Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Кулун тутар » 26 » Олоҥхоһут И.Г. Теплоухов-Тимофеев олоҕун сэһэнэ
Олоҥхоһут И.Г. Теплоухов-Тимофеев олоҕун сэһэнэ
16:03
Корякин П.И.Национальнай архыып докумуоннары туһаныыга отделын начальнига
Олоҥхоһут И.Г. Теплоухов-Тимофеев олоҕун сэһэнэ

Быйыл биһи, төрүт ийэ-олоҥхоһуппут Иннокентий Гурьевич Теплоухов-Тимофеев төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиибит. Бүгүн, кини олоҕун сэһэнин туһунан, Дьокуускайдааҕы Норуот Айымньытын Дьиэтин фольклорга методиһа – Петр Никифорович Попов-Хайахсыытскай 1950-с ссылларга суруйбутуттан билсиһиннэриэхпитин баҕарабыт. Бу докумуон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар харалла сыталлар. Тиэкстэ хайдах баарынан, орфографиятын уонна стилистикатын уларыппакка бэриллэр.

МИН ОЛОҔУМ СЭҺЭНЭ

Уһатан-кэҥэтэн үксү сэһэргиир суох. Мин олоҕум сэһэнэ бэрт кылгас. Саха уобалаһыгар, Боотурусскай улууһугар, Хайахсыт нэһилиэгэр 1869-70 сыллар диэки төрөөбүт эбиппин. Хадаар нэһилиэгэр Уорҕа таҥаратын дьиэтигэр сүрэхтэппиттэр. Сүрэхтээбит аҕам Никифор Александров сүрэхтээбит ийэм Матрена Николаевна Александрова, төрөөбүт аҕам Теплоухов Гурий Тимофеевич ийэм Хадаар нэһилиэккэ үөскээбит Мария Платоновна диэн эбиттэр. Кинилэр мин кэннэ Параскевья дяэн кыыстаахтарын бэйэлэрин нэһилиэктэрин киһитигэр Кузьмин Дмитрий Платонович-Тэккэллэ диэҥҥэ эргэ биэрбиттэр. Мин аҕам Тайҕанан атыыһыттарга хамнаска сылдьан айаҕын ииттибит киһи эбит. Мин бэйэм буоллаҕына эмиэ аҕам курдук улаатаат үлэҕэ-хамнаска киирэн айахпын ииттибитим. Дэлэйэн киэҥник сылдьыбатаҕым Амма, Мэҥэ, Боотурускай улуустарыттан, якутскай куораттан атын сирдэри билбэппин. Ыал буолан олорбутум устатыгар сэттэ уол, биэс кыыс оҕоломмуппутуттан билигин биир да тыыннаах хаалбата, кинилэртэн үгүстэрэ улааппыттара киһи суотугар киирэ-киирэ өлөн испиттэрэ. Кинилэри барыларын мин көпмүтүм. Оҕомоҕоҕлорун икки оҕону уҥуох туппутум. Эмээхсиммин көмпүтүм алта сыл буолла. Аймахтарым диэн абаҕам уолун уола Тимофеев афанасий Васильевич баар. Киниттэн атын чугас аймах суох. Мин былаас уларыйыытыгар, гражданскай сэрии буолуутугар туох да кыттыыны ылбатаҕым оҕолорбун кыайан ииппэккэ ол мөхсүүтүгэр сылдьыбыт киһибин.
Мин бэрт кыра сааспыттан абаҕам Ырыа Мииккэ (Теплоухов Дмитрий Тимофеевич) уонна күтүөтүм Кузьмин дмитрий Платонович Тэкэллэ ырыаларын, олоҥхолорун батыһан биһирээн туран истибитим эппэр-хааммар иҥэрбитим. Кинилэр олоҥхолорун ырыаларын үгүстүк бэйэм-бэйэбэр үтүктэрим. Саамай бастаан уон үс саастаахпар абаҕам Ырыа Мииккэ уола Степаҥҥа «Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру» олоҥхолоон иһитиннэрбитим. Оттон элбэх дьон истиитигэр марҕааннаах толорууну уон түөрт саастаахпар толорбутум. Ол кэпсээнэ маннык: Илья Максимов диэн киһи уруутугар абаҕам Ырыа Мииккэ, күтүөтүм Тэкэллэ бардылар. Мин барыстым. Кийиит үрүҥ көмүс симэхтээх аты миинэн, иккис үрүҥ көмүс симэхтээх аты көтөллөнөн кэлэн сэргэҕэ түстэ. Энньэтэ 39 сылгы, ынах сүөһү. Ас-үөл дэлэй, үтүө үөрүү буолла. Мин оҕолору кыттахарах симииккэ буола срыттахпына абаҕам ыҥыттарар диэн тутан иттилэр.
