Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Алтынньы » 6 » Розалия БРАВИНА: “Саха эр дьонун 80% биир киһиттэн төрүттээх”
Розалия БРАВИНА: “Саха эр дьонун 80% биир киһиттэн төрүттээх”
18:31

Розалия БРАВИНА: “Саха эр дьонун 80% биир киһиттэн төрүттээх”

20.11.2017 09:31 29 Истэ-билэ сылдьаргыт буолуо, Саха Республикатын судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар анаан “Саха сирин историята” диэн үс туомнаах баараҕай научнай үлэ бэчээттэнэн тахсыахтаах.
Розалия БРАВИНА: “Саха эр дьонун 80% биир киһиттэн төрүттээх”

Бу кинигэҕэ Саха сирин уонна манна олорор  олохтоох омуктар историяларын саҥаттан анааран көрүүлэр, сонун матырыйааллар, арыйыылар бэчээттэниэхтэрэ.

“Аартык.ру” кинигэ биир ааптарын, чуолаан археология өттүн иилээн-саҕалаан үлэлэтэ сылдьар учуонайы история наукатын доктарын, профессор Розалия БРАВИНАНЫ кытары сэһэргэстэ:

—          Розалия Иннокентьевна, история науката саамай идеологияҕа, политикаҕа бэринимтиэ наука салаата диирбит хайдаҕый?

—          Ити этии гражданскай историяҕа сыһыаннааҕа буолуо. Оттон биһиэнэ – археология — былыргы олоххо дьон илиилэринэн тутан-хабан онорбут, туттубут малларын үөрэтии буолан,  баҕарбыккынан өрө-таҥнары туппаккын.

—          Олохтоммут “историческай көрүүнү” утарар археологическай көмүүлэри кистээһин, төттөрү көмөн кэбиһии баар диэн этэллэр. Холобурга сыһыаннаан,  нуучча норуотун төрдүн-төбөтүн үөрэтиигэ.

(М. Задорнов “Рюрик. Потерянная быль” документальнай киинэтигэр ол туһунан кэпсэнэр – аапт. быһ.) .

—          Биһиэхэ оннук кистиэх айылаах ыһылла сытар памятникпыт  суох. Билигин да нэһилиэнньэбит ахсаана кэмчи, урут да аҕыйах дьон онон-манан бытанан, тарҕанан олордохторо. Ону көрдөөн, туох эмэ кыраны да буллахпытына, барыта биһиэхэ сонун, күндү, суолталаах. Ардыгар сайыны супту хааман баран, ытыс да сотторуҥ баар. Атын сирдэргэ, холобур, Байкалга, Алтайга, Приамурьеҕа археология памятниктара элбэҕэ, дьоһуна… ити курганнара, таас чочуйуулара, түҥ былыргы бөҕөргөтүүлэрэ, куораттара баһаамнар буоллаҕа.

— Саха сирин историята бүтэһиктээҕин хаһан суруллубутай?

— “История Якутии” бастакы туома 1955 сыллаахха бэчээттэммитэ. А.П. Окладников докторскай диссертацията этэ. Ол кэнниттэн элбэх бириэмэ ааста. Саҥа арыйыыылар баар буоллулар, саҥа көлүөнэ учуонайдар — археологтар, этнографтар, фольклористар, историктар таҕыстылар. Наука ситиһиитэ, сайдыыта балысханнык барда. Историяны кырдьыктаахтык арыйарга, анааран сырдатарга, мин санаабар, сүрдээх киэҥ саҕахтар аһылыннылар. Холобур, урут археологияҕа, 60-70-80 сс. диэри, көмүүлэри ойуулуур-дьүһүннүүр эрэ ньыма бара – “описательный метод”. Бу киһи маннык олохтоох эбит, маллаах-саллаах, иһиттээх-хомуостаах, таҥастаах-саптаах…  Билигин комплекснай чинчийии барар. Ол аата объегы туох баар бары өттүттэн үөрэтии, ырытыы  барар. Холобур, металлтан оноһук састааба хайдаҕый, хантан хостоммут тимирий, туох-ханнык технологияны туттан онорбуттарый диэн.

«Саха сирэ хаһан да иччитэх буолбатах этэ»

Бравина Р.И.:

— Радиоуглероднай анаалыс памятник даататын чопчу быһаарар буолла.  Урут радиоуглероднай анаалыс киэҥник туттулла илигинэ, археологтар көмүү даататын бэйэлэрэ саба быраҕан этэллэрэ. Холобур, археолог Иван Константинов «Материальная культура якутов XVIII века” үлэтигэр, көмүүлэргэ сукуна таҥас, оҕуруо баар буолла да, барытын XVIII үйэ кэннинээҕи диирэ. Нуучча кэлбитин кэннэ сукуна, оҕуруо баар буолбута диэн өйдөбүлтэн.

