Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Муус устар » 23 » Икки «ключевой» миниистирдэр үлэлэрин, дьылҕаларын туhунан
Икки «ключевой» миниистирдэр үлэлэрин, дьылҕаларын туhунан
08:14
Икки «ключевой» миниистирдэр үлэлэрин, дьылҕаларын туhунан
Айылҕа уонна тыа хаhаайыстыбатын миниистирдэрин үлэлэригэр сыана биэрэн норуотум истиитигэр таьаарабын.

1 чааhа - айылҕа миниистиригэр С.М. Афанасьевка туhаайан.

Бастакытынан, Алдан, Уус-Майа, Амма, Өлүөхумэ, Өлүөнэ өрүстэр бастарынан ойууру кэрдии салҕанан бара турар. Ол түмүгэр бутун экосистема уларыйыыта таҕыста. Тыата кэрдиллибит сир кууран-хатан, үүнээйитэ өлөн, тыыннаах харамайдар, кыыллар атын сирдэргэ күрэниилэрэ таҕыста. Онно олохтоох омуктар табалара, сүөhүлэрэ, сылгылара ахсаан өттүнэн аҕыйааhынын ааhан, олох да сүтэр кыахха киирдилэр. Сир баайын көрдөөhүңңэ, туhаҕа таhаарыыга ыытыллар үлэлэр күүс өттунэн ыытыллалларын ааhан, олохтоох нэhилиэнньэ быраабын, көңүлүн кэhэн туран глобализация политиката Саха сиригэр киириитэ олус күүскэ ыытыллан эрэр.

Иккиьинэн, Саха сирин ерустэрин айыл5атын харыстааьын улэлэрэ адьас атын, буортулаах хайысхаларынан ыытыллыбыта ыраатта. Улуу ерустэр сунньулэринэн олохтоох омуктар олороллор. Бу омуктар олохторун, доруобуйаларын, хаьаайыстыбаларын керуу, сайыннарыы, барыта холбоон айыл5а туругуттан тутулуктанар. Холобурга, Өлүөнэ еруьу ылан керуе5ун, харыы тахсар сирдэрэ биллэллэр. Советскай кэмнэ харыы тахсар сирдэригэр ерус сунньун  кэнэтии, диринэтии улэлэрэ барара. Ити улэ билигин олох да ыытыллыбат, умнууга хаалла. Ол оннугар мууьу дэлби тэптэрии практикаланар.

Бу айыл5а5а куус еттунэн киирии буолар. Дэлби тэптэрии тумугэр, ерус хамсыыра-харамайа, уунээйитэ елер, дьаатырар. Мин биолог-химик уерэхтээх киьи чуолкайдык билэбин, дэлби тэптэрэр, елерерге-еьерерге аналлаах оноруу ханнык веществолартан туралларын. Уу тугэҕэр сенен сытан, уонунан сылларга дьааттаах эттиктэри таьаара сыталлар. Ол аата ерус уутун, балыгын, атын да хамсыырын-харамайын дьаатырдалларын ааьан, ерус сунньунэн олорор нэьилиэнньэ араас ыарыыларынан ыалдьаллар. Арай, айыл5а миниистирэ Афанасьев дэлби тэптэрэн, харыыны алдьатан нэьилиэнньэни быыьаабыт курдук сананара буолуо да,  дьин-дьинэр таннарыылаах улэни ыытарын нэьилиэнньэ ейдуур кэмэ кэллэ.

Таас чо5у кутан, еруьу хараардыы улэтин эмиэ ерус экологиятыгар буортуну а5алыыга тэнниибин. То5о диэтэххэ, таас чох составыгар радиоактивнай веществолар бааллар. Ити дакаастаммыта ыраатта. Дьэ, ол иьин, кочегардарга уут керуллэрэ, дойду учугэй курортарыгар доруобуйаларын кеннереллеругэр путевка бэриллэрэ. Улуу ерустэр муустарын сааскы кэмнэ эрбээьин улэтэ ыытыллыыта туох да туьаны а5албатын ааьан, «о5о оонньуута» диэн сахаларга бэргэн этии баар. Сааскы харыыны туоратарга керуллэр убу-харчыны харыы тахсыахтаах сирдэригэр олорор нэьилиэнньэ5э биэриэххэ, суеьулэрин, сылгыларын, дьиэлэрин, атын да сыаналаах малларын бэйэлэрэ эрдэттэн дьаьаналларыгар кыа5ы уескэтиэххэ.

