Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Бэс ыйа » 25 » Айсен Николаев: Сахабыт сирин сайыннаран, күүһүрдэн иһиэҕиҥ!
Айсен Николаев: Сахабыт сирин сайыннаран, күүһүрдэн иһиэҕиҥ!
14:24

Айсен Николаевтыын кэпсэтиибит ойуур баһаардарыттан саҕаланна. Ил Дархан сыл аайы күүскэ туруорсан, ааспыт күһүнтэн федеральнай киин ойуур баһаарын умулларыыга сокуон, үбүлээһин өттүнэн сыһыана уларыйбыта. Баһаары умулларыыга үбүлээһин улааппыта, Баатаҕайга ойуур баһаарын умуруорар чаас арыллыбыта. Быйылгы баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһыы сырыттылар эрээри, үлэ эрдэттэн саҕаланан, тута элбэх көмө кэлэн, бөһүөлэктэргэ уот киирбэтэ. Дьон-сэргэ, чахчы, улахан көмүскэллээхпит диэн сананна. Айсен Сергеевичтэн бу хайысхаҕа туох үлэ бара турарын ыйыталаһабын.    




 

 айс пожар сайт

– Хомойуох иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ аан дойдуга, Арассыыйаҕа, биһиэхэ, ордук киэҥ сирдээх эрэгийиэҥҥэ,  килиимэппит да уларыйыыта охсон, ойуур баһаара киһи барыта дьиксинэр улахан кыһалҕата буолла. Былырыын Арассыыйаҕа ойуур 60%-на Саха сиригэр умайда. Бу боппуруоһу Владимир Путиҥҥа күүскэ туруорсубутум кэннэ, сөптөөх хамсааһын баран эрэр. Айылҕа ресурсаларын саҥа миниистирэ Александр Козлов “эйиэнэ-миэнэ” диэн араарбакка, барытыгар кыттыһан, дойдуга ойуур баһаарын кытары охсуһууга улахан үлэни ыытан эрэр. “Рослесхоз” салалтата уларыйда. Министиэристибэ баһаары умулларыы үбүлээһинигэр, эрэгийиэннэр интэриэстэрин көмүскүүр саҥа мэхэньиисими оҥорон, РФ Үбүн министиэристибэтигэр көмүскүү сылдьар. Быйылгыттан ойуур баһаарыгар сыһыан уларыйан, төһө кыалларынан уоту тута умуруорар, ыраах-чугас диэн көрбөт өйдөбүл үөскээн эрэр. Улахан баһаардар турбуттарыгар, көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, федеральнай резервэттэн 300-кэ киһини ыытан, улахан БЕ-200 сөмөлүөт тута кэлэн үлэлээн, баһаардары бөһүөлэктэргэ киллэрбэккэ тохтоттубут. Балаһыанньа сымнаата диэн уоскуйар эрдэ: от, атырдьах ыйдарыгар чаҕылҕантан эмиэ баһаардар барыахтарын сөп. Онно бэлэмнэнэ сылдьабыт. Хомойуох иһин, быйылгы баһаардар дьон буруйунан тахсыбыттар. Уоту сэрэҕэ суох туттан эбэтэр умуруоран баран, көрдүгэнниирин хонтуруоллаабакка, иккистээн тахсыбыт түбэлтэлэрэ бааллар. Аҕыйах хонуктааҕыта баһаардары кытары охсуһууга эбии көмө көрдөөрү премьер-миниистир Михаил Мишустиҥҥа эрийбитим. Кини сонно дьаһайан, эбии федеральнай эрэсиэрбэ күүһэ кэллэ уонна 350 мөл. солк. эбии көрбүтэ улахан көмө буолуо.

Төлөпүөнүнэн кэпсэтэн 350 мөл. солк. ылыыны дойду иккис салайааччытыттан мээнэ киһи быһаартарбат дьыалата...

– Михаил Владимирович эрэгийиэннэри истэр киһи эбит диэн, ытыктыыр санаам сүрдээҕин бөҕөргөөтө. Мин приёмнайыгар эрийэн, кинини кытта кэпсэтиэхпин баҕарарбын эппитим. Икки чааһынан “Айсен Сергеевич, туохха эрийэ сырыттыҥ, туох кыһалҕа баарый?” диэн бэйэтэ эрийбитэ. Баһаардар кыһалҕаларын быһааран биэрбитим кэннэ, дьонугар сорудах биэрэн, Айылҕа ресурсаларыгар миниистир Александр Козлов салайааччылаах мунньах ыытан, көмө боппуруоһа бэрт түргэнник быһаарылынна. Мин М.В. Мишустиҥҥа махтанабын, кини эрэгийиэннэр кыһалҕаларыгар чахчы көмөлөһөр кыахтаах, баҕалаах киһи. Биир кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Александр Козловка буолбут мунньаҕы сыыһа өйдөөн, “мундир чиэһин көмүскэнии” тахса сырытта.  Мин тустаах салайааччыларга, үлэһиттэргэ “сыыһа баар буоллаҕына, билиниэхтээхпит, көннөрүөхтээхпит” диэн этэбин. Федеральнай киини кытта сыалбыт-сорукпут биир – ойуурбут умайыа суохтаах. Урукку сылларга баһаар төһө иэннээҕин күнүнэн-чааһынан кэтиир ирдэбил суох эбит. Биһиэннэрэ Ньурба баһаарын дааннайын киллэриэхтээхтэр этэ да, бэс ыйын 12 күнүгэр диэри Москубаҕа отчуокка 250 гаалаах сиргэ уот барар диэн көрдөрөн турбут. Дьиҥинэн, ити кэмҥэ 10-тан тахса тыһ. гаалаах ойуур умайбыт. Миниистир А.А. Козлову өйдүүбүн, сонно үлэ сүнньүн быһаарсыбыппыт. Киниэхэ да, миэхэ да ким сыыһарын билэн баран, балаһыанньаны көннөрөрбүт наада этэ.

