News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Кулун тутар » 26 » Улла Йохансен Тэрис Айыы балаҕаныгар ыалдьыттааһына.
Улла Йохансен Тэрис Айыы балаҕаныгар ыалдьыттааһына. | 16:05 |
Улла Йохансен Тэрис Айыы балаҕаныгар ыалдьыттааһына.
Бу дьыл Муус устар 27 (2012с) күнүгэр Тэрис Айыы балаҕаныгар Улла Йохансены кытта көрсүһүү буолла. Саха Орнаменнарын үөрэппит профессор, этнограф Улла Йохансены кытта көрсө элбэх киһи кэлбит, саҥа кинигэтин бары атыыластыбыт. Маннык үчүгэй оҥоһуулаах кинигэни “Орнаментальное искусство якутов” диэн, нуччалыы-сахалыы тылынан Музей музыки и фольклора народов Якутии бэчээккэ таһаартарбыттар.
Тэрис Улла Йохансен урукку бастакы кинигэлэринэн туһанан бэйэтин кэнники кинигэлэригэр уонна балаҕаҥҥа оформлениетыгар туһаммытын кэпсээтэ. Кырдьык маннык Сахалары таптыыр уонна улаханнык убаастыыр эрэ киһи бачча сааһыран баран ыраах-тыйыс Саха сиригэр кэлэ сылдьара дьону сөхтөрөр, быйыл Улла Йохансен 85 сааспын туолабын дьиэтэ. Саха тылын хаһан да сахалары көрбөккө сылдьан аан бастаан Гамбург университетыгар үөрэнэр кэмнэригэр учуутала аатырбыт тюрголог Анна-Мария фон Габэн Бётлинг кинигэтинэн саха тылын үөрэппит ,ол аата Востоковедение үөрэхтэрэ эбит. Онон Улла Йохансен сахалыы син ааҕар, Тэрис Айыы Суола диэн кинигэтин бэлэхтээбитигэр кинигэ аатын аахта, ону Тэрис өссө чиҥэтэн Божественный путь диэн эппитин мин бэйэм да билбэт үһүбүн дуо диэн истээчилэрин үөртэ .
Салгыы Улла Йохансен кинигэтиттэн “Кыым” хаһ., алтынньы 16 к., 2008 с. Анна Налимова кэпсэтиититтэн суруйабыт. : Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга улахан историческай суолталаах көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук, 1954 сыллаахха Германия Гамбург куоратыгар ньиэмэс тылынан бэчээттэммит “Орнаментальное искусство якутов” диэн кинигэ быйыл манна нууччалыы тылбаастанан таҕыста. “Сүрэхтэниигэ” кинигэ ааптара, этнология наукатын доктара, Кёльннээҕи Этнология институтун дириэктэрэ Улла Йохансен бэйэтинэн кэлэн ыалдьыттаата.
Бу кинигэ Муусука уонна фольклор мусуойун дириэктэрэ Аиза Решетникова көҕүлээһинэн, СГУ омук тылын факультетын доцена Светлана Петрова ньиэмэс тылыттан нуччалыы тылбааһынан 500 эксэмпилээринэн күн сирин көрдө.
Ньиэмэс этнограба култуура эйгэтигэр элбэх научнай үлэлээх( алтайдар, тибеттэр ойууннааһыннарын, туроктар көс олохторун туһунан уо.д.а.). Маны таһынан. Профессор Йохансен нуччалыы, хас да европейскай уонна түүр омуктар(туроктар, азербайджаннар) тылларынан ыраастык саҥарар.
Улла Йохансен кэпсиир: Германия уонна Дания музейдарыгар былыргыттан Саха уустарын оҥоһуктара, сахалар оһуордара-мандардара саамай үчүгэйин талан –булан илдьибиттэрэ турбуттарын Улла Йохансен, студенныы сылдьыаҕыттан хараҕынан сөбүлээн олохтоохтук ылсан үөрэтэн кыра научнай кинигэ бэчээттэппит. Сахалар олохторунан уонна тылларынан үлүһуйүүтэ итинник саҕаламмыт. Ис санаатынан , баҕатынан сахалар хантан төрүттээхтэрин, хантан Элиэнэ өрүс хочотугар кэлбиттэрин, кырдьык Пазырыктар(алтайдар уонна центральнай Азия омуктарын-культураларыгар, тюрктар) удьуордара диэҥҥэ, архоелогическай хаһыылартан үөрэтэн, ол матырыйаалларыгар тирэҕирэн Сахалар Алтай диэкиттэн төрүттээхтэр диэн кинигэтигэр суруйбут.
