Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Кулун тутар » 2 » Сустаанап – баһаар ороспуойдарын баһылыга
Сустаанап – баһаар ороспуойдарын баһылыга
05:22
Сустаанап – баһаар ороспуойдарын баһылыга

   Ааспыт үйэ 20-с сылларын саҕана дойдуга барытыгар НЭП бэлиитикэтэ киирэн, атыы-эргиэн кэҥээн барбыта
. Дьокуускай куоракка ылсыы-бэрсии эргийэр киинэ Эт баһаара (ити билиҥҥи «Куруһаала» турар сирэ) буолан турара. Тыа дьоно эттэрин-үүттэрин манна аҕалан эргинэллэрэ. Оттон, биллэрин курдук, ырыынак, харчы эргийэр сиригэр былыргыттан быйылга диэри криминал дугуйданар. Холобур, 1919 с. Саха сиринээҕи Кыһыл аармыйа командующайын, аатырбыт эсер Б.Геллерт диэн улахан сололоох киһини кыыллыы өлөрөн баран өлүгүн Эт баһаарын киириитигэр илин диэки хайыһыннаран олордон кэбиспиттэрэ эмиэ баара. Кэлин биллибитинэн, кинини Ф.Лебедев диэн бассабыык салайааччытын дьаһалынан өлөрбүттэр курдук. Оччотооҕу Эт баһаарыгар хабыр быһыылаах-майгылаах «Баһаар ороспуойдара» диэн аатырар дьон күннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Бу дьоҥҥо биир кэмҥэ Мэҥэ улууһуттан төрүттээх, харса суоҕунан, сытыы тылынан аатырбыт Сустаанап (Ошустанов) диэн ороспуой баһылыгынан сылдьыбыт. Аата чуолкайа биллибэт, ким эрэ Байбал, ким эрэ Көстөкүүн диир. Туох да улахан уруута-аймаҕа суох сулумах киһи эбитэ үһү.

   Сустаанап 1921-23 сылларга үрүҥ бастаанньа да, «пепеляевщина» да кэмнэригэр чекист, милииссийэ, кыһыл армеец буола сылдьыбыт. Ол курдук, 1922-23 сылларга кини Верхоянскай куорат оборуонатыгар бастаан чекист-милииссийэ, кэлин кыһыл армеец буола сылдьыбытын кыһыл бартыһаан Е.Г. Куличкин 1970 с. тахсыбыт ахтыы кинигэтигэр суруйбута. Мин эһэм, Дьааҥы олохтооҕо Н.Е. Горохов-Дьаҕараабыс (1837-1983 сс.), хаайыы кыһалаҥ үлэтигэр түбэһэн баран, 1931-1933 сылларга, бу Сустаанап эмиэ Дьокуускай чугаһыгар хаайылла сылдьарын көрсүбүтүн кэпсиирэ. Бу Сустаанап хаайыыга да сылдьан кыыллыы сигилитинэн киэбирэрэ, оҥорбут сидьиҥ дьыалаларынан өҥнөрө, «сылга муҥутаан 7 киһини эрэ өлөрөрүм, онтон ордугу – суох» диэн киһиргиирэ үһү. Тыаттан Эт баһаарыгар эргинэ киирэр дьон куоракка этэҥҥэ сылдьар туһугар бу киһиэхэ албыннаһар, манньа биэрэр эбиттэр. Сустаанап саллаатынан, харчы хомуйарыгар «тэриэлкэ тутааччынан» эмиэ Мэҥэ киһитэ, уруккута үрүҥ бастаанньа кыттыылааҕа, кэлин Аҕа дойду сэриитигэр баран өлбүт Е.Дьяконов-Чиэппэрдээх сылдьыһара. Бу баандаҕа өссө Нүүйэ Бааската диэн ороспуой сылдьыспытын кэпсииллэр. Бука, билиҥҥи Ленскэй сирин киһитэ буолуо. Номох быһыытынан, бу баанда «байыастара» Эт баһаарыгар киирэр бадараан ортотугар уот оттон баран ол тула лаҕыччы олорон «бэриһиннэрбит» эттэрин үөлэн сииллэрэ. Бу олорон Сустаанап «бүгүн Нам (Мэҥэ, Бороҕон, Таатта...) маннык диэн ааттаах олохтооҕо эргинэ киирдэ. Бу кини этин сии олоробут. Күн устата кини баһыттан биир да баттах түһүө суохтаах, үчүгэйдик көрө-харайа сылдьыҥ» диэн дьонугар дьаһал биэрэрэ үһү.

