News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Тохсунньу » 9 » Үүнээйи барыта эмтээх.
Үүнээйи барыта эмтээх. | 23:25 |
Үүнээйи барыта эмтээх.
Биология институтун сүрүн научнай үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин кандидата. Федоров Иннокентий Аполлонович:
институкка 1982 с.ыла баччаанна дылы улэлиибин. Бастаан бааьына кормовой отторун уерэтэр этим. Яровой рапс диэн оту уерэтэн, чахчы туьалаах диэммин олоххо киллэрбитим - 12 тыыь. га сиргэ ыьар буолбуттара, урдук уунууну ылан былааннарын быданынан куоьарар этилэр. Онтон 1991 с., олох ирдэбилинэн, эмтээх үүнээйилэри уерэтэргэ-чинчийэргэ көспутүм, билигин да ол сурун хайысхам буолар. Ол гынан, кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ улэлээн эрэбин - холобура, былырыын куьун бааһынаны конопляттан ыраастыырга Амма Бөтүҥэр кэккэ опыттары туруортаатым...
Үүнээйи барыта эмтээх.
Бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский), зонтиктаахтар ыалларыгар киирэр. Аймахтара - морковь, сельдерей, укроп буолаллар, билэргит курдук, олус туьалаах уунээйилэр.
Бөрө ото (щитовник мужской),папоротник биир керунэ. Дьинэ, былыргылыы аата "таас баттаҕа" диэн этэ. Күүстээх сүмэhиннээх (дьааттаах) үүнээйи, онон сэрэхтээх.
Билигин угус дьон бу оту биир умнаһын стакан ууга көйөерүнэн иһэллэр,
оннук иһэри, эмтэнэри мин утарабын.
Ити от бастаан киһи бүөрүн, онтон быарын кыралаан сэтэрэтэн кэрбээн сиир. Сүмэhинэ (дьаата) киhи этигэр сиинигэр мунньуллар.
Кылгастык көмөлөһүөн сөп. Сорохтор наһаа уьуннук уонна элбэҕи иһэннэр доруобуйаларын олох куускэ айгыраталлар. Онон бу оту иьимэн, арай
псориаз, дерматит, экзема курдук баастары тас еттуттэн эмтиэххэ сөп, итиэннэ суьуех ыарыыларыгар кылгастык (15 мунуутэ) угуттаан тутта5ын.
Буоккаҕа оту 3:1 суурайан баран, онон сотто5ун- угуттана5ын, оччо5о кини тирии нөҥүө киирэн араас бактериялары, тэллэйдэри урусхаллыыр. Күүстээх от буолан, уһуннук түүнү быһа угуттаабаккын, хааҥҥар киирэн алдьархайы оҥоруон сөп.
Бу от дьааттаах буолан аҥаар кырыытыттан киһи ыалдьар да, доруобай да клеткаларын урусхаллыыр-эчэтэр. Бөрө отунан микродозалары кытары үлэлииргэ кенуллээх, аналлаах врач- гомеопаттар анаабыттарынан эрэ эмтэниэххэ сөп.
*Бөрө сиир ото туспа историялаах.
Бу диэн эттэххэ, ити папоротнигы алҕаска "бөрө сиир ото" диэбиттэр эбит. Ааспыт уйэ 70-с сылларыгар, үп-харчы элбэх кэмигэр араас семинар бөҕөтө тэриллэр буолара. Хоту улуустарга анаан ю Муома оройуонугар биологическай семинар тэрийбиттэрэ. Онно араас специалистар: ветеринардар, зоотехниктар, биология учууталлара, лесниктар уо.д.а. айылҕаҕа сыһыаннаах специалистар туерэтэ кыттыбыттара. Профессор
Афанасий Акимович Макаров диэн улахан учуонай баара, кини миигин үөрэппитэ, сурдээх кыахтаах, эмтээх отторго утумэн билиилээх о5онньор этэ. Кинини кытары Абыйтан төрүттээх Дохунаев Василий Николаевич диэн университет профессорынан эрэ мунурдамматах, ол курдук бэртээхэй худуоһунньук, фотограф, журналист, суруйааччы, журналист Муомаҕа тиийэн, семинары салайан-баһылаан-көһүлээн ыыппыттара. Хотугу оройуоннар биологическай проблемаларын көтөҕөн икки күн мунньахтаабыттар. Доклад бөҕөтүн истэн нбараннар, үһүс күнүгэр экскурциялаабыттар. Сэбиэскэй былаас кыахтаах буолан хас даҕаны МИ-8 бөртөлүөтүнэн тиэйэ сылдьан оройуон араас сирдэрин кэрийбиттэрэ уьу.