айс россия тойоно

– Ол аата ааҕыы методиката уларыйыахтаах буоллаҕа.

– Итини көннөрөр судургу. Биһиэннэрэ баһаар умуллубутун эрэ кэннэ чопчу сыыппараны биэрэр майгылара тохтуохтаах. Миниистир: “Мин баһаардар туруктарын күн, чаас аайы кэтии олоруохтаахпын.  Оттон эн дьон, сөмөлүөт ыытары туруорсаҕын, Мишустиҥҥа быһа эрийэн үп көрдүүгүн. Мин баһаар улаханын көрдөхпүнэ эрэ, эһиэхэ көмө ыытабын. Оттон күн аайы 250 гаа эрэ умайа турарын көрдөрөр баһаарга ыыттахпына, “кыра баһаарга ити айылаах күүһү ыытаҕын дуо?” диэн өйдүөхтэрэ суоҕа”, – диэн сөпкө этэр. Ньурбаҕа тустаах үлэлээх дьону кытта кэпсэттим, бары барыллаан төһө сир умайбытын билэллэр. Ол эрээри чааһынан уларыйа турарын интэриниэтинэн отчуокка киллэриигэ “доҕолоҥнооһун” баар эбит. Миниистир С.М. Афанасьев дьаһайан, ол сыыһалара көннө. Өйдүөхпүтүн наада: бу түгэн федеральнай киини кытта киирсии буолбатах, биһиги икки өттүттэн баһаары умулларыыга өйдөһөн, биир хамаанда буолан үлэлиэхтээхпит. Хомойуох иһин, биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ да иһигэр солуута суох арахсар идэлээхпит. Дьиҥэр, бары ойуур умайбатын ситиһиэхтээхпит. Ким буруйдааҕын, туох боломуочуйалааҕын быһаарса сатаан, атааннаһан иирсэ сырыттахпытына, кырдьык, улахан баһаардар тохтуохтара суоҕа.

– Хоруона хамсыга иккис сылын турар, бу ыарыы хаһан ааһар  туруктааҕый, содула төһө улаханый?

– Хоруона хамсыга  иккис сылын аан  дойдуну аймыыр. Арассыыйаҕа 126 тыһ. тахса киһи олохтон барда. Саха сиригэр 40-тан тахса тыһыынча киһи ыарыйда, 700-тэн тахса киһи өллө. Ити – биһиги курдук кыра өрөспүүбүлүкэҕэ улахан охсуу. Саастаахтар, хроническай ыарыылаахтар өлөллөр, ол гынан баран, ыарыыга сыстыбатахтара буоллар, өссө да олоруох этилэр. Ыарыыбыт уларыйбыт, былырыыҥҥытааҕар букатын атын. Дьон эмтэнэрэ уһаата, дьайыыта ыараата, ыччат, оҕо кытта ыалдьар буолла. Аны ыалдьан баран, түргэнник үтүөрэн испэттэр. Сиирэ түргэтээтэ, тыҥа кыратык сиэммитэ түргэн баҕайытык 80-90% тиийэн, киһи эмискэччи “умайан” хаалар. Биһиэхэ саамай кутталлаах кэм муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын ортото этэ. Сэрэнэн этэбит, билигин арыый түһэн барда. Күн аайы 110-тан тахса киһи ыалдьара, билигин 90-нууга түстэ. Вакцинаны ылыы түргэтиирэ, элбиирэ буоллар, өссө аҕыйаан иһиэ этэ. Ону баара, быһыы бытаан соҕус, ордук – Дьокуускайга. Өйдөммөт түгэннэр тахсаллар, вакцина ылан быыһанар, дьону харыстыыр оннугар “вакцинаттан киһи өлөр үһү, чиптээһин үһү” диэн сымыйа куолу бөҕөтө соцситимнэринэн тарҕанар.  Хоруонаттан ким да ыалдьыбатын, өлбөтүн курдук саныыр сыыһа. Төрөппүттэрэ, аймахтара ыалдьыбыт элбэх киһи миэхэ төлөпүөннүүр. Бары “кэмигэр тоҕо вакцина туруорбатахпыт, ылбатахпыт эбитэ буолла” диэн хойутаан кэмсинэллэр, хомойоллор. Мин “бары вакцинаны ыла охсуҥ, оҕолоргутун, чугас дьоҥҥутун ол эрэ быыһыаҕа” диибин. Бу ыарыы өссө хас да сыл туруо диэн сабаҕалыыллар.

– Экэниэмикэҕэ охсуута хайдаҕый?

