– Лена Валерьевна, дорообо. Эн сахалар былыргы олохторун чинчийбит, үөрэппит киһигин. Сайсары күөл былыр-былыргыттан дьиҥ Айыы сирэ буоларын туһунан кэпсиэҥ буолаарай? Урукку чахчыларга олоҕурбут чинчийиилэри оҥордоҕуҥ дии.
– Мин Сайсары күөл туһунан итэҕэлгэ сыһыаран үөрэппитим. Былыр саха бу сиргэ кэлиитин туһунан номохтору, кэпсээннэри, үһүйээннэри хомуйбут, чинчийбит, тылбаастаабыт учуонайдар үлэлэрин ааҕан.
Холобур, Г.В. Ксенофонтов “Эллэйада: Материалы по мифологии и легендарной истории якутов”, “Очерки по древней истории якутов”, “Урааҥхай-сахалар”, C.И. Боло “Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо (Прошлое якутов до прихода русских на Лену: / По преданиям якутов бывшего Якутского округа)”, Г.У. Эргис “Исторические предания и рассказы якутов”, В.Л. Приклонскай “Три года в Якутской области” диэн үлэлэригэр хомуллубуту. Ону сэргэ, биллэн турар, Э.К. Пекарскай быһаарыылаах тылдьытын уо.д.а. тылдьыттары туһаммытым.
Э.К. Пекарскай тылдьытыгар Сайсары тылбааһа, быһаарыыта маннык – «татаар ууһуттан төрүттээх, Сарабай тойон диэн кыргыыс омук киһи ойоҕо эрэ өлтүн кэннэ оҕолуун-уруулуун соҕурууттан кэлэн билиҥҥи Сайсары, Сахсары диэн Лена өрүс хаҥас кытылыгар баар хочоҕо билиҥҥи Дьокуускай куорат турар сиригэр олохсуйбут диэн этиллэр. Уонна Лена былыргы аата Сахсара диэн сурулла сылдьар”.
Онно аны “Сары” диэн тылы – түүр тылыттан “сырдык, кылабачыгас, күлүмүрдэс, сарсыарда сырдааһын, таҥара сырдыыта, тыҥ толоно охсуллуута, халлаан сарыыта” диэн тылбаастаабыттар. Ол аата Сайсары / Сахсары / Сахсара диэн Лена өрүс уонна кини ортоку хочотун аата. Уонна кыргыыс, ол аата кыргыһыы сириттэн-уотуттан (билиҥҥи киргизтэртэн диэн буолбатах), оҕолорун, урууларын быыһаан, куоттаран кэлбит Омоҕой ийэтин аата. Тадар биистэрин ууһуттан төрүттээх. Кэлин аймахтара кинини батыһан кэлитэлээбиттэр. Ол курдук, биир дойдулааҕа Тайма диэн татар/тадар уола Эллэйдиин кэлэн иһэн аара быстарбыт, уолугар “Омоҕойдооҕу булан икки кыыстан барылаччы үрүҥ хабаҕынан ииктиир кыыһын ойох ылаар” диэн кэриэһин эппит.
Ол оннук номохтору хомуйан Г.У. Эргис Омоҕой сыдьааннарын «Омогой и его потомство» диэн ааттаан табылыысса оҥорбут. Онно кини оҕолорун, сыдьааннарын ааттарын таһынан, кини төрүччүлэрин, чугас аймахтарын туһунан суруйбут. Онтон сорохторо «Омогой татарин из Енисейской губернии, «татарин из племени саха, имя жены – Сара, имя, брата жены Сары – Улу Хоро», другие говорят, что «Омогой из племени «братский», «Имя его отца Хайаран, матери – Сахсары, имя жены Чыҥыс Хатын» диэн ааттаахтар.