Харчы туохха, хайдах туттуллубутун хонтуруолга тутар хайаан да наада. Сааскы халаан уута себугэр кэлэн, сири дойдуну ыраастаан, нуелсутэрин былыргы сахалар айыл5а бэйэтин бэйэтэ керунэр, ыраастанар дииллэрэ эбитэ уьу. Бу кэмнэ тереебут айыл5абытыгар куус еттунэн киирэн дьаьана олоро5ут.

Усуьунэн, ходуьалары, мэччирэннэ аналлаах сирдэри олохтоох нэьилиэнньэни кытта себулэни туьэрсэн, кэтэбилгэ ылан, сибиэьэй мэччирэни таьаарар инниттэн, ланханы уматан, сылын аайы ыытыллар ертееьуннэри ыытар хайаан да кедьуустээ5ин, былыргы ебугэлэрбит са5аттан туьалаах туттуллар ньымалар ахасааннарыгар киирсэр.

2 чааhа – тыа хаьаайыстыбатын миниистирэ А.П. Атласовка туьаайан.

Бастакытынан, Саха сиригэр «босхо гектары», «ТОРдары» киллэрии боппуруостарыгар А.П. Атласов Нам улууhун баhылыгынан олордоҕуна икки төгүл приемңа киирэ сылдьыбытым. «Босхо гектар», «ТОРдар» бу Саха сиригэр глобализация инструменнара буолаллар. Онон, «босхо гектары» киллэрии боппуруоhугар Нам улууhугар референдум ыытыахха, онон нэhилиэнньэ сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин билиэххэ диэн эппитим. Өскөтө Нам улууьугар референдум ыытыллыбыта буоллар «босхо гектары» киллэрбэт иьин олохтоохтор бары утарыа этилэр. Оччотоо5у нэьилиэнньэ ейдебулэ оннук этэ. Ити холобур атын улуустарга тар5анан Саха сиригэр босхо гектары биэрииннэн албыннаан Россия урдуку салалтата Саха сирин былдьааьынын туьугар ыытыллар политиката тохтообут буолуо этэ.

Оччолорго Атласов куттанан эбитэ дуу, норуотун кемускуур патриотическай ейун-санаатын биллэрбэтэ5э. Тус бэйэм бу салайааччыттан олус кэлэйбитим, бары сыьыаммын тохтоппутум. «Босхо гектар» боппуруоьа 2016 с. Нам улууьугар Президент Е.А. Борисов тахсан туруорбута. Ол са5ана гектар боппуруоьа проект эрэ быьыытынан кэпсэтиигэ сылдьара.

Ол мунньахха мин бастакыннан тыл ылан то5о «босхо гектар» боппуруоьун утарсарбын уонна Саха сирин айыл5атын харыстыыр инниттэн ус суол уьулуччу харыстанар, тыытыллыбат эйгэлэри ааттаталаабытым. Онно Президент Е.А.Борисов эппиэтэ маннык этэ «кырдьык да, Петр Иванович сепке этэр, гектар боппуруоьун мараторий биэрэн пока тохтотон да эриэххэ баара. Ол кэмнэ биьиги, уьулуччу харыстанар тыытыллыбат сирдэрбит статустарын чуолкайдыа этибит» диэбитэ. Ити кэспэтии итинэн салгыы сергутуллубэтэ5э. Референдум, мараторий туьунан ейдебуллэр умнуллубуттара. Ол сурун биричиинэтэ Россия урдуку былааьын ыгыыта-тууруутэ буоларын олохпут дакаастаабыта. Биьиги салалтабыт ийэ сирин, айыл5атын, норуотун туьугар дьиннээх кемускуур патриотическай кыа5а суо5ун дакаастаабыта.