Онно туран, биир хайа тэллэ5эр ити икки кэпсиир үүнээйилэрбит кэккэлэһэ туралларын көрөн Дохунаев эппит:
- ол турар, аатырбыт, чахчы эмтээх бөрө сиир ото, о5онньор Ньыыкан себулээн туттара - диэбит.
Ону баара, экскурсаннар бары харахтарынан чаҕылхай баҕайы от куех үүнээйини - папоротнигы, таас баттаҕын өйдөөн хаалбыттар, ол ал5ас ейдебулу оройуоннарыгар илдьэ барбыттар. Ити түгэнтэн ылата сыыһа эмтэнии, буккуур барбыт уонна оннук ал5ас өйдөбүл олохсуйан хаалбыт.
Ол иһин мин бөрө сиир ото уонна бөрө ото диэн олох терут арааран, быһааран биэрэбин.
Чуолаан эттэххэ, бере сиир ото, вздутоплодник - фармакопейнай уунээйи, киниттэн хас да эми онороллор этэ, суруннээн сурэх-тымыр ыарыыларыгар, онтон кэнники онкология5а да5аны ситиьиилээхтик туттвн испиттэр.
Онтон туран, 1991 с. Сэбиэскэй сойуус эмин аҥаарын оҥорор Ленинградский фармацевтическай завод эстэн хаалар. Онон, бу вздутоплодниктан бөрө сиир отуттан эмп онороллоро производствоттан тохтууругар куьэллэр. Ол кэмнэ эмп оҥороору айыл5аттан сиэмэхтик хомуйан Арҕаа Сибиир, Алтай саппаастарын суох кэриэтэ гынан кэбиспиттэр. Киэн далааьыннаахтык нэһилиэнньэттэн туттахтара дии. Онон, бу үүнээйи кинилэргэ олох сэдэх буолан хаалбыт. Биьиэхэ
Саха сиригэр үүнэр эрэ сиригэр баар, эмиэ мээнэ ууммэт. Алдан, Амма, Елуехумэ өрүс бастарыгар, таас хайаларга эрэ сэдэхтик белехтенен уунэр. Манна диэн эттэххэ, төһөнөн тыйыс усулуобуйаҕа үүнээйи уунэр да5аны, соччонон кини куустээх дьайыылаах буолар - тымныыны, тыалы, курааны тулуйаары араас туһалаах эттиктэри бэйэтигэр хомуйар, иҥэринэр буолла5а дии.
Ньыыкан эмчит вздутоплоднигы, бөрө сиир отун эмтииригэр туттубута биллэр чахчы. Ньыыкан оҕонньор 7-8 сылга биирдэ Алдан оройуонугар алта-сэттэ аты сэтиилэнэн бу оту хомуйа барар эбит. Туобуйанан айаннаан, Элиэнэ өрүһү туораан, Өлүөхүмэни өксөйөн Амма өрүс баһыгар тахсар эбит. Ньыыкан эрдэ сурах-илдьит ыытан болдьообут сиригэр Алдан, Нерюнгри тоҥустара мусталлар уьу, кинилэртэн истэн оннооҕор Амуртан, Хабаровскай кыраайтан тиийэ эмтэнэ кэлэллэр эбит.
Ол курдук, хатыстыырдары кытары Ньыыкан кэргэнининээн уонна биир о5отунаан түспүт былыргы 60-с сс. хаартыскатыта миэхэ баар.
Мин үлэбинэн үүнээйилэри үөрэтэ-кээмэйдии-ыйааһынныы Алдан оройуонугар, хайаларга элбэхтик сылдьабын. Хатыстыырга олох кырдьа5ас Ньултус диэн хос ааттаах, уордьаннаах, албан ааттаах Стручков Дьегуер диэн табаһыт оҕонньору кытта билсэр этим.
Кини кэпсиир буолара:
мин Ньыыканы кытары бииргэ сылдьыспытым, көмөлөспутум, от хомууругар.
