Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 29 » Борис Попов: “Бэйэҕин көмүскэммэтэххинэ, эйигин ким да быыһаабат”
Борис Попов: “Бэйэҕин көмүскэммэтэххинэ, эйигин ким да быыһаабат”
17:43

 
Кыым.Дьон

Күөх Ньурба улууһун урукку баһылыга Борис Попову 2016 сыл ахсынньы 27 күнүгэр бэрик ылыыга уонна дуоһунаһын аһара туһаныыга уорбалаан, үлэлии олордоҕуна, үкчү улахан террориһы тутар курдук, аптамааттаах дьон хомбуойдаан илдьэ барбыттара. Ол кэмтэн ыла түөрт төгүрүк сыл ааһан эрэр... Атырдьах ыйын 3 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы суута Борис Николаевичка тэриллибит холуобунай дьыалалары көтүрдэ. Бу кэм тухары төһөлөөх баттах маҥхайбытын, сыра-сылба, ньиэрбэ бараммытын тустаах бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

Былаас туруорбут хандьыдаатын хаардыы хааман кыайан, бэрт хамсаныылаахтык үлэлии олорбут баһылыкка сойуолаһыы саҕаланыан инниттэн, кини улаханнык киэҥ эйгэҕэ биллибэт да курдуга: төрүт Ньурба олохтооҕо, Новосибирскайга олорбут, тэхиниичэскэй билим хандьыдаата, дассыан... Бүттэ. Бүгүн “Кыымҥа” Борис Николаевич олоҕун, кырдьык иһин туруулаһыы хайдах барбытын, уруккуну-хойуккуну эргитэн кэпсиир.

“Кулаак” эбэтэр “сутурук”

– Борис Николаевич, саха киһитин сиэринэн кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэрэн кэпсэтиибитин саҕалыах.

– Түлүөн ойуунтан саҕаланар Бордоҥ ууһуттан сыдьааннаахпын. Бордоҥнор Ньурбаттан саҕалаан Сунтаарга тиийэ тэнийбит бөдөҥ уустар. Оҕо сырыттахпына, төрдүбүт-ууспут туһунан улаханнык суолталаан кэпсээччилэрэ суох. Ол сүрүн биричиинэтэ – аҕам өттүнэн аймахтар бары кулаактаммыттар. Аҕабын “кулаак ыамата” диэн оскуолаттан үүрбүттэр. Кыра сырыттахпына, оҕолор оонньуу сылдьан миигин “Кулаак” диэн хос ааттыыллара. Ону ис хоһоонун билбэт буоллаҕым. Икки улахан эдьиийим оскуолаҕа үөрэнэр буолан, нууччалыы син билэр этим. Онон “кулаак” диэни “сутурук” дии саныырым. Аҕабар миигин “кулаак диэн ыыстыыллар” диэн үҥсэргиибин, онуоха “тукаам, эн улахан сутуруктааххын, ол иһин инньэ дииллэр” диир уонна төбөбүттэн имэрийэн баран “Кулаак диэн саамай үчүгэй киһи аата” диэн ымманыйбыта. Онон билиҥҥэ диэри “кулаак диэн киһи киэнэ аҕыс кырыылааҕа, тоҕус өргөстөөҕө” диэн өйдөбүллээхпин.

– Поповтарга олус элбэх аатырбыт кулубалар бааллар дии...

– Ньурбаҕа, сурукка киирбиттэринэн, Захар уонна Даниил диэн кулубалар бааллара. Ити мин быһаччы утумнаах өбүгэлэрим. Итиэннэ Сунтаарга эмиэ аатырбыт кулубалар – мин төрүттэрим. Ити туһунан миэхэ фольклорист, билим дуоктара Василий Васильевич Илларионов кэпсээн турардаах. Эбэм Сүлэҕэ аатырбыт Алексеевтар сис ыалларын кыыстара. Ахмед Дмитриев “Күөх Ньурба төрүттэрэ” диэн кинигэтигэр мин төрүттэрим тустарынан сиһилии сурулла сылдьарын ааҕан билбитим. Аҕам өттүнэн Захар дуу, Даниил дуу кыыһа Бүлүүчээҥҥэ аатырбыт Тэрэппиин Атыыһыт уолугар –Бандьыыт Павловка кэргэн тахса сылдьыбыт, киниттэн кыыстаах уол оҕоломмут. Кини уола Саха сиригэр киэҥник биллэр – Владимир Павлов (Сунтаар оскуолата кини аатын сүгэр). Бэйэм Ньурба кырыытыгар – Уһук Убайааҥҥа төрөөбүтүм, онно 7 кылааһы бүтэрбитим. Ол кэнниттэн аҕам Михаил Алексеев төрүттээбит оскуолатыгар – Үөһээ Бүлүүгэ физматоскуолаҕа илдьибитэ. Ити – 1969 сыллаахха. Улахан куонкуруһу ааспытым. Физиканы олус умсугутуулаахтык Василий Софронович Долгунов үөрэппитэ.

– Оҕо сылдьан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний?

