КИМНЭЭХ БУОЛАММЫТ КИММИТ КӨМҮСКҮҮР?!
“Туймаадаҕа” Сунтаар улууһун Кэмпэндээйититтэн Нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттара Л.Семенова уонна Т.Местникова Республика аҕа баһылыгын А.Николаев аатыгар суруктара бэчээттэннэ (“Туймаада”, 13.02.20 с.). Лариса Семеновнаны уонна Татьяна Ивановнаны билэттиибин, кинилэр ыксал тирээн, бүтэр уһуктан манныгы суруйарга күһэллибиттэрин итэҕэйэбин.
Саха сирин хас биирдии сэлиэнньэтэ маннык дьонноох, кинилэр кыһалҕа тирээтэҕинэ тугу да кэрэйбэккэ төрүт түөлбэлэрин арчылыыр, көмүскүүр буоланнар бу уустук кэмнэри туораталаан кэллэхпит. Мин Кэмпэндээйи туһунан хаста эмэтэ суруйан турабын. Бу үтүөкэн сири көмүскээн. Онон бу да сырыыга көрөн олорорум, туора турарын табыгаһа суох. Куорортка 4 төгүл эмтэнэн чөлүгэр түспүт киһи быһыытынан санаабын эттэхпинэ, иэһим сорҕотун төлөөтөхпүнэ сатанар курдук.
Бу ытык сир баай историялааҕын, айылҕа маанылаах сирэ буоларын аан бастаан оҕо сылдьан И. Данилов “Сунтаар” диэн кэрэхсэллээх кинигэтиттэн билбитим. Мииринэйгэ үлэлии сылдьан сиспинэн буорайан 3 төгүл субуруччу эмтэнэн үтүө буолбутум. Ол кэмнэргэ курорт төһө да үлэһиттэр илиилэрин күүһүнэн хара үлэтин толордоллор барыта орун-оннугар, олорор дьиэ ыраас, сылаас буолара. Оттон быраастар барахсаттар кыһаллан эмтииллэрин этэ да барбаккын. Кылаабынай быраас Г.Чолбодуковы кытта үгүстүк кэпсэтэрим.
Аатырар Коркины судургу Бөтүрүөбүс дииллэринии, кинини Григорий Егорович диэбэккэ, быһаччы Дьөгүөрэбис дииллэрин сөҕө саныырым. Бу – бар дьонун ортотугар дириҥ ытыктабылын туоһута этэ. Биирдэ таһырдьа ыҥыран кыра сарай оҕотугар наһаа элбэх тайах мастар мунньуллубуттарын көрдөрөн сөхтөрбүтэ. Торуоскалаах кэлбит дьон үтүөрэн онтуларын быраҕан төннөллөр эбит.
Дьөгүөрэбис кэлбит киһини бастаан бэйэтэ көрөр-истэр үгэстээҕэ, барытын токкоолоһон ыйытан баран эмин аныыра. Олорор сиргэ, эмтэнэр дьиэҕэ бэрээдэк кытаанаҕа этэ, эмтэнэн бүтэн барааччылартан былыыгы уорааччыны булан ылара, суумкатыттан төттөрү сүөкэтэрэ. Оннук ыла сатааччылар бааллара, ордук Мииринэй диэкиттэн кэлбиттэргэ. Күөлүн былыыгын итинник харыстыыра, көмүскүүрэ бу уһулуччулаах киһи.
Кэлин республика салалтата статуһун үрдэтээри, дьиэтин-уотун тупсараары курорду баай АЛРОСА-ҕа итэҕэйбитэ. Оччотооҕуга М.Николаев саҕана алмаасчыттар салаллар, суукка-сокуоҥҥа бас бэринэр этилэр. Курортка тутуу ыытар бырайыактарын аҕалбыттарыгар Дьөгүөрэбис ону көрдөрбүтэ, сорох түгэннэртэн мунчаарар курдуга, 16 бэспин кэрдэллэр эбит диэбитин өйдүүбүн. Хомойуох иһин, бу үтүөкэннээх киһи, улуу патриот сотору суох буолбута.
Саамай кэлин, өр сыл буолан баран, 2012 сыллаахха атаҕым ыалдьан тайахтанан тиийбитим. Дьиэтэ-уота, эмтиир усулуобуйата тупсубут курдуга. Арай былыыктарын кэмчилииргэ күһэллибит этилэр. Тоҕотун билбитим. Урут Мохсоҕоллоох элгээнигэр былыыга киһи сототун ааһар буолара. Дьөгүөрэбис туттуллубут былыыгы мээнэ кутан кэбиспэккэ биир сиргэ төттөрү куттарара, онто 6 ыйынан чөлүгэр түһэн хаттаан туттуллара. Бу сырыыга элгээни кэстэххэ былыыга киһи бэрбээкэйинэн эрэ буолбут этэ. Ол төрүөтүнэн “абыраллаах” АЛРОСА былыыгы бэйэтин профилакторийдарыгар таһарыттан эбит. Кэнэҕэс туох-ханнык буоларыгар кини хаһан кыһаммыта баарай?
