Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Сэтинньи » 14 » “УЧАСТИЕ В НЕСОГЛАСОВАННЫХ АКЦИЯХ ВЛЕЧЕТ ОТВЕТСТВЕННОСТЬ”
“УЧАСТИЕ В НЕСОГЛАСОВАННЫХ АКЦИЯХ ВЛЕЧЕТ ОТВЕТСТВЕННОСТЬ”
12:35
       “УЧАСТИЕ В НЕСОГЛАСОВАННЫХ АКЦИЯХ ВЛЕЧЕТ ОТВЕТСТВЕННОСТЬ”
Бу суругу “Саха НКИХ” күннэри-түүннэри салгыбакка экраҥҥа таһаарар. Оттон норуот маннык кэрээнэ суох суоһурҕаныыттан, сааныыттан салгыбыта ыраатта.  Дьону туохха да уурбаттан, сэнээһинтэн тахсар, эбэтэр бу хампаанньа кулуттуйан (холуйтво) хаалбытыттан буолуохтаах.
                            Дойдубутугар олорон аһаҕастык атаҕастаныы Былаас бар-дьонуттан куттанан маннык дьаһаллары ылар диэн  өйдүөххэ эмиэ сөп курдук. Ол гынан баран, былаас норуот иннигэр туох буруйу, аньыыны-хараны оҥорон киниттэн куттаныахтааҕый? Былааспыт Москваны үтүктэн, кини ускайдааһынынан буолуо, дьонугар  суоһурҕанар курдук. Үлэлии олорор, норуот талбыт Ньурба баһылыгар сирэйдэрин саптыбыт, саалаах – сэптээх дьону ыытан күрүлүүр күнүс тутан аҕалыылара,
кыра, хачаайы Александр Габышевы 50 дьону ыытан дьиэтин алдьатан туттарыы, Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыны сирэйинэн бетоҥҥа быраҕан тутуу, ону “Саха НКИХ” көрдөрүүтэ суоһурҕаныы буолбакка
тугуй?  “Аны куруутун маннык буолуо, буолан көрүҥ эрэ” диэн аһаҕастык суоһурҕаныы буолар. Биир участковай оҥорор дьыалатыгар сэптээх этэрээти туттуу...  Маннык кырыктаах буолуу, репрессия былаас мөлтөҕүттэн тахсар
дииллэрэ сөп быһыылаах. Бу дьон төһө да буруйдаах буоллахтарына күүстээх былаас итинниккэ барбат. Өйүнэн, үрдүк култууратынан, сөптөөх дьаһалынан норуотун итэҕэлин ылыахтааҕа эбитэ буолуо. Оттон туохха да сыһыана суох
дьону телевиление нөҥүө сантаастыыр, куттуур  салалта итинтэ тиийбэтиттэн, таһыма намыһаҕыттан тахсар ини. Сахабыт сиригэр сокуонунан мэктиэлэнэр киһи бырааба аахсыллыбат буолла. Көҥүллэнэр (согласованнай) акция суох
оҥоһулунна, биир киһи пикеттиирин сокуон боппотун үрдүнэн оннук акцияҕа
тахсыбыты ыстарааптааһын, тутан хаайыы, биһиэхэ Саха сиригэр эрэ баар
быһыылаах. Салалтаны ыллахха, бу күннэргэ 85 сааһын туолбут М.Е.Николаев
курдук киһи баар буолуон наада. Кинини норуота итэҕэйэр буолан уулуссаҕа
миитиннии тахсыбатын кэриэтэ этэ. Биирдэ эмэ тахсар да түбэлтэтигэр
күүһүлээһин суоҕа. Миитиннэр В.Штыров уонна Е.Борисов кэмнэригэр
хойуутук ыытыллыбыттара. Тоҕото биллэр. Билигин итэҕэл суоҕуттан миитин
өссө хойдуоҕун куруубай күүһүнэн саба баттанар, норуот бырааба кэһиллэр,
күөмчүлэнэр. Былаас норуотугар сыһыана итинник, атын ньымата суох.   
