Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Атырдьах ыйа » 21 » “САХА ГЕОЛОГА”
“САХА ГЕОЛОГА”
19:43
                                                                                                                                                   “САХА  ГЕОЛОГА”

          Маннык ааттаах кинигэ күн сирин көрдө. СГУ-ын сахалартан биир бастакынан бүтэрэн  геолог идэтин ылбыт, кэлин Саха народнай суруйааччыта буолбут Василий Назарович Егоров – Тумарча бу кинигэни суруйбута түбэспиччэ буолбатаҕа өйдөнөр. Кини бу иннинэ геолог уустук, эриирдээх идэтин баһылааһын туһунан  хас да кинигэлээҕин билэбит уонна олору биһирэбилинэн аахпыппытын санатабын.                                                                       

   Кинигэ балачча киэҥ кэми хабан көрдөрөр роман форматынан үгүс официальнай докумуоннарга олоҕуран суруллубут. Киириитигэр ааптар маннык тыллары туттубутун аҕалабын: ”Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан (27.04.1922 с.) уонна Саха сиригэр биир кэлим геологическай сулууспа (Дьокуускайдааҕы геологическай управление) олохтоммута 65 сылынан ситимнээн (07.04.1957 с.), төрөөбүт дойдуларын геологическай тутулун, үлэ үлүскэнин үлэлээн үөрэппит уонна туһалаах хостонор баайын, айар кыахтарын, билиилэрин туһанан арыйбыт, кэскилин туһугар туһаҕа таһаарбыт хас да көлүөнэ САХА ГЕОЛОГТАРЫГАР АНЫЫБЫН!”  Кырдьык да болдьообут курдук эбит: икки улахан бэлиэ үбүлүөйдэри уонна саха хас да көлүөнэ геологтарын үтүө ааттарын санатар айымньы!                                                                   

 Ромаҥҥа чуолаан орто көлүөнэ геологтар бэрэстэбиитэллэрэ, бары да бэккэ диэн билэр киһибит Н. Д. Кириллин (Гаврил Киирикэп) тус олоҕо, үлэтэ ойууланар. Бу түбэһиэхчэ буолбатах: Николай Дмитриевич курдук 20-с үйэ ортотугар саха тыатын уола геология эйгэтигэр киириитэ, буһуута-хатыыта биһиэхэ – геологтарга биллэрин иһин, атыттарга сэҥээриллиитэ суоҕун кэриэтэ. “Итэҕэһи” Тумарча романа толорон-ситэрэн биэрбит дии санаатым. Уонна төһө да Николай Дмитриевич “тус олоҕо, үлэтэ” диэбит иһин кини доҕотторо, бииргэ үлэлээбиттэрэ кинигэҕэ бары бааллар, ахтыллаллар уонна үлэлэрэ сырдатыллаллар. Итинэн кинигэ өссө байар, ис хоһооно кэҥиир.             

Николай Дмитриевич Саха республикатын үтүөлээх геолога, учуонай, общественнай деятель, бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, Халыма намтал сирдэрин, маарын-бадараанын туораталаабыт, Дьааҥы хаардаах хайаларын уҥуордаабыт, кэлин Саҥа Саха сирин тутууга чугуйбакка быһаччы кыттыыны ылбыт киһибит буолар. Ити уустук кэмнэргэ түһүү да, тахсыы да барыта баара, ордук туһалаах баайы үллэстии, республика туһатыгар туруулаһыы  кини үгүс сыратын ылбыта ромаҥҥа итэҕэтиилээхтик кэпсэнэр. Маны барытын кинигэни илиигэр ылан аахтаххына эрэ билэҕин-көрөҕүн, биһиги да уолаттарбыт кимтэн да итэҕэс үлэлээбэтэхтэриттэн үөрэҕин, астынаҕын, киэн туттаҕын. Кинигэ аан тылын эмиэ биир биллиилээх киһибит, геолого-минералогическай наукалар кандидаттара, Саха республикатын үтүөлээх геолога Р.И.Протопопов суруйбута кэрэхсэбиллээх уонна үгүһү этэр.                                      

 Бу балачча “эттээх-сииннээх” (245 стр.) кинигэни “Көмүөл” издательство үгүс хаартысканан киэркэтэн литературнай - художественнай таһаарыы оҥорбута ааҕааччы кэрэхсэбилин ыларыгар эрэнэбин. Үп-харчы кэмчитинэн кинигэ баара-суоҕа 600 экземплярынан тахсыбыт уонна “Айар” кинигэ издательствотын маҕаһыыннарыгар киирэн хамаҕатык атыыга баран эрэр.


       Иван БУРЦЕВ урукку геофизик, геолог.           19.08.2022 с.                                                                         
Category: литература | Views: 1504 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 84
Ыалдьыттар (гостей): 84
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024