– Хоруона саамай улаханнык кыра, орто биисинэс эйгэтин оҕуста. Хааччахтан атыы-эргиэн, эрэстэрээн, киинэ уо.д.а. эйгэ элбэх дохуоту сүтэрдэ. “Соторутааҕыта Арассыыйаҕа барытыгар хааччахтааһыны уһуллулар, Саха сиригэр эрэ хаалбыт, тоҕо көтүрбэккитий?” диэн кириитикэлииллэрэ. Ону баара, ыарыы сүппэтэх, Москубаҕа, киин эрэгийиэннэргэ эмискэ өрө турда. Ханна барытыгар өссө кытаанах хааччахтааһын киирэн эрэр. Мин санаабар, биһиги орто сүнньүн тутуһан сылдьар сөптөөх быһаарыы ылбыппыт түмүгэр ыарыы соҕуруу курдук күүскэ тарҕанарын таһаара иликпит. Арыый сымнаҕас хааччаҕы киллэрэн, былырыын да, быйыл да барытын саппакка биисинэскэ охсуутун кыччаттыбыт. Экэниэмикэҕэ үчүгэйэ диэн, былырыыҥҥыттан АЛРОСА-быт үлэтэ көннө. Сыана үрдээтэ, алмаас атыыта оннугар түстэ. Атын салааларга аан дойду сыаната уларыйан, кыра ыарахаттар бааллар. Ол да буоллар улахан биисинэс үлэтин, миэстэтин сүтэриэ суоҕа. Бүддьүөт туолуутугар былырыыҥҥытааҕар эрэллээх соҕус олоробут.

e1703d64 2edc 4049 8122 37515965e332

– Олох, үлэ тохтообот, бэс ыйын саҕаланыыта биһиэхэ Ю.П. Трутнев кэлэ сырытта, Татарстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытылынна. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

– Полпред Ю.П. Трутнев кэлэн, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин бөҕөргөтөргө туһалаах элбэх мунньаҕы ыытта. ТОР-дарбыт сайдар бырайыактарын көрдө, хамсааһыннарын бэрэбиэркэлээтэ. Салгыы сайдалларыгар туруорсар боппуруостарбытын өйөөтө. Дьиэ тутуутугар улахан боппуруос көрүлүннэ. Саха сиригэр тутууну тэтимирдэргэ туох оҥоһуллуон, ханнык бырайыактар өйөнүөхтэрин сөбүгэр туһааннаах быһаарыылары ылан, улахан көмөнү оҥордо. Биир улахан боппуруоспут – элбэх тэрилтэ сир баайын хостуур лиссиэнсийэ ылан баран, дьарыктаммат. Сорохтор капитализацияҕа туһаналлар, сорохтор умнан баран, таах хаама сылдьаллар. Онон лиссиэнсийэ ыллахтарына үлэлиэхтээхтэр, үлэлээбэт буоллахтарына, судаарыстыбаҕа төннөрүөхтээхтэр диэн чуолкай быһаарыы таҕыста. “Сир баайын хостооччулар айылҕа харыстабылыгар, эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй олохторугар кыттыахтаахтар” диэн этиибитин өйөөтө. Биир уустук боппуруоспут 2016 с. ситэ илик Дьокуускай аэропордун балаһатын тутуу буолар. Бастакы бырайыак сыыһа буолан, хаттаан бырайыактанан, эспэртиисэ саҕаланна. “Росавиация” салалтата Дьокуускай аэропордун сабыахха диэн боппуруос кытта туруора сылдьыбыта. Ону утаран, улахан киирсии кэнниттэн Трутнев бу үлэ туолуутун хонтуруоллуох буолан, саамай сөптөөх быһаарыы ылылынна.

 Татарстаны этэр буоллахха, бырааттыы өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылыгар былырыын тиийиэхтээх этибит да, хоруона хамсыга туран, быйылгыга көспүтэ. Хамсыктан 2020 с. бэйэлэрэ да улаханнык бырааһынньыктаабатахтар, быйыл ол 100 сыллааҕы үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ салҕана турар. Биһигини бырааттыы өрөспүүбүлүкэ быһыытынан, доҕордоһуохтаахпыт, бииргэ үлэлиэхтээхпит диэн олус үчүгэйдик көрүстүлэр. 1996 с. кэннэ Татарстаны кытта сөбүлэҥ суоҕа, быйыл бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсэн, онно чопчу былаан оҥорсон кэллибит. Соҕотох култууранан эрэ буолбакка, экэниэмикэҕэ сүрдээх улахан болҕомто уурдубут. АйТи технологиялартан саҕалаан, т/х боппуруостарын, уустарбыт үлэлэрин хабан, улахан хампаанньаларбыт убатыллыбыт гааска тиийэ чопчу хайысхаларынан бииргэ тугу үлэлиэхпит сөбө барыта киирдэ. Ити олукка олоҕуран, салгыы улахан дуогабардар түһэрсиллиэхтэрэ. Кэлэр сылларга Татарстан курдук Арассыыйа сайдыылаах эрэгийиэнин кытта сибээһи бөҕөргөтөн, бииргэ үлэлиэхпит. Эһиил өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар Татарстантан улахан дэлэгээссийэ кэлэн култуураларын, ситиһиилэрин көрдөрүөхтэрэ.