Билигин радиоуглеводороднай анаалыс түмүгэ көрдөрдө — оҕуруо, сукуна XIII -XVI үйэлэрдээҕи көмүүлэргэ эмиэ баар. Аны сукунабыт араастаһар – кытай уонна английскай сукуна диэҥҥэ. Оҕуруобут букатын даҕаны кытайы ааһан венецианскай өстүөкүлэттэн кытары оҥоһуллубут буолан таҕыста.

—          Ол аата…?

—          Ол аата Саха сирин территорията түҥ былыргыттан хаһан да кураанах, түҥкэтэх сир буолбатах этэ. Нуучча быдан кэлиэн иннинэ кэлии-барыы, айан-сырыы, эргиэн  баара. Ол ону эрдэтээҥҥи памятниктар дакаастыыллар. Холобур, Өлүөхүмэҕэ көстүбүт Улахан Сэгэлэннээх диэн элбэх култуура араҥалаах памятникка III-IV үйэтээҕи кытай манньыаттара, дьиэ оҕуһун уҥуоҕа көһүннэ. Ол аата 1500 сыл анараа өттүгэр, ынах сүөһүлээх дьон кэлэ сылдьыбыттар.

Сахалар дьүһүннэрэ

—          Түҥ былыргы сахалар хайдах дьүһүннээхтэрэ буолла?

—          Антропологическай чинчийиини Томскайга ыытан оҥотторобут. Сүнньүнэн, XIV-XVII үйэтинээҕи көмүүлэртэн булуллубут уҥуохтартан сиэттэрдэххэ, оччотооҕу сахалар үс араас көрүҥнээхтэр эбит.  Монгуоллуу типтээх – аныгы буряттарга майгынныыр — Омоҕойуҥ сырыттаҕа. Иккис – буккаас, бааһынайдыҥы көрүҥнээх дьон. Үһүйээннэргэ “татаардыы тыллаах” Эллэй дэнэр дьоммут буолуохтара. Уонна үһүс – тоҥустуу дьүһүннээх дьон.  Ити матырыйааллар барыта, графическай уруһуйдаах кинигэҕэ киириэхтэрэ.

—          Оттон хааннарынан анаалыс тугу көрдөрөр?

—          Биологическай наука доктора С.А. Федорова салалтатынан ыытыллар генетическэй анаалыс көрдөрөрүнэн, саха эр дьонун 80% биир киһиттэн төрүттээх. Бу киһи сыдьааннара 1,5 тыһыынча сыл анараа өттүгэр тарҕаммыттар. Ити кэмҥэ саха тыла атын түүр омуктар тылларыттан арахсыбыт, онон ити кэмтэн саха норуота үөскээн барбыт буолуохтаах. Ордук элбэхтик ити хаан XII-XIII үйэлэргэ элбээбит.

Араҥастар

—          Кинигэ 2022 сылга бэчээттэнэн тахсыахтаах. Билигин үлэ ханнык түһүмэҕэр тиийдэ?

—          Кинигэ бастакы туомун аҥаара – археологияҕа, иккис аҥаара – этнографияҕа сыһыаннаах. Билигин сүнньүнэн суруйуута бүтэн, Москвага, Санкт-Петербурга, Новосибирскайга рецензияҕэ ыыттыбыт. Сорох рецензия кэллэ. Дьэ, билигин, аны итэҕэһи-быһаҕаһы көннөрүү, сиппэтэҕи ситэрии, кылааккайдааһын барыахтаах. Итини таһынан иллюстрационнай матырыйаалы бэлэмниэхтээхпит. Саҥа кинигэҕэ олох саҥа, хаачыстыбалаах  иллюстрациялары киллэрэр курдук толкуйдуубут. Онно Россия, аан дойду музейдарыгар харалла сытар экспонаттар эмиэ туттуллуохтара. Эһиилги сыл онно ананар буолуохтаах.

—          Салгыы?

—          Үлэ элбэх. Ил Дархан редакционнай сэбиэт председателэ буолар. Кини археологтарга туһаайан салгыы үлэлээҥ, билигин да бириэмэ баар диэн эппитэ. Соторутааҕыта Намҥа туох да сүрдээх интэриэһинэй, эрдээтэҥи Кулун атах  култуурата көһүннэ. Итини таһынан, хоту улуустарбыт кыайтарбакка сыталлар – Өлөөн, Муома, Анаабыр, Халыма. Өлөөҥҥө олох үөрэтиллэ илик араҥастар бааллар. Никита Деевич Архипов наука доктора, археолог этэр ээ, атахпар тура сылдьар кэммэр Өлөөҥҥө баар араҥастары үөрэтиҥ, ыйан-кэрдэн биэриэм диэн.

—  Хоту айана, айылҕата уустук буолуохтаах.

—          Барыахпытын наһаа баҕарабыт. Хоту экспедиция тэрийэр уустук. Онно сыттаҕа эбээт таас, эрдэтээҥҥи тимир үйэ көмүүлэрэ. Үп-харчы булар киһи… Аны, хоту үксүгэр өрүһүнэн сырыы, айаныҥ уу туһэриттэн-тахсарыттан тутулуктаах.

