Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Атырдьах ыйа » 31 » Аһымал аҕа ууһугар тирэнэн сайдыбыта
Аһымал аҕа ууһугар тирэнэн сайдыбыта
16:31
Тэрис суруйууларыттан
Аһымал аҕа ууһугар тирэнэн сайдыбыта

Былыр дьон аҕа ууһунан олорор этилэр. Сахалар нэһилиэгинэн олорор буолтарын да кэннэ аҕа ууһунан хайдыһыы баара. Аҕа ууһун тойоно чаччыына дэнэрэ. Онон аҕа ууһа дьаһалтанан-сиринэн-уотунан үллэрии төгүлүн быһыытынан биллэрэ.

Дьиҥэр, аҕа ууһунан олоруу нуучча кэлиэҕиттэн ыһыллан барбыта. Ону аҕа ууһугар тирэнэр тэрээһин уруккуну сөргүтэн өрөбөлүүссүйэ буолуор дылы кэлбитэ. Биһиги аҕа ууһун ааҕарбыгар сүрүн нэһилиэнньэни ахсааҥҥа ылабыт. Ол иһигэр киирбит атын аҕа уустарын эбэтэр атын сиртэн кэлбит быстахтары ол аҕа ууһугар киллэрэбит.

Сорох аҕа уустара ааты биэрбит аҕа ууһунааҕар ахсаан өттүнэн быдан элбэх буолаллар. Сороҕор сири ааттааһыҥҥа бастакы олорбут киһи суолталанар идэлээх. Кини аҕа ууһун үөскэппитэ-үөскэппэтэҕэ ахсааҥҥа ылыллыбат. Холобур, Чөркөөх төрдүнэн Чөркөөх эмээхсин олорбута биллэр. Онтон ити Чөркөөх сиригэр улахан аҕа ууһа олорбута ээ. Ону тоҕо эрэ ахтыбаттар.

Аҕа ууһунан көмөлөсүһүү сахаҕа олус улахан этэ. Эппиппит курдук аҕа ууһа балачча ыһыллан турара. Ол үрдүнэн көмөлөсүһүү күүстээх этэ. Итиннэ арааһа тыйыс дойдуга олорорбут сабыдыаллыыр быһыылаах. Онтон көмөлөсүһүү аһымал сайдыытыгар быһаччы оруоллааҕа. Саха дьоно чугас эрэ дьонугар көмөлөһө үөрэммит. Онтон ыраах дьоҥҥо соччо кыһаллыбат. Итиниэхэ аҕа ууһунан көмөлөсүһэ үөрэммиппит сабыдыаллыыр.

Аһымал буоллаҕына элбэх киһи ортотугар сайдар. Биһиги ити аһымалы сайыннарыахтаахпыт. Урут биир нэһиэлиэккэ икки-үс аҕа ууһуттан уон икки аҕа ууһугар диэри баара. Биир аҕа ууһугар ортотунан биир ойуун тиксэрэ. Кинини аһын-үөлүн аҕа ууһа хааччыйара. Онон нэһилиэккэ хас да ойуун баар буолара.

Маннык тутул сорох омуктарга билиҥҥэ дылы хатыланар. Холобур, тибеттарга билигин даҕаны аҕа ууһа хайаан да биир киһини манаахха ыытар. Кини аҕа ууһун сиэрин-силигин тутар. Сахаҕа баай-дуол 10 бырыһыана аһымалга барар. Ити быһа холоон этии буолар. Дьон биэрэр баайын чугас урууларыгар, уопсай кыһалҕаҕа ыытар. Ону таһынан ити этиллэрин курдук биир ойууну хааччыйара. Кини эмиэ аҕа ууһа сиэри-силиги тутан олороругар көмөлөһөрө. Билигин букатын атын дьаһаныы үөскээн эрэр.

Аны ойуун кэмэ ааста, ол оннугар дьөһүөллэр (жречество) үөскээн эрэллэр. Урут ойуунтан ойуун уһуйуллар буоллаҕына, аныгы дьөһүөл саха норуотун былыргытын анаан-минээн үөрэтэр. Кини аҕа ууһунан киһи буолбатах. Ким баҕарар буолуон сөп. Бэйэтин эрэ киһитигэр көмөлө үөрэммит киһи итини ыараханнык ылыныан сөп. Онтон сахаҕа барытыгар көмөлөһөр буолуу хайа эрэ өттүнэн аҕа ууһунан көмөлөһүү үгэһиттэн атыннаах. Хайа эрэ өттунэн элбэх аҕа ууһун кэрийэн олоҥхолуур киһини маарынныыр. Ону өбүгэлэр былыргы билиилэрин биэрэр киһи курдук көрөн улаханнык ытыктыыллара. Кини бэйэтин үлэтинэн дьоҥҥо көмөтө улахан буолар, ити курдук көрөн көрөн дьөһүөл үлэлиирин дьон эмиэ хааччыйыахтаах.   