   Сустаанап Эт баһаарыгар сылдьан дьону өлөрбүтүн илэ көрбүт дьон кэпсээннэрэ бааллар. Мэҥэ улууһун Иккис Мөҥүрүөнүн олохтооҕо С.П. Колосов (1912-2008 сс.) маннык кэпсиирэ:
  ... 1928-1929 сылларга 16-17 саастаах уол аҕабын кытта Дьокуускайга Эт баһаарыгар сылдьыбыппыт. Киэһэрэн, эт атыылыыр лааппылар түннүктэрэ сабыллан эрэллэрэ. Арай, биир бэскэйэ сытыйбыт, суон, улахан нуучча киһитэ кэлэн биир түннүктэн эт атыылаһа туран үөҕүстэ: «Бу тугу биэрдиҥ! Сааххар төкүнүтэн баран аҕаллыҥ дуо?! Эһиги сахалар бука бары бандьыыттаргыт, оннооҕор Дедушка Каландарашвилины өлөрбүккүт...» Бу кэпсэтиини атын түннүккэ дьону кытта кэпсэтэ турбут, бэргэһэтин хаҥначчы ууруммут, оҕо курдук кыра уҥуохтаах саха киһитэ иһиттэ уонна ыкса кэлэн нууччаны тардыалыы-тардыалыы «ты чуо? Сам бандьыыт, наверно!» диэтэ. Нуучча кинини туора хаһыйан кэбиһэн баран ааһа турда. Бу быһыыны көрөн туран аҕам түргэнник бара охсор наадатын, куһаҕан быһыы буолан эрэрин эттэ. Ити икки ардыгар били кыра киһибит куоска курдук ыстанан нуучча арҕаһыгар хатана түстэ, быһаҕынан сүнньүгэ саайда уонна ыраах туора ыстанан кэбистэ. Киһитэ тиһигирээбитинэн өлөн түстэ! Ол кэннэ били баҕайы өлөрбүт киһититтэн быһаҕын хостоон ылан, өлүөхсүт таҥаһыгар туора-маары сотон ыраастаан баран үрдүгэр бырахта уонна холку баҕайытык сис туттан чугас баар куппуулар (ГПУ) ыстаап хонтуораларыгар бара турда. Ким да куттанан чугаһаабат, ааныгар мэлдьи икки ыстыыктаах саалаах харабыллаах ГПУ-НКВД дьиэтэ Эт баһаарыттан чугас баара...

   Сустаанап төһө да ити курдук дьүһүлэнэ сырыттар, саха дьонун өлөрбүт сураҕа иһиллибэт этэ. Сиэҕэр, хоонньугар хастыы да быһаҕы укта сылдьара үһү. Киһитэ улаханыттан-кыратыттан көрөн, улахан, кыра быһахтары анаан уларыта сылдьан «туттара» дииллэрэ. Дьону өлөрөн баран куппуулар хонтуораларыгар тиийэн: «Нохолор! Биир кур оҕуһу өлөрдүм! Биир эмэ соҕотох киһи сытар хаамыралааххыт дуо? Аҕыйах хонукка хаайан кэбиһиҥ эрэ. Үчүгэйдик утуйан сынньаныам, уоскуйуом этэ», — диирэ үһү. Куппуулар ол эппитин хоту аҕыйах хонукка хаайа сытыаран баран таһааран кэбиһэллэр эбит. Сустаанап киһини өлөрөн баран тоҕо туох да эппиэккэ тардыллыбатын дьон оччолорго да олус муодаргыыллара үһү эрээри, куттанан чуолкайдаһа барбаттара...

   Эмиэ Иккис Мөҥүрүөн олохтооҕо А.С. Скрябин-Хомпоот (1922-1997 сс.) манныгы көрбүтүн кэпсиирэ:
   — Сэрии буолуо хас да сыл иннинэ Дьокуускай Баһаарыгар айдаан буолла. Көрбүппүт: Ошустанов киһини өлөрбүт уонна быһаҕынан аспыт сирин ытыһынан саба тутан баран киһитин үрдүгэр олорор. Милииссийэлэр кэлбиттэригэр: «Күөх таҥастаахтар, кэлэн тутуҥ — бу олоробун», — диир. Милииссийэлэр тэлиэгэлээх акка өлбүт киһини – эдэр нууччаны уонна өлөрүөхсүтү тиэйэн илдьэ бардылар.
   Бу Ошустанов кэлин дойдутугар тахсан биригэдьииринэн үлэлээбит. Сэрии саҕана сэбиргэхтэтэн ыалдьан өлбүт...