– Урут биһиэхэ хостоммут сир баайа барыта таска барара. Оттон убатыллыбыт гаас экологияҕа буортута суох ыраас, кэлэр кэм оттуга буолла, Татарстаҥҥа курдук массыыналар, өрүс түргэн суудуналара, о.д.а. тиэхиньикэлэр гааһынан барар буоллахтарына, төрөөбүт сирбит баайа олохпутун, чахчы, киһи билбэт гына уларытыа. Хотугу завозтан бүддьүөт элбэх үбүн кэмчилиэхпит. Саамай сөптөөх хайысханы сайыннарар суолу тутуспутуҥ махталлаах дьыала.

– Убатыллыбыт  гааһы туттууну мин хаһыс да сылбын түргэтэтэ сатыыбын. Биһиги күүскэ дьарыктаныахпытын наада. Тоҕо диэтэххэ, наар тастан бэнсиин, кыраһыын, сэлээркэ тиэнэн олоробут. Сыл аайы бүддьүөт эрэ киэнэ буолбакка, тэрилтэлэр, чааһынай дьон харчылара, сөҕүмэр элбэх үппүт барар.

Урут ньиэптэн бэнсиин оҥорор собуоту туттарар ыра санаалаах этибит. Ол эрээри, биири өйдүөхпүтүн наада, биһиги усулуобуйабытыгар итинник собуот олус ночооттоох. Аны  ньиэппит оннук элбэх буолбатах. Сылга 16 мөл. т. кэриҥэ хостонор. Онон биһиэхэ саамай туһалаах уонна сөптөөх уматыкпыт – гааспыт эрэ. Убатыллыбыт гааһы оҥорорго кыра, 30 тыһ. т. оҥорор кыамталаах собуоттары тутуохха сөп. Мөлүйүөнүнэн туоннаны оҥорор наадата суох. Иккиһинэн, гааспыт бэйэбитигэр элбэх. Бэл, ньиэппитин хостуур улахан хампаанньалар билигин да аргыс гааһы таах уматаллар. Ити гааһы сөпкө туһанан уматык оҥостуохтаахпыт. Эһиил эспэримиэн быһыытынан Хачыкаат нэһилиэгин убатыллыбыт гааска көһөрүөхтээхпит. Ол табылыннаҕына, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи суоллар тастарыгар сытар гааһа суох нэһилиэктэри убатыллыбыт гааска көһөрүүгэ күүскэ үлэлиэхпит. Гаас киллэрэргэ турбаны тардыы олус ороскуоттаах. Биир биэрэстэни тутарга, көрүүлүүн-истиилиин сүүһүнэн мөл. үп барар. Гааспыт сыаната тоҕо үрдүүрүй? М.Николаев, В.Штыров саҕаттан тутуллубут гаас турбатын систиэмэтин барытын өрөмүөннүөххүн, көрөргө-харайарга дьону хамнастаан тутуоххун наада. Харчыны хантан ылыаххыный, тарыыбы эрэ үрдэтэҕин. 60-70-с сылларга тутуллубут турба тиһиктэрэ эргэрэн, дьэбиннирэн бүттүлэр, олору уларытарга үбү эмиэ тарыыптан эрэ ылаҕын. Нэһилиэнньэ элбэҕи төлүүр кыаҕа суох, ол иһин ордук биисинэскэ, тэрилтэлэргэ өтөр-өтөр үрдэтэн иһэргэ күһэллэҕин. Убатыллыбыт гааска көһүү хоту диэки бастаан табыллыбата буолуо, гаас көтүгэн, элбэҕи аҕала туруоххун наада, бэнсиин курдук илдьэн баран, хас эмэ сыл сытыарбаккын. Киин, илин эҥээр, Бүлүү улуустарыгар  гааһа суох нэһилиэк элбэх. Дьокуускайга уопсастыбаннай, анал тырааныспары гааска көһөрүөхтээхпит. Онно сөп түбэһэр саҥа тиэхиньикэни аҕалыахпытын наада. Татарстаҥҥа гааһынан барар саҥа, аныгы оптуобустары көрдүм, Европа экологияҕа ирдэбиллэригэр эппиэттиир гына оҥороллор эбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр массыынаны барытын убатыллыбыт гааска көһөрүү – сөптөөх бэлиитикэ. Бу хайысхаҕа күүскэ үлэлиэхпит.

– Эн Саха сирэ Хотугулуу Илин Азияҕа Арассыыйа форпоһа буолуохтаах диэн мэлдьи этэҕин. Мин көрдөхпүнэ, эргиллэ сылдьан, эргэни көннөрүү, абырахтааһын буолбакка, эйиэхэ бэрэспэктиибэлээх бырайыактар киирэллэрэ элбэх. Холобур, өрүстэри туоруур муосталар, убатыллыбыт гаас, креативнай экэниэмикэ – барыта сыыйа киирэн иһэр. Аҥаардас цифровизацияны да холобурга ыллахха, иллэрээ сыллаахха өйдөөбөт буоллахпытына, билигин ЗУУМ-нан эрэ быһаарсар, мунньахтыыр буоллубут. Өлүөнэни туоруур кылаабынай муостаны тутуу олохпутугар туох уларыйыыны киллэриэй?

