News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Тохсунньу » 22 » Ыйдар ыйынньыктара
Ыйдар ыйынньыктара | 09:43 |
Ыйдар ыйынньыктара
Тохсунньу ыйга төрөөбүттэр
Тоһуттар тымныы аанннаан, айылҕа иһийэн турдаҕына күн сирин көрбүттэр дьыл бу тыйыс кэмигэр дьүөрэлии чуумпулар, кэрэлэр. Дьоҥҥо – сэргэҕэ болҕомтолоохтор. Тохсунньу оҕолорун айыылара – аанньаллара арчылыы, араҥаччылыы сылдьаллар, туох эмэ кыһалҕа тирээтэҕинэ, тутатына көмөлөһө. Быыһыы охсоллор. Чолбон бэлиэлээхтэр туораттан көрдөххө сымнаҕас үтүө майгылаахтар эрээри, өһүллүбэт кытаанах сүрүннээхтэр. Бэйэлэрин тустарыгар тугу да кэрэйбэттэр. Туруоруммут соруктарын, баҕа санааларын хайаан да толорон тэйэллэр. Соруктарын ситиһээт, аҕыйах кэминэн өрөгөйдөрүн үөрүүтэ сойон. Эмиэ саҥа үктэлгэ тардыһан бараллар. Тапталга бэриниилээхтэр эрээри туора киһилиин быстах оонньоһон ылыахтарын сөп. Бу бэлиэ аннынан төрөөбүт дьон доруобуйаларыгар элбэх болҕомто уураллара наада. Оҕо сылдьан хаачаайы соҕус буолаллар, улаатан истэхтэрин аайы бөҕөргөөн иһэллэр.
Олунньу ыйга төрөөбүттэр
Силлиэ ыйыгар төрөөбүт амарах майгылаах, күүстээх санаалаах, дьонун – сэргэтин иннигэр ис сүрэҕиттэн бэринэн туран туруулаһар. Үлэтигэр эппиэтинэстээх, кыһамньылаах. Эппит тылыгар хайаан да турар. Сыал-сорук туруорунан, үтүмэнник үлэлээн, сорох силлиэ куттаах дьон үлүскэнник байаллар, атыттар Дьылҕа хаан тугу ууммутунан дуоһуйаллар. Бытархай сыыһалара-халтылара элбэх, онтон санаалара түспэт. Өһүргэстэр эрээри, кыыһырбыт-абарбыт уохтарын түргэнник аһараллар. Ханнык да түгэҥҥэ бэйэлэрин киэптэрин ыһыктыбаттар. Дьону кытта үөрэ-көтө алтыһаллар, сэлэһэллэр, кырдьаҕаска, кыаммакка халыҥ хахха буолаллар. Тугу эмэ ырыталларын. Күлэллэрин-үөрэллэрин сөбүлүүллэр. Силлиэлэр эппиэтинэстэн куттаммат буоланнар, салайар үлэҕэ дьоҕурдаахтар. Киэбирбэккэ, бардамсыйбакка, этиһиини-айдааны таһаарбакка, хас биирдии киһи санаатын табан, түмэн, бэрт муударайдык дьаһайаллар. Иннилэрин диэки харса суох баран иһэр дьон. Тапталга, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүү, өйөһүү баарын ирдииллэр. Кэлэйдэхтэринэ букатыннаахтык арахсаллар, кэннилэрин эргийэн көрбөттөр, төттөрү төннүбэттэр
Кулун тутар ыйга төрөөбүттэр
Күн бэлиэлээх киһи үтүө санаалаах, холку майгылаах, ол гынан баран өһөстөҕүнэ иннин кимиэхэ да биэрбэт. Кыыһырдаҕына ыгым, охсуһан да туруон сөп. Кыраттан долгуйар, үөрэр – хомойор. Кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ, туора дьон хараҕар биллэрбэт буола сатыыр, көрдөһө – ааттаһа сылдьыбат. Дьоҥҥо – сэргэҕэ биир тэҥ үчүгэй сыһыаннаах, бэрт буолары, ньылаҥныыры сөбүлээбэт. Албыннаттаҕына, хомойдоҕуна бырастыы гыммат. Күн бэлиэтэ чугас эрэ дьонугар арыллар, туора дьоҥҥо