                                         Ульяна Винокурова хорсун сырыыта                                          
“Кыымҥа” (10.11.2022 с.) У.Винокурова киэҥ ис хоһоонноох кэпсээнэ
бэчээттэннэ. Кини билиҥҥи Казахстаны көрөн сөҕөн-махтайан кэлбит. Биһиги
Ил-Түмэн дьокутаата В.Прокопьевтыын 2001 сыллаахха сылдьыыбытыгар
казахтар саҥардыы аныгылыы тэринэн Астаналарын тутар, тупсарар этилэр.
Мин экологтары билсээри, Владимир Михайлович парламеннарын үлэтин
көрөөрү барбыппыт. Тустаах дьоммутун көрсөн астынан кэлбиппит. Олус
ыалдьытымсах, уруумсах дьону көрбүппүт. Кэм-кэрдии уларыйа оҕустаҕа,
оччотооҕуга Назарбаевтарын мөхпөт этилэр. Киһилэрэ түһэн биэрэн, кэлэтэн
дьонун антах хайыһыннардаҕа. Хорсун, түргэн быһаарыныылаах норуот
буоларын Ульяна Алексеевна сөпкө бэлиэтээбит. Төһө да уруулуу, биир
төрүттээх курдукпут, тылбыт сороҕо майгынныыры иһин (маҕаһыыҥҥа сылгы
хартата биһиги тылбытынан “харта” диэн сурулла сытара) бу норуот ахсаана
элбэх буоларынан биһигиннээҕэр бэйэтигэр наһаа эрэллээҕэ көстөрө. Арай
биир түгэҥҥэ биһигиттэн холобур ылбыттара, үтүктүбүттэрэ биллэр. Ол 1979
сыллаахха студеннарбыт тулуйа сатаан баран саха баарын биллэрбиттэрин
кытта сибээстээх. Билигиҥҥигэ холоотоххо биһиги оччотооҕу студеннарбыт
дьиҥнээх патриот буолалларын көрдөрбүттэрэ. Казахтар киин сиргэ үөрэнэр
студеннарбытыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар буолбуттарын, сахалары
хайгыылларын истибиппит. Биһиэхэ буолбутун кэннэ  Алма-Атаҕа уонна
сорох улахан куораттарга эдэр ыччат хамсааһына буолуталаабыта.  Билигин
биһиги үгүс салалтабыт курдук Назарбаев, кини эргимтэтэ, чугас аймаҕа  
хоруупсуйаҕа буккуллубатаҕа буоллар  Токаев итинник кытаанах дьаһаллары
ылыа суохтааҕа. Казахтарга наһаа кытаанах, норуотугар кыһаллар, биир
тыллаах, атын дьон тылыгар (холобур, Путин) киирэн биэрбэт киһи кэлбит
курдук. Ол да иһин Украина сиригэр ыытыллыбыт  референдумы билиммэт.
Ыһыллан, күрээн хаалбыт нэһилиэнньэлээх уобаластарга хайдах дьону
мунньан 90% бырыйыаннара Украинаттан арахсарга диэхтэрэй диэн сөхтөҕө
буолуо. Нэһилиэнньэтэ ол иһин Украинаҕа сэриини сөбүлээбэтин, утарарын
этэн эрдэҕэ. Ол да иһин Арассыыйаттан сүүһүнэн тыһыынча киһи сэриини
утаран, бырачыастаан кинилэргэ тиийэн көмүскэл ыллаҕа, биһиги үөрэхтээх
үтүө ыччаттарбыт кытта. Ульяна Алексеевна “ыччаттарбытын көмүскээҥ”  
диэн тыл этэн кэлбит. Киниэхэ улахан махтал! Кэм-кэрдии уларыйыа, үтүө күн
үүнүө, ыччаттарбыт төннүөхтэрэ, икки илиибитин уунан көрсүөхпүт. Сэриигэ
баран сэймэктэммиттээҕэр чөл хаалбыт киһи туһата уонунан ордуо.
