Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Кулун тутар » 26 » Үөрэх. 1. Айыы өйдөбүлэ—үөрэх./*Саха төрөөбүт күнүн туһунан*
Үөрэх. 1. Айыы өйдөбүлэ—үөрэх./*Саха төрөөбүт күнүн туһунан*
14:59
Тэрис.
Үөрэх.
1. Айыы өйдөбүлэ—үөрэх.
 
Уһуйууну аас.
Тэрис.
Айыы суола.
Якутск: Ситим, 1993, С.118.


Билэр киһи
Миэхэ суолбун арыйар.
Куулаттарыыбын таһаарар.
Туймаада саҥата.
23.11.00, С. 21.

Үөрэн:
-Үөрэҕи тутус.
-Эрчилиилээх буол.
-Ааҕар-суоттуур буол.
Айыы сиэрэ.
Якутск: 2001, С.8.

Үөрэх диэн
Куулаттарыыны салайыы,
Идэ диэки туһаайыы
Ааттанар.
Үөрэх үөрүйэхтэр
Түмүллүбүттэриттэн үөскүүр.
Киһи түмүллүбүт сүрүн
Үөрүйэхтэр устун ыытар.
Онон үөрэҕи
Баһылыыр кыахтанар.
Ити курдук кини
Тугу эрэ сатыырга үөрэнэр.
Ол туһугар
Сатыырга эрчиллэр.
Өйүн-санаатын
Этин-сиинин сыһыарар.
Маннык дьоҕур
Ийэ кукка
Төрүкү баар.
Тэрис.
Айыы суола.
Якутск: Бичик, 2006, с. 99.

Барҕа алгыстара

Үөрэх Суорун,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Сүлгүр!

Мэлдьи үөрэнииим,
Мэлдьи эрчиллиим.

Ыраахтан төрүттэниим,
Дириҥтэн силистэниим.

Этилиим эттин,
Үөтүллүүм үөттүн.

Дьүһүйбүттэрин курдук
Дьүһүйүүм,
Үһүйбүттэрин курдук
Үһүйүүм.

Эппиттэрин хатылаан
Этэн иһиим,
Саҥарбыттарын хатылаан
Санаран иһиим.

Үөрэҕи
Өйбөр түһэриим,
Билиини
Испэр иҥэриим.

Куулаттарыым суоллланнын,
Айар илбиһим аарыктаннын.

Утумнаан удумаҕалыым,
Ситимнээн өйдүүм.

Үөрэҕи баһылаан
Күүстэниим!

Дом!

Афанасьев-Тэрис Л.А.
Барҕа алгыстара.
Якутск: Бичик, 2006, с. 43-44.

Үөрэнии

Куулаттарыы тахсар биир сүрүн суола үөрэнии буолар. Киһи барыта үөрэнэр. Айылҕа сокуоннарын эрэ билэр буолбатах. Киһи киһиэхэ сыһыанын эмиэ билэр. Ол иһин киһиэхэ үөрэх туһалаах. Үөрэммит киһи син төһө эрэ киһилии майгылаах буолар. Куулаттарыытын үөрэх устун ыытар киһи элбэҕи ситиһэр. Онтон сорох киһи куулаттарыытын ханнык эрэ быстах суолга ыытар. Онно тардан илдьээччилэр эмиэ бааллар. Холобур, арыгыһыттар, уоруйахтар, наркамааннар, араас буруйу оҥорооччулар. Кинилэр үөрэхтэрин киһи ылар диэн атын кэмнэ сөптөөх суолу булбатах. Куулаттара сылдьар киһиэхэ суол эрэ наада. Ол суол ханна тиэрдэригэр болҕомто ууруллубат. Онно бириэмэ суох.
Тэрис.
63 өйдөбүл.
Якутск: Якутский край, 2010, С.38.

Үөрэнии туһунан улахан лиэксийэ:
-Үөрэнии.
-Үөрэх наадата.
-Киһи билиини үөрэнэн ылар.
-Куосумастан ылбат.
-Сатыыр.
-Үлэлиир.
-Олох туһунан билиини итэҕэл биэрэр.
-Үлэҕэ билиини үөрэх биэрэр.
-Кырдьаҕаһы иһит.
-Билэр киһиттэн ыйыт.
-Билии наарданыыта.
-Билэ үөрэнии.