туттуна соҕус сыһыаннаһар, сэһэргэһэр киһитин олус болҕомтолоохтук истэр, истибитин ыһа-тоҕо сылдьыбат. Күн айыыларга, таҥараҕа сүгүрүйэр итэҕэллээх. Кини айылҕаттан айар дьоҕурдаах. Ону оҕо сааһыттан таба көрөн сайыннардахха, идэҕэ кубулуйуон сөп. Худуоһунньук, дизайнер, архитектор. Иистэнньэҥ, артыыс, суруналыыс, иитээччи идэлэрин баһылыыра табыгастаах. Сорох күн бэлиэлээх дьон дьоҕурдара хойутуу арыллар, оттон сорохтор дьоҕурдара төттөрүтүн эрдэ аһыллан баран, ситэ сайдыбакка умуллан хаалар. Күн бэлиэлээх киһи үлэтигэр эппиэтинэстээх, тугу оҥоруохтааҕын эрдэттэн ымпыгар-чымпыгар тиийэ былаанныыр уонна хайаан да толорор. Майгыларынан сытыы-хотуу күннэр кэлэн-баран, өрө мөхсөн, баай-талым олоҕу ситиһэллэр.
Муус устар ыйга төрөөбүттэр
Бу бэлиэ үөһээттэн ситиһиини тардар бигэ оҥоһуулаах. Туруоруммут сыалын ситиһэр инниттэн тугу да оҥорорун кэрэйбэт. Ол курдук тус бэйэтин интириэһигэр атын дьону сатаан туһанар албастардаах. Көдьүүстээх буолуох киһини хараҕын баайан, санаатын күүһүнэн хам баттаан, тылын ылыннарар ураты дьоҕурдаах. Тоҕоостоох түгэни туһанан, кэпсэтэн-ипсэтэн, күлэн-оонньоон хайа да киһиттэн, хайа да киһиттэн тугу баҕарарын оҥотторон ылыан сөп. Онтон санаата-оноото алдьаннаҕына, тыйыс хаанын киллэрэн, саҥатыттан матан, киһи толлон чугаһаабат киһитэ буолар. Ол эрээри дьэргэлгэн кыыһырбытын – уордайбытын түргэнник аһарар. Дьэргэлгэн бэлиэ уустук, киһи дэбигис өйдөөбөт майгылаах. Биир күн биир санаанан салайтарар, сарсыныгар онтун тосту мэлдьэһэн, олох атыны туойуон сөп. Өһөстөҕүнэ, ким да кини иннин ылбат. Хомойдоҕуна, уһуннук хоргутар. Дьиҥэр, дьэргэлгэн кубулҕаттаах тас дьиримин анныгар үтүө санаатын, уйан дууһатын, дириҥ өйүн кистэнэ сылдьар. Ис айылгытын бэйэтэ да ситэ өйдөөбөт. Санаатыгар, кытаанах, тыйыс буолуу – кини тас эйгэттэн харысхала. Дьиэ кэргэнигэр олус бэриниилээх, оҕомсох. Харчыны, баайы-дуолу сэргиир эрээри, дьаныһан туран эккирэппэт. Айыылартан көмүскэллээх курдук сананар.Быйаҥ диэн үөһээттэн бэриллэр диэн бигэ эрэллээх, онон салайтаран үксүлэрэ орто баайыынан этэҥҥэ олороллор.Үлэҕэ күүстэрин харыстаабаттар, тулуурдаахтар, туох да харгыска хаайтарбаттар.Ол түмүгэр хайаан да чиэскэ-бочуокка тиксэллэр, ааттара ааттанар
Ыам ыйыгар төрөөбүттэр
Чаҕылҕан ыйыгар төрөөбүт киһи айылҕаттан дьоҕурдаах, өйдөөх, тугу барытынг сатыыр, дьоҥҥо кэрэхсэтэр. Өтө көрөр, сэрэйэр айылгылаах, онон ааһан иһэр албыҥҥа – түөкэйгэ үктэппэт. Наһаа ыалдьытымсах, кэпсэтэрин – сэлэһэрин сэргиир, кыһалҕалаахха ис сүрэҕиттэн көмөлөһө сатыыр. Иннин туохха да биэрбэт. Кыыһырдаҕына, улаханайдааны тардан. Дьону куһаҕаннык саҥаран соһутуон да, кэлэтиэн да сөп. Онтун түргэнник аһарар, тугу гыммытын, саҥарбытын өйдөөбөт, олоччу