Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 18 » Тэрис. Олоҥхоҕо айыылар көмөлөрө.
Тэрис. Олоҥхоҕо айыылар көмөлөрө.
19:49
Тэрис. Олоҥхоҕо айыылар көмөлөрө.

Саха итэҕэлин барытын күүскэ ырыппыт киһинэн, Айыы үөрэҕин төрүттээбит, архыыптарга элбэхтэ хаһыспыт тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, төлкөбүт – Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис буолар. Быйыл, орто туруу бараан дойдуга оройунан түспүтүн 70 сылын кэриэһэ туолла.

Кинини батыһан, муспут матырыйаалларынан, көрүүлэринэн туһанан, бастакы олоҥхоһут ким эбитин сырдатыыттан саҕалыахха. Чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, бастакы олоҥхоһутунан билиини барытын билэ сылдьааччыны Сээркээн Сэһэн диэн күүстээх иччини ааттыыллар эбит. Кини таҥаралар билиилэрин ылар уонна орто дойду дьонугар этэр диэбиттэр. Оттон, бастакы, инчэҕэй эттээх ураанхай удьуортан олоҥхоһутунан Кэрдиис Хабырҕа диэн ахтыллар. Кини Сээркээн Сэһэн билбит сэһэнин ырыа гынан дьоҥҥо тиэрдэр эбит.

Олоҥхоҕо киһи тиэмэтэ, кинини иитии ыйытыктара хайдах сааһыланан сылдьарын көрөр эбит буоллахха дириҥ ис хоһооннооҕун чинчийээччилэр бары бэлиэтииллэр. Оттон, киһи итэҕэлгэ абыранаары, көмө ылаары, санаатын бөҕөргөтүнээри кэлэрэ биллэр, миигин үөһээ күүстэр, айыылар өйүүллэр-убууллар, дурда-хахха буолаллар диэн сананаары.

Олоҥхоҕо саха бииринэн айыы уонна абааһы диэн икки күүһү билинэр. Ол аата үтүө диэн баар уонна мөкү диэн баар диир. Манна олоҕуран саханы аан дойдуну икки гынан көрөр омук диэххэ сөп. Олоҥхоҕо ол ордук көстөр. Манна элбэх түгэннэр кэпсэнэллэр. Чуолаан итилэр саха киһитэ сиэрдээх буоларын, онно олоххо уоппуттаах буоларын хааччыйаллар.

Олоҥхо саамай киэҥник тарҕаммыт үгэһэ киэҥ сиргэ тарҕатыы этэ. Улахан олоҥхоһуттар улуустан улууска ыҥырыынан сылдьаллара. Ол түмүгэр оннооҕор кинилэр бэйэлэрин сирдэригэр биллибэттэрэ. Бу үгэс олох былыргыттан баар буолбут быһыылаах. Маҥнайгыта өссө анал дьаһал быһыытынан буолуон сөп. Эллэй Боотур саҕана, олоҥхону тарҕатыы ураты суолталаах үлэ буолбут.  Онтон, сыыйа, дьону иитэр үгэскэ кубулуйан олохсуйан хаалбыт.
Иитиллии олоҥхо араас өрүттэригэр көстөр. Ол курдук, Үрүҥ Айыы Тойон сиргэ-дойдуга бэйэлэрин уолаттарын-кыргыттарын олорпута иччилэр буолбуттар дэнэр. Ол иччилэри, кинилэр эйгэлэрин истэ-көрө, билэ, маанылыы, харыстабыллаахтык сыһыаннаһа сырыттахха биирдэ туһалаах буолара ыйыллар.

Уопсайынан, олоҥхоҕо айыылар дьоҥҥо көмөлөрө элбэхтик көрдөрүллэр. Айыы санаалаах, Айыы үөрэхтээх киһини кэрээн кэтэбилин быһыытынан, Үрдүкү күүстэр уот тэһэ көрүүлэринэн тула өттүн хаххалыы сылдьар буолаллар. Абааһы дьайа, сыыстарыылаах өттө онно кэлэн кэтиллэр, уостан, сүтэн суох буолан хаалар.