  Бу кэпсээбит дьонтон «ол туох ааттаах көҥүл барбыт киһиний? Оччотооҕу тыйыс систиэмэ оннооҕор буолуох кыра дьыалаларга дьону талбытынан дьаһайара, тутара-хабара ээ» диэн ыйыталастахпына, бу дьонум «ГПУ салалтата 1928 с. Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыбыт дьону дьакыйарыгар бу Сустаанабы охсор илии, тэбэр туйах быһыытынан туһаммыта. Ол «үтүөтүгэр» туох да эппиэккэ тиксибэккэ сылдьара, наһаалыыра» диэн дьон кистээн кэпсэтэрин истэллэрин тиэрдибиттэрэ. Мантан сылтаан, оччотооҕу ГПУ-НКВД систиэмэтэ Ошустановы дьарыйбатын сэрэйиэххэ сөп курдук. Бастатан туран, уорганнар бу кэрээниттэн тахсыбыт киһийдээни «ксенофонтовщинаҕа» күтүрэммит саха дьонун өлөрөр-өһөрөр «кирдээх үлэлэригэр» туһаммыттарын өйдүүр, сыаналыыр буолуохтарын сөп. Маны тэҥэ, Эт баһаарын ороспуойдара букатын үүнэ-тэһиинэ суох барбаттарын, төһө да кыыллыы сигилилээх буоллар, баһаарга «бэрээдэк» баар буоларын кини көмөтүнэн ситиһэллэрэ буолуо. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар криминал көмөтүнэн бэрээдэги туталлара билиҥҥэ диэри тарҕаммыт суол.
   Ханныгын да иһин, чэгиэн өйүнэн толкуйдаатахха, бу барыта киһилии сиэргэ-майгыга баппат толоос дьыала.

   Кэлин бу хара дьаллыкка Сустаанабы бэйэтин куоһарар «биир идэлээҕэ» көстүбүт. Ол Байаҕантай улууһун киһитэ И.Попов-Уһуктаах Уйбаан диэн киһи эбит. Сорох сэһэнинэн ол Уһуктаах Уйбаан 20-с сылларга Дьокуускай куорат уулуссатыгар соҕотоҕун 12 милииссийэ үлэһитигэр кыайтарбакка тэбис-тэҥҥэ охсуһан бурҕатыспыт, бэриммэтэх. Бу киһи туһунан Тааттаттан төүттээх, юрист идэлээх П.П. Винокуров кэпсээнин истэбит:
   — Уһуктаах Уйбаан Байаҕантай улууһун киинэ Баайаҕа Томторуттан үс биэрэстэлээх Эмчигир диэн сиргэ төрөөбүт. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Манньыаттаах Уолун ылгын уола буола сылдьыбыт. Онно сылдьан кини Ф.В. Слепцов диэн Манньыаттаах Уолугар бирикээсчиктиир биир дойдулааҕа киһини кытта урукку «Детский мир» маҕаһыын анныттан саҕалаан билиҥҥи Бырабыыталыстыба иккис нүөмэрдээх дьиэтин анныгар диэри сир аннынан барар хаспаҕы салайан хастарбыттар. Ол тоннель устун сыарҕалаах ат сир аннынан хайа баҕарар диэки курдат сылдьара үһү. Уһуктаах Уйбаан кэлин Бодойбо, Дьокуускай илэчиискэлэрин кытта куодарыспыт. Олус сылбырҕатын, хапсаҕайын тэҥэ харса суоҕа, албына-көлдьүнэ, үктэтиилээҕэ кэпсээҥҥэ киирбит. Үрүҥ-кыһыл сэриитигэр Бодойбоҕо сылдьар буолан кыттыбакка хаалбыт. Охсуһуу кэмигэр кини аллара буолан хаалан баран «быыһааҥ, абырааҥ! Сиэтэ! Сиэтилэр!» диэн албаһыран хаһыытыы сытан эмискэ миинэн олорор киһитин быһаҕынан анньан өлөрөн кэбиһэр дьээбэлээҕэ үһү. «Биир идэлээхтэрэ» ол да иһин киниттэн ордук дьулайаллар эбит. Уһуктаах Уйбаан Сустаанабы кытта хаһааҥҥыттан куомуннаспыттара биллибэт.