мэлдьэһэр. Чаҕылҕаҥҥа майгы-сигили араас көрүҥэ хатыһа сылдьар. Сорох түгэҥҥэ чэпчэки, сэлээр, онтон күөх оту тосту үктээбэт сэмэй, ардыгар кытаатан тыйыһырар, онтон элэккэй. Эйэҕэс доҕор – атаскини буолар, ол быыһыгар тымныынан хаарыйар. Чаҕылҕан бэлиэ олус чэнчис, ыраас, куруутун сууна-тараана, тэбэнэ сылдьар. Дьоҕура аһылыннаҕына, ханнык баҕарар идэни баһылыыр кыахтаах. Кини элбэх сырыыны, түргэн быһаарыныыны эрэйэр атыыга-эргиэҥҥэ, айаҥҥа, айар-тутар үлэҕэ ордук табыллар. Чаҕылҕан тойон дьону күүскэ үлэлэтэр, салайар тэрилтэтэ куруутун сайда, тупса турарын туһугар саҥаттан саҥа ньыманы, сибиэһэйтолкуйу ирдиир. Дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыл, өйдөһүү – өйөһүү, бэйэ – бэйэни харыстааһын сыаннастарын өрө тута
.Бэс ыйыгар төрөөбүттэр
Хаһаайыстыбаннай, куруутун тугу эмэ хаһаанар түбүктээх. Тыа сиригэр олорор буоллаҕына, дэлэгэйдик оҕуруот аһын үүннэрэр, сүөһү тутар, от – мас үлэтинэн дьарыктанар. Туох баар дууһатын ууран, утуйар уутун умнан туран үлэлиир киһи. Атын киһи дьаһайарын, хамаандалыырын олох сөбүлээбэт. Туохха барытыгар сэрэхтээхтик сыһыаннаһар, билбэт киһитигэр итэҕэйэн быстыбат. Иирсэри – этиһэри ончу сөбүлээбэт. Айыыларга сүгүрүйэр күүстээх итэҕэллээх, айыылартан көмүскэллээх. Дьоҥҥохаҕыс сыһыаны, албыны – түөкэйи сөбүлээбэт. Айылҕаҕа сылдьарын ордорор, отонньут, тэллэйдьит. Көнө, аһыныгас майгылаах. Санаата иэйдэҕинэ, көрдөөх, көрүдьүөстээх. Олоххо сөптөөх суолу тутуһа сатыыр эрээри. Сымнаҕас майгылаах буолан, олох устун дьыл-хонук хайдах салалларынансирдэтэр. Кыһалҕа тирээтэҕинэ, эрэйи көрөр, хайдах тугу гыныан чопчу билбэт, түргэнник быһааран быстыбат. Ол гынан баранбытааннык да буоллар. Дириҥ өйүнэн хорутан, кэмигэр сөптөөх толкуйга кэлэр
:От ыйыгар төрөөбүттэр
От ыйын уот куйааһыгар төрөөбүт киһи үлэһит, түргэн, эрчимнээх эрээри, олоххо дьаһала суох. Иннинкитин туох күүтэрин уһуннук – киэҥник толкуйдаабат, тугу оҥоруохтааҕын былааннаабат, бүгүҥҥү күн тугу тосхойорунан сөп буолан, олох сүүрүгүн хотуустан иһэр. Үчүгэйгэ. Куһаҕаҥҥа түргэнник бэринэр. Өһөс, хадаар соҕус майгылаах. Кини баҕарбатын, ылымматын толотторор туох да иһин кыаллыбат. Ол гынан баран истиҥник саныыр дьонугар сүрдээх эйэҕэс, туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр. Ылыннарыылаах саҥалаах, сытыы тыллаах-өстөөх уот бэлиэ бэйэтигэр болҕомто тардарын сөбүлүүр. Эдэр сылдьан дьону барытын үтүө санаалаах дии саныыр, онон ким эмэ таҥнардаҕына. Олус кэлэйэр, устунан майгыта – сигилитэ алдьаныан сөп эрээри, сыыһа быһыыланарын кэмигэр өйдөөтөҕүнэ, олоххо сыһыанын тосту уларытар. Онтон сорох уот бэлиэ төһө да кыһалҕаҕа түбэстэр, санаатын олох түһэрбэт. Син биир иннин хоту күрдьэн бара турар.