Итиннэ быһааран эбэн эттэххэ, хакастар бэйэлэрин “тадар омукпут” дэнэллэр. Кинилэртэн ураты эмиэ тадардарбыт дэнээччилэр – шордар, чулымнар, телеуттар. Тадар (хакастар) биистэрин биир уустара “саҕай” диэн ааттаналлар. Тадардарга эмиэ оруобуна Эллэйгэ аҕата эппитин курдук билгэ баар – төрүөх ууһуох дьахтары ииктээбит суолун көрөн быһаараллар. Ол оннук номохторо элбэх.
Онон соҕуруу Сибиир түүрдэрин кытта аймахтыы буоларбыт, биир сиргэ алтыспыппыт саарбаҕа суох. Ону туоһулуур Абакан сис хайа тардыытыгар Абакан өрүс хаҥас умнастара Камышта уонна Уйбат өрүстэр икки ардыларыгар сытар билиҥҥи Хакасия Аскиз уонна Усть-Абакан оройуоннарын сирдэринэн тайаан сытар Саксары / Сахсары / Саксыр / Сахсар диэн сис хайалар ааттара. Ол аата, онтон кэллэҕэ, биһиги төрүччүбүт Сахсары, Сайсары эбэбит. Уонна Чочур Мыраан үрдүттэн көрөн саҥа аллайдаҕа, соһуйан, сөҕөн, майгыннатан: “Оо, мин Сахсарым дии”, – диэн.
– Билигин хакаастар ол сирдэригэр сиэр-туом оҥороллоро буолуо дуо?
– Мин ол хайаҕа сылдьыбытым, көрбүтүм. Кырдьык, киэҥ нэлэмэн Туймаада хочотун курдук ыраахха диэри тайаан сытар хочо. Күн уотун сырдыга күлүмнүүр, дьирибиниир долгуннардаах күп-күөх уулаах күөллэрдээх, үрэхтэрдээх, сап-саһархай хомус от ыраахха диэри долгулдьуйа сытар кэрэттэн кэрэ көстүү этэ. Онно, сискэ таас улахан күрүө-хаһаа омоонноро бааллар. Этнографтар суруйалларынан, былыр “Тигир тайии” диэн сиэр-туом ыыппыт сирдэрэ эбит. Таҥараҕа тайыы / дайыы диэн ол аата. Алгыс сиэрин-туомун оҥорор тутууларын омоонноро. Билигин онно олохтоох хакаас алгысчыттара эмиэ сиэр-туом оҥороллор. Былыргы төрүт итэҕэллэрин сөргүтэн эрэллэр. Дьон, ыччат баҕата сүрдээх.
Итэҕэллэри үөрэтэр религиоведение диэн наука салаатыгар “нуминозное” диэн өйдөбүл баар. Киһи туох эрэ дьиктини, сүдү күүһү, көстүүнү кытта көрсүстэҕинэ, кута-сүрэ, этэ сиинэ күүрүүтэ, түмүгэр өйдүүн-санаалыын тосту уларыйыыта, сүдү күүскэ итэҕэйиитэ, бэриниитэ, кини эппитин, көрдөрбүтүн ылыныыта. Рудольф Отто диэн учуонай киллэрбит өйдөбүлэ.
– Эллэйдээх Сайсары күөл кытыытыгар ыһыах ыспыттарын туһунан үһүйээн ким эмэ суруйуутугар баар дуу?
– Дьэ, оннук сүдү күүһү былыргы өбүгэлэрбит Сахсары күөл сиригэр билбиттэрин, дьикти көстүүнү көрбүттэрин туһунан номохтор бааллар. Холобур, Г.У. Эргис “Исторические предания и рассказы якутов” диэн үлэтигэр элбэхтик кэпсэнэринэн, Сахсары күөл аттыгар Эллэй Омоҕой баай улахан кыыһын Дэкэй Дэпсэлиин ыал буолан кымыс мунньан ыһыах ыспыттар. Омоҕойдооҕу ыҥырбыттар, онно Омоҕой мааны кыыһа Ньыкы Дахханныын кэлбэтэхтэр. Ийэлэрэ дьиэ иһинээҕилэриниин кэлбит.
