РНА Сибиирдээҕи салаатын учуонайдара быйыл бырдах уонна оҥоойу икки төгүл элбээн, Новосибирскай, Волгоград уобаластарыгар, Саха сиригэр уонна Уфа эргин наһаалаабыттарын бэлиэтииллэр. Бырдах туһунан тугу билэбитий?
Кумаар сиэртибэтин хайдах буларый?
Энтомологтар этэллэринэн, кумаар киһи тыынарыгар таһаарар углекислай гааһынан, эт-сиин сылааһынан уонна көлөһүҥҥэ баар үүт кислотатынан булар эбит. Гарвард университетын генетиктэрэ малярия кумаара киһиэхэ хайдах саба түһэрин эспэримиэннээн көрбүттэрэ эмиэ баар. Бу кумаардар эттэригэр сыста сылдьар анал “прибордарынан” киһи сылааһын ыраахтан билэллэр эбит. Учуонайдар кумаартан ити “тэриллэрин” ылҕаабыттарын кэннэ, сиэртибэлэрин “көрбөт” буолан хаалбыттар. Ол иһин кумаар эмин оҥорууга ити эспэримиэн түмүгүн туһаналлар эбит.
Сорох киһини тоҕо ытырбаттарый?
Кумаар бастакы курууппа хааннаах дьону амсайарын сөбүлүүр диэн чинчийии эмиэ баар. Ол эрээри кумаар аайыттан хаан курууппатын уларыттара сүүрэр табыгаһа суох. Оттон Нидерланды учуонайдара киһи этигэр элбэх микроб баар да, соччонон ытырбат буолаллар диэн дакаастаабыттар. Кумаар микробтар ыытар химическэй реакцияларынан сирдэтэр эбит. Микроб киһи сааһыран истэҕин ахсын эбэтэр доруобуйатын туругуттан, тулалыыр эйгэтиттэн састааба, ахсаана уларыйар, инньэ гынан кумаар бу киһини ытырара уурайар эбит.
Ханнык ыарыыны таһалларый?
Кумаар кутталлаах ыарыыны таһар үөн. Холобур, вируснай энцефалит, Зик вируһа, Арҕааҥҥы Нил лихорадката, малярия, паразит (дирофилярий) курдук ыарыылары тарҕатар. Бу ыарыылар Арассыыйаҕа эмиэ бааллар. Ордук соҕурууҥҥу эрэгийиэннэргэ маннык кутталлаах ыарыыны таһар кумаардар бааллар. Учуонайдар сыл ахсын кумаар кутталлаах ыарыыны тарҕатара элбээн эрэрин бэлиэтииллэр. Кумаар биир үксүн ыт паразиттарын таһар эбит. Ыарыылаах ыты ытырбыт кумаар атын ыкка баран түһэр уонна хааныгар гельминтаны түһэрэр. Ыт оннугар киһиэхэ саба түстэҕинэ, ыарыы киһиэхэ сыстыан сөп. Итинник сыстыганнаах кумаары киһи хайдах да көрөн быһаарбат, онон кумаар барыта кутталлаах. Холобур, ыт гельминтата киһиэхэ отой атыннык дьайар эбит. Личинка тута паразикка кубулуйбакка, киһи тириитин аннынан сыылла сылдьан ис уоргаҥҥа киирэр эбит.
Кумаары үргүтэр хас да ньыма баар. Сорох дьон эвкалиптаах уонна лүмүөннээх арыыны бистэллэр, гвоздика, мята, лаванда эфирдээх арыытын, испиири, о.д.а. бистэллэр. Маннык ньымалар киһи доруобуйатыгар туох да куттала суохтар, онон сэрэммэккэ туһаныахха сөп. Оттон саамай табыгастаах эмтэр — репелленнэр.
Кумаары барытын суох оҥоруохха сөп дуо?