– Аҕам, сэрии инбэлиитэ буолан, киһини өйдүөхпүттэн улаханнык ыарытыйар этэ. Ол иһин кинини эмтиир баҕаттан, хирург буолуохпун ыраланарым. Онтон аҕам Үөһээ Бүлүүгэ илдьибитигэр онно “культ науки” баһылыыра. Онон “хирурдаан” бүттэҕим дии. Кылааспытыгар 27 этибит, олортон 26-та учуонай буолуон баҕарара. Арай биир оҕо миниистир буолуон саныыра.

– Хайалара?

– Федя Тумусов. Кини “мин хайаан да миниистиргэ тиийэ үүнүөҕүм” диирэ. Федялыын Гоббс диэн бөлүһүөк үлэлэрин ааҕан баран, күнү быһа ону ырытыһан, мөккүһэн да биэрэрбит.

Биир уолбут – Александр Константинович Чиряев “уһулуччулаах учуутал буолуом” диирэ. Билигин чааһынай оскуолалаах. Иван Шамаев оскуолатыгар үлэлии сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйигэр Степан Кысылбаиков физика учууталынан олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Кини үөрэппит оҕолоро аан дойдуга аатыраллар.

– Аҕам сэрии кыттыылааҕа диэтиҥ...

– Аҕам Николай Иванович – төрүт Ньурба, Маалыкай Улахан Күөлэ. Ол Улахан Күөлгэ хос эһэм 1898 сыллаахха сири кэртэрэн, онно дьону аҕалан олохтообут. Элбэх сири оннук кэртэрэн туһаҕа таһаарбыт киһи. Дьиҥэ, төрүттэрим туһунан үгүс элбэх историческай чахчылары кэпсиэхпин сөп. Аҕам Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыта. Мин 24 саастаахпар, 1979 сыллаахха улаханнык ыарытыйан олохтон туораабыта.

– Ийэҥ?

– Ийэм Мэгэдьэк сириттэн сыдьааннаах. Угааппыйдар уонна Мээрикээннэр диэн халыҥ уустар кыыстара. Билигин ийэм Агафья Семеновна Угапьева 89 саастаах, улахан кыыһын кытары Новосибирскай куоракка олорор. Таҥара көмөтүнэн билигин да сэнэх, Сахатын сиригэр сылга иккитэ-үстэ субсидиялаах билиэти туһанан кэлэн барар, арай билигин хамсыктан сылтаан тохтоон олорор. Ордук сахатын аһын ахтар, оннооҕор “тар хааһы сиэбит киһи-ии” диэн этээччи.

– Бииргэ төрөөбүт хаскытый?

– Бэһиэбит. Икки улахан – кыргыттар, улахаммыт ыал буолан Новосибирскайга олохсуйбута ыраатта. Сааһын тухары технологтаабыта, сиэн бырааппытын үөрэттэрэ диэн, ийэбитин илдьэ барбыта уонна онно олохсуйан хаалбыттара. Иккис эдьиийим Маалыкайга олохсуйан олорор, муусука оскуолатыгар хореографияны биэрэр, култуура үтүөлээх үлэһитэ. Улахан быраатым – тутуу инженерэ, билигин Мииринэйгэ олорор, кыра бырааппыт Руслан милииссийэҕэ үлэлээбитэ, 45 сааһыгар эмискэ олохтон туораабыта.

– Ийэҥ Новосибирскайы сөбүлээн олорор дуу?

– Ордук дьонун-сэргэтин сөбүлүүр. Маҕаһыыҥҥа, ырыынакка, балыыһаҕа эҥин бардаҕына “апаа”, “баабыска” диэн сиэтэ сылдьаллар.

IMG 7383

Дьылҕа бэлэҕэ

– Мин саҕана физмат оскуолаҕа “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн бириинсип суоҕа. Барыбытын үрдүк үөрэхтээх, тэхиниичэскэй интэлигиэнсийэ оҥорорго дьулуспуттара. Мин Үөһээ Бүлүүгэ үөрэммиппин дьылҕам бэлэҕэ дии саныыбын. Убайааҥҥа оскуолаҕа олох үчүгэйдик үөрэммитим, оройуоннааҕы олимпиадаҕа физикаҕа, матымаатыкаҕа бастаабытым. Онтум элбэҕи тэппитэ. Кэлин, устудьуоннуу сылдьан, Киевкэ Бүтүн Сойуустааҕы сопромат олимпиадатыгар бастаабытым. Ол кэннэ миигин кафедраҕа бэлиэтии көрөн, билимҥэ барарбын түстээбиттэрэ.

Үөһээ Бүлүү интэринээтигэр бары биир дьиэ кэргэн курдук олус иллээхтик олорбуппут. Аадырыһын билигин да өйдүүбүн: Пионерская, 5. Мин үрдүбүнэн биир кылаас үөһээ үөрэммит Ньурба икки уола “Овод” диэн кэпсээни ааҕан баран, ким тулуурдааҕын быһаарсаары мөккүспүттэрэ. Томороон тымныыга тимир ороҥҥо бырастыына тэлгээн утуйдулар. Түүн үөһэ биирдэстэрэ туран, суорҕанын ылан, тэлгэнэн утуйбут, оттон Миисэ оннук аҥаардас бырастыынаҕа хонон турбут этэ.