Үөрэнии туһунан

1. Анамнесис.

Анамнесис—киһи анараа дойдуга ылыллыбытын хат өйдөөн көрүүтүн туһунан Платон үөрэҕэ.
Новейший Философский словарь.
Минск: В.М. Скакун, 1998, С.26.

Билиҥҥи көрүү быһыытынан, киһи этигэр-сиинигэр билиҥин аан дойду сабыдыала баар. Ол гынан баран киһи билиитин билии сайдан иһэрэ быһаарар. Бу икки санааны утарар кыаллыбат. Бииринэн, киһи кырдьык сабыдыалы ылар. Бактыарыйа эмиэ ылар. Ол гынан баран тугу бары билэр буолан хаалбаппыт. Билиҥҥи билии таһыттан тутулуктаахпыт. Билиигэ билии төрүкү баара суолталаах буолбатах, билиини хат өйдөөһун суолталаах.

2. Гносис.

Гносис—киһи билиини ылан иһиитэ.
Новейший Философский словарь.
Минск: В. М. Скакун, 1998, С.172.

Биһиги билии улаатан иһэрин уонна киһи ону ыларын итэҕэйбит. Ол иһин оскуола баар. Үнүстүтүүттэр, үнүбэриситиэттэр бааллар. Киһи билиини айылҕаттан ылар буолбатах. Билиини үөрэнэн ылар. Тутуһар тылбыт «Аныгы үөрэҕи баһылаа» - диэн Өксөкүлээх Өлөксөй тыла буолар.

3. Баттах.

Биир киһи кинилэрэри ааҕа-ааҕаҕыт билэбит диигин, онтон мин билиини куосумастан баттахпынан ылабын диэбитэ. Кини аныгы итэҕэл туһунан туох да төрдө суох кинигэлэри ааҕа-ааҕа куолулуура биллэрэ.

Итини сүрэҕэ суох буолуу улахан көрүҥэ диибит. Үөрэммэт диэн таах сылдьыыны кытта тэҥнэр. Онтон үөрэнии—эрэй. Туох да эрэйэ суох кэлбэт.

4. Үөрэнии.

Үөрэнэртэн ордук чэпчэки суох. Киһи билиини ыларыгар элбэх  сыыс-буор баар. Үөрэҕинэн дьарыктанар дьон оннук чорбохтору быраҕан үөрэнэр гына судургутун хааллараллар. Ити курдук үөрэҕи түргэнник биэрэр ньыма сайдар. Ону ылан киһи сатыыр буолар. Ону бэйэтин уоппутунан ситэ сатыырыгар олоҕо да барыаҕа. Онон үөрэнэртэн ордук чэпчэки суох. Норуокка  этэллэр: «Билэр киһиттэн ыйыт».

5. Икки үөрэх.

Билигин үөрэх икки көрүҥнэннэ. Бастакы үөрэх сокуона буолар. Кини суолтата диэн билиини биэрэр. Ону таһынан итэҕэл баар. Бу үөрэх киһини хайдах олорорго үөрэтэр. Иккиэн суолталаахтар.

Урут сэбиэскэй уопсастыбаҕа билии бэриллэрэ, онтон итэҕэл суох этэ. Онон дьон олорор ньыманы билбэттэрэ. Ол билигин көстө турар. Буруйу оҥоруу таһыма олус улахан. Билигин дьэ итэҕэлгэлгэ суолта ууруллан эрэр.

6. Билэр киһиттэн ыйыт.

Сахаҕа «кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьар сүбэлэт» диэн өс хоһооно баар. Кини чуолаан олох олорор туһунан сүбэлиир. Ол аата итэҕэл оруолун толорор.

Маны таһынан «Билэр киһиттэн ыйыт» диэн өс хоһооно баар. Бу этии чуопчу билиигэ сибээстээх. Ити билиҥҥи оскуолаҕа сыһыаннаах.

Балар иккиэн наадалар. Оччоҕо киһи киһи буолар.

6. Кэпсээ.