Эллэй бу ыһыаҕар кымыстаах чороону өрө анньан, биир тобугар сөһүргэстээн алгыс туойбут. Онуоха хардаран илиҥҥи халлаан түгэҕиттэн сылгы кутуругун түүтэҕин курдук устан тахсан күн диэки көтөн ааспыт. Ыһыах ортолообут кэмигэр Омоҕой үлэһитэ кыыс сүүрэн кэлэн Ньыкы Даххан эмискэ өлбүтүн тыллаабыт.
Биир номоххо аны бастакы уолун Лабыҥха Сүүрүк сааһын ситиитигэр анаан Эллэй ыһыах ыспыт. Онно дьикти көстүүлэр буолбуттар. Омоҕой өлбүт уонна Лабыҥха Сүүрүк кыырай халлааҥҥа көтөн хаалбыт. Ол ыһыахха кэлэригэр Омоҕой күтүөтүн, улахан кыыһын сэнээн маннык диэбит: “Ол дьон тугу эрэ дуоннааҕы тэрийэллэрэ саарбах”. Уонна соруйан куһаҕан таҥаһы таҥнан бөрүкү көрүҥнээх кэлбит. Ураһаҕа киирэн иһэн, иэдэс биэрэн сиргэммиттии туттубут. Аан холуодатыгар өйөммүт уонна оннук турбутунан өлөн хаалбыт. Ону Үрүҥ Аар Айыы Тойон кинини аньыытын иһин ситиспит диэн тойоннообуттар.
Онтон Лабыҥха Сүүрүк, туос иһиттэн кымыһы эбир далаҕай хамыйаҕынан баһа-баһа ыспыт, алгыс эппит, туойбут. Онтон хамыйаҕын үстэ үөһэ бырахпытыгар хамыйаҕа сиргэ түһэригэр биирдэ да эргийбэтэх. Онно үрдүк айыылар үрүҥ тыыраахы буолан кэлэн түһүлгэни эргийэ көтөн ааспыттарыгар Лабыҥха Сүүрүк, биир тобугар сөһүргэстээн турар киһи, дьон сэргэ хараҕын ортотугар Үрдүк Дьылҕа Тойоҥҥо көтөн тахсан, күөх далайга сүтэн хаалбыт. Аллараа көрөөччүлэрэ айахтарын аппытынан турааччы турбутунан, олорооччу олорбутунан таалан хаалбыттар. Соһуйан, сөҕөн, бэркиһээн. Оннук ааспыт, ол ыһыах.
Дьэ, итинник итэҕэли кытта ситимнээх дьикти, сүдү көстүүлэр буолар эбиттэр, бу Сахсары (Сайсары, Сайсаар) күөл сиригэр.
Ол иһин бу Сайсары күөлбүт сирэ былыр-былыргыттан, кырдьык, дьиҥ Айыы сирэ, төрүччүбүт Сахсары (Сайсары) эбэбит сирэ буолар.
– Сайсары күөлбүт, чахчы, ураты тыыннаах, иччилээх күөл. Сэбиэскэй саҕана мээнэҕэ куорат ыһыаҕа бу күөл аттыгар ыытыллыбатах буолуохтаах. Бука оччолорго саха былыргы олоҕун-дьаһаҕын үөрэппит учуонайдарбыт ытык күөл чугаһыгар ыыттардахтара буолуо?
– Оннук. Саха дьоно оччолортон баччаҕа диэри Сайсары күөл таһынан ыһыахтаан, сиэр-туом ыытан кэллэҕэ. В.С. Яковлев-Далан да “Тыгын Дархан” диэн айымньытыгар баар, кини архыыбы хасыһан суруйдаҕа. Сэбиэскэй кэмҥэ ол иһин ипподромҥа ыһыахтыыр этибит. 90-с сылларга Л.А. Афанасьев-Тэрис салайааччылаах “Кут-сүр” түмсүү саас аайы ити билиҥҥи “Триумф” уораҕай турар сиринэн сиэр-туом ыытара. Онно сылдьыбытым, Тэрис ыҥыран. Иллэрээ сыл кулун тутарга “Айыы Таҥара итэҕэлэ” диэн биһиги итэҕэл тэрилтэбит эмиэ сиэр-туом ыыппыта.