Аал Луук Мастан үрүҥ илгэ таммалыыр эбит. Эр Соҕотох ону сиэн улаатан тахсар, кинини ити мас иитэр. Онтон дьылҕатын этэр «Эн үһүс халлаантан кэлбитиҥ. Орто дойдуну быыһыыр аналлааххын» - диир.
Дьулларытта Дохсун айаҥҥа бараары сылдьан аала Дууп Мастан алгыс ылар. Айыы уола Өттүк Мөлдьөй бухатыырга анаан Одун Хаан бэйэтинэн алгыс этэр. Орто Дойдуну 40 дьөһөгөй алгаабыттар дэнэр.
Орунча Боотур балтын Үрүҥ Уйантай Куону Аал Луук Маска кистиир.

«Тоҥ Саар Тойон» олонхоҕо Аар Кудук Мас Тоҥ Саарга кэргэн ылар кыыһын аатын этэн биэрэр, суолун ыйар.
Айыы бухатыыра халлаантан туһэн турар үс быаттан биирдэрин тардар. Онуоха былыкка үс киһи көстөн кэлэн этэллэр: «Эн аатыҥ Тамаллаайы Бэргэн диэн» уонна киһиэхэ илгэни биэрэллэр. Бухатыыр ону сиэн уон төгүл күүһүрэн кэлэр.
Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру уонна Күн Толомон Ньургустайы айыы удаҕаттара кэлэн ыраастаан айыы киһитэ оҥороллор.

Хаачылаан Куо ыалдьа сыттаҕына үс айыы удаҕана кэлэн ыраастаан бараллар. Хара Кыырчыт бухатыыр Хааччылаан куону ойох ылар.
Аҕыс Дьаргыл удаҕаттар Илэ Хараны уонна Кыыс Мөндөлүөнү ыраастыыллар. Бу бухатыырдар кэргэннии буолаллар.

Абааһыга иитиллибит икки айыы уолун айыы удаҕаттара ыраастыыллар. Онуоха дьон харахтара арыллан айыы киһитэ буолан хаалаллар.
Дьулларытта Дохсун айаннаан иһэн сэниэтэ эстэн хаалар. Онуоха үс удаҕан кэлэн алгыс этэллэр. Киһи хаттаан күүһүрэн хаалар.
Тамаллаайы Бэргэн Ытык Мастан сир иччитин эмиийин эмэр уонна күүһүрэн хаалар.

Кыыс Ньургун сэргэҕэ дьонун кутун-сүрүн хаалларар. Харыстыы турдун диэн.
Тамаллаайы Бэргэни абааһылар оҕунан ыталлар. Ол охторо үөһээ дойдуга тахсан Үрүҥ Айыы Тойон сэргэтигэр түһэр. Бухатыыр өлбөт күүстэнэн хаалар.
Өлөн эрэр Дьулларытта Бөҕө халлаан бухатыырын Бөтөс Бүөтүччүнү ыҥырар. Халлаан бухатыыра өлбөт мэҥэ уутун иһэрдэн тилиннэрэр.

Сүүлэлдьин ата чаҕылҕан буолан абааһыны охсон өлөрөн кэбиһэр.

Нэриэн Мүлгүгэ ата этэр: «Мин хаҥас кулгаахпар киирэн кулун тириитэ сону кэт. Оччоҕо туохха баҕарар кубулуйар кыахтаныаҥ».
«Сидьи Босхоҥ бухатыыр» олонхоҕо ат уҥа кулгааҕар киирэн тыыннаах ууну булар. Сороҕун иһэр, сороҕунан этин соттор. Күүстээх буолан хаалар.  Хаҥас кулгааҕар киирэн бухатыыр таҥаһын булан таҥнан тахсар.
«Эрбэхчин Мэргэн» олонхоҕо кулун этэр: «Миигин Үрүҥ Айыы Тойон дойдутуттан үс удаҕан түһэрбиттэрэ».

«Сир уола Дьиэрбэк Мэргэн» олонхоҕо бухатыыр атыттан үс кылы ылан байҕал иччитигэр биэрэр. Онтуката үс сылгы буолан хаалар.
Тамалаайы Бэргэҥҥэ ата этэр: «Дьиэлээхтэр ороҥҥо олор диэхтэрэ. Онно дьөллөрү үтүгэн баар. Онон ороҥҥо олороойоҕун».
Ньургун Боотур ата этэр: «Айталыын Куону халлааннааҕы көтөр уоран барда».