Саха дорооболоһор тыла «Кэпсээ» диэн. Ити син быһаарыллар. Саха киһитэ олоҕун эрдэттэн бэлэмниир туһугар киэҥ эйгэттэн билиини ылыахтаах. Дьыл-күн хайдах уларыйан иһэрий, ханнык ыарыы тарҕанан эрэрий, ханнык дьаһаллар таҕыстылар? Онон киһи уруккуттан көмпүүтэр курдуга.

Билигин интерниэт көмөтүнэн билии кэнээн иһэр. Ити саха уопсай дьулууругар сөп түбэһэрэ.

Тэрис суруйууларыттан.
Саха төрөөбүт күнэ

*Саха төрөөбүт күнүн туһунан*
 
Саас кэлэр күнүн саха төрөөбүт күнэ диэн ааттыыбыт. Саас саҕаланар күнүн туһунан ханна да эппэтэхтэр. Сайын уонна кыһын саҕаланыыта биллэр. Саас уонна күһүн саҕаланыыта суох. Биһиги ол иһин саас саҕаланарын бэйэбит толкуйдаабыппыт. Саас саҕаланар күнүнэн сааскы күн туруутун—сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр күнүн—ол аата кулун тутар 21 күнүн ылбыппыт. Дьэ, ити күн улахан алгыс оҥоһуллар.
 
Биһиэхэ үксүгэр нуучча сирин орто балаһатын үтүктүү баар. Күн-дьыл билгэтэ да оннук тахсар. Араадьыйа, тэлэбиисэр, хаһыат да оннук суруйар. Дьиҥэр, биһиэхэ барыта хойутаан буолар.
 
Саас кэлиитин бэлиэтэ маннык:
-Күн тахсыыта.
-Көҕөн күөҕэ түһүүтэ.
-Дьэргэлгэн оонньооһуна.
-Ириэрии.
-Тураах кэлиитэ.
-Сайыы тахсыыта.
-Талах бүөрдэниитэ.
-Эҕир-дьаҕал былыттар көстүүлэрэ.
-Туруйа кэлиитэ.
-Бастакы кус кэлиитэ.
-Үрэх чарылааһына.
-Ырбыы тахсыыта.
-Хобурдааһын.
-Хара сир буолуута.
Мантан бастакы кэм күн тахсыытыгар сөп түбэһэр. Чуолаан ити күнү кулун тутар 21 күнэ диибит.

Саха төрөөбүт күнэ.
 
1.
Сылаас уонна тымныы Охсуһар кэмигэр,
Сырдык уонна хараҥа Харсар кэмигэр,
Үтүө уонна мөкү Күрэстэһэр күннэригэр,
Айыы уонна абааһы Алтыһар күннэригэр,
Кубулҕаттаах кулун тутар ый 21 күнүгэр,
Саха төрөөбүт Кэмигэр,
Олоҥхо оллохсуйбутТүгэнигэр,
Санныбыт ирэр Саҕыгар,
Сандал саас саҕаланна диэн, Күн көтөҕүллэр кэмэ
Күрэйдэ диэн Айыы киһитэ Айыллыбытын туһунан,
Күн киһитэ Көстүбүтүн туһунан,
Өбүгэлэрбит Үһүйбүттэрин курдук Үһүйэр күммүт үүннэ.
Дьэ, ол туһугар Бастакы ырыабытынТардан кэбиһиэҕиҥ.
           Дьээ-буо!
          Дьээ-буо!
          Дьээ-буо!
 
2.                
Дьээ, Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы дьоно,
Көхсүттэн көнтөстөөх Күн дьоно,
Икки тэргэн Кулгааххытынан истэн,
Оройгутунан өйдөөн Туруҥ,
 
Айыы сирин Анааран көрүөҕүҥ,
Күн сирин Өйдөөн көрүөҕүҥ,
Эҕэрдэлээх Илин диэки хайыһан
Алгыстаах айыыларбыт Айыллан
Үөскээбит кэмнэрин Өбүгэлэрбит хайдах эппиттэринэн Үһүйэн көрүөҕүҥ.
 