– Айыы уораҕайа бу миэстэҕэ тутулуннаҕына, бары өттүнэн ордук күүһүрэр буоллаҕа?
– Онон Сайсары Эбэ Туймаада хочотугар түҥ былыргыттан саха омуга түөлбэлээн олорбут ытык сирэ буолар. XVI үйэҕэ бу сиргэ Бадьыай баай аймаҕа уонна кини сыдьаана Тыгын тойон элбэх ахсааннаах ынаҕын-сүөһүтүн, сылгытын көрөн-истэн дьонун-сэргэтин кытары өр сылларга олохтоохтук олорбут. Оччолортон ыла бу сир-дойду Сайсары, Сэргэлээх, диэн ааттанан, билигин Дьокуускай куорат оройуоннара буолан турар.
Бүгүн саха омуга, дьоно-сэргэтэ, Дьокуускай куорат олохтоохторо өбүгэ үгэһин тилиннэрэр, кэнчээри ыччаты, эдэр көлүөнэни үөрэтэр, иитэр-такайар, айыылартан, куйаар тойонуттан – айбыт Аар Айыы Таҥарабытыттан – кыhыннары-сайыннары көрдөһөр, алгыс түһэрэр, өбүгэлэрбит ытык итэҕэллэрин үйэтитэр дьиэлээх-уоттаах, күрүөлээх-хаhаалаах буолар кэммит тирээн кэлиитэ – бу билиҥҥи олох ирдэбилэ буолар.
Турар сирэ – Дьокуускай куорат, Сайсары күөл арыыта. Бигэргэниллибит сир иэнэ – 29 954 кв. м. Соҕуруу өттүнэн Сэргэлээх шоссета, оттон хотугулуу өттүнэн Лермонтов аатын сүгэр уулусса ааһар. Бу өтөн киирбит арыы-тумус сир, Сайсары күөл соҕуруулуу-арҕаа диэки өттүгэр сытар. Үөһэттэн көрдөххө уһун синньигэс, хотугулуу-илинтэн соҕуруулуу-арҕаа туһаайыынан сытар. Бу ыйыллыбыт сиртэн Сайсары күөл төгүрүччү арылхайдык көстөр. Бу миэстэҕэ буор, кумах кутан үрдэтии үлэтэ ыытыллыахтаах.
«Айыы Таҥаратын дьиэтэ» бырайыак дьүһүнэ, тас көстүүтэ «Айыы Таҥара Итэҕэлэ. (Вера в Айыы Таҥара (Тенгри))» саха омук итэҕэлин тэрилтэтэ көрүүтүнэн, сакааһынан оҥоһулунна.
– Бырайыак туһунан сиһилии кэпсиириҥ буоллар...
– Бу «Айыы Таҥара дьиэтэ» бырайыак тутула оҥоһулларыгар саха омук төрүччүтэ Сайсары (Сахсары) хотун туһунан историческай номохтор, кэпсээннэр, бу эҥэрдээҕи археологическай булуулар быhаарыылара туһаныллыбыттара.
Бырайыак сүрүн тутула, өйдөбүллэрэ Туймаада хочотугар турар Дьокуускай куорат Саха Сирин тэбэр сүрэҕэ, сүрүннүүр киинэ буолбута мээнэҕэ буолбатах. Дириҥ ис хоhоонноох, билиҥҥи кэми уонна түҥ былыргыны ситимниир сүдү күүстээх ытык кэрэ сир буолар диэн өйдөбүлгэ олоҕурда.