Иккиьинэн, саха омук 70-ча % билигин да тыа сиригэр олорор. Онон тыа сирэ тереебут уйабыт, биьикпитин ыйаабыт сирбит диирбит оруннаах. Манна эбэн эттэххэ, саха омук быьыытынан хаалар буолла5ына, тыа эрэ сиригэр хаалыа диэн норуокка ейдебул баар. Маннык ейдебуллэргэ оло5уран тыа сирин адьас саналыы, ебугэлэрбит кэриэстэрин илдьэ тэринэрбит наада. Тыа сирин саналыы тэрийии концепциятын суруйан Парламенна уонна Аҕа Баhылыкка киллэрэн турабын. Ити концепция5а барыта киирбитэ – хайдах сири, айыл5аны улустарынан уллэрэн бас билиигэ биэрэн туьаныы кедьуустээ5ин туьунан суруллубута. Манна быьаччы ейдебулгэ этэр буоллахха, Сахабыт сирэ наьаа киэн онон уопсай бас билии курдук буолан ким да, туохха да улаханнык кыьаллыбат балаьыанньата уескээтэ. Ону туьанан, Россия салалтата сирбитин, айыл5абытын федеративнай бас билиигэ ылла. Атын дойдулар холобурдарыгар оло5уран сири улуустарга тунэтэн нэьилиэнньэ бас билиитигэр биэрии еруьуллуубут сурун суола буолуо.

Усуьунэн, тыа хаьаайыстыбатын иьинэн олус элбэх уп-харчы эргийэр. Урут да, билигин да харчы хайдах, ханнык сыалга туттулларыгар улахан хонтуруол суох. Ол дакаастабыла улуустар аайы элбэх сана хотоннор, онно сыьыаннаах атын да тутуулар ситэри олоххо киирбэккэ хаалан тураллар. Араас боруода суеьулэр, сылгылар кый ыраах дойдулартан атыылаьыллан а5алыллан бараннар, бары кэриэтэ туох да туьата суох еллулэр-суттулэр. Манна барытыгар баьаам элбэх норуот харчыта ороскуоттаммыта чуолкай. Сирэй эппиэти сугэр буруйдаах дьоннор кестубэтилэр, онон ким да эппиэккэ тардыллыбата. 2018 сыллаахха биир утуе сарсыарда Атласов А.П. тыа хаьаайыстыбатын миниистиринэн анаммытын туьунан истибиппит.

Президент Е.А. Борисов Атласовы бу дуоьунаска анааьынын сурун сыала – тыа сирин сайыннарабыт диэн ааттаан сыыьа хайысхалаах улэлэри ыытан баьаам элбэх норуот харчыта халлааннаан кеппутун таска таьаарбакка сабан хаалларар туьуттан Атласовы миниистир дуоьунаьыгар анаабыта буолар. Маннык дьаьаныы хаттаан сергутуллэн бэрэбиэркэ ыытылларын модьуйуохтаахпыт.
Тумуктээн этэр буоллахха, маннык сурун туруорсуулары норуоппут истиитигэр киллэрэбин:

1. Икки сурун (ключевой) миниистирдэри уеьээ ааттаммыт дакаастабылларга, буруйдааьыннарга оло5уран «дуоьунастарыгар сеп тубэспэт дьайыыларын иьин» Ыстатыйа5а оло5уран дуоьунастарыттан босхолуурга.
2. Айыл5а уонна тыа хаьаайыстыбатын салайааччыларынан бу хайысхалар улэлэрин чахчы билэр, ийэ сирбит, айыл5абыт туьугар ейдуун-санаалыын, эттиин-ханныын, дууьатынан бэриниилээх, чиэьинэй, араас харана дьыалаларга кыттыбатах, нууччалаан эттэххэ норуотун туьугар улахан патриот, сааьыттан тутулуга суох дьоннору аныахха диэн этии киллэрбин.
3. Айыл5а миниистирэ С.М. Афанасьев Госдума депутатынан, эбэтэр сенатор буолар кыа5а суо5ун дакаастаан Саха сирин олохтоохторо септеех быьаарыныыны ылыныахтара диэн эрэнэбин.

Нам улууьа, Тубэ нэьилиэгэ
Гуляев Петр Иванович – быраабы кемускээччи
Муус устар 22 кунэ 2021 сыл.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1066 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024