Аан бастаан Үүт-аас бэйэккэлээх
Үкээр куйаас тыынннаах Үрүҥ Айыы Тойон Баар буолбут.
Ол кэмҥэ Кини курдук Ким да суоҕа үһү.
Айыы суола диэни Арыйбыт,
Күн Суола диэни Көрдөрбүт.
       -Кырдьык-
Тохсус халлаан анныгар Ахсыс халлааны үөскэппит,
Бу халлааҥҥа Ыйааҕы анааччы
Чыҥыс Хаан, Оҥорууну оҥорооччу
Одун Хаан Олохсуйбуттар.
          -Кырдьык-
Ахсыс халлаан анныгар Сэттис халлааны үөскэппит,
Бу халлааҥҥа Дьылҕаһыт Дьылҕа Хаан,
Таҥхаһыт Таҥха Хаан, Билгэһит Билгэ Хаан Олохсуйбуттар.
          -Кырдьык-
Сэттис халлаан анныгар Алтыс халлаан үөскээбит,
Бу халлааҥҥа Дьиҥи килбэтээччи,
Кырдьыгы харыстааччы, Сөбү көмүскээччи,
Аан Дьааһын олохсуйбут.
                    -Кырдьык-
Алтыс халлаан Анныгар, Бэһис халлаан үөскээбит,
Бу халлааҥҥа Идэни биэрээччи, Дьоҕуру арыйааччы,
Улуу Суорун Олохсуйбут.
          -Кырдьык-
Бэһис халлаан Анныгар төрдүс халлаан үөскээбит.
Бу халлааҥҥа Түмсууну төрүттээччи, Тэрээһини ситэрээччи
Хотой Айыы Олохсуйбут.
           -Кырдьык-
Төрдүс халлаан анныгар Үһүс халлаан олохсуйбут.
Манна хайаастыбаны тутааччы, Дьиэни тэнитээччи,
Хотону уһатааччы Дьөһөгөй Тойон Олохсуйбут.
            -Кырдьык-
Үһүс халлаан анныгар Иккис халлаан олохсуйбут.
Манна Үүнүүнү төрүттээччи, Быйаҥы түһэрээччи
Иэйэхсит Хотун Олорор.
            -Кырдьык--
Иккис халлаан анныгар Бастакы халлаан олохсуйбут
Манна Ыалы олохтооччу, Төрүүрү төрүттээччи
Айыыһыт Хотун Олорор.
          -Кырдьык-
Үүт-таас олбохтоох Үкээр куйаас тыыннаах ҮрүҥАйыы Тойон
Дьээ-буо диэн эппит. Ити эппитэ
Дьээ-буо ырыа буолан Дьиэрэйэн түспүт.
Ити кини дьээ-буо ыратыттан Аҕыс иилээх-аҕалаах, Алта киспэлээх,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн бэйэккэлээх Аан ийэ дойдубут Айыллан хаалбыт.
     -Кырдьык-
Ити дьээ-буо ырыатыттан Айыы киһитин Аҕа кута айыллыбыт,
Күн киһитин Ийэ кута үөскээбит.
Чэ, ол туһугар Иккис төгүл
Дьээ-буо ырыаны Дьиэрэччи ыллаан кэбиһиэҕиҥ,
       Дьээ-буо!
       Дьээ-буо!
       Дьээ-буо!
 