Туймаада туллубат тутааҕа Ытык Булгунньахтан – Чочур Мыраан иччитэ эбэни, хочону үрдүттэн, үөһэттэн көрөн, арчылаан олорор. Сайсары Эбэ уонна Чочур Мыраан иччилэрэ холбоһон Орто уонна Үөһээ дойдулары, айыылары кытары ситимниир көстөр-көстүбэт күүстээх суол түннүгүн-аартыгын аһаллар. Күөл ньуура – Үөһээ дойдуга, Айыы Таҥараҕа тахсар аар аартык, айыы суолун аана, ытык айыылар алтыһар сирдэрэ буолар. Бу суолунан, бу аартыгынан алгыс көмөтүнэн куттар түhэллэр, тахсаллар, үҥүү күүһүнэн киһи сүрэ бөҕөргүүр, санаата күүһүрэр, туруга тупсар. Сүрүн күүс манна түмүллэр, ол да иһин, айыллыбытын курдук бу ананыахтаах сир үөһэттэн көрүүгэ хат, уулаах дьахтар – омук төрдө Сайсары ийэ буолан көстөр.
Тутуу түһүлгэтэ саха итэҕэлин үс сүрүн өйдөбүллэрин уобарастаан биэрэр үс төгүрүк эргимтэлээх. Ортоку сүрүн эргимтэ – ийэ кут уобараhа, кини ыарахан, төрөөрү, ийэ буолаары сылдьар дьахтар өйдөбүлүн биэрэр. Ол саха төрдө Сайсары хотун сүрэҕин анныгар төрүүр оҕотун – саханы, саха норуотун, илдьэ сылдьарын көрдөрөр.
Ийэ кут икки өттүнэн икки төгүрүк эргимтэ салгын кут уонна буор кут уобарастарын биэрэллэр. Эргимтэлэр ортолоругар аар баҕах, түһүлгэлэр бааллар, руна суруктаах мэҥэ таастар дьэндэhэллэр. Үөhээ Дойду түһүлгэтигэр Айыы Таҥараҕа тиксэ, айыылардыын алтыһа тахсар, тириэрдэр аар аартык–айыы суола тыргыллар. Айыы суолун икки өттүгэр сэргэлэр субуруhаллар, руна суруктаах хайыр таастар лэhигириhэллэр.
Ийэ кут эргимтэ сүрүн туруору тутуута Айыы Таҥара дьиэтэ бэйэтэ – үс курдаах Моҕол Ураһа. Кини аан дойду үс хаттыгаhын өйдөбүлүн биэрэр тутуу буолар. Бу тутуу икки холлоҕостон турар. Биирэ – Моҕол Ураһа бэйэтэ, алгыс этиллэр, сиэр туом барар өттө. Айыылардыын алтыһарга анаммыт төгүрүк эргимтэлээх, үрдүк эркиннээх, оройунан үөлэстээх киэҥ-куоҥ тутуу. Моҕол Ураһаҕа тутуу иhинэн киириллэр ааннаах. Бу уопсай холлоҕоhо син үрдүк, оhухайдыырга сөптөөх гына киэҥ фойелаах саалалаах. Манна киирэр аан, таҥас-сап устар, туалет хосторо бааллар. Олор үрүттэригэр иккис этээскэ офис хостордоох.
Моҕол Ураһа кээмэйдэрэ – үрдүгэ, эргимтэтин кэтитэ, «көмүс быhыы» (золотое сечение) сокуонугар олоҕуран тэҥ өрүттээх «көмүс үс муннук» пропорциятын тутуhаллар. «Көмүс быhыы» (золотое сечение) тулалыыр айылҕа, эйгэ көстүүлэрин сүрүн кээмэйдэригэр сөп түбэһэр. Быһатын эттэххэ «кыра өттүн кээмэйин улаханыгар тэҥнээhин, улахан өттүн иккиэннэрин холбообут биир кэлимсэ кээмэйигэр тэҥниир кэриэтэ» диэн өйдөбүл.