-Чэ, кэнчээрим, кэрэмэһим, оҕом урдуһум, тоҕус үйэ тухары олоҥхоһут удьуорбутун түһэн биэримэ, бу урууга олоҥхолоон иһитиннэр – диэтэ абаҕам уонна күтүөппүт Тэкэллэ олоҥхолуох буолан ыҥырыллан кэлэн бастакы остуолга аһааһыҥҥа олоҥхо арыгытын иһэн баран, күнүскү кымньыы чэйгэ кинини ас астааччылар арадьаас буолан ыҥыран чэйдэппэтэхтэриттэн кыыһыран олоҥхолообокко дьиэтигэр барбытын ол тэҥэ олоҥхо арыгытын босхо аһыыр сатамматын, онон мин олоҥхолоон иһитиннэрдэхпинэ сатаныахтааҕын эргитэн элбэҕи сэһэргээтэ. Биһиги күтүөппүт улаханнык биллибит биһирэммит, мин хаһан да истибэтэх уһуктаах үчүгэй куоластаах олоҥхоһут этэ. Мин ону эргитэ санаан толлугастаан буолуммакка мунньаннаан көрдүм. Ону абаҕам олох сабыы биэрбэтэ.
- Бу саҥа олоҥхоһут чиэһигэр туруоруллар арыгы биирдии үрүүмкэнэн кутан хас киһиэхэ тиийэринэн кутан биэриҥ – диэн үс иһит арыгыны – бу олоҥхоһукка бэйэтигэр – диэн биир иһит арыгыны Илья Максимов остулга уурда. Арыгыны үллэрэн истилэр, мин тэҥнэһиэм дуо, «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхобун саҕалаатым. Сааскы күҥҥэ киэһээ күн киириэҕиттэн ыла сассыарда күн тахсыар диэри олоҥхолоотум. Санаабар ити олоҥхону 100-чэкэ киһи уруу дьоно иһиттэ. Дьэ мин ити курдук олоҥхоһут буолан барбытым.
Мин саамай үгүстүк истибит олоҥхоһуттарым-ырыаһыттарым абаҕам Ырыа Мииккэ, күтүөтүм Тэкэллэ Миитирэй этилэр. Күнээн сылдьан ахсааныгар 40-ча олоҥхону олоҥхолуур буолбутум. Олортон билигин ааттарын да өйдөөбөт буола умнуталаатым. Олортон үгүстүк олоҥхолообутум буолуо: Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру, Сылгы уола Дьырай Бэргэни, эриэн таба аттаах Эҥэлэй Баатыры, Иккилээх эмньик кулун атаах Эриэдэл Мэргэни, Тойон Чөлүүт Бухатыыры, Үрүдь Уоланы, Кылааннаах өргөстөөх Кыыс Ньургуну уо.д.а. Итилэртэн саамай үгүстүк олоҥхолообут, быһатын эттэххэ үтэ гыммыт олоҥхом «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» этэ. Бу олоҥхону уһатан олоҥхолоотохпуна үс түүннээх күн олоҥхолуур буоларым. Амма улууһугар, Солубуодаҕа ыыттаран ылан бу олоҥхобун Васильев Егор Николаевич истибитэ уонна суруйан ылбыта. Онно кини уонча олоҥхоһуту ыҥыран истибит этэ. Олортон талан үс киһиттэн суруйбут этэ. Ырыа Чээбийтэн – Тимофей Васильевич Захаровтан, Кэнньэ нэһилиэгэ Сыҥаһа алааска олохтоох Силииппэ диэнтэн уонна миигиттэн. Онно мин Чээбийи истибэтэҕим, кини эрдэ суруттаран баран хаалбыт этэ. Бу «Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру» Виктор Николаевич олус бириинчиктээн суруйбута. Кулун тутар эргэтэ, муус устар саҥата күн уһаабыт кэмэ этэ. Онно нус-хас бүтүн ый устата үлэлээбитэ. Саамай бастаан хайдах олоҥхолуурум курдук олоҥхолотон истэр онтон суруйар. Онуоха мин сорох тыллары, сорох ымпыгын-чымпыгын сүрэҕэлдьээн көтүтэн этэбин. Оччоҕо киһим миигин тугу көтөппүтү санатар уонна быспакка этитэн ылар. Онон бу олоҥхо төһө кыалларынан оччотооҕу кэмҥэ хайдах олоҥхолонор этэй да сол курдук бэркэ киччиллэн туран сурукка киллэриллибитэ дии саныырым.
Ону ити билигин саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри аахтаран истэн баран кырдьык саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри аахтаран истэн баран кырдьык да толору соҕус суруллубут диэн итэҕэйдим. Арай биир суол соччо улахан суолтата суох бутуйуу тахсыбыт эбит. Ол бутуйуу ис хоһооно маннык: Тойон Ньургун Айыыһыт оҕонньор сэрэтэр ырыатын түүл гынан түһээн уһуктаат халбарыйарга сананан тэйэн эрдэҕинэ:

