн. Биллэн турар, күн сарсын биһиги отчуттары ыстарааптыы сүүрүөхпүт суоҕа эрээри, ити баары быһаарабын.
– Оппун сиир туртаһы туһахтыахпын, бултуохпун сөп дуо?
– Сиэмэх кыылларга, холобур, эһэҕэ-бөрөҕө “ахсаанын тэҥнээһин” диэн, чахчы, баар. Оттон туйахтаах кыылга оннук суох. Туох эрэ улахан дьаҥ, ыарыы турдаҕына эрэ оннук гыныллыан сөп. Онон “оппун сиир” диэн көҥүлэ суох бултаатаххына эппиэккэ тардыллаҕын.
Онто суох быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх квотаны биэрбиппит. 1623 көҥүлү (урут 1100-тэн тахса этэ). Аһара элбэҕи биэрдэххэ, туртас эстиэн сөп.
Лиссиэнсийэ сэрэбиэйинэн буолуо дуо?
– Быйыл туйахтаах кыыл лиссиэнсийэтин хайдах биэрэр былааннааххытый? Былырыын электроннай этэ.
– Былырыыҥҥыттан ити чааһыгар В.М. Прокопьев салайааччылаах Ил Түмэн бөлөҕүн кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Саха сирин булт туһунан сокуонун 11-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэриэхтээхпит. Билигин ити ыстатыйаҕа “лиссиэнсийэ уочарат быһыытынан бэриллиэхтээх” диэн суруллар. Оттон уларытыы киирдэҕинэ, сэрэбиэйдэһии буолуоҕа.
– Оттон электроннайбыт?
– Дьон сөбүлээбэтилэр. Ким эрэ интэриниэти сатаабат, ким эрэ сибээһэ мөлтөх. Ол иһин электроннай сэрэбиэйдээһини киллэриэхпитин баҕарабыт. Онно интэриниэт түргэнэ-бытаана оруолу оонньуо суоҕа. Дьон ый инниттэн ханнык улууска, туохха бултуон баҕаралларынан сайаапка ыытыахтара. Ону анал бырагыраама регистрациялыаҕа, нүөмэр биэриэҕэ уонна туһааннаах күҥҥэ сэрэбиэй ыытыллыа. Билигин онон СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ дьарыктана сылдьар.
Даҕатан эттэххэ, сэрэбиэйдэһиигэ өрөспүүбүлүкэ квотатын 35 %-на бэриллиэ. 35 %-на улууска барыа. Онтон хаалбыт 30 %-нын – бөрөһүттэргэ, ЗМУ-ну ыытарга көмөлөспүт дьоҥҥо уонна кыһынын кыылы-сүөлү аһаппыт, биотехния тэрээһинин ыыппыт уопсастыбанньыктарбытыгар биэриэхпит.
Билигин ити уларытыылары киллэрэргэ улуустарынан дьүүллэһии бара турар. Бүтэһиктээх быһаарыы олунньуга Ил Түмэҥҥэ ылыллыа.
– Быйыл булка-алка өссө туох саҥа уларыйыы киирээри турарый?
– Булт быраабылатыгар, болдьоҕор кэккэ уларытыыны киллэрэргэ москубалары кытта үлэлэһэ олоробут. Онтон быһа тардан кэпсээтэххэ, бастатан туран, тайах бултанар болдьоҕун балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕалыырга туруорса сылдьабыт (билигин алтынньы 1 күнүттэн – “Кыым”). Иккиһинэн, дьон туруорсуутунан, андыны бултуур болдьоҕу уларытыахпытын (холобур, ыам ыйын 28 күнүттэн буолуон сөп), дьылыттан көрөн иннин дуу, кэннин дуу диэки сыҕарытан биэрэр буолуохпутун, Уус Майдаҕа, Сунтаарга, Ньурбаҕа көҥүллүөхпүтүн баҕарабыт. Үсүһүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар (билигин хоту эрэ көҥүллээх) куобахха уонна бөрөҕө туһаҕы көҥүллүүргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Төрдүһүнэн, эһэ булдун олунньу 28 күнүгэр диэри уһатарга туруорсабыт.
Чэ, кылгастык кэпсээтэххэ, ити курдук. Салгыы туох-хайдах уларыйыы буолан иһиэн, туруорсууларбыт олоххо киириилэрин биллэрэн иһиэхпит.
– Дьулустаан Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтал.
Альберт КАПРЫНОВ.