34 саастаах декан

– Оскуола кэннэ Новосибирскайга тутуу институтугар – Сибстриҥҥэ үөрэммитим. Бочуот дуоскатыгар элбэх саха аата көмүс буукубанан суруллан турар. Институкка сахалары билинэллэр этэ, үрдүк таһымнаахтар диэн. Үһүс куурустан наукаҕа охтубутум, үөрэҕим кэннэ аспирантураны тута бүтэрэн, “Оптимальные проектирования конструкции” диэн тиэмэҕэ үлэ суруйан көмүскээбитим. Билигин ити сыыппара тутуута эҥин диэн киирдэ дии, ол бириинсибэ мин үлэбэр баар. Көмүскээн баран Сибстриҥҥэ миэхэ анаан кафедраҕа үлэ миэстэтэ арыйбыттара, онно хаалбытым. Саҥа үлэлээн эрдэхпинэ, аны декан солбуйааччытынан анаабыттара. Бэйэбиттэн ыйыппакка эрэ. Онтон 34 сааспар тутуу факультетын декана буолбутум. Ону эмиэ баартыйа быһаарбыта. Дьиҥэ, науканан иҥэн-тоҥон туран дьарыктаныахпын баҕарарым. Деканынан анаабыттарыгар “улахан салайааччы буолбуппун” дии саныырым. Билигин отуччалаах оҕону инньэ диэбэппин.

Деканныы сырыттахпына, Сойуус үрэллэн, наукаҕа сыһыан тосту уларыйбыта. Болҕомто отой суох буолбута. Ол иһин баҕа өттүбүнэн уурайбытым.

Аспиранныы сылдьан ыал буолбутум. Кэргэним оччолорго Сибстрин устудьуона этэ, Орёл уобалаһыттан сылдьар. Новосибирскайга тутуу тэрилтэлэригэр үлэлээбитэ. Икки кыыстаахпыт, биир сиэннээхпит.

Билимтэн – бэлиитикэҕэ

– Ханна барбыккыный?

– Оччолорго хамнас диэн сылы сылынан суох буолбута, кэргэним эмиэ сарбыллыыга барбыта. Дьоммун кыайан ииппэт буолбутум. Онуоха оҕо сааһым доҕоро, биир институкка үөрэммит атаһым Федот Тумусов “САПИга” бэйэтин солбуйааччытынан ыҥырбыта. Дьиҥэ, мин, наука, үрдүк үөрэх эрэ эйгэтин үчүгэйдик билэр буоллаҕым дии, ол иһин сыл устата сөбүлэммэккэ сылдьыбытым. Онтон кириисис олох сытыырхайбытыгар дьэ сөбүлэһэн, Саха сиригэр кэлбитим.

main

САПИ уонна Штыров

– САПИ ыһыллыыта 2001 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин талыы саҕана буолбута. Михаил Ефимович Федот Семёновичтыын олус үчүгэй сыһыаннаахтара, мэлдьи сүбэ-ама биэрээччи. Федот Семёнович Николаевы кытары быыбарга турунарга быһаарыммытыгар, ону сөбүлээбэккэ, арааһа, САПИны суох оҥорор үлэ барбыта. Оччолорго холуобунай сойуолаһыы эҥин диэн кирдээх ньыма суох этэ. Ол иһин Николаев САПИ үбүлээһинин тохтоппута. Михаил Николаев кэннэ былааска Вячеслав Штыров кэлбитэ.

1998 сыллаахха САПИ Комдрагметтан биир туонна кыһыл көмүһүнэн кирэдьиит ылбыта. САПИ бэрэсидьиэнэ – Тумусов, оттон Кэтиир сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Штыров этэ. Оччолорго кини – АЛРОСА бэрэсидьиэнэ, ити сэбиэккэ бэйэтэ баҕаран туран бэрэссэдээтэл буолбута. Дьиҥэ, оччолорго сыһыаннара үчүгэй курдук этэ. Онтон 1998 сыллаахха Федот Семёнович Кэтиир сэбиэккэ “харчы баар, онон иэспитин төлүөххэ” диэн этии киллэрэр. Ону Штыров соҕотох бэйэтэ быһааран “мин Михаил Ефимовичтыын кэпсэтиэм” диэн буолуммат. САПИ харчытын былдьыахтарыгар диэри Кэтиир сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн олорбут Штыров сөбүлэҥин биэрбэккэ, тэрилтэ моҥкурууттуор диэри саба баттаан олорбута. Кини сөбүлэҥэ суох ол быһаарыллыбат дьыала этэ. Билигин кэлэн санаатахпына, Штыров Тумусовка хос санаалаах эбит. “Кэлин бу САПИ эстиитин Тумусовка ыйыаҕым” диэн куоһур оҥостоору. Онтон өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ буолаат, Тумусовка холуобунай дьыаланы тэрийтэрбитэ. Сэбиэскэй кэннинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр бэлиитикэҕэ утарсар дьоҥҥо бу кирдээх ньыманы саҕалаабыт киһинэн Вячеслав Штыров буолар. Кини бэйэтинэн генеральнай борокуруорга киирэн “Тумууһабы хаайыҥ” диэн туруорсар. Мин билэрбинэн, Афанасий Максимовы сойуолаһалларыгар эмиэ Штыров туруорсубут этэ. Киниэхэ алын сыҥаах буолар биллэр киһи баара. Холуобунай сойуолаһыы бу икки бэрэсидьиэнтэн саҕаламмыта. Билигин САПИга сыһыаннаан, “туонналаах көмүс эҥин” диэн этэллэр дии, ити барыта – Штыров оҥоруута. Ону САПИга үлэлээбит дьон үчүгэйдик билэллэр...