Кыйдааһын салгыыта

Кый диэн үгэс сахаларга былыргыттан баар. Бу үгэс биир туһаайыылаах: киһи байбыт буоллаҕына, ол байбытыгар айылҕаҕа сиэртибэ биэриэхтээх диэн. Төһө эрэ сүөһүнү төннөн кэлбэт гына айылҕаҕа ыыталлар. Биһиги ааҕан көрөрбүтүнэн сүөһү 10 гыммыт биирин ыыталлар.

Былыр саха баайа сүөһү буолара. Ол аата баайын 10 гыммыт биирин сиэртибэ биэрэрэ. Бу үгүс омуктарга баар аһымал ахсааныгар сөп түбэһэр.

Биһиги билигин ааҕан көрөрбүтүнэн, көмө баай-дуол үксэ урууларга барар. Ону таһынан уопсастыабаннай дьыала диэн эмиэ сайдар. Уларыта тутуу кэмигэр «үтүө дьыала» диэн хамсааһын тэнийбитэ. Ити саха аһымалын туһанар хайысхалааҕа. Ону былаас туһана сатаабыта. Онтон билигин балыһыанньа уларыйда. Норуот бэйэтин бэйэтэ харыстанар боппуруоһа инники таҕыста. Онон нэһилиэк иһинэн саатар биир киһини дьөһүөлүнэн тутар сорук турда. Кини сиэри-майгыны тутуо. Оччоҕо быдан бэрээдэктээх буолуохпут. Күүспүтүн харыстыахпыт. Биһиги элбэх омугу батыһыахпытын баҕарабыт. Онтон кинилэргэ итинник бэрээдэк олохсуйан турар.

Үөрэххэ ситиһии төрдө тугуй? Үөрэххэ ситиһиилэнэргэ бэрээдэктээх, сиэрдээх буолуу көмөлөр. Онон итини ордук толорутук итэҕэл эрэ биэрэр.

Сэбиэскэй олох толору туоһулуур: үөрэхтэннибит, ону кытта сыл аайы бэрээдэкпит мөлтүү турар. Ол аата биир өттүн сайыннараарыбыт, атын өттүн мөлтөтөбүт. Билиҥҥи кэмҥэ улам сайдыы кэлимсэ буолар ирдэбилэ түрар. Киһи бииринэн сиэрдээх буолар үгэһи билиэхтээх, ити билиитигэр олоҕуран үөрэҕи батыһыахтаах. Мантан атын суол суох.

Аһымал көрүҥэ

Дьэ билигин дьиҥнээх аһымалга тохтуоҕуҥ. Былыргы кый диэн үгэһи көрөн саха аһымал атын биэриилэрдиин холбоһон 10 бырыһыаҥҥа тиийэр диэбиппит. Итиннэ атын дьоҥҥо көмөлөһүүнү, кэрэх туруорууну, итэҕэли бөҕөргөтөргө ыытыыны барытын киллэрэбит.

Онон аһымал диэни киэҥник өйдүүбүт. Саха билигин да аһымала элбэх. Урууларга-аймахтарга көмөлөһүү, уопсай кыһалҕаларга ыытыы, итэҕэлгэ ыытыы. Биһиги аһымал диэни кыччатан итэҕэлгэ эрэ баайы-дуолу ыытыыны өйдүүбүт. Ол 10 бырыһыаны да кыайыа суоҕа. Быдан кыра. Ол гынан баран ити сабыдыала кырата суох.

Итэҕэл диэн сайдыы таһымыттан өрө барыахтаах. Ону баара сорохтор дьон өйүн-санаатын былыргы олоххо төннөрө сатыыллар. Холобур, биһиги сиэли уматыыны кэпсээбиппит. Ити үтүөнү ылыы үйэлээх үгэһэ буолар. Онтон киһини сиэли уматыыны өйдүүрүн туһугар былыргы олоххо төннөрүү сатаммат. Кини билиҥҥи таһымтан сиэли уматыыны суолталыахтаах.

