Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Бэс ыйа » 15 » ДЬЭРЭМТЭЭ: “Отунан эмтэнии туһата элбэх”
ДЬЭРЭМТЭЭ: “Отунан эмтэнии туһата элбэх”
20:42

Бүгүн эрэдээксийэбит ыалдьыта, Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх, СӨ Суруйааччыларын, РФ Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, отунан эмтиир Раиса Егоровна ВИНОКУРОВА – Дьэрэмтээ. Кини оҥорор отторунан эмтэнэн доруобуйаларын тупсарбыт дьон ахсаана суох элбэх.

-- Раиса Егоровна, эйигин отоһут диэн ааттыахха сөп дуо?

-- Сахалар уҥуох тутар дьону үксүн отоһут дииллэр. Отунан эмтээччилэри эмиэ оннук эмтээбит диэн этэллэр. Ол аата ити икки хайысханан эмтиир дьону тэҥинэн отоһут диэн ааттыахха сөп дии саныыбын.

Оҕо эрдэхпиттэн тыаҕа, алааска сылдьарбын наһаа сөбүлүүрүм. Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр тыаҕа сылдьарым. Онто суох табыллыбатым.

-- Хаһааҥҥыттан отунан эмтээн барбыккыный?

-- Биолог идэлэнэн, айылҕа өттүгэр билиим өссө кэҥээбитэ. Наар испэр үүнээйи миэнэ, мин үүнээйини сөбүлүүбүн, хасыһан бэйэм да үөрэтиэхпин сөп диэн мэлдьи саныырым. Онон үүнээйини умсугуйан туран үөрэппитим. Ол кэмнэргэ эмтээх оттор тустарынан кинигэни мээнэ таһаарар бобуулаах этэ. Ол иһин бибилэтиэкэҕэ баран, кинигэттэн үүнээйинэн хайдах эмтэнэри устан ыларым. Ону бэлиэтии көрөн, эдьиийим Аня эмтээх оттор тустарынан, окко улаханнык идэтийбит, аатырар Гаммерман диэн дьахтар кинигэтин бэлэхтээбитэ. Маны сэргэ аймаҕым, убайым А.И. Илларионов “Определитель высших растений Якутии” диэн үүнээйи аатын быһаарарга көмөлөөх олох мээнэ көстүбэт кинигэни бэлэхтээн турар. Дьэ, бу кинигэлэргэ тирэнэн үүнээйи, от өттүгэр билиим эбиллибитэ.

Саха судаарыстыбаннай университетыгар биолог идэтигэр үөрэнэн ботаниканы, үүнээйилэр оҥоһууларын уратытын, химическэй састааптарын иҥнигэһэ суох ханнык баҕарар анал литэрэтиирэттэн ааҕан өйдүүр буолбутум. Кэлин бэйэм медицинскэй литэрэтиирэни элбэҕи ааҕан, ыарыылары хасыһан туран үөрэтэн, эмтиир кыахтаммытым. Эбии Москубатааҕы фитотерапия институтугар куурус баран, В.Ф.Корсун диэн улахан учуонайга үөрэнэн, Арассыыйа отторунан эмтиир быраап ылбытым. Дьэ ол кэнниттэн Даймонд-клиник балыыһаҕа фитотерапевт быһыытынан үлэлээбитим.

26829

-- Оту хаһан, хайдах хомуйаҕыный?

-- От хомуллар кэмнээх. Онон көрөн хомуйуллар. Сайын үс ый тухары, сороҕор сир тоҥуор да диэри хомуйуохха сөп. Дэриэбинэттэн хомуйбаккын, ыраах сытар ыраас үрэхтэртэн, алаастартан, мырааннартан хомуйаҕын.

Мин элбэх от көрүҥүн туһанабын. Саҥа саҕалыырбар биирдиилээн отунан эмтиирим. Ол билигин санаатахпына, дьайыыта мөлтөх соҕус эбит. Онтон билигин отум көрүҥэ элбээн, күүстээх оттору туһанабын.

-- Диабеттаахтары эмиэ эмтиигин?

-- “Саахардааххын, учуокка туруоруохпут” дэппит ыарыһахтар эмтэнэн, учуокка турбаттар. Инсулиҥҥа олорботох саахардааҕы эмиэ бэттэх аҕалыахпын сөп. Диабеттан иһэр эминэн эмтэнэ сылдьар дьон 2-3 сыл кэриҥэ эмтэнэллэр. Ол эрэн бу болдьох үйэ тухары эмтэнии буолбатах буоллаҕа.

