News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 16 » эр Массыынатыйбыт толкуй Уһукка тиийэ сатааһын Билии-билимии икки арда--бантаасыйа 3. Былыргы уобарас (архетип)
эр Массыынатыйбыт толкуй Уһукка тиийэ сатааһын Билии-билимии икки арда--бантаасыйа 3. Былыргы уобарас (архетип) | 14:10 |
Тэрис суруйууларыттан...
Биллибэт эйгэ, Таҥара билэр Массыынатыйбыт толкуй Уһукка тиийэ сатааһын Билии-билимии икки арда--бантаасыйа 3. Былыргы уобарас (архетип)...
Уопсайынан иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэлэр туох эрэ уратыны була сатыыллар. Ити уопсай дьулуур буолар. Ол иһин ити эйгэлэр сэнсээсийэни батыһаллар. Сэнсээйэлэртэн биирдэрэ: туох эрэ дьиктилээх кэпсээннэр. Холообур, НЛО баарын туһунан дьон кытаанахтык итэҕэйэллэр. Бэчээт уорганнара сотору-сотору НЛО туһунан хайаан да суруйаллар. Онно НЛО баарын дакаастыыр холбурдары булаллар. Ити курдук хаар киһитин туһунан өтөр буола-буола ахталлар. Ити билиҥҥэ диэри бигэргэтиллэ илигин ураты дьоҕурдаахтарынан быһаараллар. Оннооҕор, урусаалкалар баалларын туһунан кинигэ тахсан турар. Бермуд үс муннугун туһүнан, Атлантида туһунан, Үһүс харах туһунан уонна атын дьиктилэр тустарынан кэсээннэр сотору-сотору тахсаллар.
Ити мэлдьи бигэргэтиилээх буолар. Бииринэн киһи дьиктини итэҕэйэрэ булгуччутун туһунан, иккиһинэн, ити этиллэр көстүүлэр сотору соҕус дьиҥнээхтэрэ арыллыаҕын туһунан. Онон иһитиннэрэр-биллэрэр сирисэстибэлэр киһи уйулҕата алдьанарыгар анаан үлэлииллэр.
Саха сирин усулуобуйатыгар хаһыаттан биир булгуччулаах тиэмэлэрэ абааһы туһунан кэпсээннэр буоллулар. Ол хараҥа муннук диэн аатанар. Дьиҥэр, итини хаһыаттар тарҕаталлар. “Хайдах хараҥа хоһо суох тахсыахпытый? Дьон биһиги хаһыаппытын атыылыаспат буолан хаалыа” --диэн биир хаһыаччыт аһаҕастык этэн турар. Онон ити тиэмэ сэнсээсийэ быһыытанан туһаныллар.
Итэҕэл төрдө туох эрэ биллибэт туһунан кэпсээһин буолар. Дьинэр биллибэт туһунан икки араас өйдөөһүн баарын эттибит: биир биллиэбэт диэн уратыта суох биллибэт. Итини биһиги тутуһабыт. Чуолаан ити туһунан Худяков матырыйаалыгар суруллубута. Иккис биллибэт диэн уратылаах биллибэт (сэнсээсийэ).
Бастакы биллибэт ханна баҕарар баар. Биһиги олохпут бары өттүгэр кыбылла сылдьар. Онон итинник биллибэт баарын итэҕэр буоллахпытына, итэҕэйэрбит эмиэ булгуччу баар көстүү буолар.
Онтон ураты дьикти өттүнэн көрдөхпүтүнэ, ураты дьиктини итэҕэйии икки өрүттээх:
-Ураты итэҕэли билии арыт итэҕэлгэ тиэрдэр
-Ураты итэҕэли билии арыт итэҕэйимиигэ тиэрдэр. Кини үөһэ этиллибитин курдук икки сирэйдээнии сайдар. Уопсайынан, дьиктини итэҕэйии дьиҥнээх итэҕэйии буолбатах.
Биллибэт эйгэ
Билибэт эйгэ баара итэҕэл биир төрдө буолар. Биллибэт эйгэ, саха итэҕэлэ этэринэн, көннөрү олохпутугар мэлдьи былааһа сылдьар эбит. Итини учуонайдар да бигэргэтэллэр. Кинилэр этэллэринэн, киһи билиитэ улааттаҕын аайы киһи билбэтэ элбээн иһэр. Итинтэн элбэх киһи бэлиэтээбит көстүүтэ кэлэр. Акаары киһи барытын билэр курдук саныыр.