– Муостабыт тутулуннаҕына, олохпутугар, экэниэмикэбитигэр сэрэйэн да билбэт саҕахтарбыт арыллыахтара. Саха сирэ үлүгэрдээх кыахтаах, сирин баайынан эрэ буолбатах. Сайдар кыаҕынан, тырааныспар  логистикатын өттүнэн да буоллун, чахчы, Арассыыйа хотугулуу-илин өттүн киинэ буолабыт. Ону эбэбит ортотунан хайа охсон сытар. Урут, сайдыы тэтимэ бытаан эрдэҕинэ, муоста тутуута баҕалаах гынан баран, тыын боппуруос буолан көстүбэт этэ. Билигин көрөрбүнэн, биһиги курдук түргэнник сайдан, кыаҕыран эрэр өрөспүүбүлүкэҕэ муоста тутуута тыын кыһалҕабыт буолла. Муоста суолтата өрүс икки кытылын эрэ сибээстиир буолбатах. Бүлүү, Алдан муосталара тутулуннахтарына, Сахабыт сирин барытын кыһыннары-сайыннары сылдьар суолларынан холбуубут. Биир ситимнээх улахан территория буолар кыахтанабыт. Муоста Саха сирин барытын холбоотоҕуна, саҥа кынаттанан, өссө үрдүк чыпчаалга тахсар кыахтанабыт. Сорох экэнэмиистэр ааҕалларынан, соҕотох муоста тутуллуутуттан баалабай ис бородууктабыт сыл аайы 3-түү бырыһыан эбиллиэ. Билигин 1,2 триллион солк., сыл аайы аҥаардас муостаттан 35-тии млрд солк. үүнэр кыахтанабыт. Хотугу завоз Киин Саха сиригэр суох буолуоҕа, хоту эрэ ыытар таһаҕаһы хаһаанар, мунньар кыһалҕа хаалыа. Ону даҕаны Дьокуускайга мунньан ыытыахпыт. Уруккулуу Усть-Кукка мунньан, атын эрэгийиэҥҥэ харчы төлүүрбүт тохтуоҕа. Чахчы, сүрдээх улахан кэмчилээһин тахсыаҕа. Бэрэсидьиэммит В.В. Путин Саха сиригэр Өлүөнэ муостата экэниэмикэ, социальнай эйгэ, дьон олоҕун тупсарыыга саамай наадалаах бырайыак буоларын өйдөөн, өйөөн тутуллан эрэр. Төһө да быһаарыы баар буоллар, утарсыы, муостабыт үбүн былдьаһыы билигин да сүрдээх күүстээх. Улахан үбү тардыалаһар бырайыак Арассыыйаҕа элбэх. Москубаҕа, бэл, сорох улахан салайааччылар “Саха сиригэр нэһилиэнньэҕит аҕыйах, былыр-былыргыттан кыһыҥҥы суолунан олорбуккут, билигин да оннук олоруҥ ээ, туоххут муостатай” диэн сайдар суолбутун бүөлүү сатыыллар. “Ыраах сытар Саха сирэ хайдах киин эрэгийиэннэр иннилэригэр түһэн, бэйэтэ бырайыактанан, туруорсан, дойду салалтатын иннигэр сатабыллаахтык көмүскээн  муоста туттарый?” диэн күнүүлээччи, үбү былдьаһааччы, ордук санааччы элбэх. Онон биһиги сүрүн кыһалҕабытын быһаарары өйөөбүт дойду салалтатыгар, В.В. Путиҥҥа улаханнык махтаныах тустаахпыт.

– Саха сирин Төрүт сокуонугар уларытыы киирдэ. Туох уларыйарый, туох саҥа киирэрий?

– Былырыын Арассыыйа норуота референдумҥа 70-тан тахса бырыһыан куоластаан, дойду Төрүт сокуонугар уларытыылар киирбиттэрэ. Биһиги Төрүт сокуоммут онно сөп түбэһэр гына уларыйыахтааҕа. Арассыыйа Төрүт сокуона дьиҥнээх социальнай ис хоһооннонно. 1993 с. Төрүт сокуон социализм ыһыллыытын, хапыталыыһым киириитин кэминээҕи буолан, аан дойду нуормалара өрө тутуллубуттара, социальнай көмүскэл туһунан тыл аҕыйаҕа. Саҥа уларытыыларынан Төрүт сокуоммутугар гражданнар социальнай эйгэҕэ бырааптарын, холобур, олоҕу, ыалы, оҕону көмүскүүр элбэх ыстатыйа киирдэ. Дьон социальнай эйгэ көмүскэлэ күүһүрэрин сөпкө өйдөөтө. Конституционнай сууттары эттэххэ, субъектарга барыларыгар суох буоллулар. Саха сиригэр Төрүт сокуону эрэ хаалларан баран, үөскээбит боппуруостары суут нөҥүө быһаарсыахпыт диэн, тугу да оҥостумуохпутун сөбө. Ол эрээри национальнай өрөспүүбүлүкэбит, сирбит да улахан, сирбит баайа да элбэх. Ол иһин Төрүт сокуону көрөр-истэр, нуормаларын быһааран биэрэр, ханнык баҕарар уустук боппуруоска хайыҥ охсунар тэрилтэ син биир наада буолар, ол иһин Сүбэ тэрилиннэ.

– Бары хамнастаах буолаллар дуо?

