News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[92]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[237]
Тюрки
[76]
Саха
[152]
литература
[41]
здоровье
[464]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[121]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2020 » Олунньу » 18 » О местах расселения юкагиров Якутии. Нач. XIX – нач. XX вв.
О местах расселения юкагиров Якутии. Нач. XIX – нач. XX вв.
18:59
Урут Дьөҥкүүдэ эбэ хоту өттүгэр одуллар Бэти, Ханаайы (Ханаачыйа),
Оноонди аҕаларын уустара олорбуттар эбит.
Оноон
Адыаччы үрэҕин олохтооҕо, Оноонди аҕатын ууһун алмата Таккай, түүл түһээтэҕинэ, эһэтэ Лаамы оҕонньор кэлэн олорор эбит. Бу айылаах буолаары турдаҕына утуйа сытыаҥ дуо, тур, хомун, төрүт сирбитигэр көһөбүт -диир.
Таккай уһуктан баран, туох буолаары гыннаҕай, туох эрэ улахан куһаҕан кэлээри гыннаҕына эрэ, ыраах Кыраайга, Дьөҥкүүдэ эбэ атаҕар араҥастана сытар эһэтэ биллэн ааһарын билэр буолан таайа сатаата. Кыстыкка этэҥҥэ киирбиттэрэ, ыт аһылыгар кыстыыр хаһаас балык бэлэм, сүүс сыарҕа ыт көлөннөн кэлии экспедиция лууччаларын таһаҕастарын байҕалтан таспыттарын кэннэ, аччыктаатахха сиэнэр тыытыллыбат бурдук саппааһа биэрэннэр, Мас куоракка, Оноонди аҕатын ууһун ирээтэ лаабыстанан турар. Сөптөөх кыыл этэ хатарыллан, сороҕо буорса гына мэлиллэн лаабыстаммыта. Табах тардан, таһырдьа тахсан киирэн баран, төттөрү сытан нухарыйан иһэн, эмиэ түүл түһээн түлэкидийэн барда. Мас сундуук иһиттэн, хомус отун курдук саһархай баттахтаах Луучча кыргыттара тахсан кэллилэр, уонна Одул омук үрдүк аатыгар кэлэн иһэбит диэтилэр.
Сарсыарда эрдэ туран, кыһатын уотун күөдьүтэн атыыга бэлэмниир хататтарын ситэрдэ. Уолаттартан тимири уһанарга ордук Баһылай сыстаҕас. Кини күөрт күөртүүрүгэр соҕоһото хаһан да кытарыа суоҕа, балталыырыгар көрдөрбүт сиригэр сөпкө, күүскэ охсор. Таккай бүгүн Баһылайга бэйэтигэр хатат оҕустарда. Хатат оҥорорго ыстаал тимири көннөрү тимиргэ сатаан сыһыарыытын, онтон хатарыытын сатыахха наада. Хас да араас тимири сыһыарарга, бэл кырдьаҕас уустарга сыыһа халты тахсааччы – диэн эрдэттэн сэрэттэ. Кыһа уотугар тимири кытардарга күөрт улахан оруолу оонньуур.
Биир тэҥҥэ үрдэриэххэ наада. Улахан оҥоһукка хастыы да күөрт үлэлиэн сөп. Кэнники кэмҥэ одул уустара, сахалартан бэлэм болгуо ылан уһанар буолбуттара. Таккай эмиэ бэйэтин аҕа ууһун тимир оҥоһуктарынан хааччыйарын таһынан, омуктары кытта эргинэргэ эмиэ сахалартан бэлэм болгуо ылан уһанар. Ыаллара хамаҕатык саха быһаҕын, балык астыыр, тирии сүлэргэ аналлаах быһахтары, хататы, тирии тигэр иҥнэни, оноҕос, ырба төбөтүн ылаллар. Иҥнэни уонна хататы мэнээк уус оҥорбот.
Дьэс алтан көһүйэни таптайан оҥороллор. Билэр дьон дьэс көһүйэни, ханыы омук, луучча оҥорбут ылтаһынтан иһэрдэн оҥоһуллубут солууруттан, чаанньыгыттан ордороллор. Куруук айаҥҥа сылдьар дьон кэлии оҥоһугу алҕаска хомулуннардахтарына иһэрдиллибитэ хоҥнон хаалар. Ону киһи барыта чөлүгэр түһэрбэт. Бэйэ оҥорбут дьэс иһитэ, чараастара тэҥ да буоллагына кытаанах буолан хомулла охсубат. Хомулуннаҕына, кулуһуҥҥа ититэн баран, чөҥөчөккө кэтэрдэн, маһынан тоҥсуйан ким баҕарар урукку чөлүгэр түһэрэр. Хататтара бастакы сырыыттан сатанан, Таккай санаата көнөн, аны бэлэххэ анаан киэргэллээх, хататы уолаттарын кытта оҥордулар.
Таас үйэ саҕаттан дьон чокууртан оноҕос төбөлөрүн, таас быһах биитин, кыһыах оҥостоллоро. Чокуурунан хататы кыһарыйан оҕустахха, киһи хараҕар көстөр-көстүбэт тимир кыырпахтара кыһыллан, умайан тахсаллар. Кыым – итинник үөскүүр. Чокуур таас бэйэтэ кылабачыйан көстөр дьэҥкирдиҥи таас буолар. Ол иһин кырдьаҕастар бу тааһы сорох ардыгар сыа таас дииллэр. Хатакка туттуллар сыа таас аҥаардас чокуур эрэ дэнэр. Оттон сааҕа туттуллара – эстэриик эбэтэр эстэриик таас буолар.
Чокуурга барар таас, киһи илиитигэр сөп гына тутуллуохтаах. Сааһынан бара сылдьар сыа таастан оноҕос төбөтө, чокуур сааҕа анаан эстэриик, тирии кыһыаҕа оҥороллор. Чокуурдарын, кыаны кытта бииргэ кураанах сырыттын диэн кыалыкка угаллар, хататы охсулла сылдьан чокууру буорту гымматын диэн туспа баайаллар. Онтон сахалар хататы кыалыкка бэйэтигэр хам иҥиннэрэллэр. Кыаны мас кунааҕыттан оҥороллор. Кыаны сөпкө көрөн-харайан тутта сырыттахха, кини кыым түһээтин кытта тута буруолаан барар. Саха отоһуттара кыаны түөҥҥэ тутталлар. Ыраах айаҥҥа сылдьарга хайалара даҕаны кыалыктарын, хататтарын хаппарга укталлар.
Атынынан аралдьыйа сатаабытын үрдүнэн, киэһэ буолла да санаата түүлүгэр эргиллэн кэлэ турар.