-- “Тымныйыыттан үчүгэй оттордоохпун" диигин, ханнык ыарыыларга холобура?

-- Кириип, быраҥхыыт, тымныйыы, сэбиргэхтэтии, күөмэй ыарыылара. Миэхэ тымныйыыттан от эминэн эмтэнэр дьон мээнэ ыалдьыбаттар. Үксүн саҥардыы ыалдьан иһэн үтүөрэллэр. Муннуларыгар маас соттоллор уонна от уутун иһэллэр.

Киста, миома, простатит, үөс, бүөр тааһырыыта эпэрээссийэтэ суох үчүгэй буолар. Экология куһаҕаныттан искэн ыарыы дэлэйдэ, быар ыарыыта элбэх.

sbor trav

-- Эйигин отунан быар цирроһун кыайар дииллэр. Төһө оруннааҕый?

-- Быар ыарыытын от кыайар. Ханнык да көрүҥ быар ыарыыта эмтэниллэр (С, В, Д). Австралийскай антиген эмиэ. Циррозтан быыһаммыттар, учуоттан уһуллубуттар да бааллар. Ол эрэн бары буолбатах.

Куртах, оһоҕос искэнэ буолан ыран хаалбыт дьонум доруобуйалара көнөн, сирэйдэрэ төгүрүйэн кэллэҕинэ, дэгиэ тыҥырахтаахтан быыһаабыт, куоттарбыт курдук санаан,   күүспэр күүс эбиллэр.

-- Быраастан диагнозтаах кэлэллэрин ирдиир эбиккин. Бэйэҥ көрөн ыарыһах туга ыалдьарын быһаарбат буоллаҕыҥ?

-- Ыарыһах эрдэ быраастан диагнозтаах кэлэрэ ордук. Мин экстрасенс буолбатахпын. Онон диагноһы ирдиибин.

-- Дьэ, онон ханнык ыарыылары от эминэн кыайар эбиккиний?

-- Киһи үксэ аһааҕырар ыарыыларыгар – хаан баттааһына, бүөр, хабах ыарыылара, куртах бааһырыыта, эр киһи, дьахтар уорганнарын иһэлийиилэрэ (воспаление), сис, сүһүөх, дьарҕа ыарыыларыгар барытыгар көмөлөһөбүн. Оҕоломмот дьон үчүгэйдик эмтэннэхтэринэ оҕолоноллор. Глаукома, катаракта суох буолар.

Өскөтүн айахха аһыы биллэр, кэҕэрдэр буоллаххытына, ол куртах, ноор, бүөр, быар, оһоҕос, куолай улахан ыарыыларын сибикитэ. От эмп ону кыайар. Атын суох. Эзофагит диэн суруллар. Өскөтүн эһиги дабылыанньаҕыт түһэр, тахсар, илиигит утуйар буолбут буоллаҕына – ол инсульт сибикитэ. Эмиэ түргэнник эмтэниэххэ наада.

unnamed

-- Боростуой, үүнээйигэ сыһыана суох дьон дьарыктаныан сөп дуо? Дьону эмтээх үүнээйилэри хомуйарга үөрэтэҕин?

-- Үүнээйигэ сыһыана да суох киһи дьоҥҥо көмөлөһөр баҕатын сайыннардаҕына, элбэҕи аахтаҕына, билиитэ элбээтэҕинэ, бэйэтигэр ирдэбилэ улахан буоллаҕына, тугу баҕарар ситиһиэн сөп. Ол иһин дьон оҕолорун окко кыра эрдэхтэриттэн сыһыардыннар диэн, эмтээх отторунан эмтэнии туһунан кинигэлэри таһаарабын. Кууруска үөрэтии кэм-кэрдии көстүбэтиттэн кыаллыбакка сылдьар. Отунан эмтииртэн уурайдахпына ылсыам диэн санаталыыбын.

-- Ханнык оттору, хайдах, төһө өр кэм устата хатарыахха сөбүй?