3.
Дьээ,
Айыы тоҕус Халлаана айыллыбыт кэннэ
Айыы дойдуттан арахсан Онус дойду оҥоһуллубут,
Ону Орто Дойду диэн Ааттаан кэбиспиттэр.
Орто Дойдуну Ол үйэ саҕаттан Ойуулаан кэбиспиттэр.
Ойоҕолоон сүүрэр ыйдаах, Охтон бараммат мастаах,
Уолан бүппэт уулаах, Уостан сүппэт уйгулаах,
Орто туруу Дьаҕыл дойду, Диэбиттэр.
          -Кырдьык-
Дьэ, аны Орто дойду туһунан, Кэпсиир кэммит Кэллэ,
Туойар болдьохпут Туолла.
          -Кырдьык-
Үүт-аас бэйэкэлээх, Үкээр куйаас тыыннаах,
Үүт-таас олбохтоох, Үрүҥ Айыы Тойон
Дьээ-буо диэн ырыата Орто дойдуга киирэн Орто дойду ырыата буолбут,
         -Кырдьык-
Бу аан дойдуга От-мас сүрэ, Кыыл-сүөл сүрэ,
Айыы киһитин Кута-сүрэ барыта
Айыы тохсус халлааныгар Айыллар эбиттэр.
Оччолорго атын халлааннар Ончу суохтара үһү.
       -Кырдьык-
Үүт-аас бэйэккэлээх, Үкээр куйаас тыыннаах,
Үүт-таас олбохтоох Үрүҥ Айыы Тойон Үрүҥ тыынын түһэрэн
Орто дойдуну Ойуулаабыт,
Күн сирин Көҕөрдүбүт.
         -Кырдьык-
Дьээ,
Үрүҥ Айыы Тойон, Үрүҥ тыынын кытары
От-мас сүрэ, Айыы суолун устун,
Орто дойдуга киирэн От-мас буолан, Торолуйбут,
Хамныыр-харамай кута Айыы Суолун устун
Орто дойдуга киирэн Кыыл-сүөл буолан Үөскээбит.
          -Кырдьык-
Бу Орто дойду Дьолун харыстаатыннар,
Айыы дьонун Араҥаччылаатыннар диэн, Аан Алахчын хотун
Бэйэтин оҕолорун  Иччи оҥортоон  Орто дойдуга киллэрбит.
          -Кырдьык-
Үрүҥ Айыы Тойон Үрүҥ тыынын кытары
Айыы киһитин Ийэ кута эмиэ Орто дойдуга киирэн
Айыы киһитэ буолан, Орто дойду Баһылыга  буолан Олохсуйбут.
          -Кырдьык-
Аан бастаан Айыы дьоно Бу орто дойдуну Буулаабыт абааһылары Үүрбүттэр,
Ньургун Боотур Атын айыы Бухатыырдарын кытта
Абааһы аймаҕын самнаран Аллараа дойдуга утаарбыттар.
                    -Кырдьык-
Ол кэнниттэн Айыы дьонун
Отут биэс бииһин ууһа, Орто дойду Былаһын тухары Тарҕаан
Омук-омук буолан Олохсуйан испит.
              -Кырдьык-
Саха дьоно Сүөһүлэрин үүрэн, Баайдарын-дуолларын тиэйэн,
Үүт-өрүс устун түһэн Киэҥ Туймаада Хочотугар
Саргылаах Сахсары Кытылыгар Олохсуйбуттар.
          -Кырдьык-
Бу кэмҥэ Сору сототунан солоон,
Эрэйи эҥэринэн тэлэн Эр Соҕотох Эллэй Боотур Тиийэн кэлбит.
Саха дойдутун  Саргытын олохтуур Ыһыах ыспыт.
          -Кырдьык-
Ити курдук Үрүҥ Айыы Тойон Дьээ-буо ырыата
Дьоллоох Туймаада Хочотугар дьиэрэйэн
Саха сирин Саргыта буолбут.
                -Кырдьык-
4
Дьээ, Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар
Үүт өрүспүт иччитэ Илэ-чахчы кэлэн Эҕэрдэ эппит
          -Кырдьык-
Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар  Соҕуруу ытык Хайаҕа
Дьөһөгөй Тойон Илэ чахчы түһэн Сылгы сүөһүнэн алҕаабыт.
          -Кырдьык-
Эллэй Боотур, Ыһыах ыспытыгар  Хотугу Ытык Хайаҕа
Ынахсыт Хотун Илэ-чахчы түһэн Ынах сүөһүнэн тускуллаабыта.
         -Кырдьык-
Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар Чочур Мырааҥҥа олорор Туймаада иччитэ,
Илэ-чахчы кэлэн Урааҥхай сахаҕа Уруйун биэрбит.
          -Кырдьык-
Ити курдук Саха дьоно Бу Туймаада хочотугар
Тойон сэргэлэрин Томточчу   Туруоран, Дойду төрдө оҥостубуттар.
          -Кырдьык-
Туймаадаттан саҕалаан Эҕэрдэлээх илин эҥээр
Диэн үөскээбит. Бу эҥээр аартыга Илиҥҥи улуустарга
Тиийэн баран Дьааҥы суола буолан Тыраадыйбыт,
Индигиир, Халыма Суола буолан Эҥээрдэммит,
          -Кырдьык-
Туймаадаттан Саҕалаан, Соргулаах соҕуруу Аартык диэн үөскээбит,
Бу аартык Эркээнинэн эргийэн, Өлүөхүмэнэн төгүрүйэн,
Киэҥ Арассыыйаҕа, Тиийэ тыраадыйбыт,
          -Кырдьык-
Туймаадаттан  саҕалаан, Алгыстаах арҕаа Аартык диэн үөскээбит,
Бу аартык Үс Бүлүүнү кэрийэн, Эдьигээнинэн эргийэн,
Өлөөнүнэн өксөйөн Таймыырга тиийэ Тайаабыт.
          -Кырдьык-
Туймадаттан саҕалаан Хоһоонноох Хотугу аартык Диэн үөскээбит,
Бу аартык Эҥсиэлинэн эргийэн, Кэбээйигэ тиийэ кэрийбит,
Булуҥҥа тиийэн муҥутаабыт.
          -Кырдьык-
Дьэ,ити курдук, Саха дьоно
Уруу-тараа буолан, Тымыр-сыдьаан Тарҕанан,
Хоту-соҕуруу көһөн, Илин-арҕаа баран, Айыы бэрээдэгин олохтоон,
Саха дьаһалын тэнитэн, Үс саха буолан, Төрүттэнэн испиттэр,
          -Кырдьык-
Бүгүн биһиги Төрүт сирдэрбит Аайыттан түмүллэн,
Ийэбит –аҕабыт Утумуттан туттарыллан,
Аһыныгас санаалаах, Айыы дьоно буоларбытын Билэн,
Көмүскэс санаалаах Күн дьоно буоларбытын Өйдөөн,
Алампа убайбыт, Эппитин курдук
Айыыларбытын санаан Мустан турабыт.
          -Кырдьык-
Бүгүн биһиги Киһи буолан Килэйэн кэлбит,
Саха буолан Сандааран кэлбит,
Суолбутун көрдүбүт. Бу кэнники күлүкпүт Кистэлэҥин арыйдыбыт,
Хас биирбит, Сүрэҕэр баар, Кутугар-сүрүгэр сылдьары кэпсээтибит.
          -Кырдьык-
Дьэ, аны Инники күлүкпүтүн, Кэлэр кэскилбитин, Үөскүүр өнөрбүтүн
Көрөр кэммит кэллэ. Онон кэлэр кэскилбит
Туһугар Бүгүн Ыллаан кэбиһиэҕиҥ.
Төрүт сирбит Төлкөтө диэн Төрдүс ырыаны Төрүттээн кэбиһиэҕиҥ.
            Дьээ-буо!
            Дьээ-буо!
            Дьээ-буо!
 