Кумаары суох оҥорор наада дуо? Ордук тыаҕа үлэлиир дьон бырдах ыаматын суох оҥордоххо эрэ, холкутук сылдьыахтарын сөп. Дьиҥэ, кумаартан сыллата 700 тыһ. саҕалаан 1 мөл. тиийэ киһи өлөр эбит. Олортон баһыйар үксэ – малярияттан. Кумаары өлөрөрө сатаан араас химияны туһаммыттар да, онтон экология эрэ айгыраабыт, оттон кумаар туох да буолбатах. Ууга кумаар личинкатын барытын эмтээн суох оҥоруохха сөп, ол эрээри онтон атын харамайдар эмсэҕэлииллэр. Онон туһата суох. Билигин кумаары суох оҥороору генетика араас ньыматын туһаналлар эбит (атыыр кумаардарга буоһатар уорганнарын суох оҥорор гени эҥин угаллар), грибковай уонна бактыарыйалаах импиэксийэни ыыталлар, атыырдары аттыыллар уо.д.а. Арба, кумаар барыта киһи хаанынан эрэ аһаабат, сорох кумаар үүнээйи сүмэһинин аһылыктанар эбит. Онон кумаары эһэ сатыыр олох наадата суох, кинилэр, төттөрүтүн, айылҕаҕа туһалара үгүс.
Кумаар туһунан дьикти чахчылар
1. Сир үрдүгэр 3 тыһ. тахса кумаар арааһа баар.
2. Бу көйүүрдэр биһиги планетабытыгар 100 мөл. сыл анараа өттүгэр үөскээбиттэр.
3. Кумаар уһуна 12,5 милимиэтиргэ тийиэн сөп. Оттон былыр 5 см диэри уһууллара үһү.
4. Атыыр кумаар икки нэдиэлэттэн ордук уһаабат эбит, оттон тыһыта биир ыйы быһа олоруон сөп.
5. Киһи хаанын тыһы кумаар эрэ оборор. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр удьуордарын ууһаталларыгар наада эбит. Оттон атыыр кумаар лах курдук үүнээйи сүмэһининэн уонна ууннан эрэ аһыыр.
6. Иирсиһэр кэмнэригэр атыыр кумаардар тыһылар диэки күн киириитэ былыт курдук мусталлар эбит. Онуоха тыһы кумаар ордук орто кээмэйдээҕи тала сатыыр, тоҕо диэтэххэ, кинилэр салгыҥҥа өр ыйанан сылдьыахтарын сөп.
7. Киһи ньиэрбэтин “сиир” дыыгынас – кынатын сапсынар тыаһа.
8. Тыал – кумаар сүрүн өстөөҕө. Ыйааһына кырата бэрт буолан, тыал аа-дьуо көтүтэн кэбиһэр.
9. Утары тыһы кумаар иһэр булллаҕына (эбэтэр төттөрү), кынаттарын тэҥинэн сапсынан бараллар эбит.
10. Көлөһүннээх киһини кумаар ордук сиир.
11. Тыһы кумаар атыырдааҕар ордук дьахталлары ытырар, маныаха сырдык баттахтаахтары ордук буулууллар.
12. Сымыыттан баара-суоҕа 4 күн иһигэр кумаарга кубулуйаллар.
13. Кумаар төрөөбүт сириттэн ырааппат, ырааттаҕына даҕаны, аҕыйах км эрэ барар.
14. Кумаар, “инфракраснай” харахтаах буолан, хараҥаҕа бэркэ көрөр.
15. Кумаар “оборотень” курдук. Түүн буолла да, бултуура 500% улаатар.
16. Кумаар, кырата бэрт буолан, ооҕуй илимиттэн куттаммат.
17. Атыыр кумаар кырдьаҕас тыһы кумаары ордорор.
18. Кумаар сымыыта сиргэ хас да сылы быһа табыгастаах түгэни кэтэһэн сытыан сөп.
19. Кумаар сырааныгар ытырар сирин ыарытыннарбат хааны убатар бэссэстибэлээх. Онтубут ытырбытын кэннэ кыһытар эбит.
20. Учуонайдар кумаар киһи хаанын бүтүннүү обороругар 1,2 мөл. кумаар наада буолар диэн аахпыттар.
21. Кумаары төһө да абааһы көрдөрбүт, имири эһэр наадата суох – тулалыыр эйгэҕэ, төттөрүтүн, иэдээнинэн суоһуур. Ол эрээри Сингапурга кумаары олоччу суох оҥорбуттар.
22. Аччык кумаар ас көрдөөн, 64 км барыан сөп. Ас сытын 50 м билэллэр.
23. Канада туундаратыгар курданарыгар диэри сыгынньах киһини ыытан төһө кумаар ытырарын аахпыттар. Түмүгэ – 9 тыһ. кумаар.
24. Кумаар уу үрдүнэн холкутук хаамар.
25. Канада Комарно куоратыгар аан дойдуга кумаарга анаммыт саамай улахан пааматыньык баар. Кумаар кынатын икки арда – 5 м.