– Бэлиитикэҕэ хайдах кэлбиккиний?

– Бэлиитикэҕэ сыһыана суох киһи буоллаҕым. Ол эрээри “если ты не занимаешься политикой, то политика займется тобой” диэн бэргэн этии баар. Бэлиитикэнэн дьарыктаныым эмиэ Штыровтан сылтаан саҕаламмыта. Оччолорго САПИ кэннэ Мииринэйгэ үлэлии барбытым. Алмаасчыттары кытары үлэлэһэргэ диэн ыыппыттара. Оттон САПИ сабыллыбытын кэннэ, Ленскэйтэн төрүттээх, Мииринэй баһылыга Анатолий Тарасович Попов бэйэтигэр солбуйааччынан ыҥырбыта. Тарасовичтыын араспаанньабыт эрэ биир, аймахтыы эҥин буолбатахпыт.

7a1ce55d 8843 4b8a b514 94cf0c9b4250

“Сахатытыынан дьарыктаныма!”

– Анатолий Тарасовичка үпкэ, экэниэмикэҕэ уонна инбэстииссийэ бэлиитикэтигэр солбуйааччынан үлэлии олорбутум. Ону Штыров миэхэ аһаҕастык “эн үлэлээбэккэ, Мииринэйгэ сахатытыынан дьарыктана олороҕун” диэн аһаҕастык, дьон истэн олордоҕуна эттэ. Ол аайы мин куттас буолбатахпын: “Вячеслав Анатольевич, мин сахалар титульнай нация быһыытынан, салалтаҕа да, бырамыысыланнаска да хайаан да баар буолуохтаахтар”, – диэн хоруйдаатым. Онуоха “кэлбит сиргэр – Новосибирскайгар – төттөрү бар” диэн үүрэн ыыппыта. Миигин эрэ буолуо дуо, үлэлии сылдьар 43 саханы барытын кыйдаабыта! Оннооҕор мэдиссиинэ билимин хандьыдаатын, Мииринэй кылаабынай бырааһын кытары. Аһара баран, олохтоох ырыынак дириэктэрин кытары уһултарбыта. Саха киһитин. Киһи да күлэр. Оройуон борокуруорун эмиэ. Хата, кинини уулуссаҕа буолбакка, Дьокуускайга көһөртөрбүтэ. Ол борокуруор, кырдьык, саха туһугар ыалдьар, дьиҥнээх патриот этэ. Штыров олохтоох дьону сойуолаһарын өйөөбөтүн иһин үүрдэрбитэ. Сыл буолан баран, норуот талан ылбыт киһитин – Василий Ефремовы – үүрдэрбитэ. Кинини миигин курдук үүрбэккэ, Хабаровскайга постпредствоҕа анаабыта. Миигин Штыров уһултарбытын кэннэ, Тумууһапка тиийбитим уонна балаһыанньаны кэпсээбитим. Ол кэннэ иккиэн Константин Ильковскайга “Якутскэнергоҕа” тиийбиппит, миигин үлэҕэ ыллараары.

Баҕар, мин оччо куһаҕан киһи буолуум. Ол эрээри чеченнэргэ, вайнахтарга “бастаан саҕалаабыт киһини – сокуон таһынан ыытарга” диэн сүрүн бириинсиптээхтэр. Оттон миэхэ бастаан Штыров саба түстэҕэ дии. Кини миигин өстөөҕүнэн ааҕара, ол иһин мин эмиэ көмүскэнэн, “сэриилэһэн” турдаҕым дии. Оччолорго СМИ нөҥүө бу киһи кимин көрдөрөр информационнай сэриини саҕалаабыппыт. Дьоҥҥо-сэргэҕэ “бу Штыров диэн ис дьиҥэ кимий?” диэн көрдөрөөрү. Онуоха үһүө буолан – Уххан, Иван Николаев (“Великий немой”) буолан киирсибиппит. Штыров ыйыытынан бу икки киһиэхэ холуобунай дьыала тэриллибитэ, оттон миэхэ илиитэ тиийбэтэҕэ. Уххан саайтыгар Штыров туһунан кырдьыгы булан суруйтаран таһаарарбыт.

