News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Кулун тутар » 26 » Булт сокуона уларыйда Туох көҥүллэнэрий, туох бобулларый
Булт сокуона уларыйда Туох көҥүллэнэрий, туох бобулларый | 16:11 |
Булт сокуона уларыйда
Туох көҥүллэнэрий, туох бобулларый?
(СӨ Булт хаһаайыстыбатыгар департаменын сүрүн исписэлииһэ *Владимир Решетниковтыын кэпсэтииттэн быһа тардан, бассаапка анаан. Альберт Капрынов, “Кыым” )*
2021 с. тохсунньу 1 күнүттэн булт сокуона уларыйар. Ол туһунан билсиҥ.
Туох уларыйда?
1. Элбэх, хаһыа да буолан бултуур буоллахха, хайаан даҕаны “сигнальнай” таҥастаах буолуохтаахпыт. Холобур, дурдаҕа-сэһээккэҕэ олорор, күрэххэ сылдьар буоллахха. Онтон суох ыстарааптанаҕын, бултуур көҥүлүн быһыллыан сөп.
2. Анды көҥүлүн ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри сыҕарытан биэриэхтэрин сөп. Ол эрээри булт болдьоҕо 4 күнтэн уһаабат.
3. Тайах барыта балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕаланар буолбут. Тыһыта-атыыра, лөкөйө-ыҥааҕа диэн арааран бүппүттэр.
4. Эһэ булда атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр көҥүллэнэр. Ол эрээри бииригэр диэри саастаах уонна оҕолоох тыһы эһэни бултуур бобуллар.
5. Кыыл таба бултанар болдьоҕо кыччаабыт – атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри эрэ көҥүллэнэр.
6. Атыыр туртаһы атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри бултуохха сөп буолбут.
7. Куобаҕы бары улууска туһахтыахха сөп буолар. Ол эрээри ханнык улууска туһахтанарын, ханныкка көҥүллэнэрин охоттары-экологтары кытта сүбэлэһэн баран Ил Дархан быһаарар.
8. Саас атыыр куһу “подсадной” тыһы куһунан мончууктуур буоллаххына, 30 күн устата бултуохха сөп буолбут. Ол эрээри онно туспа лиссиэнсийэ ылыллара дуу, суоҕа дуу, “подсаднойбут” ханна эрэ регистрациялаах буолуохтааҕа дуу, суоҕа дуу өссө да ситэ биллэ илик. Боппуруоһу чуолкайдыы сылдьаллар. Өтөр биллэриэхтэрэ.
9. Күһүҥҥү кус атырдьах ыйын 2 субуотатыттан саҕаланар буолар.
10. Булчут булт иниспиэктэрэ көрдөөтөҕүнэ, докумуонун уонна бултуур сэбин-сэбиргэлин булгуччу көрдөрүөхтээх, докумуонун барытын илдьэ сылдьыахтаах. Ити сокуон өссө кытааппыт. Тугун эрэ суох буолуо – бырабыҥ быһыллар.
Булду өлөрүүгэ сыһыаннаах уларыйыылар
1. Таба муоһун тыыннаахтыы (өлө илигинэ) быһар бобуллубут. Быһыаҥ -- сууттаныаҥ!
2. Туйахтаах кыылы барытын, эһэни, бөрөнү, саһылы фаранан, тепловизорынан, түүнүн көрдөрөр приборунан бултуур көҥүллэммит! Ол эрээри тиэхиньикэнэн сылдьар бобуллар. Сатыы, ханна эрэ маныыр буоллаххына фараны куттаммакка илдьэ сылдьыаххын сөп буолбут.
3. Мас көтөрүн (барытын) 5,6 калибрдаах (“тозовка” эҥин) саанан ытыахтааххын. Атынынан ыттаххына – сууттанаҕын. Оннооҕор СКС (7,62х39) көҥүллэммэт буолбут.
4. Куобаҕы, тииҥи, кырынааһы, солоҥдону уонна нуорканы 5,7 мм калибрдаах саанан эрэ ытаҕын. Оттон сиэгэни уонна бэдэри – 8 миллиметрдааҕынан. Атын калибрдарынан ытар – бобуллар.
5. Өскөтүн федеральнай кииҥҥэ “ээх” диэтэхтэринэ, көҥүллээтэхтэринэ, мас көтөрүн, ол иһигэр улары, хабдьыны уонна бочугураһы, туһаҕынан эмиэ бултуохха сөп буолбут.
Булт болдьоҕо
-- Кыыл таба – атырдьах ыйын 1 к. кэлэр сыл тохсунньу 1 к. диэри.
-- Атыыр туртас – атырдьах ыйын 20 к. балаҕан ыйын 20 к. диэри.
-- Сааһыттан, тыһытыттан-атыырыттан тутулуга суох тайах бары көрүҥэ – балаҕан ыйын 15 к. кэлэр сыл тохсунньу 10 к. диэри.
-- Эһэ – атырдьах ыйын 1 к. ахсынньы 31 к. диэри.
-- Бөрө -- атырдьах ыйын 1 к. кэлэр сыл кулун тутар 31 к. диэри.
-- Сааскы кус – кулун тутар 1 к. бэс ыйын 16 к. диэри 10 хонук устата көҥүллэнэр. Арассыыйа субъектарыгар иһигэр зонанан туспа болдьохтор тыырыллыахтарын сөп.
-- “Подсадной” тыһы куһунан атыыры 30 күн устата бултуохха сөп.
-- Анды булдун көҥүлүн ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри көрөн сыҕарытан биэриэххэ сөп. Ол эрээри булт болдьоҕо 4 күнтэн уһаабат.
-- Күһүҥҥү кус болдьоҕо атырдьах ыйын иккис субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри олохтонуон сөп. Ол гынан баран, уопсайа 90 күнтэн уһуо суохтаах.
-- Күһүҥҥү-кыһыҥҥы мас көтөрүн болдьоҕо атырдьах ыйын 3 субуотатыттан кэлэр сыл олунньу 28 күнүгэр диэри олохтонуон сөп (барыта холбоон 120 күнтэн уһуо суохтаах).
Сиһилии, нууччалыытын Экология министиэристибэтин саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.
Альберт Капрынов, “Кыым”.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 702 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 13 Ыалдьыттар (гостей): 13 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|