– 9 киһиттэн 4-дэ босхоломмут, хамнастаах буолуохтара. Кинилэр бүгүҥҥү сокуоннар, уураахтар, муниципалитеттар быһаарыылара Төрүт сокуоҥҥа төһө сөп түбэһэллэрий диэн көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Суут курдук уураахтаабаттар эрээри, Ил Дархаҥҥа, бырабыыталыстыбаҕа, муниципалитекка быһаарыыларын ыытан билиһиннэрэллэр. Ити – саамай наадалаах үлэ. Төрүт сокуоммутун көрө-истэ, онно тирэҕирэ сылдьыахтаахпыт. Бырабыыталыстыба былаас үрдүкү уорганынан биллэрилиннэ. Бу уларытыы киириитэ ситэриилээх былааһы күүһүрдүү, боломуочуйалары тыырсыыны сааһылыыр, эппиэтинэһи үрдэтэр ис хоһоонноох.

– Т/х үбүлээһин саҥа мэхэньиисимэ киирбитэ сыл аҥаара буолла. Саха ынаҕын иитэр дьон өттүттэн эттэххэ, бары бу мэхэньиисими сөбүлээтилэр. Саҥа мэхэньиисим хайдах киирэн иһэр дии саныыгыный?

– Мин саамай сөпкө гыммыппыт диэн, санаам бөҕөргөөн иһэр. Тоҕо диэтэххэ, дьокутааттар, тэрилтэ салайааччылара, саҥараллара биир, куолуһуттар атыны кэпсииллэр. Оттон миэхэ социальнай ситиминэн быһа элбэх киһи суруйар, ыйыталаһабын. Мэхэньиисими кэтэх хаһаайыстыбалаахтар, кэпэрэтииптэр даҕаны, бары бэркэ сэҥээрбиттэр. Кэтэх хаһаайыстыбалаах элбэх киһи “хаһан да ылбатах харчыбын ыллым, маннык буолуо диэн санаабат да этим, үөрэн махтанабын” диир. Урут үүт харчытын ылбыттара 1/3 араас төлөбүргэ барар эбит. Ол аата мин ити мэхэньиисиминэн тыа сиригэр олорор дьон дохуоттаныан баҕарбытым туолан иһэр. Дьон билигин эрэ илиилэригэр ботуччу уу харчынан ыллылар. Ону таһынан баһылыктар үчүгэйдик үлэлиир сирдэригэр, кэпэрэтииптэри тэрийэн, үүттэрин 10-30 солк. туттаран, атыыга таһааран эрэллэр. Ити – ыраас харчынан киирэр эбии дохуот. Сүөһү иитэр, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар бары сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри өрөбүлэ, сынньалаҥа суох үлэлиир сүрдээх үлэһит дьон, дохуоттара үрдүү туруохтаах. Сорох дьон харчыларыттан ордорон сибиинньэ, куурусса иитэн, ким тэпилииссэ кэҥэттэн, эбии дохуоту таһаарыныыга үлэлээн бардылар. “Үүт припискатын” боппуруоһугар төнүннэххэ, мин билигин уруккулуу “эбии суруйуоххут” – барыта көстөн кэлиэҕэ  диэн сэрэтэ сатаабытым. Билигин цифровизация үйэтэ, “Меркурий” систиэмэтэ киирэн, ким төһөнү ыыра, төһөнү туттарара, туттарыахтааҕа, төһөнү ыахтааҕа барыта биллэ олорор. “Туораттан кэтэх ыалтан үүт туппут курдук исхиэмэни оҥоруохпут, судаарыстыбаттан икки төгүл элбэх харчыны эргитэн ылыахпыт” диэччилэр билигин да бааллар. Бэл, кимнээх буолаллара кытта биллэр. Ол дьон судаарыстыбаны албынныылларын тохтоппотохторуна, эппиэккэ тардыллыахтара. Өссө төгүл этэбин: барыта көстөн олорор. Биһиги бу саҥа систиэмэни судаарыстыбаттан харчы уордараары буолбакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөөрү оҥорбуппут. Уорар дьон кытаанах эппиэккэ тардыллыахтара. Урукку көдьүүһэ суох систиэмэни хааллара сатаан араас кириитикэни таһаарар дьон биллэллэр. Мин өссө төгүл этэбин, саамай үөрэрим – үлэлии сылдьар дьон “саамай сөпкө гынныҥ” диэн суруйаллар. Мэхэньиисими салгыы чочуйуохпут, сайыннарыахпыт.

–  “Кыым” былаһааккатыгар бу күннэргэ сылгыны иитиигэ дьокутаат М.Христофорова төгүрүк остуолун ыытыахтаахпыт. “Сылгы бөһүөлэккэ киирдэ, сылгы иитиитин сааһылыахха” диэн туруорсуу элбэх. Ынах сүөһүнү иитиигэ киирбит саҥа мэхэньиисим курдук сылгыбыт иитиитин өрө тардыыга туох санаалааххыный?