Олоохуна, Алдан, Бүтэй Бүлүү, Өлүөнэ өрүстэр тардыыларын былаһын тухары, Дьааҥы, Оноонди, Ханаайы, Көҕүмэ, Омооки, Алаһыай, Һоромба, Үлүбээн, Хоморой, Анаул, Ходьоҥсо, Чубаан, Омолой, Бэти, Баатылы - диэн Одул омук аҕа уустара сахалары, эбээннэри кытта булкуһан олорбуттара.
Балык тиксэр хомолорун, кыыл табалар өрүһү туоруур аартыктарын таһыгар аҕа ууһунан арахсан олохсуйаллара. Чугас чугас үүнэн турар түөрт тиити, киһи уунан тиийэр сиринэн быһа баттаан баран, талаҕынан көпсөлөөн түөрт өһүөнү оҥороллоро.
Өһүөлэр тула балаҕан курдук сиэрдийэлэри туруору уурталаан, үөһээ өртө кырыһынан ууруллубут сарайдаах, ортотунан аһаҕастаах, буорунан сыбаммыт холомолору тутталлара. Холомо ортотугар уот отторго анаан холумтан оҥороллоро. Холумтан үрдүнэн туора, таҥас куурдарга, көҕө ыйыырга аналлаах хас да сиэрдийэни ыыталлара. Оһохторун буруотугар көтөн ааһар үрүҥ хопто түүтүн саһардар, элбэх ахсааннаах этилэр. Ону Хара уоспа ыарыыта булан күлэ-күлэ күллэрин ыспыта.
Атын омуктартан уратытык, биир сиргэ хамнаабакка, ылса бэрсэ олорбут буолан, саамай улаханнык эмсэҕэлээччи одуллар буолбуттара. Олохсуйан олорбут сирдэриттэн ыраах суола ииһэ суох Анаадыр, Дьааҥы, Халыма, Ииндигир өрүстэрин хочолоругар күрээбит аҕыйах ахсааннаах аҕа уустара тыыннаах хаалбыттара. Онно тиийэн луораветланнары кытта сэриилэһиилэрин түмүгүнэн, сирдэрин ыт өрүһүнэн быыһаспыттара. Орут одуллар олорбут сирдэригэр аҕыйах сылынан Байҕал күөл аттыттан, Амыыр өрүстэн лаамууттар, сахалар көһөн кэлэн олохсуйбуттара.
Уон сэттис үйэ саҕаланыытыгар отут тыһыынчаттан тахса одул баара, 1669 уонна 1690 сыллааҕы уоспа ыарыытын кэннэ 2500 одул хаалбыт.
Хара өлүү уоспа абааһыта аны Ыт өрүһүн анаан минээн айанаан иһэр эбит.
Кыһын муус тоҥон, таһаҕастаах наарталаах таба, өрүһү туоруур буоллаҕына, түмэгөртөлөй ыйын саҕаланыытыгар, одуллар бас билэн олорор Ыт өрүстэригэр, саха хоһууна Бэрт Чөрөгөр Луучча хаһаахтарыгар ыйан биэрэн олохтообут, Зашиверскай куоратыгар бастакы дьаарбаҥка ыыталлара.
Луораветланнары икки сүүстэн тахса сыл сэриилии сатаан баран, сэрии ороскуотун ааҕан баран, Екатерина Ыраахтааҕы дьаһалынан, дьаһаах ылар оннугар кинилэргэ анаан биэс сүүс солкуобай суумалаах бэлэх аҕалар буолбуттара. Ону луораветланнарга эрэ түҥэтэллэрэ. Бэлэх түҥэтии кэннэ, ыраахтан чугастан мунньустан атыы-кутуу, мэнэйдэһии барара. Кыра мас куоракка ыраахтааҕы сулууспалаахтарыттан, таҥара үлэһиттэриттэн ураты 33 атыыһыт олороро. Дьаарбаҥка кэмигэр одуллар, кэрээктэр, лаамууттар, сахалар, лууччалар дьаһаахтарын төлүүллэрэ. Тыһыынчаттан ордук киһи кэлэн мустан ааһара. Иккис дьаарбаҥка, саас чиҥҕэлэ ыйын бүтүүтүгэр, сорох дьыл палпаша ыйын саҕаланыыта ыытыллара. Хас эмэ хонук инниттэн таба, ыт көлөлөөхтөр, куорат тула тордох, чуум, яранга, ураһа туруораллара.
Түөрт төгүл дьаһаах төлөбүрүн үрдэттэхтэрин аайы, Оноонди аҕатын ууһун Тоҥбайа һоромох хамаандатынан, одуллар өрө тура сылдьыбыттарыттан куттанан, дьаарбаҥка кэмигэр биэс муннуктаах кириэппэс күрүөлээх, мас куоракка туора киһини киллэрбэттэр, атыы-кутуу куорат таһынааҕы көнө хонууга буолара. Таһырдьа тэлгэтиллибит атыыһыттар табаардарын, аҕабыт тахсан алгыыра, атыылаһааччылар түүлээхтэрин, муора кыылын тириитин, муоһун, сэлии аһыытын одул алмата алгыстыыра. Ол кэннэ биирдэ дьаарбаҥка саҕаланара.
Таккай уолаттарын дьаарбаҥка иннинэ, луораветланнары утары баран тимир оҥоһуктарын ыт көлүйэр ниэрпэ тириититтэн оҥоһуллубут аалыктары, табаларын сороҕун ыт көлөҕө атастаһалларыгар сорудахтаата. Дьаарбаҥкага мин бэйэм эрэ барабын диэн соһуталаата. Таба көрүүтүттэн саҥа кэлбит Арыппыана, быйыл эргэ тахсар сааһа туолан, бэйэтэ бултаабыт саарбатын тириитин энньэ таҥаска тигэр киэргэллэри ыларга, эрдэттэн анаабыттарын санатта. Одулларга эр киһини кытта тэҥҥэ бултуур кыыс, дьахтар, эр киһини кытта тэҥ бырааптаах. Онон Таккай кыыһын Арыппыананы кытта хамначчыттарынаан эрэ дьаарбаҥкаҕа барда.
Таккай аймахтарын табаардарын арчылаан баран атыыһыттар табаардарын кэрийэ хааман иһэн, эмискэ били түүлүгэр көрбүт, луучча кыргыттарын сундууктарын илэ көрдө. Саҥата иһиттэн кыайан тахсыбат буолла, тымныы көлөһүн түстэ, ким сундуугай?
