Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Балаҕан ыйа » 25 » АВТОНОМИЯ УОННА БЫЫБАРДАР С.И.Ожегов “Словарь русского языка” диэн үлэтигэр “Автономия“ диэн тыл “самоуправление, независимо
АВТОНОМИЯ УОННА БЫЫБАРДАР С.И.Ожегов “Словарь русского языка” диэн үлэтигэр “Автономия“ диэн тыл “самоуправление, независимо
18:41
                                   АВТОНОМИЯ  УОННА  БЫЫБАРДАР
        С.И.Ожегов  “Словарь русского языка” диэн үлэтигэр “Автономия“ диэн тыл “самоуправление, независимость в управлении” диэн быһаарыллар.
                                 
                                                             Автономия
            Бу “автономия” туһунан үгүс да тыл этилиннэ, ордук бу кэлиҥҥи сыл устата. Ким аан бастаан бу автономияны туруорсубутун ырытыыга  мөккүөр мөҥүрүүр, биһиги бэйэлээхтэр ортобутугар оройуоннаһан ылыы да баар быһыылаах. Анаан дьарыктаммыт историктарбытын истии суох, ким талбытынан куолулуур, утарыта туруортуур, миэстэлэрин уларытар, ким ордук үтүөлээҕин тоһоҕолоон бэлиэтии, чорбото сатыыр. Сорох автономияны утарбыта диэн С.Васильев туһунан уһун-киэҥ ыстатыйаны таһаарыа, сорох хайаан да М.Аммосов үтүөтүн дакаастыа.                                                                                       Мин историк буолбатах киһи, көннөрү ааҕааччы быһыытынан  бэйэм тус санааҕа кэллэҕим. Ол быдан былдьаһыктаах дьылларга норуоттарыгар дьолу – соргуну аҕалар, судаарыстыбаны төрүттүүр сыаллаах чулуу дьоммут наһаа уустук кэмҥэ үлэлээн ааспыттарыгар мөккүөр суох. Киин сиртэн ыраахпыт, сонун сойон баран кэлэрэ, оннооҕор Иркутскайга ыйы-ыйынан айаннаан тиийии кыһалҕата сыттаҕа дии. Оччотооҕу телеграф диэннэрэ төһө сууххай үлэлээҕин биир бэйэм билбэппин. Дьоммут итинник усулуобуйаҕа хайдах курдук орто сүрүнү булан дьаһаммыттарыттан сөҕөҕүн эрэ. Бу отуччалаах уолаттар, кыргыттар!  Ама, барахсаттар тугу эрэ саарбахтаабат, мөккүһэн ылбат буолуохтара дуо?  Быһаарсаллара уонна салгыы үлэлииллэрэ, уурастаан, тохтоон хаалбатахтара. Автонимияны ыларга өссө да эрдэ диэччи ханна барыай. П.Ойуунускай И.Бараховтыын партия съеһиттэн кэлээт тугу диэбиттэрэ сурулла сылдьар. Ойуунускай ол кэмҥэ: ”Биһи Бараахаптыын аптаныамыйаны син биир туруорсуохпут”.  Тоҕо эрэ Максимныын эҥин диэбэтэх. Ити барахсаттар икки ардыларыгар мөккүөр баарын туоһута буолаарай. Уопсай өйгө-санааҕа син биир кэлбиттэр, бары саба түһэн дьыалатын-куолутун оҥорбуттар эбээт. Бэл, омук сиригэр күрээбит Г.Ефимов кытта үлэлэспит. Ол уустук кэмҥэ туохха да холоммот үтүө үлэни оҥорбуттар. Онон автономияны аҕалыы, судаарыстыбабытын төрүттээһин туох да араарсыыта суох уолаттар уопсай үлэлэрин түмүгэ диэри гынабын, мин историк буолбатах киһи.                                                                                                    А.Алексеев диэн хомуньуус республикаҕа суверенитет наадата суоҕун араатардыыра, бэл билиҥҥи кэмҥэ. Оттон автономия диэн кыра, союзнай буолуохтаахпыт диэбит П.Ксенофонтов баар буола сылдьыбыта дии. Бу революциялар үөстэригэр сылдьыбыт, барытын илэ көрбүт, үрдүк үөрэхтээх юрист киһи сөпкө эппитэ буолуо дуо? Баҕар буолуо, кини баҕатын биир дойдулааҕа М.Николаев толорбута, аҕыйах сыл күннүү сылдьыбыппыт. Оттон историк буолбатах киһи, өҥөр киирэн, өссө манныгы балкыйаары гынабын: Тыгын, Лөгөй, Сыраанап, Маһары, Сэһэн Ардьакыап автономияны эмиэ баҕарбыттара, уолаттарга холобуру көрдөрбүттэрэ дии саныыбын.
                                                                   Быыбардар
            Быыбардар буолан аастылар. Астыммыт уонна астымматах, сөхпүт, соһуйбут да баар. В.Поскачин 94% ылбытын сөҕөн, бэл, биллиилээх диир дьонноруттан санааларын истэ сатыыллар эбит. Кини кыайыытыттан адьас соһуйбатах мин баарбын. Үөһээ Бүлүүнү балачча билэбин. 1992 сыллаахха А.Чомчоев баһылыгынан анаммытыгар көмө буола бара сылдьыбыттааҕым. Оччолорго харчы да суох, ас да суох. Өл да төрөө, улууһу хараанныыр сорудах үөһээттэн баара. Бөһүөлэк иһэ күөрэ -лаҥкы, уулусса бадараан, нэһилиэктэргэ барар суол быстар мөлтөх, сорох сиргэ адьас да суох. Боотулууттан тиһиликтээх тыраахтар кэннигэр хатаастан маарга -бадарааҥҥа батылла-батылла айаннаан Сургуулугу нэһиилэ, тыыннаах эрэ булбуттааҕым.                                                        
                                                                  