О5онньору эбэҥкилэр улахан таабарынан олорон керселлер эбит. Ый курдук кинилэргэ олорон Ньыыкан ыарыьахтарын дьаныьан эмтиир эбит. Ол оннугар оҕолор уонна дьахталлар бере сиир отун хомуйан уонна куурдан биэрэллэр эбит, элбэх мачайдаах, сурдээх бытаан улэ.
Саха сиригэр үгүс үүнээйилэрбит сайын ортото ситэллэр-сибэккилииллэр.
Бөрө сиир ото суруннээн от ыйын ортотун кэнниттэн сибэккилэнэр. Бөрө сиир ото өр сыллаах Кыьыл Кинигэ5э киирбит үүнээйи, ол иьин отун эрэ ити кэмнэ хомуйдахха айыл5а5а хорумньу таьаарбаккын. Силиьиттэн хаттаан уунэр буолла5а дии, онон силиьэ тыытыллыбат. Со5уруунну оройуоннарга бөдөҥ соҕус буола үүнэр -
уопсайынан, сылаас итиэннэ ардахтаах гдойдулар. Сайын устата үс эҥин эрэ күн толору ардаҕа суох буолааччы. Хайа да кун син биир биирдэ эмит былыт кэлэн түһэн ааһааччы. Арай бу икки кэнники сылга кураан ити да дойдуларга буолла.
Төһөнөн кураан буолар, оччоннон үүнээйилэр түргэнник сибэккилииллэр уонна сиэмэлииллэр, ол оннугар чачаххайдар.
Төһөнөн ардахтаах даҕаны сайдыылара уһаан биэрэр, ол оннугар маассалара элбиир. Өҥ дьылларга бөрө сиир отун сибэккилээх умнаьа миэтэрэҕэ чугаьата уһуон сөп.
Атырдьах ыйыгар сиппит оттон сиэмэтин ылан олордор ордук. Кыһыл Кинигэҕэ киирбит буолан, силистэрин ылыллара бобуллар.
Бөрө сиир ото давленияны, сүрэҕи - тымыры, бахтыарыйаларынан үөскээбит ыарыылары барытын эмтиир - араас баастары, тымныйыылары, ис- уес ыарыытын арааьын. Ону таьынан, араас искэннэргэ, ол иьигэр раковайдарга, эрдэтээнни стадияларыгар туттуллар уонна тэллэйдэри эмиэ елертуур.
Билинни кэмнэ сурун туьата - вирус ыарыылары бэркэ диэн сэрэтэр уонна эмтииргэ балайда баьаам кеме буолар эбит.
Институтпут урукку директора, профессор Иванов Борис Иванович са5аттан бу оту туһаҕа таьаараары араас программа, проект бе5етун суруйан биэрэбит да, боппуруос миэстэтиттэн хамсаабат. Билинни медицина ирдэбилэ атын, ыарыылар симптомнары эрэ теье эрэ кэмнэ у5арытар-уоскутар, ыарыы тердун була-эмтии сатаабат - ити барыта 4 бутун Аан дойдуну баьылаабыт фармкомпаниялар политикалара буолара биллэр. Быраастары да оннук бэлэмниир буоллулар.
Бөрө сиир ото гемофилия (хаан тохтообото) диэн ыарыыга эрэ барсыбат уонна хааны убатар эмтэри (аспирин, кардиомагнил уо.д.а.) кытта бииргэ иьиллибэт.
Тэллэй киһи тириитигэр эрэ үөскээбэт.
Билигин биллэринэн, сүһүөххэ кытары тэллэйдэр, вирустар, бактериялар үөскүүллэр, ыарыы терде буолаллар.
Оһоҕоско, куртахха, хааҥҥа, тыҥа5а, мэйиигэ тиийэ тэллэйдэр баар буолаллар.
Итинэн сибээстээн, кыратык халыйыахха:
киһи доруобуйата билэргит курдук оһоҕоһуттан уонна аьылыгыттан са5аланар.
Былыргы доруоһаны өйдүүр буолаххыт дии - хмелевой доруоһа диэн букатын үчүгэй этэ, килиэби кытта куртахха тиийэн кислотаны тулуйбакка симэлийэр эбит.
Бурдук углеводтара оһоҕоско ааьа бараллар, киьи доруобуйата эмсэ5элээбэт.