Сахалар ордук көмүс оҥоһуктарын оһуора эҥкилэ суох тупсаҕай. Маннык кэрэ уонна улахан кээмэйдээх симэх ханна да суох.-диэн Улла Йохансен салгыы кэпсиир.
(-Аан бастаан саханы ханна көрбүккүнүй?) –Мин биир сыл-1959-1960 сс.-Ленинградка үлэлээбитим. Мин ол кэмҥэ 33 саастаах, номнуо наука хандьыдаата этим, дьиҥнээх научнай үлэһит курдук сананарым. Элбэхтик суруйбут, чинчийбит сахаларбын үөрэ көрсүбүтүм, билсибитим. Билигин бу диэн ааттарын өйдөөбөппүн эрээри, биирэ Эргис диэн араспаанньалаах быһыылааҕа. Кинилэр миэхэ чороон уонна “кимиэхэ да көрдөрөөйөҕүн” диэн, Ойуунускай “Кыһыл ойуун” кинигэтин бэлэхтээбиттэрэ. Ол кинигэ билигин даҕаны дьиэм бибилэтиэкэтигэр мааны миэстэҕэ турар. Уолаттар олус эдэр уонна үчүгэй иитиилээх этилэр: соммун кэтэрдэн биэрбиттэрэ, суумкабын тутан көмөлөспүттэрэ. Мин ийэ киэбинэн ханна үөрэнэллэрин, тугу гыналларын ыйыталаспытым. “Биһиги этнологиянан уонна фольклористиканан дьарыктанабыт, устудьуон буолбатахпыт”,-дэһэллэр. –“Ыал буолар санаалааххыт дуо?”. – “Мин кэргэннээхпин, иккиһин кэргэн ылар санаам суох”. – “Ээ, оччоҕо сотору оҕолоноргут буолуо...”. – “Икки оҕолоохпун, улаханым быйыл университетка барар”. Ону истэн олус соһуйдум. Оччоҕо хас саастаахтарый?! Дьоллоох сахалар эдэр көрүҥнээх буолалларын итэҕэйбитим. Биһиги, европеецтар, түргэнник кырдьабыт. Онон аан бастаан көрбүт сахаларым дьоллоох сахалар этилэр. Кинилэр Арҕаа Германияҕа сахалар тустарынан кинигэ тахсыбытыттан олус үөрэн туран махтаммыттара. Миэхэ бэйэбэр ол кинигэм суоҕа, хата кинилэргэ баар этэ . Ити курдук профессор Улла Йохансен аан бастаан сахалары илэ көрбүтүн кэпсиир. Сахаларбыт Иннокентий Васильевич Пухов фольклорист, иккиһэ Георгий Устинович Эргис этнограб , фольклорист 50-нарыттан тахсыбыт биллэр учуонайдар сылдьыбыттар.
Кинигэм анаммыт норуотугар-сахаларга, Саха сиригэр тылбаастанан тахсыбытыттан олус дьоллоохпун. Үйэ аҥаара ааспытын кэннэ аҕыйах ааптар үлэтэ хос бэчээттэнэн тахсар үөрүүтүн билэр кыахтаах. Эһиги улуу омуккут, онон ханна да сырыттаргыт мэлдьи киэҥ туттуҥ. Барыгытыгар дьоллоох олоҕу баҕарабын!
Тэрис балаҕаныгар профессор Йохансен Тэристиин кэпсэтиилэрэ уһаабыта уруккуну-хойуккуну кэпсэтии икки улахан учуонайдарга баар буоллаҕа.
Тэрис уонна Улла Йохансен олохторун Саха норуотун олоҕун, итэҕэлин, төрүтүн, тылын, оһуорун-мандарын, киэргэлин-тигиитин ис дьиҥин үөрэппит-үөрэтэр бар дьонноругар үйэлэргэ, кэлэр кэскил ыччаттарыгар хаалларар сүду үлэлэрэ остуоруйаҕа, үйэлэргэ хаалыа турдаҕа. Махтал буоллун Саханы үйэтиппит учуонайдарга!
Чопчуйаана Гаврильева.
|
Category: Саха |
Views: 659 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 5 Ыалдьыттар (гостей): 5 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|