-- От хаһан, ханна, хайдах хомулларын кинигэлэрбэр суруйабын. Бибилэтиэкэҕэ сылдьар дьон онтон ылан ааҕыан, билиэн сөп. Букубаар курдук тутта үөрэнниннэр диэн, дьон олох билэр, тэлгэһэтигэр көрөр, эбэтэр аска хомуйар туһанар үүнээйилэрин суруйбутум. Онно хайдах хомуйар, хатарар, хаһаанар эмиэ баар “Домашняя аптечка из якутских трав” диэн ааттаах кинигэ.

-- Уһун кэм устата эмтээх отторунан дьону эмтээбит, үтүөрдүбүт киһи быһыытынан эт эрэ – хиимийэ эмп ордук дуу эмтээх от дуу?

-- Хиимийэ эминэн киһи аймах эмтэммитэ 200 сыл буолла. Табан эмтэннэххэ, дьоҥҥо анаан айыллыбыт абырыыр бөҕө буоллаҕа. Ол эрэн хиимийэ эмп биири эмтиир, атын уоргаҥҥар оччото суохтук дьайара эмиэ баар суол. Дабылыанньаны эмтиир быраас сүһүөҕү эмтээбэт, сүһүөҕү эмтиир быраас дабылыанньаны эмтээбэт. Утарыта дьайыылаах эми биэриэхтэрин сөп. Ол иһин ыарыһах мин сүһүөҕүм куһаҕан, дабылыанньалаахпын онтубар барсыа дуо диэн ыйытан бырааһыгар көмө буолуохтаах. Эн эмтиэхтээххин диэн баран сэлээннэниэ суохтаах.

Отунан эмтээһин уратыта киһини бүүс-бүтүннүү көрөн эмтиигин. Биирдии уорганынан буолбатах.

Мин отунан эмтэниини аҥаардас дьон бэйэтэ эрэ эмтэнэр ньымата дииллэригэр сөбүлэспэппин. Мэдиссиинэ биир салаата буолар дии саныыбын. Эпэрээссийэ кэнниттэн дьону тилиннэрэр, баастарын оһорор, чөлүгэр түһэрэр, хиимийэ ылар дьоҥҥо бүөрдэрин, быардарын ыраастыыр, ис уорганнарын көмүскүүр киһи буоларым быһыытынан, араас улуу дэппит быраастар, бэрэпиэссэрдэр кинигэлэрин ааҕа олорор киһи отунан эмтээһин дьүөрэлии туһаныллыахтааҕын билэбин.

1

-- Фитотерапевт диэн идэлэнэн эмиэ үлэлии сылдьыбыккын. Ол эмиэ үүнээйини кытта сибээстээх буоллаҕа.

-- Фитотерапевт -- отунан эмтиир киһи. Сатыыр, кыайар буоллаххына отунан ханнык баҕарар ыарыыны эмтиэххэ сөп. Мин 100% барыларыгар көмөлөһөр кыахтаахпын дэммэппин (төбөлөрүнэн булкуллар уонна дерматит баастаахтары кыайан эмтии иликпин).

-- Бэрт элбэх киһи эйиэхэ от эминэн эмтэннэҕэ.

-- Аһыныгас сүрэхтээх, дьоҥҥо чахчы көмөлөһүөн баҕарар киһи дьону эмтиир. Оннук киһи бэйэтэ хасыһан ааҕар, элбэҕи билэ, дьону үтүөрдэ сатыыр. Үлэтэ үчүгэй түмүктэрдээх буоллаҕына, дьон бэйэ-бэйэтиттэн истиһэн кэлэр. Онон оччо-бачча дьону эмтээтим диир кыаҕым суох, аахпаппын. Ханнык баҕарар эмчит киһи уйулҕатын тупсарар аналлаах. Ол -- эмтээһиниҥ төрдө. Эйигин эрэммэт, эмкин испэт буоллахтарына, хайдах үтүөрүөхтэрэй?

Өскөтүн киһиэхэ миома, киста, полип, папиллома, липома, о.д.а. искэн ыарыылара баар буолбут буоллахтарына, ол аата этэ-сиинэ улаханнык айгыраабыт. Соҕуолаах (зоб) дьону быстарбакка эпэрээссийэттэн быыһыыбын.

-- Дьон эйигин хайдах булуон сөбүй?

-- 89142222410 нүөмэргэ эрийэн билсиэхтэрин сөп.