Саха балаҕанын тутуута эмиэ дьиҥнэх Айыы Таҥара айбыт кээмэйинэн таҥыллыбыт, аҥаардаммыт пирамида кэриэтэ. Туох баар искусство айымньылара, улуу уруһуйдар, скульптура уонна архитектура тутууларын сүрүн көрүҥнэрин көстүбэт сүмэлэрэ икки атахтаахха дьайар күүстэрэ ити сокуону тутуhууларыгар сытар.
Тутуу уопсай тас көрүҥэ түhүлгэ араҥаhын уобараhын биэрэр. Араҥас диэн атахха турар үрдүк тутуу, үктэл буолар. Бу араҥас тутуутун Л. А. Афанасьев-Тэрис архыыпка Хаҥалас улууһугар буолбут былыргы ыhыах туhунан ахтыыга суруллубутун булан аахпыт.
Айыы Таҥара дьиэтин бырайыагар түһүлгэ араҥаһын уобараһын атахтара – баҕаналара, былаһаакката – бүрүөһүн сарайа. Дьиэ тас эркиннэрэ сиэркилэ курдук матырыйаалынан сабыылаах буолан эркиннээҕэ көстүбэт. Сиэркилэ сабыытыгар күөл айылҕата көстөн тулалыыр эйгэни кытары силбэһэр. Ойоҕоһуттан көрдөххө, сабыы салгыҥҥа дайан турар Үөһээ дойду хаттыгаhын курдук көстөр. Онно Моҕол Ураһа – аан дойду туллар тутааҕа, ытык хайата, сир киэнэ киинэ буолан дьэндэйэн турар.
Моҕол Ураһа хаттыгас үрдүнээҕи илин диэки аана сайын күн муҥутуур кэмигэр күн сардаҥата тахсыытын туhаайар. Уонна ытык сэргэлэринэн сирдэтэн аар аартык – айыы суолун батан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Айыы Таҥара түһүлгэтигэр тиэрдэр кэрэ көстүүнү арыйар.
Айыы Таҥара түһүлгэтигэр ытык сэргэлэр үрдүк мэҥэ халлаантан сахаҕа түспүт Дьөһөгөй оҕотун, сылгы барахсан иҥэһэтин санатардыы илин, күн тахсыытын диэки сирэйдэнэн тураллар. Бэс ыйын 21-22 күннэригэр тахсан эрэр күн сардаҥаларын туhаайан кэлимсэ күрүө хотугулуу-илин тумуhугар тойон сэргэ турар.
Моҕол Ураһа соҕурууҥҥу аана ийэттэн тахсар төрүүр оҕону кэрэһилиир уонна урууна суругунан алгыстаах мэҥэ таастарынан сэлэлии анньыллыбыт айыы суолунан – аар аартыгынан сааскы күн-түүн тэҥнэhэр кэмигэр кулун тутар ый 21-22-гэр күн оройун баттаhа үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Айыы Таҥара түһүлгэтигэр тиэрдэр кэрэ көстүүнү арыйар. Тутуулар кэлимсэ күрүөлэрин соҕурууҥҥу өргүөтүн тойон сэргэ тоhоҕолуур.
Бу тутуулары барыларын эргийэ руна бэлиэлэринэн алгыстаах мэҥэ таастар кэлимсэ күрүө буолан бачыгыраан тураллар. Иhинээҕи таастартан алгыс тыла-тойуга, оһуокай ырыата ой дуораана буолан тэйэн, улаатан, үрдүккэ, ыраахха тиийэ иhиллэллэр, салгыны хамсатан тулалыыр эйгэҕэ дьайаллар.
Маны таһынан, соҕуруу уонна хотугулуу-илин өттүлэригэр дьуохар үҥкүү, оһуокай түһүлгэлэрэ бааллар. Соҕуруулуу-арҕаа Айыы Таҥара итэҕэллээх үҥэ-сүктэ кэлбит ыалдьыт-хоноhо дьон тохтуур-хонор сахалыы тутуулаах «Бабаарына» дьиэлэрэ, той ыытар, аһыыр «Балаҕан» дьиэ уонна саха уустарын, иистэнньэҥнэрин кэрэ, мындыр, тупсаҕай тутууларын, тигиилэрин туоhулуур этнографическай «Туос Моҕол Ураһа» тутуу дьэндэhэн тураллар.
