КИҺИ БАРДА...
Киһи бүгүн баар, сарсын суох. Николай Иннокентьевич Седалищев анараа дойдуга аттанна, уу-чуупутук, тыаһа-ууһа суох.
Сураҕын эрэ истэн хааллыбыт...
Николай Иннокентьевич сырдык ыралаах, сырдык санаалаах, сайаҕас, холку, сымнаҕас киһи этэ. Арай сымыйаны, албыны-көлдьүнү ис-иһиттэн тулуйбата, утары турара, атаҕастаммыты көмүскэһэрэ, араҥаччылыы сатыыра, ол туһугар бэйэтин харыстаммат этэ. Уус Маайа оройуонугар баһылык солбуйааччытынан бэркэ диэн үлэлии олорор киһини правительство уонна президент администрациятыгар үлэҕэ аҕалаллар. Балачча үлэлээт бу эйгэҕэ хоруупсуйа үгэннээн эрэрин утарар. Былаас ону сөбүлүө дуо, үлэтиттэн эһэллэр, элбэх оҕолооҕунан квартира ылыахтааҕын атын киһиэхэ биэрэллэр. Атын киһи былаас дьайыытыттан кута куотан, тоһуттан, кумуччу туттан киэр барыа, бүгэн хаалыа эбитэ буолуо. Былаас да оннукка суоттаммыт буолуохтааҕа атыҥҥа эргиллибитэ: Николай Иннокентьевич уһун унньуктаах “сэриигэ” туруммута. Европаҕа тиийэ сууттаһан үлэтигэр төннөр уураахтары таһаартарбытын араас төрүөтү булан толорбокко сылдьыбыттара.
Онон санаатын сиппэккэ бу орто дойдуттан барда. Үчүгэй, үлэһит оҕолордоох, олор итини барытын билэллэр, аҕаларын докумуоннарын да хараанныахтара диэн эрэнэбин. Кини юрист идэтин баһылаан сокуону кэһиини бииртэн биири арыйталаан дьон билиитигэр таһаартаан барбыта. Киһи быраабын көмүскээһин кини сүрүн дьарыга буолбута. Албакаат быһыытынан элбэх сууттарга сыыс тыла суох сахалыы, нууччалыы эҥкилэ суох этиилэри оҥорорун сөҕө-махтайа истибитим. Сокуон ыстатыйатын, хайа баҕарар пуунун кумааҕыта суох судьуйа иннигэр иҥнибэккэ этэн биэрэр киһини аан бастаан көрбүтүм. Араатар ааттааҕа этэ. Республикаттан туһалаах баайбытын күрэтэр кэмнэригэр кини саҥа хаһаайыннар кимнэрин-туохтарын, ханна баалларын булаттыыра.
Ол курдук, тэрилтэлэрэ ханна эрэ Виргинскай арыыларга (Британия) регистрациялааҕын (киирбит нолуок онно барыахтааҕын) дьон билиитигэр таһаартыыра. Элбэхтик сууттаспыта. Кыайбыта да, кыайтарбыта да. Мин тус бэйэм санаабар, дьиҥнээх правовой судаарыстыбаҕа олорорбут буоллар кини суука барытыгар кыайыахтааҕа. Уххан Уйбааны шовинист, националист диэн прокуратураҕа донуостааннар тутан-хабан, сууттарга таһан барбыттарыгар, атыттар туттунар, сэрэхэчийэр кэмнэригэр, кини саараҥныы барбакка көмөҕө кэлбитэ.
Хорсун дьон кыайыылаах тахсыбыттара: дурда-хахха оҥостоору талан ылбыт дьокутааттарбытын талбытынан дьаһайбыт, сөһүргэстэппит, өрө көрдөрбөккө Конституциябытын хаттаан суруттарбыт, суверенитеппытын бэйэлэрин илиилэринэн сотторбут суостаах прокурор А.Подласенко Уйбаан Уххаҥҥа “Бырастыы гын, сыыһа буруйдуу сатаабыппыт” диэн ис хоһоонноох суруга баар. Оттон донуосчуттар итинник суругу Уххаҥҥа ыыппатахтара, суобастара, хорсуннара тиийбэтэҕэ. Сулустаана Мырааны хоруупсуйаны утары миитин тэрийдиҥ диэн сууттаабыттарын быыһаан ылбыта. Кыайтарбыт түгэнэ.“Горизонт-РТ” диэн республика бас билэр тэрилтэтин атыылаан үллэстибиттэрин, онно президент Е.Борисов кыттыгастааҕын туһунан “чыычый” боппуруоһу эмиэ кини эрэ көтөхпүтэ.
Бу республикаҕа биир тыын суолталаах тэрилтэни сыыһа атыылаабыттарын туһунан докумуон элбэх. Ол иһигэр оччотооҕу правительство баһылыгын солбуйааччы “уоттаах-төлөннөөх” хомуньуус А.Алексеев атыылыыры бырачыастыыр суруга, эбэтэр оччотооҕу правительство солбуйааччыта Е.Борисов “юрист буолбатах буоламмын алҕас илии баттаабытым” диэн билиниитэ эмиэ бааллар. Н.Седалищев туруорсуута өйөммөтөҕө, төттөрүтүн президени баһааҕырдыбыт аатыран кини суукка бэриллибитэ. Е.Борисов “эмсэҕэлээбит” киһи Москваттан, ыарахан сыанаҕа буолуо, албакаат аҕалан сууту кыайбыта да дьон ону ылымматаҕа, былаас уонна халыҥ харчы кыайбыт курдуга.
Хомуньуус А.Алексеев суруйбут суругун көмүскээбэтэҕин, тиһэҕэр тиийэ хомуньуустуу биир тыллаах буолууну көрдөрбөтөҕүн, “ойуурга” түспүтүн бэлиэтиибин. Е.Борисов былааска олорон илиитин иһигэр баар суукка “Седалищевы тимирдэргэ, оттон Еремеевы дагдатарга” дьаһайбыта диэтэхтэринэ итэҕэйиэх курдукпун. Николай Иннокентьевичка бу бүрүүкээн олорор систиэмэҕэ тугу да булан ылыаҥ суоҕа диэтэххэ ылыммат этэ, сокуоҥҥа син биир эрэнэрэ, кини кырдьыктаах диирэ. Республикаҕа хорууупсуйа содулун туһунан Арассыыйа Генеральнай прокуроругар тиийэ суруйталыыра, ону киэр илгэн кэбиспэттэр эбит этэ. “Болҕомтоҕо ыллыбыт, хонтуруоллуохпут” диир хоруйдары миэхэ көрдөрбүттээх. Кэлин син биир дьарыктаныахтарыгар эрэлллээҕэ. Дьиктитэ – “суруйаргын тохтот, дьону холуннарбыккын” диэбиттэрэ суох эбит. Эрэлэ туолбакка, охсуһуутун ситэрбэккэ барда...
Дьиҥнээх Саха саарына кини этэ. Быдан дьылга бырастыы, Саха ньургун уола!
Иван БУРЦЕВ 27.11.2021 с.
|