Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 22 » УУС АЛДАН ХАҔА ЭРЭ ХААЛЛА...
УУС АЛДАН ХАҔА ЭРЭ ХААЛЛА...
10:00
УУС АЛДАН ХАҔА ЭРЭ ХААЛЛА...

Урут, өтөрдөөҥҥө диэри Лөгөй, Майаҕатта,  Сэһэн Ардьыкыап, Мас Мэхээлэ, Күүстээх Уйбаан, Күүстээх Куонаан саҕаттан Бороҕон-Дьуоттулар, Лөгөйдөр, Байаҕантайдар, Бэрт Харалар, Дүпсүннэр,-- диэн олус да күннээн күөнэхтээн сыһыы-сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи сырырҕатан, хонуу-хонуу аайы хороҕор муостааҕы хойуннаран, булда Аһа дэлэгэй халыҥ сис тыалардаах систик, дириҥник иһиллэр эрэ буолбакка күннээн ахан олорбут халыҥ аймах аҕа уустара тэнийэн түөлбэлээн олорбут сирдэрэ этэ буоллаҕа...
Нуучча да кэлбитин кэннэ урут сурукка тиһиллэн киирэн хаалан учёнайдар наар, бу улуус дьонунан үөрэтэн  сахалар манныктар,-- диэн холобур тутталлара. Онтон билигин оччолортон аар-саарга аатырбыт улуус хайдах эбитий, олоҕо-дьаһаҕа, дьоно-сэргэтэ, сылгыта-сүөһүтэ, булда аһа оҕото-уруута, кэлэр кэнчээри ыччата уонна да атын ыйытыкка сылдьар кэлим кыһалҕата хайдаҕый?

Саас сааһынан оллоонноон олорон сэһэргэһиэххэйиҥ, кэпсэтиэххэйиҥ. Уус-Алдан киинэ Бороҕон баара-суоҕа 120 биэрэстэ Дьокуускайтан. Маныаха тута ахтыаҕы баҕарыллар оччотооҕу кэмҥэ дьиҥинэн Суоттуга көһөрөр туһунан боппуруос киирбитин, куоластааһын түмүгүнэн Бороҕону талан оччоттон-баччаҕа,-- диэри кииннэнэн олорор. Суотту нэһилиэгэ баара-суоҕа Дьокуускайтан 50 биэрэстэ. Онно эбии Бороҕонтон Суоттуга диэри 70 биэрэстэ.

Аныгы үйэҕэ күүстээх, сыыдам массыыналар баар буолбуттарын кэннэ олох чугас,-- диэн буолар. Ол гынан баран кэнники бириэмэҕэ өссө ордук үтүө сири көрдөөн киин сирдэргэ дьон көһүүтэ аһары элбээн 25 тыһыынчаттан быһа барыллаан 15 тыһыынча киһи хаалбыта буолуо оҥоробун.

Нэһилиэктэр эрэйдээхтэри аныгы үйэ тойотторо дэлби түүрэйдээн, мөҕөн-этэн ыбылы куттаан тутан олороллор. Ол гынан баран сотору кэминэн нэһилиэктэр быстар дьадаҥытык олороллорунан биир эмэ уонча сылынан нэһилиэктэрбититтэн олох да ытыспытын соттор, көрө матар кыахтаах олоробут. Ону кытары Уус-Алдан эмиэ олоччу олох да суох буолуон сөп. Хайдах да араатардааҥ, хайдах да киһиргээҥ тойоттоор(!)

Уус-Алданы ыһар, сиир буоллугут. Бу соторутааҕыта эмиэ оскуола тутан киллэрдилэр, ол гынан баран кимиэхэ туттулар? Сотору бөһүөлэктэр көһөн бүтүөхтэрэ, оччоҕо онно ким үөрэнэр, арай арааһа үөрүттэн быстан хаалбыт сүллүкүүн оҕотун  үөрэттэрдэҕинэ,-- диэхпитин сөп. Көр эрэ, киһи кыһыйыах иккитэ Ил Түмэн спикерэ Уус-Алдантан баар буола сырытта даҕаны, гаас көнөтүк Чурапчы, Таатта диэки көрдөрбүтүнэн ааһа турда. Үнүр тарбахпынан ааҕан көрбүтүм аҥаардас күн бүгүн Ил Түмэҥҥэ аҕыс депутат баар эбит.

Барыта Уус-Алдаҥҥа төрүөбүт дьахталлар уонна эр дьоннор. Суолбут эчикийэ куһаҕанын. Кыһыл бартыһаан Хабырылла Дьөгүөрэп обургу эппит тыла билигин да илэ күүһүгэр номоххо сылдьар. Хаҥалас, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас суоллара асфалть суолунан дыргыллар. Суотту Бороҕон суоллара хаһааҥҥа диэри буорунан бурҕайар. Тэрилтэлэрбит бүтүннүү Чурапчы, Майа, Аллараа Бэстээххэ көстүлэр. Бу аата туох буолла Уус-Алдаҥҥа? Олох соторутааҕыга диэри туһунан улуустан Уус-Алдаҥҥа кийиит буолуу киэн туттуу буолара, билигин ытыллан олорор Буордаах Бороҕоҥҥо кыыс-дьахтар кэлэригэр бука кэтэҕин балачча тарбанара буолуо оҥоробун.

Талааннаах оҕолорбут ханна бүктүлэр, сайдыыны сиэрдээх олоҕу, үлэни-хамнаһы өрө туппут ыччат дьоммут ханна сүттүлэр?
  Дьэ, кэскиллээх үлэ, олоххо аныгы сайдыыны  былааннаан барбата кыһыылаах, Абалаах да баҕайы...

Төттөрүнү төлкөлүүр төттөрү төрүөх буолбатахпын, итэҕэйбэт буоллаххытына бара сылдьыҥ көрүҥ Мүрүгэ буордаах Бороҕоҥҥо...
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2416 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024