Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2020 » Сэтинньи » 3 » МОНГОЛИЯҔА COVID-19 ЫАЛДЬАН, КИМ ДА ОЛОХТОН ТУОРААБАТАХ
МОНГОЛИЯҔА COVID-19 ЫАЛДЬАН, КИМ ДА ОЛОХТОН ТУОРААБАТАХ
19:39

МОНГОЛИЯҔА COVID-19 ЫАЛДЬАН, КИМ ДА ОЛОХТОН ТУОРААБАТАХ

Сегодня, 20:25 Издание: «ulusMedia»

Монголияҕа пандемия саҕаланыаҕыттан 349 эрэ киһи COVID-19 ыалдьыбыт, онтон 313-һэ үтүөрбүт, ким даҕаны олохтон туораабатах. Оттон аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх Сахабыт сиригэр күн бүгүн сэтинньи 2 күнүгэр 13851 киһи ыалдьыбыт, онтон 134 киһи тыына быстыбыт. Хамсык тарҕаныытыгар уонна дьон анараа дойдуга барыытыгар Монголия уонна Саха сирэ туох уратылааҕый?


Монголия истиэбигэр 3,2 мөл. киһи олорор, оттон Сахабыт сиригэр олорор дьон ахсаана биир да мөлүйүөнү кыайбат. Иммунитет тастан киирэр вирустары, бактериялары, араас эттиктэри суох оҥорор. Холобур, сорох ыалга кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ эрэ COVID-19 ыалдьар, биир дьиэҕэ олорон ийэлэрэ эбэтэр аҕалара хамсыкка сутуллубат, анаалыстара барыта үчүгэй, оҕолоро эмиэ доруобайдар. Маны хайдах быһаарыахха сөбүй? Күүстээх иммунитеттаах дьон бу ыарыыга бэриммэттэр.

Арктикатааҕы агротехнологическай университет наукаҕа уонна инновацияҕа проректора Константин Кривошапкин Саха сирэ уонна Монголия туох уратылааҕын тэҥнээн көрбүт. Итиэннэ хамсык дьаҥын кэмигэр киһи хайдах аһаан иммунитетын бөҕөргөтүөн сөбүн туһунан бэйэтин санаатын үллэстибит.

Иммунитет аспытыттан тутулуктаах

Константин Константинович иммунитет туруга аһыыр аспытыттан улахан тутулуктааҕын бэлиэтиир.

Монголияҕа 70 мөлүйүөн ынах-сылгы уонна хой туталлар. Оттон Сахабыт сиригэр 237 000 ынах-сүөһү, 249 000 сылгы уонна 159 000 таба, уопсайа 645 000 төбө баар эбит. Монголлар бэйэлэрин эттэрин, үрүҥ астарын хото аһаан олорор буолан, хамсыкка улаханнык бэриммэтэхтэр.

Ол иһин биһиги төрөөбүт дойдубут иҥэмтэлээх аһылыгын аһаан, уубутун ханар курдук утуйан, истириэскэ киирэн биэрбэккэ иммунитеппытын күүһүрдүөх тустаахпыт. Доруобай буолуу төрдө – ыраас уу, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыы, сөбүгэр хамсаныы, чөл олоҕу тутуһуу. Мин санаабар, иммунитет үөскүүрүгэр битэмииннэр уонна микроэлэмиэннэр улахан тутулуктаахтар“, – диэн этэр.

Эти сиикэйдии сиэхтээхпит

С битэмиин улахан антиоксидант лейкоцит үөскээһинигэр чопчу суолталаах. Сахалартан бастакы биологическай наука доктора, химическай наука кандидата Алексей Егоров Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Дьокуускай куоракка пиибэ собуотун оннугар кыраадыһа суох битэмииннээх утаҕы оҥорор салааны тэрийэн, элбэх киһини быыһаабыт үтүө өҥөлөөх.

Кини онно Сахабыт сиригэр үүнэр эмтээх оттору, отоннору туһанар этэ. С битэмиин оҕуруот аһыгар, ойуур отонугар уонна сиикэй эккэ баар. Оргуттахха, С битэмиин үрэллэн хаалар, онон оҕуруот аһын сиикэйдии, барыанньаны буһарбакка сиир наадатын тоһоҕолоон этэр. Константин Контанстинович Сахабыт сиригэр -45С тоҥмут эт инфекцията суох буолар диэн быһаарар. Онон убаһа этин, тоҥ балыгы, быары кыралаан сии сылдьар туһалаах.

Барыанньаны буһарыа суохтаахпыт

Биһиги үүнээйилэрбититтэн С битэмиин моонньоҕоҥҥо, хаптаҕаска, дөлүһүөҥҥэ, морошкаҕа баар. Битэмиинин сүтэрбэтин туһугар барыанньаны оргутуо суохтаахпыт, саахары кытта ньыһыйан сиир ордук. Дөлүһүөн ситиэн иннинэ битэмиинэ элбэх.

Дьэдьэн аһа буолбакка, сэбирдэҕэ битэмииннээх эбит. Болгарскай биэрэскэ, цитрусовай фрукталарга лимоҥҥа, апельсиҥҥа С битэмиин эмиэ үгүөрү.