   Сустаанап олус кыраһыабай, бааһынайдыы сырдык хааннаах, куорат мааны ыалын кыыһа ойохтооҕо. Уһуктаах Уйбаан ол дьахтары күрэтэн дойдутугар Байаҕантайга түспүт. Сустаанап оччону истэн баран олоруо дуо, бастыҥ атынан кэннилэриттэн эккирэппит. Ол сырсан Байаҕантай улууһун кыраныыссатыгар баар Мас Аҥаардаах диэн дьаам дьиэтигэр тиийбит. Онно Уһуктаах Уйбаан саха быһаҕын остуолга туруору саайан хаалларбытын көрбүт. Онтон холкутуйан, толкуйдаан баран, «ити аата, доҕорум Уһуктаах Уйбаан дойдутун быспыт! Сырыттыннар! Төннөбүн! Биир бытааһах туһуттан тыыммар өһүм суох» диэн төннөргө быһаарыммыт. Сустаанап бу кэнниттэн соргута тостубута, самныбыта үһү. Оттон Уһуктаах Уйбаан ол күрэппит кыраһыабай ойоҕунуун төрөөбүт алааһыгар тиийэн олохсуйбут. Оҕоломмотохтор. Байаҕантай дьоно-сэргэтэ солко, куруһубалаах мааны таҥаһы бастаан ол дьахтарга көрбүттэр. Кинилэр иккиэн сэллик буолан сэрии иннинэ аҕай өлбүттэр. Онно көмүллэн сыталлар. Уҥуохтарын кириэһэ өтөрдөөҥҥө диэри баара үһү.

«Сустаанап – куппуулар палачтара» диэн этии олохтоох курдук. Урут үрүҥ бастаанньаҕа хамандыыр быһыытынан сылдьыбытын иһин үйэтин тухары эрэй бөҕөтүн көрбүт, лааҕыр-хаайыы бөҕөнү курдары ааспыт, эдэригэр суруйааччы быһыытынан биллэн испит М.П. Слепцов-Отоороп оҕонньор «Ксенофонтовы, Мэхээлэ Артемьевы, Михайловтары уо.д.а. өлөрүүгэ Сустаанап курдук дьону туһаммыттара диэн кэпсииллэрэ кырдьык» диир эбит.
   Уопсайынан, түмүктээн эттэххэ, «ойуур маһа улаханнаах, кыралаах, үтүөлээх-мөкүлээх» диэбиккэ дылы, олоҕун устата батталы утары хорсун охсуһуутунан, киһилии сигилитинэн, биир да киһи тыыныгар турбатаҕынан норуот номоҕор киирбит, биһирэбилин ылбыт Баһылай Манчаарыбытын сэргэ, баламат, кэрээнэ суох майгыларынан, оһоллоох-содуомнаах сырыыларынан бар дьону кэлэппит ороспуой дьон сахаҕа да суох буолбатахтар. Ол курдук, бу Сустаанабы, Уһуктаах Уйбааны сэргэ Көмүстээх Тайҕа ороспуойдара Эһэ Харах Испирдиэҥкэ, Супту Түһэр, Түрбүөн, Нүүйэ Бааската диэннэр эмиэ бааллара. Ити курдук.

   Үтүөнү өрө тутан, куһаҕаны тумнан кэлэр олохпутун оҥостуохтаахпыт. Ол наадатыгар уруккуну-хойуккуну, үтүөнү-мөкүнү барытын тэҥинэн тутан, ыараҥнатан билиэхтээхпит. Ону тэҥэ, Дьокуускай куорат бүгүн-бэҕэһээ эрэ баар буолан хаалбатаҕа. Манна урут эмиэ араас майгылаах-сигилилээх, араас дьылҕалаах дьон олорон ааспыттара, ону билиэхтээхпит диэн бу суруйуубун түмүктүүбүн.

Ылдьаа Куолаһап,
Мэҥэ Хаҥалас, Майа.