Атырдьах ыйыгар төрөөбүттэр
Атырдьах бэлиэлээх киһи, халлааны кытта сибээстээх буолан, сырдык өйдөөх, күүстээх санаалаах. Эрчимнээх, дохсун, олус өһөс майгылаах, баҕарбыт санаатын ситэн тэйэр. Кыыһырдаҕына, иннин биэрбэт, охсуһарга да бэлэм. Санааҕа – онооҕо ыллардаҕына, туора дьоҥҥо биллэрбэт, ытыы – соҥуу сылдьыбат. Оргууй сылдьан, дьылҕа хайдах салайарынан аһарынар. Эйэтэ киирдэҕинэ, элбэх кэпсээннээх, көрүдьүөстээх, ис иһиттэн күлэр-салар. Иччилээх түүллээх, өтө көрөр дьоҕурдаах, батыһа сылдьар иэйиэхситтээх, онон идэтийэнүөрэннэҕинэ, үчүгэй эмчит тахсар.
Балаҕан ыйыгар төрөөбүттэр
Ууттан утумнаах киһи холку, наҕыл майгылаах, олох тугу биэрэринэн олорор. Хаһаайыстыбаннай, баайын – дуолун ыспат – тохпот, харчыны ааҕан туттар. Айылҕа биэрбит дьоҕурдара байҕал түгэҕэр курдук дириҥник кистэнэ сылдьаллар, ону таба тайанан арыйдахха, дэҥҥэ көстөр улахан талааннаах. Уу бэлиэтэ этиһэрин, аахсарын сөбүлээбэт, хомойдоҕуна, саҥата суох санаатын түгэҕэр сөҥөрөн кэбиһэр. Хоргуттаҕына, өһүргэннэҕинэ, сонно тута биир-икки сытыы ох тылынан утары этэн, саҥата суох ыытар эбэтэр кэлин тоҕоос булан үгэргээн, ыас гынан ыстаан, сыста сылдьан ыстырыыстаан кыһыытын – абатын таһаарар. Кини айылҕаттан нэс, онон түргэнник быһаарыы ылынан быстыбат, үлэтэ – хамнаһа бытаан, элбэҕи ситиһэрин куоттарар. Байҕал бэлиэ киэҥ, аһаҕас дууһалаах, онон олус эрэллээх, истиҥ доҕор буолар.