Иммунитеты бөҕөргөтөргө Д битэмиин суолталаах. Сайын күн чаҕылыччы тыгар кэмигэр киһи тириитигэр бу битэмиин үөскүүр. Кыһын тиийбэт, ол иһин аспытыгар балык сыата, муора балыга, треска, хотугу балыктартан чыыр, муксуун, быраҥаатта, күндүөбэй баар буолуохтаах“, – диир кини.

Кылгас кэмҥэ харайыллар бэйэ бородууксуйата ордук

Ульяна Лебедева, ХИФУ нэһилиэнньэ доруобуйатын чинчийэр институтун Аска-үөлгэ киинин салайааччыта:

Иммунитеты күүһүрдүү сөптөөх доруобай аһы аһааһынтан олус тутулуктаах. Ол иһин хас биирдии киһи хайдах сөпкө аһаан, доруобуйатын бөҕөргөтөрүн туһунан билиэхтээх, ону тутуһуохтаах. Аспыт иҥэмтэлээх, доруобай, ону таһынан, белок (эт-балык), углевод (туораахтаах, бурдук ас), сыа-арыы, оҕуруот аһын өттүттэн барыта баар буолуохтаах. Хас биирдии киһи сууккаҕа аһыахтаах рациона кини сааһыттан, дьарыгыттан, үлэтин ноҕоруускатыттан, төһө элбэх калорийы ороскуоттууруттан улахан тутулуктаах. Холобур, биэнсийэҕэ олорор кырдьаҕас киһи уонна эти-хааны эрчийэр спортсмен, ыарахан хара үлэҕэ сылдьар оробуочай аска, эниэргийэҕэ наадыйыылара тус-туһунан.

Сүрүн аһы аһааһын сууккаҕа үстэ буолуохтаах. Итиннэ эбии 2-3 эмиэ аһыахха сөп. Ол эбэтэр сарсыарда иккитэ, эбиэт кэннэ полдник, киэһэ кыратык иккис аһааһын эмиэ баар буолуон син. Ону сорох эдэр дьон сарсыарда өртүгэр олох да аһаабакка сылдьаллар, дьиэҕэ олорон үлэлиир дьон тута сылдьан туох түбэһэринэн аһыыллар. Бу эмиэ сыыһа. Билигин пандемия кэмигэр дьон дьиэҕэ олорон хамсаммакка эрэ аһаан тахсар. Көмпүүтэр иннигэр олорор киһи ол киирбит калорийын сатаан ороскуоттаабат, ол иһин аспыт мунньуллан сыа буолан хаалан иһэр. Онон аһы нуорманы тутуһан, сөптүк аһыахха наада.

Иммунитетын бөҕөргөтөр киһи аҥаардас этинэн-балыгынан олороро эмиэ табыллыбат. Эт-үүт, оҕуруот, бурдук аһа, арааһыттан кыра-кыралаан күннээҕи рациоҥҥа киириэхтээх. Кылгас кэмҥэ харайыллар болдьохтоох бэйэ бородууксуйатын атыылаһар ордук. Өр кэмҥэ харайыллар ас буортуйбатын туһугар араас консервант эбэллэр. Онон, аспыт төһөнөн сибиэһэй, натуральнай оччонон организмҥа, иммунитекка туһалаах буолар. Ону тэҥинэн, сүрүн аһылык тиийбэт буоллаҕына, эбии битэмииннэри, үчүгэй БАД-тары эбиэххэ сөп сүрүн рациоҥҥа.

Түмүк санаа

Доруобуйа харыстабылыгар сыһыана суох боростуой дьону кытта кэпсэтэн көрдөххө, эдэр өттө ас битэмиинигэр, иҥэмтэлээҕэр болҕомто уурбатын, маҕаһыыҥҥа туох ас баарын атыылаһан сиирин туһунан этэр. Аҕа саастаах көлүөнэ аска талымаһын, эт-балык төһө сибиэһэйин, хантан кэлбитин токкоолоһорун, дьиэ кэргэнин битэмииннээх аһынан хааччыйарга оҕуруот аһыттан араас кыһыҥҥы салааттары астыылларын, моонньоҕону, сугуну сибиэһэйдии тоҥорон сииллэрин туһунан бэлиэтиир. Ыал ийэлэрэ Сахабыт сиригэр үүнэр эмтээх оту, лабыктаны, бэс туорааҕын, дөлүһүөн уутун оргутан иһэллэрин туһунан кэпсииллэр.

Хас биирдии омук тус-туһунан геннээх, ыарыыны утары охсуһар күүстээх. Монгол аймахтарбыт хамсык ыарыыга баччааҥҥа диэри бэриммэккэ, дьоннорун сүтэрбэккэ олороллоро кэрэхсэбиллээх. Чыҥыс Хаан саҕаттан хотугу Кытайы, Орто Азияны, Кавказ, Илиҥҥи Европа дойдуларын сэриилээн ылбыт улуу омук сыдьааннарын геннэрэ күүстээх буолуохтаах. Ону Кытайы кытта кэккэлэһэ сытар Монголияҕа эпидемия өрө турбатаҕа, баччааҥҥа диэри хамсык биир да киһи олоҕун илдьэ барбатаҕа туоһулуур.

Марианна Тыртыкова
Хаартыска aif.by, v-yakutia.ru

Category: здоровье | Views: 2559 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2020  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024