 

Саха — төрүт омук

—          Розалия Иннокентьевна, оччотугар эргийэн кэлэн ыйыттахха – сахалар манна үөскээбит төрүт олохтоох омукпут?

—          Төрүт олохтоох омукпут. Ол туһунан наука өттүттэн барытын анааран,  дакаастаан суруйдубут. Урукку сахалар ӨБҮГЭЛЭРИН туһунан суруллубут үлэлэри холбоон туран, бэйэбит саҥа, кэлиҥҥи наука арыйыыларыгар тирэнэн туран итинник түмүгү оҥордубут.

—          “Кэлиилэр” диэн этии политическай ис хоһоонноох этэ?

—      Өссө Г.В. Ксенофонтов 1930-с сылларга саха норуот быһыытынан Саха сиригэр үөскээбитэ диэн суруйан турар. Түүр, монгол тыллаах аҕыйах дьон кэлэн, маннааҕы төрүт норуоттары кытта буккуһан, биир хаан тардан, сылгы-ынах сүөһүтүн  хоту тыйыс айылҕалаах сиргэ ууһатан, өбүгэ култууратын сүтэрбэккэ, салгыы сайыннаран, биир сомоҕо норуот буоллахпыт. Биллэн туран, төрүт силиспит, култуурабыт сүнньэ, тылбыт — түүрдэр. Сүөһү-сылгы култууралаах омук буоллахпыт. Генетиктэр эмиэ хакастарга, алтайдарга, туваларга майгыннаталлар. Ол гынан баран, соҕуруу төрүттэрбит кураанах, иччитэх дойдуга кэлбэтэхтэрэ. Манна таас үйэ саҕаттан араас биис дьоно баара. Омоҕой, Хоро, Эллэй манна кэлэн баран кимнээҕи көрсүбүттэрий диэн ыйытыы турар.

—          Саха  сирэ кураанах буолбатах этэ диэн этиигин “Дириҥ үрэхтээҕи” Юрий Мочанов хаһыылара да туоһулуур буоллахтара?

—          “Дириҥ үрэх” култуурата — сүрдээх улахан арыйыы. Даататыгар мүккүөр баар этэ. Билигин  500 – 300 тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи култуура диэн быһаардылар.

—          Ол даҕаны олус элбэх.

—          Олус элбэх! Сааһа “эдэримсийбитэ” “Дириҥ Үрэх” суолтатын ханан даҕаны, кыырпах да саҕа күлүгүрдүбэт. Оннук улахан, сүдү суолталаах арыйыы буолар.

Туймаадаҕа көстүбүт археологическай булумньу.

—          Археология чахчыларын хайдах да  уларытар кыах суох диэтиҥ

—          …Хайдах да уларыппаккын. Бу кэлин этэн эрэллэр: “Археология – аҥаардас гуманитарнай наука буолбатах, естественнэй наукаҕа ологурар”, — диэн. Эмиэ да сөп, тоҕо диэтэххэ, археологияҕа точнай наукалар — физическэй, медико-биологическэй,  химическэй, генетическэй туттуллар буоллулар. Медико-биологическай анаалыс киһи туох ыарыылааҕыттан саҕалаан, бэл, тииһин эмалын туругуттан көрөн, ыас ыстыырыгар тиийэ быһааран биэрэр. Наука оннук буолан турар. Өссө сайдан иһиэ.

 

Норуот кырдьыктаах историяны ирдиир

—          Иккис, үһүс туомнар туох туһунан буолаллар?

—          “Саха сирин историятын” иккис туомугар нуучча кэлиэҕиттэн ХХ үйэҕэ диэри кэм сырдатыллар. Урут архыыпка кистэлэҥҥэ сыппыт матырыйааллар аһылыннылар. Ааҕарга интэриэһинэй буолуо дии саныыбын. Үһүс туомҥа —  ХХ-ХХI үйэлэрдээҕи история киириэҕэ. Урут ХХ үйэ историята сэбиэскэй идеология хараҕынан көрөн суруллубут буоллаҕына, билигин кырдьыгынан, аһаҕастык суруллар.  Маннык улахан үлэ барарыгар туох да улахан үп-харчы эрэйиллэр. Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов быһаччы дьаһалынан правительство үп көрөн күүскэ үлэлээтибит. Кыахпыт тиийэринэн экспедицияларга сырыттыбыт, саҥа памятниктары арыйдыбыт, элбэх чинчийиини ыыттыбыт. Маннык улахан бырайыакка кыттыы эппиэтинэстээҕин өйдүүбүт.

Уопсайынан, бу кинигэ уратыта диэн ойуччу Саха сирин эрэ буолбакка, оччотооҕу аан дойду историятыгар сыһыаран, хайа кыалларынан объективнайдык уонна аһаҕастык сурулла сылдьар. Норуот биһигиттэн кырдьыгы ирдиир. Ол иһин бу кинигэ тахсарын киһи барыта күүтэр.

***

Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,

“Аартык.ру”.

Category: История, философия | Views: 2300 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024