Раскажите о Супту ТYhэр, Эhэ Харах, Кыыллатар, Эhэ Варлам
15 июня 2014 22:55
  
ПодписатьсяОтветов 31 Написать ответ
sakhaoglan
sakhaoglan  27 мая 2017
Они все Верхневилюйские. Забыли еще Уес Тардар, Мунураай. Наживались на грабеже золота. Специально ходили на китайскую тропинку по контрабанде золота. Делали засады на китайцев, они обычно имели привычку ходить через прямую узкую дорожку. И Эьэ Харах одним выстрелом из карабина убивал несколько человек. Разбойничали в окрестностях Бодайбо (Иркутская область). Легендарные личности. В совершенстве владевшие ножевым искусством введения рукопашного боя, делали засады метко стреляли. Кыыллатар первый капитал сколотил на золоте. Никто не знает сколько золота он спрятал.

1 28 мая 2017
sakhaoglan, хороший фильм можно снять.

sakhaoglan  28 мая 2017
Сценарий крутого экшн боевика обеспечен... Кстати он прототип героя в романе "Хара Кыталык" Бэдэр Харах.

Һөҕүҥ 28 мая 2017
Ол Супту сиэнэ Григорьев диэн киһи Москваҕа олорбута. Сахалартан бастакы математика учуонайа.

sakhaoglan  28 мая 2017
Эьэ Харах-Дьуллуку. Кыыллатар-Ергует. Супту Туьэр, Эьэ Барлаам-Уедугэй. В местности Дьаарбан Ыспыт в Ленском районе уходя от погони из Бодайбо Эьэ Харах в ножевом бою взял верх над тремя преследователями. Ночью завязалась жестокая схватка между тремя и Эьэ Харах. Никто не осмеливался подойти. Утром нашли трех мертвых разбойников. Их там же закопали и оттуда выросли три больших ели. Это были люди с длинными бородами, с крючковатыми горбатыми носами которые не видывали в здешних краях. Они были храбрыми и бесстрашными воинами. Но смекалка удаль и ловкость Эьэ Харах взяли вверх.

1 28 мая 2017
sakhaoglan, любопытно стало))
пиши еще про великих туматов-тунгусов))

sakhaoglan  29 мая 2017
1, почему они тунгусы? Они и есть настоящие саха. Ураанхайцы которые выбрали свободу чем гнет царя. Ушли в Бутэй Булуу

Андрейс 29 мая 2017
Есть версия что на дедушку Каландаришвили вероятно устроили засаду Вилюйские. Приходили через Маалтааны Хангаласского улуса на конях так и ушли. Может и правда, если они устраивали засады на китайцев. Опыт же есть.

олох 29 мая 2017
Бодойбо ороспуонньуктарыттан саамай куустээхтэрэ,сырыыны сылдьыбыттара Истээх Сон,омук ааттаахтара аат ааттаан,ирдэьэ кэлэн баран суорума суолламмыттара

sakhaoglan  29 мая 2017
Дьэ ол киьини истэ иликпин. Сырдата тус эрэ

олох 29 мая 2017
Истээх Сон 17 сааьыттан дойдутуттан тэлэьийэн атах балай барбыт,Бодойбого МАС кэрдээччинэн улэлээбитэ биллэр,сайыннары истээх сонноох сылдьар улахан сугуллубут киьи эбитэ уьу,хайдах ороспуонньук буолбута биллибэт ,кинини кытта бииргэ сылдьыбыт Хоруонкай Куопта кэпсээнинэн куьуеру тоноруулар буолан эрдэхтэринэ кэриэйдэр улэлэрин тумуктээн дойдулуур кэмнэригэр кемустэрин халыыллар эбит,опиум тардан бараннар уоннуу миэтирэ бэйэ бэйэлэриттэн тэйиччи сатыы субуьан хааман истэхтэринэ кэннилэриттэн сунньулэрин быьа эрийэн баран хойуу ует быыьыгар элээрдэн кэбиьэр эбит,она биир сылбыргалара хаьан кереет биллэрэн иьэр уьу суордуу хаьыытаан кемуьэ суох ,баар диэн,кемустэрэ ортоку саамай кыахтаахтара эрэ сугэн иьэр буолар уьу,кемустээх киьи кэлиэр дылы итинник бырагаттыы,бырагаттыы бара турар уьу