                                                    Дьиҥ иһэ арыллан иһэр
“Кыым” хайысхата уларыйыах курдук. Туйаара Сиккиэр суруйуута дьон
болҕомтотун тартаҕа. Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева эрдэ
“Талбан” биэриигэ тахса сылдьыбыта, онтон бу хаһыакка тугу барытын туох
баарынан кэпсээбит. Ууллаҕас сүрэхтээх эдэр ийэ уонна кини оҕотун сорун-
муҥун ама хайа киһи харааста истибэт, хаһыакка аахпат буолуой?!  Дьон да
бөҕөнү көрсүбүт, сир да бөҕөнү кэрийбит, сыра да бөҕөтүн бараабыт, бу күн
санаалаах  нарын-намчы саха дьахтара. Киһи сөҕөрө – соҕотоҕун сылдьыбыт,
туруорсубут, турууласпыт. Тойоттор, салалта көмөлөрүгэр махтанаахтыыр.
Олоруҥ эттэҕинэ, үҥэн-сүктэн көрдөстөҕүнэ эрэ тугу эмэ оҥороллор.
Холобура, кини эппитин эрэ кэннэ аналлаах штаб тэриллибит. Бэйэлэрэ
дьокутаат, сенатор быһыытынан, эрдэттэн билэн-көрөн, хонтуруолга ылан,
үгүс сибээстэрин, боломуочуйаларын туһанан бу ийэлэр иэдээннэрин
чэпчэтиэхтээх этилэр буолбатах дуо? Аармыйабыт таҥнар таҥаһа суох...                                                                                                    
            Миигин “Кыымҥа” Зоя Тумусова диэн ааптар суруга дьиксиннэрдэ.
Оҕону төрөппөтөх, этэ ыалдьыбатах,  ыарыыны-дьаҥы, сылайары тулуйан,
утуйары умнан туран уол оҕону детсаакка соспотох, эмтээбэтэх, оскуолаҕа
атаарбатах, үөрэттэрбэтэх, атаҕар туруорбатах эрэ дьахтар маннык тыллаһара
буолуо. Оҕото суох киһи уол оҕону иитиигэ сыһыана суоҕа  өйдөнөр, арай
атын ийэлэри буруйдуура өйдөммөт. Ийэлэр уолаттарын атаахтык ииппиттэр
үһү. Аны хомууртан “куоппуттары” сууттуур, кус сүрэхтэр диир. Бу – ханнык да
сиэргэ баппат быһыы. Сэриини сөбүлээбэттэрин биллэрэн, бырачыастаан,
куттамсахтарыттан буолбакка, хорсун буоланнар эйэлээх олоҕу баҕаран
төрөөбүт дойдуларыттан арахсалларын туһунан суруйаллар, бэйэлэрэ да
этэллэр. Маннык санааны ылыныы, төһө да ыараханын иһин, туһугар
дьиҥнээх хорсун быһыы. Зоя Тумусова диэн ким буоларын билбэппин. Уол
оҕону төрөтөн киһи оҥорбута буоллар итинник тыллаһыа этэ дуо? Өйүн-
санаатын таһыма билиэ эбитэ буолуо.                                                                                                                    
 Бу сэрии кэмигэр ким ис дьиҥэ көстөрө үксээтэ. “Собеседникка” биир
“Оһуобай түбэлтэни” суруйбуттар. МЧС Академиятыгар үөрэнэр студент
бэйэтигэр тиийиммит. Украинаҕа сэриини утаран Батсаапка суруйбутун
бииргэ үөрэнэр кыыһа ректоракка тыллыы охсубут. Уолу дьүүллүү да
барбакка үөрэҕиттэн үүрбүттэр. Үөрэммэт оҕо хомуурга түбэһэрин билбит.
Аҕата Украинаҕа олорор эбит, аҕабын өлөрө сэриигэ барбаппын, мин дьону
өлөрөөрү буолбакка,  МЧС үлэһитэ буолан дьону быыһаары үөрэммитим
диир эбит. Зоя Тумусова маны туох диирэ биллэр.   