Оноонди алмата Таккай, куруук дэлэйдик төлүүрүн билэр атыыһыттар сүүрэн кэлэн баран, чуолкайдаспыттара, сундуук кимиэнэ буолара биллибэт эбит. Мэхээлэ Силэпсиэп аҕабыыты ыҥыран аҕаллылар, Баанньар ыспыраабынньыгы Үөһээ Дьааҥы куоратыгар көһөрбүттэрин кэннэ, куораты аҕабыыт дьаһайан олороро. Аҕатын Өлөксөй Силэпсиэп кэнниттэн алта уон сыл аҕабыыттаабыт, 15000 лаамууту, одулу, саханы сүрэхтээбит Мэхээлэ Силэпсиэп тылын бары истэллэрэ. Кини тылын, биирдэ эмит, ньоҕойунан аатырбыт, туруору тыллаах Таккай эрэ утары этэр кыахтаах этэ. Кэрэ киэргэллээх, тимир уобуруччуннан курдаммыт дьикти сундуук хааһына таһаҕаһын кытта кэлсибит. Луораветланнарга анаммыт бэлэх испииһэгэр эмиэ суох эбит.
Таккай, бу сундуугу арыйбакка уматан кээһиэҕиҥ диэбитин, ким да буолуммата, оччоҕо хаһаайына көстүөр диэри ууран эриэххэ диэбитин эмиэ буолумматылар. Улахан балта аҕалан күлүүһүн тоҕо охсон аһан көрбүттэрэ, саарба тириитэ саҥыйах анныгар, кыра мөһөөччүктэригэр араас өҥнөөх хоруоҥка, оҕуруо таастар, солко былааттар толору симиллибиттэр эбит. Аҕабыыт саарба саҥыйагы ылан баран, кимиэхэ да матарбакка ыраахтааҕы бэлэҕин одулларга түҥэтиҥ - диэн баран дьиэтигэр барда.
Бэлэҕи түҥэтэргэ үөрүйэх хаһаактар түргэн үлүгэрдик үллэрэ оҕустулар. Бэйэлэрэ да маппатылар, босхо ыла үөрүйэҕэ суох одуллар, ким кырынаас, ким тииҥ тириитэ хардатын биэрдилэр.
Киэһэ луучча хараҕын уута эргиэҥҥэ тахсан, ырыа тойук элбээтэ. Арыгыны ойохтоох, оҕолоох эрэ, эр дьон иһэрэ көҥүллэнэрэ. Саха, лаамуут, одул, луораветлан, луучча ыллыылларыгар бэйэлэрин тылларынан, кэпсэтэллэригэр омугуттан тутулуга суох бары сахалыы кэпсэтэллэр эбит. Саха хомуһа, одул кырыымпата, луораветлан күпсүүрэ, луучча балалайката биир тэҥҥэ ыллаата. Муусука дьикти дорҕоонугар айылҕаттан ураты талааннаах одуллар кыайа туттулар. Эр дьон булт туһунан ырыалара, кыргыттар таптал туһунан хоһуйууларын айылҕа дорҕоонноругар майгыннатан кырыымпаннан доҕуһуоллаан толороллоро, мустубут дьон сүрэҕин долгутта.
Ханнык да омук ортотугар киирдэхтэринэ, киһи бутуйбат, ураты кэрэ көстүүлээх, үрдүк көнө кылыгырас уҥуохтаах, көмөр хара уһун суһуохтаах, киэҥ кылдьыылаах хараҥа харахтаах, томтоҕор түөстээх, үп үрүҥ субалаах одул кыргыттарын ырыалара, элбэх омук уоланын сүрэҕин абылаата. Арыппыана киэргэннэҕэ буолан махыылатын оннугар сиэдэрэй тигиилээхтэрин иһин наймэкэтин, ниниэдабун оннугар нгеун кэттэ.
Мэхээлэ Силэпсиэп аҕабыт сиэн уола Уйбаан, Таккай улахан кыыһын, чараастык таҥна сылдьар Арыппыананы аһына, таптыы көрөн, эһэтэ ылбыт саарба саҥыйаҕын бэлэх биэрдэ. Эдэр сүрэхтэр, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэн, уол кыыс дьонугар суорумньулары ыытыах буолла.
Дьаарбаҥка бүтэр кэмэ кэлиитэ, дьон ыалдьан барбыттара. Аан бастаан Арыппыана ыалдьыбыта.
Чуум уота сөҕүрүйүүтэ, курумутун кэтэн, йалгилын холумтан иннигэр куурда уурда. Тэллэйтэн оҥостор табаҕын хамсатыгар ыга симэн, уоттаах чох ылан уматынна. Хойуу аһыы буруону толору эҕирийэн, айаҕар тута түһэн баран ыйыстан кэбистэ. Табахтаан бүтүүтэ, уҥа илиитигэр пэйдүбэтин ылан, хаҥас илиитигэр йалгилын тутан олорон, аргыый аҕай охсон көрдө. Этэр тыла иччилэнэн, туойар тойуга хомуһаннанан, аргыый аҕай эптэр эбэн, ойуоккалаан барда. Аал уотуттан, иитиллэн олорор Ииндигир эбэтиттэн, сир ийэттэн, муустаах байҕалтан, харысхал буолан турар Очуос таас иччититтэн көҥүл көрдөһөн, алҕанан баран, ыарыы төрдүн көрдөөтө.
Ороскуоттаах орто дойдуга, илэ сылдьар хара уоспа абааһыта, сундуук түгэҕэр саһан, саарба саҥыйахха сууланан, тоҥон өлбөккө, ииндигир эбэҕэ тиийэн кэлэн, сылаас олбоххо киирэн саһан олорорун таба көрөн, кыталык көтөрүм, хаҥас сототунан бохсуруйан ылан, одуллуу суруктаах, бичиктээх туос тордуйаҕа уган, атыыр бөрө иэнин иҥииринэн кириэстии хам тигэн, нэтээги тириитигэр хам суулаата. Аал уотун күөдьүтэн алгыстанан, ыраастана олордоҕуна, талахтан өрөн, кыыл таба тириитэ тиириллибит, чуум аан сабыытын аһан хаһаактар хамначчыттара уол киирэн кэллэ. Таккай, куотта диэн хаһыытаабытынан таһырдьа ойон тахсан кураанаҕы харбыалаан хаалла. Ойуун кыыран бүтэ илигинэ ким да таһырдьа тахсыа да, киириэ да суохтааҕын билэр буоланнар, тугунан да эргиппэт алдьархайдара тахсыбытын кыралыын улаханныын бары өйдөөтүлэр.