Билиҥҥи пакеттаах доруоһа термофильнай диэн аатырар. 450 кыраадыска тиийэ итиини тулуйар, буспат-елбет - улахан халыҥ капсулалаах. Ол капсулалара куртах кислотатыгар олох кыһаллыбат эбиттэр, тэллэйи толору харыстыыллар. Микроорганизмнар бэрт былдьаһалларын (конкуренциялаһаллар) бары бэрткэ диэн билэбит. Билинни доруоьа тэллэйдэрэ оһоҕоско тиийэн баран онно баар туһалаах ас буһарар бактерияларын, онтон да атын туhалаах микрофлораҕытын барытын урусхаллаан кэбиһэллэр, ол тумугэр киьи доруобуйата улам айгыраан барар.
Онон, доруоһата суох килиэби сиэбиккит ордук буолан тахсар.
Тэллэйи үөрэтэр учуонайдар микологтар диэн ааттаналлар. Кинилэр тэллэйдэр эйгэлэригэр бэйэтэ ураты-туспа тэрээьиннээх, хардары сибээстээх "кистэлэн цивилизация" диэн аат инэрэллэр эбит.Онон, куһаҕан доруоһалаах килиэбинэн аьаатахха - биир керун тэллэй киирдэ даҕаны, хайдах эрэ гынан атын тэллэй керуннэригэр эппитин-сииммитин аһан биэрэр. Кинилэр итинник киирилэриттэн бүтүн тэллэй империялара үөскээн бараллар, элбэх ыарыы уедуйэр.
Урут бэкээринэҕэ килиэп буһардахтарына сэлиэһинэй сыта дэриэбинэни биир гына тунуйара. Онтон билигин оннук суох, сыта олох тар5аммат. Биллэринэн,
атыыланар высшай сорт сэлиэьинэй бурдуга диэн ааттаахпыт анарыгар тиийэ сояттан турар. 40-ча быраьыана эрэ сэлиэһинэй буолар. Дьинэ, соя - бобовай үүнээйи, туох даҕаны куһаҕана суох. Бу культураны Амурскай уобаласка, Приморьеҕа, Кытайга хото үүннэрэллэр.
Кэнники кэмҥэ генетиктар сояны сүрдээх судургу баҕайытык уларытар-тэлэритэр буола уерэммиттэр. Өлгөм үүнүүнү ылаарылар, ыарыыларга тулуйумтуо оҥороорулар араас үөттэр геннарын киллэрэн, ДНК-ларын, хромосомнарын уларытан, билини соялар уксулэрэ ГМО (генетически уларытыллыбыт) буолбуттар. Онон, билинни высшай сорт бурдукпут кутталлаах, чуолаан аныгы доруоьа кеметунэн оноьуллар килиэп керуннэрэ. Аны туран, аныгы сортартан оноьуллубут мээккэ бурдук учугэй тахсыылаах буоллун диэн элбэх глютеннаах (клейковиналаах) гына онорон таьаараллар. Клейковина киьи оьо5оьун дэлби киртитэр, клей курдук буолла5а дии.
Инньэ гынан, ыраас натуральнай, а5ыйах глютеннаах, туох даҕаны маҥхатара (отбеливателэ), үлүннэрэрэ (разрыхлителэ) уонна никситэри утарара (антислёживателэ) суох хаачыстыбалаах мээккэ бурдуктар араас керуннэрин (ячменнай, овсяной, ржаной, гречневай уо.д.а.) кердеен булан, бэйэ5ит килиэп-лэппиэскэ оносторгут ордук буолан тахсар. Итинник натуральнай, буортута суох бурдуктар “Илин Эҥэр” маҕаһыыҥҥа атыыланаллар. Сыаналара, биллэн турар, ботуччу со5ус.
Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээх, тыа хаһаайыстыбатын билимин доктора, профессор Борис Иванович Иванов диэн бурдуктарга киэнник-диринник чинчийиилэри ыыппыт, улахан учуонай баар буола сылдьыбыта. “Хлебные злаки Якутии” диэн кинигэ таьаарбыта.