5.
Дьээ, Биһиги дьээ буолбут, Инники күлүкпүтүн  Үөскэтэр.
Өйбүт-санаабыт Үс үйэ ыччаттарбытын Кытта,
Үөтүллэн сырыттын, Биэс үйэ кэскилбитин Кытта, Этиллэн сырыттын
Үүнэр  өнөрбүт Тимэх курдук, Тэнийэ турдун,
Быстаҕы Өксөкүлээх Өлөксөй Эппитин курдук
Кыайан истиннэр, Кырдьыгы кылбыта турдуннар,
Дьиҥи килбэтэ Сырыттыннар, Сөбү тутуһар Буоллуннар.
          -Кырдьык-
Биһиги ыччаттарбыт, Эллэй эһэлэрин Кэс тылын Энчирэппэттиннэр,
Арҕастарыттан тэһииннэрин Араарбатыннар,
Көхсүлэриттэн Көнтөстөрүн Төлөрүппэтиннэр.
Айыы Үөрэҕин салҕаан, Айыы Суолун тутуһан,
Айыы дьоно буолан, Айан-тутан истиннэр.
          -Кырдьык-
Биһиги ыччаттарбыт Айыллан тахсыбыт Сахтарын умнубатыннар,
Аналларын ыһыктыбатыннар,
Күн сирин көҕөрдөн, Айыы сирин алгыстаан,
Тимэх тиийбэт гына Тэнийэ турдуннар.
             -Кырдьык-
Кэнчээри ыччаттарбыт Кэскил суолун булбакка Кэнийиигэ сылдьыбатыннар,
Үүнэр өнөрдөрбүт Үтүө суолу булбакка Үтүөх-батаах буолбатыннар,
Аныгы ыччаттарбыт Айар суолу булбакка Атарах-сатарах сылдьыбатыннар,
          -Кырдьык!-
Ол туһугар Үйэлэр тухары оспот
Үтүө өйбүтүнэн Өйөбүл буолуоҕуҥ,
Кэмҥэ-кэрдиигэ Хаайтарбыт,
Кэскиллээх тылбытынан Эркин буолуоҕуҥ.
          -Кырдьык-
Олоҥхолорбутугар Олохсуйбут
Уһун санааны Оҕолорбутугар иҥэриэҕиҥ,
Алгыспытыгар этиллибит Айыы санааны Ыччаттарбытыгар туттарыаҕыҥ.
          -Кырдьык-
Эллэй эһэбит Ыһыах аһан Айыы Суолун тутуһуҥ диэбит,
Ытык тылын Харахпыт харатын, Курдук харыстыаҕыҥ.
             -Кырдьык-
Дьээ, Үҥэр таҥаралаах, Үҥсэр сууттаах,
Үс куттаах Үтүө мааны Саха дьоно
Буоларбытын Өһүллүбэт гына Өйдүөҕүҥ.
           Дьээ-буо!
          Дьээ-буо!
          Дьээ-буо!
  