– Хата, Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев, өрөспүүбүлүкэ сүрүн архитектора Ирина Алексеева чопчу бу миэстэҕэ булан биэрбиттэрэ үөһэттэн ыйыллыбыт бэлиэ дии санаабаккын дуо?
– Биһиги туруорсуубут маҥнай ити муоста аннынан кыра тумулга этэ. Ону МИЗО (бырабыыталыстыбабыт) ити уһун тумул арыыны бэрдэрэр курдук сурук суруйбута. Куорат дьаһалтатыгар. Онтон үлэ бөҕө ыытыллан, хата, бэрилиннэ.
– Билигин кэпсэтиһии, сөбүлэһии хайа диэки хайыһан турарый?
– Билигин ирдэнэр докумуоннары барытын киллэрэн муус ыйтан кэтэһэбит. Хаһан куорат тустаах департамена ол докумуоннарбытын көрөн, сөбүлэһэн быһаарыы ылынан куорат сүрүн докумуоннарыгар киллэрэрин.
Аны ити Ытык эбэбитигэр докумуон оҥорон, каарта сакаастаан, СӨ Култууратын нэһилиэстибэтин көрөр-истэр департамент салайааччыта Н.А. Макаровка – бу Ытык Эбэни култуурунай нэһилиэстибэ быһыытынан судаарыстыба биир ньыгыл испииһэгэр киллэрэллэрин курдук сайабылыанньа киллэрбиппит. Ол түмүгэр бу дьыл атырдьах ыйын 27 күнүгэр 71-ОД нүөмэрдээх бирикээс тахсан, Саха сирин култууратын эбийиэктэрин ахсааныгар киирдэ. Аны Арассыыйа реестригэр киллэриигэ эспэртиисэ барыахтаахпыт.
Бу бырайыак үлэлэрэ барыта нэһилиэнньэ, дьон-сэргэ, чааһынай тэрилтэлэр көмө харчыларыгар оҥоһулла тураллар. Олус бытаан, кырачаан буоллаҕа. Дьон-сэргэ киэҥник билбэт. “Кыым” хаһыат ааҕааччылара тарҕатыахтара диэн эрэнэбит. Манна диэн эттэххэ норуот хаһыата “Кыым” эрэдээксийэтэ, сурутааччылара, ааҕааччылара уруккуттан да Айыы дьиэтэ тутулларыгар туруулаһан кэллилэр. Билигин бу туруулаһыыга норуот дьокутаата Мария Николаевна Христофорова, “Ситим” медиа бөлөх генеральнай дириэктэрэ Владимир Николаевич Степанов, “Кыым” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Гаврильев таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Чинчийэр үлэ ыыттарбыппыт, сирбит уу анныгар сытар диэн буолла. 1,5-2 миэтэрэ үрдүөн наада. Онон гидротехниктары, экологтары кытта сүбэлэһии үлэтэ бара турар.
Куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит саламтата айылҕа, култуура, устуоруйа, итэҕэл эбийиэгэ буоларын быһыытынан сирин-уотун тупсарыыга болҕомто ууруохтаах. 2015 сыллаахха ыраастааһын үлэтэ барбыта. Ол эрэн, барыта буолбатах эбит. Ситэри ыраастанарыгар, биллэн турар, үп-харчы көрүөххэ наада.
–Лена Валерьевна, сүҥкэннээх үлэ үлэлэммит. Айыы Таҥара дьиэтэ хайдах буолуохтааҕын бүтүннүү харахпар оҥорон көрдүм. Дьэ, мантан инньэ, бу сүдү бырайыак туох даҕаны мэһэйэ, харгыһа суох олоххо киирэрэ буоллар саха норуотугар, Дьокуускай куорат олохтоохторугар улахан бэлэх буолуо этэ.
Сэһэргэстэ Туйаара СИККИЭР.