Саха сирин кылгас сайыныгар түргэнник ситэр, суьаллык буһар “Скороспелка” диэн бурдук сорда билигин да5аны баар. Бу олох ураты сорт - ханна даҕаны аан дойдуга кини курдук суох. Иванов этэрэ: сахалар сир оҥоруутунан (земледелие), бурдук ыьыытынан теруку дьарыктанар эбиппит, онон ити бурдугу арааьата ебугэлэрбит со5урууттан илдьэ кэлбит буолуохтарын сеп эбит. Аны туран, 19 үйэҕэ сахалары үөрэппит Серошевскай "Якуты" диэн айымньытын ааҕан баран, сахалар арааьата урут, тун былыр сир оноруутун дьарыктана сылдьыбыт омук быьыылаах диэн саба5алааьынын чуола ейдеен турабын.
Онтон ити "Скороспелкабыт" баара суо5а 70-75 хонук иһигэр үнүгэhиттэн сиэмэтигэр тиийэ сайда ситэр (от всходов до восково-полной спелости семян), үчүгэй хаачыстыбалаах бурдугу биэрэр эбит. Ессе мааннык баар,
2003 с. ааспыт уйэ бастакы анарыгар олорбут-айбыт Саввин Андрей Андреевич диэн историк “Пища якутов в дорусский период” диэн улахан кинигэтэ кун сирин керен турар. Кини ер сыллаах араас чинчийиилэринэн - биһиги сахалар бэйэбит төрүкү сир онорон-танастаан бурдук ыьынан, килиэптэнэн олорор омук этибит диэн чуолкайдык, "чёрным по белому" суруйбут эбит. Уонна туран,
сүрүн бурдукпут арбай-ячмень буолар этэ диэбит, сэлиэьинэй (пшеница) да баар этэ диэн бэлиэтээбит. Ону ити уунээйилэр ааттара туоьулуур, холобура, арбай бары тюрко-монгольскай омуктарга итинник ааттанар. Ону таьынан, сахалар сир оноруутунан дьарыктаммыттарын туоьулууллар:
- уос-номох айымньыларбыт персонажтара - Баьымньы (Мотыга) Баатыр, Хоруур (Тяпка) Бэргэн уо.д.а.;
- элбэх агротермин: бурдук, арбай, сэлиэй, суха, сабаан уонна салаа (виды плугов), саламаат, судураан уо.д.а. Ити агротерминнарбыт атын тюрко-монгольскай омуктары кытта дьуерэлэьэр ;
- сир оноруутугар ат о5устары туьаныы (нууччалар атынан хоруталлара);
- сахалар бааьыналарын (солооьун сонуохтары) сис тыа оройугар солоон уонна уматан оностоллоро (подсечно-огневое земледелие), онтон нууччалар бэлэм ыраас сирдэри хорутан бараллара уо.д.а.
Онон ити "Скороспелкабыт" бэйэбит терут ыьар уунээйибит буолуон сеп.
Сахалар айыл5а "овощтарынан" аьыыр этилэр
Сэбиэскэй сойуус саҕана эмп 80 % үүнээйиттэн оҥоһуллара. Билиҥҥи эмтэр барыта кэриэтэ синтетическайдар. Кинилэр ойоҕос дьайыылара быдан элбэх буолан тахсар.
Сахалар 47 көрүҥ үүнээйини аска тутталларын “Пищевые растения якутов” диэн ыстатыйабар суруйбутум.
Үүнээйилэри плантацияҕа, дьиэ таһыгар аҕалан олортоххо дьайыылара 3-4 төгүл мөлтүүр. Ол оннугар маассата элбэх буолан тахсар. Бэйэлэрин теруку усулуобуйаларыгар үүнэр үүнээйилэр эмтэрэ ордук күүстээх буолара биллэр чахчы. Онон, дьиэ таһыгар үүммүт эмтээх оттору икки, сороҕун үс төгүл элбэтэн туттуохха сөп.
Ханнык баҕарар үүнээйиттэн маас оҥостуохха сөп.
Биир сантымыатыр курдук ынах арыыта дьаптал5а5а эмиэ соччо халыннаах улту мэhийиллибит (до порошкообразного состояния) оту кутабыт, онтон эмиэ арыы, онтон - от... - итинник теье мааска наадыйаргынан хатылаан иьэ5ин. Теье ба5арар дьаптал5а гыныахха сөп. Дьиэ иһинээҕи температураҕа икки-үс эҥин суукка туруоран кэбиһэҕит, онтон учугэйдик буккуйаҕыт. Бу субэни истибитим билигин Канада5а олорор, сахалар хайдах эмтэнэллэрин чинчийбит историк-учуонай Александра Григорьеваттан. Өр туттуоххутун баҕарар буоллаххытына водяной баняҕа биир чаас оргутан ылаҕыт.