Биһиги хантан кэлбиппитин да уһугар диэри билбэппит уонна ханна баран иһэрбитин да билбэппит. Биир мэйиини үөрэппит улахан учуонай туһунан этэллэр. Кини мэйиини үөрэтэн-үөрэтэн баран киһи тугу эмэ саныырыгар мэйии туох да сыһыана суох эбит диэбит. Ол курдук билэрбит уонна билбэппит аргыстаһан сылдьар.
Таҥара билэр
Онтон таҥара туһунан этилиннэ да биири этэллэр: “Таҥара суола биллибэт”-- диэн. Саха тылыгар сах билэр диэн тыл баар. Г. В. Ксенофонтон этэринэн сах диэн былыргы таҥара аата диир.
Былыр сахаларга сах сүрүн таҥара быһыылаах.
Ксенофонтон Г. В.
Шаманизм.
Якутск: Фирма “Север-Юг”, 1992, с. 245.
Кини сах билэр диэн этии былыргыттан баарыгар олоҕурар. Ол аата ити тыл таҥара билэр диэн ис хоһоонноох. Бу тыл биллибэти кытта ыкса сибээстээх. Ол аата киһи билбэтэ мэлдьи баар эбит. Онтон биллибэт эйгэни барытын таҥара билэр диибит. Биһиги өр кэмҥэ таҥараны итэҕэйбэт буоламмыт бары боппуруоһу барытын билэр курдук саныыр этибит. Ити билигин да хаала сылдьар. Туох эрэ биллибэт буолла да өйбүтүнэн ону быһаара сатыыбыт. Биһиги көннөрү билбэппит диэхпитин тылбыт барбат.
Биһиги биллибэт баарын итэҕэйиэхтээхпит. Биллибэккэ өстөөхтүү сыһыаннаһыа суохтаахпыт. Биһиги олохпут биллибэти кытта бииргэ сылдьарын өйдүөхтээхпит. Ол биллибэт ураты биллибэт буолбатах, барытыгар тарҕана сылдьар уларыйбат күүс буолар. Ити биллбэти биһиги олохпутун бөҕөргөтөргө туһанабыт. Онутукабыт итэҕэл диэн ааттанар.
Массыынатыйбыт толкуй
Урут киһи этин-сиинин массыынаҕа холоон саныыллар этэ. Ону механисизм диэн ааттыыллар. Билигин ордук физик үөрэхтээх дьон киһини ырытыылара элбээтэ. Онно эниэргийэнэн, долгунунан көрөлллөр. Онтон сорохтор барытын итэҕэлгэ тиэрдэр туһаайыыланаллар.
Холобур, В. Оконешников киһини барытын ураанынан быһаарар. Кини ураана икки уратылаах эбит. Бииринэн, саамай ыарахан бэссэтибэ. Иккиһинэн, бэйэтэ саныыр дьоҕурдаах эбит. Бу ураан көмпүүтэр төрдүнэн буолбут. Онон кини киһини урукку массыына курдук көрөр. Арай уратыта диэн урут ханнык эрэ тэрилгэ маарыннатар буолллахтарына, аныгы көмпүүтэр курдук көрөр. Бу көрүүлэрэ олус улаатар. Мин биир дьахтартан паарка үрдүнэн сүүнэ улахан киһи хараҕар көстүбэт көмпүүтэр ыйанан турар диэн кэпсээни истибитим. Ону күлүү гынан эппитим. “Хата ол көмпүүтэртэн төбөҕүн иитэн кэбис. Көннөрү көмпүүтэртэн сонуну ылар ыарахан. Барытын төлүөххэ наада”.
Маннык көстүү аан дойду үрдүнэн тарҕанан турар. Холобур, Канадаҕа күн сардаҥата күүһүрэрин алҕаан кыччатар киһи баар. Кини хас да мөлүйүөн килийиэннээх эбит. Аныгы кэмҥэ биир улаханнык байбыт киһи быһыытынан ааҕыллар.
Аныгы механисизм көрүҥүн үөскэтэр дьонунан инсэниэрдэр буолаллар. Кинилэр киһини тимиринэн, элэктэричиистибэнэн солбуйан иһэллэрин туһунан кэпсииллэр. Онон киһини чыыстай мэхэньиисим курдук көрөллөр. Киһи маннык-маннык буолуо диэн таайыылар тахсаллар. Ити ханнык эрэ уһук санаалары маарынныыр. Итинник киһи туһунан көрүүлэр сэнсээсийэни элбэтэллэр.