олох 29 мая 2017
Ол да кэмнэргэ согуруу дойдуттан кинини аат ааттаан нуучча аатырбыт куустээгэ ыныттарбыт кэлэн миигин керустун бука эмиэ ороспуой урдус буоллага буолуо,уутээннэ киирбитэ киьи диэги киьи буолбатах,кыыл диэги эмиэ да киьи курдук харамай суедэллэн олорон кынчаалынан буочукаттан уьугунан уган ыла,ыла айагар суурдэн мует сии олорор уьу,биьи киьибит суурэн тиийэн айагар тутан олорор кынчаалын айагар саба саайаат таьырдьа ойбут,куотан эрдэгинэ сонун тэллэгин хайа Тардан хаалбыт,кэлин кэпсиирэ уьу миэхэ кыайтарбат таьыччы куустээх киьи этэ диирэ уьу

sakhaoglan
sakhaoglan  30 мая 2017
Сурдээх киьи эбит дьэ... Хайа дойду буолла? Истибэтэх эбиппин. Скорее схлестнулся с черкесом... Т.к. В то время черкесы тоже орудовали в Бодайбо. Где золото там и черкесы.

Кэпсээн 30 мая 2017
Онно биир кэриэй баара сульсундо диэн былыргы ыскуустабаны билэрэ үһү.
Үөһээ ойон тахсан салгынна тэбиэлээтэгинэ атага эрэ көстөрө үһү.
Ол обургу биирдэ сэттэ черкесы тэбиэлээбит. Тэптэгин аайы биирдии черкес
сири уобара үһү. Кынчаалынан үөмэн кэлэн утуйа сыттагына түһэн көрбүттэр.
Арай киһилэрэ суох үһү. Күлэ күлэ үөһээ ойон тазсан турар үһү.
Туох сүрдээх киситэй диэн черкестар ат үрдүгэр ыстанан куоппуттар.
Кэннилэриттэн ситиэхчэ сиппэккэ диэри эккирэтэн иһэрэ үһү.
Ону олохтоох тонус булчута тыага сылдьан саанан ытан өлөрбүт.

sakhaoglan  30 мая 2017
Известный меценат Боьуут тоже чуть не стал жертвой разбойников, его спас знаменитый конь. Степан Прокопьевич летом обычно находился в Бодайбо: вел, по поручению окружного исправника, а то и губернатора, все переговоры с золотопромышленниками, другими деловыми людьми о приобретении очередных партий скота, продуктов сельского хозяйства, попутно решал личные дела. По становлению рек, к зиме, за ним приезжал его старший брат Михаил (Адарыс) на «Нечаеве». В 1913 году Степан Прокопьевич с братом Михаилом ехали из Бодайбо домой. На дорогах свирепствовали «спиртоносцы» и другой разбойный люд. Когда подъезжали к деревне (ямщицкой) «Бадьыгынай дьаама», к «Нечаеву» вдруг бросились спиртонос Ибрагим — черкес, Бэс Пойдем (непонятный набор слов, по-видимому, что-то издевательское) и Эhэ Харах Испирдиэн (Спиридон Медвежий глаз) и схватили его за поводья, но не тут-то было! Мгновенно оценив ситуацию, Боhуут огрел бок любимца нагайкой, что делал крайне редко, и «Нечаев», возможно, обидевшись на это или почуяв неладное, встал на дыбы, раскидав в разные стороны нападавших. Разгоряченный «Нечаев» бешеным аллюром преодолел крутой подъем и подлетел к Ямщицкой. И тут путники узнали, что негодяи давно поджидали их, зная, что Степан Прокопьевич ехал не с пустыми руками. Раздевшись, купец увидел, что его волчья шуба и куртка с бобровым воротником проткнуты (по всей вероятности, кинжалом) в области предположительного нахождения шеи...

дадада 30 мая 2017
Испирдиэн - Эьэ харах из Дюллюкю Вервил. Есть ещё легенда. В годы гражданской войны Дюллюкю занял повстанческий отряд Конона Никифорова. Ихний штаб был в аласе Балаган келуйэ. И вот как-то Эьэ харах и говорит сородичам - ...сегодня ночью, когда Конон и его головорезы уснут я возьму свой остро отточенный топор-тэрээк и тихонечко проберусь в дом. А до этого я бесшумно сниму караульного который стоит на верху дома. Как я только зайду в дом, вы подоприте двери и не выпускайте никого особенно следите за окнами. А там, как бог рассудит... . А в тот вечер там собирались ночевать более сорока белогвардейцев. У всех собравшихся на сходку односельчан волосы встали дыбом от его слов. Один против сорока, топор-тэрээк и ружья, пистолеты. Говорят старики и уважаемые в наслеге люди еле его отговорили. Они сказали ...Испирдиэн, мы знаем о твоих похождениях в далёкой тайге. Но здесь не Матушка-тайга а твой родной наслег, твои родовичи. Если не дай бог выйдет осечка то нам всем хана. Потому мы не согласные и никто в этом деле тебе не помощник, пожалей нас... . Говорят услышав такие речи Испирдиэн заскрежетал зубами и гневным голосом молвил ... будь я чуточку моложе я один справился. Никого не пощадил, всех порубил бы ... В то время он уже был в годах и люди не позволившие кровопролития наверное были правы. А того, кого смертельно боялся Эьэ харах звали Сата Байбал. Спиридон пошел к нему на стрелку и не вернулся, сгинул. С тех его никто не видел. Наверное старый подельник его того.
Вот так как-то. А Кинигэлээх видать Вервилец.