6.
Дьээ, Үүт-аас бэйэкэлээх, Үкээр куйаас тыыннаах,
Үүт-таас олбохтоох, Үрүҥ Айыы Тойон,
Дьээ буо диэбитин Биһиги салҕаан Иһиэхтээхпит.
          -Кырдьык-
Бүгүн биһиги Кэнники күлүкпүтүн көрөн
Киһи буолбут Кистэлэҥмитин Биллибит,
Инники күлүкпүтүн көрөн Кэлэр кэскилбитин Көрүҥнээтибит,
Аны бүгүҥҥү Орто күлүкпүтүн Көрүөҕүҥ.
              - Кырдьык-
Биири биэс гын, Биэһи биэс уон гын
Диэн алгыс Үөскүөҕүттэн Биэс ахсаан Үүнэри-үөскүүрү
Көрдөрөр ытык, Тыл буолбута.
Дьэ, онон Биһиги бүгүн Олох туймуутун  Тутан олорор
Дьон быһыытынан, Кэскиллээх санаабытын, Кэтирэтэрин,
Тускуллаах санаабыт Туругурдун. Үйэттэн үйэҕэ диэри  Оннук буоллун.
          -Кырдьык-
Дьэ, бу тылбытын Ааспыт үйэбитин Кытта
Арахсыбат ситимнээтибит, Инники күлүкпүтүн Кытта,
Баайан кэбистибит, Тыал буолан Сүппэт гына дьаһанныбыт,
Бэйэбитин Кытта сылдьыахпыт.
          -Кырдьык-
Күн Өрөгөйө үүннэ,
Күн көҕө Түстэ.
          -Кырдьык-
Тот салгын түстэ, Дьэргэлгэн оонньоото,
Саймаархай салгыннаах Саас саҕаланна, Харахпыт сырдаата.
          -Кырдьык-
Бу сылаас уонна тымныы Охсуһар кэмигэр,
Сырдык уонна хараҥа Харсар кэмигэр,
Үтүө уонна мөкү Үтүрүйсэр түгэнигэр,
Айыы уонна абааһы Алтыһар кирбиитигэр,
Кубулҕаттаах Кулун тутар ыйга
Саха сылгыны кытта Бииргэ ини-бии буолан Төрөөбүт күнүгэр,
Эппит тылбыт Экчи туоллун,
Сырдыгы кытта Сырдык буоллун,
Сылааһы кытта Сылаас буоллун. Күөх от тэлгэннин.
          -Күөгэл-нусхал
          -Нарын-наскыл
          -Кулум-мичил
          -Уруй-туску
          -Айхал!
 