Уолугунан айахтаах аллараа дойду балыга буолан кубулунан, аллараа дойдуну киирэн кэрийдэ, хомпоруун хотой кыыл буолан үөһээ дойдуга тахсан үрдүкү айыылартан көрдөстө. Көмөлөһөөччүлэрин аан дойду үөскүөҕүттэн аҥардастыы айаатаан, орто дойду муҥур баһылыга буолан олорбут, аарыма аһыытынан ирбэт тоҥу тоҕута хаһар Сэлии кыылы соруста, орто дойду хаһаайына, кырыалаах кыһыны утуйан туоруур, аар тайҕа хаһаайынынан ирдэттэ. Аллараа дойду атамааннара, үөһээ дойду үрдүк дьүүллээхтэрэ тиийэн кэлбит алдьархайтан хайдах быыһанары сүбэлээбэтилэр.
Хотторуу буолла...
Арыппыана аҕыйах хонукка өйө суох сытан, орто дойдуттан арахсыбыта. Анараа дойдуга, тоҥ сири тобулу хаһан, саарба саҥыйагын кэтэрдэн, уһуктубат уһун уутугар атаарбыттара. Бэйэтин кытта, туос иһиттэргэ суруйбут, инники ыра санаатын, таптал туһунан суруктарын, бичиктэрин холбуу укпуттара. Одуллар эр дьонноро уонна дьахталлара тус туһунан суруктаах этилэр. Эр дьон киэнэ үксэ булт, айан туһунан, дьахталлар суруктара таптал, соҕотохсуйуу туһунан буолара.
Ол кэннэ хастыы да киһи биир тэҥҥэ ыалдьан, сытан барбыттара. Элбэх норуоту эспит хара уоспа тиийэн кэлбит дьулаан сураҕыттан, мустубут дьон сүтүктэрин да харайбакка, ыалдьан охтубуттары, тордохторго хаалларан куоппуттара.
Аҕабыт сиэнэ бэйэтин буруйданан, таҥара диэтин колокуолньатыттан ыстанан, анараа дойдуга барбыта. Мэхээлэ ымсыырбыт санаабар сундуугу арыйтаран алдьархайы аҕалбыт айыыбар, сиэним итинник дьылҕаны таллаҕа диэтэ. Сиэн киһи анала олоҕу салҕааһын, кырдьаҕастары тиһэх суолга атаарыы. Аналлаах ирээтин толорбокко, быстах санааҕа баһыйтарбыт, бэйэтигэр тиийиммит киһини, биһиги аймахха уонна эргиллибэтин, маннык быһыы хатыламматын диэн, эриэн талаҕынан таһыйан баран, туспа хараҥа ойуур быыһыгар умса, хоруоба, тэбиэҕэ суох көмпүттэрэ. Бэйэлэригэр тиийиммиттэр, олох олоруохтаах кэмнэрин устата, ситэрбэтэх олохторун ситэрэ сатаан орто дойду икки, анараа дойду икки ардыгар муҥу көрө сылдьаллар. Бириэмэлэрэ атыннык барар буолан, олус өр эрэйдэнэллэр, дьону эрэйдииллэр эбит.
Сорох ыалга оһох оттор эрэ киһини хаалларара, сорох буруону олоччу саппыта. Киэҥ сиринэн дьаарбаҥкаҕа сылдьыбыт дьон тарҕанан, эпидемия хаһааҥҥытааҕар да улахан буолбута.
Үрүҥ өҥнөөх улахан чуум уҥа өттүгэр Таккай сиргэ илдьэ сылдьар дьоҕус чуума, ону утары сахалар ураһалара, хаҥас диэки лаамууттар тордохторо тардыллыбыта. Сүбэлэрин саҕалыахтарын, хойутаан кэлбит луораветланнар ярангалара турарын күүтэллэр. Яранга туран, холумтан оттуллан алгыстаммыттарын кэннэ, аҕа баһылыктар бары кытыан буруотун тула эргийэн арчыланан баран Үрүҥ чуумҥа киирдилэр. Кэпсэтиини тэрийбит киһи быһыытынан Таккай, таһыттан кэлбит ыалдьыттарга тууччах балык эмис өрөҕөтүн кыһан биэрдэ.
Луораветлан тойоно кэпсэтиигэ бэйэтин уолун ыыппыт. Хамсатын хостоон эмиэрикэ хатан табаҕын толору симтэн, уоттаах чоҕу ылан хамсатын уматынна, онтон урукку курдук хамсатын буолбакка, табаахтаах саппыйатын күнү батыһа мустубут дьоҥҥо ыытта. Бары хамсаларын хостоон табаахтаатылар. Онтон сахалыы кэпсэтэн бардылар, луораветлан уолун аттыгар олорор талмаччыта тугу эппиттэрин тута бэйэтин тылынан тойонугар этэн иһэр. Хайдах гынан тыыннаах ордобут диэн кэпсэтии барда. Биир биир санааларын эттилэр. Аны саас халлаан сылыйдаҕына хараллыбакка хаалбыттар абааһылара, дэриэтинньик буолан илэ барыахтара диэн бары дьаахханар эбиттэр.
Луораветлан уола бары эппиттэрин кэннэ эмискэ сахалыы саҥаран соһутта: Биһиги анараа дойдуга атаарар анал дьоннорбут, анал таҥас, үтүлүк кэтэн баран онно аналлаах уһун синньигэс, хаптаҕай быһаҕынан өлбүт киһи дууһата таҕыстын диэн уонна ханнык Кээлэт киһи иһигэр киирбитин билээри өлбүт киһи иһин хайытан үөрэтэн көрөллөр. Ол түмүгүнэн бу урукку өттүгэр биллибэт, өссө күүстээх Кээлэт эбит. Урут түөрт уон хонук иһигэр биллэр буоллаҕына билигин барыларын аҕыйах хонугунан сиир. Ааспыт ыарыыга ыалдьан баран соххор буолбуттары бу Кээлэт аймаҕыргаан тыыппат эбит.
Кэпсэтии маннык түмүккэ кэлбитэ, анараа дойдуга барбыттары уматарга анал дьону киибэстэри таларга. Киибэстэринэн урут ыалдьыбыт соххор дьоннору аныырга. Олору аһынан таҥаһынан көлөннөн хааччыйарга. Ыаллар олохторун аартыгар бэйэлэрин ахсааннарынан тоһоҕо анньаллар. Киһи быһыннаҕына тоһуталлар, ыарыйдаҕына иҥнэри анньаллар. Аһыырынан быстарбыт ыалларга аһылыгы анал үлэхтээх сирдэргэ илдьэн уурарга. Дьону кытта чугаһаабакка, тыалы ойоҕоһунан туран кэпсэтэргэ. Ыалга кыаммат кыра оҕолор хааллахтарына туспа мунньан тутарга. Тулаайах хаалбыт оҕолору, дьоннорун табаларын ирээттээн, аймахтарыгар ииттэрэ биэрэргэ. Түөрт уон хонук ким ыалдьыбытын кэтээн күүтэргэ, ол кэнниттэн ыалдьыбыттары киибэстэр көрүүлэригэр хаалларан баран атын сиргэ көһөргө.