Атын эмтээх оттор
Силистэрэ туттуллар үүнээйилэри саас эрдэ эбэтэр күһүн хомуллар.
Ханнык баҕарар үүнээйи сибэккитэ толору тылынна5ына ото хомуллара биллэрдик ордук буолар, дьайыыта быдан күүстээх.
Үөрэ (кыа уга, ото) - полынь обыкновенная. Былыр хатаран баран чокуурунан уот ыларга туһаналлара, онон иккис аата кыа уга диэн. Артемизин диэн күүстээх веществолаах. Айыл5а антибиотига, рагы да сэрэтэр кыахтаах. Манна да5атан эттэххэ,
Хотон таһыгар үүнэр амырыын аьыы сыттаах сытыган эрбэhин (полынь горькая (якутская)) баар, терут үөрэтиллибэтэх үүнээйи. Мин санаабар, рак ыарыыларын утары олох күүстээх эмп буолуон сөп диэн саба5алыыбын.
Ньээм-ньээм (одуванчик) үөһү таһаарарга, ноорго туьалыыр, мөлтөх соҕус антибиотик буолар. Париж олохтоохторо өрөбүллэригэр тахсан 5-6 сибэккини сиэтэхтэринэ туьалаах эттиктэр күннээҕи нуормаларын ылаллар эбит. Итиэннэ французтар хаппыт силистэрин, силиргэхтэрин (корневище) улту мэлийэн кофены солбуйар утах оностоллор диэн буолар.
Абааһы тайаҕа, истии от - дудник даурский, дягиль низбегающий, борщевик рассеченный диэн ааттаах чугас аймахтыы бутун ус керуну ааттыыллар. балачча эмэ дьааттаахтар, онон эдэр эрэ унугэстэрин аска тутталлар, приправа курдук.
Аахта (ревень компактный) силиһин оһоҕос, үөс, быар уонна куртах ыарыыларыгар иһэллэр эбит. Унугэстэрин, сэбирдэхтэрин эт-уут аска былаан сииллэр эбит.
Өргүөт, куба аһылыга, бөөттүүр тэбиэн (рогоз широколистный), эмиэ эдэр умнастарын сиэххэ сеп, онтон силиргэхтэрин хатаран баран улту мэлийэн бурдук курдук лэппиэскэ оностоллор, хааьы да оностоллор эбит.
Чүмэчи от (аконит Кузнецова). Аммаҕа өрүс хочолоругар, үрэхтэр кытыыларынан сииктээх толооннорго үүнэр. Норуот "волкобой" диэн ааттаабыт, то5о диэтэххэ былыр хайдах эрэ табан туттан берену дьааттыыллара уьу. Саха сирин саамай дьааттаах ото. Буккуйаннар таҥара кийиитигэр майгыннаталлар. Сүөһү, сылгы кутталлаа5ын билэллэр, сиэбэттэр. Илиигитигэр тутан даҕаны көрүмэҥ. Сорох эмчиттэр эмп оҥороннор, дьон туругар суоьууллар.
Уунньуула, ана5аьын (сусак зонтичный) Саха сирин киин улуустарыгар олох улахан сииктээх кытылларга үүнэр. Унньуллаҕа сафонин, тонин диэн эттиктэр бааллар. Аһылыкка кытары тутталлар - утэн, ыьаарылаан да сииллэрэ, бурдук онорон хааьы онороллоро. Силиһин хатаран баран, бурдук оҥорон, үүккэ хааһы курдук оргутан сиэтэххэ ис ыарыыта, то5о барыыта ааһан хаалар.
Ньургуһуну - прострелы (подснежнигы) терут иһиллибэт. Компресс да оҥостору утарабын, тоҕо диэтэххэ күүстээх дьааттаах буолан киһи тириитин сиэн кэбиһэр. Көннөрү настойкатын сүһүөххэ сотон туттуохха сеп. Кемус силис - родиола розовая, золотой корень. Сэниэ, куус-уох биэрэр от, ей-мэйии да улэтин сытыыр5атар. Неврозтары, психозтары, араас стрессовай дьайыылары намтатар, нейро модулятор буолар.