                                         “Кинилэр харчылара сыттаах”
Маннык төбөлөөх суруйуу “Собеседникка” таҕыста. Былааһы хайҕаан,
бэрт буолан ас таһаарынар дьон туһунан. Урут Владимир Соловьев туһунан,
кини Италияҕа баар миллиардынан суумалаах дьиэтин-уотун былдьаабыт  
түгэннэрин хаһыат суруйан турар. Билигин “Бастакы ханаалга” Артем Шейнин
хас да сылы быһа былааһы уруйдуурун, салгыбатах өттө, көрөн эрдэҕэ. Кини
аҥаардас биир 2019 сылга 100 мөлүйүөн солкуобай хамнаһы аахсыбыт. Бэл
Соловьевы куоһарбыт. Литва курорт - куоратыгар Палангаҕа 60 тыһыынча
евроҕа 100 кв.м иэннээх квартира атыыласпытын санкцияҕа түбэһиннэрэн
былдьаабыт курдуктар да, кинини ол мунчаардыбат эбит. Шейнин Москва
биир саамай үчүгэй оройуонугар 112 кв.м иэннээх квартиралаах. Сейфэтигэр
төһө харчы сытарын хаһыат сырдаппатах. Хаһыат итинник пропагандистар
Евгений Попов уонна кини ойоҕо (Аватар курдук дьүһүннээх дииллэр) Ольга
Скабеева сыралаах үлэлэрэ хайдах сыаналанарын туһунан салгыы суруйар.
Киһи ааҕан сиппэт дьиэлэрэ-уоттара, араас баайдара сүүһүнэн мөлүйүөн
солкуобай эбит, көннөрү киһи өйүнэн суоттаабат баайа. Былааһы, сэриини
өйүүр дьон үлэлэрэ итинник сыаналанар. Оттон биһиги Талбаммыт,
Чокуурбут, эбэтэр Степановпыт   о. д. а. төһө байан, көнөн эрдэхтэрэ буолла?
                                             Иэдэйэн эрэбит буолбатах дуо?
“Кыымҥа”  норуот билиммит суруналыыһа Нина Герасимова
“Көйгөлөммүт саха тыла” диэн ыстатыйата ааҕар дьону, дьиҥ сахалары
утуйар ууларын уйгуурдубут буолуохтаах. Оттон “тарбаабыт ынах курдук”
ээл-дьээл дьону таарыйбатаҕа буолуо, ол иһигэр дьокутааттарбытын. Бу
сэриини тэрийбиттэр Украина нацистара нууччаны атаҕастыыллар, тылын
күөмчүлүүллэр диэн сүрүн куоһурдаахтар. Оттон биһиги сахалар уонна атын
хотугу омуктарбыт тылларын суох оҥоруу, сыыйа симэлитии үлэтэ баран
эрэрэ хайдаҕый?  Тыл бүттэ да – омук эстэр. Бэл саха уутуйан олорор Бүлүү
бөлөх уонна Киин улуустарга төрөөбүт тылы үөрэтии кыһалҕаҕа кубулуйбут
буоллаҕына сорох хотугу уонна промышленнай оройуоннарга адьаһын да
эстии буолбут. Онно үлэлиир үтүө баҕалаах общественниктар, учууталлар
баалларын үрдүнэн. Нерюнгрига, Мииринэйгэ, промышленность тохтообут
(эстибит) Баатаҕайыгар (Дьааҥы) балаһыанньа  мөлтөөбүт. Ыстатыйа ааптара
маннык диир:  ”Бу улуустарга саха тылын үөрэтии бар кыһалҕа буолбут
туругар биир эмэ министиэристибэ кэллиэгийэтэ дуу, институт сэминээрэ дуу
ананна дуо? Эбэтэр Ил Түмэн таһымыгар бу боппуруос көтөҕүллэ сырытта
дуо?  Арай 2019 с. Саха кэнгириэһин улахан мунньаҕар Алдантан,
Нерюнгриттан саха уопсастыбаннай түмсүүлэрэ кэлэн улахан кыһалҕа баарын
туһунан этинэ сатаахтаабыттара...  Бу быһаарыллыбакка турар кыһалҕаны
болҕойор, судаарыстыбаннай таһымҥа таһаарар уолдьаспата дуо?”.                                                 
          Кырдьыга даҕаны маннык улахан проблеманы (оннооҕор Украинаҕа
сэрии төрүөтэ буолбут) быһаара сатыырга аҕыйах тыл үөрэхтээҕэ уонна
общественниктар эрэ дьулуһар, кыһалҕа оҥостор курдуктар. Суруналыыс
Нина Герасимова бу дьоһун ыстатыйатын сахалар ааҕаллара наада.           