Тоҕо эрэ саныыллар: кини эттэ да итэҕэйэн барыахтаахтарын үһүбүт. Онтон итэҕэйбэт киһини хаалынньаҥынан буруйдуох курдук тутталлар. Онон сымыйа кэпсээн кырыктаактык, уһуктаахтык баран иһэр. Ити биһиги урукку олохпутун кытта сибээстээх быһыылаах. Сэбиэскэй кэмҥэ сэриитимсийбит итэҕэйбэт буолуу баһыйара. Онно итэҕэл диэни (үгүс киһи өйдүүрүнан дьикти диэни) олох итэҕэйимии баара. Аны ити итэҕэйимии хайаан да сымыйаны да итэҕэйии буолан таҕыста.
Атыннык этээххэ, биһиги орто диэни тутуспапыт. Хайа эрэ өттүгэр аһара барабыт. Урут дьиктини олох итэҕэйбэт буоллахпытына, аны дьиктини барытын итэҕэйиэхтээхпит. Маннык көрүүнү биһиги сөптөөх көрүү диэбэппит.
Уһукка тиийэ сатааһын
Уопсайынан, быһаарыллыбатах утарыта көстүүлэр элбэхтэр. Холобур, ити эппит көстүүбут: механисизм уонна механисизмтан уратылаах буолуу, Билигин көмпүүтэр уонна көмпүүтэрдээҕэр уустук буолуу. Билигин коллайджеры үлэлэтэ сатыылар. Биир сүрүн боппуруоска туочука туруоруохпут дииллэр: киһини таҥара айбыт дуу эбэтэр киһи бэйэтэ айыллыбыт дуу? Ити курдук билии төһө улаатаҕын аайы бүтэһик боппуруоска тиийэ сатыыллар.
Хаһан эрэ аатам баарын дакаастаабыттара. Ити дакаастаан матыарыйа бүтэһигэр тиийбит курдук санаабаттара. Онтукалара аатамнара элэмэнтээринэй кыырпахтартан турар биллибитэ. Ити кыырпахтары билигин да киһи өйдүүрүн курдук тиһиктии иликтэр. Онтон анараа өттүгэр туохтар эрэ көстүөхтэрэ. Билигин фотон, нейтрино эҥин туһунан саҥаралалар. Ити курдук билии дириҥээн иһэр, ону кытта биллибэт син биир иннибитигэр баар.
Билии-билимии икки арда--бантаасыйа
Билии уонна билимии икки ардыгар биллэр курдук буолан баран биллибэт баар. Итэҕэлинэн дьарыктанар дьон ити көстүүнү туһаналлар. Кинилэр туох эрэ баар курдугун этэллэрэ кырдьыкка олоҕуралларын туоһуллуур курдук.
Онтон бантаасыйалаан бараллар. Онуоха кыраныыссата суох буолаллар. Холобур, биир эмчит араадьыйаҕа этэр: “Мин Чечняҕа сылдьан алгыс оҥордум. Аны саха уолаттарын буулдьа, синэрээт табыа суоҕа”. Бу киһи туохха олоҕуран саҥарбыта буолла? Өссө былыр бу курдук саҥарбыттара суруллубутун аахпатаҕым. Сымыйалаа да уһугар диэри сымыйалаа длиэн курдук. Туох харсай диэбиккэ дылы. Ити курдук, уһуга суох саҥалар элбэхтэр.
Мин Дьокуускай ыһыаҕын ортотугар илиитинэн былыты ыһа турар киһини көрбүтүм. Кинтиэхэ бу кумааҕына хамсат эрэ диэн лиис кумааҕыны ууммутум. Киһим кумааҕыга кыһалла барбатаҕа. Былыты ыһарын ордорбута.
Холобур, В. Оконешников ураан аатамын туһанара диэн манныктан. Бииринэн, аатам баарын билэбит буолан баран ким да тутан көрбөтөҕө. Онон билэр буолан баран билбэт “кыылбыт” буолар. Иккиһинэн, бэйэтэ да тутан көрбөтөҕө биллэр. Ити гынан билэр буолан баран билбэт малбытын туһанан кэпсээн барар. Кини онуоха бэйэтин ыра санаатын (бантаасыйатын) киллэрэр. Бу аатам ыараханынын быһыытынан киһи курдук өйдүүр дьоҕурдаах. Ол өйдүүр буолан көмпүүтэргэ туһаныллар. Инньэ гынан көмпүүтэр өйдүүр дьоҕурун киһиэхэ тиэрдэр. Бу курдук оччо биллибэт көстүүлэргэ олоҕуран үспүкүлээссийэлээһиннэр бааллар.
