СЫЫЛЛА СЫЛДЬАР СЫМЫЙА
Хомойуох иһин, кырдьык кыайан кылбайар да түбэлтэтигэр сымыйа хайаан да кыбыллар адьынаттаах. Сыа быыһыгар былчархай кыбылларын курдук. Былчархайы өйдөөн көрөн ылҕаан ылан быраҕар үгэс баарын иһин, сороҕор күөскэ киирэн хаалан миини буортулуур.
Саха сиригэр айылҕа харыстабылыгар турунуу Бүлүү өрүскэ олорор борустуой дьонтон саҕаламмыта, үөһээ былаас этиитинэн буолбакка. Ол кэмтэн отуттан тахса сыл-хонук ааста. Алын араҥа модьуйуутун кэнниттэн төһөлөөх экспедиция, научнай чинчийии ыытылынна? Киин сир наукатын биллиилээх учуонайдара ааттаах-суоллаах институттарыттан кэлэн чинчийэн тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо туох хоромньу тахсыбытын араас отчуоттарыгар суруйдулар, омук сиригэр кытта дакылааттаатылар. Ону баара, аны-аныаха диэри кубулдьутар, дьону албынныы сатыыр адьынат таһаарылла турар. Онуоха холобур быһыытынан СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтин миниистирин бастакы солбуйааччы С.И.Яковлев РФ Айылҕа ресурсаларын уонна экология министиэристибэтин солбуйааччы В.А.Лебедевкэ саахаллаах ядернай эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэрии (реабилитация) 6 сыл ааспытын кэннэ ыыппыт суругун аҕалыахха сөп. Маны ааҕаат Байкалы көмүскээбит улуу суруйааччы Валентин Распутин “былаас ардыгар норуотун утары үлэлиир курдук” диэн эппиттээҕин саныы түһэҕин. Сурук Маалыкай учаастактааҕы кылаабынай бырааһын, РФ үтүөлээх бырааһын, Ньурба улууһун ытык олохтооҕун Н.Николаев В.Путиҥҥа суруйбут суругун (03.03.2014 с.) кытта сибээстээх. Николай Наумович Марха өрүс киртийиитин, ядернай эһиилэр саахалларын туоратыыга үлэ мөлтөҕүн, дьон доруобуйата айгыраабытын тустарынан республика иһигэр туруорса сатаан баран өйөбүл булбакка муҥур уһугар тиийэн В.Путиҥҥа суруйдаҕа. В.Путин администрацията аан дойду дьылҕатын быһаара сатыы олорор тойонун ханнык эрэ Марха өрүһүнэн аралдьытыа дуо, В.А.Лебедевкэ хоруйда биэр диэтэҕэ. В.А.Лебедев сонно тута хоруй суруйа олоруо дуо, Н.Николаевка эппиэт биэриэхпин балаһыанньа хайдаҕын миэхэ сырдатыҥ диэн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр сорудах биэрдэҕэ. С.Яковлев сорудаҕы толорбут хоруйун (08.05.2014 с.) туһунан суруйабын. С.Яковлев суругун “былыр үйэттэн” биллэр “Кристалл” уонна ”Кратон-3”
хаһан, ханна эһиллибиттэриттэн саҕалыыр. Кини Марха өрүстэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ эһиллибит “Кратон-3” саахаллаабытын улахаҥҥа уурбатын, Хиросимаҕа эстибиттээҕэр дьайыыта кыратын суруйбут. Кини Н.Николаев Хиросима буомбата 15 кт, оттон Мархаҕа эстибит буомба 22 кт буоларын сөпкө бэлиэтээбитин утарар. Хиросимаҕа эһиллибит буомба 15% - на эрэ куоракка дьайбыта (85% атмосфераҕа тарҕанан хаалбыта), ол үрдүнэн куораты олоччу урусхаллаабыта, сүүһүнэн тыһыынча киһини өлөрбүтэ. Оттон Николай Наумович итиннээҕэр улахан кыамталаах “Кратон-3” таска эрэ буолбакка сир анныгар тыһыынчанан сылга дьайыахтааҕын туһунан санаан эрэ баран тэҥнии сатаабыт буолуохтаах. Хирасима алдьархайын үгүс-элбэх сиэртибэнэн оһоро, ыраастыы, толуна сатаабыттара. “Кратон-3” эһиини элбэхтэ чинчийбит наука доктора П.