Мин харахпар Штыров – чиэһинэйэ суох киһи. Кини өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун атыылааһынтан өлүүлэһэ олорбута. Мин ону кумааҕыга дакаастыыр кыаҕым суох, ол эрээри курдаттыы сэрэйэбин. АЛРОСА эбэтэр АЛРОСА-Ньурба аахсыйаларын чугастык алтыһар дьонугар ыһа-тоҕо бэлэхтэтэлээбитэ. АЛРОСА быһаарыллыбатах аахсыйаларын пуондатыттан Кэтиир сэбиэт быһаарыыта суох, бэйэтэ эрэ бачаачайдаан уҥа-хаҥас ыһаттаабыта. Ол уоруу буолбакка тугуй?

ac7904e0 adf6 407d ac05 e9ddea3e9d9b

Быыбарга сытыы киирсиилэр

– 2008 сыллаахха Ил Түмэн быыбара буолбута. Мин онно Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ үлэлээбитим. Онно 5 уокурук баар. Мин сыалым “Штыров биир да киһитэ ааһыа суохтаах” диэн этэ. Дьиҥэ, ону толору ситиспиппит. Удачнай-Айхал быыбардыыр уокуругар АЛРОСА экэниэмикэҕэ вице-бэрэсидьиэнэ Валентина Потрубейко турбута. Куолас хайытар хандьыдаата, Айхал баһылыгын сэкирэтээрэ Кристина диэн эдэркээн кыыһы туруорда. Оттон мин кинилэри утары биллэр албакаат Инга Рейтенбаҕы туруорабын. Оччолорго кини 27 эрэ саастааҕа. Киирсии саҕаланна. Түмүккэ Инга Рейтенбах кыайан таҕыста. Кини быыбар тиһэх боротокуолун түмүгү уларытыахтарын иннигэр кыл мүччү киирэн ылбыт этэ. Онно барыта көстө сылдьар буоллаҕа дии. Потрубейко АЛРОСА офиһыгар олорон, түмүгү истэн баран улаханнык истиэрикэлиир, баттаҕын үргэнэр, истиэнэҕэ төбөтүнэн охсуоланар... Оччотооҕу зампред Василий Грабцевич быыбары кэтии кэлбит этэ уонна Штыровка түмүгү дакылааттыыр. Штыров “хат ааҕыҥ” диэн бирикээстиир. Икки күн аахпыттара.

Мииринэйдээҕи типографияҕа сүүрэн тахсан саҥа бүлүтүөннэри бэчээттэтэ охсоот, Айхалга, Удачнайга илдьэллэр уонна урукку бүлүтүөннэри уларытан кэбиһэллэр. “Суобастара” сиэтэҕэ буолуо, сүүс бырыһыан гына уруһуйдаабакка, Потрубейко Рейтенбаҕы кыранан кыайбыт гына ойуулаабыттара.

Мииринэйдээҕи уокурукка эмиэ үс киһи киирсибитэ – Павел Третьяков (Профалмаз), ЗЭС тойоно уонна мин туруорбут хандьыдаатым – 26 саастаах албакаат Ольга диэн кыыс. Эдэр киһи, соччо билбэт да буоллар, сөбүлэспитэ. Ольга түмүгү ааҕалларыгар ЯкутНИИПРОМАЛМАЗ диэн олус уустук быыбардыыр учаастагар киирэн кэлэр. Онно Третьяков олорор эбит. Дьиҥинэн, Ольгабыт кыайан тахсыбыт буолар, ону кини көрөн турдаҕына, аһаҕастык, Штыров дьаһалынан боротокуоллары киртитэн, Третьяков кыайбытын курдук оҥорон таһаараллар! Ольга киниэхэ “дьаабыланан бүт, тохтот” диирин киһитэ туох да буолбатаҕын курдук туттан хаамыталыы сылдьыбыт. Онтон кыһыйан, Ольга Третьяков сирэйигэр силлиир... Третьяков сирэйин соттон баран “мин кыайдым” диэн күлэн ымаҥнаабыт... Сууттаһа сатаабыппыт да, кыайбатахпыт. Бэлиитикэҕэ итинник суолу утаран, бэйэм да билбэккэ, кыттарга күһэллибитим.

C8XKSnmXYAA wcx

Кыбартыыра манньалаах

– Оттон баһылыкка бараргар?

– Штыров Ильковскайы сойуолаһан үүрдэрбитэ. Кини оннугар Тарасов кэлбитэ. Мин киниэхэ туох да хом санаам суох. Кини хара маҥнайгыттан миигин кытары дьирээлэһэ барбатаҕа. Миигин ыҥыран баран: “Борис Николаевич, миэхэ эйигин туоратарга дьаһал баар. Мин эйигин билбэппин, эн – миигин. Ол иһин эн усулуобуйаҕар бу сэриини тохтотуохха”, – диир. Мин онуоха “кыбартыырата аҕал” диэбитим. Толорбута. Онон бүппүппүт.

Ол кэннэ 2012 сыллаахха Тумусов “Ньурбаҕа быыбарга тур” диэбитэ. Онно үһүө буолан киирсибиппит. Сергей Евсеев диэн улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ уонна кини куолас хайытааччыта – улуус баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы. Кини аҕытаассыйа эҥин диэни олох ыыппатаҕа. Арай административнай ресурсаны туһанарга эппиэттээх этэ. Ол да буоллар мин эрэллээхтик кыайбытым.

main og

Холуобунай дьыалаҕа эриллии

– Эн былаас туруорбут киһитэ буолбатах буоллаҕыҥ. Онон кэтэнэн-мананан сырыттаҕыҥ буолуо. Холуобунай дьыала тэрийэн уһулуохтара диэн сэрэхэдийэр этиҥ дуу?

