Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 23 » УЛАХАН ТОЙОТТОР ХАҺЫАТЫ ААҔЫАХТААХТАР
УЛАХАН ТОЙОТТОР ХАҺЫАТЫ ААҔЫАХТААХТАР
09:55

УЛАХАН ТОЙОТТОР ХАҺЫАТЫ ААҔЫАХТААХТАР

“Туймаада” бу сыл тохсуньу 20 күнүнээҕи үгүс сонуннаах нүөмэрин тутан олоробун. “Омук агена” Степан Петров уонна дууһатыгар өр сыл мунньуллубуту тоҕо тэбиир Иннокентий Оконешников, ветеран Василий Горохов “итийэн-кутуйан” суруйуулара тахсыбыт. Иван Пономарев тугу эмэ суруйбута буолаарай диэн көрө сатаатым да – суох. Кырдьаҕас патриот соторутааҕыта балыыһаламмыта, ол иһин тугу да киллэрбэтэх буоллаҕа. Хата ол оннугар үлэ бэтэрээнэ Николай Николаев икки матырыйаала бэчээттэммит. Биирдэстэрэ – “Улахан тойоттор хаһыаты ааҕаллар дуо...” диэн. Бу суруйууга санаабын этэбин.

Хаһыаты эдэр ыччат аахпат. Аҕам, кырдьаҕас саастаахтар хаһыат тахсарын кэтэһэллэр. Оттон Тойон олоҕу, нэһилиэнньэ тугунан тыынарын билиэн, дьаһаллары ылыан баҕарар буоллаҕына хаһыаты ааҕар эбээһинэһэ дии саныыбын. В.И.Ленин “Правда” хаһыатын ааҕа олорор хаартыскатын биһиги көлүөнэ көрөн аҕай кэллэхпит. И.В.Сталин саҕа хаһыаты ааҕар, халыҥ библиотекалаах салайааччы суоҕа дииллэр.

Кини уола Василий “уочараттаах” баракааһы оҥорбутугар мөҕөрүгэр: ”Мин 70 сааһым уонна сибилигин да үөрэнэ сатыыбын”, - дии-дии библиотекатын ыйбытын туһунан кыыһа Светлана суруйбута баар. Николай Николаев Тойоҥҥо пресс-секратара барытын хомуйан паапкаҕа уган бэлэмнээн биэрэр диирэ саарбахтардаах. Ол ким пресс-секретарь буоларыттан, ханнык сорудаҕы Тойонуттан ыларыттан тутулуктаах.

Тойон ол-бу Пономаревтар, Николаевтар суруйууларын киллэрбэт буол диэн сөп. Мин санаабар, бэйэтэ үбүлүүр “Саха сирэ” уонна ”Якутия” хаһыаттары Тойон ааҕа да барбата буолуо. Бу хаһыаттар хайгыыр, үлэни эрэ онон-манан сырдатар сорудахтаахтарын билэр. Тойон чааһынай “Якутск вечерний”, ”Кыым” уонна ”Туймаада” хаһыаттары ааҕарыгар улахан бириэмэ ирдэммэт. Биллэн турар, ыытар политикатыгар сыһыаннааҕы ааҕыахтаах. Олоруҥ ити хаһыаттарга элбэҕэ суохтар. Холобур, Владимир Степанов “Кыымҥа”иккилии балаһанан Тойону хайгыыр ыстатыйаларын, ааҕааччыга эрэ аналлаах суруйууну, аахпатын ээ, онно туох сурулларын бэйэтэ да бэккэ билэр. Тойон бэйэтин хайҕатыан баҕардаҕына, Штыров курдук, сити Степановка аҕыйах мөлүйүөнү быраҕан биэрэн арамаан да суруйтарыан сөп.