Собакин маны сир үрдүнээҕи эһиигэ тэҥнээбитэ. Онон Н.Николаев дьаарханара уонна санаатын этэрэ сөптөөх. С.Яковлев бу эһии бырайыагы куруубайдык кэһииттэн саахаллаабытын, 160 гектардаах тыа дозаны уйбакка куура хаппытын, аннынааҕы муоҕа, лабыктата кытаанах ядернай тобох буоларын учуонайдар дакаастаабыттара ырааппытын, радиациялаах былыта Марханы сабардаан Дьокуускайга тиийэ барбытын туһунан ыраах Москваҕа олорор, итини билбэт, тойоҥҥо кэпсээбэт. Итиннэ көҕөрө чэлгийэ турбут күөх тиит хатырыга эрэ сүһүрбүтүн, билигин сэдэх мас баарын туһунан сымыйа сураҕы итэҕэйэр (бэйэтэ онно атаҕынан үктэнэ, ол сири көрө илик), онон улахан тойону албынныыр. Хайҕатаары ол сэдэх мас быыһыгар талах үүнэн эрэр диэн суруйар. Бастакытынан, онно сэдэх мас (кини этэринэн “редкие сохранившиеся сухостойные”) буолбатах, радиация “сыгынньахтаан” кууран хаалбыт ойуур турар. Ол чинчийээччилэр түһэрбит үгүс хаартыскаларыгар баар, көстөр ахан. Иккиһинэн, ол саҥа үүнэ сатыыр үнүгэстэртэн учуонайдар америций-241 диэн 433 сылынан аҥаара эрэ көҕүрүүр ураты уодаһыннаах элимиэни булбуттара. С.Яковлев итилэри бэккэ диэн билэр эрээри улахан тойонугар эмиэ сымыйалыыр. Бу куурбут тыа умайдаҕына да улахан куттал суоҕун эмиэ суруйбут, улахан учуонайдар баһаар буоллаҕына иэдээн буоларын туһунан үлэлэрэ баарын үрдүнэн сымыйалыыртан туттумматах. Саахал тахсыбыт сирдэрин (“Кристалл” уонна ”Кратон-3”) чөлүгэр түһэрии туһунан тойонугар эмиэ сымыйаны соҥнуур. “Реабилитационные работы были проведены очень своевременно...” диэн суруйар. Кэмигэр буолаахтыа дуо, хас эмэ сыл туруорсуу кэнниттэн бырайыагы оҥотторуу, ону экспертиза бигэргэппитин кэннэ 2-3 сыл буолан эрэ баран общественность модьуйуутун күүһүнэн үлэ ыытыллыбыта да, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин
өттүттэн сөптөөх хонтуруол суоҕуттан бырайыак ирдэбилэ тутуһуллубатах. Холобур, бастакы да эһиини (“Кристалл”) ылан көрдөххө, хонтуруоллуур- кэтээн көрөр аналлаах 132 мм диаметрдаах 7 скважина үүттэниэхтээх этэ: 7 м дириҥнээх - 5 скважина уонна 150, 165 м дириҥнээх - 2 скважина. Олор үүттэммэтэхтэрэ, 3 м эрэ дириҥнээх чычаас 5 скважина үүттэммит, олортон туох да көдьүүс суох. 150 уонна 165 м дириҥнээх икки скважина мээнэҕэ бырайыакка киллэриллибэтэхтэрэ, кэтээн көрөргө анаан киллэриллибиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, манна үөһээ эрэ өттүн саба кутар тутах, радионуклид сир аннынан аһаҕас карьерга киирэр, инникитин шахтаҕа киириэн сөп, онон ити үөрэтиллэрэ хайаан да наада, баҕар адьас атын дьаһаллары ыларга күһэллии буолуон сөп диэн ити дириҥ скважиналар үүттэнэллэрин туруорсубуппут. Итилэри үүттүүрү Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ модьуйар эбээһинэһэ этэ да, кинилэр АЛРОСАны уонна Росатомы