– Суох. Егор Афанасьевиһы кытары Новосибирскайга устудьуоннуу сылдьыахпытыттан билсэбит. Онон миэхэ өс санаата суох диэн итэҕэйэрим. Дьыала маннык буолбута. Ньурбаттан биир киһи миэхэ ыйга биирдэ буолар-буолбат сиргэ сымыйа донуос суруйар эбит. 2016 сыллаахха Егор Борисов сотору барарын сэрэйэн, АЛРОСА-Ньурба 10 бырыһыаннаах аахсыйатын ылан хаалар санаа үөскээбит. Бу аахсыйа олус мөккүөрдээх этэ. Бэйэтин кэмигэр аахсыйаны тэрийэн таһаарааччылар Ньурба улууһугар буор босхо биэрбиттэрэ. Ол эрээри 2003 сыллаахха диэри легитимнэйэ суох олохтоох былаас уорганнара (оччотооҕу улуус дьаһалтата) өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун испииһэктээн МИЗОҕа ыыталлар. Ол кэннэ МИЗО бу баайы-дуолу дьаһайарга диэн, саҥа тэриллибит муниципальнай тэриллиилэргэ биэриэхтээх. Онуоха МИЗО ол реестртэн Ньурбаҕа 10 бырыһыаннаах аахсыйаны сотон баран, өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр биэрэр. Тоҕо эрэ биир бакыат аахсыйаны атыттарга үллэрбит этэ, оттон ньурбаларга ити бакыаты биэрэртэн батынан кэбиһэр. Инньэ гынан аахсыйа дьылҕата салгыҥҥа ыйанан хаалар.

Онтон Егор Афанасьевич Ил Түмэн нөҥүө ити аахсыйаны приватизациялата сатыыр. Ону аһаҕастык гыммат. Биир сиэссийэҕэ бүддьүөт сис кэмитиэтигэр (Александр Уаров салайар) уонна приватизация кэмитиэтигэр приватизацияланыахтаах баай-дуол испииһэгин бигэргэттэрэ сатыыллар. Хара маҥнайгыттан ол испииһэккэ АЛРОСА-Ньурба аахсыйата суох этэ. Онуоха сиэссийэ иннинээҕи күн киэһэтигэр Семён Олесов – приватизация кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ (билигин ааҕар-суоттуур палаатаҕа олорор), Уаровка тиийэн “бу докумуоҥҥа илиитэ баттаа” диэн угар. Ону Уаров көрбөккө эрэ баттаан кэбиһэр. Сарсыныгар сиэссийэ саҕаланыан иннинэ хамыыһыйа чилиэнэ Анатолий Антоновы ыҥыран манна “илиитэ баттаа” диир. Онуоха Антонов арыйан көрбүтэ сиэссийэҕэ көрүллүөхтээх докумуоҥҥа АЛРОСА-Ньурба аахсыйата хантан эрэ кыбыллан киирэ сылдьар эбит. Антонов соһуйан “эс, биһиги маны сиэссийэҕэ көрүө суохтаах этибит” диэн соһуйар. Уаров эмиэ ах барар, Олесов уган биэрбититтэн соһуйан эрэ хаалар. Онтубут сиэссийэ бэбиэскэтигэр номнуо киирдэҕэ дии. Ол иһин Уаров, Антонов уонна Юрий Николаев суһаллык дьокутааттары утары куоластыырга хайытан, ити приватизация боппуруоһун сиэссийэ көрүүтүгэр таһаарбакка тутан хаалаллар. Ону бырастыы гымматахтара, Антоновы элбэхтик сойуолаабыттара, Уаровы – бэйэҕит билэҕит.

Мин юристарбар Арбитражнай суукка бу приватизация боппуруоһунан дьарыктаналларыгар сорудахтаабытым, кинилэр суукка модьуйуу бэлэмнээбиттэрэ. Дьиҥэ, Арбитражнай суут уурааҕа тахсыар диэри ити аахсыйа отой тыытыллыа суохтаах этэ.

Миигин тутар күннэригэр, ол Арбитражка барыахтаах модьуйууну бэлэмнээн киллэрбиттэрэ, ону эбиэт кэннэ көрөн, илии баттаан баран суукка ыыттарыахтааҕым. Оннук кыаҕы бэрдэрбэтэхтэрэ. Номнуо 11 чааска миигин тутан илдьэ барбыттара. Оттон ол бэлэмнэммит сурук остуолбар хааллаҕа дии. Билигин ол ханна барбытын билбэппин. Уоппустаммыт аакка ол ханна да суох. Уорбуттара буолуо диэн сэрэйэбин.

Силиэстийэ, борокуратуура миигин дуоһунаспын аһара туһаныыга сымыйанан буруйдаары, суох сокуону суруйа-суруйа хаайа сатаабыттара. Ону мин суукка ырылхайдык дакаастаабытым.

Бастакы суукка биэнсийэҕэ бараары сылдьар судьуйа көрбүтэ. Кинини оччотооҕу Үрдүкү суут бэрэссэдээтэлин э.т., бэрэссэдээтэлгэ туруна сатаабыт Седалищев ыҥыран ылан “үчүгэйинэн биэнсийэҕэ тахсыаххын баҕардаххына, Поповка буруйдуур бириигэбэри таһаар” диэбит. Онтубут биир түгэҥҥэ эрэ миигин буруйдааҕынан аахпыта.