Онтун нууччалыы тылбаастатан таһаарарга (Штыров сахалыыга тылбаастата охсубутун курдук) киһи көстүө. Итиннэ аҕыйах мөлүйүөнү быраҕан биэрэр киниэхэ улахан буолбатах. Ол биһиги огдолуйбут олохпутугар сыһыана суох. Оттон бу күҥҥэ “Кыымҥа” Нина Герасимова, Туйаара Сиккиэр ааҕааччыга эрэ буолбакка салалтаҕа олус наадалаах суруйууларын Тойон ааҕара наада. Пресс-

секретара итилэри “паапкаҕа” уган киллэрэрэ саарбах. Итини этэргэ төрүөт да баар: Марха өрүс кытылыгар олорор нэһилиэнньэ Е.Борисов аатыгар сурук суруйан баран хоруйу туппатахтара, “паапкаҕа” киирбэтэх буоллаҕа. Штыров уҥа илиитэ, урукку уголовник, Чуйко Тойонугар быһааттара кэлбит суруктары тиэрдибэтин этэллэрэ. Тойоҥҥо наадалаах информация “Якутск вечерний” уонна ”Туймаада” хаһыаттарга тахсар. Итиннэ суруллары “паапкаҕа” укпакка да эрэ ааҕыахха сөп. Холобур, миниистир Атласов 13 страницаҕа Иван Пономаревка хоруйа албына-түөкэйэ арыллыбыта дии. Тойон маны ааҕан баран 1,2 млрд. үбү тыа хаһаайыстыбатыгар эбии көрөргө сорудахтаабыта буолуо. Иван Петровичка махтал!

Тойон “паапкаҕа” угуллубаты да ааҕара наадалааҕа итинтэн көстөр. Республикабыт 100 сааһын туолуутун бэлиэтээри олоробут. Итинэн сибээстээн автономияны тэрийбит чулуу дьоммутун кэриэстиир, үтүө ааттарын ахтар үлэ барар. Хомойуох иһин, ону сөбүлээбэттэрэ, итиннэ мэһэй буола сатыыллара көстөр. Итини “Туймаада” эрэ көмөтүнэн билэбит. Николай Николаев “историк” Лааһар Рожиҥҥа утарсан көрөр да киһитэ тохтообот. Олору пресс-секретарбыт да өйдөөн ааҕара саарбах. Николай Николаев бэйэтин суруйууларын ааҕааччыга эрэ аналлаахтар диирэ сыыһа.

Тойон республика үбүлүөйүгэр дьиҥнээхтик бэлэмнэнэр киһи быһыытынан Николай Николаев суруйууларын хайаан да ааҕыахтаах, бу киһи тугу - тугу суруйарый, тоҕо маннык буолла диэн толкуйга түһүөхтээх. Ол иһин этэбин, Тойон “паапкаҕа” эрэ киллэриллибитинэн муҥурданыа суохтаах, оччоҕо эрэ туһалааҕы эбии билиэхтээх диэн. Итинник буолбат түбэлтэтигэр, Николай Николаев суруйуулара - салгыны эрэ дайбааһын. Үйэтигэр түптээн үлэлээбэтэх, кыракый пенсиялаах Лааһар Рожин Сочига баран сынньанан кэлэ-кэлэ төһө баҕарар суруйа олоруо. Киһиҥ өссө Өксөкүлээх, Ойуунускай, Башарин, Аммосов куһаҕаннарын арыйар икки томнаах кинигэ суруйуохтааҕын этэн турар.

Хата Николай Николаев биһиги кинигэ хайа эрэ томун муннугар омсолоох дьоруой ахсааныгар киирэн бүтүн республикаҕа биллээйэбит. “Историгы” үгүөрү харчынан хааччыйыахтара, биһиги курдук брошюра оҕото таһаараары дьонтон умналыы барбата буолуо, кинигэтин таһаарыа. Лааһар Рожин Былатыан Ойуунускайы тыыппата ордук буолуо этэ. Улуу талааннаах сүдү киһи –Былатыан Ойуунускай кылгас олоҕор салалтаҕа олордуллан үгүс бириэмэтин ыыппытын үрдүнэн төһөлөөх өлбөт-сүппэт айымньыны норуотугар хаалларда? Бу ураты киһи, атын улуу омуктарга киниэхэ майгынныыр киһи төрөөбөтөҕө.