Оноонди аҕатын ууһа 1833 сылтан Зашиверскай куоракка дьаһаах төлөөн бүппүтэ. 2500 тахса Одул омуктан, 1897 сыллаагы ревизийэ остуоруйатыгар 754 эрэ одул хаалбыта бэлиэтэммит. Бу эпидемияга биир сиргэ түмсэн олорор буолан эмиэ одуллар ордук хотторбуттара.
Таккай түөрт уон хонугун толорон баран, олохсуйан олорбут Ииндигир эбэтиттэн, ыраах төрүттэрин сиригэр Бүлүү өрүс, Дьөҥкүүдэ эбэтигэр барарга быһаарыммыта. Ыарыы батыспатын диэн суолларын бутуйан икки аҥы хайысханнан арахсан барбыттара. Кыра оҕолордоох буолан ыраах айантан салыннар да, инники кэскиллэрин санаан кытаанах санааны ылынан, сыарҕа суолун баттаһа айанныы турбуттара.
Биир миэдьэгэ түөртүү ыты көлүйэн, иккилии оҕону олордон, ыһыктарын тиэйтэлээбиттэрэ. Обургу оҕолорго, кыра оҕолору көрдөрө биэрбиттэрэ. Кырса тириититтэн суорҕан, түүлээх имиллибит таба тириитинэн, талаҕынан тэптэрэн сабыылаах буолак оҥоттообуттара. Ыт көлүйэр миэдьэ наарта саһаантан ордук уһунннаах буолар. Аалыктарын ниэрпэ тириититтэн тигэллэр. Таһаҕас таһар наарталар арыый модьу-таҕа талахтан, хатыҥтан оҥоһуллаллар, алтаттан уон иккигэ дылы ыты көлүйэллэр. Сымнаҕас хаардаах сиргэ, туут хайыһарынан суол үктээн биэрэллэр. Илимнииргэ уонна чуумҥа туттуллар ураҕастарын илдьэ сылдьаллара. Таккай уһанар тэрилин сороҕун, уолун Киргиэлэйи кытта табалаахтарынан ыыппыта. Кыһатын, кыстыгын, балтатын, чыскыларын сороҕун киибэстэр ахсааннарыгар киирэн дойдутугар хаалар, орто уолга Тэрэнтэйгэ хаалларбыта.
Кэргэнэ Алааппыйа, ыттарга барыларыгар тирии имитэн кэтинчэ тигэттээбитэ. Саппаас сыарҕа ылаҕа, тарыыр мастары, күөрэйдэри ылбыттара.
Маҥнайгы кэмҥэ элбэх көтөл ыт айана бытаан да буоллар, син айаннарын суола тобуллан, күннээҕи бараллара эбиллэн испитэ. Экспедиция таһаҕаһын таһыытыгар сылдьыбыт кырдьаҕас ыттар, туора маары бугуйбакка, эдэрдэри боччуйан, кыра аайы кыһаллыбакка, күн ахсын айаннарын эбэн испиттэрэ. Бастыҥ бэриэтчиттэрин Атаһы, Баксы солбуһуннаран инникилэтэллэрэ. Иннилэриттэн кырса сүүрэн турдаҕына, хабыйахаан үөрэ көттөҕүнэ, бугуһуйан эккирэтээри гынар ыт үөрүн, чахчы кыахтаах, өйдөөх ыт тохтотор. Бэриэтчит кэннитттэн кинини солбуйуон сөптөөх, эдэр ыттары көлүйэллэр, салайарга бэриэтчиккэ көмөлөһөллөр. Саамай күүстээх, тулуурдаах ыттары наарта иннигэр көлүйэллэр.
Кинилэр аналлара наартаны тохтоторго, хоҥуннарарга аналлаахтар. Кыайан тардыбат, албынныыр ыты тиистиэхтэрин да сөп. Истибэтэх ыкка тарыыр мас да ыаллаатаҕына көҥүлэ. Бэриэччит ыттар ханнык да түгэҥҥэ киһи этиитин толоруохтаахтар, иччилэрэ сыарҕаттан сууллан хааллаҕына, муҥунан баран иһэр үөр ыты тохтотуохтаах, буурҕаҕа муммакка наадалаах сирдэригэр тиэрдиэхтээхтэр. Киэһэ ыттарын аһаталаан, миэстэлэрин булларан баран биирдэ бэйэлэрэ аһыыллар. Күнүс бэйэлэрэ үссэнэ түһэллэр, ыттар сытан сынньанан ылаллар. Сарсыарда хайаан да тото аһыыллар, сыарҕаҕа көлүллүөхтээх ыттары аһаппаттар.
Ииндигир эбэни бата алын түһэн иһэн, хаҥас туораан көнөтүк Дьааҥы өрүс төрдүгэр тахсыбыттара. Дьааҥы хомотун быһа түһэн, Өлүөнэни төрдүнэн туораан, Муустаах байҕал улахан буурҕата түһэ илигинэ сир ылан хаалаары маҥнайгы күннэргэ күүскэ барбыттара туһалаабыта. Буурҕалар саҕаланар кэмнэригэр Өлөнүөк өрүс тардыытыгар тиийбиттэрэ.
Муустаах Байҕал буурҕата хас да хонук тохтообокко, күдэрик хаары ытыйан, туох да көстүбэт гына буккуллуон сөп. Таҥас хайаҕаһын булан хаары симиэ, суулларан түһэриэ, тыалын кытта илдьэ барыа эбэтэр үрдүгүнэн тибэн кэбиһиэ.
Сарсыарда бастакылар эрдэ бараллара, хонуктуур сирдэригэр чуум туруоран, бэлэмнээн тоһуйаллара. Саппаас ыттардаах буолан, хас да хоно, хоно ыттарын сынньаталлара. Балыктаах сиргэ тохтоон, балыктаан өйүө эбинэллэрэ. Өлөнүөгү өрө өксөйөн, соҕуруу хайыһан, Мууна үрэҕин быһа охсон, Түҥ өрүс тардыытыгар тахсан кэлбиттэрэ.
Манна байанайдара биэрэн, мастан төннөн иһэр кыылларга түбэһэн, табаны күөйэр анал ыттарынан эргиттэрэн, уонча кыылы охторбуттара. Дойдубут үтүө хараҕынан көрүстэ диэн, манна тохтоон хас да хоммуттара, кыылларын иһин хостоон, силии охсон сиэн. Бэйэлэрэ сынньаммыттара, ыттарын аһаппыттара. Лаабыстаан хаалларбыт эттэрин кэлин табаннан кэлэн ылбыттара.