1366537

– СИЗОҕа төһө өр сыттыҥ этэй?

– Биэс ый.

– Албакааттарыҥ кимнээҕий?

– Бастакы албакааппын баартыйа булан биэрбитэ. Москубаттан Залина Смолягина диэн уонна кинини кытары Алексей Поскачин. Кинилэр мин кырдьыкпын буларга бастакы олугу уурбуттара. Смолягина доруобуйатын туругунан салгыы үлэлэспэтэҕэ. Ол кэннэ миэхэ олус таһымнаах Александр Матвеев үлэлэспитэ, онтон кини эпэрээссийэҕэ барбытыгар тиһэҕэр диэри Ольга Тимофеева көмүскээбиттэрэ. Мин албакааттарбар олус табылынным, кинилэргэ махталым муҥура суох.

– Хара маҥнайгыттан кыайыам дии саныырыҥ дуу?

– Биллэн турар. Кырдьыгым хаһан баҕарар тахсыа дии саныырым. Миигин тутан хаайыыны Ис дьыала миниистирин бастакы солбуйааччыта Константин Неустроев иилээн-саҕалаан ыыппыта. Салалта сорудаҕынан. Кинилэр Неустроевка, борокуруор солбуйааччыта Щербаковка, Следком салайааччыта Мезриҥҥэ уонна кини солбуйааччыта Кононюкка эрийбиттэр.

Миэхэ Күндээдэ оскуолатын уонна Ньурбаҕа стадион тутуутугар дуоһунаспын аһара туһаныыга уорбалааһынтан ураты, бэриги ылыыны эмиэ “тигэ” сатаабыттара. Мезриҥҥэ миэхэ дуоһунаспын аһара туһаныыга тэриллибит дьыалабын бигэргэтэригэр илии баттата биэрбиттэрин көрөн баран “туһата суох дьыала, сууллуоҕа” диэбит уонна харандааһынан кумааҕыга “булгуччу бэриги ылыыга эбэтэр күһэйиигэ дьыалата уруһуйдааҥ” диэн суруйбут. Ол кэннэ силиэдэбэтэллэр элбэх киһини миигин утары ускайдата сатаабыттара.

Ойуурдаах куобах охтубат

– Мин тутуллубуппун истэн, ньурбалар пикиэккэ тахсыбыттара. “Ньурбалар былдьаан ылыахтара” диэн куттанан, миигин түүннэри автозагынан күрэтэллэр. Хас улуус ахсын уларыта сылдьан атын-атын массыынаҕа угаллар. Хата, бүлүүлэр олус убаастаан, миигин бэйэлэрэ аһатан, балыыһаҕа илдьэн саахарбын кэмнээн эҥин бэрт үчүгэйдик сыһыаннаспыттара. Кинилэргэ махталым муҥура суох. Дьокуускайга көрсөллөрүгэр “аһаатыҥ дуо?” диэн ыйыппыттара уонна чайнойга аһаппыттара. СИЗОҕа кэлэрбин бары билэн олороллоро уонна элбэх туһалаах информацияны кистии-сабаа биэрбиттэрэ. Хаамыраҕа киллэрэллэригэр миигин номнуо эмиэ кэтэһэн олороллоро, түүн биир чааска астаах көрсүбүттэрэ.

– СИЗОҕа наркотикка уорбалаан олус элбэх ыччат хаайыллан сытарын сөхпүтүм. Биир хаамыраҕа Хабаровскайтан бастакы куурус устудьуоннара наркотикка эриллэн олороллоро. Кинилэр Владивостокка тиийэн, тугу эрэ ылан баран аҕалыахтаахтар эбит. Ол туһунан төлөпүөнүнэн быһаарбыттар. Сирэй көрсүбэккэ эрэ. Мин санаабар, итини уорганнар бэйэлэрэ ууран баран, ыстатыыстыкаларын көрдөрөөрү соруйан тэрийэллэр быһыылаах. Тоҕо эрэ ол сакаасчыт хаайыллыбат ээ...

Оччотооҕуга киһи быраабын боломуочунайа Алексей Ефимовка эмиэ махталым муҥура суох. Кини СИЗОҕа кэлэн барбытын кэннэ, миэхэ тоҕо эрэ вип-персонаҕа курдук сыһыаннаһан барбыттара. Кини кэлбитигэр биир хаамыраҕа хаайыллан олорор сорох ыччаттар табахтыылларын сөбүлээбэккэ үҥсүбүтүм. Ол кэннэ интэлигиэн, табахтаабат, үөрэхтээх дьону биир хаамыраҕа муспуттара.

– Кимнээх баалларай?

– Куорат мээрин солбуйааччы Егор Попов, биир эмиэ наркотикка уорбаланан сытар, сааһырбыт быраас уонна ити – Хабаровскайтан сылдьар бастакы куурус уола. Онон хаамырабыт салгына олох атын буола түспүтэ. Миэхэ уонна Егор Поповка кэлэр 30 кг ас киирэн, дьиэттэн итэҕэһэ суох аһаан олорбуппут.