– Сылгыбыт, кырдьык, элбээн турар. Саамай сүрүн сорукпут “бүгүн сылгыттан ылыллар бородууксуйаны хайдах элбэтэбитий, батарыытын хайдах кыайабыт?” диэн боппуруоһу быһаарыы буолар. Билигин этин эрэ оҥоробут. Оттон бэйэбит сылгыбыт саҕа ураты дьиэ кыыла суох, туга барыта харчыга турар кыахтаах, эмп, БАД оҥоруохха сөп диибит, үөрэтии, чинчийии бөҕөтө. Ол эрээри, дьиҥнээхтик туһаҕа таһааран, сылгы иитэр дьон дохуотун элбэтиигэ, сылгыбыт этин экспорга таһаарар ырабыт туоларыгар ситиһиибит суох. Судаарыстыба быһыытынан, бу хайысханы күүскэ ылсан үлэлиэхпитин наада. Сылгыны иитиигэ сылгы базаларын тутууну күүһүрдэн, дьоҥҥо тиийэр гына оҥоруохтаахпыт.  Куораппыт, бөһүөлэктэрбит иһигэр сылгыларбыт хаама сылдьаллара сыыһа, сылгы куттаахпыт диир саха дьонугар кыбыстыылаах. Бу салаа сайдарыгар сылгыһыттары, хаһаайыстыбалары кытта элбэх үлэ күүтэр, салаа күүскэ өйөнүөхтээх. Биһиги, судаарыстыба быһыытынан, сылгыбытыттан ылыллар бородууксуйаны элбэтэн аан дойду ырыынагар таһаарар  стратегическай сыалы-соругу хайдах толоробут диэн толкуйдуохтаахпыт.

– Ол аата ырыынак эриэлсэтигэр көһөрүү ситиһиллиэхтээх буоллаҕа.

– Оннук, сылгы иитиитэ ырыынакка толору көһөр кыахтаах. Биһиги дьоммут өссө хайдах үлэлээн улахан барыһы ылалларыгар усулуобуйа тэрийиэхтээхпит.

– Сүөһүбүтүн, сылгыбытын элбэтэргэ аһылык базатын оҥоруу улахан кыһалҕа, сир үлэтин хайдах тупсарабыт?

– Ити эн миигиттэн  тыа хаһаайыстыбатын миниистириттэн ыйытар курдук, саҥаран бардыҥ. Миниистирдэр эппиэтинэстэрэ ити боппуруоһу быһаарыыга сытар. Сүөһүнү-сылгыны аһаппакка бородууксуйа ылбаккын. Кумааҕыга биир ынахтан 3 тыһ. кг үүтү ыыр курдукпут, дьиҥэ, 800 кг эрэ. “Ынах үүтэ – тылыгар” диибит да, кэлин найыланан, сорох дьон оттообот да буолла. Хантан эрэ Кэбээйиттэн дуу, Ньурбаттан дуу тиэйэн аҕалыҥ диэн, быар куустан олорооччулар баар буоллулар. Сири оҥорон сүөһү аһылыгын элбэтиигэ т/х министиэристибэтэ сөптөөх быһаарыыны ылан, улахан үлэни ыытыахтаах.  Судаарыстыба эрэ оҥоруохтаах диэн буолуо суохтаах, биисинэс да кытыннын. Ол гынан баран биисинэскэ, холобур, эн комбикорм собуотун туттаххына, бачча туонна уотурбаҕын бачча сыанаҕа ылыахпыт диэн чуолкай мэктиэ бэриллиэхтээх. Билигин биһиэннэрэ “тутар буоллаххына тутун ээ, турдун, кэлин көрүөхпүт” диэн сыһыаннаахтар. Ол иһин ТХМ сүрүн ыстаап курдук үлэлиэхтээх. Барытын тыыран, салайан, маннык буолуохтаах диэн быһааран, дьон күүһүн, эньиэргийэтин былааннаммыт хайысхаларынан ыытан, чопчу төһө, ханнык бородууксуйа ылыллыахтааҕын былааннаан үлэни тэрийиэхтээх. Ол туолуутун муниципалитеттары, тэрилтэлэри, дьону кытта үлэлээн ситиһиэхтээх, үлэни ирдиэхтээх.

– Сэлээннэһии элбэх. Быһаас дьон тыаттан 35 тыһ. аҥаара эрэ кэллэ, сорохтор хойутаата диэбиттэригэр ТХМ-тан тоҕо оннугун ыйыппыппар “улуустарга ыыппыппыт, боломуочуйабыт бүтэр, салгыы улуустар дьаһайаллар, олортон ыйыт” диэн хардарбыттара. 

– Сөпкө этэҕин, харчыны түҥэтэр эрэ курдук олорор сыыһа. Сорох тэрилтэбит итинник үлэлиирин олох сөбүлээбэппин. Салайар үлэ харчыны түҥэтии,  ханнык тиэхиньикэни хантан ылары ыйа олоруу буолбатах. Министиэристибэлэр дьону дохуоттуур, дьон олоҕун тупсарар соругу ситиһэр ыстаап курдук үлэлиэхтээхтэр. Түҥэтиигэ кыттыа да суохтаахтар.

– Чахчы, ыстаап курдук үлэ суох.