Улахан уол Киргиэлэй салайааччылаах уолаттар табаннан, тибиитэ суох, лабыкталаах сири талан курдары, Силээннээх үрэҕин өрө тахсан, Дьааҥы хайаларын буос ыт аартыгынан туораан, Кэбээйиннэн, Бүлүү төрдүгэр айаннаабыттара. Табаларын үөрүн аһата, аһата аара биири да энчирэппэккэ таба төрүөҕэ саҕаланыыта Бүлүүнү өрө баран, Дьөҥкүүдэҕэ тиийэн кэлбиттэрэ.
Урут Дьөҥкүүдэ эбэ хоту өттүгэр одуллар Бэти, Ханаайы (Ханаачыйа), Оноонди аҕаларын уустара олорбуттар эбит.
Таккай, анаан кэлбит сиригэр, Дьөҥкүүдэ эбэ атаҕар, эһэтин Лаамы араҥастана сытар сирин таһыгар тохтообута. Сүдү дьон араҥастанан сытар сирин олохтоох сахалар ким да сир гыммакка, айыырҕаан кураанах турар этэ. Куорат Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр киирэн таҥарага тиксибиттэрэ, олохтоох нэһилиэктэр кинээстэригэр кырса тириитэ биэрэн олохсуйа хаалалларыгар көрдөспүтэ.
Үс нэһилиэк быһыта охсуһуутугар сир анаабыттара. Акана, Хаҥалас, Үөдэй ыалларынаан ылсан, бэрсэн бэйэ дьонноро буолбуттара. Олохтоох сахалар былыр былыргыттан омук кыргыттарын кийиит гынар эрээри, омуктары күтүөт гыммат этилэр. Онон да буолуо уонна уоспа ыарыытын абааһыта булбатын диэн бэйэлэрин һахаларбыт, Ноноон аҕатын ууһабыт дэммиттэрэ.
Таккайдаах бастакы кэлбит сылларыгар Шахадьиибэ тэрийэн ыыппыттара. Кэлин да бу тэрээһиннэрэ уурайбатаҕа. Сайылыкка тахсар Ньукуола күн, кутйа ыйыгар, Шахадьиибэни тэрийэн ыыталларын иһин, олохтоохтор кулун үрдүн малааһына диир буолбуттара. Табаларын сороҕун акка, ынахха атастаспыттара. Аҕыйах ыты хаалларан баран сорох ыттарын Дьэһиэйгэ, Ээйиккэ батарбыттара. Сахалыы балаҕан туттан, кыргыттара улаатаннар олохтоохторго эргэ тахсаннар, уолаттар Дьэһиэйтэн, Ээйиктэн тумат, долгаан кыргыттарын ойох ылан, Баһылайаптар, Чыырайаптар, Киргиэлэйэптэр диэн улахан дьиэ баһылыктара буолан, элбэх урууланан, аймахтаммыттарын кэннэ, Баһылайап Баһылай Баһылайабыс -Таккай бу дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Кини оннугар аҕа баһылыгынан кыра уол Баһылайап Баһылай Баһылайабыс- Ноноон буолбута. Олохтоохтор төгүрүк түҥүрдээх Ноноон Баһылай диэн ааттабыттара.
Балбаара диэн кыыс, Быһах аҕа ууһуттан төрүттээх Байбал Петров – Майаһа Байбалга, 16 саастаагар кэргэн тахсыбыта. 9 оҕону улаатыннарбыттара. 23 сиэннэммиттэрэ. Ситэтэ суох ааҕыыннан 100 тахса хос сиэннэммиттэрэ.
Кинилэр кыыстара Таатыан сайын кэлиитэ, соҕотох биэтин үүтүн мунньан кымыс оҥорон, сайылыкка тахсарга Шахадьиибэ тэрийэн ыытара. Ньукуолун күн, кэтэһэн турбут курдук, күөл мууһа ырбыылаан, өрүс мууһа баран, ынахтар хотоҥҥо киирбэккэ таһырдьа хонор кэмнэрэ саҕаланар. Кус-хаас, көтөр сүүрэр биирдэ туола түһэр, балык тахсар, ынах төрүүр ас дэлэйэр кэрэ кэмэ тиийэн кэлэр.
Туос иһиттэри толору буспут кус, үөлүллүбүт балык, кэлбит ыалдьыттары күндүлүүргэ тирии сандалы толору тардыллар. Ууга буспут, буруоҕа ыһаарыллыбыт, хатарыллыбыт таба этэ, өрүс балыга ону кытта булуустан хостоммут тоҥ балык. Сордоҥ дьуухалата, буорса (хаппыт балык бороһуок гына мэлиллибитэ), сыаҕа мэлиллибит отонноох буспут балык (кульибаха), балык искэҕиттэн лэппиэскэ уонна бэлиэ күннэргэ анаан хаһаанар бастыҥ астара буруоҕа ыһаарыллыбыт таба тыла. Дьиикэй луук, чочунаах, сардаана силиһэ, кииһилэ, бэс сутуката, бөттөк от, сахаларга сонун ас буһаран баран тоҥорон хаһааныллыбыт тэллэй, тоҥ отон арааһа, ас амтанын тупсаран биэрэллэрэ. Сахалыы саламаат, одуллуу астаммыт балык арааһа, хаппыт эт, курупчаакы бурдугуттан алаадьы, кыйырыы көөнньөрүллүбүт кымыс иһиитин кэннэ, кырдьаҕастар мустаннар, ааспыт кыстык туһунан, сайын тугу гыналларын кэпсэтэллэр, сүбэлэһэллэр. Ол кэннэ оонньуу, күрэх саҕаланар. Ойбон эбэ көнө кырдалыгар кылыыһыт кылыйар, мадьылар мас, быа тардыһаллар, хапсаҕайдар тусталлар. Быһыйдар сырсаллар, имигэстэр быа миинньэллэр. Икки баҕанаҕа чиккэччи тардыллыбыт маамыкта үрдүнэн сүүрэн кэлэн ыстаналлар.
Бэйэлэрин үрдүктэрин саҕаны ыстанар дьон, норуот номоҕор хаалбыттар. Маамыкта быраҕыыта, оҕунан сыал ытыы күрэҕэ барыта баар. Оонньуу, күрэх уҕарыйыыта оһуокай, сээдьэ, дьуохар саҕаланар. Эдэрдэр манна билсэллэр, кырдьаҕастар манна кэпсэтэллэр. Аны сайыҥҥы ыһыахха дылы сорох сорохтор уонна көрсүспэттэр.
Олоҥхоһут олоҥхолуур, тойуксут туойар, ырыаһыта да суох ыллаһар сээркээн сэһэн сэһэргэнэр, кэрэ кэпсээн кэпсэнэр, былыт саппыт былыргы кэм, номох буолбут ааспыт олох ахтыллар дьоро күнэ буолар.