Холотропнай тыыныы, торсионнай күүс, индига оҕолор уо. д. а. туһунан экстрасеннистэр элбэхтик суруйаллар. Онон ситэ биллэ илик көстүүлэри туһанан итэҕэли дакаастааһыччылар элбии тураллар. Биһиги санаабытыгар таҥара киһини күлүү гыммыт курдук айбыт. Бииринэн төһө эрэ билэрдээхпит. Ол кэмнэ киһиэхэ биллибэти биэрбит.
Гнозис
Гносиз диэн тугуй? Киһи билэрэ гносиз дэнэр. Биһги билиибит улаатан иһэр. Олоххо өйдөөх харамай үөскээбитин кэннэ, билэн иһии улаатан иһэрин туһунан санаа баһыйар. Дьиҥнээх утарааччы суох да кэриэтэ. Сайдыы эргииринэн барарын туһунан, сайдыы кэхтиигэ тиэрдэн иһэрин туһунан санаалар бааллар буолан баран бигэргэтиилэрэ олох да суох эбэтэр ырааҕынан ситэтэ суох. Ити курдук билии улаатан иһэр.
Ол аата гнозис улаатан иһэр. Европаҕа сүрүннээн үс кэми араараллар: былыргы кэми, орто үйэҕэ диэри кэми уонна билиҥҥи кэмҥэ диэри кэми. Бу кэмнэр уратылара диэн. Маҥнайгыларга үгэс баһыйар, онтон уоппукка олоҕурбут билии баһыйар. Уоппукка олоҕүрбут билии билиини улам түргэнник кэҥэтэн иһэр.
Биллэн турар, таас үйэ киһитин билиҥҥи киһини кытта тэҥнээбэккин. Билиҥҥи киһи гносиһа быдан улахан. Оннооҕор мин кэммэр элэктиириичэстибэ диэн суох этэ. Онтон билигин көмпүүтэргэ тиийэн турабыт. Ол аата 1952 сылтан 2012 сылгга диэри уларыйыы улаханнык барда. Ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох.
Биллибэт эйгэ уонна архетип
Билии элбээбититтэн таҥарын өйдөөһүн кыччыыр дуо? Биһиги билии элбээтэҕин аайы киһи билбэтэ элбээн иһэр диэн тиэсиһи туһанабыт. Оннук буоллаҕына, таҥараны итэҕэйии кыччыыр кыаҕа суох. Билии элбээтэ, онон билбэппит суох буолла диир кыахпыт суох. Биллибэт эйгэлэр дьайа тураллар. Оччоҕо танара баара кыайан мөккүһүллүбэт чахчыга кубулуйар.
Ол гынан баран ити кылаабынай буолбатах. Киһи олорбут устуоруйата кини өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар. Ол аата биһиэхэ былыр, орто үйэҕэ, саҥа үйэҕэ олорбуппут барыта баар. Ити аныгы тылынан төрүт уобарас (архетип буолан) өйбүтүгэр-санаабытыгар сылдьар.
Биһиги туому оҥорон ити архетиптан ханныгы эрэ таарыйа сатыыбыт. Барытын сөпкө оҥорбут буоллахпытына, ити архетип табыллар. Ол түмүгэр арыт киһи бэйэтэ да билбэккэ уларыйарыгырар тиийэр. Онтон таҥараны өйдөөһүн уопсай уйулҕаҕа дьайыыны өйдөөһүммүтүгэр наадалаах.
Биллибэти туһаныы
Таҥараны итэҕэйии диэн биллибэт эйгэҕэ сабыдыал оҥоруу итэҕэйии буолар. Биһиги таҥараҕа үҥэн биллэр эйгэттэн биллибэт эйгэҕэ тиийэбит. Ол эйгэҕэ тыыннаах буолары хааччыйар күүстэр бааллар. Былыргы үгэскэ олоҕуран онно дьайабыт.
Ити дьайыы туһаны оҥороро билэннэ. Инньэ гынан биллибэт күүстэри ыҥырабын. Ол аата билибэт эйгэҕэ дьайар кыах баар эбит. Чуолаан ити дьайыы итэҕэл туома диэн ааттанар. Итини аныгы учуонайлар маннык быһаараллар: киһи уйулҕатыгар дьайыы оҥоһуллар. Киһи ону итэҕэйэн бэйэтин ис күүһэ уһуктар.
Билибэт эйгэни туһанан киһи дьайара кыаллар эбит. Маны архетип өттүнэн көрдөхпүтүнэ, таҥара да наадата суох курдук. Ол гынан баран ити көстүү таһа эрэ. Былыр да буоллун, аныгы буоллун биллибэт күүстэри ыҥырыы баар. Арай ону чуолкай быһаарар эрэ кыахпыт суох. Билигин ону барытын уйулҕабыт оннук дииллэр. Былыр барыта ити таҥараны итэҕэйии аатынан барара. Билигин да ону тутуһуохтаахпыт.