Эһэ Харах 31 мая 2017
Биир табаарыһа Туһах Маайка, миэстэтиттэн хас да миэтэрэ ойоро диэн кэпсииллэрэ. Эһэ Харах Куонааннаахха түһэн олорор дьиэлэригэр саабылатын, кынчаалын иилинэн киирэ сылдьыбыт. Кэпсэтэн, үөрэтэн баран олохтоохторго тиийэн, мөлтөх дьон, онон дьаһайыахха диэн эппитэ, табыллыбатах

sakhaoglan  31 мая 2017
Сата Байбал диэн "Хара кыталыкка" баар персонаж. Ол романна Бэдэр Харагы дьаьайар онон ити сымыйа буолуон сеп. Уйэтин моноон елбут буолуохтаах этэ Эьэ Харах

Ыр 31 мая 2017
Бандьыыттар бысыылаах дии. Хомуньуустар тусунан кэпсээн

А 31 мая 2017
Эһэ Хараҕы Сата Байбал өлөрбүтэ диэни истибэтэҕим. Сааһыран баран өлө сытарын булбуттар дииллэрэ. Утуйарыгар хараҕа аһаҕас сытар үһү, онон оннук ааттаабыттар. Итинник сырыыларга сылдьан олох сэргэхтик сытар буолан тыыннаах хаалта буолуо

 Могул Ветеран  31 мая 2017
Дьэ абытай дьоннор эбит доҕор!

sakhaoglan  1 июня 2017
Командир повстанческого отряда Конон Никифоров тоже известная личность. В молодости промышлял разбоем в Бодайбо. В основном грабили китайцев золотоискателей. Удивлялся от китайцев. Рассказывал что они перед гибелью становились как смирные коровы. Когда отрубали головы смиренно ждали своей участи. А если не так ударяли все равно визжали и стояли на коленях. Не было попыток к бегству.

Укуйаан 1 июня 2017
Кыыллатар диэн Өргүөт киһитэ. Кырдьан баранӨргүөккэ олорбут. Дьиэтэ хойукка диэри детсад тиэргэнигэр турбута. Чуолҕаннардаах, уонна түннуктэоэ үөһэ баҕайылар этэ.
А так оччотооҕу кэмҥэ үөһээ бүлүүлэргэ кырдьык элбэх ороспуой үөскүү сылдьыбыта биллэр. Ити этиллибит дьон бары тус туһунан хамаандалар үһү, элбэхтии буолан анаан-минээн бараллара үһү, тайҕаҕа. Эһэ Харах сылын аайы дойдутугар кэлэн ыһыахтары кэрийэн дьону күндүлүүр, аһатар идэлээҕэ үһү. Оннооҕор оҕолорго кумах көмүһү түҥэтэрэ үһү. Үһүйээн буолан барыта үһү диэн.
Бүтэһик тыыннаах хаалбыттар Бөтөҕө Никиитэ уонна Кыыллатар. Хойут 70-80 сыллардаахха тыыннаахтар этэ.

Укуйаан 1 июня 2017
Кыыллатар буолбатах, Муҥураай. Ити алҕас суруйан кэбиспиппин.