Айылҕа Хотун, дьон ымсыы, ньэгэй санааларыттан хомойон, кэлэйэн, кэмиттэн кэмигэр алдьархайдары ыытарын, ыарахан кэмҥэ омугунан, аҕа ууһунан арахсыбакка бииргэ түмсэн сөптөөх тылга киирэр буоланнар, сап саҕаттан салҕанан Саха сирин тыйыс халлаанын, кылгас кэмҥэ ирэр тоҥ буорун, дойду оҥостон олордохпут.
Сахса Тар
Быһаарыылар
Алма – дьүгээгир ойууна
Одул – дьүгээгир
Лаамуут – эбэнки
Луучча – нуучча
Луораветлан -чукча
Йалгил – дьугээгир алматын төгүрүк дүҥүрэ
Пэйдүбэ- дьугээгир алматын былааҕайа
Махыыла- дьүгээгир дьахтарын кыһыҥҥы соно
Наймэкэ- дьүгээгир дьахтарын киэргэллээх чараас соно
Ниниэда – дьүгээгир дьахтарын сон иһинэн түөскэ кэтиллэр сылаас баартыга
Нгеун - дьүгээгир дьахтарын сон иһинэн түөскэ кэтиллэ киэргэллээх чараас баартыга
Түмэгөртөлөй ыйа – ахсынньы ыйа
Чиҥҕэлэ ыйа – кулун тутар ыйа
Палпаша ыйа – муус устар ыйа
Кутйа – ыам ыйа
Тоҥбайа һоромох – дьүгээгирдэр сэриигэ дьаһабыллара
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1971 сыллаахха биэс саастаахпар эдьиийим Наташа оскуолаҕа киирэрин көрө барбытым. Ону дьоммуттан ыйыппакка учуутал күтүөбүт Тартакынов Федор Никитич, эдьиийим Александрова Татьяна Николаевна туруорсаннар, бастакы учууталым Иванова Екатерина Владимировна бэлэмнэнии кылааһыгар ылбыта.
Дьиэбэр кэлэн оскуолаҕа киирдим диэбиппэр ким да итэҕэйбэтэҕэ. Эбэм Александрова (Васильева) Мария Васильевна, түүн түһээтэхпинэ, эдьиийим Арыппыана кэлэ сылдьар, наймыкытын кэтэ сылдьар, төрүттэрбэр илдьэ бараары гыннахтара дуу диэбитэ. Кимнээххэ бараары гынарын ыйыталаһан барбыппар, сүүспүттэн сыллаан ылбыта, уонна үөрэхтээх киһи буоллаххына төрдүлэргин суруйаар диэбитэ.
Төрдүбүт кимнээҕин кэпсиир этэ. Хотуттан ойуун киһи абааһыны кытта охсуһан хотторон баран. Ыт көлөннөн куотан көһөн кэлбиттэр. Манна Дьөҥкүүдэҕэ төрүттэрин дойдутугар. Эһэм аатын хайдах билиэ суохпунуй, Лаамы диэн. Араҥастаахха сытар диэбитэ. Эһэтин Ноноон Баһылайы, бастакы быһахпын оҥорбуппар эппитэ. Эһэлэрбит тимиринэн уһаналлар этэ диэн. Эбэбин кырдьаҕастар Тума Маарыйа дииллэр этэ, ону суох биһиги туматтар буолбатахпыт дьүгээгирдэрбит диэбитэ.
Хаһан эрэ суруйуохтаахпын диэн аймахтарбыттан кырдьаҕастартан ыйыталаһан, кыра кыралаан информацияны мунньунан барбытым. Интернет ситимэ кэҥээн, элбэх саҥа информацияны ааҕан билбитим, эбэм Мария Васильевна кэпсиирэ чахчы олоххо буола сылдьыбыт эбит. Эбэбэр биэрбит тылбын толорон биэс сааспыттан уон биэс сааспар дылы кэпсээбитин, архив докумуоннарыттан дааннайдары эбэн, хайдах өйдөөбүппүнэн суруйдум.
Таккай диэн ааты быйыл таайым Васильев Валерий Романовичтан чуолкайдаатым. Мин –Аккай, Алма диэн өйдүүр этим.
Хос эһэм, хос хос эһэм Васильев Василий Васильевич диэн ааттаах буоланнар сылларыгар бутулла сылдьыбытым. Биирэ Таккай Баһылай, уолун Ноноон Баһылай диэн ааттыыллар эбит.
Александр Александров - Сахса Тар
О местах расселения юкагиров Якутии. Нач. XIX – нач. XX вв.
Корякин Петр Иванович
В изучении истории кочевых малочисленных народов Севера немаловажную роль играет знание мест их расселения и кочевок. По динамике изменений территории расселения и количества населения в нем, можно судить о состоянии жизнеспособности отдельных родов и уровне благосостояния народностей в тот или иной период. При сравнительном анализе современных данных и данных прошлых лет, возникает необходимость в более детальном освещении документов, сохранившихся в архивах различных ведомств и учреждений. Много новой информации о местах расселения юкагиров в Якутии могут дать выявленные нами документы Национального архива Республики Саха (Якутия).
Из прошения старосты юкагирского рода Колымского округа Афанасия Посникова с родовичами помощнику головы и старосте Юрюгейского инородного управления от 12 марта 1825 г., донесения инородца Эльгетской инородной управы Гарлампия Шоломова (так в документе) старосте Усть-Янской инородной управы Ивану Слепцову от 11 мая 1825 г. и донесения инородца Эльгетского родового управления Алексея Даганова старосте Усть-Янской инородной управы Ивану Слепцову от 3 мая 1825 г. становится ясно, что юкагиры жили и ставили ловушки на песцов в районе реки Средней* «начиная от Нижних крестов и до устья – впадения в море».1
В прошении старшины Каменного юкагирского рода Лариона Брусенина на имя Верхоянского окружного исправника от 20 апреля 1829 г. указывается, что его род, кочевавший в Колымском округе (кроме Берелеха, Аллайхи и Индигирки), изъявляет желание отчислиться в Верхоянский округ.2
Из донесения старосты «бродячих разных родов» тунгуса Ивана Лаптева Колымскому окружному исправнику от 27 декабря 1834 г. за подписью старост родов (в том числе и юкагирского старосты Леонтия Урфанова), можно узнать, что русские и якутские мещане, живущие на устье реки Индигирки, занимались пушным промыслом на землях этих родов. Среди указанных земель бродячих родов указаны оба берега реки Алазеи до речки Чукочья.