Алтынньы ыйга төрөөбүттэр
Хаар бэлиэлээх дьон икки араас айылгылаахтар, онон, ардыгар. Икки сирэй буолан көстөллөр. Кинини дэбигис өйдөөбөккүн, сарсыарда биирсанаанан салайтаран уһуктар, киэһэтин атын санааҕа баһыйтараноронун булар. Ардыгар үөһээ халлааны көрөн олорон, дьиҥ олоххо кыаллыбаты, дуону суоҕу ыраланар. Иэс ылан баран. Төннөрүө соҕун сөп. Хаар бэлиэ ити омнуолаах тас хаҕын суурайдахха, кини бэрт үтүө майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх. Кыһалҕаҕа түбэспити быыһыы – абырыы бастакынан кини сүүрэр. Элэккэй, үөрүнньэҥ, кэпсэтинньэҥ буолан, кинилиин алтыһар, доҕордоһор интириэһинэй. Туттара – хаптара да үчүгэй, хараҕы манньытар. Сорох хаар бэлиэлээх киһи айылгытын быһыытынан, ыксаабакка-тиэтэйбэккэ. Дьылҕа тугу анаабытынан аа-дьуо наҕыллык олороллор. Оттон сорох наар ыксаан-бохсоон тэлээрэр, бокуойа суох бутукайданар. Улахан суолталааҕы ситиспэт эрээри, араас албаһынан хараҕы баайан. Эрчимнээх үлэһит аатыран, карьератын оҥостор.
Сэтинньи ыйга төрөөбүттэр
Бу ыйга төрөөбүт киһи дьүһүнүнэн ис киирбэх, үксүгэр киһи көрөн мыыммат ортону үрдүнэн уҥуохтаах буолар. Кини сытыы өйдөөх, аһыныгас сүрэхтээх, көнө сүрүннээх, олоххо эппиэтинэстээх. Кыһалҕалаах киһиэхэ кыалларынан көмөлөһө сатыыр, дьиэ кыылларын наһаа сөбүлээн көрөр-истэр. Саҥата аҕыйах эрээри, тугу эрэ туруорсар, дакаастыыр түгэнигэр ылыннарыылаах тыллары булар. Дьоҥҥо – сэргэҕэ биир тэҥ сыһыаннаах. Сөбүлүү санаабыт киһитин кытта бодоруһан доҕордоһор, оттон сөбүлээбэтэҕинэ. Бэйэтигэр чугаһаппат. Биирдэ эмэ кыыһырдаҕына, өрө оргуйан турар, онтун түргэнник аһарар. Ый бэлиэ аһаҕас эттээх, инникини сэрэйэр, түүйэр дьоҕурдаах, иччилээх түүллээх. Тугу билбитин-көрбүтүн мээнэ ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат, буолуохтааҕын курдук саныыр. Айылҕа араас быһаарыллыбатах кистэлэҥнэрин, ситэ үөрэтиллэ илик олох дьикти өрүттэрин кэрэхсиир. Үгэһи, төрүтү, былыргы олоҕу сэргиир. Айыылары ытыктыыр, сиэри-туому тутуһар, итэҕэллээх. Үлэ өттүнэн олус табыллыбыт киһи. Эппиэтинэстээх,кыһамньылаах, толоругас, сыал-сорук туруоруннаҕына. Хайаан да үрдүк таһымҥа тахсар. Салайааччы буоллаҕына, балаһыанньаны киэҥник уонна дириҥниҥ өтө көрөн, саҥалыы уратытык быһаарар эрээри. Арыт олоххо баар дьиҥ кыһалҕаларга болҕомтотун ситэри уурбат. Тапталы өрө тутар, дьиэ кэргэнигэр. Чугас дьонугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһа
Ахсынньы ыйга төрөөбүттэр
Дьүкээбил уотун суһумун анныгар төрөөбүт биир сиргэ таба олорбот, элбэхтик айанныыр, кэлэр-барар. Саҥаттан саҥаны арыйыан, билиэн-көрүөн баҕарар, өрүүтүн сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар. Ис киирбэх, сэргэх дьүһүннээх. Кэнэн соҕус, көнө майгылаах, үтүө санаалаах, сыалын – соругун хайаан да ситиһэр үчүгэйинэн өһөс кытаанах хааннаах. Кини ордук дьону-сэргэни кытта алтыһар идэҕэ табыллан арыллар. Талааннаах учуутал, чаҕылхай айар үлэһит эбэтэр ытыктанар салайааччы буолар толору кыахтаах.
Соц сети
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 2328 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 81 Ыалдьыттар (гостей): 81 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|