Таарыйа эттэххэ, мин санаабар, Егор Попов буруйа суох. Киниттэн биллэр дьоҥҥо утары көрдөрүүтэ биэр диэбиттэрин батыммытын иһин хаайдылар дии саныыбын.

– Уопсайа хас суут мунньаҕа буолбутай?

– Уу-уу, ааҕан сиппэккин, арааһа, сүүсчэ буолуо. Дьыаланы бастаан тэрийэллэригэр 18 туомнаах этэ, билигин 32 туомнаах.

Мин саҥа баһылыктыырбар Ньурба оччотооҕу борокуруора миигин уонна биир табаарыһы дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырда. Оннук туһааннаах дьону кытары доҕордоһор идэлээх эбит. Ол ыалдьыттата ыҥыран баран миэхэ “сир учаастагын аҕал” диэн аһаҕастык эттэ. Мин, биллэн турар, батынным. Ол кэннэ үлэбэр кэлэ сылдьан баай-дуол сыһыаннаһыыларын хамыыһыйатын бэрэссэдэтээлэ истэн олордоҕуна “миэхэ бу учаастак наада” диэтэ. Онуоха бэрэссэдээтэл “эс, уопсай куонкуруһунан эрэ быһаарыллар” диэн мас-таас курдук этэн кэбиспитэ.

Онон ол борокуруор бэрт ыраас буолбатаҕа буолуо дии саныыбын. Дьэ, ол киһи миигин хаайаары өр тиниктэспитэ...

Дьыалабын ыыппыт силиэдэбэтэл “мин Ньурба мээрин хаайбытым, эйигин да хаайыам турдаҕа, онон эрдэттэн буруйгун билинэн кэбис” эҥин дэтэлии сылдьыбыттааҕа.

1553213429 otmenen prigovor eks glavy nyurbinskogo rayona 1553163189

Утары туруоруу

– Миэхэ бэриги ылыыга уорбалыылларыгар, силиэстийэ оскуола бэдэрээтчитин “тоһутар”. Ол киһи миигиттэн хайа эрэ кафеҕа бэриги ылбытын туһунан эппит аатырар. Онуоха сарсыҥҥы күнүгэр кэлэн “мин долгуйан хаалан, силиэдэбэтэлгэ атын киһиэхэ биэрбиппин Поповка диэн сыыһа эппитим” диэн суруйар. Онтон биир тутуу тэрилтэтин тэрийбит киһини “тоһутан” бараллар, кини миигин “тутууну кэрийэ сылдьан Попов “кыыспар дуу, ойохпор дуу массыына наада диэбитэ, ону мин Москубаҕа баар тойоммор эппиппин харчыны Поповка ыыппыт этэ” диэбит. Ол Москубатааҕы киһи “мин ханнык да Попову билбэппин, миэхэ ким да эрийбэтэҕэ, оччо биэрэ сатыыр харчым да суох” диэбит. Онон ити сымыйанан бэриги ылыыга оҥоро сатаабыттара сууллубута. Уопсайынан, олус элбэх киһини миигин утары туруораары “тоһута” сатаабыттар этэ.

– Эйигин утары барбыт дьону иэстэһэр санаалааххын дуу?

– “Орёл не охотится на мух” диэн баар. Онон олох наадыйбаппын.

– Бу уустук кэмнэргин дьонуҥ хайдах ылыммыттарай?

– Ийэм 89 саастаах, дьолго, мин кырдьыкпын буларбар – аттыбар баар. Миигин бииргэ төрөөбүттэрим, дьиэ кэргэним тута өйөөбүттэрэ, кинилэр хара маҥнайгыттан бу дьыала барыта оҥоһуу, сакаас буоларын итэҕэйэллэрэ.

– Бэлиитикэҕэ салгыы киирсэр былааннааххын дуо?

– Кэпсэтиибит иннигэр эн төрүттэрбин ыйыппытыҥ. Бары да кулаактаммыт, суох оҥоһуллубут дьон. Ол да буоллар бэриммэтэхтэрэ. Мин 65 саастаахпын. Оттон Путин салгыы өссө да үлэлиир баҕалааҕын истэн баран, “мин туох итэҕэстээхпиний?” дии санаабытым. Онон дойду бэрэсидьиэниттэн холобур ылан, бэлиитикэ хонуутуттан туора туруом суоҕа дии саныыбын.

– Эн бу сымыйа буруйдааһыҥҥа соһулла сылдьан, олоххор саамай сүрүн, ханнык биир түмүгү өйдөөтүҥ?

– Мин бу сыллар тухары, бачча сааспар кэлэн баран, биири дьэ чопчу өйдөөтүм: киһи суут-сокуон систиэмэтигэр кырдьыгын булара уустук, барыта атыыламмыт эбит. Силиэстийэ да, суут да хара маҥнайгыттан сиэрдээхтик барбат.

СИЗОҕа олордохпуна, эрэссидьибиистэр этэллэрэ “бэйэҕин көмүскэммэтэххинэ, эйигин ким да быыһаабат” диэн. Кырдьык, оннук.

Дмитрий ИВАНОВ сэһэргэстэ.

Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1070 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 111
Ыалдьыттар (гостей): 111
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024