Иногда названия родов указывают на местности, в которых они проживали. По сведениям о количестве и наименовании родов в наслегах Усть-Янского улуса за 1906 г. можно узнать названия групп родов и отдельных родов юкагиров. Так, в Усть-Янском улусе к 20 января 1906 г. имелись:
Каменно-Юкагирский род, состоящий из 1-го Хагойского (19 работников), 2-го Момяльского (13 работников), 3-го Эдукинского (24 работника), 4-го Дуткинского (34 человека) родов;
2-й Кункугурский юкагирский род, состоящий из 1-го Баракинского (18 работников), 2-го Ламанаинского (8 работников), 3-го Харальского (6 работников) родов;
Каменно-Ламанхинский род, состоящий из 1-го Алтано-Тохтойского (19 работников), 2-го Череповского (13 работников) родов;
Омолойско-юкагирский род, состоящий из 1-го Юкагирского (32 работника), 2-го Хачиторского (40 работников) родов;
Юкагирско-буятирский род (10 работников) без отдельных родов;
Тюгосирско-юкагирский род (10 работников), без отдельных родов.3
В 1905 г. по Нижнеколымскому участку числилось 41 бродячих юкагиров, из них 25 мужчин и 16 женщин.4
По материалам переписи населения 1917 г. о юкагирах есть следующие сведения.
Так, в Верхоянском уезде существовали следующие юкагирские роды: Тюсягирский, с количеством населения в 52 человека, Каменно-Юкагирский, с количеством населения в 385 человек, Быягнырский – 37 человек и Омоллойский – 285 человек.
В Колымском уезде: Ушканский – 111 человек, 1-й Омоллонский – 165, 2-й Омоллонский – 118, Алазейский – 71 и 2-й Кунгурурский – 134 человека.
Численность юкагиров по уездам Якутской губернии в 1917 г. составила 1358 человек, или 0,54% от общего числа населения.5 Из них женщин было 652 человека, мужчин – 706.6
В объяснительной записке Комиссии содействия народностям северных окраин при ЦИК ЯАССР написано, что по состоянию на 1 октября 1923 г. в Усть-Янском районе было 243 кочевых юкагиров, в Аллаиховском районе – 467 кочевых юкагиров. На Колыме к тому времени проживало 599 юкагиров.7
По документам переписи 1926-27 гг. в приполярных районах, юкагиры проживали в 18-ти местностях (см. Приложение №1).8
В списке населенных пунктов Колымского улуса за 1926-27 гг. проходит 11 населенных пунктов, где проживали юкагиры (см. Приложение №2).9
В списке населенных мест 16 северных и национальных районов ЯАССР за 1931 г. проходит 53 населенных пункта, где проживали юкагиры (см. Приложение №3).10
В заседании президиума Всероссийского ЦИК XV созыва от 20 мая 1931 г. был рассмотрен проект постановления Президиума ВЦИК «О национальных районах и внешних границах Якутской АССР», где было запланировано среди десяти дополнительно образуемых на территории расселения малых народностей национальных районов, утвердить на территории ЯАССР Нижнеколымский (смешанный юкагиро-эвено-чукотский национальный район), с центром в Нижнеколымске.11
В списке населенных пунктов северных районов ЯАССР за 1934 г. проходит 32 населенных пункта, где проживали юкагиры (см. Приложение №4).12
Из краткого описания маршрутов и порядка кочевания туземного населения 16 северных и национальных районов ЯАССР за 1934 г. можно узнать о местах кочевий юкагиров в Аллаиховском районе:
«Население района состоит из якутов 42%, русских 29,6%, юкагиров13% и чукчей 0,8%. Якуты проживают во всех нассоветах, кроме юкагирского. Русские составляют Русско-Уствинский (так в документе) сельсовет, и лишь небольшая часть из них живет в Юдюгейском и Юкагирском насоветах.
В Бынгырском и Берелехском нассоветах основную массу составляют якуты, также совместно с ними живут и эвены. В Юкагирском тузсовете юкагиры представлены 36%, эвенки 35%, эвены 22%, русские 6% и чукчи 2%.
Население района живет оседло за исключением Юкагирского тузссовета, где население почти все кочевое. Население Береляхского нассовета имеет перекочевки с весны, начиная с мая месяца по направлению на север, где доходит до озера океана, оттуда осенью возвращается на север, где доходит до озера океана (так в документе), оттуда осенью возвращается обратно. Юкагирский тузсовет весной удаляется с летних мест, на побережье моря до м. Станчик (на 300 км.) а на зиму возвращается обратно, причем маршруты их перекочевки бывают по одному и тому же направлению.
Колхозники района почти все живут оседло, лишь на лето перекочевывают на озера для ловли рыбы. Береляхские колхозники ведут полукочевой образ жизни. Весной они вместе с единоличниками направляются по маршруту Сергелях-Арылах-Мойхабыт-Маркон на оз. Океан (150 км), где проживают до осени, когда направляются обратно по старому пути на зимники. Колхозники Юкагирского тузсовета с зимников м. Ерчей Керемусин весной идут по реке Ерче и к лету до м. Догдо Хая, где живут до осени (сентября) и отсюда возвращаются обратно на зимники.
Вообще в Аллаиховском районе кочующими являются все эвенки и юкагиры, в каком бы они нассовете не состояли, так как наличие у них оленей заставляет их менять место, кроме того перекочевки их обуславливаются рыбным промыслом и охотой.
Кочевание происходит, как правило, большими массами, зимой они живут вдали друг от друга».
В этом же документе даны сведения о юкагирах Усть-Янского района: «Население района в основном состоит из якутов 78%, эвенов 16%, юкагиров 5% и русских 1%, при чем якутское население является преобладающим в каждом нассовете... Более интенсивно кочуют, оседая на зимнее время на равных местах, т.е. меняя их почти ежегодно, население Куринского и Юкагирского нассоветов».13
Судя по сведениям отраженным в документах НА РС (Я), в местах расселения юкагиров преобладали такие типы построек, как юрты и тордохи.14 Время проживания в них в них было разное. В основном, с декабря по апрель. Перекочевки в большинстве случаев, занимали время с апреля по декабрь, с распределением его на нескольких местах кочевок. Юкагиры, в населенных местностях с постоянным типом проживания, делили территорию с русскими и якутами, а в местах с временным типом проживания, с эвенами, эвенками и чукчами. Но были такие места, где проживали или кочевали одни юкагиры.
Таким образом, данные о местах расселения юкагиров Колымы, Яны и Индигирки, дают нам ясную картину изменений в количественном составе юкагирских родов и характера их кочевок. Ареал распространения юкагиров охватывал огромные территории восточной и западной тундры по берегам Северного Ледовитого океана и прилегающих к берегам морей.
Category: История, философия |
Views: 1213 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0