Онон итэҕэли ыытар дьон араас буолаллар. Онно кинилэри араарарга биир эрэ мэктиэ баар. Син биир былыргы тыл туттуллар: «Билэртэн ыйыт» диэн. Билиҥҥи кэмҥэ ким былыргы билии үөскэтинньигэр тиийэр, ол үөскэтинньиккэ тирэнэн итэҕэли сайыннарар, ол күүстээх.

Онон итэҕэл дьыалатыгар, биллэн турар, бигэ эрэбил наада. Дьэ, ити кэнниттэн аһымал боппуруоһа кэлэр. Билиилэри ылар киһини кытта сибээс олохтонуохтаах. Кини уратыта диэн элбэх киһи билиитин биэрэр. Ити өттүнэн кимтэн да ордук. Көннөрү киһи бэйэтин дьыалатын билиэ. Онтон олох туһунан билиитэ син биир кыра буолуо. Ол иһин оҕотун дьөһүөлгэ тиэрдиэхтээх. Инньэ гынан бэйэтинээҕэр өйдөнөр. Оччоҕо оҕото кини билиитинээҕэр киэҥ билиини ылар. Ити салгыы олороругар кыах биэрэр.

Онтон инньэ гыммат киһи оҕону бэйэтин билэринэн эрэ хааччахтыыр. Кини салгыы олороругар кыра кыаҕы биэрэр.

Дьөһүөлү бэлмнээһин боппуруоһа көрүллүөхтээх Холобур, кытайга 20-чэ сыл үөрэммит киһи итэҕэл тиэмэтинэн саҥарыахтаах. Онтон Индияҕа киһи итэҕэл туһунан саҥарар туһугар туругар элбэх сыл үөрэниэхтээх. Былыргы маяларга дьөһүөл хас да сыл икки таһымнаах оскуоланы ааһыахтаах. Онтон саха итэҕэлигэр ураты балыһыанньа үөскээн турар. Билиги ойуун оскуолата диэн суох. Итэҕэлбит саҥа сөргүйэр. Ити кэмҥэ куолуһуттар балаһыанньа ылаллар. Онно аныгы экстросенсорика үөрэҕэ холбоһор. Кинилэр үөрэммэххэ да куосумастан өссө дириҥ билиини ылыахха сөп дииллэр. Итиннэ тирэнэн олох билиитэ суох дьон итэҕэлгэ идэлээхпин дии саныыллар. Бу турук улахан буортуну оҥорор.

Манна олоҕуран дьөһүөлэргэ сыһыан олохтонуохтаах: кини дьиҥнээх дьөһүөл дуу, сымыйа дьөһүөл дуу? Онно билиитигэр улахан болҕомто ууруллуохтаах. Кини билиини ыларыгар ньымата ордук чорботуллуохтаах.   Ити курдук бигэ мэктиэгэ олоҕуран аһымал бэриллиэхтээх.

Дьөһүөллэр өбүгэлэр билиилэрин илдьэ сылдьаллар. Элбэх көлүөнэ олох олорбут уоппутун билэллэр. Кинилэр билэллэр эрэ буолбатах. Ол билиини өссө чочуйан, тупсаран иһэллэр. Киһи аһымал биэрэн ити хамсааһыны өйүүр. Ол аата кини аһымала бэйэтигэр эрэ ананар буолбатах, киһиэхэ барытыгар ананар. Мантан ордук үйэлээх дьыала суох.

Норуот сиэрдээх, бэрээдэктээх буолуон баҕарар буоллаҕына, бэйэтин сиэрин-майгытын сайыннарыахтаах. Ол туһугар сыратын, күүһүн ыытыахтаах. Биһиэхэ ити өттүгэр сөптөөх устуруктуура баар. Ону өйөөһүн эрэ ирдэнэр.

Аһымал кэмэ

Биһиги быһа холоон аһымал кээмэйэ 10 бырыһыаҥҥа тиийэр диибит. Мусульман дойдуларыгар сыл аайы баай дьон баайдарын түөрт уон гыммыт биирин итэҕэлгэ биэрэллэр.  Биһиэхэ аһымал кээмэйэ эмиэ итиннэ чугаһыан сөп.

Билигин аһымал кэмэ диэн икки кэми араарабыт:
-Кулун тутар.
-Сэтинньи ый.
Бу ыйга аһымалга диэн харчы бэриллэр. Атын да бэриллиэн сөп. Ити барыта үгэһи сайыннарага аналлаах. Биһиги тугу эмэ ситиспит буоллахпытына ити ситиһиибит үгэспит буолар.  Бу тыйыс дойдуга хайдах тыыннах олорор ньыманы биһиги эрэ
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 691 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024