Идеология ыар тыыныгар саба баттатан олорбут урукку иэдээннээх олохпутун саныыбын. Кыргыллан, симэлийэн сүтэн хаалбакка, сап саҕаттан салҕанан, улуу омук эмтэркэйэ буоларбытын туоһулаан сайдыылаах олох эргииригэр олорсон өрө охсон таҕыстыбыт.
Ол туоһута – өй-санаа сайдыытын муҥур уһугар сахалар атын омуктар ааттаахтарын кытта биир кэрдиискэ турабыт. Улуу быһыйдар, сымсалар, аан дойду Олимпиадатын үрдүк кэрдииһигэр тахсыбыттарга сахалар бастакы миэстэҕэ бааллар.
Маннык омук бэйэтин сокуоннай быраабын туһанан сирдээх-уоттаах, айылҕалаах буолуохтааҕар ханнык да саарбахтааһына суох, бэйэтин быраабын туһанарыгар ким да мэһэйдэһиэ суохтаах. Наада буолар түбэлтэтигэр “хатыламмыты сүүстэ хатылаа” диэн норуот өһүн хоһооно баар. Ол өс хоһоонугар олоҕуран өссө төгүл хатылаан этэбин: “Саха омук бэйэтин сирин, айылҕатын тутан олорон инники олоҕун оҥосторугар толору бырааптаах. Бу туһунан Конституцияҕа уонна Аан дойду норуоттар бырааптарын Устаабыгар сурулла сылдьар. Российскай Федерацияны кытта сыһыан Федеративнай дуогабардарынан быһаарыллыахтаахтар. Олох сорох салааларыгар интеграционнай сыһыаннаһыылар хайаан да тутуһуллуохтаахтар. Өскөтүн маннык сыһыаннаһыылар олохтонор түгэннэригэр Саха сирин төрүт олохтоохторо уонна РФ икки ардыларыгар тэҥ быраапка, көҥүлгэ олоҕурбут историческай докумуоннар суруллан илии баттаныахтара.
Дьэ маннык норуоттар икки ардыларыгар дьиҥнээх доҕордуу сыһыан олохтонноҕуна саҥа Россия хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа. Холобур аҕалабын: Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын быраабын, көҥүлүн сиргэ-буорга тэпсэн идеология күүһүнэн хам баттаабыта. Ол иһин Сэбиэскэй Сойуус кыра омуктара, нууччалар да бары ол коммунистическай тутулу абааһы көрөллөрө, өстүйэллэрэ, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан сүтэр кэмин кэтэһэллэрэ. Ити норуот хаанын тохпут сүөһү курдук үүрүллэ сылдьыбыт кэммит 73 сыл устата салҕанан барбыта.
Билигин саҥа сайдыылаах олоххо үктэммит Саха сирин олохтоохторо демократическай, прогрессивнай хайысханы тутуһаммыт, национальнай интэриэстэрбитин олоххо киллэрэн норуокка тарҕатан сокуоннай төрүккэ киллэриэхтээхпит. Ол национальнай интэриэспитигэр эппиэттиир дьаһаллар тустарынан ааттаталыыр буоллахха:
1. Саха тылын бастакы миэстэлээх государственнай тыл быһыытынан билинэн иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэртэн саҕалаан общественнай түмсүүлэргэ, бары мунньахтарга сахалыы сурук-бичик туттулларын ситиһиэххэ. Нуучча тыла государственнай тыл быһыытынан нууччалар бөлөхтөөн олорор сирдэригэр уонна Россияны кытта сыһыаҥҥа туһалаах буолара саарбаҕа суох.
2. Сэбиэскэй Сойуус Конституциятын сүрүн Ыстатыйата «Свобода, равенство наций и братство».
3. Саҥа Россия Конституциятын сүрүн ыстатыйата – «Право наций, свобода наций и свобода слова».
Сэбиэскэй уонна саҥа Россия Конституцияларын ити ыстатыйаларын тэҥнээн көрүҥ, туох уратылардаах эбитий? Сэбиэскэй Сойуус Конституциятыгар омук бырааба уонна тылга көҥүлэ диэн отой суох. Саҥа Россия Конституциятыгар киһи, омук бырааба, көҥүлэ бастакы миэстэҕэ турар. Ол быраабын омук тыллаах буолан, тылынан таска таһааран көмүскүүр. Арҕааҥы эйгэ дойдуларыгар киһи быраабын, тылга быраабын олус күүскэ көмүскүүллэр. Ити холобурдарга биһиги, сахалар, хаһан үөрэнэрбит буолла?!
Пётр ГУЛЯЕВ,
быраабы көмүскээччи.
Нам улууһа,
Түбэ нэһилиэгэ.