-- Флористиканан эмиэ дьарыктанаҕын?

-- Флористика биирдэ эмэ, иэйиим киирдэҕинэ, оҥоһуллар. Бэйэбит олохтоох үүнээйибитигэр чаҕылхай буоллун диэн, ускуустубаннай солко сибэккилэри эбэн оҥоробун. Оннук оҥорбут композицияларым сороҕор ювелирнай магаһыыннары эмиэ киэргэтэллэр. Ол курдук, хартыынаҕа, күндү киэргэлгэ ураты баай көрүҥү биэрэллэр.

-- Эн суруйааччы, тылбаасчыт, бэйээт, сценарист быһыытынан эмиэ биллэҕин.

-- Дьылҕам миигин, сааһыра барбыт дьахтары, суруйар, эмтиир, улахан бэлиитиктэргэ сүбэ биэрэр оҥорбутун, ардыгар үс парашюттаах десантник курдук сананабын. Онон, арааһа, саха тыла эстээри гынна диэн оҕолорго хоһоон суруйтарар, дьонум-сэргэм аһааҕырара элбээн, эмп оҥорторор, сиэр-майгы тубустаҕына эрэ, дьон-сэргэ тыыннаах хаалар, инники элбэх эриирдээх сыллар күүтэллэр диэн бэлиитиктэргэ сүбэ бэрдэрэр. Бу -- миэхэ туох да улахан үбү-аһы тэппэт хайысхалар. Поэзия--аһаппат, эмп--ииппэт (дьон харчыта суох уонна дьон кыһалҕатыгар харчы оҥостор аньыы, онон эмп оҥорбут эрэйгин эрэ ылаҕын), бэлиитикэҕэ идиэйэ биэрэриҥ босхо.

-- Ылыммыт хос аатыҥ элбэҕэ бэрт эбит. Дьэ, холобур Дьэрэмтээ туох суолталааҕый?

-- Эмтиир аатым “дьэ эрэ, эмтээ” диэнтэн таһааран Дьэрэмтээ. Оттон суруйарбар ол эмтиирим мэһэйдээбэтин, кулгаахха ыарыыны кытта ситимнээх туох да киирбэтин курдук, Хаар Мичээрэ буолабын.

-- Оҕолорго кинигэлэрдээх эбиккин. Тылбааһынан эмиэ дьарыктанаҕын.

-- Былырыын оҕолорго “Күлүмчээн” диэн энциклопедия таһаардым. Бу – 21 сыллаах үлэм түмүгэ. Эрдэ тахсыбыт элбэх кинигэлээхпин. Миигин кытта бииргэ үлэлэһэр дьоммун кытары саҥа төрөөбүт дьахталларга, кыра оҕолоохторго, оскуола, дьыссаат үлэһиттэригэр, төрөппүттэргэ үбүлүөйдээх сылбын көрсө үчүгэй бэлэх оҥордубут. Онон оҕо төрүөҕүттэн улаатан 12-13 сааһыгар диэри көрүөн сөптөөх кинигэтэ таҕыста.

-- Тылбааһынан эмиэ дьарыктанаҕын.

-- Шекспир “Ромео уонна Джульетта” айымньытын тылбаастаабытым Саха тыйаатырыгар турбутун улахан ситиһиибинэн ааттыыбын. Аны аан дойду биир бастыҥ айымньытынан билиниллибит, Олимпийскай Хартия гииминэ буолбут Франция чулуу уола Пьер де Кубертен “Ода спорту” айымньытын сахатытыы успуорт сайдыытыгар эмиэ төһүү буолла дии саныыбын. “Азия оҕолоро” оонньуу аһыллыытыгар бу айымньы үс тылынан сахалыы, нууччалыы, аангылыйалыы иһиллибитэ бэйэтэ долгутуулаах этэ. Бу айымньыны уонна успуорт 17 көрүҥүн туойбут кинигэлэрбин успуорт өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэлигэр көрүөххүтүн сөп.

-- Раиса Егоровна истиҥ кэпсэтииҥ, сүбэҥ-амаҥ иһин махтал. Айар үлэҕэр, дьон доруобуйатын тупсарар чэпчэкитэ суох идэҕэр киэҥ көҕүстээх буолууну, тулууру, дьулууру баҕарабыт.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Category: здоровье | Views: 2591 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024