Сымыйа наука
Гносиз элбээн иһиитэ итэҕэлгэ дьайыыта диэн атынтан. Итэҕэл ньымалардаах буолар. Ол ныьманы сырдатар өй-санаа баар буолар. Ол өй-санаа хаһан баҕарар бэйэтин үөскээбит кэмин кытта сибэстээх буолар. Холобур, олус уустук астрология (сулус үөрэҕэ) диэн баар. Ити үөрэх билиҥҥи кэмҥэ сымыйа үөрэх (лженуака) диэн ааттанар.
Ол сымыйа үөрэх буолбута бииргэ эрэ олоҕурар. Былыр сэттэ эрэ чолбону билинэр этилэр. Бу үөрэх бары түөрүйэтэ онно олоҕарара. Онтон наука күүһүрбутүн кэннэ тоҕус чолбон арыллыбыта. Чуолаан ити кэмтэн былыргыттан кэлбит бу наука сымыйа үөрэх диэн ааттаммыта. Онон астрология үөрэх быһыытынан эстибит сыла биллэр.
Билиҥҥи кэмҥэ астрологиянан дьарыктанааччылар элбэхтэр. Укруккуну батыһан наука курдук саныыллар. Ол гынан баран аан дойдуну билэр аныгы киһи ылыммата элбэх. Холобур, хас чаас аайы олоҕум уларыйар, онно сулустар сыһыаннаахтар диир ыарахан. Аныгы киһи итинник санааһыны ылыныа суоҕун сөптөөх.
Уйулҕаҕа дьайыыта
Ол гынан баран сулус үөрэҕин итэҕэйээччилэр элбэхтэр. Бу үөрэх уйулҕаҕа тиийэр өттө улахан этэ. Чуолаан ити быраҕыллар кыаҕа суох. Кини киһини 12 тиипкэ араарар. Олох сүрүн түгэннэрин сулустар балаһыанньаларынан быһаарар. Онон киһи быһыытын-майгытын мадьыаллыыр. Итиннтикэтэ тардар. Таҥара үөрэҕэ киһи быһыытын кытаанах мадьыалга киллэрэрин утарар. Тоҕо диэтэххэ таҥара быһаарар миэстэтэ эмиэ хаалыахтаах. Сулус үөрэҕэр ол суох. Ол гынан баран киһи быһыытын-майгытын атын мадьыаллыыр үөрэх эмиэ айылла илик. Онон Астрология сулустара тирэниитэ, сымыйа үөрэх диэн ааттанар да, дьоҥҥо уопсастыбаҕа сабыадала олус улахан.
Эргэрии сүппэтин төрдө
Билигин Арҕаа олорор дьон итэҕэлгэ сыһыаннарын арыт таҥарата суох итэҕэл дииллэр. Ол тоҕото биллэр. Христианство төдүгэр былыргы кэм көрүүтэ сытар. Холобур, арыллыы итэҕэллэрэ таҥараҕа үҥүүнү бастакынан суолталыыллар. Ити барыта быыһанар иһин оҥоһуллар эбит. Кинилэр санааларыгар Бүтэһик Дьүүл диэн баар буолуохтаах. Бу көрүүнү аныгы дьон үгүстэрэ ылымматтар.
Онтон саха итэҕэлэ атын. Бу итэҕэл ыччатын таҥара курдук көрөр. Кини үчүгэйдик туттуутун ис хоһооно биир: үчүгэй туттуута ычаттарыгар тиийэр. Ол иһин куһаҕпннык туттубат буола сатыыр. Ыччаттарбар тиийиэ диэн куттанар. Ол аата ыччат киһи майгытын салайар. Бу көрүү киэхэ ордук чугас. Ол гынан баран наука көрүүтүттэн эмиэ атын.
Холобур, Христос туһүнан былыргы суруйуулары аныгы арҕаа дьон былыргы остуоруйа курдук көрөллөр. Бу остуоруйа оҕону иитэргэ суолталааҕын чорботоллор. Кытай мэдиисэнитин, Тибэт мэдисиинэтин былыргы түөрүйэтэ, төһө да билиҥҥи киһини эмтииргэ туһанылларын үрдүнэ, үөскээбит кэмин бэчээтин илдьэ сылдьар. Ол гынан баран кинини туһаналлар. Тоҕо диэтэххэ киһи этин-сиинин мадьыалаан өйдөөһүнэ олус күүстээх.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 767 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 101 Ыалдьыттар (гостей): 101 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|