кытта сүбэлэһэн баран соруйан үүттээбэтэхтэр быһыылаах. Радионуклид сир аннынан шахтаҕа киирэрин биллэримээри. Сир аннынан киирэрин билиэхтэрин баҕараллара буоллар, муҥ саатар, эһии сирин уонна шахта икки ардыларыгар Далдын хаҥас биэрэгэр урут үүттэммит дириҥ скважинаны (скв.107) туһаныахтарын сөбө да - ол суох . Дьэ, маннык ырааҕынан ситэтэ суох үлэни “оҥордубут” диэн сымыйалаан аактаҕа илии баттаһаллар уонна радиация аны суох диэн хаһыакка интервью биэрэллэр. Куһаҕаннык оҥоһуллубут үлэ түмүгэр радионуклид таска тахсарын эрэ буолбакка, сири аннынан алмааһы хостуур шахтаҕа кытта киирэрин учуонайдар билигин суруйаллар. Иккис саахаллаах эһиигэ (“Кратон-3”) син биир итинник хартыына. Дириҥ скважина бырайыактаммыта үүттэммэтэх, арай 3-түү м дириҥнээх 3 скважинаны үүттээбиттэриттэн туһа суох. Сири чөлүгэр түһэрдибит диэн илии баттаспыттарын кэнниттэн 8 сыл (2015 с.) буолан баран итиннэ үүнэр үгүс үүнээйигэ араас радионуклид фону 5000 төгүл куоһарарын туһунан ааҕабыт. Мантан бу министиэристибэ сымыйата, албына эмиэ арыллар. Бу кэнниттэн ама барыта этэҥҥэ, радиация суох, таска тахсара бохсулунна диэххэ сөп дуо?! Дьиҥинэн, маннык эппиэттээх үлэ хаачыстыбатын, толоруллуутугар төһө үп барбытын сакаасчыттартан, үбүлээччилэртэн, хонтуруоллуур уорганнартан, общественниктартан састааптаах хамыыһыйа көрүөхтээх этэ да, оннук хамыыһыйа тэриллибитин билбэппит, кистэлэҥҥэ тутуллар быһыылаах. 1996 с. СӨ бастакы президенэ М.Е.Николаев Радиация дьайыытын туоратыы управлениетын мээнэҕэ тэрийбэтэҕэ. Управление бэйэтэ оҥорбут уонна Ил Түмэн, Республика правительствотын, РФ Минатомын таһымыгар бигэргэммит киэҥ ис хоһоонноох программанан үлэлээбитэ. Управление ити
үлэтин туһунан сиһилии “Якутия радиоактивная” диэн кинигэбэр тугу да кистээбэккэ, хайдах баарынан суруйдум. Управление программатын курдук программа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр урут да суоҕа, билигин да суох. Бу Управление Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэтин хатылыыр, ол аата М.Е.Николаев сыыһа Ыйааҕы таһаарбыта диэн сымыйа өйдөбүлү республика дьонугар эрэ буолбакка Арассыыйа салалтатыгар кытта соҥнуур сурук В.А.Лебедев аадырыһыгар ыытыллыбыт. Онон, С.Яковлев суругар сымыйата элбэх, ону билбэт тойон В.А.Лебедев Маалыкай кылаабынай бырааһыгар Н.Николаевка эһиэхэ барыта этэҥҥэ, дьаарханарга төрүөт суох диэн эппиэти ыыттаҕа. Сэрэҕэ диэн, Яковлевтаах маннык ис хоһоонноох суруктары ол диэки араас кэмҥэ төһөнү ыыппыттара биллибэт. Маннык быһыы дьоҥҥо туһаны аҕалар дуо? Тоҕо, туох сыалтан бу оҥоһулларый? Сымыйа үгэскэ кубулуйара куттуур. Ол иһин сыылла сылдьар, арахпат диибин. Республикаҕа бары күүһү холбоон, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин киллэрэн туран, элбэх үлэ ыытылынна, кыайыы да баар. Арай итиннэ сымыйа кыбыллара туһааннаах специалистар ааттарын түһэн биэрэр, проблема ситэ быһаарыллыбатыгар тиэрдэр.
Иван БУРЦЕВ 11.11.2021 с.
|