«Оҕонньордоох эмээхсин» олоҥхоҕо абааһы Хоро Дабдырдаан, Сээркээн Сэһэҥҥэ тиийэр. Ону Сээркээн аттары баҕастары маска кэлгийэн кэбиһэр уонна айыы кыыһын кытта салгыы бараллар.
«Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» олонхоҕо Эр Соҕотох уһуга-туората суох байҕалга уста сырыттаҕына, үрүҥ былыкка Айыы Түһүлгэ удаҕан көстөр. Кини этэр: «Эн Үрүҥ Айыы Тойонтон төрүттээххин, өстөөххүн Тимир Уораны хотуоҥ. Эйиэхэ өрүһүлтэлээх санааны эттэҕим буоллун».
«Тамаллаайы Бөҕө» олоҥхоҕо бухатыырга 12 айыы удаҕана үс үрүҥ илгэни түһэрэн биэрэллэр. Бухатыыр ону сиэн кэбиһэр.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо бухатыыр уот байҕал таас очуоһугар киирэр. Тимир Ыйыста Ньургун Боотуру ылан быраҕар. Ону Айыы Умсуур удаҕан дүҥүрүн тойуһан быыһаан ылар. Оттон айыы бухатыыра Ыйыстаны быраҕар. Абааһы удаҕана Ытык Хахайдаан дүҥүрүн тоһуйа сатаабытын Айыы Умсуур дьөлө үрэн кэбиһэр. Абааһы  өлөр».
Уот Туралыма кэргэнин сүтэрэн кэбиһэр. Онуоха киниэхэ Сээркээн Сэһэн көстөн кэлэр уонна инникитин бухатыыр тугу гынарын этэр.

Үрүҥ былыт көстөр. Онно аттаах киһи турар. Аата айыы уола Күн Тулуур диэн. Бу үтүө илдьити этэр.
Айыы бухатыыра Аан Дуурай Сээркээн Сэһэни көрсөр. Кини бухатыыр дьылҕатын этэн биэрэр.

Айыы Удаҕана Айыы Умсуур Удаҕан Ньургун Боотурга айыы далбар кымньыыны биэрэр. Бу быа тайыы, ол, эбэтэр, иҥэрчэлээх (туорайдаах) уһун уктаах үҥүү буолар кыахтаах эбит.
Эр Соготох дьөллөрү үтүгэн түгэҕэр түһэр. Онно сытан айыылартан көрдөһөр. Үс удаҕан кэлэн тыын уган биэрэллэр. Бухатыыр тыынан кэлэр. Дьөллөрү үтүгэнтэн тахсар.
Сүүлэлдьин Боотур муораҕа киирэн баран онно сылдьар. Онуоха айыы удаҕаттара кэлэн муораттан таһааран баран халааҥҥа кыталык буолан көтөн хаалаллар.

Соҕотоҕун олорор Сайыстаан Куоҕа Ардьамаан-Дьардьамаан бухатыыр кэлэн истэҕинэ эмискэ үөһэттэн үрүҥ көмүс оҕуур, ол, эбэтэр, сүөһүнү тэйиччиттэн иилэ быраҕан тутарга аналлаах, ураҕаска баайыллыбыт уһун быа түһэр. Кыыс ол быаттан туттан халлааҥҥа тахсар. Ардьамаан-Дьардамааан кураанах хаалар.

Бэриэт Бэргэн бухатыыр айыылартан көмө көрдүүр. Сылаас тыал үрэр. Этиҥнээх былыт кэлэр. Этиҥ охсон, абааһы – оҕо буолан тиллээри сыппыт биһигин суох гынар.
Элиэдир Мэргэн Аан Арбалдьын диэн абааһыны кытта охсуһар. Абааһы хотоору гынар. Айыы удаҕаннара кэлэн халлаан сындыыһын түһэрэн абааһыны баттатан өлөрөллөр.