Иммуномодулятор учугэйэ, онноо5ор искэннэри утары тутталлар.
Хасхара - рододендрон золотистый, кашкара. Вирустары утары күүстээх дьайыылаах. Рак ыарыыны тохтотор кууьунэн бутун Россия5а бастын уунээйи.
Тыынар органнары олох учугэйдик ыраастыыр, артериялар уонна веналар хааннарын баттааьынын биллэ туьэрэр.
*Иҥнэлээх, сэбирдэхтээх мастар бары хааны убатар свойстволаахтар.
Биллэр чахчы - хаан убаатаҕына сүрэх, тымыр үлэтэ тупсан барар.
Бастакы туһалаах маһынан буолар тэтиҥ.
Врач фитотерапевт Т.В.Плесовских суруйарынан - биир стакан тэтиҥ лабаалара кыратыллыбытын биир лиитэрэ ууга суурайан, оргутан эбэтэр термоска хоннорон иһиҥ диэн сүбэ ыыппыт этэ. Этиэххэ наада, соҕуруу дойду үүнээйилэриттэн биһиэннэрэ хас эмэ тегул ордук күүстээхтэр. Онон, икки-үс томточчу миин ньуоскатын биир лиитэрэ ууга суурайан, кыратык оргутан истэххэ баьаамнык туһалыыр.
Тэтиҥтэн туоһун ылар буоллахха үөһээттэн аллараа быһаҕынан синньигэс биир эрэ сурааьыны сулуйан ылаҕыт. Туоһун бүтүннүү куустара саралаан ыллахха мас хатан хаалар, өлөрөн кэбиһиэххэ сөп.
Ол кэриэтин мастан туоһун олох ылбатах кене суол.
Ол оннугар саас, мас сииги оборбутун кэнниттэн лабааларын тоһутан ылар буолун. Халлаан сылыйбытын кэннэ мас ирэн хорон уута сүүрүүтүн, угуттаныытын кэмигэр (в период сокодвижения), сэбирдэхтэр тылла иликтэринэ тоһутан ылыҥ. Дьиэҕитигэр аҕалан үстүү-түөртүү сантымыатыр гына быһан хатараҕыт. Мөһөөччүккэ уган күнтэн күн куруутун чэй курдук иһэ сылдьыахха сөп. Дьэ, оччо5о утумэн туьаны ылыаххыт, кылаабынайа, араас илиистиктэртэн олох ыраастаныаххыт. 5 ый истэххэ онноо5ор мэйии илиистиктэрин кыайар.
Өбүгэлэрбит былыр ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйын саҕаланыыта бэс, тиит мастар сутукаларын (субаларын) сууралаан ылан, хатаран баран үрүҥ аһылыгы, эти кытары сииллэрэ.
Мас сутукатын сахалар эрэ сиэбэттэр. Уһун кыһыннаах сиргэ олороооччулар бары мас сутукатын сииллэр эбит. Волга татаардара, чуваштар, араас угро-финскай, тунгусо-маньжурскай омуктар эмиэ.
Тымныыга сыалаах эт сиэнэрэ ейденер, сэниэ-сылаас киирэр, киьи уьуннук тот сылдьар. Ол тумугэр, биллэн турар, оьоҕоско киртийии бе5е барар, шлактар уескууллэр. Уон иккигэ диэри миэтэрэ уьуннаах оьоҕоско буолунай кир-хох бе5е мустара меккуерэ суох. Дьэ, ону ыраастаары ебугэлэрбит барахсаттар сутуканы сииллэр эбит. Добуоччу соҕустук сиэтэхтэринэ, клетчатка гигроскопическай буолан сииги иҥэрэр буолан, куьа5ан чалахайы эмиэ кыайа-хото оборон ылан илдьэ барар. Ааһан иһэн оьо5оскун бүтүннүү ыраастаан, губка курдук барытын ыраастыыр, иҥэринэн таһааран кэбиһэр.
Л.Н.Сурина диэн улуу фитотерапевт этэн турар: "Үүнээйи эйгэтэ барыта да сүттэҕинэ, тэтиҥ эрэ ордон хааллаҕына, киһи-аймах оло5о сал5ана туруо диэн!!"
|
Category: здоровье |
Views: 2456 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 9 Ыалдьыттар (гостей): 9 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|