Хааннаах репрессия, хомсомуол ыччаттар ойууттары итии хобордооххо олордор кэмнэригэр Ойуунускай диэн араспаанньаны ылыммыта да сөҕүмэр, муҥура суох хорсун быһыы дуу, үөһээттэн анал дуу. Кимиэхэ-кимиэхэ, киниэхэ аналлаах болуоссат киин куораппытыгар баар буолуохтааҕа. Лааһар Рожин Ойуунускайы тыытар ханнык да моральнай бырааба суох, киксэрэр да буоллахтарына туттунара ордук этэ. “Эдэр историк” 37 сыл эбитэ буоллар

төһө суругу суруйуо эбитэ буолла, билигин да бооччойо олороро дуу? Тойон “паапкаҕа” эрэ киирбитинэн салайтарара, эбэтэр атын суруйуулар ис хоһооннорун бэрт кыратык билэрэ саха дьылҕатыгар быһаччы дьайыылаах буолуон сөп диэри гынабын. Холобур, кини “нэһилиэнньэ туруорустаҕына Орджоникидзе аатынан болуоссаты Ойуунускай аатыгар уларытыахха сөп” диэбитин истэн үөрбүппүт баара. Оттон нэһилиэнньэ туруорсубута ыраатта, 2000 илии баттааһын суругун мээрийэҕэ киллэрбитэ, ону оччотооҕу хотун Авксентьева бөххө бырахпатах буоллаҕына, онно сыттаҕа.

Ити туһунан хаһыаты бараабыппыт да, “паапкаҕа” киирбэтэх муҥа буоллаҕа. Үрүт - үөһэ туруорсуу наадата суох, Суорун Омоллоон, Афанасий Осипов туруорсууларын учуоттаан туран, баһаалыста, Тойон бар дьонун өйөөн республика 100 сылын көрсө уонна бэйэтин 50 сааһыгар түбэһиннэрэн тустаах Ыйаахта таһаардын. Дьокуускайга кэлэн икки-үс ый биэссэрдээбит Орджоникидзеҕа атын сөптөөх миэстэ көстүө. Кини сыылкатын 7 ыйыттан 5-һин Покровскайга ойох ылан олорбута итиннэ эмиэ учуоттаныллыахтаах. Биһиги, төһө да кырдьаҕас суруналыыстар аатырдарбыт, кылгастык суруйарга үөрэнэ иликпит. Ол быһыытынан, “Туймаада” бу нүөмэригэр Унаар Уйбаныап диэн ааптар “Дьаҥ биһигини туохха үөрэттэ?” диэн ыстатыйатыгар тохтуурга тиийэбин. Уонна манныгы “Туймаада” эрэ бэчээттиирин этэбин.

Ааптар ыстатыйатын бүтэһигэр “Кыым” хаһыат “үтүөтүнэн” бу уодаһыннаах дьаҥы “хамсык” диэн сүрэхтээбиттэрин сыыһанан ааҕар. Ол түмүгэр суруналыыстар, араас чиновниктар, правительство үлэһиттэрэ о.да.а. бука бары хамсык да хамсык буолбуттарын култуурабыт суоҕуттан буоларын этэр. Мин итиннэ сөбүлэһэбин уонна өссө сыл анараа өттүгэр итини быһаара сатаабыппын этэбин. Онуоха 1972 сылга учуонай бөҕөтө кыттан таһаарбыт “Якутско-русский словарь” диэҥҥэ тирэҕирбитим. Онно сурулларынан – хамсык “мор среди скота” диэн тылбаастанар. Унаар Уйбаныап итини эбии ахтыбыта буоллар бэрт этэ. Ол мин оччотооҕу суруйуубар кыһамматахтара, барыбытын сүөһүгэ холуу сылдьаллар. Ити, Унаар Уйбаныап этэринии, дьоммут култуураларын, билиилэрин намыһаҕын туоһулуур.

Толору сөбүлэһэбин. Кэлээһин, барааһын, ынаҕы ыаһааһын буола олордохпут. Түмүкпэр, Иван Пономаревы, Николай Николаевы, олоҕу олорбут, элбэҕи билбит ытык кырдьаҕастары, чугуйбакка, эһигини дьон кэрэхсээн ааҕарын иһин, “Туймаадаҕа” суруйан иһиҥ диэн ыҥырабын. Эһиги эрэ суруйдаххытына хамсааһын тахсыаҕар, уларыйыы киириэҕэр эрэнэбин. Өссө эбэн эттэхпинэ, “Кыым” гороскоба мин нэдиэлэтээҕи дьылҕабын уот харахха таайар. Бу сырыыга гороскоп мээнэ суруйума, кэһэтиэхтэрэ диэн сэрэппитин үрдүнэн суруйдум. Хайа дьаабы буолар...?

Иван БУРЦЕВ 21.01. 2022 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2314 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024