 – Кэпсэтиибитин баһаартан саҕалаабыппыт дии, биһиги федераллары кытта бу баһаар эһиэнэ, биһиэнэ диэн бырахса олордохпутуна, баһаар тахса туруо. Миниистир Александр Козлов саҕалаабытын өйүүбүн, дьонугар барыларыгар “Саха сирин баһаардарын Саха сирин эппиэтинэһэ диэн олорумаҥ, бары бииргэ саба түһэн умуруоруохтаахпыт” диэн саамай сөптөөх позицияны тутуһар. Биһиги эмиэ – улуус, ТХУ эппиэттиир, бу нэһилиэк, ол тэрилтэ киэнэ диэн эппиэтинэһи найылаһа олордохпутуна, туох да үчүгэй түмүк тахсыа суоҕа. Былаас,  дьиҥинэн, биир. Ол иһин Төрүт сокуон уларыйыытыгар бэйэни салайыныыны уопсай былаас систиэмэтигэр киллэрдилэр. Урут хайдаҕай? Куораттарынан, нэһилиэктэринэн “бу мин сокуоҥҥа ыйыллыбыт боломуочуйам буолбатах – эйиэнэ” диэн  төттөрү-таары бырахсыы элбэҕэ. Дьиҥэр, олох ирдэбилэ биир, былаас дьон олоҕо тупсарын ситиһэр соруктаах.

– Сааһырбыт элбэх киһи биэнсийэҕэ таах олорбокко, кыайарбынан үлэлиэ этим диир. Итинник социальнай бырайыагы тэрийиини туох дии саныыгын?

– Ити этэриҥ аан дойду үрдүнэн кыһалҕа буолан эрэр. Мэдиссиинэ сайдан, олох тупсан, дьон үйэтэ уһаата. Саха сиригэр бу кэлин кыра кэмҥэ дьон орто үйэтэ сэттэ сыл эбилиннэ. Кэлэр 10 сылга өссө сэттэ сыл уһатан, 80 сааска тиэрдээри гынабыт.  Аныгы кэм уратыта диэн, киһи үксэ 60-70 сааһыгар диэри доруобай, өйдөөх, үлэлиир кыаҕын ыһыктыбакка, кырдьыыга бэриммэккэ сылдьар. Ол иһин аан дойдуга бу дьону хайдах дьарыктыыбытый диэн боппуруос бөлүһүөпүйэ да өттүнэн, экэниэмикэҕэ да кыһалҕа буолан турар. Урукку үлэ парадигмата киһи 60-сааһын туолла да, сынньаныахтаах, дьиэтигэр олоруохтаах диэн этэ. Билигин 60-наах дьон ортолоругар үлэлиэхпитин, бэйэбитигэр, уопсастыбаҕа туһалыахпытын баҕарабыт диэччи элбэх. Бу дьону дьарыктыыр кыһалҕа Арассыыйаҕа саҕаланна. Судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспаҕа үлэ сааһа 65-ка диэри үрдээтэ. Арассыыйаҕа Үлэ министиэристибэтэ дьон биэнсийэҕэ тахсан үлэлииллэригэр бэлэмнээн, 50 саастаахтары аныгы идэлэргэ үөрэтэргэ харчы көрөн эрэр. Элбэх кэпсэтиини тэрийэн, үөрэтэн судаарыстыба туох өйөбүл оҥоруон сөбүн өйдүөхпүтүн, быһаарыахпытын наада. Баҕар, биисинэс-инкубатор арыйыахпыт.

– Ыһыаҕынан дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?

– Туймаадабыт быйылгы ыһыаҕа иккис сылын хамсыктан хааччахтаммытыттан бары хомойобут. Улуустарга ыһыахтара эмиэ онлайн ыытыллаллар. Өлүөхүмэҕэ Олоҥхобут ыһыаҕын тастан аҕыйах ыалдьыттаах ыытыахпыт, хамсыктан харыстанар социальнай быраабылалары тутуһуу кыалынна. Өлүөхүмэлэр маладьыастар, ирдэбилгэ эппиэттиир вакцина ылыытын ыытаннар, бэйэлэрин истэриттэн ыалдьыы суох.

Ыһыах – саха дьонугар олох үтүө өттүгэр уларыйарыгар, уйгу-быйаҥ элбииригэр түөрэх түһэрэр күүтүүлээх кэммит. Онон бу сайыммыт баһаара аҕыйах буоллун, өҥ сайын кэллин, от, сир аһа, оҕуруот аһа, бурдук үчүгэйдик үүннүн, алаас-сыһыы ахсын хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит элбээтин диэн баҕарабын. Хоруона хамсыгын ыарахан кэмин бастакы сылын бары бииргэ сомоҕолоһон этэҥҥэ туораатыбыт, салгыы түмсэммит, хайдыспакка Сахабыт сирин сайыннарыаххайыҥ, өссө күүһүрэн иһиэххэйиҥ. Эһиил биһиэхэ өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сыла туолар сүрдээх улахан суолталаах ыһыаҕа буолуоҕа. Мин өрөгөйдөөх ыһыахпытын хааччаҕа суох олус үчүгэйдик тэрийэн, тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн сыл устата үрдүк таһымҥа ыытыахпыт диэн бигэтик итэҕэйэбин.

– Айсен Сергеевич, олус киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох интервьюҥ иһин ааҕааччылар ааттарыттан махтанабын. Норуотуҥ туһугар кэскили түстүүр күүстээх үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Владимир Степанов.

Ил Дархан пресс-сулууспатын хаартыскалара

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 2769 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 84
Ыалдьыттар (гостей): 84
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024