                                
                                                                 Түмүккэ
Үөһээ ахтыллар проблемалары “Туймаада” көтөҕө сатаабыта ыраатта,
хаһан да туора турбатаҕа. Холобура, сэрии буолар кутталын өссө 2014 сылтан
сэрэппитэ, сороҕор сирэйинэн, сороҕор таайтаран суруйа сатаабыта. Крым
Арассыыйаҕа холбоһуутун атын хаһыаттар уонна телевидение айхаллыы
олордохторуна “Туймаада” бэйэтин санаатын толлубакка биллэрбитин
ааҕааччылар билэллэр. Сэрии проблемата оччоттон болҕомтоҕо
ылыллыбыта, кэмигэр толкуйга түспүт, бары сокуону тутуһан дьаһаммыт
буоллар маннык иэдээн арыый удамыр буолара хаалла. Ити кэмнэргэ
Украина сиригэр (ДНР, ЛНР) Арассыыйа сэриини киллэрэн эрэрин киин
хаһыаттар аһаҕастык суруйаллара, итини “Туймаада” эмиэ сырдата
сатаабыта. Холобур, Ньурба сирин аҥаарын эрэ саҕа территориялаах
Донецкай уобалас хантан “сэбилэниилээх күүстэммитэй” диэн ыйытыы кытта
туруоруллубута. Тугу да билбэт оҕолорго контракка илии баттатыы оччоттон
баара, ол билигин да салҕанан бара турара суруллар. Харчыны манчыык
оҥостуу өссө сатайда, ити барыта аны кистэл буолбатах. Ипотекаҕа, кредиккэ
хам ылларбыт нэһилиэнньэ хабалаттан тахсар атын суола хаалбата курдук.                                                                     
          “Боотурдарбыт” дэнээччилэр патриоттаан сэриигэ барбыппыт дии
олороллоро. Оттон бу “патриоттар” өрүстэрин, төрөөбүт алаастарын төһө
көмүскээтилэр, экологическай хамсааһыннарга кытыннылар дуо? Төрөөбүт
тыл умнуллубатын туһугар турууластылар дуо? Аҕыс киһилэрин өлөттөрөн
эргилиннилэр диэн суруйдулар, ол аата аҕыс ыал аҕата суох хаалла. Төһө
киһи кэлиэкэ буолан эргиллибитин эппэттэр. Баҕа өттүнэн буолбакка,
ыҥырыынан барбыт оҕобутуттан төһөтө өлбүтэ, илиитэ-атаҕа суох хаалбыта
билигин чопчу биллибэт. История хойутаан эрэ ону сырдатыа. Олигархтар
салгыы сыта байыахтара. Олохтоох былааспыт “Саха НКИХ” нөҥүө норуотун
куттуурун, саанарын тохтоппот.  “Кыым” уонна ”Туймаада” хаһыаттар дьоҥҥо
баары баарынан кэпсииллэрин тохтоппотторо наада этэ. Бу хаһыаттар биир
санааҕа кэлэн, сибээстэһэн, күүһү холбоон үлэлээтэллэр ханнык.                    
                          Иван  БУРЦЕВ                                          11.11.2022 с.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1589 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 18
Ыалдьыттар (гостей): 18
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024