Бэриэт Бэргэн Уот Суоруну кытта Уот Муора арыытыгар охсуһаллар. Айыы уола Уот Суоруну бырахпытын Уот Куйбуур удаҕан дүҥүрүгэр түһэрэн быыһыы сатыыр. Ону дүҥүрүн Айыы Дьаргыстай курдары үрэр. Абааһы Уот Муораҕа түһэн умайан хаалар.
Орунча баатыр абааһы, Оҕо Дьоҕустааны кытта уот муора тумулуттан бырахсаллар. Орунча баатыр абааһыны бырахпытын Солуоннай удаҕан дүҥүрүнэн хабан ыла сатыыр. Ону Норолу Куо курдары үрэр. Абааһы уот муораҕа түһэн хаалар.
Молуо Даадар абааһы таас Олоччоҕу кытта охсуһар. Ол сырыттаҕына абааһыга көмөлөһө Ытык Солуонньай кэлэр. Молуо Даадар айыылартан көмө көрдүүр. Дьаргыл удаҕаттар кэлэн абааһы удаҕанын атараннан быраҕаллар. Абааһы удаҕана баас ылан баран куотан хаалар.

Бэриэт Бэргэн абааһы Тимир Эрэсиэнкэни утары охсуһар. Ким да хоппот. Айыы бухатыыра айыылартан көмө көрдүүр. 7 удаҕан көтөн кэлэллэр. Абааһы бухатыырын сиргэ тимирдэллэр.
Айыы Дугуйдаах абааһы Дыыбырдаанныын охсуһар. Айыылар түөрт дьөһүөлдьүтү ыыталлар. Олор абааһыны сиргэ тимирдэллэр.
Нарын Ньуругустай абааһылары кытта охсуһан хотторон барар. Хара Кыырчыттан көмө көрдүүр. Хара Кыырчыт этэр:

-Үһүс халлааҥҥа Тарахана Таайбыт Сүүрүк турар. Кини батыйатын бэлэм тутан турар. Киниттэн көрдөс. Айыы бухатыыра абааһылары хоппут.  

Абааһы бухатыыра Аан Даадар орто дойдуга тахсан аҥаардастыы киэптиир. Онуоха айыылар уоллара Күн Тулуур тутан тимиринэн кэлгийэн баран сиргэ тимирдэр.
Манна айыылар көмөлөрө сороҕор быһаччы буолар. Элбэхтик анал удаҕаттар көмөлөрүнэн тугу эмэ онороллор. Сээркээн Сэһэн, боотур ата, Аал Луук Мас эмиэ кинилэр алгыстарын биэрэр суолталаахтар.

Олоҥхоҕо, ол аата, айыылар дьоҥҥо быһаччы да көмөлөһөн туран хараҥа дьайдартан көмүскүүллэрэ көстөр. Кинилэр айыы аймаҕын өйүүллэрин көрдөрөр сүрүн суолтата туохха сытарын көрүөҕүҥ.                                                            
Үөһээҥи даа, орто дойду да олохтоохторо бары айыы бырагыраамалаахтарын көрдөрөр олоҥхо.

Ол аата кинилэр сиргэ олох туругурарын туһугар сылдьаллар.

Кинилэр олохторун бырагыраамата оннук. Кинилэр дьайыылара биир – олоҕу утарар күүстэри кытта охсуһуу. Ол гынан баран орто дойдуларынааҕылара арыт аналларын кыайан билбэккэ, айыыларга эмиэ куһаҕаны оҥороллор. Онтукалара, быраабыла курдук, быстах түгэҥҥэ эрэ буолар.

Мантан олоҥхо сүрүн идиэйэтэ тахсан кэлэр:
-Удьуор ырааһын харыстааһын.

-Аналы ситэри толоруу.
Саха киһитэ айыы суолун батыһарын үчүгэйдик билэр. Ити олоҥхолорго ураты күүскэ этиллэ сылдьар. Олоҥхо барыта айыы суолунан сылдьыыны көрдөрөр.
Сорох олоҥхолорго айыы киһитэ айыы киһитин кытта охсуһуута сүрүн буолар. Манна айыы дьоно иккиэн эбэтэр биирдэрэ бэйэтин аналын кыайан өйдөөбөт.
Онон дьайыытын айыы киһитин утары ыытар. Хайа эрэ өттүнэн абааһы курдук майгыланар. Охсуһуу итинтэн тахсар. Бүтэһигэр айыы быраабылата кыайар. Айыы дьоно эйэлэһэллэр уонна күүстэрин холбуур кыахтаналлар.
Уопсай туһаайыыта биир – олоҕу туругурдар кыах ылыы.
Айыыларга – уруй!
Айыы үөрэҕэр – айхал!


Тэрис суруйууларыттан таҥан оҥордо: Таҥ Бүө.
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 2358 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024