Аллараа дойду ойууна
Алтан Дьаарын,
Үөһээ дойду ойууна
Түннүктээх үөлэстээх
Түҥкүнээн ойуун,
Тоҥус ойууна

Ардьамаан-Дьардьамаан буолан хара холоругунан тыынан күрсэн ааһаллар. Ону ойоҕос өттүттэн одуулаан олорон ох саатынан Ардьамаан-Дьардьамаан обургуну хара быарыгар хараҕалаа диэн алҕаан ытар. Оттон били хара холоруктар тыастара тыастан ордон ааһа баттыыллар, киһи буоллаҕына мас хайаҕа тахсан тимир көрөх маска тиийэн эһэ төбөтүн уҥуоҕа сытарын булан Тойон Ньургун сиэтэ диэн Ардьамаан буолан кубулунан ылыыр. Ол гынан туораан Ардьамаан ордуутун булан урут тиийэн өлбөт мэҥэтин уутун иһэр. Ол оннугар өлүү  уутун кутаруонна ойоҕо Үүкэйдээн Куо баар ураһатын булан киирэр. Ойоҕо сас диэбитин саспакка мин сөптөөҕүн оҥоортум диэн уҥа ороҥҥо сытар. Онуоха Ардьамаан били Тойон Ньургун оҕор табыллан күүһэ мөлтөөн ураһатыгар арыычча кэлбитин үнтү сынньан өлөрөн кэбиһэр уонна ойоҕунаан дойдулуур. Оттон Айбаҥса удаҕан Күн Толомон төрдүс оҕото удаҕан буолан туйаҕын туура тэбэн төрүүр. Ол кэннэ улахан убайа Босхоҥоллой Мүлгүҥҥэ ити суруллубутун курдук көмөлөһөр. Онтон эргэ барарыгар ийэтин тылын ылынан нэһиилэ сөбүлэһэн баран били бухатыырдар охсуспут ьуолактарын эринээн Дугуй саарынныын көрө тахсаллар. Онно күүлэйдии сылдьар Дугуй саарыны чэҥнээх үөдэн түгэҕэр тэбэр. Ону ийэтэ билэн кыыһа кээлтин кэннэ күтүөтүн ороон таһааран өрүһүйэн киирэр уонна эргэ биэрэр. Бу уларытыыны бэйэм олоҥхолуурум курдук суруттардым. Ону ааҕааччылар бэйэлэрэ сыаналыахтара, ол да иһин туох уларытыы тахсыбытын кылгас ис хоһоонун манна киллэттэрдим. Уларытыы тахсыбытын кинигэ 171, 174 страницаларыгар Айбаҥса Мүлгүнү убайым диириттэн чэпчэкитик өйдүөххэ сөп. Бу хойукку уларытыы эбит. Ити олоҥхо оччотооҕуга кинигэҕэ тахсыбыта дуу, суоҕа дуу мин билбэт этим.
Онтон бу хойут 1941-1945 сс. Сэрии бүтүүтүн саҕана эриэн таба аттаах Эҥэлэй Баатыр диэн олоҥхобун Лазаров Дмитрив Петрович учууталга суруттаран тылы, культураны үөрэтэр Якутскайдааҕы научнай институтка туттарбытым.
Бу олоҥхобун Лазаровтыын иккиэ тт. Эргискэ, Васильев Г.М. уонна Понамареваҕа туттарбытыгар мин туспунан ахтыһыы буолбута уонна Кулун Куллустууру суруттарбыт оҕонньор буоларбын билбиттэрэ, ол гынан баран архыыбаттан улахан илиис кумааҕыларга суруллубуту бэйэлэрэ көрөн олорон: - «Урут суруттарбыт олоҥхоҥ бу баар, ону тэҥнээн көрүөхпүтүн иһитиннэр» диэбиттэрэ. Онуоха мин Кулун Куллустууру урут суруттарбытым курдук нойосуустаан олоҥхолоон биэртим. Ону суруктарын тэҥнии көрөн олорбуттара. Ол гынан баран: «Дьэ кырдьык, суруллубутун курдук олоҥхолуур эбиккин, бу олоҥхо кырдьык эн олоҥхоҥ эбит» диэн сөхпүттэрэ.
Ол кэннэ саҥа суруттарбыт олоҥхом Эҥэлэй Баатыр төлөбүрэ диэн алта тыһыынчаны биэрбиттэрэ, ону Лазаровтыын аҥаардаспыппыт. Киһи буолан олоҥхобуттан туһаммытым ити этэ. Бу кэннэ атын суруллубут олоҥхом суох.