А 2 июня 2017
Муҥураат диэн буолбатах да. Ол Муҥураат атаҕар олох кыанар киһи. Уһун сүүрүүгэ куоталаһан аттаах киһини кэннигэр хаалларан кэлэр эбит. Балаҕаннаах быһылааҕа

sakhaoglan  2 июня 2017
Мунураай диэн... 1943 с. Алдан тай5атыгар дугуйдана сырыттахтарына чыкаалар этэрээттэрэ кыргыбыттарыттан со5отох хаалан ер сылга хаайыыга сытан тахсыбыт киhи. Кемусчуттэри халыыллар уhу, Уеьээ Булууттэн анаан Елуехумэннэн Алданна туьэллэр эбит. Туобуйаннан сылдьар буолуохтаахтар. Кемускэ баран кенен кэлээьин диэн ааттыыллар эбит. Саха кырыылаахтара Эр Бэртэрэ дьол кердуу диэн Аар Тай5аннан Бодойбоннон сылдьан дьону халаан, уксун кэриэй-кытай айаныгар ол аартыгар тоьуур оноро бараллар эбит. Кымырдагас курдук элбэх Кытайы кырга барабыт дии дии кулсэллэр сурахтаах. Кытаанах санааны ылынан бараахтыыллар эбит дьэ. Бу санаатахха.

sakhaoglan  2 июня 2017
Чохообул диэн киьи Хочоттон сылдьыьар эбит. Бодойбого Эьэ Харах этэрээтигэр сыстыьан. Ол киьи гражданскай сэриигэ Баабылап бандьыыт этэрээтигэр хамандьыырдыы сылдьыбыт. Строд Сунтаарга кэлэн этэрээти ыспытыгар дойдутугар туун элбэх буолан куотан кэлэннэр сэрии сэбэ улугэрдээги кистэтэлээбит курдук кэпсииллэр. Сыаргалаах аттартан иккилии буолан уьун тор5ого сууламмыттары туьэртии сылдьалларын кыыьа кербут. Онно этэрээт дьонтон хомуйбут баайа дуола кемуьэ да баар дэьэллэр этэ.

sakhaoglan  2 июня 2017
Бандьыыттааьын сагана этэрээккэ сылдьыбыт дьон амнистияга тубэьэн дьон тэнинэн олорбуттара. Холобура Тоьуурга сытар Тоhуукка бандьыыт диэн киьи А5а дойду сэриитигэр баран хорсуннук сэриилэьэн кырдьар сааьыгар бочуокка сылдьыбыта. Ити Сунтаар кырдьагаьа. О5о уруу, халын аймах дьон. Былыр буккуур кэмнэ бандьыыттарга кыттыспыт дьон элбэх буоллахтара

use only Correct  3 июня 2017
Манчаары эмиэ атах балай сылдьан итинник дьонно кытта сылдьыбыта диэн баара. Санааларын ейдеспекке арахсыбыттар

дадада 3 июня 2017
Сата Байбал - это не вымышленный персонаж. Вообще-то всё что описано в романе "Хара кыталык" - это из настоящей жизни. Все эти события происходили на территории Дюллюкинского наслега в Вервиле. Тойон киьи - голова Лебедкин. Алаас где он жил называется Лебедкин Бэрэтэ и находится в 12 км. от села Дюллюкю на север. Недалеко от этого алааса находится маленькое озерце Буер келуйэ, где проживала старуха Хараанай. Хабырыыс - приемыш Хараная и родной сын Тойон киьи-Лебедкина похоронен при въезде на озеро Этэрбэс. Там есть надгробная плита с надписью. Сам Эьэ Харах пропал без вести. Старики говорили что к нему приезжал человек от Сата Байбала. После этого он ходил мрачнее тучи. Потом через некоторое время уехал и не вернулся. Стрелка забитая Сата Байбалом поставила крест в его жизни, так рассказывали знающие люди. И то верно, что если бы Эьэ Харах почил бы в старости у себя дома в постели, то было место захоронения на родине - в Дюллюкю. Зато мне как то раз показывали где похоронен его сын. Это возле местечка Хараначчы-Ласточка в 7-8 км. к югу от Дюллюкю, недалеко от реки Вилюй. Рассказал что знаю, и как было. Кстати мой прадед ездил в Бодайбо - Тайгу матушку как-раз в те времена на заработки. Но это совсем другая история.

дадада 3 июня 2017 
маленьким мальчиком я видел Беге Бетеге. Он несколько раз ночевал у нас. Как я запомнил его, - был высокого роста, здоровенный, лицо светлое, зимой красное от мороза, торчащие усы. Был одет в черное, длинное пальто и шапку-ушанку с кожаным верхом, валенки серого цвета, через плечо была накинута бригадирская полевая сумка. Он долгое время, пока не подоспели Васильев-Мордьоннохов и Степанов-Буучугурас, был знаменитым борцом-мастером хапсагая.
 
Category: История, философия | Views: 3590 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024