Баайдарынан өттөйөн, хаһаайыннаан, аҥаардастыы айбардаан барбыттар. Ким биһиэхэ айылҕа маанылаах сирин көмүскүөй? Республика үрдүкү салалтата, Доруобуйа, Айылҕа харыстабылын министиэристибэлэрэ, профсоюз, эбэтэр Ил Түмэн ону эрэ санаабакка олорбуттар. Ити сайын эмтэнэн кэлээт Ил Түмэҥҥэ А.Софронеевка (экология анал комитетыгар) сурук түһэрбитим, тоҕо манныгый, быраабы, лицензияны хантан ыллылар диэн ис хоһоонноох. Афанасий Афанасьевич тута АЛРОСА салалтатыгар запрос оҥорбутугар харда кэлбитэ.
Хампаанньа вице-президенэ И.Демьянов былыыгы аны тиэйиэхпит суоҕа диэн сурук ыыппыт этэ. Салгыы олохтоохтор туруорсууларын тохтоппотохторо, суруктары ыыта олорбуттара. Нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата Т.Местникова биир суругар маннык харда баар:
“Разработку запасов лечебной грязи на участке оз. Мохсоголлох Кемпендяйского месторождения осуществляет АК “АЛРОСА” (ОАО) на основании лицензии на право пользования недрами ЯКУ 02995 МР. Срок окончания действия лицензии 28.03.2028 г.”
Бу Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин уһун-киэҥ суругуттан ылылынна. Салгыы кинилэр чинчийбиттэрин, айылҕа сокуонун кэһии суоҕун туһунан суруллар, былыыгы таһа олорбуттара сөптөөх үһү.
Кэмпэндээйи дьылҕата Саха сирин олохтооҕун барытын долгутуохтаах. Ол ааспыт сылларга, АЛРОСА ылыан иннинэ, курортка республикабыт бары муннугуттан кэлэн босхо эмтэнэн, больничнай толотторон, үөрэн-көтөн бараллара. Хаһаайын буолбут АЛРОСА курорт путевкатын сыанатын наһаа ыаратан олохтоох дьон эмтэнэллэрин аччаппыта, ити туһунан республика салалтата санаан көрбөтөҕө.
Салалта курорт дьылҕатын билигин да санаабатын, суолта биэрбэтин көрөбүт. Айылҕа анаан биэрбит кэрэ сирин салалта харыстыыр эбээһинэһэ этэ да. Оччотооҕу Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Кэмпэндээйи сирин (5211.8 кв.км.) “Республика суолталаах ураты харыстанар сиргэ” (ресурснай резерват) 59 нүөмэринэн бэлиэтээбитэ, оттон Мохсоҕоллооҕу 26 “Ураты күөллэр” ахсааннарыгар 21-с нүөмэринэн киллэрбитэ.
Мохсоҕоллоох күөлү аан бастаан ити тустаах министиэристибэ көмүскүөхтээх, араҥаччылыахтаах этэ да, ону баара хоро таһа олорбуттарын көрө эрэ олордоҕо. Төрүкүтэ да республикаҕа икки эрэ курортаахпытын сүтэрэн эрэр эбиппит. Былыргы Абалаах курорда өссө сэбиэскэй кэмҥэ урусхалламмыта, онон бу үлэлии, дьону абырыы олорбут соҕотох эмтэнэр сири эһэри общественность өрө туран көмүскүөхтээх.
Саха сиригэр Өлүөхүмэ, Ньурба, Өймөкөөн, Ленскэй о.д.а. эмтээх уулара урукку Сойууска биллибиттэрэ, бэлиэтэммиттэрэ ыраатта да туһалыы иликтэр. Оттон ССРС медицинскэй энциклопедиятыгар киллэриллибит, кэлин киин куорат иигинэн-сааҕынан толоруллубут Сайсары күөлүн туһунан этэ да барбаппын. 1970 сылга тахсыбыт Кыра Медицинскай Энциклопедия 12-с туомун 161-с страницатыгар Кэмпэндээйи Абалааҕы кытта ССРС 37 курортарын ахсааныгар киирэ сылдьаллар.
Аан бастаан итини сотторон эрэ баран Кэмпэндээйи курордун эмтиир аналын уларытыахтаахтарын, ууратыахтаахтарын аныгы салалта билбэт быһыылаах. Кэмпэндээйи дьылҕатын быһаарарга общественность кыттыылаах хамыыһыйа тэриллэн үлэлиэхтээх, түмүк таһаарыахтаах уонна ол хайаан да аахсыллыахтаах.
Мин 2013 сыллаахха “Ураты күөллэр” ахсааннарыгар киллэриллибит 4 үтүө сири “Туймаадаҕа” сырдаппытым: “Мүрү” (07.03.13.), “Абалаах” (14.03.13.), “Сайсары” (21.03.13.) уонна “Кэмпэндээйи” (28.03.13.). Итилэртэн Кэмпэндээйи эрэ хаалбыта, атыттары эспиттэрэ. 99 сыллааҕыта тэриллибит, дойду араас уустук кэрдиис кэмин туораан кэлбит, ол тухары үгүс-элбэх ыарыһаҕы эмтээбит курорду бүгүн кэлэн эһэн кэбиһэр былаас өттүттэн сиэргэ-майгыга, өйгө-санааҕа баппат быһыы. Бу кэрэ сир булгуччу харах харатын курдук харыстаныахтаах, кини көмүскэлигэр общественность саамай актыыбынай кыттыыны ылыахтаах.
Иван БУРЦЕВ 15.02.2020 с.
|