 Дьэ, ити кэм ааспыта, сири-дойдуну сиҥнэрбит АЛРОСА аньыытын -харатын билинэн дивиден диэни төлүүр күнэ үүммүтэ, 8 улуус сыл ахсын миллиарга чугаһыыр харчыны олордон ылар буолбута. Ол харчыны сатаан үллэрэн туттар дьоҕурдаах буолуохха наада. Киһи эрэ ону сатаабат эбит, оттон В.Поскачин онно дьоҕурдааҕын дьонугар илэ-чахчы көрдөрдө. Тыа киһитигэр биир бастакы кыһалҕа – суол. В.Поскачин суол оҥоһуутугар харчыны харыстаабатах, ол мин бадарааҥҥа батыллар Сургуулугум суолун оҥотторбутун сөҕөн да, төһөнү сөҕүөххүнүй. Триллион харчыны сыымайдыыр алмаас, ньиэп-гаас модун тэрилтэлэрэ итинниги оҥороллор, ама оҥорбот буолуохтара дуо?  Оттон кыра улуус холугар сөҕүмэр ситиһии!  Дьоно-сэргэтэ итини үрдүктүк сыаналыыра биллэрэ, быыбарга кыайыыта итиннэ сытар, ыһыаҕы, оонньууну тэрийбитэ манна самалык эрэ. Ыаллыы сытар Бүлүү улууһун салалтата суол оҥоһуутугар суолта биэрбэтин, дьон олус эрэйи көрөрүн санаатахха Үөһээ Бүлүү итиннэ быдан инники кэрдиискэ тахсыбыта илэ көстөр.   
                                                                                                                                       
Аны дивиден туһунан аҕыйах тыл.  В.Поскачин дивиден харчыта мээнэ халлаантан түспэтин, бу - общественник - экологтар үтүөлэрэ, илистиилээх мөккүөргэ кыайыыларын түмүгэ диирин истибитим. Итинник санаалаах, мин көрүүбүнэн, соҕотох кини эрэ. Атын баһылыктар бэйэлэрэ сатабыллаахтык туруорсар, эбэтэр Ил Дархан кыайа - хото кэпсэтэр буоланнар харчы кэлэрин курдук өйдөбүлү соҥнуу сатыыллара сымыйа буолбатах. Дьиҥ-дьиҥинэн АЛРОСА биэрэр харчыта Бүлүү сүнньүн чулуу уолаттара, кыргыттара  сөпкө туруорсууларын түмүгэр кэлэр. Итини кырдьыгынан үрдүктүк сыаналыыр В.Поскачиҥҥа общественник - экологтар махтаныах тустаахтар.      



                                  Иван БУРЦЕВ                                 23.09.2022 с.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1197 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 51
Ыалдьыттар (гостей): 51
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024