  

Олоҥхо сэттээх-сэлээннээх диэн күдээринэ сэһэни истэрим, ол эрээри мин олоҥхобун быраҕарга кыһаллыбыттаахпын: 40 сылааҕыта өрүскэ Хороҕор арыыга киирэн Мэҥэ улууһа, Нөөрүктээйи нэһилиэгэ Филипп Сивцев диэн оҕонньору кытта кыстаан олордум. Онно кини миигин уһун кыһыны быһа олоҥхолотон иһиттэ. Онтон саас көһөрбүтүгэр: - Тукаам мин Тыыллыма нэһилиэгэ Лепчиковтар Алтан Поповтарга кыыстарын эргэ биэрэн 100 көлөнөн энньэлээн таһааран уруу түһэрэллэригэр тахсан олоҥхолообутум. Ырабын дьиэрэттэхпинэ дьиэ иһинээҕи иһит-хомуос кытта лыҥкыныы турар буолара. Онно бастакы киэһээ олоҥхолуурбар этэ. Өйдөөн көөртүм: орон анныттан туруйа дуу, куба дуу холоонноох кыыл төбөтө дьиэ үрдүгэр тиийэ күөкэс гына түһэр. Хас дьиэрэттэҕим аайы. Онтон мин олус ыгылынным, ыксаатым. Түүн үөһүгэр диэри олоҥхолоон баран уурайдым. Сарсыҥҥытыгар убайбар Ньалҕарыта Баһылайга этэн сүбэлэһэн күрээн хаалбыппыт. Дьиэбэр киирэн кээлтим 25 саастаах уолум таарымталанан ыалдьан өллө, онтон ойоҕум өллө.
Ол уруу 7 хонук устата буолта үһү. Сүөһүнэн 40 сүөһү этин сиэбиттэр. Оннук улахан сөҕүлээх уруу буолбута иһиллиьэт. Ол уруу миигин эмиэ охсон ааспыта. Онон эн бу идэҕин арааһа хааллардаххына сатаныа этэ диэбитэ. Мин онтон ыла улаханнык салла-дьулайа быһыытыйан кэнэним бэрт буолан олоҥхолуурбун тосту уураппытым. Оччоҕо дөксө Советскай былаас буола илигэ.
Оттон олоҥхону мин туора дьон киэнин күннээн олоҥхолоон сылдьан үксү истибэт буолтум, дьон муһуннар эрэ бэйэбин бастатан олоҥхолотор буолан хаалтара. Онон урукку кырдьаҕас олоҥхоһуттар тустарынан соччолооҕу тугу да быһааран тута-хаба этиэ суохпун. Оттон арай ити Д.М. говоров Мүлдьү Бөҕө диэн уинига буолан тахсыбыт олоҥхотун туһунан санаабын этиэм этэ. Ити олҥхо улахан итэҕэстээхтик суруллубут: Холобур, бухатыыр аһылыга сиэри таһынан омуннаах: аан додуга туох баар сири, уулары, мастары аҕалан кутан биэрэллэр. Ити олоҥхону мин санаабар тупсара сатаабыттар да сатамматах. Мин олоҥхону итиирдик күүрдэн олоҥхолообот этим.
Мин олоҥхолорум урукку кэмҥэ хайдах истибитим да оннук буолааччылар. Оттон олоҥхоттон сылтаан онно тута баар дьоннору хоһуйаллара диэн чуолкай өйдөөбөппүн. Чурапчы района Чакыр нэһилиэгэ Ырыа Илья, Амма района Сомоссун нэһилиэгэ Ырыа Парфен олох күннээҕи түбэлтэлэрин ырыа-тойук оҥостоллоро диэн истэр этим. Ол гынан баран ханнык түбэлтэҕэ кими, оннук-оннук диэн хоһуйбуттара баар диэн этиэхпин өйдөөбөппүн. Мин кэпсээним итинэн бүтэр.
Теплоухов-Тимофеев Иннокентий Гурьевич тылыттан суруйда 19.7.VII. 52 с. 19.3.XI.55 с. Попов Петр Никифорович – Якутскайдааҕы народ Айымньытын Дьиэтин фольклорга методиһа.
Чурапчы района, хайахсыт нэһилиэгэ, кыайыыколхоз поселога уонна Өрүүнэ алааһа».
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 769 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024