Алгыска бастакытынан 9 айыылар хайдах айыллан олохсуйбуттара кэпсэнэр. Онтон саха олуга ити алгыһы ылан баран хайдах тарҕанан Саха эйгэтин үөскэппитэ этиллэр. Онтон үһүс бас ыччаттарга ананар. Ыччаттар үгэһи батыһан суоллаах-иистээх сылдьыахтаахтар.
 
Үтүөлээх үгэс диэн элбэх үйэни холбуур. Киһи кинини толору кыайан билбэт. Ол гынан баран батыһыахтаах. Үтүөлээх үгэс ол иһин баар. Төһө да кыайан билбэтэҕиҥ иһин батыһан эн ити үгэһи салгыыгын. Онно бэйэҥ тугу билбиккин холбуугун. Ону саҥа ыччаттар батыһаллар. Ити курдук элбэх киһини холубуур муударас үөскүүр. Ону биирдэм киһи барытын ситэри син биир өйдөөбөт. Ол гынан баран батыһан ити үгэстэргэ сылдьар муудараһы олоҕор туһанар. Уонна салгыы ыччаттар батыһан иһэллэрин хааччыйар.
 
Чуолаан итиннэ болҕомто уураллар.


 
Саһыл сыһыыттан саҕаламмыт, Күн хайатыттан көҕүллэммит,
Саха сирин аһатааччы, Урааҥхай сирин уһатааччы,
Үс үөстээх, Үлэр сүүрүктээх Өлүөнэ эбэм,
Байылыат!
Байылыат!
Байылыат!

Сылгы сүөһү төрдө Соҕуруу Ытык Хайа
Толору кымыстаах Чорооҥҥун көтөх, Тэһииҥҥин Тутан олор,
Көнтөскүн Көрөн олор.
Байылыат!
Байылыат!
Байылыат!

Өркөнү Өрө көтөҕөөччү, Сүргэни Өрө тутааччы,
Туймаада хотун Оройо, Саха сирин Дьогдьойор сала.
Байылыат!
Байылыат!
Байылыат!

Ынах сүөһү төрдө Хотугу Ытык Хайа Баһыҥ быатын Ыһыктыма,
Томторуккун Төлөрүтүмэ. Үүт үлүннүн, Иэдьигэй элбээтин.
Байылыат!
Байылыат!
Байылыат!

Күн харахтаах, Ый иэдэстээх, Чэчир ойуута Кэдьиҥэлээх,
Алаас ото ойуулаах Саҕынньахтаах Күннээх Күөрээйи Хотун,
Бэттэх көрөн Мичик гын.
Айылыат!
Айылыат!
Айылыат!

Сылаас тыал Дьайыҥнаах, Ойуу хатыҥҥа Олохтоох,
От быыһыгар Обугунаспыт Ойуу-Бичик уолаттардаах,
Сэбирдэх быыһыгар Сибигинэспит Эрэкэ-дьэрэкэ кыргыттардаах
Дьөһүөл тойон Бэттэх көрөн Мичик гын.
Айылыат!
Айылыат!
Айылыат!

Ытык дабатар Ыллыктаах, Айыыларга тахсар Аартыктаах,
Тоҕус мэҥэһик Долгуннаах, Аҕыс мэҥэһик Бааллаах
Ытык күөлүм Иччитэ, Бэттэх-бэттэх буол.
Байылыат!
Байылыат!
Байылыат!

Үрүҥ күөлгэ Олохтоох, Сир-дойду устун Иһэгэйи ыспыт,
Алаастар устун Түү мээчиктэри Төкүнүппүт
Тойон Нохсол оҕонньор, Ньидьир Баай эмээхсин Буолан,
Бэттэх көрөн Мичик гыныҥ.
Айылыат!
Айылыат!
Айылыат!

Үс саханы үөскэппит, Түөрт саханы төрүттээбит,
Эллэй эһэбит саҕаттан Эҕэрэлэммит, Омоҕой эһэбит саҕаттан Уруйдаммыт,
Дыгын эһэбит саҕаттан Тускулламмыт
Ытык күөлбүт иччитэ Сахсары Хотун,
Үс былас суһуоххун Нэлэтэн Бэттэх көрөн Мичик гын,
Сыалыһар быара буолан Сылаанньый. Үүс киис кыыл тириитин кэтэн Мөлбөй.
Айылыат!
Айылыат!
Айылыат!
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 751 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024